Куорат кыргыттара (Өксөкүлээх Өлөксөй)
←Көтөр кэлиитэ (Өксөкүлээх Өлөксөй) | Сүрүн сирэй (Хоһооннор) Өксөкүлээх Өлөксөй |
Куоска (Өксөкүлээх Өлөксөй)→ |
Бастакы чааһа
[уларыт]Унаар маҥан күн
Уҥа түннүктэн
Уларыйан эрдэҕинэ уһугунна,
Аламай маҥан күн
Арҕаалыар диэри аҥатахтаата,
Туруохча турбата,
Таҥныахча таҥныбата.
Сыаналаах солко сыттыгар
Сыламнаан сытан,
Куба бууга бэриинэтигэр
Кубулуна сытан,
Суугунас солко суорҕаныгар
Суулана сытан,
Балыс оҕотун
Бардьыгынаан ылла,
Хамначчыт кыыһын
Хаһыытаан ылла,
Куоруһунай кыыһын
Туттаран ылла.
Аҕатыгар абарда,
Ийэтигэр киҥнэннэ,
Убайыгар уордайда.
Кыһыл көмүс чаһыытын
Кыыска кыыһырыынан ылларда.
Аа-дьуо таҥнан айгыһынна,
Оргууй ахан оҥостон нусхайда,
Сиэкилэ тааска
Бэскиэтин имэриннэ,
Атын киһиэхэ аһын таратта,
Туспа киһиэхэ суһуоҕун тупсаттарда.
Саҥа сараасабай ытарҕаны аҕалтарда,
Кыһыл көмүстээх кылапаччыгас
Кырасыабай кырыбыайканы анньынна,
Чуһунчуобай солко
Чулкутугар дугунна,
Дьиэҕэ кэтэр киэтрэ этэрбэһин
Кэтэттэрэн киэркэйдэ.
Кэчигирэс кэрэ тимэхтэрин
Лэһигирэччи тистэрдэ.
Дьоппуонускай солко
Дьууппаланан суугунаата,
Байбаралаах ырбаахыланан
Байбарыйа хаамта,
Хара таас истиэкилээристээх
Харсыатыгар хам ылларда,
Курдуу-курдуу сүүртэлээбит
Куруһуобаланан куугунаата.
Соҕурууҥу суунар орукумуойкаҕа
Сургутуулаах уунан суунна,
Сыттардаах мыыланан
Сырайын сырдатынна,
Боронсуускай боросуогу
Омурдан баран,
Соҕурууҥу субачыысканан
Соҥуруо таас тииһин сууйда,
Оһуордаах сотторунан
Уһун үлүгэрдик сотунна.
Аһын памаада арыынан аҕанна,
Ньуурун буудара бурдугунан туттатынна,
Иҥин эрэмээнэ кырааскатынан тэтэртэ,
Сырайын сыаналаах сытынан ыһынна,
Килбиэннээх тааһыгар
Сирэйин көрүнэн сириммэтэ,
Күлүмүрдэс тааһыгар
Күлүгүн көрүнэн күлүмнээтэ,
Убуорнай хоһугар
Уоһун-тииһин оҥостон обуйданна.
Будуар хоһугар
Буобура оҕотунуу бойборуйда.
Туйаҕа лочурҕаата,
Бачыыҥката баачырҕаата,
Куруһуобата куугунаата,
Суһуоҕа субуруйда.
Күн курдук күөгэйэн-нуоҕайан,
Кыл курдук сыыйыллан ньылбаарыйан,
Уурбут-туппут курдук
Уулан-устан,
Чаайдыыр дьиэҕэ тахсан сандаарыйда,
Аһыыр дьиэҕэ тахсан алаарыйда,
Остолобуой хоско олоро ньургуйда.
Күндү чэйгэ көҕүйбэтэ,
Бэмиилинэй чэйгэ бэһирбэтэ,
Сөрүүн сүөгэйи сөпсөөбөтө,
Астаммыты амсайбата,
Саакырга саантаабата,
Барыанньаҕа баҕарбата,
Кэмпиэти кэмнээн эрэ эмтэриттэ:
Оҕолоро барахсан оһоҕоһо
Уһукта илик буолла...
Дьиэ чааһыгар ииссибэтэ,
Көрүү-истии диэн көмөлөспөтө,
Дьаһал туһа диэн наадыйбата, -
Аналлаах хоһугар
Аргыый ахан
Айгыстан киирэн,
Ааҕыллан эрэр
Арамаан кэпсээни
Аахпахалыы түстэ.
Онтон
Борук-сорук буолуутугар
Куоруһунай кыыһынан
Куучар уолу
Кучуттаран киллэрэн,
Суксуруһар подуруугатыгар
Сурах сураан
Сурук ыытта:
Сыбаайбаны ыйытта,
Биэчэри биллэрдэ,
Оонньууну суратта.
Сотору соҕус сурук кэллэ,
Өтөр соҕус үөрүү буолла:
"Көһүппүт күммүт,
Тиэтэйбит биэчэрбит,
Оҥостубут оонньуубут
Буолар буолбут
Бу түүн;
Ыксал ыҥырыы ыраатта,
Тиэтэл бэбиэскэ кэллэ:
Омуннаахтык оҥоһун,
Түргэнник бүт,
Тиэтэллик тэрин;
Бииргэ барыахпытын
Миигинэн кэлээр", -диэн сурук,
Саппыысканы ааҕаат, кыыс оҕо
Аҥатаҕа ааста,
Унукута уурайда,
Мөлтөҕө сүттэ,
Иҥэ кэйдэ,
Сырайа сырдаата,
Бастыҥ майгыланна,
Үчүгэй дьүһүннэннэ,
Күлүм аллайда,
Күлүүк буолла.
Убайыгар олус буолла,
Аҕатыгар алыс буолла,
Ийэтигэр бэрт буолла.
Тура-олоро тутулуктанна,
Киирэ-тахса кирбинньиктэннэ,
Бара-кэлэ манньыыттанна.
Сууххай соҕустук
Сундууктарын сууһарда,
Аллаах соҕустук
Дьааһыктарын аста,
Хапсаҕай соҕустук
Хардарыаптарын халыгыратта.
Уурумньулаах таҥастарын ороото,
Мааны таҥастарын бараалаата,
Киэргэл симэхтэрин кэккэлэттэ,
Кытаайскай матыарыйа
Ырбаахытын ылынна.
Оросуобай солко
Дьууппатын уларытынна,
Быһыыччыт бастыҥа быспыт
Былааччыйаларыттан быыбардаан ылла.
Аһын тарыырга,
Суһуоҕун тупсарарга,
Биричиэскэтин бэрийэргэ
Бэрт эрэй,
Сүрдээх сүпсүк,
Алыс аймалҕан таҕыста;
Уруккуттан үлэлээх
Уус дьахтары булан оҥоттордулар.
Уһун уустук оҥоһуу
Устатын тохору кыыс:
Көрүнэ-көрүнэ көтүттэрэн,
Ытыы-ытыы ыйан биэрэн,
Субу-субу "сунуоба" диэн сордоото.
Манна
Баар эрэ дьон батылыннылар,
Буруйа суох уолаттар охсулуннулар,
Кыттыгаһа суох кыргыттар кырбаннылар.
Тоҕус сорунан,
Сэттэ эрэйинэн,
Түөрт түбүгүнэн бүтэрдилэр.
Бу кэнниттэн
Куустаах сыаналаах
Кулуон тимэҕинэн
Куолайын куустарда,
Хаасабай хаалтыһынан
Хабарҕатын баанна.
Бөдөҥ таастардаах
Бөҕөх көмүһүнэн
Мөлбөрө-дьолуо харытын
Бобо куустарда.
Малыынабай баархат
Харсыатын хаттанна,
Биэлэй солко бэрчээккэтин
Бэгэччигэр диэри кэттэ,
Дыраапабай холуоһатын
Дыгаччы анньынна.
Саарба талыыта
Саапыска бэргэһэтин
Саалынан саба ылларда.
Иилэҕэс көмүс быалаах
Иридикиил симэҕин
Илиитигэр иилиннэ.
Сибэкки көрдүк симэннэ,
Ньургуһун курдук оҥоһунна,
Кийиит көрдүк киэргэннэ...
Кэҕий кэтэх,
Дьоруо тобук,
Сүүрүк сүһүөх,
Үҥкүү өттүк,
Битии бэгэччэк
Диэн кини буола түстэ.
Сэттэ чаас саҕана
Сиэкилэтиттэн тэйэһийэн,
Тэллэҕэ тэлээрэн,
Иэмэҕэ эргичийэн,
Иэдэһэ килбэчийэн,
Тиҥилэҕэ тилигирээн
Хаалта үһү кыыс оҕо...
Иккис чааһа
[уларыт]Бии кыргыттар биэчэргэ
Бэсиэлэйдэнэн кэллилэр.
Таһыттан киирээт,
Тас таҥастарын
Наар-наар дьаарыстаатылар,
Холуоһа-хоолдьук этэрбэстэрин
Хос-хос уган холбооттоотулар,
Бирикиэсэйгэ киирэн
Бэскиэлэрин имэриннилэр,
Суһуохтарын тупсарыннылар,
Кырыбыайкаларын кырасыабайдык
анньыннылар;
Сиэкилэҕэ иннилэринэн буолан
мэтэрэҥнэстилэр,
Кэннилэринэн буолан кэдэрэҥнэстилэр.
Иһирдьэ киирэллэригэр
Истибэтэх-көрбөтөх
Ньимиликээттэр буолан дьибилиннилэр,
Көстүүнэйгэ көстөллөрүгэр
Көрбөтөх-билбэтэх
Көмүстэр буолан күөгэлдьистилэр.
Тойоттору кытта нукаай
Курдугунан дорооболостулар.
Эдэрдэргэ эпчимнээх соҕустук
Элиилэрин биэрдилэр,
Оҕолору кытта
Уураһан чобурҕастылар,
Бодуруугаларын кытта
Бочоолоһон бочурҕастылар.
Хабалыар дьону
Хантан эмэ харахтаатылар,
Солун дьону
Уоран одуулаатылар,
Билсэр дьоннорун
Мичээринэн бэлэхтээтилэр.
Бодуруугаларын булаттаан
Ботугураспытынан бардылар,
Хос аайы холбостулар,
Муннук аайы муһуннулар.
Көрдөһүү күүһүнэн
Күндү чэйи
Көтүүн эрэ истилэр.
Астаах хоско чаанчыйбатылар,
Сокуускалаах остоолго чугаһаабатылар,
Хаартылаах хоһу харахтаабатылар,
Күүлэйдии сылдьан күлүстүлэр,
Саһа сылдьан саһыгырастылар,
Сиэттиһэ сылдьан сипсистилэр.
Ону одуулаан турдахпына,
Итини сибикилээн биллэхпинэ, -
Олох-дьаһах туһун
Ончу толкуйдаабатылар,
Сүөһү-ас туһун
Сөргүтэн көрбөтүлэр,
От-бурдук диэн
Охсуллан ааспатылар,
Кэскил туһа диэн
Кэпсэтэн көрбөтүлэр,
Өлүү-сүтүү диэн
Өйдөрүгэр түһэрбэтилэр,
Арыгы-хаарты диэн
Ахтан ааспатылар,
Эргиэн-урбаан диэн
Эгэлгэлии барбатылар,
Сокуон-куолу диэн
Толкуйдуу барбатылар,
Соҕуруу-хоту диэн
Сонургуу барбатылар...
Уруттатар кэпсээннэрэ урукобиитийэ,
Соһуйар солуннара сомотурууна,
Бэрт кэпсээннэрэ бэргэһэлэммит,
Сыаналаах кэпсээннэрэ сыбаайба буолла,
Уһуктар суоллара ухаасыбайдаспыт,
Саатыыр тыллара саппыыскаласпыт,
Сураһар суоллара суруктаспыт буолла.
Ыйыттарбыт суолу
Ыксары ылҕаатылар,
Сирсибит суолу
Сиһилии иһиттилэр,
Сөбүлэспит суолга
Сүрэхтэрэ өрүкүйдэ,
Биэчэр буоларын
Бэркэ биллилэр,
Оонньуу буоларын
Ордук сурастылар,
Үҥкүү буоларын
Үөрэ иһиттилэр.
Саҥа дьону
Салаҥнык сахсыйдылар,
Солун дьону
Олустук сураатылар,
Кэлбит дьону
Кэмэ суох кэпсэттилэр.
Ойохтоох киһи диэбиккэ
Омуннара омуллан хаалла,
Кэргэннээх киһи диэбиккэ
Кэрэхсиилэрэ кэхтэн хаалла,
Сэмиэйнэй киһи диэбиккэ
Сэргэҕэлииллэрэ сэллэн хаалла.
Тыа киһитин
Тыатыта санаатылар.
Улуус киһитин
Одуулаабат буоллулар,
Маалҕаар саха диэн
Барбахсыта санаатылар,
Сайбаҕар таҥастааҕы
Сахатыта санаатылар,
Оноолоох соннооҕу
Одуу быстылар,
Этэрбэс таҥастааҕы
Элэк туттулар.
Үҥкүүһүт киһини
Үөрэ көрдүлэр,
Тоҥсуор диэннэр
Тоҥсугургуу көрдүлэр.
Силээхтэ киһини
Сэргэхтик көрдүлэр.
Умсулҕаннаах уол,
Сириллибэт сэниик
Хайҕаллаах хабалыар
Хайдах буолар эбитий диэтэргит: -
Чоноһуйбут-чолоһуйбут,
Чобугураабыт-чолугураабыт,
Чабылайбыт-чалыгыраабыт,
Ньуллугураабыт-нууччалаабыт,
Ачыкыламмыт-чаһыыламмыт,
Саппыкыламмыт-саапыҥкаламмыт,
Хантаһыйбыт-хаалтыстаммыт,
Сэбилиэттэммит-сэлээпэлэммит,
Бүрүүкэлэммит-үҥкүүлээбит,
Көҕүллэммит-көтүөккэлээбит,
Нособуойдаммыт-дукууламмыт,
Парааламмыт-памаадаламмыт,
Торуойкаламмыт-торуоскаламмыт,
Манньыыскаламмыт-махчарыйбыт,
Тыыраҥнаабыт-тырахаччыйбыт
Киһи эрэ буолар -
Хайҕаллаах хабалыар,
Баҕалаах маладьыас,
Сириллибэт сэниик буолар эбит.
Оннук киһиэхэ
Нууччалыы диэн тууһурдулар,
Үөрэхтээх диэн үөрдүлэр,
Кырасыабай диэн чыпчырыннылар.
Арыгыһыта-хаартыһыта
Ахсааҥҥа барбата,
Баайа-дьадаҥыта
Барбахсыйа сананна,
Сулууспата-суолтата
Умнууга мунна,
Майгыта-сигилитэ
Быраҕыыга хаалла.
Биһилэҕиттэн ыла
Бэлиэтээн биллилэр,
Супиэригиттэн ыла
Суолта буллулар,
Хайа тарбаҕар кэппититтэн
Хаайтарбакка таайдылар.ю
Өйүн тургутары өйдүөбэтилэр,
Мэйиитин билэри мэккиспэтилэр,
Сүрэҕин билэргэ мөккүспэтилэр.
Биллибэтинэн билсиспиттэрэ баар буолла,
Көстүбэтинэн көрсүспүттэрэ баар буолла,
Ыалынан ысынакуомайдаспыттара баар буолла,
Альбом аахтаран аймаатылар,
Истиик этитэн ииртилэр,
Куплет суруттаран кутукунаттылар.
Хаартыскатыгар хараҥардылар,
Мэтириэтигэр мэҥийдилэр,
Мөссүөнүгэр үмүөрүстүлэр.
Сыбаайбаҕа ыҥырдылар,
Урууга угуйдулар,
Үҥкүүгэ үлэстилэр,
Хабалыар гынан хаайдылар,
Саапар гынан сахсыйдылар,
Борободьуу гыннартаран моһойдоотулар.
Уолаттар тустарын уурайан
Урукку кэпсээммин уһаттахпына:
Маарс саҕына баарысыналар
Барылара баар буолтар,
Муусука буолуутугар
Муннук аайы булустулар,
Кырыымпа тыаһыырыгар
Кыдьараҥ дьоруонан кыттыһан
Саала диэки салалыннылар,
Үҥкүү диэки үмүөрүстүлэр.
Бастаан туран
Машалар, Дашалар, Сашалар,
Варялар баараластылар;
Онтон ортоку уочаҕа
Олялар, Полялар,
Толялар туоллулар;
Уһугар тиийэн
Улялар, Дунялар,
Мунялар муһуннулар.
Хабалыардар хапсаҕайдык
Хадырыыл үҥкүүгэ
Хаайбытынан бардылар.
Уолаттар онтон-мантан
Ойуохалаһан тахсан
Оонньууга угуйбутунан бардылар.
Эдээрдэр итинтэн-мантан
Элийэн кэлэн эппиэтэ суох
Элиилэригэр иилистибитинэн бардылар.
Баарысыналар барахсаттар
Баппакка эрэ
Барсыспытынан бардылар;
Саҥата суох
Саҕылаасынай буоллулар,
Үөрбүт көрдүк
Үҥкүүлэһэн күөкэристилэр.
Кырыымпа тыаһа кыҥкынаата,
Кыларыньыат тыаһа кыланна,
Болончуол тыаһа бордьугунаата.
Муусука бөҕө муҥутаата,
Үҥкүү бөҕө үөдүйдэ,
Оонньуу бөҕө улаатта.
Кэдриил үҥкүү кэнниттэн
Кэмэ суох кэмпиэти
Кэритэ сылдьан сиэтилэр.
Килбигийбитэ буола-буола
Кэмпиэти кэмэ суох кэбийдилэр,
Харамыал хампыаты
Харса суох хабыалаатылар,
Мармалаат, бастылаа иккини
Баҕалаах үлүгэрдик
Бас-баттах бараатылар,
Сакалаат кэмпиэккэ,
Сааппыта буола-буола,
Сахсырҕалыы сааҕынастылар.
Өтөр-өтөр үчүгэй
Үҥкүүлэр үөдүйдүлэр,
Сотору-сотору солун
Үҥкүүлэр турдулар,
Ньачаас-ньачаас таҕыстылар,
Полялар, Толялар, Олялар
Полькалаан бойбороҥностулар;
Сашалар, Дашалар
Чардаастаан сайбараҥнастылар;
Пашалар, Парашалар
Падыыспааннаан байбараҥнастылар;
Машалар, Варялар
Масууркалаан маҥхараҥнастылар;
Улялар, Дунялар, Мунялар
Уруускайдаан унаарыҥнастылар.
Күүс үҥкүүгэ көтөннөр
Көлөһүннэрэ көҥү түстэ,
Имэҥнээх үҥкүүгэ киирэн
Ийэ көлөһүннэрэ иэннэринэн сүүрдэ;
Өтөр-өтөр үрүҥ күүлэҕэ
Сөрүүкүү диэн сүүрдүлэр,
Утаакы-утаакы муорус утаҕы
Оҕустуу уулаатылар,
Ньачаас-ньачаас кыбаас утаҕы
Кыллырҕаччы ыймахтаатылар.
Оонньуу ортотугар
Убуорна хоско
Ойуохалаан тиийэн,
Онтукаларын-мантыкаларын оҥоһуннулар.
Сиэкилэҕэ сирэйдэрин көрүннүлэр,
Биричиэскэлэрин киэргэттилэр,
Суһуохтарын тупсарыннылар,
Пииҥкэ бэрсиһэр,
Саапыҥка сахсыһар,
Булаапка уларсар
Буллугунаһыыта буолла.
Пасуон маргыара баһыйда,
Саҥа муода сахсаана сабыйда,
Нуобай муода солуна тунуйда.
Былааччыйа-былаат
Быыбара былааста,
Тимэх-лиэнтэ
Кэпсэлэ элбээтэ,
Үҥкүү-битии
Үтүктүүтэ үксээтэ.
Ол-бу уолаттары
Одуулуур икки хоһулуур икки
Күлүүнү олохтоотулар;
Хабалыардары хаадьылыыр икки хайгыыр
икки саҥаны таҕаардылар.
Ким кимиэхэ мичээр
Бэлэхтээбитэ билиннэ,
Кистээн имнэммитэ иһилиннэ.
Өтөр-өтөр бүппүт кыргыттар,
Үргүллүбүт туллук курдук
Үрүмэччилэһэн тахсан,
Үҥкүүлүүр хос диэки
Үргүлдьү сүүрдүлэр,
Үҥкүүлэрин күүһүртүлэр,
Үөрүүлэрин үксэттилэр.
Оонньуу быыһыгар
Подуруугаларын кытта
Пуот-ручку сылдьан
Ботур-ботур бочугурастылар,
Хабалыардар харыларыгар
Хатылла сылдьан
Хатай хаамтылар.
Солко нособуойунан сотуннулар,
Быысапкалаах былаакка
Быыгыначчы сыыҥктаатылар,
Саҥа биэйэринэн сапсыннылар.
Уусуҥҥа угуйбуту,
Оонньууларын ордорон,
Ороһуйа иһиттилэр;
Аһыырга ааттаспыты,
Арахсыахтарын баҕарамына,
Абалана иһиттилэр;
Киэһэнэн кэпсэппэт
Килбик бэйэлэрэ
Уусун саҕана олус буоллулар,
Аһыыр саҕана алыс буоллулар,
Сарсыарда диэкинэн
Саҥаларын истиспэккэ
Сахсырҕалыы сааҕынаатылар.
***
Үҥкүү үлүскэнэ
Үгүөрбүтүн кэннэ,
Кырыымпа кыдьараҥа
Кыччаабытын кэннэ,
Хоробуот куллуруһуута буолан
Холобура суох ходьорустулар.
Төбүрүөннэһэ сылдьан
Төһө эмэ төгүрүстүлэр,
Кыттыһа сылдьан
Кыама суох кыталыктастылар...
Бытаан бэйэлэрэ быһый буолла,
Оргууй бэйэлэрэ ойуохалас буолла,
Көссүө бэйэлэрэ көтүөккэлэс буолла.
Паанта оонньууга
Баһааннык баҕардылар,
Ускутуу оонньууга
Улаханнык умсугуйдулар,
Муора долгунугар
Муҥура суох муҥнаннылар,
Биһилэх кистэһэргэ
Бэркэ бэһирдилэр,
Буоста оонньууга
Булгу модьуйдулар,
Насыы оонньууга
Наара суох наадыйдылар,
Сасыат оонньууга
Салаҥнык салбаннылар.
Былааччыйалара тыалырда,
Тэллэхтэрэ тэлээрдэ,
Бачыыҥкалара бачырҕаата,
Курусуобалара куугунаата,
Дукуулара тунуйда,
Памаадалара аҥкылыйда...
Сүрэхтэрэ сөбүлээтэ,
Санаалара табылынна,
Таҕыллара тарҕаата...
1921 с., Алдан.