Санаалар (Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Санаалар саhарҕа кэриэтэ,
Сырдыктык сыдьаайа сүтэллэр,
Санаалар былыттар кэриэтэ,
Ардыгар ыанньыйан ылаллар.
Санаалар ырыалар кэриэтэ,
Саймаархай, сатархай буолаллар.
Санаалар кѳтѳрдѳр кэриэтэ,
Сурэххэ иккиhин тѳннѳллѳр.
Санаалар – ахса суох ыралар
Сындыыс ох субуллар уоттара.
Санаалар – Сир Ийэ олоҕун
Сырдатар сиэркилэ ньуурдара.