Саха омук (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Саха дьахталларын мэтириэттэрэ (Өксөкүлээх Өлөксөй) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Өксөкүлээх Өлөксөй
Тыа кыыла (Өксөкүлээх Өлөксөй)


Саха омук


Уруккута биһиги,
Бу да буолларбыт,
Өбүгэлэрбит үйэлэриттэн ыла
Үтүрүллүбүппүт иннигэр,
Өлөн биэрбэт үөстээх
Үөдэттэр этибит.

Омоҕой баай оҕонньортон ыла
Сойуолаппыппыт иһин,
Охтон биэрбэт оҥоһуулаах
Омукчаан оҕото этибит.

Эр соҕотох Эллэй
Эһэбит саҕыттан ыла
Эккирэтиллибиппит иннигэр,
Эмсэҕэлээн биэрбэт
Эрэйдээхтэр этибит...

Биһигини -
Хабараан тымныы
Хаарыйан-хаарыйан
Хатан харахтаабыта,

Уордаах тымныы
Мускуйан-мускуйан
Уһаарыылаах уҥуохтаабыта

Кыыдааннаах тымныы
Кыһарыйан-кыһарыйан
Быстыбат тыыннаабыта.



Сүрүн сирэйгэ