Иһинээҕитигэр көс

Аар башня аттыгар (Моисей Ефимов)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Дьаарбайабын аар-дархан
Башняны аттынан.
Илгийэргэ дылы манна
Үйэлэр тыалларынан.

Туймаадаҕа былыр киэптээн
Турбут ахан бэйэтэ
Таас дьиэлэргэ күлүктэтэн
Барыара иһийдэҕэ.

Иһийдэҕэ үгүс сыллар
Өксүөннэрин бүрүнэн,
История таабырынын
Кистэлин сөҥөрүнэн.

Арай ыра санаам хоту,
Ааспыты ахта-саныы,
Сөҥөдүйэн кэпсиир буоллун
Аарыма кырдьаҕастыы.

Кэпсиэх этэ Иван Галкин
Эр-хоһуун казактарын,
Кириэппэс киил эркинин
Кинилэр суорбуттарын.

Кэпсиэх этэ ол кый сахха
Үҥүү-батас күлүмүн,
Өлүөнэҕэ нуучча, саха
Аан бастаан көрсүһүүтүн.

Элбэҕи да кэпсиэх этэ...
Оттон мин сэҥээрэбин
Үйэлээх доҕордоһуубут
Маҥнай сүрэхтэниитин.

Ол үйэҕэ көтөн тиийэн
Көрүөхпүн баҕарабын
Нууччалыын мин өбүгэм
Куустуһан туралларын.

Ол это мин норуотум
Киэҥ суолга үктэниитэ,
Бүгүҥҥү дьоһун соргутун
Бастакы түстэниитэ.

Хаамабын мин аар-дархан
Башняны эргийэ.
Манна үтүмэн үйэлэр
Тыалларынан илгийэр.