Иһинээҕитигэр көс

Аҕам хараҕар күн уота күлүмнүүр (Мэхээс Серкан)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ол сыл сопхуоспут салалтата биһиэхэ моой оттуурбутугар диэн саҥа сир анаабыта. Оччолорго чааһынай бас билии суох — сир барыта сопхуос киэнэ. Онон, билиҥҥилии эттэххэ, "бырыһыаҥҥа" сир ыларыҥ. Бу иннигэр бааһына кытыытыгар баар өрүү халтаҥныыр кэччэгэй сири кэбийэ-тирбэҕэлии сылдьыбыт дьон, бу Чалаан өтөҕө диэн айан суолуттан тэйиччи, ойуур быыһыгар саһан сытар сирбитин олус сөбүлээбиппит. Аны туран бөһүөлэктэн да аһара ырааҕа суох, уунан (күнүнэн сылдьан) оттуурбут.

Урут сайыҥҥы кэмҥэ оскуола оҕолорун үлэлэтэр үлэ-сынньалаҥ лааҕыра диэн баарын өйдүүр инигит? Бэйэбиттэн икки сыл аҕа, бэһис кылааһы бүтэрбит убайым аан бастаан биир оннук лааҕырга баран, ийэлээх аҕабын кытары оттоһор кыахтаах соҕотох мин эрэ хаалбытым (эдьиийдэр ахсааҥҥа киирбэттэр, арай, мунньууга син илии-атах буолуохтарын сөбө). Тыа оҕотун сиэринэн, күүстээх үлэ албастарыгар аан бастаан үөрэнии, ымпыгын-чымпыгын билии, бэҕэһээ табыллыбатаҕыҥ бүгүн сатанар буолбутуттан бэйэҕинэн киэн туттуу уонна сэмээр үөрүү, ол быыһыгар убайдар-эдьиийдэр суохтарына соҕотоҕун атаахтаан хаалыы... Ол тухары убайым хаһан быыс булан кэлэн барарын кэтэһии.

Сопхуоспут сүөһүлэригэр уонна бэйэбит уонча төбөлөөхпүтүгэр, саҥа сирдээх дьон быһыытынан, ол сайын улаханнык илистибэккэ оттообуппут. Билигин санаатахха, халлааммыт да туран биэрбитэ быһыылааҕа. Ити гынан, номнуо атырдьах ыйа эргэрбитэ, бүтэһик оту кэбиһии уонна күрүө сабыы кэмэ үүммүтэ.

Биир киэһэ оппутуттан кэлэн саҥа чэйдээн эрдэхпитинэ убайым бу үөрэн-көтөн, саҥаран-иҥэрэн киирэн кэллэ — дьонугар баран көмөлөстүн, отторун кэбиһистин диэн көҥүллээн ыыппыттар. Өрүү да буоларын курдук, убайым кэлээтин кытта дьиэ иһэ биирдэ сэргэхсийэ түстэ, "бэлиэр улахан киһи" ситиһиитин туоһуластылар, туох саҥаны билбитин, туохха-ханныкка үөрэммитин сурастылар. Мин буоллаҕына үөрүүбүттэн өрө ыстанан тахсан дьиэм өһүөтүн тарбахпынан таарыйыахпын баҕарабын. Убайым кэллэ! Уонна аны икки сылынан мин даҕаны кини курдук онно барыах буолабын. Ити ымсыыраахтыыр эрэ дьүһүнүм, дьиҥэр, лааҕырга дьиэттэн биир киһи сырыттаҕына да сөп – бэйэбит эмиэ оттонуохпутун наада буоллаҕа...

Икки күн устата тиһэх отторбутун туруордубут. Астынныбыт. Биригэдьиири ыҥыран мээрэйдэттибит, туттардыбыт. Ханныга сопхуоска барарын, ханныга бэйэбитигэр хааларын чопчуластыбыт. Ийэм аах биригэдьиир матаһыыкылынан бөһүөлэктээтилэр, оттон аҕам, убайым уонна мин буолан, сарсыныгар оппутун эргийэн баран чугастааҕы күөллэри кэрийэ түһээри, хоно хааллыбыт.

Эрдэтээҥҥи күһүн нуурал киэһэтин билэҕиэт? Баччаҕа сир-дойду өҥүрүк куйааска хас эмэ көһү сатыы хааман кэлэн баран сөрүүн ампаарга киирэн кымыс ыймахтаат сис көннөрө сыппыт киһини санатар. Ол курдук уоскуйар, налыйар. Чуумпу да чуумпу, дьэҥкир чуумпу. Бу дойду кэмниэ-кэнэҕэс иччилэммиттиттэн үөрэн дуу, арыылаах алаадьыны амтаһыйан дуу күлэн тачыгырыыр кулуһуммут аттыгар олорон, аҕабыт былыргы кэм бастыҥнарын, урукку кэм улууларын туһунан кэпсиир:

— Кунай Охоноон илитиэпкэ хотуурунан от охсоругар аҕата кинини чыпчыххайынан таһыйаары хааман сиппэт үһү.

— Ол тоҕо таһыйар?

— Сайыны быһа атын дьоҥҥо оттоон бэйэтэ ото суох хаала сыспытын иһин. Ол кэлэн сыл тахсар отун биир күн дайбаан кэбиһэр эбит. Аны ол охсубут отун аҕата икки омурҕан устата собус-соҕотоҕун бугуллуура үһү.

— Тыый, сүрдээх дьон эбит!

— Ол Кунай хос сиэнэ эйигин кытары үөрэнэр дии, били Ньыыкан уол.

— Оо, ол иһин да, күүстээх баҕайы ээ!

Ити курдук Чалааммыт өтөҕөр хонон турабыт, сарсыарда көтөр-сүүрэр саҥатынан, аар тайҕа суугунунан эрдии-эрдэ уһуктабыт, суунан-тараанан баран, оргууй сэлэһэ-сэлэһэ, отуубутугар чэйдиибит. Көр эрэ, бу килиэп дьиэҕэ сырыттахха маннык минньигэһэ суох буолар этэ ээ! Бу сир уутун амтана өрүс киэнинээҕэр быдан атын эбит. Бэрт да бэрт чэй буолбут, хата, үүппүт аһыйбатах. Күн ортото ааһыар диэри боотулу күрүөнэн отторбутун эргийэбит. Тоһоҕо төбөтө үс кырыылаах буолуохтаах, түөрт буолбатах. Оччоҕо сиргэ үчүгэйдик кииримтиэ уонна ордук тирэхтээх буолар. Ону сатыыр балайда уустук эбит да, сыыйа син үөрэнэбит. Чэ, өтөхпүт барахсан, эһиил эмиэ бу курдук өлгөм үүнүүлээх көрсөөр дуу. Биһиги бардыбыт, баҕар аара кус ытыахпыт.

Аҕам икки уостаах уон алталаах саалаах. Бу саа мин киһини өйдүүр буолуохпуттан баар. Бэйэтэ этэринэн, эргэрэн хотутара мөлтүү быһыытыйдар да, табарынан баҕас олох үчүгэй саа. Биһиги хаһан да бараммат ыйытыыларбытыгар олус тиийимтиэтик хардара иһэн, аҕабыт суолтан туораан ойуурга киирэр. Онно, киһини аһардыбат гына киэптии үүммүт титириктэр быыстарыгар, биһиги көрдөхпүтүнэ, икки сонос соҕус сүллүгэс сытар. Бу аата куобах сохсото эбит. Эмэҕирэ илигиттэн сылыктаатахха, аһара былыргы буолбатах быһыылаах, бэрт соторутааҥҥы буолбатаҕа эмиэ көстөр. Аҕабыт маны хайдах оҥороллорун туһунан кэпсиир, сүллүгэстэри өҥдөс гыннаран иитэн көрөр. Тыатааҕыга кытары сохсо иитэллэр үһү. Ок-сиэ, онтулара төһө эрэ улахан буоллаҕа! Салгыы хааман иһэн саҥа аллайаат тохтуу түһэр, сиргэ туох эрэ сытарын көрөр. Тиийэн көрбүппүт, ортотунан хайаҕастаах үрүҥ өҥнөөх хаптаҕай төкүнүк таас сытар. Суоруна тааһа үһү, били Хачыгыр муҥнаах манныгынан бурдук тардаахтаабыта буолуо. Хайа, ыарахан баҕайы эбит дии! Манна хайдах кэлэн хаалбытай? Хайалара эрэ эһэлээх эбэтин киэнин былыргытымсытан аҕалан бырахтаҕа дуу...

Куобах сааҕын булан күө-дьаа буолан эрдэхпитинэ инники испит аҕабыт эргиллэн: "Аргыыйыҥ, күөлбүтүгэр кэллибит", — диир. Хайдах эмэ гынан тыаһаабатарбын диэн, аҕалаах убайбын батыһан ойуур саҕатыгар тиийэбин. Син тэйиччи көлүччэбит уута күлүмүрдүү оонньуур, аҕам саҥата суох ууну сыныйа көрөр. Мин, кырам бэрт буолан, тугу да булан көрбөппүн, ол да буоллар дьонум иһийбиттэриттэн ууга кустар баалларын сэрэйэбин. "Көрөҕүт дуо?" "Суох", — иккиэн хардарабыт. "Бааллар". Убайбар: "Эн киириэҥ", — диир аҕам уонна кустар ханан баалларын, хайдах дьаһаннаҕына ордук табыгастаах буолуоҕун быһаарар. Мин сөҕүөм иһин, убайым долгуйбута, бэл, үөрбүтэ да көстүбэт. Баҕар иһигэр баара буолуо да, ону таһыгар биллэрбэт. Дьэ, сүрдээх киһи! Пахыый, мин эбитим буоллар илиим-атаҕым салҕалаабыта ырааппыт буолуох этэ.

Убайым батарантааһы ылан сонун таһынан курдуу баанар, бэрт боччумнаахтык сааны ылан сүгэр, курумуутун өрө тардынар уонна ойуурга төттөрү дьылыс гынар. Утаакы буолаат, оол турар оҕолоох хатыҥ кэнниттэн бөкчөйүөҕүнэн бөкчөйөн тахсан кэлэр. Ээ, итинэн хоп-хойуу сиэллээх дулҕалаах эбит, онон күлүктэнэн киириэхтээх эбит. Оо, үчүгэйдик көрүөҕү, саатар киһи ыттыах айылаах маһа суох эбит, абам! Сааһыппыт аргыый сыҕарыйар, биллэ-биллибэттик сэрэнэн көнөн ылар, моонньун уһатан уутун көрөр, эмиэ бөкчөйөн салгыы үөмэр. Онтон эмиэ моонньо уһуур. Һок, хаптас гынна, дьэ булан көрдө быһыылаах. Үөмтэ. Тохтоото. Иһиллиир. Моонньо уһаан ылар. Эмиэ бөкчөйөр. Үөмэр. Чохчойон хаастыах курдук буолан иһэн, түөрт атах буолар. Мин сүтэрэн кэбиһэбин, бүтүннүү харах иччитэ буолабын. Алҕас үргүтэн кэбиһиэм диэн буолаахтаатаҕа, бэл, тыыммат да буола сатыыбын. Сотору соҕус дулҕа быыһыттан убайым төбөтө көстөн кэллэ. Лаппа чугаһаабыт эбит. Тугу эрэ күүтэр курдук. Эмиэ сүттэ, онтон ууттан өссө чугас көһүннэ. Бай, кыҥаан эрэр эбит. Дьэ, дьэ, дьэ... һуу тоҕо өрөй! Чэ. Чэйиий! "Доҥ-доҥ!" Һоо, ол көтөн таҕыстылар. "Доҥ!" Оо, түһэрдэ! Эргийдилээр! "Доҥ!" "Доҥ!" Өссө иккини күөрэттэ-э! Бардылар, Хомустаах диэки түстүлэр. Бээрэ, ити хаста ытта?

Мин күөл диэки тэбинним. Кэннибиттэн аҕам түргэн-түргэнник хаамар быһыылаах. Ити хаста ытта ээ? Биир, икки... Биэстэ быһыылаах дии. "Хастары-ый?" Харда суох, убайым бэрт дьоһуннаахтык ууну кэһэр, тугу эрэ ылар-хайыыр. Аҕам хааман, мин сүүрэн киһибитигэр тэҥҥэ кэриэтэ кэлэбит. "Хайа, хаһы ыллыҥ?" "Ы-һым, һэттэ быһыылаах дии". "Сэттэ даа?!" — соһуйан лах гына олоро түһэбин, ыстааммын сытытыах киһи, хата, дулҕа абырыыр. Тута ойон туран көмөлөспүтүнэн барабын. "Көр эрэ!" — аҕам саҥа аллайан эрэ хаалар.

Кураанах сиргэ тахсан кустарбытын бэрийэбит. Сэттэ кус! Сэттэ чөккөөкү! Оо, мин убайым! Сүрдээх киһи! Биирдэ эрэ киирэн тахсаары сэттэ куһу ылла! Кустары уларыта сылдьан туппахтаан көрөбүн, убайбын тула көтөбүн, дьиҥнээхтии көтүөхпүн кынатым суох эбит.

— Ити хайдах гынныҥ ээ?

— Бастаан ууга эрдэхтэринэ түөрдү хааллардым быһыылаах.

— Онтон?

— Онтон саҥа тахсан истэхтэринэ биири уонна эргийэн кэлбиттэригэр иккини.

— Оо! Оттон хайдах итиччэ түргэнник иитинниҥ?

— Оттон ботуруоннарбын тарбаҕым быыһыгар кыбыта сырыттаҕым дии. Былырыын абаҕам оннук гынарын көрбүтүм.

— Оо! Мин эбитим буоллар, арааһа, биири эрэ ылыам этэ.

Аҕабыт хараҕар күн уота көрдөөхтүк күлүмнүүргэ дылы: хайа-хайабытын имэрийэ көрбөхтүүр, биллэ-биллибэттик мичээрдиир.

"Биһиги киһибит сүрдээх киһи буолбат дуо?" "Оннук ээ". Кустарбытын үрүсээкпитигэр симэбит, хаамардыы тэринэбит. Убайым, бэрт боччум киһи, саатын ылан сүгэн кэбиһэр, батарантааһын көннөрүнэр. Аҕам хараҕар эмиэ күн уота күлүмнүүр: "Чэ, сылайаары гыннаххына миэхэ биэрээр", — диир уонна былыр уһун күн устата оҕуһунан үөмтэрэн, "кэтэриинискэй" саанан уонунан хааһы биирдэ ытан ылалларын туһунан кэпсии-кэпсии айан суолун диэки хаамар.

Аҕам сиргэ сылдьан өрүү түргэн хаамыылаах, оттон бу сырыыга өссө чэпчэкитик үктэнэргэ дылы буолбут.