Иһинээҕитигэр көс

Сахаларга түүлү тойоннооһун (Каженкин И.И.)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сахаларга түүлү тойоннооһун Дьокуускай “Бичик” национальнай кинигэ кыһата 2000

ААН ТЫЛ

Айылҕа араас дьиктилэрин арыйыы дьоҥҥо билигин даҕаны кыалла иликтэр. Биир оннук дьиктинэн киһи түүлэ буолар. Сир үрдүттэн ханнык да эттик эбэтэр эньиэргийэ хайа да көрүҥнэрэ туох да суола ииһэ суох сүтэн хаалбаттар диэн физика үөрэҕэ дакаастаабыта ыраатта. Онтон өй-санаа түмүллүүтэ, өссө ордук дьиппинийдэҕинэ, чиҥээтэҕинэ үгэскэ уларыйан туспа ханнык эрэ кукка кубулуйдаҕына эмиэ сүтэн, симэлийэн хаалбат дьылҕаланар. Биһиги түүллэри үөрэтиибит ити төрүккэ тирэҕирэн сайдар. Былыргы сахалар ойууннара түүллэри тойоннооһунунан киэҥник дьарыктана сылдьыбыттара биллэр. Kинилэр өй-санаа хайдах көрүҥнээхтик кукка кубулуйан иһэллэрин дириҥник үөрэтэн бэйэлэрин үлэлэригэр туһана сылдьыбыттар. Ол курдук ыарыы туһунан өй-санаа киһиэхэ мунньустан баран суох буолан хаалбакка өр кэмҥэ эрэйдии сылдьарын ылан бырахтахха эрэ табылларын, ыарыы суох буоларын ойууннар быһаараллар.

Өй-санаа киһиэхэ үөрэх буолан киирэр. Үөрэх хос-хос хатыланан, чиҥээн, дьиппинийэн үгэскэ кубулуйдаҕына туспа өй-санаа түмүллүүтэ — кут буолар. Үгэс буолбут өй-санаа киһи өйүттэн-санаатыттан букатын умнуллубат гына иҥэр. Биһиги түүллэри тойоннооһуннарбыт ити үгэс буолбут өйдөбүллэргэ олоҕураллар.

Kиһи өйүгэр-санаатыгар үгэс үөскээһинэ кыра оҕо эрдэҕиттэн саҕаланан баран үйэтин тухары салгыы баран иһэр. Үгэс үөскээһинэ хас биирдии киһи өйүн-санаатын уратыларыттан, өйү, үөрэҕи иҥэринэр дьоҕуруттан олус улаханнык тутулуктанар. ”Үгүс” диэн тылтан үгэс үөскээбит. Ол курдук ханнык баҕарар быһыыны үгэс оҥостоору гыннахха үгүстүк хос-хос хатылыахха наада. Оччоҕо эрэ үгэс үөскүүр уонна дьэ умнуллубат кыахтанар.

Биһиги түүллэри үөрэтиибит былыргы сахалар кут-сүр үөрэхтэрин сүрүн өйдөбүллэригэр тирэҕирэн сайдар. Ол аата киһи өйүн-санаатын быһаарыы сахалар буор, ийэ уонна салгын куттар диэн өйдөбүллэригэр олоҕурар. Итини тэҥэ сахалар олохторун үөрэҕэр үс төрүт өйдөбүллэр, тыллар бааллар:

1. Үөрэх.

2. Үгэс.

3. Үөрүйэх.

Бу өйдөбүллэр киһи куттара үөрэҕи хайдах көрүҥнээхтик өйдөөн, иҥэринэн иһэллэрин быһаараллар. Ол аата аан маҥнай өй-санаа үөрэх, билии буолан салгын кукка киирэн баран үгэскэ, онтон үөрүйэххэ кубулуйан ийэ уонна буор куттарга ууруллаллар. ¬өрүйэх диэн сахалыы эти-сиини эрчийии аата. Kиһи үөрэҕи-билиини баһылаан этин-сиинин онно сөп түбэһэргэ эрчийэн биэриэхтээх. Бу этии киһи олоҕун сүрүн сыала буолар.

Түүллэри үөрэтии — киһи өйүн-санаатын үөрэтии. Өйгө-санааҕа олохсуйбут, үгэс буолбут өйдөбүллэр түүлгэ көстөллөр. Итини тэҥэ түүллэр инникини билгэлээн билиилэрэ киһи санаалара бэйэтин сирдээн, бастаан иһэллэрин биллэрэр. Ол иһин ”Kиһини санаата салайар” диэн этии дьон олохторун быһаарар саамай сүрүн көрдөбүл буолара быһаарыллар. Төрөппүттэр ханнык өйдөөх-санаалаах кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатын-нараллар даҕаны дьон олохторо сол курдук сайдан баран иһэр.

Саха дьоно киһи өйүн-санаатын дириҥник үөрэппиттэр. Ол билиилэрэ сири-дойдуну ¬өһээ, Орто уонна Аллараа диэн ааттаан үс арааска арааралларыгар иҥэн сылдьар. Бэйэлэрэ олорор үүнэр-сайдар сирдэрин Орто дойду диэн ааттыыллар. Ити барыта өй-санаа өйдөбүллэринэн киһи оҥорор быһыылара үчүгэй уонна куһаҕан диэннэргэ арахсалларынан быһаарыллар. Дьон-аймах олоҕо бу быһыылар икки ардыларынан, ортотунан баран иһиэхтээҕин Орто дойду диэн этии уонна онно дьон олороллоро бигэргэтэр. Онон, биһиги сахалар бары оҥорор быһыыларбытын ”Хаһан даҕаны аһара барыма” диэн өбүгэлэрбит этиилэригэр олоҕуран оҥосторбут ордук буолуоҕа. Kиэҥ куйаар ортотугар көтө сылдьар төгүрүк Сир тула өттүттэн тэҥнэһии балаһыанньатыгар тутуллан сылдьар. Айылҕа сүрүн көрдөбүлэ ”Тэҥнэһиини хамсатыма”,- диэн эмиэ аһара барбат буолууга олоҕурар. Ол иһин аныгы үйэҕэ Айылҕаны харыстааһын аһара барбат буолууга олоҕурдаҕына эрэ Орто дойду олоҕо туруктаах буолуон сөп.

Түүллэрбитин үөрэтэммит эппит-сииммит уонна өйбүт-санаабыт туругун быһаарар кыахтанабыт. Kиһи өйүн-санаатын күүһүнэн бэйэтин олоҕун оҥостор. Атын дьон көмөлөрүн ким да ситэ сыаналаабат, барытын бэйэтэ билэн-көрөн, тутан-хабан оҥордоҕуна эрэ астынар. Ол иһин киһи өйө-санаата туруктаах буолуутун кыра эрдэҕиттэн дьарыктаан ситистэҕинэ эрэ табыллар.

ТҮҮЛ ӨБҮГЭЛЭР ӨЙДӨРӨ - САНААЛАРА

Киһи үксэ түүн түһээн түүлү көрөр, сорох киһи түүн аайы, онтон үгүстэр биирдэ эмэтэ көрөллөр. Үгүс дьоннор түүллэрин аахайбакка умнан кэбиһэллэр. Ол гынан баран биир эмэ түүл киһи өйүгэр кытаа¬нахтык дьөлө хатанар уонна өр кэмҥэ умнуллубат. Түүл хантан, хайдах кэлэрин билигин даҕаны ким да чуолкайдык билбэт, ол иһин киһи-аймах биир кыайан быһаара илик боппуруоһугар киирсэр.

Түүллэри билии, түүл араас бэлиэлэрин үөрэтии, киһи олоҕор үгүс туһаны аҕалыан сөп. Ол курдук сырдыгы, күөх дьүһүнү, тыыннаах Айылҕа дьүһүнүн, түүл илэ аҕалан дьоннорго көрдөрөн үчүгэй, дьол маннык буолар диэн үөрэтэр. Ол иһин түүлгэ көстөр үчүгэй буолуу бэлиэлэрэ дьиҥнээх Айылҕаҕа эмиэ үчүгэйдэр. Түүл Айылҕаттан тутулуктааҕын чуолкайдык көрдөрөр бэлиэнэн хонуу көстүүтэ буолар. Түүн түһээҥҥин хонууну көрдөххүнэ, сырдык, күөх оттоох хонууга мэччийэ сылдьар сүөһүлэр баар буоллахтарына, олоҕуҥ байылыат, дьол¬лоох буолуо, онтон болоорхой көрүҥнээх, үүнүүтэ суох хара хонууну көрдөххө, мөлтөөн-ахсаан барыы саҕаланыа. Дьон-норуот олоҕун сайдыыта былыр үйэҕэ тобуллубут суол устун халбаҥнаабакка баран иһэрин улуу өйдөөх Цицерон: “Таҥаралар дьону таптыыр буоллахтарына, кинилэр бэйэлэрин түстээһиннэрин дьоннор түүллэригэр киирэн арыйан биэриэхтэрэ”,- диэн этиитэ бигэргэтэр. Итини кытта өйдөөн кэлиэҕиҥ учуонайдар үлэлэрин: Д.И.Менделеев та¬блицатын, А.Эйнштейн теориятын, кинилэр улуу арыйыыларын, бэйэлэрэ билинэллэринэн буоллаҕына, түһээн билбиттэр, көрбүттэр.

Сир үрдүгэр атын олох эмиэ баарын киһи түүлэ көрдөрөр. Ону киһи былыр үйэҕэ өлөн хаалбыт дьоннору кытта түһээн көрсөн кэпсэтэн итэҕэйэр. Холобур: түһээн өлбүт киһини көрсөн, кини ыҥырарыгар сөбүлэһэн барыстаххына, кырдьык өлөрүҥ буолуо дииллэр. Өссө киһиэ¬хэ, оннооҕор өлбүтэ ырааппыт төрөппүт ийэтэ эбэтэр аҕата түүлүгэр киирэн оҕотун сэрэтэ, көрө-харайа сатыыр буоллаҕына, дьиҥнээхтик сэрэннэххинэ табыллыаҥ этэ уонна кинилэр этэр сүбэлэрэ олус таба буолааччы. Өлбүт киһи түүлгэ киирэн туох эмэ малы көрдүүр буоллаҕына эбэтэр: “Бачыыҥкам ыга тутар”,- диэтэҕинэ, саҥа улахан бачыыҥканы эбэтэр: “Ычча-ычча”,- диэтэҕинэ, таҥнар таҥаһын илдьэн уҥуоҕар уурдахха, дьэ көстүбэт буолан хаалар дииллэр.

Онон, өлбүт дьоннор өйдөрө-санаалара сир үрдүттэн суох гына ба¬ран хаалбаттар, кинилэр ханна сылдьалларын ким да билбэт буолан баран, былыргыттан сахаларга баар итэҕэлинэн Үөһээ дойдуга буолуох¬тарын сөп. Киһи утуйа сыттаҕына өйө-санаата Үөһээ дойдуга көҥүл сылдьар уонна аймахтарын, билэр дьоннорун өйдөрүн-санааларын кытта көрсүһэрэ кырдьык быһыылаах. Ол курдук утуйа сытар киһи уһуктан өйүн-төйүн булунарыгар син элбэх бириэмэ наада буолар. Уһуктан эрэр бириэмэҕэ көстөн хаалбыт араас көстүүлэр киһи бэйэтин өйүгэр кыл-мүччү хатаналлар. Ити көстүүлэри барыларын холбоон биһиги түүл диэн ааттыыбыт.

Былыргы кэмҥэ сахаларга саамай улахан айыынан утуйа сытар киһини эбэтэр улахан кыылы өлөрүү буолар этэ. Оччоҕуна бу киһи өйө-санаата соһуччу уйатын сүтэрэн, үөр буолан Үөһээ дойдуга оннун кыайан булбакка сыһыаннаах дьоннорго биллэ сылдьыан да сөп. Киһи түһээн үгүстүк аймахтарын, үчүгэйдик билэр дьоннорун уонна кинилэргэ сыһыаннаах бэлиэлэри элбэхтик көрөр. Ити иһин түүлгэ ай¬мах-хаан дьоннор бэйэ-бэйэлэрин үгүстүк ахтыһаллара, санаһаллара ордук улахан оруоллааҕа өйдөнөр уонна кинилэр өйдөрүн-санааларын ситимэ биир буолара чуолкайдык көстөр.

Ыраахтан кэлэн иһэр киһи санаата түүлгэ киирэн көстөрө ордук дьоннору умсугутар уонна бу түүл диэн сир үрдүгэр баар өйдөбүллэртэн чахчы уратылааһын бэлиэтиир.

Түһээн ханнык эмэ бэлиэни көрүүгэ киһи бэйэтин этин-сиинин ту-руга, аччыга-тото барыта сабыдыаллыыр. Ыарыһах киһи түүллэрэ эмиэ бэйэтин санааларын курдук санаарҕабыл эҥэрдээхтэр, бороҥуй дьүһүннээхтэр, онтон доруобай киһи түүлэ кытта сырдык чаҕылхай дьүһүннээх. Киһи олоҕо түүлүттэн улахан тутулуктааҕын бэлиэтинэн түһээн ыарыйдаххына ыалдьарыҥ, онтон байдаххына байарыҥ буолар. Ити курдук киһи бэйэтин түүллэрин үөрэтэн доруобуйатын туругун куруук кэтии-билэ сылдьыан сөп.

Түүлгэ көстөр араас абааһылартан, кыыллартан уонна үөннэртэн куттаммат буоларга үөрэниҥ. Итилэр эн үрдүгэр түһэр буоллахтарына утары эргиллэн бараҥҥын көмүскэммитинэн уонна охсуспутунан барыах¬тааххын, кыайымаары гыннаххына доҕотторгун көмөҕө ыҥырыаххын сөп, онтон куттанан куоттаххына итилэр эйигин эккирэтэ сылдьыахтара. Түһээн итилэри кыайыы дьиҥнээх олоххо эмиэ кыайыыга тириэрдиэҕэ. Түүлгэ көстөр кутталлары кыайан, киһи өйө-санаата күүһүрэр, олоххо көрсөр сорох ыарахаттары туоруурга дьулуура эбиллэр.

Сорох киһи өйүгэр түспэт түүллэр үгүстэрэ эр киһи уонна дьахтар сыһыаннарыгар аналлаахтар.

Түүллэри үөрэтии муҥура суох. Итилэри үөрэтэн араас өтө көрүүлэргэ уонна билгэлээһиннэргэ туһаныахха сөп. Түүл дьиктилэрин быыстарыттан туһалааҕы булан ыларга үөрэниэххэ, ол иһин өйгө хата¬нан хаалбыт түүллэри бэлиэтээн, сурунан иһиэххэ уонна олоххо туох буолбутун кытта тэҥнээн көрүөххэ. Биир санаалаахтар кыттыһан түүллэрин тойоннууллара ордук дьону умсугутар, салгыы дьарыктаналларыгар кыах биэрэр. Түүл бэлиэлэрин билии биир эмэ куһаҕаҥҥа көстөр түүлү бэйэ өйүттэн-санаатыттан ылан быраҕарга, атын үчүгэй санааларынан үтүрүйэн солбуйарга уонна кэлэн иһэр олох уустуктарыгар эрдэттэн өйү-санааны бэлэмнииргэ туһалыаҕа.

Дьоллоох үчүгэй көрүҥнээх түүл киһи санаатын көтөҕөр, бэйэтин кыаҕар эрэлин күүһүрдэр. Үчүгэй түүлү түһүүр киһи дьоллоох буо-лар, ол иһин дьолу, үчүгэйи түстүүр түүллэр бэлиэлэрин билэр туһа¬лаах буолуоҕа. Ити курдук үлэ-хамнас үчүгэй буолуутун бэлиэлэрэ: массыынанан айаннаан иһии, ыараханы көтөҕөн кыайыы, кумааҕы хар¬чыны, бырааккын, балтыгын, аттаах киһини, оттоох хонууну, сүөһү сааҕын көрүү, сааҕынан сыбаныы, маска ыттыы уонна да үгүстэр. Онтон баай, дьоллоох буолуу бэлиэлэрэ: толору маллаах ампаары, быты, элбэх үүтү, от үүнэн турарын, таһаҕаһы сүкпүт киһини көрүү, үүтү иһии, күөх хонууга мэччийэ сылдьар сүөһүлэри көрүү, дэриэбинэҕэ сылдьыы, кырбаныы, халлаанынан көтө сылдьыы, оту мунньуу, кэбиһии, киэргэллээх курдаах буолуу уонна да атыттар.

Элбэх үчүгэйи көрдөрөр бэлиэлэри бу суруллубут түүллэр бэлиэлэ¬риттэн булан өйдүү сырыттахха куруук оннук түүллэри түһүүр буолуохха сөп.

Үчүгэй дьоллоох түүллэри түһээҥ.

САХАЛАР ТҮҮЛЛЭРЭ

Былыргы үөрэхтээхтэртэн Саха сиригэр көскө үүрүллэн кэлэн олорон сахалар тылларын, олохторун үөрэппит уонна оччотооҕу кэмҥэ са¬халар түүллэрин хомуйбут киһинэн И.А.Худяков буолар. Ол эрээри кини үлэтин оччотооҕу кэмҥэ, кэлин советскай былаас кэмигэр эмиэ өр бэчээттээбэккэ сылдьыбыттара. Ол бириэмэтээҕи кини хомуйан суруйбут үлэлэрин суолталара билигин улаатан иһэллэр. Кини бу үлэтигэр хомуйан киллэрбит түүллэрин тойоннооһуннара билигин даҕаны олус сөп түбэһэллэр.

Араас омуктар түүллэрэ үксүгэр маарыннаһаллар эрээри, үгүстүк көстөллөрүнэн уонна суолталарынан уратылаахтар. Ол курдук омуктарга сири хаһар үчүгэйи, баайы аҕалар эбит буоллаҕына, сахаларга мөлтөхтөн атыны аҕалбат. Ити уратыта диэн сахалар былыр-былыргыт¬тан сир кырсын, от үүнэр сирин алдьатан, буору элбэхтик таһааран, күөх үүнээйи үүммэт оҥорору сөбүлээбэттэриттэн тутулуктаах. Араас омуктар түүллэрин уратылара бу омуктар баҕа санааларыттан, тулалыыр эйгэлэриттэн уонна олохторун таһымыттан тутулуктаах. Итилэр кыралаан да буоллар омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта хайдах сыһыан¬наахтарыттан көрөн сыыйа маарыннаһан иһэллэр. Онон, киһи көрөр түүлэ омугуттан тутулуга суох буолуохтаах эбит. Тоҕо диэтэххэ, түүлгэ бэлиэлэринэн көрөн кэпсэтии, өйдөһүү буолар, ол иһин тылы¬нан хос тылбаастыырга наадыйбат. Кэлин дьоннор бары араас туттар тэриллэрэ маарынныыр, үлэлиир, сылдьар сирдэрэ биир уонна өйдөрө-санаалара тэҥнэстэҕинэ, көрөр түүллэрэ эмиэ үүт-үкчү буолуохтарын сөп.

Омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта сыһыаннарыттан, билсиһиилэриттэн, саҥа, урут биллибэт туттар сэптэринэн бииргэ туттар буолууларыттан уонна араас биир суолталаах өйдөбүллэр киириилэриттэн түүллэрэ үйэлэргэ кыратык да буоллар уларыйан, маарынныыр суолталаах саҥа бэлиэлэринэн солбуллан иһэллэр. Холобурун ылан эттэххэ, урукку кэмҥэ сахаларга үрүҥ арыгыны түһээн көрүү, куһаҕаҥҥа көстөр эбит буоллаҕына, билигин үчүгэйгэ санаа туолуутугар тириэрдэр.

Сахалар сорох омуктардааҕар Айылҕаҕа чугас сыһыаннаахтар. Кинилэр түһээн ыраас халлааны, күөх хонууну уонна бөҕө силистээх күөх тиити үчүгэй буолаары гыннахтарына үгүстүк көрөллөр. Ону кытта үҥэр-сүктэр таҥаралара Күн буолан туох үчүгэй, дьоллоох барыта сырдыгыттан, дьүһүнүттэн олус тутулуктаах, ол иһин маҕан дьүһүн - үчүгэйгэ, онтон туох бороҥуй, хараҥа буолан көһүннэҕинэ - эрэйгэ, мөлтөөһүҥҥэ көстөллөр.

Киһи өйүгэр-санаатыгар дьөлө хатанар ынырыгы, ыар түгэннэри иһиттэххэ эбэтэр көрдөххө, оо, бу киһи түүлүгэр киириэх олус ыны-рык дьүһүн-бодо диэн ааттыыллар. Холобур, былыргы сахаларга ураты дьүһүннээх арҕааҥҥы дьоннор бастаан кэлиилэригэр соһумар да, ыны¬рык да буолан көстүбүттэр уонна түүллэригэр кытта киирбиттэр. Ол иһин нуучча киһитин, дьахтарын түһээн көрүү, уруккуттан билигин даҕаны тойоннооһуна уларыйа илик, итилэр мөлтөөһүҥҥэ, ыарыыга көстөллөр.

Ити курдук түүл саҥа бэлиэтэ дьон өйүгэр-санаатыгар киириитэ, бу бэлиэ аан маҥнай хайдах көрүҥнээхтик, ханнык балаһыанньаҕа дьон өйүгэр киирбититтэн олус тутулуктанар уонна өр кэмҥэ уларыйа охсубат. Биир маннык бэлиэнэн табаах буолар, бу үчүгэй бэлиэ, былыр¬гыттан манньа, кэһии бэлиэтэ, ол иһин түһээтэххинэ табааҕы биэрдэхтэринэ - булдуҥ табыллыа эбэтэр туох эмэ үчүгэй буолуо.

Ити курдук киһи түүлэ өр кэмҥэ уларыйа охсубат өбүгэлэр санаа-ларын түмсүүтэ буолар уонна кинилэр бэйэлэрин өйдөрүн-санааларын, олохторун холобурдарын үүнэн иһэр көлүөнэлэригэр илэ аҕалан көрдөрөн үөрэтэллэр.

Киһи бэйэтэ кыратык даҕаны буоллар инники олоҕун туһунан билиэн баҕарар. Былыргы кэпсээннэргэ, үһүйээннэргэ киһи дьылҕата, инники олоҕо хайдах салгыы баран иһиэхтээҕин түһээн билэрэ элбэхтик кэп¬сэнэр. Түүл киһи олоҕор улахан суолталааҕын “Сэргэ төрдүгэр сэһэн” диэн былыргы кэпсээннэрин кинигэтигэр Федоров Г.Е. арыйан көрдөрөр. Бу кинигэҕэ кэпсэнэр кыыһы алдьархайтан куоттараары туран абаҕата: “Дьэ тукаам, куһаҕан түүлү түһээбэтэҕим, киһи төрдө буолаар,”- диэн алҕаан атаарбыта, кырдьык алдьархайтан этэҥҥэ куотар. “Куһаҕан да түүлү түһээтим,- эмээхсиэн”, - диэн кэпсии олорбут уол аҕата,- оҕом хаҥас илиитигэр удьурҕай уктаах хара үөстээх батыйа¬ны тутан, быһаҕаһыттан үөһээ өттө хаан буолан кэлэн турарын көрдүм. Онтон уола кырдьык, ыраахтан сөбүлүүр кыыһын уоран аҕалбыта. Итинэн, былыргы кэпсээннэргэ дьоннор түүлү инники олоҕу билгэлээһиҥҥэ үгүстүк тутталлара итэҕэйиллэр.

Сахалар түүл бэлиэлэрин суолталарын былыргыттан билэн, олору табатык өйдөөн, бэйэлэрин олохторугар ыйар, ыҥырар бэлиэ оҥостон туһаналлар. Ол курдук үчүгэйи, кыайыыны көрдөрөр бэлиэлэри бэйэлэ¬рэ оҥостоннор, куруук көрө сылдьаннар, бу бэлиэлэр суолталарын өй¬дөрүгэр-санааларыгар иҥэринэллэр. Маннык бэлиэлэртэн ордук улахан суолталааҕынан, саха дьонун өйдөрүгэр күүскэ хатаммытынан уонна билигин туттулла сылдьарынан улахан баҕана - сэргэ буолар. Түһээн сэргэни көрдөххүнэ, кыайыы-хотуу, ситиһии кэлиэҕэ. Бу бэлиэ, хантайан көрдөххүнэ халлаан диэки харбаспыт көстүү, саха дьонун баҕа санааларын, кыайыыга-хотууга, ситиһиигэ дьулуурдарын көрдөрөр.

Үгүстүк түүлгэ көстөр бэлиэнэн улахан, бөҕө силистээх баараҕай күөх тиит буолар. Бу тиит көстүүтэ дьоллоох доруобай буолууну кэрэһилиир уонна саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар кэрэх маска кубулуйан сылдьар.

Түүлгэ көстөр киэргэллээх курдаах киһи, бэйэтин үлэтинэн-хам-наһынан баай, дьоллоох олоҕу ситиспит киһи буолар. Ол иһин былыргы сахалар өйдөбүллэригэр киэргэллээх куру курданыы, баай-талым буолууну, олоххо табыллыыны көрдөрөрө. Онон үгүс баай дьоннор үрүҥ көмүс киэргэллээх тирии куру курданаллара.

Түүл сорох бэлиэлэрэ баай-талым эбиллэн иһиитин эмиэ көрдөрөллөр. Биир итинник бэлиэнэн түүлгэ элбэх үүтү көрүү буо-лар. Маннык түүл киһи өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэн кини олоҕор быһаччы дьайарын көрдөрөр бэлиэнэн былыргы үһүйээн кэпсээннэргэ биир эмэ баай киһи өссө байаары ынахтарын үүтүн мунньан "Үүт көлүйэ" оҥоро сатыыра буолар эбит диэн түмүккэ кэлэбит. Ити курдук сорох түүл туһалаах бэлиэлэрэ итэҕэл көрүҥнэригэр кубулуйаннар саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн сылдьаллар.

ТҮҮЛЛЭРИ ТОЙОННООһУН

Хас киһи түүлэ барыта тус-туһунан буолан, сөп түбэһэр бэлиэлэр аҕыйахтык көстөллөр. Ол да буоллар, үгүс киһи өйүгэр аан маҥнай хайдах киирбиттэриттэн тутулуктанан, түүл бэлиэлэрэ чопчу ханнык эрэ биир өйдөбүлү көрдөрөллөр. Үгүс түүллэр барылара ханарытан түүл буолаллар. Ол аата туох эмэ быһыы буолаары эбэтэр буола турара тугунан эмэ атынынан, бэлиэлэринэн көстөр. Оннук бэлиэлэри билэн, түүлү таба тойоннуу үөрэниэххэ сөп. Киһи биирдэ көрөр түүлэ хас да чаастардаах буолар уонна элбэх бэлиэлэр көстөллөр. Бу бэлиэлэртэн ордук үчүгэйдик уонна чуолкайдык көстөр бэлиэлэри талан ылан, хас биирдиилэрин суолталарын тус-туһунан быһааран тойоннуохха наада.

Түүлү үөрэтиини аан маҥнай түүл бэлиэлэрин үөрэтииттэн саҕа-лыахха. Түүлгэ киирбит бэлиэ суолтата, бу бэлиэ дьон бөлөҕүн өйүгэр аан маҥнай хайдах өйдөбүллээхтик киирбитинэн сылдьар, суолтата уларыйбат, арай ол оннугар үгүс атын дьон өйүгэр кэнники киирбит итинник суолталаах атын бэлиэнэн солбуллар. Ол иһин түүл¬гэ биир суолталаах буолан баран тус-туһунан бэлиэлэр олус элбэх¬тэр. Онон түүлгэ көстүбүт бэлиэ туох суолталааҕын уонна тугу көрдөрөрүн билэр наадаҕа бу бэлиэ аан маҥнай хайдах быһыылаахтык дьон өйүгэр киирбитин, тугу көрдөрөрүн, туохха туттулларын быһаарыахха наада.

Түүл бэлиэлэрэ түргэнник уларыйбаттарын туоһулуур былыргы бэ¬лиэлэр элбэхтэр, ол курдук үөрэх саҕаланыаҕыттан ыла туттуллар бэлиэ, бу буукуба буолар. Ол курдук түһээн буукубаны суруйдахха эрэй, үлэ эбиллиэ, үөрэттэххэ-байан, көнөн барыаҥ, онтон көрдөххө - сонуннары истиэҥ диэн буолар. Бу бэлиэлэр былыргыттан дьон өйүгэр хайдах киирбиттэринэн билигин да сылдьаллар, оччолорго буукуба суолтата маннык этэ:

-суруйуу - араас үҥсүү, дьыала-куолу суруллуута, иэһи-күүһү бэлиэтээһин.

-үөрэтии - суоту билэр, үөрэхтээх киһи байан-тайан барар.

-көрүү - араас солуну ааҕан билии.

Ити курдук ханнык эмэ бэлиэ аан маҥнай дьоннор өйдөрүгэр-санааларыгар ылбыт суолтатынан кинилэр түүллэригэр киирэр эбит диэн быһаарабыт уонна ити быһаарыыга олоҕураммыт биһиги түүл бэлиэлэрэ тугу көрдөрөллөрүн бу үлэбитигэр хомуйдубут. Былыргыттан сылдьар бэлиэлэргэ ат тэриллэрэ эмиэ киирсэллэр. Бу үчүгэйгэ көстөр бэлиэлэр. Холобур: ат үүнэ, ыҥыыра, муоһата, дуҕата, хомуута көстүөхтэрин сөп, ол гынан баран итилэр алдьаммыт, быстыбыт уонна куһаҕан көрүҥнээх буоллахтарына үлэҕэ араас мэһэйдэр тахсаллар.

Түүлү тойоннуурга түүл бэлиэтин көстүүтэ уонна киһи бэйэтин са¬наатыгар бу бэлиэни, хайдаҕый, диэн быһаарара улахан оруолу ылар. Түүлгэ көстөр быһыыны-майгыны, кими эмэ эбэтэр тугу эрэ үчүгэй дуу, куһаҕан дуу дии саныыргыттан бу бэлиэлэр майгылара быһаарыллар. Ол эбэтэр бу көстүбүт бэлиэ хайдах быһыылааҕа, көрүҥэ хайдаҕыттан уонна бэйэҥ туох диэн быһаара саныыргыттан тутулук¬таах. Холобуртан ыллахха: түүлгэ үүнэн турар тиити көрөн баран: “Үчүгэй да тиит”,- дии санаатаххына, кырдьык үчүгэйдик сыаналанар тиит бэлиэ буолуо.

Түүлгэ көстөр бэлиэлэртэн саамай наадалаахтара, быһаарар оруоллаахтара, бу барыларыттан чуолкайдык көстүбүт уонна ордук кытаанах¬тык өйдөммүт бэлиэ буолар. Холобур: түүлү маннык тойоннуохха сөп. Арай биир түүл бүтүүтүгэр ыраах сылдьар билэр киһитэ көстөн кэлэр уонна этэр: “Бу мин кэллим, эйиэхэ нүөмэр аҕаллым, онно харчыта бэлэмнээ, 6 чааска тиийиэм”,- диир. Итини тойонноотоххо, киһитэ кэлиэн баҕаран, харчыга олус наадыйбыт уонна 6 хонон баран биллэриим тиийиэ диир эбит.

Түүлгэ бириэмэ кыччаан, кылгаан көстөр. Ол курдук түүлгэ биир чаас буоллаҕына, дьиҥнээҕэр биир күн буолар, онтон бүгүн диэтэхтэ¬ринэ - быйыл буолуо, сарсын диэтэхтэринэ – эһиил биирдэ буолуоҕа.

Түһээтэххэ атын дьоннор тугу эмэ оҥоро сылдьар эбэтэр эн кини-лэри кытта холбуу араас бэлиэлэри көрөр буоллаххына, ол бэлиэлэр кинилэргэ сыһыаннаахтар, онтон түүлгэр тугу эмэни бэйэҥ оҥорор эбэтэр ханнык эмэ бэлиэлэри көрөр буоллаххына, итилэриҥ бэйэҕэр сыһыаннаахтар. Түүлгэ көстүбүт билэр да ,билбэт да киһиҥ көннөрү түүл бэлиэтэ буолан көстүөхтэрин эмиэ сөп уонна ону тойонноотоххо көстүбүтүнээҕэр букатын атын өйдөбүлү биэриэн эмиэ сөп. Ол курдук билэр киһиҥ ат мииммитин көрдөххө, бэйэҥ үлэҥ табыллыа эбэтэр ыраах айаннаары гынаҕын.

Түүлгэ киһи бэйэтин санаата атын киһиэхэ бэриллэн көстөр. Ол курдук бэйэҥ санааргыыр буоллаххына, түүлгэр санаарҕаабыт эбэтэр ытыыр киһини көрүөххүн сөп.

Түүҥҥү түүл бэйэ түүлэ буолар, онтон сарсыардааҥҥы түүлгэ кэлэн иһэр ыалдьыт санаата киирэн көстөр, ол иһин ыалдьыт түүлэ диэн ааттанар. Ити көстүү атын дьоннор саныыр санаалара киһиэхэ түүл буолан киирэрин чуолкайдык дакаастыыр. Түүллэри таба тойоннуурга өр кэмҥэ үөрэниэххэ наада. Ол иһин бэйэҥ түүллэргин кытта бу мин суруйбут түүллэрим бэлиэлэрин тойон¬нооһуннарын тэҥнээн көр уонна сыаналаа.

ИЧЧИЛЭЭХ ТҮҮЛ

Иччилээх түүл киһи өйүгэр-санаатыгар дьөлө хатанар, олус чуолкайдык көстөр уонна өр кэмҥэ умнуллубат. Үксүгэр иччилээх түүл сирэйинэн көстөр. Ол аата, буола турар эбэтэр буолуохтаах быһыыны-майгыны бу буолбутун курдук көрүү буолар, манна кыттыгастаах дьоннор илэ бэйэлэринэн көстөллөр. Ол курдук, биир түүлгэ суол устун Үөһээ дойдуга тахсар уонна ураһа курдукка киирэр, онно күтүөтэ Ньукулай турар, киэргэммит, үчүгэй көстүүмнээх, онтон ааһа баран истэҕинэ, арай аҕата олорор, олус эстибит-быстыбыт көрүҥнээх, соһуйан баттатан уһуктар. Улаханнык муодарҕаан, ыйыталаһан билбиттэрэ дэриэбинэҕэ айаннаан иһэннэр массыыналарын охторбуттар уонна бэйэлэрэ кыратык ыарытыйбыттар.

Сорох түүллээх дьоннор түһээннэр хайдах сиргэ утуйбуттарын уон¬на кинилэр иннилэригэр туох быһылааннар күүтэллэрин эрдэттэн билэ сылдьаллар. Ол курдук биир түүлгэ, дьиэ кэргэн бары мустан куруук отоннуур сирдэригэр сырыттахтарына аҕалара көтөн кэлбит уонна эп¬пит: “Бу мин бэстилиэнэй отоннооһунум”,- диэбит, кырдьык оннук буолбут.

Сир-дойду иччитэ киһи түүлүгэр киирэн инники олоҕун түстүүрүн “Сэргэ төрдүгэр сэһэн” диэн былыргы кэпсээннэрин кинигэтигэр Федоров Г.Е. маннык суруйар: арай утуйа сытан түһээтэҕинэ, биир хаар маҕан баттахтаах эмээхсин аттыгар олорон бэрт сымнаҕас илиитинэн төбөтүн имэрийэр уонна: “Тукаам, ити аҕаҕыт сүүрүктээх сири дугуйдаан өллө буолбаат, эн ити оҕоҕун бу дойду дьоллоох хонноҕор-быттыгар саһыардаххына киһи оҥоруоҥ”,- диир эбит. Уһуктан баран, дьэ бэрт иччилээх түүлү түһээтим ээ, кырдьык бу үтүөкэннээх сиртэн барбатахпына сөп буолсу дии саныыр.

Ити курдук түүл киһиэхэ ханнык сиргэ олохсуйара ордук буолуохтааҕын уонна дьиэтин ханна туттарын быһаарар түбэлтэлэрэ үгүстүк кэпсэнэллэр.

Кэриим саҥатын истии эмиэ иччилээх түүлгэ киирсэр. Ол курдук итини өлүү буолуон төһө эмэ иннинэ истиэххэ сөп. Ону-маны билгэлиир, ырааҕы түстүүр иччилээх түүлү Ый туолбут кэмигэр көрүөххэ сөп. Ити курдук иччилээх түүллэр инники буолуохтаах соһуччу быһыылары уонна эмискэ уларыйыылары дьоннор өйдөрүгэр-санааларыгар эрдэттэн тириэрдэн, кинилэр өйдөрүн-санааларын олорго бэлэмнээн өссө кыахтаах буоллахтарына аһарына сатыылларыгар көмөлөһөллөр.

ТҮҮЛ - АЙЫЛҔА ҮӨРЭҔЭ

Түүлгэ көстөр бэлиэлэри хомуйан, наардаан тус-туһунан араартаатахха, үгүс бэлиэлэр үчүгэй буолууну эбэтэр мөлтөөһүнү көрдөрөр бэлиэлэргэ чуолкайдык арахсаллар. Дьоннор санааларыгар сорох түүл¬лэр бэлиэлэрэ куруук төттөрүнү, ол аата туох куһаҕан - үчүгэйгэ, онтон үчүгэй – куһаҕаҥҥа көстөр диэн өйдөбүл баар. Ити санаа биһиги түүллэри ситэ үөрэтэ иликпититтэн, түүл бэлиэлэрэ тугу көрдөрөллөрүн аанньа билбэппититтэн тахсар быһыылаах. Ол иһин итинник өйдөбүллээх бэлиэлэртэн киһи өйүгэр саамай түһүмтүө хас даҕаны үчүгэй буолууну көрдөрөр бэлиэлэри ыламмыт түүл туохха дьоннору үөрэтэ сатыырын быһаарыахпыт.

Түһээтэххэ үүнэн турар үчүгэй көрүҥнээх күөх тиит, күөх оттоох хонуу көһүннэҕинэ эбэтэр ыраас ууга сөтүөлээтэххинэ барыҥ барыта табыллыа, үчүгэйдик олоруоҥ, дьоллоох доруобай буолуоҥ диэн итинник түүллэр бэлиэлэрэ түстүүллэр. Түүл бу дьиҥнээх олоххо сыһыаннаах бэлиэлэрэ илэ бэйэлэрэ хайдах баалларынан көстөннөр дьоннору тыыннаах күөх Айылҕаны харыстаа, куурдума-хатарыма, буорту гыныма, Айылҕа маннык үчүгэй көрүҥнээх турдаҕына эн эмиэ дьоллоох буо¬луоҥ уонна доруобуйаҥ тупсуо диэн илэ аҕалан көрдөрөн үөрэтэл¬лэр. Итилэри тэҥэ бэйэҥ халлаанынан көтөҥҥүн үчүгэй күөх хонууну, тыалары, кэбиһиилээх оттору уонна дэриэбинэни көрдөххүнэ баҕа санааҥ барыта туолуо диэн бу түүллэр туох да атын тойоннооһуннара суох бэйэлэрин үчүгэй көстүүлэрэ быһаараллар.

Онон, түүл маннык бэлиэлэрэ дьоннору тыыннаах күөх Айылҕаны, ор¬дук мутукчалаах тииттэри харыстыырга ыҥыраллар уонна Сир-дойду маннык күөхтүк, ыраастык, үчүгэйдик турдаҕына эн эмиэ үчүгэй, доруобай буолуоҥ диэн түүлгэ киирэн илэ көрдөрөн үөрэтэллэрэ чуолкайдык дакаастанар.

Биһиги дьоннор быстах, уһуну-киэҥи ситэ толкуйдаабат санаабытыгар көрүҥэ уонна сыта куһаҕана бэрт буолан, сааҕы, туох эрэ олус куһаҕан наадата суох курдук саныырга үөрэммиппит. Ол иһин биһиги киэҥ-куоҥ сиргэ көҥүл олоро үөрэммит дьоннор, оннооҕор сүөһүбүт сааҕын сөптөөхтүк туһаҕа таһаарбаппыт. Ити гынан баран Айылҕа үөрэҕин үчүгэйдик баһылаатахпытына, бу саах диэн киһи эбэтэр кыыл Айылҕаттан ылан бэйэтин доруобуйатын туһатыгар туһаммыт араас астарын, туһалаах минералларын ордуктара, атын көрүҥҥэ кубулуйбут тобохторо буолалларын билэбит.

Айылҕаҕа туох барыта уларыйа, эргийэ турарынан бу астар тобохторун биһиги эмиэ кыратык уларытан бараммыт урукку оннугар, ол аата үүнээйи үүнэр сиригэр барытын төннөрүөхтээх эбиппит. Кэнники бириэмэҕэ олохпут тупсан, бу Айылҕаҕа олус наадалаах аспыт тобоҕун канализацияҕа кутаммыт, үгүс элбэх сүөһүбүт сааҕын туох да туһата суох улахан хотоннор аттыларыгар мунньаммыт, Айылҕаҕа төннөрбөккө, кинини быһа дьадатан, туох да үүнээйи аанньа үүммэт оҥорон эрэбит. Онуоха эбии искусственнай уоҕурдууну күүскэ туһаныыттан үгүс урут биллибэт саҥа ыарыылар салгыы дэлэйэн иһэллэр.

Онон, үүнээйини үксэтэр наадаҕа дьиҥнээх Айылҕаҕа бэйэтигэр оҥоһуллар уоҕурдууну дэлэччи туһанарбыт ордук буолуохтааҕын түүл дьоннорго көрдөрө, дакаастыы сатыыр. Ити иһин түүлгэ көстөр үчүгэй буолуу бэлиэлэрэ сааҕы кытта сибээстээхтэр, ол курдук түһээн саахха түһүү, сааҕынан сыбаныы - дьолго, баайга, барыс киириитигэр көстөллөр. Маннык түүл бэлиэлэрэ ордук тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоннорго элбэхтик көстөллөр уонна үүнээйи хомуура үчүгэй буолан барыс киириитин түстүүллэр. Ити курдук түүл бу бэлиэлэрэ адьас сирэйинэн, ол аата дьиҥнээх Айылҕаҕа хайдах буолуох¬тааҕынан көрдөрөр бэлиэлэр эбиттэр.

Сир үрдүгэр үөскүүр бары улахан кээмэйдээх тыынар-тыыннаах, сы¬лаас хааннаах кыыллар уонна көтөрдөр бука барылара арахсыспат аргыстаахтар, ол аргыстара - быттара буолар.

Дьоннор үйэлэрин тухары олорор олохторун тупсаран, сайыннаран иһэллэр. Ол курдук ыраастык суунан-тараанан, саҥа таҥаһы кылбаччы кэтэн, бетон-таас дьиэлэр истэригэр олорон, сиргэ-буорга сыбаммак¬ка, Айылҕаттан букатын арахсан уонна тэйэн эрэллэр. Кинилэр бэйэлэрин быттарын һпаразиттарынанһ ааттаан, имири эһэн суох гыммыттара син ыраатан эрэр. Кырдьык даҕаны, улаатыннаран көрдөххө, көрүҥэ ынырыга, сыылла сылдьан дьөлүтэ кэйэн, киһи хаанын босхо оборон, кыһытан-ымытан дьиҥнээх "паразит" курдук. Ити гынан баран маннык ынырык үөн дьоннор түүллэригэр үчүгэй буолан көстөр. Түһээн быты көрдөххүнэ, баай, дьоллоох буолуоҥ диэн буолар. Түүл бу бэлиэтэ дьоннорго быт баар буоллаҕына үчүгэй буолуохтааҕын өйдөтөр. Ол гынан баран үчүгэй буолуу аҥардас быкка бэйэтигэр буолбакка, бу быт оҥорор үлэтигэр сыһыаннаах буолуон сөп. Ол аата быт тыыннаах киһи хаанын күн-түүн аайы кыра-кы¬ратык көҕүрэтэ сылдьара уонна тириитин кыра тымырдарын төбөлөрүттэн хаанын кыратык обороро бу киһи доруобуйатыгар туһалаах буолар диэн дьиҥнээх Айылҕа үөрэҕин дьоннорго өйдөтө сатыыр.

Киһи хаана кыра-кыратык көҕүрээтэҕинэ, саҥа үчүгэй састааптаах хаанынан солбуллан, бу киһи доруобуйата Айылҕа уларыйан иһэр усу¬луобуйаларыгар сөп түбэһэр буола уларыйан уонна кыра ыарыыларга утарылаһар күүһэ улаатан, тупсан иһэр эбит. Онон киһи түүлэ диэн бу дьиҥнээх Айылҕа үөрэҕэ буолар уонна бу үөрэх дьоннору Айылҕаны харыстыырга, кини дьиҥнээх бэйэтин уларып¬пакка уһун үйэлэргэ турарын хааччыйарга кинилэри ыҥырар.

Түүл Айылҕа үөрэҕэ буоларын ордук чуолкайдык эстиини-быстыыны, дьадайыыны түстүүр бэлиэлэрэ көрдөрөллөр. Ол курдук хара буор хонууну, куурбут-хаппыт тыаны түһээн көрдөххүнэ үлэҥ-хамнаһыҥ сатарыйан барыа, элбэх ночооттор тахсыахтара диэн итинник түүллэр тойоннууллар.

Бу көстүүлэр киһи олоҕо Айылҕаттан ураты күүстээх тутулуктааҕын, Айылҕа туруга үчүгэй буоллаҕына эрэ, дьоннор олохторо эмиэ үчүгэй буолуо, онтон кини туруга мөлтөөтөҕүнэ дьон олоҕо айгырыаҕа диэн чуолкайдык өйдөтөллөр.

ТӨРӨӨБҮТ СИР - АЙЫЛҔАТТАН АНАММЫТ СИР

Сир үрдүгэр үөскүүр бары улахан кыыллар уонна көтөрдөр төрөөбүт-үөскээбит сирдэрин бары билэллэр, умнубаттар, үгүстэр хас сыл аайы ыраахтан эргиллэн кэлэллэр. Итилэр төрөөбүт уйаларын кир¬типпэттэр, алдьаппаттар уонна өссө харыстыыллар. Дьоннорго-норуот¬тарга төрөөбүт сирим диэн өйдөбүл барыларыгар баар, киэҥник тарҕаммыт, улаханнык ытыктанар уонна кэриэстэнэр өйдөбүл буо¬лар. Маннык үтүөкэн өйдөбүлү биһиги олус улаатыннаран, кэҥэтэн, бүтүн Россия үрдүнэн ыһан, тарҕатан, дьиҥнээх суолтатын сүтэрэн симэлитэн эрэбит.

Ити гынан баран төрөөбүт сирим диэн өйдөбүл оннук улахан, киэҥ сири буолбакка, чуолкай мээрэйдээх бэлиэ миэстэлэри көрдөрөр. Кыра оҕо саҥа улаатан, өйө киирэн эбиллэн истэҕинэ аан маҥнай өйүгэр хатанан хаалбыт бэлиэ миэстэлэрэ үйэтин тухары умнуллу¬бат гына өйдөнөн хаалаллар. Ордук чуолкайдык кыра оҕо оонньообут сирин, сөтүөлээбит күөлүн, сүүрбүт-көппүт хонуутун, моҕотойдообут тыатын, үөһээ ытта оонньообут тиитин, аһаабыт, утуйбут дьиэтин уонна да атын бэлиэ миэстэлэри үйэтин тухары умнубаттык өйдөөн хаалар.

Онон, бу аан маҥнайгыттан киһи өйүгэр умнуллубат гына хатаммыт бэлиэ миэстэлэри барыларын холбоон төрөөбүт сирим диэн өйдүөххэ сөп. Киһи төрөөбүт сирин уонна улааппыт дьиэтин үйэтин тухары ум¬нубатын, ити бэлиэлэр кини түүлүгэр киирэн көстөллөрө дакаасты¬ыр. Киһиэхэ төрөөбүт сирдэрэ түүлүгэр киирэн үчүгэй көрүҥнээхтик көһүннэхтэринэ эбэтэр кыра эрдэҕинэ олорбут дьиэтигэр киирэ сылдьар буоллаҕына, үчүгэй баҕа санаалара туолуохтара эбэтэр соһуччу үчүгэй солуннары истиэҕэ диэн итинник түүллэр түстүүллэр.

Ити аата киһи өйүгэр-санаатыгар төрөөбүт сирэ уонна кыра эр-дэҕинэ олорбут дьиэтэ ураты суолталаахтар. Кини ити дьиэтэ, сылдьыбыт сирдэрэ ханнык да буолбуттарын иһин киһи өйүгэр үйэ-тин тухары хатана сылдьаллар уонна үчүгэй буолаары гыннаҕына түүлүгэр көстөн кэлэллэр. Онон, бу сирдэр, бу дьиэ түүлгэ киирэн көстүүлэрэ киһиэхэ сөп буола-буола төрөөбүт сирин, кыра сааһыгар олорбут дьиэтин өйдөтөллөр уонна итилэри харыстыырга, көрөргө-истэргэ, уруккутуттан уларыйбакка турарыгар кыһанарга ыҥыраллар.

Айылҕаттан анаммыт ити “бэйэтин сирин” хас биирдии киһи кырдьык даҕаны харыстыыр, куруук саныыр, умнубат уонна алдьаммакка, урук¬кутун курдук көрүҥүнэн куруук туруон баҕарар.

Билиҥҥи кэмҥэ хотугу сиргэ олорор дьоннор сирдэригэр-уоттарыгар кыһаммат, харыстаабат, аанньа ахтыбат буолуулара уонна Айылҕаны ытыктаабаттара төрөөбүт сир диэн өйдөбүлү олус улаатынна¬ран, кэҥэтэн, симэлитэн кэбиһииттэн быһаччы тутулуктаах. Дьоннор олорор сирдэрин харыстыылларын, көрөллөрүн-истэллэрин си¬тиһэр наадаҕа төрөөбөт сир диэн Айылҕаттан анаммыт өйдөбүлү хас биирдии киһиэхэ өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэриэххэ, оччоҕо эрэ киһи олорор сирин, бу мин төрөөбүт сирим диэн ордук күүскэ харыс¬тыырын уонна көрөрүн-истэрин ситиһиэххэ сөп.

Төрөөбүт сирдэриттэн олус ыраах тэйбит уонна төрөөбүт сирэ суох дьоннор майгылара-сигилилэрэ мөлтөх, өйдөрө-санаалара быстах буоларын үгүстүк көһө сылдьар истиэп олохтоох омуктарын үөрэппит Л.Н. Гумилев бэйэтин үлэлэригэр бэлиэтиир.

Саха норуотун кэпсээннэригэр төрөөбүт сир ахтылҕана диэн өйдөбүл баара элбэхтик этиллэр. Ол аата төрөөбүт сириттэн тэйэн ыраах сылдьар киһи бу сирин ахтар, сотору-сотору кэлэн көрө сыл-дьыан баҕарар, майгыта-сигилитэ да мөлтүүр, сороҕор итинтэн сыл¬таан ыалдьыан да сөп. Ити иһин сорох ыраах сылдьар дьоннор төрөөбүт сирдэриттэн буор ылан илдьэ сылдьаллар, оччоҕуна төрөөбүт сирин ахтылҕана мүлүрүйэн, намырыыр эбит.

Саха сиригэр кэнники кэмҥэ олохтоохтор өйдөрүгэр-санааларыгар киирбит “кэлии дьоннор” сиргэ-дойдуга кэдэрги сыһыаннара диэн өй¬дөбүл олохсуйбута оруннаах. Маннык быһыы былыргыттан үөскээбит төрөөбүт сири харыстыахха наада диэн өйдөбүлгэ олох сөп түбэспэт. Кэлии дьоннор Айылҕаны букатын харыстаабаттарын, ураты бэйэмсэхтэ¬рин, туох баарын барытын баһылаан бэйэлэрин эрэ тустарыгар туһа¬ныахтарын баҕаралларын олохтоохтор уруккуттан билэллэр. Ити иһин үгүс кэлии дьоннордоох сирдэргэ сири-дойдуну, оту-маһы уонна кыыллары-көтөрдөрү харыстыырга өйдөтөр үлэлэри күүстээхтик ыытар наадалааҕын дакаастыыр.

ТҮҮЛ БЭЛИЭЛЭРИН БЫһААРЫЫЛАР

Түүл бэлиэлэрэ дьоннор бөлөхтөрүн өйдөрүгэр-санааларыгар үйэлэр тухары иҥмит, ол аата үгэс буолбут өйдөбүллэри көрдөрөллөр. Ордук чуолкайдык түүлгэ Айылҕаҕа сыһыаннаах бэлиэлэр көстөллөр. Онтон кэнники кэмҥэ түүлгэ киирбит бэлиэлэр аан маҥнай бу дьоннор ортолоругар туох өйдөбүл¬лээхтэриттэн тутулуктаахтар. Маннык быһаарыылары тутуһаммыт үгүс түүллэр бэлиэлэрин суолталарын биир-биир быһааран бардахпытына, биһиги санаабытыгар олус сөп түбэһэллэр.

Атаҕастабыл умнуллубат

Соһуччу түүлгэ көстөр бэлиэлэри тиэтэйбэккэ, дириҥник толкуйдаан быһаарбатахха дэбигис киһи өйүгэр таба өйдөммөт курдуктар. Итилэри тэҥэ сорох түүлгэ көстөр бэлиэлэр олох былыргыттан сылдьар буоланнар билиҥҥи кэмҥэ сөп түбэспэт, атын өйдөбүлү биэрэргэ дылылар. Маннык бэлиэлэри таба быһаарарга урукку олох остуоруйатын кытта билсиһиэххэ наада буолар.

Нууччалар сахалары 17 үйэҕэ сайдыы, экономика өттүнэн лаппа баһыйан, улахан сэриитэ суох бас бэриннэрбиттэр. Кинилэр сахалар холбоһуктаах сэриилэрин кыайбыттар уонна баһылыктарын өлөртөөбүттэр, онтон сахалар ордубут сэриилэрин тобохторо киэҥ тайҕаҕа ыһыллыбыттар. Кыайбыт дьоннор хас да аҕа уустарын баһылыктарын билиэн тутан “аманаат” оҥостон хаайыыга укпуттар. Маннык кыайыы кэннит¬тэн биирдиилээн ыһыллан олорор саха ыалларын халааһыны, “дьаһаах” хомуйуутун саҕалаабыттар.

Сэрии дьонноро үрэхтэри, алаастары кэрийэ сылдьаннар, олохтоох дьоннор баайдарын, түүлээхтэрин былдьаан, дьахталларын илдьэ баран, ким күүстээх, кыайбыт тугу саныырынан дьаһайан уһун кэм устата туох да суута-сокуона суох талбыттарынан салайан олорбуттар. Кыаттарбыт саха дьоно куттал, эрэй бөҕөнөн куотан тайҕа, үрэх бастарынан саһан олороннор “дьаһаах” хомуйааччы нууччалартан, өлөрөн-¬алдьатан барыахтара диэн куттанан, сүрэх-быар ыарыыта буолаллар эбит. Онуоха эбии өссө соҕурууттан үүрүллэн кэлэр арааһынай бэһиэччиктэр уонна хаайыылаахтар саха дьонун ыган-түүрэн, өлөрөн-халаан бараллара элбэх эбит.

Маннык тула өттүттэн мөрөйдөөһүнтэн саха дьоно бэйэлэрин эрэ күүстэринэн, куотан эбэтэр саһан көмүскэнэ сатыыллара. Хас биирдии нуучча киһитин кэлиитэ кинилэргэ эрэйи-муҥу, ыарыыны, онтон сороҕор өлүүнү-сүтүүнү аҕалара. Ити иһин бу дьоннор мөссүөннэрэ, ыар мөс¬сүөн буолан, саха дьоннорун түүллэригэр киирэн, ыалдьаары эбэтэр мөлтөөрү гыннахтарына көстөн кэлэр буолар. Итини тэҥэ бу бэлиэ оч¬чотооҕу бириэмэҕэ саха дьонун эстииттэн-быстыыттан быыһыыр уонна сэрэтэр аналлаах эбит, ити мөссүөнү түһээн көрдөхтөрүнэ, суоһаабыт алдьархайтан эрдэттэн сэрэнэн, куотан эбэтэр саһан быыһаныахха эмиэ сөптөөҕө.

Онон, бу былыргы бэлиэ аан маҥнайгы суолтатынан, оччотооҕу ыар кэмнэргэ саха дьонун кэлэн иһэр алдьархайтан эрдэттэн сэрэтии, ки¬нилэри көмүскээһин уонна харыстааһын буолар эбит.

Урукку ыар кэмнэр ааспыттарын да иһин бу түүл бэлиэтэ билигин даҕаны уларыйбакка дьоннор түүллэригэр сөп буола-буола көстүтэ-лиир. Ити уларыйбакка сылдьар биричиинэтинэн кэлии нууччалар майгылара билигин даҕаны уларыйа илигэ, баһылыыр былаастарын сүтэриэхтэрин баҕарбаттара буолар. Итини тэҥэ кинилэр Саха сирин барытын баһылыыр санааларын хааллара иликтэрин туоһутунан, төрүт-уус сахалыы ааттаах сирдэр ааттарын өсөһөн туран нууччалыы тылбаастаан уларыталларын олохтоохтор ааҕаллар.

Бу бэлиэ билиҥҥи кэмҥэ көстүүтэ саха дьонугар туспа омук буолан чэчирии сайдыаххытын баҕарар буоллаххытына урукку тойотторгутут¬тан, нууччалартан билигин даҕаны сэрэхтээх буолуҥ диэн өйдөтөр. Ону кытта өбүгэлэргит уһун үйэлэр тухары умнубакка, өссө сайынна¬ран, тупсаран, дууһаларыгар иҥэринэн аҕалбыт төрөөбүт тылларын, үгэстэрин, дьарыктарын уонна итэҕэллэрин харыстаатаххытына эрэ, бэйэҕит туспа омук буолар уратыларгытын сүтэрбэтэххитинэ, билиҥҥи кэмҥэ атын омукка буккуллан симэлийиэххит суоҕа диэн көрдөрөр.

Өр бириэмэҕэ түүл бэлиэтэ син сүтэн, симэлийэн эбэтэр атын бэлиэнэн солбуллан барыан сөп. Ол курдук бу мөссүөнү саха дьонун өйдөрүттэн-санааларыттан ылан быраҕарга урукку батталтан уонна туоратыыттан өй-санаа босхолоноро наада. Ону ситиһэргэ бэйэбит дойдубутун, сирбитин-уоппутун бэйэбит көрөн-истэн дьаһайарбыт ураты көмөлөөх буолуо этэ.

Кэнники бириэмэҕэ тыа дьоннорун олохторун таһыма намтааһына, үлэлэрэ-хамнастара сатарахсыйыыта, тиийиммэт буолуулара кинилэр майгылара-сигилилэрэ алдьаныытыгар, урукку хом санаа хаттаан күөдьүйэн тахсыытыгар тириэрдиэн сөп. Олох көнөн барыытыгар эрэли сүтэрии, тиийиммэт-түгэммэт буолуу элбээһинэ үгүс дьоннор өйдөрүгэр араас санаалары киллэрэр уонна бу мөлтөөбүт балаһыанньаттан тахсарга урут туттуллубатах атын суоллары, ньымалары көрдөөһүннэри ирдиир. Маннык балаһыанньа бу түүлгэ көстөр мөссүөн сүтэн, симэлийэн барыытыгар көмөлөспөт.

Түүлгэ нуучча дьахтарын көстүүтэ

Сахаларга былыр-былыргыттан улахан күүстээх, кыахтаах дьоннорунан улахан кыыллары бултуур булчуттара буолаллар. Кинилэр бэйэлэрин кыахтарын билиниилэринэн ханнык эрэ күүстээх кыылы кыайыы эбэтэр ханна да суоҕу, аҕыйаҕы булан бултааһын буолара. Ол иһин били¬гин даҕаны сорох булчуттар түүллэригэр нуучча дьахтарын кыайан туттахтарына улаханнык бултуйаллар. Маны кэҥэтэн быһаардахпытына, нууччалар маҥнай кэлиилэригэр дьахталлара аҕыйах буолан саха дьонун харахтарыгар отой көстүбэт эбиттэр. Ол иһин нуучча дьахтара чугас эргин ханна да суох буолан, олус өр кэмҥэ, аҕыйахтык көстөр улахан булка тэҥнэһэрдии көстөрө күндү буолар эбит. Онон, түүл бу бэлиэтэ улахан баҕа санааны уонна ону ситиһэ сатааһыны кытта си¬бээстээх. Ити курдук бу түүл бэлиэтэ кэлии нуучча дьоннорун үгүс өттүлэрэ эр дьон эбиттэрин дакаастыыр уонна кинилэр революция буолуон иннинэ сахалар ортолоругар олороннор, түргэнник сахатыйан хаалалларын В.Л.Серошевскай “Якуты” диэн үлэтигэр бэлиэтиир.

Саха дьоно ааспыт үйэҕэ кыһыл баттахтаах нуучча дьахтарын түһээн көрдөхтөрүнэ ыарытыйаллара үһү. Бу ураты түүл бэлиэтэ, бэйэтэ туспа өйдөбүллээх. Ити көстүү нууччалар кэлбиттэрин кэннэ киэҥник тарҕаммыт буоспа диэн ыарыы ыар күлүгэ буолар. Саха ойууннара кыахтара тиийэн кыайан далбарыйбат, урут биллибэт ыарыы туохтан тарҕа¬нарын билбэт буоланнар, бу ыарыыны нуучча дьахтарын үөрэ тарҕатар быһыылаах диэн саха дьонун өйдөрүгэр иҥэрбиттэриттэн итинник өйдөбүл киэҥник тарҕанар уонна биллибэт ыарыыттан куттанар дьоннор түүллэригэр киирэн билиҥҥээҥҥэ диэри иҥэн сылдьар. Маннык олохсуйбут өйдөбүл баарын туһунан Н.А.Алексеев “Шаманизм тюркоязычных народов Сибири” диэн үлэтигэр ахтар.

Кэнники кэмҥэ түүл маннык бэлиэлэрэ аҕыйахтык көстөр буолан эрэллэр. Билигин Саха сирэ саҥалыы сайдан, омуктар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара тупсан, биллибэт ыарыылар суох буоланнар, түүл бу бэлиэлэрэ сыыйа сүтэн, симэлийэн барыахтарын сөп.

Тиит мас эбэтэр ойуур түүлгэ көстүүтэ

Саха дьонун олохторугар, өйдөрүгэр-санааларыгар тиит мас уонна ойуур баһылыыр суолталаахтар. Тиит мас ураты суолтатын бары тутуу¬ларга, дьиэҕэ-уокка туттуллуутун элбэҕэ ордук улаатыннарар, онтон ойуур сири-дойдуну, булду-аһы кытта сибээстээх буолан саха дьонун олохторун кытта биир өйдөбүллээх. Ити иһин тиит мас эбэтэр ойуур дьоннор өйдөбүллэригэр уонна Айылҕаҕа бэйэтигэр ылар оруоллара биир буолара ордук киһи түүлүгэр чуолкайданан көстөр. Ол иһин түүлгэ көстүбүт тиит мас эбэтэр ойуур тойоннооһуннара итилэр хай¬дах көрүҥнээхтэриттэн тутулуктанар, куһаҕан көрүҥнээх, хаппыт тиит эбэтэр ойуур көһүннэҕинэ, үлэ-хамнас дьыалата мөлтөөн барыа диэн сабаҕаланар.

Үчүгэй, улахан тиит мас көстүүтэ саха дьонун өйдөрүгэр киирэн кэрэх мас буолан иҥэн сылдьар. Бу мас түүлгэ үчүгэй, күөх уонна бөҕө силистээх буолан көһүннэҕинэ, улахан үөрүү, олох тупсуута буолуо, онтон үрдүк улахан тииккэ үөһээ ытыннаххына, үлэҕэр ситиһии кэлиэҕэ диэн буолар. Итилэри тэҥэ түүлгэ үчүгэй көрүҥнээх тыа көстүүтэ үлэ-хамнас табыллыытын түстүүр. Онон, тиит мас эбэтэр ойуур түүлгэ көстүүлэрэ итилэр хайдах көрүҥнээхтик көстүбүттэрин курдук өйдөнүллүөхтээх уонна үлэ-хамнас туругун көрдөрөр бэлиэлэр буолаллар.

Саха дьонун түүллэригэр тимир көстүүтэ

Саха дьоно былыр-былыргыттан тимири уһаарыынан уонна тимиринэн уһаныынан дьарыктаммыт дьоннор буолаллар. Ол иһин кинилэр сүрүн итэҕэллэрэ Күнү, кыһа уотун кытта сибээстээх, ону тэҥэ саамай күүстээх улуу ойууннара тимири уһаарааччы уонна уһанааччы тимир ууһа буолар. Ити курдук сахалар урукку сүрүн дьарыктара түүллэригэр кытта киирэн үчүгэй буолаары гыннахтарына көстөн кэлэр, Ол курдук түүлгэ уһанар дьиэни көрүү, дьоллоох буолууну түстүүр, онтон тимиртэн оҥоһуктары көрүү, кыайыыга, ситиһиигэ тириэрдэр. Итилэри тэҥэ сахалар түүллэригэр ордук ураты миэстэни саха тимир быһаҕа ылар. Бу тимир быһахха саха омук атын омуктартан уратыта, кинилэр бэйэлэрэ уһааран, уһанан таһаарар тимирдэригэр ордук күүстээх тапталлара билигин даҕаны иҥэн сылдьар. Ол иһин саха киһитэ үчүгэй быһаҕа суох буоллаҕына туоҕа эрэ суох курдук сананар. Итинник сыаналаах тэрил түүлгэ киирэн көстүүтэ саха омук сайдар кэскилигэр уол оҕоҕо тэҥнэнэр, ол иһин түүлгэ быһаҕы бэлэх биэрдэхтэринэ, уол оҕо төрүөҕэ уонна бу быһах көрүҥэ, уол оҕо тугун хайдаҕын көрдөрүөҕэ. Үчүгэй көрүҥнээх сытыы быһах - үчүгэй майгылаах доруобай уолу, онтон хара сыппах быһах, мөлтөх доруобуйалаах уолу көрдөрөллөр.

Онон, саха омук сайдар кэскилэ, уол оҕото тимири кытта сибээстээх. Ол иһин былыргы өбүгэлэрбит төрүт дьарыктарын уһанар, оҥорор идэлэрин төнүннэрэрбититтэн туспа омук буолан салгыы сайдарбыт тутулуктаах буолуохтаах. Кэлин, сэбиэскэй былаас кэмигэр саха дьонун сүрүн дьарыктара уларыйан, аҥардастыы тыа хаһаайыстыбатыгар кубулуйбутун кэннэ тимир бэлиэ көстүүтэ олох аҕыйаата уонна суолтата уларыйан эрэр.

Түүлгэ сиэркилэ көстүүтэ

Дьоннор былыргыттан сиэркилэҕэ киһи дууһата ыйдаҥаран көстөр диэн элбэхтэ көрүнэри сөбүлээбэттэр. Ити иһин дьон өйүгэр-санаатыгар сиэркилэ куһаҕан өйдөбүлүнэн киирэн хаалбыт. Онтон куһаҕан өйдөбүллээх бэлиэ түүн түүлгэ киирэн көһүннэҕинэ, туох эмэ куһаҕан быһыы буолар, ол эбэтэр түһээн сиэркилэҕэ киэргэнэн көрүнүү, мөлтөөһүҥҥэ, ыарыыга көстөр дииллэр.

Сиэркилэттэн дьоннор сэрэниилэрэ киһи дууһатын харыстыырга аналлаах. Дьиэҕэ киһи өллөҕүнэ тахсыар диэри сиэркилэни, телевизо¬ры барыларын таҥаһынан сабаллар эбэтэр кистээн кэбиһэллэр. Бу бириэмэҕэ өлбүт киһи дууһата, баар дьоннор дууһаларын сиэркилэҕэ көрөн илдьэ баран хаалбатын диэн итинник гыналлар. Итини тэҥэ сиэркилэ алдьаныытын “куһаҕан бит тардыыта” диэн ааттыыллар. Кыра оҕону куттаҕас буолан хаалыа диэннэр сэрэнэн, сиэркилэҕэ көрүннэрбэттэр уонна улааппыт да оҕолору элбэхтик көрүммэт буолуҥ, диэн үөрэтэллэр. Онтон, ыарыһах киһини харыстааннар сиэркилэҕэ көрүнэрин төрүт да сөбүлээбэттэр.

Онон, сиэркилэҕэ көрүнүү диэн түүл бэлиэтэ аан маҥнай дьоннор өйдөрүгэр хайдах киирбит өйдөбүлүнэн кыратык да уларыйбакка сылдьар эбит.

Түүлгэ өлбүт дьону көрүү

Түүлгэ көстөр бэлиэлэртэн ордук уратылаахтарынан, киһини соһуталларынан уонна элбэхтик толкуйдаталларынан өлбүт дьоннор көстүүлэрэ буолар. Түһээн өлбүт киһини ыраахтан дуу эбэтэр чугастан дуу көннөрү көрдөххө, халлаан уларыйыыта буолуоҕа, ол аата кураан кэнниттэн ардах дуу эбэтэр хаар дуу кэлиэҕэ. Онтон чугас ай¬махтар өлбүттэрин туһунан түүлү түһээтэххэ, аны сэрэтии бэлиэтэ буолар, эһиэхэ ханнык эрэ ыарахан кэмнэр дуу, сүтүк дуу кэлэн иһэр буолуохтарын сөп.

Түүлгэ өлбүт ийэҥ эбэтэр аҕаҥ көстүүлэрэ уонна эйигин кытта кэпсэтиилэрэ хайаан даҕаны сэрэхэчитиэхтээх, тугу эрэ сыыһаны оҥороору гыммыппын дуу эбэтэр туохха эмэ түбэһэр буоллум дуу диэн өйдөбүлү киллэрэн, туох баар дьыалаларгын хаттаан толкуйдаан, сыа¬налаан көрөрүҥ наада. Ол курдук өлбүт аҕаҕын кытта кэпсэтэр буоллаххына, туох эмэ саҥа дьыалаларгын өссө кыһанан толкуйдаан көрдөххүнэ туһалаах буолуо эбэтэр сорох дьоннор куһаҕаны оҥороору гыналларын сэрэтэр буолуон эмиэ сөп. Онтон өлбүт ийэҕин кытта кэпсэттэххинэ, ордук доруобуйаны көрүнэ, сэрэнэ сылдьыахха.

Түһээтэххинэ, урут өлбүт аймах киһиҥ тугу эмэни көрдөөһүнэ, кэлэн иһэр санаа түһүүтүн, үлэ-хамнас мөлтөөһүнүн тулуйарыҥ наадатын, кэмигэр туһалаах сүбэлэри ылынарыҥ сөптөөҕүн көрдөрөр. Онтон өлбүт киһи олус үөрэн-көтөн көрсөр буоллаҕына, бэйэҥ олоххун сыыһа суолунан салайаары санаммыккын, ол иһин улахан сыыһалары оҥоро иликкинэ көннөрүнүөххэ сөбүн сэрэтэр.

Ити курдук өлбүт аймах дьоннор түүлгэ көстүүлэрэ, кинилэр сэрэ-тэр саҥалара киһи Үөһээ дойдуттан сибээстээҕин уонна кинини аймах дьонноро куруук көрө-истэ сылдьалларын дакаастыыр. Түүлгэ көстүбүт өлбүт дьоннор сүбэлэрэ уонна кинилэр этэр тыллара туоларын, итилэри олохторугар сатаан туһаммыт сорох дьоннор суруйууларыттан билэбит.

Биир эмэ кэпсээннэргэ ахтыллар түбэлтэлэртэн, кырдьаҕас өлөрө чугаһаабыт киһи аймахтарын кытта бырастыылаһа сытан: “Чэ тукала¬рыам, дьоннорум ыҥырдылар, аттанарым чугаһаата быһыылаах”,- диэн этэрэ түүл бэлиэтин көрүүнү кытта сибээстээх эбит. Ити көстөр түүл бэлиэтинэн өлбүт киһини көрсүү уонна кини ыҥырарыгар сөбүлэһэн барсыы буолар. Ити курдук маннык түүл бэлиэтэ киһи өйүн-санаатын буолаары турар улахан уларыйыыга эрдэттэн бэлэмнииргэ аналлаах бэлиэ эбит.

Түүл эмиэ биир биллибэт өрүтүгэр киирсэр быһыынан ыарахан балаһыанньаҕа түбэһэн ГПУ түрмэтигэр сууттанаары сытар киһи бэйэтин ахтыытыгар киллэрбит түүллэригэр, өлүү-сүтүү туһунан бэлиэлэр хаһан да көстүбэтэхтэр, хата ол оннугар үчүгэй буолуу, кутталтан куотуу бэлиэлэрэ көстүбүттэр эбит. Ол иһин кини хаайыыттан босхо¬лоноругар эрэлин сүтэрбэккэ сыппытын бэлиэтиир. Ити курдук түүл дьоннор өйдөрүн-санааларын инники олохторугар буолаары турар ула¬рыйыыларга эрдэттэн бэлэмниир суолталаах.

Бэйэ өлбүтүн көрүү

Сорох дьоннор түһээннэр бэйэлэрэ өлө сыталларын, онтон тулалыыр дьоннор кинини көмөөрү оҥостоллорун көрөллөр. Маннык түүлү түһээн көрбүт киһи уһун үйэлээх буолар дииллэр. Итини тэҥэ бу көмүү бири¬эмэтигэр көстөр атын үчүгэй буолуу эбэтэр мөлтөөһүн бэлиэлэрэ кини салгыы олоҕор сыһыаннаах буолуохтарын сөп. Ол курдук толору астаах остуол, умайа турар оһох уонна ыраас күннээх халлаан көһүннэхтэринэ, кини олоҕо бары өттүнэн үчүгэй, дьоллоох буолуо. Аны кини үйэтэ төһө уһун буолуохтааҕын тула көстөр дьоннор үйэлэрэ төһө уһунугар тэҥнээн көрөн быһаарыахха сөп эбит.

Маннык түһээн көрүү кэнниттэн бу киһи аймахтарыттан дуу, билэр дьонноруттан дуу ким эмэ өлүөҕэ уонна ити өлбүт киһини көмүүгэ маннык түүлү көрбүт киһи бэйэтэ дьиҥнээхтик сылдьан илэ хараҕынан түүлгэ көрбүтүн курдугу көрүөн сөп.

Кырдьаҕас дьон кэпсээннэринэн өлбүт киһи тыыннаах хаалар киһиэхэ олоҕун күүһүн биэрэр диэн былыргы итэҕэлгэ кэпсэнэр эбит. Бу итэҕэл кырдьык буолуон сөбүн маннык түүл дакаастыыр, ол аата маннык түүлү көрбүт киһи өлбүт киһиттэн олоҕун күүһүн ылан бэйэтин үйэтин уһааһынын көрөр бэлиэтэ буолуон сөп.

Майгы

Түүлгэ киһи майгына хайдах бэриллэрэ сүрдээх уустук. Киһи майгына уларыйыытын толору көрдөрөөрү түүлүгэр араас кыыллары көрөр. Холобурга, арай кыыһырыы диэн өйдөбүлү хайдах көрүҥнээхтик көр¬дөрөн биэрдэххэ киһи түргэнник өйдүөн сөбүй? Ыты эбэтэр ханнык эмэ кыылы ырдьыгынаттахха кыыһырыы буолбута соҕотохто өйдөнөр. Манна ханнык кыыл көстүүтэ кыыһырыы төһө улаханын быһааран биэрэргэ эмиэ туттуллар. Ол курдук тугу эмэ көмүскүүр, харыстыыр санаа киири¬тигэр ордук сөп түбэһэр кыылынан эһэ буоллаҕа дии. Хайдах да тыыттахха хаһан да иннин туран биэбэтэх кыыл. Күүскэ харыстыыр, көмүскэнэр санаа киириитигэр киһи түүлүгэр эһэ көстүөн сөп.

Түүлгэ ыт элбэхтик көстөр. Маҥан ыт - доҕор, үчүгэй майгы буолар. Үчүгэй көрүҥнээх маҥан ыт көстүүтэ, сөбүлүүр доҕоруҥ билсэ сылдьыаҕа, кини үчүгэй майгына буолар.

Хара ыт – куһаҕан майгы, кыыһырыы буолуон эбэтэр куһаҕан киһини көрсүөххэ сөп. Хара дьүһүннээх кыыллар бары төһө улаханнарыттан тутулуктаах ыарахан, кытаанах майгыны көрдөрөллөр.

Онон, түүлгэ киһи майгына ханнык кыыл майгыныгар маарынныыр буолар да соннук кыыл түүлгэ көстөр. Киһи бэйэтэ ыт курдук майгы¬ланнаҕына, бэйэтин ыт ытырар. Эһэ ыарахан майгына биллээри гыннаҕына эһэни көрсүһүөн сөп. Ол курдук ордук күүскэ харыстыыр, көмүскэнэр санаа киириитигэр киһи эһэни түһээн көрөр. Ити курдук атын дьон майгыларын уратыларын, киһи бэйэтин майгына уларыйыытын түүлгэ көстөр кыылларынан быһаарыахха сөп. Сахалар киһи майгына уларыйыытын куруук даҕаны араас кыылларга тэҥнииллэр. Бу тэҥнэбилгэ ордук киэҥник ыт майгына туттуллар. Kиһи майгына мөлтөөн кыыһыран иһэр түбэлтэтигэр ”Ыт курдук ырдьыгынаан иһэр”, ”Ыт курдук”,- диэн тэҥнэбиллэр туһаныллаллар.

Билэр киһи түүлгэ киирэн көстүүтэ улахан толкуйга түһэрэр. Бэйэтэ буолуо дуу эбэтэр майгына дуу диэн санаарҕатар. Биир, маарынныыр майгылаах дьон түүлгэ көстүүлэрэ биир көрүҥнээх буолаллар. Түүлгэ көстөр киһи үксүгэр киһи бэйэтэ буолбатах буолар. Ол көстөр киһи майгына буолан хаалар.

Уһун кэмҥэ билбит дьоно, төрөппүттэрин, чугас аймахтарын көрүҥнэрэ киһи өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан ууруллан сылдьар буоланнар түүлгэ үксүгэр бэйэлэринэн көстөллөр.

Түүлгэ көрдөҕүнэ бэйэтин этэ-сиинэ баар курдук хамсыыр, сүүрэр, охтор буоллаҕына кини буор эбэтэр ийэ кута сылдьар буолуон сөп. Көннөрү көстөр эрэ буолуута, кини майгына буоларын көрдөрөр.

Киһи олоҕо куруук охсуһууга барар. Буор, ийэ куттар сытар, сынньанар, аһыыр баҕа санааларын утары салгын кут охсуһар. Салгын кут ити быстах баҕа санаалары киһилии майгыга иитэ-үөрэтэ сатыыр. Дьон бииргэ олорор үгэстэрин, сокуоннары, ыйаахтары тутуһарга киһини, буор уонна ийэ куттары күһэйэр.

Киһи сүөһүтэ эмиэ сайдан баҕа санаатэ эбиллэн иһэр уратылаах. Ол быстах баҕа санаалар дьон бииргэ олорор үгэстэригэр үксүгэр сөп түбэспэт буолан хаалыылара куттар утарсар күүстэрин улаатыннарар.

Өй-санаа маннык икки аҥы арахсыытыттан, киһи икки куттара тус-туспа өйдөөх-санаалаах буолууларыттан бу икки куттар утарыта тураллар. Бэйэ-бэйэлэрин ситэ өйдөспөт түгэннэрэ олус элбэхтэ буолар. Бу өй-санаа утарыта туруулара киһи түүлүгэр ордук чуолкайданан көстөллөр.

Холобурга биир түүлү ылыахпыт. Бу түүлгэ киһини кыра ыт ытырар. Маннык түүлү тойоннооһуҥҥа киһи майгытын уратыларыгар тохтуохха сөп. Ол курдук бу киһи туохтан эмэ сөбүлэспэккэ кыыһыран ылыан сөп. Куһаҕан быстах майгына биллэн хаалан үтүө, киһилии майгынын, салгын кутун ыт буолан ытырар. Ыт ытырарыттан босхолонуу, ытырыык ыты кыайыы киһи өйө-санаата сайдан, тупсан куһаҕан майгынын көн¬нөрөрүн бэлиэтэ буолар.

Салгын кут үөрэҕи билиини ылынар буолан олох үгэстэрин, сокуон¬нары тутуһарга ыҥырар киһини киһилии олоххо сирдиир күүс буолар. Ийэ кут өйө-санаата буор куттуун үксүгэр биир буолаллар, бу киһи быстах санааларын мунньустуулара. Быстах, эт-сиин санааларын толорор иһин дьулуһаллар. Түүлгэ эмиэ илэтигэр курдук куһаҕан дьону, кыыллары кыайыы үчүгэй, үтүө санаа кыайыытыгар тириэрдэр.

Үөһээ уонна аллараа

Дьон былыр-былыргыттан аллараа диэки түһүү, мөлтөөһүн буолан эрэрин көрдөрөр диэн ааҕаллар. Киһи түүлүгэр эмискэ аллараа диэки түһүүтэ олоҕо уруккуттан куһаҕан буолан барыытын биллэрэрин билэл¬лэр. Сыыйа да аллараа диэки түһүү туох да үчүгэйэ суох олоҕун таах атаарар киһи түүлүгэр көстөр бэлиэ буолар.

Үөһээ диэки тахсыы олоххо ситиһии бэлиэтэ. Маны киһи түүлэ эмиэ сити курдук көрдөрөр. Хайдах быһыылаахтык үөһээ диэки ыттан тахсан иһэрэ туох ситиһиини оҥорорун билгэлиир. Үгүстүк эрэйдэнэн үөһээ тахсыы ситиһии эмиэ эрэйдээхтик кэлэрин бэлиэтиир. Үөһээ тахсыы кыаттарбатаҕына кыайыы, ситиһии буолбат, үлэ-хамнас атахтаныыта саҕаланар.

Киһи бэйэтин олоҕор ордук элбэхтик халдьаайыга, хайаҕа, тииккэ, дьиэ үрдүгэр ыттан тахсар. Маннык ыттан тахсыылар туох ситиһии буоларын билгэлииллэр. Кирилиэһинэн өрө тахсыы киһи үлэлээн-хам¬наан тугу ситиһэрин, кыайарын бэлиэтиир. Кирилиэс көрүҥэ кыайыы суолтатын быһаарар.

Үөһээ көтөр үчүгэй. Киһи олоҕор ханнык да буоллар хамсааһын баарын көрдөрөр. Үөһээ көтө сылдьан сиргэ туох баарын чуолкайдык көрө сылдьар буоллахха улахан ситиһии кыаллар. Ол курдук түүлгэ эмиэ олохтоох сиртэн-уоттан аһара ырааппакка үөһээ-аллараа түспэккэ сылдьыы этэҥҥэ буолууну, олох биир тэҥник баран иһиитин быһаарар.

Аһара үөһээ уонна олус чэпчэкитик көтө сылдьыы көннөрү туолбат баҕа санаа эрэ буолар. Манна сахалар ыра санаа диэн этиилэрин чуолкайдаан биэриэххэ сөп. Хаһан да туолбат баҕа санаалар — ыра санаалар диэн ааттаналлар. Түһээн олус баай-тот үөһээ дойдуга көтө сылдьыы киһи хаһан да туолбат ыра санаата эрэ буолар. Ити курдук олус баҕара санааһын киһи түүлүгэр илэ көстүөн эмиэ сөп.

Сырдык уонна хараҥа

Сырдык уонна хараҥа киһиэхэ дьайыылара ордук түүлгэ араарыллан, чуолкайданан көстөллөр. Түүлгэ сырдык ыраас көстүү үчүгэй буолууну түстүүр. Сырдык халлааны, күнү көрүү кэнниттэн киһи баҕа санаалара чахчы туолаллар. Сырдык дьоҥҥо көстүүтэ үрүҥ дьүһүнү биэрэр. Түүлгэ үрүҥ дьүһүннээх туох барыта үчүгэйи көрдөрөр. Кыыллар үрүҥ дьүһүннээх буолуулара майгылара үчүгэй буолуутун түстүүр. Онон, түүл өйө-санаата киһиэхэ сырдык, үрүҥ дьүһүн чахчы үчүгэй буолалларын дьоҥҥо тириэрдэр, биллэрэр. Түүлгэ киэһэ, хараҥа буолуута мөлтөөһүн кэмэ кэлиитин биллэрэр. Үлэ-хамнас бытаарар, атахтанар кэмэ. Кыайыыга-хотууга дьулуур мөлтөөһүнэ, сылайыы-элэйии бэлиэтэ. Маннык түүлү көрөн баран кырдьык сынньанар ордук буолуохтаах.

Хараҥа кэм дьайыыта түүлгэ эмиэ биллэр. Ыарахан, эрэйдээх, тиийиммэт-түгэммэт олох хараҥа кэмҥэ ааһарын курдук түүлгэ эмиэ хараҥаҕа муна-тэнэ сылдьарга тиийиллэр. Түүлгэ сырдык кэнниттэн хараҥа буолуута үчүгэй кэм куһаҕанынан солбулларын көрдөрөр. Ол иһин хараҥаттан сырдыкка тахсыы киһи баҕата туоларыгар ордук сөп түбэһэр көстүү буолар.

Улахан уонна кыра

Түүлгэ ханнык эмэ бэлиэ көстүүтэ төһө улаханыттан уонна кыра-тыттан тутулуктанан майгыта эмиэ быһаарыллар. Түүлгэ улахан киһи көстүүтэ санаа күүһүрбүтүн, улааппытын бэлиэтиир. Онтон кыра киһини көрдөххө өй-санаа мөлтөөн, аҕыйаан куччаабытын биллэрэр. Урут улахан киһи кыччаан көстүүтэ уруккуттан уларыйыы мөлтөөһүн өттүгэр баран иһэрин көрдөрөр.

Туох эмэ урукку көстүүтүттэн улаатан көстүүтэ киһи күүһэ, кыаҕа улаатыытын, санаата күүһүрүүтүн быһаарар. Онтон туох барыта биллэр көстүүлэриттэн кыччаан хаалыылара мөлтөөһүн, санаа түһүүтэ кэлэн иһэрин биллэрэллэр.

КЭРИЭС ЭТИИ

Кут-сүр үөрэҕи баһылаабыт ойууннарга киһи өйө-санаата өлбүтүн кэннэ ханна сылдьарын быһаарыы улахан уустуга суох буолуон сөп. Киһи түһээн былыр үйэҕэ өлөн хаалбыт дьону хаһан баҕарар көрсөр. Арай бу өлбүт киһи хайдах көрүҥнээх көстөрө кини аймахтара, оҕолоро-уруулара төһө үчүгэйдик сылдьалларыттан тутулуктанар. Ол курдук түүлгэ көстөр өлбүт киһи көрүҥэ үчүгэй буоллаҕына, олох төһө да ыараханын иннигэр кини оҕолоро, сиэннэрэ кыайа-хото үлэлии-хамсыы сылдьыахтара диэн түүл үөрэҕэ быһаарар.

Киһи бэйэтэ өлбүт төрөппүтүн көрөр буоллаҕына, кини хайдах көрүҥнээх көстөрө олус улахан оруолу ылар. Төрөппүт киһи көрүҥэ мөлтөөн көһүннэҕинэ, ханнык эрэ дьыалаҕа табыллыбат буолуу тахсыан эбэтэр эн оҥорор дьыалаларгын кини сөбүлээбэтин бэлиэтэ буолуон сөп. Киһи ханна ла сырыттаҕына, төрөппүттэрин куттара көрө - истэ сылдьалларын түүл ити көстүүлэрэ толору дакаастыыллар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ киһи сирэйин олус сирийэн көрөр. Үөрбүт сирэйи көрдөҕүнэ - үөрэр, онтон сирэйгин куһаҕаннык тутуннуҥ даҕаны оҕо мөлтүүр, санаата түһэр, букатын ытаан тоҕо барыан сөп буолар. Ити курдук киһи сирэйин көрүҥэ оҕоҕо олус күүскэ дьайар. Бу кэмҥэ кини ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар сылдьар буолан, төрөппүтүн сирэйин көстүүтэ кини салгыы хайдах быһыыланарын быһаарар. Түүл киһи ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар киирдэҕинэ көстөр буолан сирэй хайдах көрүҥнээҕэ олус улаханнык дьайар буолуон сөп. Киһи олоҕо төрөппүттэрин кытта биир ситиминэн баайылла сылдьалларын ити курдук быһааран бараммыт салгыы кэриэс этиини быһаарарбыт ордук оруннаах буолуоҕа. Ол курдук төрөппүт киһи бэйэтин кэннигэр хаалар ыччаттарыгар анаан кэриэс этиитэ хайаан да ылыныл¬лыахтааҕын уонна толоруллуохтааҕын түүл ити көстүүлэрэ эмиэ да¬каастыыллар. Ол курдук киһи хаһан баҕарар түүлү көрөрүн быһыыты¬нан бэйэтин төрөппүтүн хайаан да түһээн көрүөн сөп. Кэриэс этиитэ туолбат буоллаҕына төрөппүтүн куһаҕан, санаата түспүт көрүҥэ сотору-сотору түүлүгэр көстүөн сөп. Төрөппүтэ куһаҕан көрүҥнээх түүлүгэр көһүннэҕинэ, бу киһи толорботох кэриэс этиитин өйдөөн кэлиэн сөп.

Өлөөрү сытар киһи бэстилиэнэй баҕа санаатын, кэриэс этиитин бэ¬йэтин оҕолоро, ыччаттара толоруулара кини өйүн-санаатын, кутун баҕата туоларыгар тириэрдэр буолан санаата уоскуйар. Баҕа санаата туоллаҕына кини кута уоскуйан, көрүҥэ тупсан оҕолорун түүлүгэр үчүгэй көрүҥнээх көһүннэҕинэ кинилэр үтүө баҕа санаалара туолуон сөп.

БАҔА САНАА

Киһи киһилии өйө-санаата, салгын кута кини көннөрү, быстах баҕа санааларын уодьуганнаан, киһилии майгыга тэҥнээн биэрэ сатыыр. Киһи итинник икки аҥы өйдөөх-санаалаах буолуута түүлүгэр ордук чуолкайданан көстөр. Онно икки тус-туһунан өйдөр-санаалар тус-туспа дьон буоланнар атын-атыннык быһыыланаллар. Түүлгэ көстүүлэри ман¬нык икки тус-туспа көрүҥнэргэ араартыахха сөп:

1. Киһи түүлүгэр үгүстүк этэ-сиинэ суох, көннөрү сылдьан эрэ көрөр. Ханна эмэ соҕотохто тиийэн баар буолан хаалар. Бу сылдьан эрэ үгүстүк саныыр, ону-маны бэйэтэ быһаарар. Ити көннөрү көрө эрэ сылдьар түүл киһитэ, киһи салгын кута бэйэтэ сылдьар буолуон сөп.

2. Атын түүлгэ киһи бэйэтин көрөр, этэ-сиинэ баара биллэр, ор-дук илиитэ уонна атаҕа көстөр эбэтэр бэйэтэ таҥнар эҥин, бу бэйэм сылдьабын дии саныыр, бэйэтэ тугу эмэни оҥорор. Маннык түүлгэ көс¬төр киһи, киһи ийэ кута сылдьар буолуон сөп. Олус үөһээ, кый бырахха көтө сылдьар киһи санаата хаһан да туолбат. Kини өйө-санаата сирдээҕи олохтон олус ыраах баран сылдьарын Сир дойду көстүбэтэ быһаарар. Сахалар итинник санаалары ыра санаалар диэн арааран ааттыылар. Бу санаалар хаһан да туолбаттар. Арай бэйэтэ кыаҕа суох киһи сытан эрэ оҥорон көрөн итинник санаалары бэйэтин уоскутунаары элбэхтик саныан сөп. Kиһи көннөрү көрөр эрэ түүллэрин туолаллара дуу, туолбаттара дуу төһө үөһээ көтө сылдьалларыттан ити курдук тутулуктаахтар. Kиһи этин-сиинин анала Сиргэ сылдьыы буолар. Ийэ кут уонна буор кут саныыр санааларын түүллэрэ сиртэн хаһан да ырааппаттар, көппөттөр. Эт-сиин кыната суоҕун түүлүгэр эмиэ билинэр.

Kиһи куттара тус-туспа санаалаахтара түүл көстүүлэринэн итинник дакаастаналлар.

ТҮҮЛ ДЬОҤҤО ТУҺАТА

Айылҕаҕа киһи олоҕо биир тэҥник, долгуйбакка устан иһэр буолбатах, ол оннугар киһиэхэ үчүгэй буолар кэмнэрэ уонна мөлтүүр-ах¬сыыр түгэннэрэ хардары-таары солбуһан биэрэн иһэллэр. Бу кэмнэргэ кини өйүн-санаатын уонна доруобуйатын туруга эмиэ улаханнык уларыйар. Маннык киһи олоҕор уларыйар кэмнэр кэлэллэрин саха дьоно былыргыт¬тан билэллэрин: "Уол оҕото биир күн ат уорҕатыгар, онтон нөҥүө күнүгэр ат өрөҕөтүгэр буолар", - диэн этиилэрэ да туоһулуур.

Киһи бэйэтин түүллэрин эдэр сааһыттан үөрэтэрэ уонна билэрэ өйө-санаата өссө күүскэ сайдыытыгар тириэрдиэҕэ. Түүл киһини умну¬бакка өйдүү сатыырга, элбэх биллибэт бэлиэлэри быһаараары үгүстүк толкуйдуурга, ол аата тохтоло суох өй дьарыгынан дьарыктанарга күһэйэр. Түүллэрин умнубакка өйдөөн хаалар дьоннор атын даҕаны дьыалаларга умнугана суох буолаллар, онтон умнугана суох киһи диэн өйдөөх, үөрэҕи ылынымтыа киһи буоларын бары билэбит.

Киһиэхэ бэйэтигэр үчүгэй буолуу, табыллыы эбэтэр мөлтөөһүн кэмнэрэ кэлиилэрэ түүлүгэр араас тус-туһунан бэлиэлэринэн көстөн биллэллэр. Итинник киһи олоҕун кэрдиис кэмигэр туох эмэ уларыйыы тахсаары гыммытын эрдэттэн түһээн билэн таба туһанарга бэйэтэ сыыйа үөрэниэн сөп. Сарсыардаттан санаата көммүт киһини: “Үчүгэй атаххынан турбут курдуккун”,- диэн билэр дьонноро үөрэ көрсөллөр. Маны туоһулуурдуу, түүн түһээн үчүгэй түүлү көрбүт киһи сарсыардаттан өрө көтөҕүллүүлээх санаалаах, кыайыы-хотуу, ситиһии эҥэрдээх уһуктан туран кэлэр. Бу кэнниттэн хас да күн устата киниэхэ күүһэ-уоҕа эбиллэн, өйө-санаата чэбдигирэн, тугу оҥорбута барыта табыллан, тупсан иһэрэ бу киһи санаатын ордук өрө көтөҕөр, кыайыы¬га кынаттыыр. Ити курдук киһи олоҕор, айылҕаттан айдарыылаах тугу эмэни ситиһэр, олоҕун таһымыгар уларыйыыны киллэрэргэ аналлаах бэлиэ кэмнэрэ тиийэн кэлэллэр.

Маннык өрө көтөҕүллүү, үчүгэй буолуу кэмигэр кыайыыны-хотууну, булууну-талыыны оҥордоххо ордук табыллан, тупсан, ситиһиилэнэн иһиэҕэ. Ол иһин бу кэмҥэ ордук күүскэ үлэлии-хамсыы түһэн, туттумахтаан хаалыахха син курдук.

Ол оннугар түүлгэ мөлтөөһүнү түстүүр бэлиэлэр көһүннэхтэринэ улахан эрэлэ суох дьыалалары уталыта түстэххэ, үгүс буолуохтаах ночооттор уонна сыыһа туттуулар аҕыйыахтарын сөп. Мөлтүүр кэмҥэ бары барыта аанньа табыллыбат, сыыһа-халты буолар, били этэргэ дылы: “Мүччү түһэ сылдьар”, кэмэ кэлэр эбит. Ити иһин киһи өйө-санаата мөлтүүр кэмигэр сыыһаны оҥоруута элбээн, ол-бу ночоотторго, сүтүктэргэ түһүөн эбэтэр доруобуйата да мөлтүөн сөп.

Киһи олоҕор буолаары турар соһуччу түбэлтэлэр, киһи өйүгэр-санаатыгар төһө эмэ эрдэттэн киирэллэр уонна түүллэригэр араас бэлиэлэринэн көстөллөр. Ол курдук массыына абаарыйатыгар түбэһээри гыммыт киһи хайаттан таастарга сууллан түһүүтэ, эчэйээри, ыалдьаары гыммыт киһи үөһээттэн охтуута уонна да атыттар түүлгэ көстөллөр. Маннык бэлиэлэри эрдэттэн түһээн биллэххэ сэрэнэ соҕус сылдьан, халымыр соҕустук аһаран кэбиһиэххэ сөп курдук.

Түүлү үөрэтэн, үчүгэй буолар уонна мөлтүүр кэмнэр кэлэн иһэллэрин барыллаан билиэххэ сөп. Итилэри баһылааһын билигин соҕотох киһи бэйэтэ быһаарар күүһэ улааппыт, атыы-эргиэн кэҥээбит, сыыһа-халты туттуу бэйэҕиттэн улахан тутулуктаах буолбут кэмигэр биллэрдик туһалыа этэ. Ону кытта түүлгэ көстөр бэлиэлэр суолталарын билии киһи бэйэтин доруобуйатын туругун куруук кэтии сылдьарыгар, олоҕор тахсыахтаах эмискэ уларыйыылары билгэлээн, олору көрсөргө эрдэттэн бэлэмнэнэригэр туһалаах буолуон сөп.

Түүлү дьоннор былыр-былыргыттан инники олохторо хайдах баран иһэрин билгэлээһиҥҥэ туһаналларын Л.Н.Гумилев “Хунны в Китае” диэн үлэтигэр бэлиэтиир. Былыргы кэмҥэ түүллээх-биттээх, ону-маны билэр-көрөр киһи сэрии дьонун салайааччытыгар баар-суох сүбэһит буолан, бу дьон бөлөҕүн инники сайдыытыгар улахан оруолу ыларын ах¬тар. Оччотооҕу ыарахан иннэ-кэннэ биллибэт үйэҕэ кыратык да буоллар кэлэн иһэр уустук быһыыны-майгыны билгэлээн билии олус туһалааҕа. Ити иһин түүр омук ойууннара анаан-минээн түһээн көрөн билгэлээһининэн дьарыктаналларын учуонай Н.А.Алексеев “Шаманизм тюркоязычных народов Сибири” диэн үлэтигэр ахтар.

Кэнники кэмҥэ талааннаах билгэһит Д.С.Черемкин түһээн көрөн билгэлээһинэ сөп түбэһэн иһэрин, Абый улуу кырдьаҕаһа К.И.Чирков түһээн көрөн тугу барытын билэрин, оннооҕор атын киһи түүлүгэр киирэн эмтиирин, кинилэри билэр дьоннор ахтыыларыгар кэпсииллэр. Ити курдук түүл киһи олоҕун биир быстыбат салаата, өйүн-санаатын ситимин биир тутаах көрүҥэ буолара дакаастанар уонна былыргыттан дьоннор олохторун сайдыытыгар улахан оруолу ылбыта бэлиэтэнэр.

ТҮҮЛГЭ ЫАРЫЫ КӨСТҮҮТЭ

Киһи түүлэ киһиэхэ бэйэтигэр эрэ сыһыаннаах. Ол иһин түүлгэ көстөр бэлиэлэр киһи доруобуйатын туругун аан бастаан киһиэхэ бэйэтигэр биллэрэллэр. Бэйэтин түүллэрин ырытан билэ сылдьар киһи доруобуйатыгар туох уларыйыы тахсан эрэрин эрдэттэн сабаҕалаан билэр кыахтанар.

Ыарыы киирэн иһэрэ киһи түүлүгэр төһө эмэ эрдэттэн биллэрин дьоннор былыргыттан билэллэр. Ити кэннэ маннык түүллэр хос-хос хатыланан көстүүлэрэ ыарыы киирбитин чуолкайдаан биэрэллэр. Бу ыарыы туһунан түүллэр үксүгэр кутталлаах көстүүлээхтэр, куһаҕаннар уонна киһини соһутар түгэннэрдээх буолаллар.

Түүл хайдах көрүҥнээҕиттэн уонна онно киһи туга ордук көстөрүттэн көрөн ханнык ыарыы киирэн иһэрин быһаарыахха сөп. Түүлгэ көстөр бэлиэлэринэн ыарыы киһиэхэ бэйэтигэр биллиэн төһө эмэ, сороҕор бүтүн биир ый инниттэн билиэххэ сөп эбит. Ол курдук сорох ыарыылар киһиэхэ бэйэтигэр биллибэккэ эрэ өр кэм устата сыыйа сайда, тэнийэ сылдьаллар. Ити кэм устатыгар ыарыы араас бэлиэлэрэ киһи түүлүгэр киирэн көстөллөрүн ыалдьыбыт дьоннор бэлиэтииллэр.

Киһиэхэ ханна ыарыы олохсуйан эрэр сиринэн түүлүгэр бааһырыы эбэтэр эчэйии буолуон сөп. Ол курдук биир түүлгэ ким эрэ курунан синньигэс биилин хаһыытыар диэри ыга тардар, онтон иккис түүлүгэр куһаҕан киһи ойоҕоһун быыһынан быһаҕынан саайбытыттан соһуйан уһуктар. Маннык түүллэр кэннилэриттэн көрдөрүнэ сылдьыбыта кырдьык үөһэ ыалдьара биллэн тахсыбыт.

Түһээн киһи араас эчэйиини ордук уҥа ойоҕоһун диэки ылар буоллаҕына, быара ыалдьаары гыммыт буолуон сөп. Ханна ыарыы олохсуйан эрэр сиринэн түүлгэ бааһырыы эбэтэр эчэйии буолуохтаах.

Киһи бэйэтэ эбэтэр атын ким эмэ сиикэй эбэтэр буорту буолбут балыгы сиир буоллаҕына, кини куртаҕа эбэтэр атын ас буһарар өттө ыалдьаары гыммыт буолуон сөп.

Киһи сүрэҕэ ыалдьар буоллаҕына, кинини түүлүгэр тааһынан эҥин түөһүгэр охсуохтарын эбэтэр халыҥ буорга баттатыан, туохха эмэ хааттарыан эбэтэр улаханнык түөһүгэр бааһырыан сөп. Итини тэҥэ киһи маннык түүллэртэн куттаныан уонна соһуйуон сөп. Тыҥата ыалдьаары гыммыт киһи түүлүгэр ууга тимириэн эбэтэр туохха эмэ кыбыллан тыына хааттарыан эбэтэр түөһүгэр туох эмэ олус ыарахан баттыан сөп уонна ити көстүүлэр барылара кутталлаах буо¬луохтарын сөп.

Киһи тымырдара ыалдьаары гыннахтарына, көрөр түүллэригэр ыарыы ханна баар буолан эрэрэ туох көстөрүттэн быһаарыллар. Ол курдук киһи атаҕын тымыра ыалдьыыта кини атах сыгынньаҕын эбэтэр алдьаммыт атах таҥастаах араас хаары, бадарааны кэһиититтэн биллэр, он¬тон илиитин тымырдара ыалдьаары гыннахтарына, тарбахтара алдьанан, көҕөрөн көстүөхтэрин сөп.

Киһиэхэ сис ыарыыта киирээри гыннаҕына, түүлүгэр араас ыараханы көтөҕөлөөһүнү көрүөн эбэтэр сиһигэр туох эрэ аалыллыытын билиэн сөп.

Тымныйан ыалдьыы буолаары гыммыта түүлгэ эмиэ биллэр. Бу ыарыы киһи тымныы ууга түһэн баран куттаныытыттан эбэтэр тоҥо-тоҥо сыгынньах сылдьыытыттан биллиэхтээх. Итини тэҥэ төбөтө эбэтэр мунна олус улаатан, эбэтэр алдьанан көстүөхтэрин эмиэ сөп. Киһи күөмэйэ ыалдьаары гыммыта түүлгэ атыннык көстөр. Ол көстүүгэ күөмэйтэн туох эмэ кыһыл таҥаһы уһуннук орооһун эбэтэр күөмэй бэйэтэ уларыйан туох эмэ буолуон сөп. Холобур, киһиэхэ бэрэбинэнэн хам баттаммыт моой көстүөн сөп.

Гириип эбэтэр төбө ыарыыта киһиэхэ киирэн иһэр буоллаҕына, түүлгэ араас төбөнү кытта сибээстээх куһаҕан көстүүлэри эбэтэр төбөҕө охсуулары эбэтэр ханнык эрэ уһуктаах бэргэһэни кэтиини көрүөххэ сөп.

Маннык ыарыы киирээри гыммытын билгэлиир түүллэр хаста даҕаны хатыланан көһүннэхтэринэ, киһи аан-маҥнай бэйэтин көрүнэн, бэрэ¬биэркэлэнэн көрөрө ордук буолуоҕа. Кыра да ыарыыны эрдэттэн билэн сэрэтии, түргэнник эмтэнэн үтүөрэргэ олус туһалыырын дьоннор бары билэллэр.

ИННИКИНИ ӨТӨ КӨРӨН БИЛИИ

Үгүс дьоннор кыратык да буоллар, кэлэн иһэр олохторо хайдах баран иһиэхтээҕин билиэхтэрин баҕараллар уонна инникини өтө көрөн билии ханнык эрэ биир көрүҥүнэн сэмээр дьарыктана сылдьаллар. Би¬лигин биһиэхэ олох уларыйан, киһи бэйэтин дьылҕата бэйэтин илиитигэр киирбит кэмигэр инники туох эмэ буолуохтааҕын билии- көрүү ордук наада курдук буолла.

Киһи олоҕун устатыгар үөрэҕи-билиини баһылааһына, бэйэтэ сөбүлээн, дьаныһан туран уһун кэмҥэ утумнаахтык дьарыктаныытын көмөтүнэн ордук кэҥээн, өссө дириҥээн иһэр. Манна ордук ону-маны чуҥнаан уонна сэрэйэн көрөн билиитэ сааһыран истэҕин аайытын ордук эбил¬лэн, күүһүрэн биэрэр. Ити иһин маннык өтө көрөн билиинэн сааһыран иһэр дьоннор дьарыктаналлара ордук киэҥи, дириҥи билиигэ тириэрдэр.

Инникини өтө көрөн билиини араас ньымаларынан тус-туспа көрүҥнээхтик оҥоруохха сөп:

Бастакытынан, көннөрү өтө көрөн билии. Маннык өтө көрүүнү көрбүөччү идэлээх киһи көрөрө киирдэҕинэ улахан эрэйэ суох курдук¬тук оҥорор. Хас биирдии айылҕаттан айдарыылаах көрбүөччү ханнык ньыманан өтө көрөн билэрэ букатын тус-туһунан буолар уонна бэйэлэрин тустаах кистэлэҥнэригэр киирсэр. Кинилэр инники туох буолуохтааҕын тэҥэ урут туох буолан ааспытын кытта билиэхтэрин сөп.

Иккиһинэн, киһи бэйэтин өй-санаа уларыйар кэмигэр тиэрдиитэ уонна инники туох буолуохтааҕын билиитэ-көрүүтэ. Маннык өй-санаа уларыйар кэмигэр киириини саха ойууннара үөрэтэн-баһылаан киэҥник дьарыктаналлара. (1,204). Кинилэр дүҥүр ньиргийэр тыаһынан доҕуһуоллатан, эрчимнээхтик биир тэҥник хамсанан уонна араас суол сыттары сытырҕалааннар өй-санаа уларыйар кэмигэр киирэр эбиттэр. Кинилэр бу кэмҥэ киирэннэр олох инники өттүгэр туох буолаары турарын билэллэрэ-көрөллөрө үһү.

Үсүһүнэн, өй-санаа уларыйбыт кэмигэр киириинэн түүлү көрүүнү эмиэ ааҕыахха сөп. Киһи түүлү көрөр кэмигэр өйө-санаата олох атын бириэмэҕэ, букатын туспа өйдөбүллээх сиргэ сылдьар. Манна түүл дойдутугар киһи өйө-санаата кэлэн иһэр кэми кытта көрсүһэн ааһар, бу кэми бэйэтин илэ хараҕынан көрөр курдук. Ол гынан баран түүл көстүүлэрэ араас бэлиэлэринэн көстөр буоланнар салгыы итилэри табатык тойоннуохха наада.

Төрдүһүнэн, арааһынай сэрэбиэйдэр уонна таҥхалар түмүктэринэн кэлэн иһэр кэми таба таайан билии. Бу көрүҥҥэ сэрэбиэйдьит хаарты эбэтэр туох эмэ бытархайдар көмөлөрүнэн кэлэн иһэр быһыыны-майгыны оҥорон, оонньотон көрөр уонна сөптөөхтүк тойонноон быһаарар. Ман¬нык кэлэн иһэр кэм дьайыытын үгүс бытархай, ыһылла сылдьар маллар соһуччу холбоһо түһүүлэриттэн булан ылыыны үгүс норуоттар сэрэбиэйдьиттэрэ билэллэр уонна таба туһаналлар.

Билигин дьоннорго кэлэн иһэр кэм туһунан икки тус-туспа өйдөбүл баар буолла. Бу икки өйдөбүллэртэн бастакыта, Дьылҕа Хаан ыйааҕа оҥоһуллубут уонна тахсыбыт буоллаҕына хайаан даҕаны туолуохтаах диир, онтон иккиһэ, маннык ыйаах дьоннортон бэйэлэриттэн тутулуктаах, кинилэр тугу оҥорбуттарыттан тулалыыр балаһыанньа уларыйдаҕына кэлэн иһэр кэм эмиэ уларыйан биэрэн иһэр диэн быһаараллар.

Былыргы саха дьонноро туох барыта төлкөлөөҕүн, киһи дьылҕалааҕын уонна итилэр кыайан уларыйар кыахтара суоҕун билэллэрэ. Оччолорго үгүс киһи Дьылҕа Хаан ыйааҕа оҕо төрүүрүгэр оҥоһуллан бэлэм буоларын итэҕэйэллэр эбит. (2,34). Оннооҕор кинилэр биир киһи бэйэтин үйэтигэр тугу оҥоруохтааҕа кытта бу ыйаахха ыйылларын бэйэлэрин былыргы олохторун кэпсээннэригэр ахталлар. Дьылҕа Хаан ыйааҕа киһи өйүгэр-санаатыгар төһө эмэ эрдэттэн киирэрин уонна киһини бэйэтин ол диэки салайан биэрэн иһэрин бэлиэтиэххэ наада. Маннык кэлэн иһэр кэм киһини салайыыта эбэтэр тугу эмэ оҥор диэн ыҥырыыта хас даҕаны көрүҥнээх:

1. Биһиги санаабытыгар туох эмэ сыалы ситиһээри ону-маны баҕара санааһыммыт кэлэн иһэр кэм өйбүтүгэр-санаабытыгар эрдэттэн киирэн биһигини ол диэки салайарын эбэтэр ыҥырарын бэлиэтэ буолуон сөп.

2. Туох эмэ буолуо диэн киһи ордук дьиксинэ уонна сэрэхэдийэ санааһына кэлэн иһэр кэм дьайыыта өйгө-санааҕа киирэн киһини бэйэтин эмискэ уларыйыыга бэлэмнээн өйө-санаата бөҕөргүүрүн ситиһиитэ эбит.

Туох эмэ быһыы буолаары турара эбэтэр эмискэ уларыйыы тахсара эрдэттэн сорох дьоннорго биллэр. Ол иһин маннык быһыы эбэтэр уларыйыы буолуохтарын төһө эмэ инниттэн оҥоһуллан бэлэм буолаллар эбит диэн дьоннор өйдүүллэр. Арай итилэр кэлэн иһэр кэмҥэ буолуохтаах буоланнар хаһан буолар бириэмэлэрэ эрэ быһаарыллыбат эбит. Маннык толкуйдаатахпытына биһиги иннибитигэр кэлиэхтээх быһыылар уонна уларыйыылар былыр үйэҕэ оҥоһуллан бэлэмнэнэн бараннар биһиэ¬хэ бириэмэлэрэ кэллэҕинэ бэйэлэрэ тиийэн кэлэр эбиттэр.

Маны өссө кэҥэтэн быһаардахпытына, туох баар Сир үрдүгэр буолуохтаах быһыылар уонна уларыйыылар барылара быһаарылланнар, оҥоһуллан бүтэн бараннар кэлэн иһэр бириэмэлэрин эрэ кэтэһэн турар буолуохтарын сөп. Ити аата, Сир үрдүн олоҕун суос-соҕотох быһаарар тутулугунан бириэмэ эрэ буолар эбит. Онтон кэлиэхтээх быһыылар уонна уларыйыылар бириэмэлэрэ кэллэҕинэ туохтан да тутуллубаккалар син-биир кэлиэх курдуктар.

Дьылҕа Хаан ыйааҕа тахсыытын эбэтэр дьоннорго биллэн хаалыытын көрүҥүнэн түүлгэ көстөр бэлиэлэри уонна араас суол сэрэбиэй кэбиһиилэри ааһыахха сөп.

Тахсыбыт Дьылҕа Хаан ыйааҕа син-биир туоларын киэҥник биллэр дьоннор олохторуттан холобурдары аҕалтаан чуолкайдыаххайыҥ. А.Пушкин сэрэбиэйдэтэн билбит төлкөтүттэн кыаҕа баарынан куота сатаан баран кыайан куоппатаҕа биллэр. (3,304). Кини ыйыллыбыт бириэмэ¬тигэр “үрүҥ киһиттэн”, Дантес буулдьатыттан өлбүтэ.

Джоан Диксон диэн биллиилээх өтө көрөөччү 1956 сыллаахха ыам ыйын 15 күнүгэр американскай сурунаалга бэчээттэппит төлкөтүгэр 1960 сыллаахха быыбарга кыайар президент демократ буолуоҕа уонна үлэтигэр сылдьан өлөрүллүөҕэ диэн суруйбута. Ити кэнниттэн 7 сыл буолан баран Джон Кеннедини Даллеска ытыалаан өлөрбүттэрэ.

Болгария биллиилээх өтө көрөөччүтэ Ванга Ю.Гагарин алдьархайга түбэһиэн хас да нэдиэлэ иннинэ эппитэ биллэр: “Юрий алдьархайга түбэһэр буолбута хомолтолоох”. Ол гынан баран билэр дьоннор Моск¬ваҕа телефоннаан биллэрээри гыммыттарыгар кинилэри тохтоппут, уон¬на: “Туһата суох, билигин тугу даҕаны уларытар кыах суох”,- диэбит. Икки нэдиэлэнэн Ю.Гагарин самолета үлтү түспүтүн, онтон кини өлбүтүн туһунан хаһыакка бэчээттээбиттэр. (3,334).

Ити курдук Дьылҕа Хаан бэйэтин ыйааҕын төһө эмэ эрдэттэн бэлэм¬нээн уонна сыһыаннаах дьоннор өйдөрүн-санааларын иитиэхтээн бириэ¬мэтэ кэллэҕинэ халбаҥнаабакка туоларын ситиһэрэ биллэн тахсар.

Кэнники кэмҥэ сорох дьоннор: “Дьылҕа Хаан ыйааҕын иккис өйдөбүлэ аныгы сайдыылах үйэҕэ ордук сөп түбэһэр”,- дииллэр. Кинилэр санааларыгар наука уонна техника сайдыыта киһи олоҕор улахан уларытыыны киллэриэхтээх, ол иһин киһи инники олоҕо тус бэйэтиттэн тутулуктаах хас даҕаны суоллардаах буолуохтаах. Маннык быһаарааччылар: “Киһи бэйэтин дьылҕатын бэйэтэ оҥостор, кини тугу оҥорбутуттан тутулуктанан кэлэн иһэр кэм уларыйан биэрэн иһэр”,- диэн этэллэр.

Бу икки өйдөбүллэртэн хайалара ордук таба буолан иһэрин инники олохпут хайдах баран иһэрэ сыыйа-баайа көрдөрөн иһиэҕэ дии саныыбыт.

Мантан салгыы киһи түүлэ инникини өтө көрөн билиигэ туох суол¬талааҕын быһаарыахпыт. Египеккэ дьоннор түүллэри түөрт тыһыынча сыл анараа өттүгэр тойоннообуттарын папирус лииһигэр суруйан уура сылдьаллар, онтон Сибиир ойууннара түүллэри тойоннооһунунан бы¬лыр-былыргыттан анаан-минээн дьарыктаналлар эбит. (4,120). Ону баара норуот итэҕэлин билиммэт бассабыыктар ойууннары эккирэтиһэн туран дьарыктарын бырахтарбыттара. (5,52). Кинилэр түүллэри бука¬тын наадата суох күннээҕи быстах санаалар көстүүлэринэн аахпыттара уонна оннук өйдөбүллэрин дьоннорго барыларыгар итэҕэтэ сатаабыттара.

Итинник да буоллар киһи түһээн түүлү көрөрүгэр өйө-санаата атыннык уларыйар, бу бириэмэҕэ киһи атын сиргэ, туспа кэмҥэ сыл-дьар курдук буолар. Түүлгэ араас дьоннору, быданнааҕыта өлбүт билэр киһитэ уонна билигин тыыннаах киһи бииргэ сылдьалларын көрдөҕүнэ даҕаны эбэтэр күнүс буолбат соһуччу түбэлтэлэргэ да түбэстэҕинэ киһи букатын соһуйбат, муодарҕаабат, хайдах эрэ буолуохтааҕын курдук саныыр. Арай уһуктан, өйдөнөн баран биирдэ, түһээн хайдах манныктары, эҥин араастары көрбүтүн дьэ өйүгэр түһэрэр. Итиннигин иһин бу түүлгэ көстөр кэми киһи өйө-санаата уларыйар кэмэ эбит диэн ааттыахха сөп.

Түүл биир дьиктитинэн атын киһи санаата түүлгэ киирэн көстүүтэ буолар. Маны элбэх холобурдары аҕалан дакаастыахха сөп. Сурукка киирбит холобуру аҕаллахха, урут бастакы Аан дойду сэриитин саҕана Станислав диэн ааттаах саллаат кэргэн ылыахтаах кыыһа Мерна хаста да түһээн хараҥа көрүдүөргэ киһитэ муна сылдьарын, онтон үөһээ биир башнята алдьаммыт замок турарын көрөр. Кини өр көрдөөн-көрдөөн бу замогы булан ылан бадыбаалы хаһан, көмүллэн хааттаран хаалбыт киһини ороон таһаарбыт түбэлтэтэ баар. Түүлгэ туох эмэ алдьархай буолаары гыммыта сыһыаннаах дьоннорго эмиэ көстөр. Ол курдук Юлий Цезары өлөрүөхтэрин иннинэ кэргэнэ Кальпурния түһээн өлбүт кэргэнин кууһан олорорун көрөн ытаан уһуктубут. Онтон Цезарь бэйэтэ кэргэнэ санаарҕаабытыттан сенат мунньаҕын ыытымаары гынан баран син-биир ыыппыт. Өлүөн иннинэ Абраам Линкольн эмиэ түүлү көрбүтэ биллэр. Кини бу түүлү түһээн көрөн баран кэргэнигэр муодарҕаан кэпсээбит, онно арай элбэх бохоруона дьонноро баран иһэллэр үһү. Онуоха кини ыйыппыт: “Кими көмөллөрүй?”- диэн, онно: “Абраам Линкольны көмөллөр”,- диэбиттэр.

Маннык түүллэри холбооттоон, ырытан көрдөхпүтүнэ элбэх түүлтэн аҕыйах өттө биһиги өйбүтүгэр хатанан хаалар туһалаах өйдөбүллэри киллэрэллэр, онтон үгүстэрэ умнуллан хаалаллар эбит. Киһи түүллэри умнан иһэрэ, кини бэйэтин өйө-санаата Үөһээ Дойду өйүттэн-санаатыттан арахсан туспа өй-санаа буолан: “Бу мин”,- диэн билинэн, бэ¬йэтэ туспа эттээх-хааннаах буолан сылдьарыгар тиэрдэр. Киһи түүлү көрөр кэмигэр, бэрт кылгас кэм иһигэр олус элбэх билиини ылара киһи мэйиитигэр элбэх ноҕоруусканы оҥорор. Ол иһин түүлү умнан кэ¬биһии эбэтэр түһээбэт буолуу, кырдьык киһи бэйэтин өйүн-санааатын Үөһээ Дойду өйүттэн-санаатыттан туспа араарарын бэлиэтэ буолар. Бу курдук араас өйдөрү-санаалары тус-туспа араарыы, Айылҕа анаан оҥорбут мэһэйэ буолар эбит. Ити мэһэй сүтүүтэ, суох буолуута киһи өйө-санаата буккуллан, өйүнэн ыалдьар буолуутугар тиэрдиэн сөп.

Түүллэри үөрэтии түмүгүнэн киһи инники олоҕор туһалаах буолаары турар быһыыны эбэтэр уларыйыыны билгэлиир түүллэр бары түүллэртэн 30 эбэтэр 40 бырыһыанын ылаллар. Ити гынан баран түүллэри сөптөөхтүк тойоннуурга түүл бэлиэлэрин билии наада буолар. Түүлү табатык тойоннуу үөрэнии кэлэн иһэр быһыыны эбэтэр уларыйыыны билэргэ улаханнык көмөлөһүөҕэ, итиннэ ордук киһи гипноз бириэмэтигэр, ол аата гипноска утуйа сылдьан түүл бэлиэлэрин табатык быһаарара улахан оруолу ылыан сөп.

Саха ойууннара киһи түһээн инникини өтө көрөн билэрин былыргыт¬тан билэллэрэ уонна итилэри таба тойонноон сөптөөхтүк туһаналлара. Ойуунтан ханнык баҕарар киһи кэлэн: “Миэхэ инникибин төлкөлөөн кулу”,- диэн көрдөстөҕүнэ утуйан туран баран тугу түһээбитин тойонноон киниэхэ бэйэтигэр кэпсээн биэрэр эбит. Маннык түһээн билбитин ойуун түстэтэр киһиэхэ кэпсээтэҕинэ атын дьоннорго биллэримээр диэн сэрэтэрэ үһү.

Өй үлэтинэн үлэлии сылдьар дьоннор кыайан арыйбакка өр муҥнана сылдьар үлэлэригэр түһээн бэлэм эппиэти ылбыттара биллэр. Маннык бэлэм эппиэти ылан Д.Менделеев оҥоро сылдьар периодическай таблицатын бүппүт көрүҥүн көрөн үтүгүннэрэн оҥорбут. Археолог Генрих Шлиман улахан арыйыыны оҥоруон иннинэ хас да төгүллээн хатыланар түүллэри көрбүт уонна ити түүллэрин көстүүлэрин саҥаны арыйыытыгар туһаммыт. Эмиэ итинник арыйыыны Г.Гилпрехт түһээн көрөн оҥорбута чуолкайдык суруллубут. Кини түһээн көрөн былыргы суруктаах туой таблица сороҕун булбут уонна өссө түүлүгэр көстүбүт жрец киһи киниэхэ бу таблица суругун ааҕан биэрбит. Ити курдук түүл өйүн-санаатын барытын түмэн дьоннорго туһалаах үлэни оҥорор киһиэхэ илэ аҕалан көрдөрөн көмөлөспүт уонна сорох алдьархайга түбэһээри гыммыт киһини сэрэппит түбэлтэлэрэ элбэхтэр.

ТҮҮЛ БЭЛИЭЛЭРЭ УОННА ТОЙОННООҺУННАРА

А

ААДЫРЫС

Түүлгэр олорор аадырыскын этэн биэрдэххинэ, туох эмэ сүтүк тахсыа эбэтэр уоруу буолуо.

ААН

Кыра эрдэххинэ олорбут дьиэҥ аанынан киирдэххинэ, аймахтарын ортолоругар дьоллоохтук олороруҥ бэлиэтэ; аанынан киирэр буоллах¬хына, куһаҕаннык этээччилэртэн уонна үчүгэйи баҕарбат дьоннортон көмүскэнэ сатааһаҥҥын көрдөрөр. Сабаары гыннаххына туллан түһэр аан, билэр дьонноргор куттал суоһуурун сэрэтэр бэлиэ буолар. Аан кыайан аһыллыбатаҕына, санааҕын толороргор мэһэйдэр баар буолуохтара; аан сабыылаах буолуута, кыайан туоратылла охсубат, тугу эмэ уларыттахха биирдэ кыаллар мэһэй баарын көрдөрөр; түүлгэ ааны тоҥсуйууттан эмискэ уһуктан кэллэххэ, ыраахтан айаннаан ким эмэ тиийэн кэлиэн сөп.

ААТ

Бэйэҥ ааккын суруйбуттарын аахтаххына, аатыҥ киэҥник биллэр буолуоҕа.

АБААһЫ

Абааһыны көрдөххүнэ - үтүөрэн барыаҥ; охсуһан кыаттардаххына-ыарыыҥ бэргиэ; кыайдаххына – ситиһии эбэтэр ыарыыттан үтүөрүү буолуоҕа.

АВАРИЯ

Массыына авариятын көрдөххүнэ, быстах өйдөөх киһини кытта кыайан тапсыбаккаҕын эрэйи көрүөҕүҥ; түүлгэ аварияҕа түбэстэххэ, ханнык эрэ сыыһа эбэтэр мүччү туттуу тахсыан сөп. Сэрэхтээх буолууну күүһүрдүөххэ, халтарыйан охтуу эҥин буолуон да сөп.

АВТОРУЧКА

Авторучка көһүннэҕинэ суруйуунан дьарыктанар дьоҥҥо ситиһии, онтон атыттарга сымыйанан суруйууттан сэрэхтээх буолуу бэлиэтэ буолуон сөп.

АВТОБУС

Түүлгэр автобуска олордоххуна, билэр киһигин кытта астына кэпсэтии буолуоҕа.

АҔА

Аҕаҕын көрдөххүнэ, үлэ - хамнас тупсан барыаҕа; түһээн аҕаҥ сүбэтин иһиттэххинэ, ону толоро сатаа, кырдьыгы эппитэ буолуо; өлбүт аҕаҥ тугу эмэни этэр буоллаҕына, бары дьыалаларгар олус сэрэхтээхтик сыһыаннас.

АЙАН

Түһээн түргэнник айаннаатаххына, быстах ардах түһүө эбэтэр бы¬лытырыа; түүлгэ айанныыр буолуу, олоххо кыра да буоллар ханнык эмэ уларыйыылары киллэрэр баҕа санаа баарын көрдөрөр.

АККУМУЛЯТОР

Аккумулятор көһүннэҕинэ, үлэ-хамнас, өй-санаа мунньустан, элбээн иһэллэрин бэлиэтиир.

АКРОБАТ

Түүлгэ күүстээх, эрчиллибит киһи көстүүтэ, иннэ-кэннэ биллибэт дьыалаҕа, кыахтаах доҕотторуҥ көмөлөһөн, тирэх буолууларын түс-түүр.

АЛААС

Түүлгэ үүнүүлээх алааһы көрүү, байылыат олоҕу түстүүр; хара буор алаас көстүүтэ - дьадайыы, мөлтөөһүн бэлиэтэ.

АЛААДЬЫ

Түһээн үчүгэй, улахан хобордооххо буһа турар алаадьылары көрдөххө, туох эмэ уларыйыы үчүгэй өттүгэр тахсыаҕа эбэтэр боччум аһааһын буолуоҕа.

АЛЬБОМ

Түһээн альбому көрдөххө, ситиһии буолуо эбэтэр саҥа доҕоттору кытта билсиһиэххин сөп.

АМПААР

Толору маллаах ампаары көрүү - байылыат олоҕу түстүүр; кураанах ампаар - дьадайыыга көстөр; ампаар аана аһаҕас турара көһүннэҕинэ, сүтүк тахсыа.

АППА

Түһээн аппаны көрүү, онно киирэн тахсыы, санаа туолуутугар кыра мэһэйдэр баалларын этэҥҥэ туорууру көрдөрөр.

АПТААХ

Аптаах киһини көрдөххүнэ, дьыалаларын табыллан баралларыгар түбэлтэ көмөлөһүө.

АРДАХ

Чуумпутук түһэр ардах көһүннэҕинэ, кыра ситиһии буолуо; чуумпу¬тук түһэр ардаҕы сөбүлүү көрдөххүнэ, куһаҕан кэмнэр ааһан эрэллэ¬рин бэлиэтэ, туох эмэ үчүгэй буолуон сөп. Тыаллаах ардах түстэҕинэ - ыгылыйыыны, ыксааһыны көрдөрөр.

АРТИСТ

Билэр киһиҥ артист буолбут буоллаҕына, кими эмэ алыптаах тылы¬нан итэҕэтэн албынныы сылдьар буолуон сөп.

АРЫГЫ

Арыгы иһэргэ бэлэмнэнэн үрүүмкэлэри охсуһуннарыы саҕалан-наҕына, көһүппэтэх ыалдьыттары кытта көрсүһүү буолуо; кыһыл арыгыны көрдөххүнэ - санааҥ көтөҕүллүө; кыһыл арыгыны сөбүлээн истэххинэ, баай-талым олоххо уһуннук уонна доруобайдык олоруоххун сөп; үрүүмкэлээх үрүҥ арыгыны көрдөххө - санаа туолар; кыратык испит буоллаххына, туох эмэ кыра ситиһии буолуо; үрүүмкэлэргэ арыгы ку¬туталаатаххына, саҥа дьоннору кытта көрсүһэргэ бэлэмнэниэххэ сөп.

Туох эмэ кыра иһиттэн арыгы истэххинэ, кыра мал-сал иһин өйдөспөт буолуу тахсыаҕа. Түһээн арыгы иһэргин бырахпыт буоллаххына, бэйэҥ дьоҥҥор сыһыаныҥ тупсуоҕа, бэйэҥ ылар дохуоккуттан сөп буолар буолуоҕуҥ.

Үрүүмкэлээх арыгы остуолга тохтон хаалбытын сыпсырыйан иһэн кэбистэххэ, сүрүн дьыалаҥ төһө да табыллыбатаҕын иһин, кырата табыллыан сөп.

АРЫЫ

Түһээн арыыны таптайар - үчүгэйгэ, баайга; арыыны тохтоххо - ночоот тахсыа; сиэтэххэ, аймахтыыларга ордук санаһыы баар буолуо; сыбаннахха эбэтэр хомуйдахха - барыс киириэҕэ.

АРЫЫ

Туох да үүнээйитэ суох арыы көстүүтэ, арыгыһыт буолан дьолу-соргуну сүтэриигэ тиэрдиэн сөп; күөл арыытыгар дэриэбинэ, дьон баар буолуулара, эн диэки санаалаахтар элбээн иһэллэрин бэлиэтиир эбэтэр дьон ортолоругар ылар миэстэҥ үрдээн иһэрин туһугар уһун кэмнээх охсуһууга киирсэн эрэргин быһаарар.

АС

Түүлгэ эрэнэ санаабыт киһиҥ улахан иһиттэргэ ас-үөл аҕаларын көрдөххүнэ, илэтигэр туолбат ыра санаа эрэ буолуон сөп; ким эмэ аһатар буоллаҕына, ол киһи туох эмэ дьыаланы бэйэтин туһугар быһаартарыан саныыр.

АҺААһЫН

Аһыы олорор киһи көстөн баран ураты иҥсэлээхтик аһыыр буоллаҕына, ыалдьыан сөп.

АҺЫҤА

Күөх оттоох хонууга элбэх аһыҥалар ыстаҥалаһар буоллахтарына, доҕотторуҥ ортолоругар ордук санааччылар баар буолуохтара эбэтэр сөбүлээбэт дьонуҥ дьыалаҕын атахтыы сатыахтара.

АТ

Ат мииммит киһини көрдөххүнэ, ыраах барыаҕыҥ; миинэр атыҥ өллөҕүнэ - кэргэниҥ өлүөҕэ; кыыс түһээн атынан айаннаатаҕына, сотору эргэ тахсыаҕа; уол оҕо аты мииннэҕинэ - кэргэн ылыа; маҕан ат - баай - дуол буолууну, кэрэ үчүгэй санаалаах кэргэни көрдөрөр; аккын былдьаан ыллахтарына - кэргэҥҥин бэйэтин баҕатын утары ханна эрэ илдьиэхтэрэ.

Түһээн акка ытыттарар-дьолго, үчүгэйгэ, ат ыарыыны ылан быраҕар; сыарҕалаах аттаах киһини көрдөххүнэ, үлэ-хамнас табыллыа; атынан айаннаан иһэн ыҥыырын холборуйдаҕына, туһааннаах дьыалаҥ табыллыа суоҕа.

Хара аты көрдөххө - санаарҕабыл кэлиэ; хара аты мииннэххэ ситиһии хойутаан да буоллар кэлиэн сөп: эр киһи хара аты мииннэҕинэ, кэргэнин майгына ыарахан, чиҥ буолуон сөп.

АТААРЫЫ

Сөбүлүүр ыалдьыты үөрэ-көтө атаардахха, тапсар дьоҥҥун кытта бииргэ сылдьыаҕын, баҕар көрсүһүү буолуоҕа; чуҥкук, ыарахан атаа¬рыы - ыраах барыы, арахсыы бэлиэтэ.

АТАСТАһЫЫ

Кими эмэ кытта тугу эрэ атастастаххына, эйигин сөбүлүүр доҕотто¬руҥ элбиэхтэрэ.

АТАХ

Түүлгэ атаҕын тоһуннаҕына, үлэҕэр ситиһииҥ намтыаҕа эбэтэр дуоһунаһыҥ аллараа түһүөҕэ; атах сыгынньаххын көрдөххүнэ, дьадайан барыаҕыҥ эбэтэр ыалдьыаххын да сөп.

Атаҕыҥ сотото сонообут буоллаҕына, ыарыы булуо эбэтэр үлэ-хамнас атахтаныа; түүлгэр атаххын сүтэрдэххинэ, үчүгэй доҕоруҥ барыаҕа; бэйэҥ атаххын эбэтэр атахтаргын көрдөххүнэ, сотору кэминэн этэҥҥэ олоруу туһунан ылсыһан толкуйдаатаххына табыллыа; атах ти¬лэҕэ көһүннэҕинэ, кыраттан сылтаан хомолто буолуоҕа.

Токур атахтардаах буолан баран хаама сылдьар буоллаххына, куһаҕаннык саныыр дьоннору билэн аны кинилэр албыннарыгар киириэҥ суоҕа. Илии эбэтэр атах мөлтөөн, сымнаан кыайан хамсаабат буолан хааллахтарына, албыҥҥа киирэн биэриэххэ сөп эбэтэ үлэҕэ-хамнаска табыллыбат буолуулар кэлиэхтэрэ.

Түүлгэ атаҕа суох киһи атахтанарын көрдөххө, бэйэҥ бары кыаххын мунньан кыһаннаххына, буомурбут үлэҕэр хамсааһыны оҥороруҥ кыал¬лыаҕа; хаар устун атах сыгынньаҕын хаамтаххына уонна атаҕын тоҥмот, үчүгэй буоллаҕына, ыарахан, эрэйдээх балаһыанньаҕа түбэһэ сылдьан бараҥҥын этэҥҥэ туоруоххун сөп эбэтэр баҕа санаа туолуута, билэр дьоҥҥор сабыдыалыҥ үрдээбитин бэлиэтэ буолуо; атах сыгынньаҕын сылдьаргыттан соһуйдаххына, урукку сыыһаларын дьыалаҥ табылла¬рын мэһэйдиэхтэрэ.

Түһээн атаххын суунар буоллаххына, ким эмэ туормастаһан дьыала¬ларыҥ табыллымыахтарын сөп; атаҕыҥ көрүҥэ тупсаҕай, үчүгэй дии саныыр буоллаххына, дьыалаҥ син табыллыаҕа; атах синньигэс буолуута, кыах суох буолуутун биллэрэр.

АТАХ ТАҤАһА

Алдьаммыт эбэтэр кирдээх атах таҥаһын көрүү - дьадайыы, үлэ-хамнас мөлтөөбүтүн бэлиэтэ; түүлгэ атах таҥаһын сууйуу, хом санааҕа, итэҕэйбэт буолууга көстөр.

АТЫРДЬАХ

Дьиэҕэ-уокка табыллыбат буолуу, арахсыы бэлиэтэ.

АТЫЫһЫТ

Атыыһыт буолан кыайа-хото эргинэ сылдьар буоллаххына, саҥа дьыаланы саҕалыырыҥ ситиһиилээх буолуо.

АУКЦИОН

Түһээн аукциоҥҥа сырыттахха, атыы-эргиэн дьыалата табыллан барыаҕа.

АЧЫКЫ

Түүлгэр ачыкы кэттэххинэ, кырдьыаххар диэри олоруоҥ.

Б

БААЙ

Аймахтарыҥ баай-мал үллэстэн ылалларын көрдөххүнэ, үлэҥ-хам¬наһыҥ ситиһиилээх буолуо; түһээн байбыт буоллаххына, үлэ-хамнас үчүгэй буолуоҕа.

БААҤКА

Кураанах бааҥканы көрдөххүнэ, улахан ночоот тахсыан сөп; толору бааҥка - дьыала табыллыытыгар көстөр.

БААС

Түһээн бааһырбыт киһиэхэ көмөлөһөн бааһын эмтиир, баайар буоллаххына, ситиһиини оҥороргор көмө баар буолуоҕа; түүлгэр туохтан эмэттэн баас ыллаххына, туохтан эмэттэн санаа түһүүтэ буолуо эбэтэр бааһырбыт сиргинэн ыарыы булуо.

БАҔА

Баҕаны көрдөххүнэ - аптаах киһи кэлиэҕэ эбэтэр үлэҕэ ситиһии буолан үчүгэйдик этиэхтэрин сөп.

БАҔАНА

Улахан баҕананы охторор киһи сотору өлүөҕэ; үрдүк баҕананы көрдөххө - ситиһии, кыайыы буолуо.

БАДАРААН

Түһээн бадарааҥҥа түһүү - үлэ-хамнас дьыалата мөлтөөбүтүн көрдөрөр; бадарааны кэһии - табаарыстаргын сүтэриэҥ; көрдөххүнэ - ночоот, үлэ-хамнас ыһыллыыта саҕаланыа; атын дьон бадарааҥҥа түспүттэрин көрдөххө, сотору кэминэн чугас дьонноруҥ хомотуохтара, ону кытта ыалдьыахтарын да сөп.

Бадарааннаах суол устун этэҥҥэ айаннаан бардаххына, барыс кии¬рэрин ситиһиэххин сөп.

БАЙЫАННАЙ

Түүлгэ байыаннай киһи көһүннэҕинэ, байыаннайдыы бэрээдэги олохтуур санаа киириитигэр эбэтэр байыаннайдыы быһаччы быһаарыныылары ылынарга тириэрдиэн сөп.

БАЛААККА

Түүлгэ балааккаҕа олорор буоллахха, сотору кэминэн олоххор дуу, үлэҕэр дуу биллэр уларыйыылар буолуохтара.

БАЛКОН

Балкоҥҥа турар буолуу, атын дьонтон үрдүккэ тахсыыны бэлиэтии¬рин тэҥэ дьыаланы уратытык быһаарары эмиэ бэлиэтиир, арай сэрэхтээх буолуохха наада.

БАЛЫК

Түһээн балыгы көрдөххө, былыттаах күннэр буолаллар; балык миинин истэххэ, дьыала атахтанар, аанньа табыллыбат; балыгы сиэһин - ыарыыга, тымныйыыга көстөр; буспут балыгы көрдөххүнэ, оҥоруохтаах дьыалаҥ хойутаан да буоллар табыллыа; тоҥ балык көһүннэҕинэ, кимиэхэ эмэ аахайымтыата суох, тымныы сыһыан үөскээһинэ буолуон эбэтэр барыс киириэн сөп.

Балык уҥуоҕун көрүү - хомолтоҕо, ночоокко.

Балык мүччү туттаран куотуута, таптыыр киһигин дуу эбэтэр доҕоргун дуу сүтэрэриҥ бэлиэтэ.

БАНДЬЫЫТ

Бандьыыттар саба түстэхтэринэ, куттал буолуо; көрдөххүнэ - тирээн кэлбит дьыалаҕар сөптөөх быһаарыыны ылыныаххын наада.

БАТТАХ

Баттаҕы көрөр - ыарахан санааларга; үүнэн хаалбыт баттахтанар - кутурҕаҥҥа; түһээн маҕан баттахтанар, өй-санаа уоскуйуутугар, сынньалаҥҥа тиэрдиэҕэ.

Баттаххын тарааннаххына, үлэҥ-хамнаһыҥ, доруобуйаҥ үчүгэй буолуо; түүлгэр тараҕай буолан хаалбыт буоллаххына, өр санааргыы сылдьыбытыҥ дьэ суох буолуоҕа.

Түүлгэ баттаҕыҥ түһэр буоллаҕына, улахан санаарҕабылга ыллары¬аххын сөп эбэтэр туох эмэ сөбүлээбэт быһыыларыҥ буолуохтара; дьахтар баттаҕа түһэр буолуута, баҕа санаа туолуутугар кыах суох буолуутун, салгыы олоҕун туһугар бэйэтэ эрэ кыһанар кыахтааҕын бэлиэтиир.

Түһээтэххэ баттаҕыҥ өрө тура сылдьар буоллаҕына, санаабыт санааҕыҥ ситиһэргэр күүс-кыах баар буолуоҕа; баттаххын кырыйтардаххына, дьыалаҥ санаабытын курдук табыллыа суоҕа эбэтэр күүс-уох эрчим суох буолуоҕа, көҕүрүөҕэ, баҕа санааҥ туолбатыттан санааҕа ылларыаҕыҥ; соһуччу маҕан баттахтанан хааллаххына, улахан санаарҕабыл, санаа түһүүтэ кэлиэн сөп.

БАТЫЙА

Батыйалаах буоллаххына, көмүскэл баар буолуо; көрдөххүнэ - өстөһүү, иирсээн бэлиэтэ; батыйаны ыллаххына, ылыммыт дьыалаҕын толороргор дьулуурдаах буолуоҕуҥ.

БАЧЫЫ­КА

Түһээтэххэ бачыыҥкаҥ сүтэн хаалбытын кэннэ хата наскылаах хаалбыт буоллаххына, тугу эмэ сүтэрэн бараҥҥын атынынан сүүйүөххүн сөп; алдьаммыт бачыыҥканы кэтэ сатаатахха, бэйэҥ сыыһа туттаҥҥын дьыалаҥ табыллыбатыгар тириэрдиэххэ сөп.

БЕНЗИН

Бензининэн дуу, техника арыытынан дуу ону-маны бистэххинэ, дьо¬ну кытта сыһыаҥҥын мөлтөтүөҥ; түһээн бензини көрдөххө эбэтэр туохха эмэ туһаннахха, соһумар күүппэтэх түбэлтэ буолуо; бензини уматаргыттан сэрэнэн, чаҕыйан тутуннахххына, дьиэҕэр араллаан тахсарын тулуурдаах буолаҥҥын тохтотор кыахтаах буолуоҕуҥ.

БИБЛИОТЕКА

Түүлгэр библиотекаҕа сырыттаххына, урукку убаастыыр дьонноруҥ саҥа доҕотторгун уонна кэнники үлэҕин-хамнаскын сөбүлүөхтэрэ суоҕа; библиотекаҕа кинигэ тала сылдьар буолуу көһүннэҕинэ, баҕа санаа туолуутугар кыах суох буолуута мэһэйдиэҕэ эрээри, ону си¬тиһэргэ сөптөөх кэм хойутуу кэлиэн сөп.

БИНСЭЭК

Түһээн бинсээк кэттэххинэ эбэтэр уһуллаххына эйигиттэн кэлэн иһэр олоххор буолар уларыйыыны көрсөргө бары кыаххын мунньан бэлэмнэннэххинэ эрэ табыллыаҕа эбэтэр бэйэҕиттэн тутулуктаах туох эрэ быһаарыыны ылынарыҥ наада; саҥа бинсээк кэттэххинэ – дуоһунаһыҥ үрдүө; бинсээгин алдьаммыттаах эбэтэр тырыттыбыт буоллаҕына, үлэ-хамнас туруга мөлтөөбүтүн биллэрэр; кирдээх буоллаҕына, эн тускунан мөлтөхтүк этэллэр; үчүгэй көрүҥнээх бинсээк соһуччу эргэрэн, алдьанан хаалыыта, эрэммит, санааны уурбут дьыала атахтанан, ыһыллан хаалыытыгар көстөр.

БИЛЛИИ

Түүлгэр биллиилээх дьоннору кытта сырыттаххына, сотору бэйэҥ үлэҕэр ситиһиилэри оҥоруоҕуҥ.

БИЛЬЯРД

Түүлгэ бильярд остуола көстүүтэ бииргэ үлэлиир дьону кытта сыһыаны быһаарар. Остуолу от күөх сукунанан саҥалыы бүрүйэ сатаатаххына уонна ол табыллыбатаҕына, үлэ-хамнас туруга үчүгэй буоллун диэн оҥоро сатаабытыҥ ситэ кыаллыа суоҕа.

БИһИЛЭХ

Түһээн биһилэҕин кэтэр дьахтары көрдөххө, кыыс оҕо төрүөҕэ; биһилэх сүттэҕинэ, туох эмэ куһаҕан быһыы тахсыаҕа; таастаах биһилэҕи көрдөххүнэ, доҕоргун булуоххун эбэтэр эргэ тахсыаххын сөп.

Кыһыл көмүс биһилэхтээх буоллаххына, дуоһунаһыҥ үрдүөҕэ, билсииҥ-көрсүүҥ элбиэҕэ; биһилэҕи бэлэх биэрдэххинэ - ночоот буолуо; тарбаххар биһилэх кэтэ сылдьаргын көрдөххүнэ, инники оҥоруохтаах дьыалаҕар лаппа үрдүк ситиһиилэниэҥ эрээри уһуннук барыа суоҕа; атын дьоннор биһилэх кэтэ сылдьалларын көрдөххүнэ, саҥа дьоннору кытта билсиһиэҥ эбэтэр барыс киириэҕэ.

БИЭДЭРЭ

Толору үүттээх биэдэрэ көһүннэҕинэ, үлэ-хамнас табыллыа. Дьахтар биэдэрэни тута сылдьарын түһээн көрөр буоллаҕына, дьиэтигэр-уотугар үөрүү-көтүү буолуо; толору биэдэрэлээх ууну көрдөххүнэ - барыс киириэ; кураанах биэдэрэ көһүннэҕинэ, барыс киириэ диэн суоттаммы¬тыҥ сыыһа эбэтэр үүнээйи үүнүүтэ мөлтөх буолуо.

Толору балыктаах биэдэрэ көһүннэҕинэ - барыс киириэ.

БИЭРЭК

Түһээн биэрэги көрдөххө, ыарыһах үтүөрэн эбэтэр дьадаҥы көнөн барыаҕа, холкутук дьоллоохтук олоруу бэлиэтэ.

БОРОБУЛУОХА

Дьэбиннээх боробулуоханы хомуйдахха, куһаҕан майгылаах-хыттан билэр дьонноруҥ санааргыыллар.

БОТУРУОН

Көрдөххүнэ, олоххор быһаарыылаах түгэннэр кэлэн иһэллэрин уонна ол түгэннэргэ кытаанах, төттөрү түспэт санааҕын көрдөрдөххүнэ табыллар.

БӨҔӨХ

Кыыс оҕо бөҕөх кэппит буоллаҕына, сотору эргэ тахсыа.

БӨРӨ

Анньаҕа көстүбэт бэлиэ, ыарыы-быстыы сут сүрэ эбэтэр куһаҕан майгылаах киһи көрсүөҕэ.

БӨТҮӨН

Түүлгэр уу кутар бөтүөн көстүүтэ, бэйэҥ санааҕын толороргор дьулуургун көрдөрөр.

БӨХ

Бөхтөөх биэдэрэни тута сылдьар буоллаххына, эйигин сөбүлээбэт, ордук саныыр дьонноруҥ эйиэхэ биллэрбэккэ үөрэ-көтө көрсөллөр.

БУЛТ

Бултуу сылдьыы - араас мэһэйдэри этэҥҥэ туорааһыны көрдөрөр; кыттыгас бултааһын - санааҥ бөҕөтүнэн кыайыылары ситиһиэҥ.

БУЛУУ

Түүлгэ тугу эмэни булуу – ситиһии бэлиэтэ.

БУОР

Түһээн хаһыллыбыт буору көрөр - санаарҕабылга.

БУОЛТА

Кыра буолталар ыһылла сыталларын түүлгэр көрдөххүнэ, кыра, быстах ремонт үлэлэрэ буолуохтара.

БУОМБА

Буомба эстиитигэр түбэстэххинэ, соһуччу түбэлтэ буолуо.

БУРДУК

Элбэх бурдугу көрдөххө, баай-дуол эбиллиэҕэ, элбэх барыс киириэҕэ; аҕыйах, мөлтөх үүнүүлээх бурдугу көрдөххө, тиийиммэт буолуу кэлиэҕэ, олох мөлтөөн барыаҕа; бурдугунан ньамайданнаххына, эн тускунан билэр дьонуҥ араас сымыйа тылы-өһү тарҕаталларын истиэххин сөп.

Куоластардаах бурдук үүнэн турарын көрдөххө, оҥоро сылдьар үлэҥ ситиһиилээх буолуоҕа.

БУРУО

Холкутук үөһээ тахсар буруо көстүүтэ, дьиэҕэ-уокка эйэлээх буо-лууну көрдөрөр; хара буруо - хоп-сип, куһаҕан санаа мустуутугар тахсар.

БУУКУБА

Түһээн буукубаны суруйдаххына - эрэй, үлэ эбиллиэ; үөрэт-тэххинэ - байан, көнөн барыаҥ; көрдөххүнэ - солуну истиэҥ.

БУУРҔА

Буурҕаҕа түбэстэххинэ, ночооттор тахсыахтара эбэтэр үлэ-хамнас атахтаныа.

БҮДҮРҮЙҮҮ

Түүлгэр хааман иһэн бүдүрүйдэххинэ, тиэтэллээх быһаарыыны ылынартан туттунуохха.

БҮЛҮҮһЭ

Кураанах бүлүүһэ түүлгэ көһүннэҕинэ, дьиэҕэ-уокка сыһыаннаах курус быһыы тахсыаҕа.

БҮӨ

Арыгылаах бытыылка бүөтүн астаххына, үлэ-хамнас тупсуута саҕала¬ныа, дьоллоох буолуоҥ, саҥа дьону кытта билсиһиэххэ сөп.

БЫЛААЧЫЙА

Саҥа былаачыйаны кэтэ сылдьыы, үөрүүгэ, барыс киириитигэр; маҕан эбэтэр сырдык дьүһүннээх былаачыйаны кэтэ сылдьыы-баайга, дьоллоох буолууга көстөр; кирдээх, алдьаммыттаах былаачыйаны кэтии-санаарҕабыл, эрэйдээх буолуу эбэтэр дьадайыы бэлиэтэ; кэтэ сылдьар ис ырбаахыҥ умайара, чугас дьонноруҥ куһаҕаннык этэллэрин, кинилэри кытта өйдөспөт буолууну көрдөрөр; киэргэллээх олус мааны былаачыйаны кэтии, ыарыһах киһи өлөрүгэр көстөр.

БЫЛЫТ

Күн тыган сырдаан көстөр былыттарын көрдөххүнэ, сотору кэминэн улахан үлэ-хамнас, санаарҕабыл кэнниттэн кыайыыны ситиһиэҕиҥ; улахан хара былыттар таҕыстахтарына, эн тускунан куһаҕаннык этиэхтэрэ, ыалдьыы да буолуон сөп, ону кытта ситиһиигэ дьулууруҥ мөлтүөҕэ; хараҥа былыттар өрө үллэн тахсыыларын көрдөххө, олоххо ыарахан кэмнэр кэлэн иһэр буолуохтарын сөп. Халлаан хара былытынан бүрүлүннэҕинэ, баҕа санаа туолбат буо¬луута, улахан хомолто бүрүүкүөҕэ.

БЫРААТ, БАЛЫС

Кинилэри көрдөххүнэ - үөрүү-көтүү буолуо.

БЫРААһЫННЬЫК

Саҥа дьиэ сууйуутун бырааһынньыга көһүннэҕинэ, киһи өлүүтэ эбэтэр туох эмэ куһаҕан быһыы буолуо; түүлгэ бырааһынньыкка ыҥырдахтарына, соһуччу үөрүүлээх түгэн буолуо.

БЫРДАХ

Элбэх бырдахтар көтөллөрүн түптэнэн үүрдэххинэ, дьоннор саҥалара күөдьүйэн иһэн тохтуоҕа.

БЫҺАХ

Саха быһаҕа - уол оҕо сүрэ. Үчүгэй сытыы быһах эрэллээх, доруобай уолу, онтон сыппах хара быһах, мөлтөх, ыарыһах уолу көрдөрөллөр; түһээтэххинэ саха быһаҕын бэлэх биэрдэхтэринэ, уол оҕо төрүөҕэ.

Бүк тутуллар быһах – этиһии, иирсээн бэлиэтэ; куукунаҕа туттул-лар быһах көстүүтэ, дьиэ иһигэр тыл-тылга киирсибэт буолуу кэлии¬тигэр, этиһии тахсыытыгар көстөр.

БЫҺЫЫ

Түүлгэ тугунан эмэ тарбаххын быстаххына, олус сэрэхтээхтик сылдьыахха наада, дөлбү түһүөххэ, дэҥнэниэххэ да сөп.

БЫТ

Быты көрүү - байыы-тайыы; түүлгэ быты өлөрдөххө - сүөһү өлөр, сүтэр; быттан ыраастаныы - араас хоптон-сиптэн, эбиискэ үлэттэн босхолонуу бэлиэтэ.

БЫТЫК

Сэҥийэтигэр бытыктаах киһи көһүннэҕинэ, туспа өйдөөх-санаалаах киһини кытта көрсүһүөххүн сөп; хара бытыктаах киһи буоллаҕына, бэйэ-бэйэни өйдөһүү улахан уустуктардаах, туох эмэ сүтүктээх буолуон сөп.

БЫТЫЫЛКА

Элбэх үлтүрүйбүт бытыылка тааһа көстөрө, эн тускунан соччо үчүгэйэ суохтук этэллэрин биллэрэр; толору арыгылаах бытыылканы көрөр - үчүгэйгэ, дьыала табыллыытыгар; кураанах бытыылка - араас үгүс эрэйдэр, түбүктэр элбииллэригэр.

Арыгылаах бытыылка алдьаныыта, дьыала табыллыбатыгар, хомолтоҕо көстөр.

БЫЧЧЫ­Ҥ Быччыҥнарыҥ күүһүрбүттэрэ, эбиллибиттэрэ көһүннэҕинэ, үлэҕин, дьыалаларгын сөбүлээбэт дьон саба түһүүлэриттэн көмүскэнэргэ кыахтаах буолан бараҥҥын, күрэхтэһэргэ, быһаарсарга бэлэмнээх буолуоххун наада.

БЫЫЛ

Түүлгэр быылы бүрүнэ сырыттаххына, кыра-кыра ночооттор тахсыах¬тара; быылтан ыраастанан таҥаскын тэбэнэр буоллаххына, санаабыт санааҕын син ситиһиэҕин.

БЭДЭЭЛ

Түһээн ханнык эмэ техника бэдээлин үктээтэххинэ, билэр киһигэр көмөлөһүөххүн наада.

БЭЛЭХ

Ыллаххына - дьоллоох буолуоҥ, барыс киириэ; бэйэҥ биэрдэххинэ, ким эмэ куһаҕаннык этиэ эбэтэр барыс киирэрин куоттарыаҥ.

БЭРГЭһЭ

Түүлээх үчүгэй бэргэһэни кэттэххинэ, үөрүү буолуо, сыалгын си-тиһиэҕин; кэтэ сылдьар бэргэһэҕин сүтэрдэххинэ, төрөппүттэрин ыалдьыахтарын сөп; хара дьүһүннээх бэргэһэ - санаарҕабыл бэлиэтэ. Түүлгэ ханнык эрэ куһаҕан бэргэһэлээх сылдьыы, төбө ыалдьаары гыммытын бэлиэтиир; түүлээх бэргэһэ түүтүн быыһа барыта бытархай үөннэринэн туолан хаалбытын ыраастыыр буоллахха, быстах ыарыы бу¬луон сөп эбэтэр муунтуйбут санааттан босхолоно сатаан эрэйдэнэргин көрдөрөр.

БЭРЭБИНЭ

Иннигэр улахан мэһэй баарын көрдөрөр, онтон иҥиннэххинэ дьыалаҥ мөлтүөҕэ.

БЭСТИЛИЭТ

Бэстилиэтинэн ыттаххына туох эмэ ситиһии буолуо. Түһээн бэстилиэти көрдөххүнэ, кэргэттэргин кытта айдаан, кыыһыр¬сыы буолуо эбэтэр улаханнык мөҕүөхтэрэ.

БЭЭТИНЭ

Былааччыйаҕа бээтинэ баар буолан хаалыыта, сэрэммэтэххинэ аанньа ахтыбат дьон албын этиилэригэр киирэн биэриэххин сөбүн көрдөрөр.

В

ВААННАЙ ХОС

Түһээн вааннай хоско киирэн кэллэххинэ, дьиэни-уоту дьоҥҥун ахтыбытыҥ дьэ көрсүһүүнэн солбуллара чугаһаабытын бэлиэтэ.

ВЗРЫВЧАТКА

Түүлгэ дэлби тэбэр сэптэри туттаххына эбэтэр тиэйдэххинэ, олох¬хор уларыйыы буолуон сөп эбэтэр үлэҕэр-хамнаскар биллэр хамсааһын тахсыаҕа.

ВРАЧ

Врачка көрдөрөөрү кэтэһэ сылдьар буоллахха, кимтэн эмэ олус улахан тутулуктаах буолуу бэлиэтэ.

Г

ГОСТИНИЦА

Түүлгэ гостиницаны көрдөххө, олоххор быстах кэмнээх соһуччу уларыйыы буолуон сөп эбэтэр уһуну-киэҥи толкуйдаабакка, санааҕа-¬онооҕо ылларбакка эрэ холкутук олорор кэм кэлэн иһэрин бэлиэтиир.

ГРУША

Маска үүммүт улахан, соҕотох груша көстөр - бэйэҥ олоххор оҥоро сылдьар үтүө дьыалаҥ ситиһиилээх буолуо.

Д

ДААЧА

Дьоннор даачаларын түһээн көрдөххүнэ, доҕотторуҥ үлэлэригэр улахан ситиһиини оҥоруохтара.

ДОҔОР

Доҕоруҥ түүлгэр көһүннэҕинэ, тугу көрбүтүҥ үксэ сирэйинэн буо-луоҕа эбэтэр тэйсии, арахсыы саҕаланыа; кутталлаах түүлгэ ыраах сылдьар доҕоргун көрдөххүнэ, киһиҥ ыалдьыбыт эбэтэр туох эрэ буол¬бут буолуоҕа; түүлгэ доҕоруҥ санаарҕаабыт куһаҕан көрүҥнээх буол¬лаҕына, эйигин ыалдьыы, эрэй-муҥ күүтэр; доҕоруҥ үчүгэй көрүҥнээх көһүннэҕинэ, үчүгэй сонуннары истиэҕиҥ эбэтэр көрсүһүөххүтүн сөп; доҕоруҥ маҥан таҥастаах көһүннэҕинэ, ыалдьан хаалыан сөп. Өлбүт доҕоргун кытта кэпсэттэххинэ, кини тугу эппитэ кырдьык, туһалаах этии буолуо.

ДОКУМУОН

Байыаннай билиэт эбэтэр пааспар көстүүтэ, үлэ-хамнас, түбүк үксүүрүгэр тириэрдэр.

ДОЛГУН

Түүлгэ улахан долгуннар көһүннэхтэринэ, үлэҕэ мэһэйдэр көрсөллөр.

ДЭРИЭБИНЭ

Билэр дэриэбинэҥ көһүннэҕинэ, былыргы табаарыскын көрсүөҕүҥ эбэ¬тэр сонуннары истиэҕин; дэриэбинэҕэ сырыттаххына, туох эмэ үчүгэй, санаа туолуута буолуоҕа.

ДУОһУЙУУ

Түүлгэ туохтан эмэттэн астынар, дуоһуйар буоллаххына, илэтигэр дьыалаларыҥ табыллыахтара.

ДЬ

ДЬААБЫЛАКА

Дьаабылака сии сылдьар буоллаххына, бэйэҥ олоххор туох эмэ туһалааҕы оҥостор буолуоххун сөп. Төһө кээмэйдээх туһаны оҥосторуҥ дьаабылака көрүҥүттэн быһаччы тутулуктаах буолуоҕа.

ДЬААһЫК

Түүлгэ толору маллаах дьааһыгы көрдөххүнэ, байыы, баай-дуол эбил¬лиитэ саҕаланыа; кураанах дьааһыгы көрүү - дьадайыы бэлиэтэ; мас дьааһыктан төлө көтөн тахсыы, күүстээх ыарыыттан үтүөрэн барыыга көстөр.

ДЬАХТАР

Кыыһырбыт, эрэйдэммит, куһаҕан көрүҥнээх дьахтары көрдөххүнэ, кыһамньылаах, дьулуурдаах буолуоххун наада, оччоҕуна тугу эмэни ситиһиэҕиҥ; кыраһыабай оонньоһор дьахтар, араас тыл-өс, ордук са¬наһыы баар буоллаҕына көстөр; кыһыл баттахтаах нуучча дьахтарын көрүү - мөлтөөһүҥҥэ, ыарыыга. Булка сылдьан нуучча дьахтарын көрсөн туттаххына, улахан булдуҥ табыллыа, онтон куоттардаххына - мэлийиэххин сөп. Билбэт дьахтарыҥ икки атаҕа суох буолан көһүннэҕинэ, сөбүлүүр дьыалаҕар атахтаныы тахсыаҕа; хат дьахтар түүлгэ көстүүтэ, олоххор бары үчүгэйи, инникигэ эрэллээҕи түстүүр.

Ыһыллыбыт баттахтаах дьахтар үөрэ-көтө көрүстэҕинэ, соһуччу күүтүллүбэтэх ороскуоттар тахсыахтара; ордьойбут тиистээх, аҥар харахтаах, уоттааҕынан дьөлө көрбүт дьахтар утары кэллэҕинэ, туох эрэ куһаҕан, сөбүлээбэт быһыыҥ буолуоҕа эбэтэр аймахтарыҥ ханнык эрэ дьыалаҕын сөбүлээбэттэрин биллэриэхтэрэ. Төбөтүгэр хара былааты бааммыт, хара таҥастаах дьахтар көһүннэҕинэ ким эмэ өлүүтэ буолуон сөп.

ДЬИЭ

Урут олорбут дьиэҕин көрдөххүнэ эбэтэр тиийэ сылдьар буоллаххы¬на, онтон ыалдьыттар кэлиэхтэрэ эбэтэр сонуннары истиэҕиҥ; үчүгэй дьиэни ыраахтан көрдөххө - ситиһии буолуо; эргэ, урут олорбут дьиэҥ үчүгэй көрүҥнээх турар буоллаҕына, уһун кэм устата дьоһун¬наахтык олоруоххун сөп.

Түннүктэрэ уонна ааннара аһаҕас дьиэ көстүүтэ, дьиэҕититтэн уоруу эбэтэр сүтүк буолаары гыммытын сэрэтэр; кыра, саҥа дьиэҕэ көһүү, ыарыһах, кырдьаҕас киһиэхэ олус куһаҕан түүл, олох уларыйыытын бэлиэтиир. Биллэр дьиэ алдьаныыта көһүннэҕинэ, дьон санаата куһаҕанын көрдөрөр. Ол дьиэ дьонун санаалара да буолуон сөп; түннүгэ да, аана да суох дьиэҕэ хааттарыы буолуута, улахан наадалаах тирээн кэлбит боппуруоска сөптөөх эппиэти кыайан булбакка эрэйдэнии бэлиэтэ буолар.

ДЬИЭ ҮРДҮГЭ

Дьиэ үрдүгэ уруккутуттан үрдүк буолуута эбэтэр үрдээн хаалыыта көһүннэҕинэ, өй-санаа эбиллэн таһыма үрдээн иһиитин бэлиэтиир; намыһах дьиэ үрдэ баҕа санаа аҕыйаҕын, өй-санаа таһыма намыһаҕын көрдөрөр.

ДЬОН

Санаарҕаабыт көрүҥнээх элбэх дьоннор мунньустубуттарын көрүү – киһи өлүүтүгэр, харах уутугар көстөр. Ыраах сиргэ сылдьар билэр дьоҥҥун көрдөххүнэ, ол сиртэн кэлэ сылдьар аймахтаргын дуу эбэтэр билэр дьоҥҥун көрсүөҕүҥ, кырата сурахтарын истиэххин сөп; дьон ортотугар сылдьар буоллахха, бэйэҥ мөлтөөн биэрэҥҥин, дьону кытта кыайан кэпсэппэккэҕин дьыалаҕын мөлтөтүөххүн сөп.

ДЬҮһҮН

Түүлгэ халлаан күөҕэ дьүһүн көстүүтэ, туохтан эрэ дьиксиниини, дьаахханыыны көрдөрөр. Маннык дьүһүн туох эмэ уларыйыы тахсыах¬тааҕын билгэлиир. От күөҕэ дьүһүн көстүүтэ, баҕа санаа туолуутун көрдөрөр. Бу дьүһүн эрэли уонна кыахтаах, көмүскэллээх буолууну түстүүр.

ДЬЫБААН

Түһээн дьыбааны көрдөххө - сынньалаҥ буолуо; дьыбааҥҥа олоруу эбэтэр сытыы - холку, сынньалаҥ олоҕу түстүүр; атыылаһыы - холку олох иһэрин көрдөрөр.

ДЬЭДЬЭН

Үчүгэй дьэдьэннэри хомуйуу буоллаҕына, подарок буолуон сөп эбэ¬тэр үлэҕэ-хамнаска ситиһии буолуоҕа. Барыта дьэдьэн хайдах көрүҥнээҕиттэн тутулуктаах.

Е

ЕЖ

Кыра ежигы көрдөххө, туспа өйдөөх-санаалаах киһини кытары көрсүһүү эбэтэр кыраттан улаханнык санааҕа ылларыы, сыыһа өйү-санааны тутуһа сылдьабын диэн санаарҕааһын буолуон сөп.

З

ЗВОНОК

Түүлгэ аан звоногун тыаһын иһиттэххэ, кэтэспэтэх ыалдьытыҥ кэлиэ эбэтэр соһуччу сонуну истиэҕиҥ.

ЗАДАЧА

Түһээн ханнык эмэ задачаны суоттаатахха, наадалаах быһаарыыны булуохха сөп.

И

ИГИИ

Эбиискэ үлэ-хамнас кэлэн иһэрин бэлиэтэ.

ИИКТЭЭһИН

Кимиэхэ эмэ ииктээһин кэнниттэн, ол киһилиин этиһии ,тыл тылга киирсибэт буолуу кэлиэҕэ; ким эмэ иигэ бырдаҥалаатаҕына эбэтэр сыбаннаххына, ыарыһах киһи үтүөрэн барыаҕа, онтон доруобай киһи ыалдьыан сөп; онно - манна ииктээһин буоллаҕына, бэйэҥ дьонноргун кытта өйдөспөт буолуу эбэтэр кыра уларыйыылар, санааттан-онооттон ыраастаныы, быстах ночооттор буолуохтарын сөп.

ИИСТЭНЭР

Иистэнэ олорон тиэтэйэр, ыксыыр буоллаххына, кыһыйыы-абарыы, кыыһырсыы буолуо.

ИЙЭ

Түһээн ийэҕин көрдөххүнэ - барыҥ-барыта табыллыа; түһээтэххинэ ийэҥ кэлэн сэрэтэр, көрө-харайа сылдьар буоллаҕына, кырдьык олус сэрэнэ сылдьыахха, доруобуйаны харыстаныахха. Түүлгэ өлбүт ийэҥ көстүүтэ, араас сыыһа-халты туттууттан сэрэтэр эбэтэр олоххор үчүгэй өттүн диэки уларыйыы буолаары гыммытын бэли¬этиир, онтон ыалдьаары эҥин гыммыт буоллаххына ийэҥ көстүүтэ атын, мөлтөх, куһаҕан көрүҥнээх буолуоҕа.

ИЙЭ КЫЛЫН

Көрдөххө - дьонноргун кытта өйдөспөт буолуу кэлиэҕэ.

ИЛИИ

Түүлгэ илиитэ суох буолар киһини көрдөххүнэ, үчүгэйдик билэр киһиҥ өлүөҕэ; түһээн илии тутустахха, кимниин эмэ үчүгэй сыһыаны олохтуоҕуҥ эбэтэр өр көрсүбэтэх доҕоргун кытта көрсүөҕүҥ эбэтэр иирсээн кэнниттэн эйэлэһиэҥ. Соһуччу илииҥ киртийбитиҥ көрдөххүнэ, сөбө суох дьыаланы оҥостоҥҥун эрэйгэ тэбиллэриҥ бэлиэтэ; илииҥ ха¬аннаах буоллаҕына, доҕоргун сыыһа буруйдааҥҥын, сымыйаҕа балыйаҥҥын быстах кэмҥэ тэйсэ сылдьыаххын сөп.

Түүлгэр илиигин сууннаххына, ханнык эрэ бэйэҕэр кыаттарбат дьыалаҕар, ким эмэ көрөн-истэн көмөлөһүөн эбэтэр ханнык эмэ бырааһынньыкка, аһылыкка сылдьыаххын сөп; илииҥ түүлээх буолан хаалбыт буоллаҕына, сөбүлээбэт быһыыҥ буолуоҕа эбэтэр көһүппэтэх өттүгүт¬тэн барыс киириэн, ким эмэ көмөтө кэлиэн сөп.

ИНБЭЛИИТ

Көһүннэҕинэ, баҕа санааларыҥ кыайан туолуохтара суоҕа.

ИННЭ

Түүлгэ иннэнэн тигэр буоллаххына, эрэнэр, итэҕэйэр киһигиттэн хо¬мойуоххун сөп; көрдөөһүн - таах хаалар үлэлэр, эрэйдэр көрсөллөр; иннэни көрүү – этиһиигэ, иирсээҥҥэ. Саптаах иннэни көрдөххүнэ, эн бэйэҥ дьыалаҕын оҥороргунааҕар ор¬дук дьоннор наадаларыгар сылдьаргын көрдөрөр; иннэни булан ыллах¬хына, саҥа билсэр доҕотторуҥ эйигин сыаналыыр буолуохтара.

ИС

Түһээтэххинэ иһиҥ улаатан хаалбыт буоллаҕына, эмискэ иһиҥ адаарыйыыта буолуоҕа эбэтэр туохтан эрэ хомолто буолуон сөп. Сыгынньах иһиҥ көстүбүтүн сөбүлүү көрдөххүнэ, иһиҥ моһуогуран адаарыйбыта ааһан барыаҕа.

ИСКЭН

Соһуччу искэн таҕыстаҕына - көмө кэлиэ.

ИСПИИҺЭК

Түһээтэххинэ испииһэккэ аатын киирбэтэх буоллаҕына, доруобуйаҥ тупсан, көнөн барыаҕа.

ИСПИИСКЭ

Түһээн испиискэни көрдөххүнэ, тугу оҥороору гынаргын соҕотоҕун кыайан оҥоруоҥ суоҕа, сүбэ, көмө наада буолуоҕа. Түүлгэр испиискэ умаппытыҥ буруолуу - буруолуу умуллар буол-лаҕына, хобдох, сөбүлээбэт быһыыҥ буолуо, баҕа санааҕын ситиһиэҥ суоҕа.

ИСТИЭНЭ

Истиэнэ көһүннэҕинэ, иннигэр улахан мэһэйдэр күүтэллэр.

ИҺИТ

Түһээтэххинэ таас иһит алдьаннаҕына - дьол буолуо.

ИТИИ

Түүлгэ итии хоско киирэн хааллахха, буолуохтаах кэпсэттиитэн эбэтэр көрсүһүүттэн дьыала табыллара улахан уустуктардаах буолуо.

ИТИРИК

Быстах өйдөөх киһи итирик көстөр; бэйэҥ итирбит буоллаххына, эстии-быстыы, мөлтөөһүн кэлиитин бэлиэтэ. Түүлгэр итирэн баран өйдөнөн кэлэн санааргыыр буоллаххы¬на, үлэҕэр-хамнаскар сыыһа туттуу тахсыаҕа, ити гынан баран маннык сыыһаны эрдэттэн кыһаммытыҥ буоллар оҥоруоҥ суоҕа этэ. Ким эмэ итирэ сылдьар диэн эттэхтэринэ эбэтэр итирэ сылдьара билиннэҕинэ баҕа санаата туолбут киһи буолуоҕа.

К

КАРТА

Сир картатын көрдөххүнэ, олоххор дуу, үлэҕэр-хамнаскар дуу ула¬рыйыы тахсаары гыммытын бэлиэтэ. Баҕар ылар дохуотун эбиллиэҕэ.

КАЮТА

Бэйэҥ хараабыл каютатыгар олорор буоллаххына, ханнык эрэ куһаҕан быһыы кэлэн иһэрин көрдөрөр.

КИИНЭ

Киинэ көрөр залга киирии - дьолго, үөрүүгэ.

КИЛИЭП

Түүлгэ килиэп сиэһинэ буоллаҕына, доруобуйаҥ бөҕөргөөн иһэрин быһыыта; көрдөххө, биир тэҥник баран иһэр олохтоох буолуу бэлиэтэ.

КИНИГЭ

Кинигэни аахтаххына эбэтэр көрдөххүнэ, эйиэхэ убаастабыл, баай буолуу, сырдык диэки тардыһыы кэлиэҕэ; суруктаах кинигэни арыйан көрдөххүнэ, эн оҥоро сылдьар үлэҥ дьоҥҥо туһалаах буолуоҕа; улахан кинигэни көрдөххүнэ, биллииҥ-көстүүҥ үрдээн иһиэҕэ, үлэлэриҥ туһалаахтара биллиэхтэрэ. Автор кинигэтэ бэчээккэ тахсан эрэрин билиитэ, сэрэхтээх буолууга ыҥырар. Кинигэтэ бэчээккэ тахсарыгар элбэх мэһэйдэр баалларын биллэрэр.

КИРИЭҺИЛЭ

Бириэмэни холкутук атаарыы бэлиэтэ.

КИРИЭС

Таҥара дьиэтин кириэһин оҥоруу – уһун үйэлэниигэ. Кириэһи көрдөххүнэ, ыарыһах үтүөрэн барыаҕа, онтон куһаҕан балаһыанньаҕа түбэспит киһи быыһанар суолу булуоҕа.

КИРИЛИЭС

Кирилиэһинэн таҥнары түһүү - мөлтөөһүҥҥэ, ыарыыга; нэһиилэ өрө тахсыы - эрэйдэнэн ситиһии, ыарыыттан үтүөрү, бэлиэтэ; алдьаммыт кирилиэс көстүүтэ, баҕа санаа, ситиһии кыайан оҥоруллубатын бэлиэтэ, туох эмэ мэһэй көстүөҕэ эбэтэр кыах тиийиэ суоҕа; кирилиэһинэн дабайыы кыаттарбатаҕына эбэтэр үөһээ ыстанан кыайан ыттыбатаххына, баҕа санааҕын толоро сатаан баран, кыратык кыаттарыа суоҕа.

Кирилиэс алдьаммыт үктэллэрэ көһүннэхтэринэ, үчүгэйи баҕарбат дьон араас мэһэйдэри оҥороллорун көрдөрөр; үөһээ тахсар кирилиэс алдьаммыта эбэтэр бүтэн хаалыыта, баҕа санаа кыайан туолбатыгар кыах эбэтэр көмө кыайан тиийбэттэрин көрдөрөр.

КИРПИИЧЧЭ

Кирпииччэни көрдөххө, тугу эмэни булуу эбэтэр олоххо уларыйыылар буолуохтарын сөп; элбэх кирпииччэ көһүннэҕинэ, олоххо саҥа уларыйыылары киллэриигэ баҕа санаа күүстээх буолуоҕа.

КИһИ

Куһаҕан киһини көрдөххө - үлэ-хамнас атахтанар; ыраах сылдьар киһини көрдөххө - сурах кэлиэ; тыыннаах киһи өлө сытара көһүннэҕинэ, бу киһи уһун үйэлээх буолуон сөп; түүлгэ хайа эмэ киһи нэһиилэ көстөр буоллаҕына, ол киһи өйүнэн ыалдьыан сөп эбэтэр эйигин албынныырга сананар.

Нуучча киһитин ыраахтан көрдөххүнэ, кыратык ыарытыйаҕын, онтон кэк¬кэлэстэҕинэ уонна кэпсэттэҕинэ улаханнык ыалдьыаххын сөп. Билэр өлбүт киһиҥ түүлгэр көһүннэҕинэ, оччотооҕу кэмҥэ бииргэ сылдьыбыт маарынныыр майгылаах киһигин көрсүөххүн сөп; билэр киһиҥ улаатан көһүннэҕинэ, үлэ ханнык эмэ көрүҥэр эбэтэр күрэхтэһиигэ дуу эйигин баһыйыаҕа; түүлгэ киһини көрсөөрү сорунан баран кыайан көрсүбэтэххинэ, илэтигэр эмиэ көрсүһүөҥ суоҕа; ыраах сиргэ олорор билэр киһигин көрдөххө, ол сиртэн аймахтаргын дуу, билэр дьоҥҥун дуу көрсүөҕүҥ эбэтэр сурахтарын истиэҕиҥ.

Сөбүлээбэт киһиҥ тосту-туора хамсанар буоллаҕына, кыттыгастар¬гын кытта биир тылы булбаккаҕын дьыалаҕыт табыллыа суоҕа эбэтэр туох эмэ мэһэй, атахтаныы тахсыаҕа; кырдьаҕас киһи уһуннук үлэлээбит урукку үлэтигэр үлэлии сылдьара көһүннэҕинэ, сотору өлөрө буолуо; олус улахан киһини кытта үчүгэйдик кэпсэттэххинэ, соһуччу көмө кэлиэн сөп эбэтэр үчүгэй күннэр кэлиэхтэрэ, үлэ-хамнас табыллыаҕа; билэр киһиҥ кэллэҕинэ, ханнык эмэ сонуннары истиэххин сөп. Киһиҥ таҥаһа маҥан эбэтэр хара буоллаҕына, ыалдьар буолуон сөп.

КИҺИ УҤУОҔА

Түүлгэ киһи уҥуоҕун көрдөххө, эрэй-буруй ыарахан санаалар киирэллэр: эргэ дьоннор көмүллүбүт сирдэрин көрдөххө, урукку табаа-рыскын эбэтэр аймаххын көрсүөххүн сөп.

КИЭҤ КУЙААР

Ыраах айаннаары гыммыт киһи, киэҥ куйаары көрөр.

КИЭРГЭЛ, СИМЭХ

Түүлгэр киэргэл, симэх кэппит буоллаххына, бэйэҕин олус үрдүктүк сананар буолуоххун сөп; киэргэл бэлэх биэрэр буоллаххына, харчыгын элбэхтик туһата суохха туттаҕын.

КИЭРГЭНИИ

Түһээн киэргэммит , тупсубут киһини көрдөххүнэ, ыарытыйар киһи бу¬олуоҕа; түүн түһээн киэргэннэххинэ, ким эрэ өлбүтүгэр хомойоҕун.

КӨҔҮС

Ким эмэ көхсүн көрдөрөр буоллаҕына, ордук санааһын уонна күнүү баарын бэлиэтиир; сыгынньах көҕүһү көрүү – былааһы сүтэрии бэлиэтэ.

КӨЛҮӨһЭ

Түүлгэ эргийэ турар көлүөһэ көстүүтэ олоххо туох эмэ уларыйыылар буолаары гыммыттарын бэлиэтиир; массыына көлүөһэтэ туллубута көһүннэҕинэ, айанныырга сэрэхтээх буоллахха табыллыаҕа эбэтэр тардылла түһэн баран айаҥҥа турунуохха.

КӨМӨ

Түһээтэххинэ ким эмэ көмөлөстөҕүнэ - төттөрү буолуо.

КӨМҮҮ

Түүлгэ дьону көмө сылдьары көрүү – куһаҕаҥҥа, өлүүгэ; бэйэҕин көмө сылдьалларын көрүү –уһун үйэлэниигэ; тыыннаах киһи өлбүтүн көмүүнү көрдөххүнэ, сыбаайбаҕа ыҥырыы кэлиэҕэ.

КӨРДҮҮР

Түүлгэ туоҕу эмэни көрдүүр буоллаххына, кэргэҥҥин көрсүөххүн баҕараргын көрдөрөр; онтон тугу эрэ сүтэрэн баран көрдүүр буоллах¬хына, үлэҕэр буолар мэһэйдэри кыайан быһаарбакка эрэйдэнэҕин.

КӨРСҮҺҮҮ

Түүлгэ дьахтары көрүстэххинэ, үлэ-хамнас атахтанар; эр киһини көрсүү - үлэ-хамнас тупсуутугар. Өлбүт киһини көрүстэххинэ, ыарыы, мөлтөөһүн буолуоҕа эбэтэр кини ыҥырарыгар сөбүлэһэн барыстаххына өлүөххүн сөп.

КӨТӨР

Түүлгэ көтөрү өлөрдөххө - ночоот тахсыа, эрэй эбиллиэ; ытыалаа¬тахха – куһаҕан быһыыттан кыайан босхоломмоккун: туттаххына - баҕа санаа туолуоҕа, барыс киириэҕэ.

Сиэмэх көтөр утары көтөн кэлиитэ, туох эмэ сүтүк буолаары гым-мытын бэлиэтиир, ааһа көтөн бардаҕына, ночоот буолуута халбарыйан ааһан хаалыан сөп; саанан ытан көтөрү өлөрдөххө, обургу ночоот буолуон эбэтэр айылҕаҕа соһуччу уларыйыы тахсыан сөп.

КӨТӨХТӨРҮҮ

Түһээн көтөхтөрөн хаалбыт буоллаххына, туох эмэ сүтүк эбэтэр ночоот буолуон сөп.

КРОССВОРД

Кроссворду кыайан суоттаабакка толкуйдуу сатаатаххына, эн буруйгуттан тахсыбатах эрэйдээх быһыы этэҥҥэ ааһыаҕа.

КУЛЛУКА

Куллукалаан саппыкы кэттэххэ, тымныйан ыарыы үтүөрүөҕэ.

КУМААҔЫ

Түүлгэр кумааҕыны имитэр буоллаххына, бэйэҥ интэриэскин көмүскүүрүн кэлэн иһэр буолуон сөп.

КУМАХ

Түүлгэ кумах көстүүтэ, кыра-кыра сүтүктэри, ночооттору түстүүр.

КУОБАХ

Түһээн куобаҕы көрдөххүнэ - хаар түһүө эбэтэр мөлтөөн быһаарыыта суох буолан иһиини көрдөрөр; өлбүт куобаҕы илдьэ сылдьыы ыалдьаары гыннахха көстүөн сөп. Куобах буутун сиэһин көстүүтэ, ордук санааһын киириитин бэлиэтиир.

КУОТУУ

Түүлгэр кутталтан куотар буоллаххына, эйигин ночооттор күүтэллэр эбэтэр кыайыыга дьулууруҥ мөлтүөн сөп.

КУР

Курдаах сылдьар киһи - санаата туолбут киһи; киэргэллээх курдаах киһи - олоҕор табыллыбыт, көммүт киһи буолар.

КУРТУЙАХ

Куртуйаҕы түһээн көрөр - ыарыыга.

КУС

Куһу көрдөххүнэ - сөбүлээбэт киһигин кытта эйэлэһиэҥ; куһу туттаххына, туох эмэ дьоһуннаах сонуннары истиэҕиҥ; кус оҕолорун иитээри хомуйдахха, былааннарыҥ туолаллара өссө да ыраах соҕуһун көрдөрөр. Оҥоро сылдьар дьыалаҕыттан туох эмэ туһа син тахсыаҕа; ууга уста сылдьар үчүгэй кус көһүннэҕинэ, үөрүү-көтүү буолан санааргыы сылдьыбытыҥ ааһан барыа.

КУСТААһЫН

Түһээн кустуу сырыттаххына, баҕа санааҕын ситиһэргэр дьулуурдаах буолууҥ көмөлөһүө.

КУСТУК

Кустугу көрүү - үлэ-хамнас тупсуутугар, дьыала табыллыытыгар.

КУТТАЛ Бэйэҥ куттаммыккын көрдөххүнэ –оһолго түбэһиэххин сөп: куттаммыт дьоннору көрүү, араас куһаҕаны көрүүгэ көстөр. Тугу эмэ оҥоруоххун эбэтэр айанныыртан куттанар буоллаххына, билэр дьонноруҥ көмөлөспөккөлөр дьыалаҥ табыллыа суоҕа; киһиттэн куттанар буоллахха, бу киһиттэн сэрэхтээх буолуохха, кини тугу эмэни буортуну оҥоруон сөп.

Түүлгэ куттаныы туох эрэ ыарахан санаа баарын бэлиэтэ. Куттал этэҥҥэ аастаҕына эбэтэр уһуктан куоттаххына быстах кэмнээх санаа түһүүтэ, долгуйуу эмиэ этэҥҥэ ааһыаҕа; туохтан эрэ куттаннаххына, санааргыырга ханнык эмэ төрүөт көстүөҕэ эбэтэр күнүскү санааларыҥ мунньустууларыттан ыраастаныы буолуон сөп.

Түүлгэ туох эмэ табыллыа суоҕа диэ куттана санаатахха, оҥороору гынар дьыалаҥ кырдьык табыллымаары гыммыт. Баҕар, билэр киһиҥ кыаҕым суох диэн көмөлөспөккө хаалыан сөп.

КУТУЙАХ

Кутуйах чыыбыргыыр буоллаҕына, эйигиттэн уоруохтарын баҕараллар.

КУТУРУК

Сүөһү кутуругун түүлгэ көрүү – куһаҕаҥҥа, санааҕа ылларыыга.

КУУЛ

Тэһэҕэстээх куулу көрдөххө - улахан ночоот тахсыа; толору куул - үөрүү-дьол буолуо; элбэх толору куулу көрдөххө - баай буолуоҥ.

КҮЛ

Түһээн күлү көрдөххүнэ, санаа түһүүтэ, санаарҕабыл кэлиэ.

КҮЛҮК

Бэйэҥ күлүккүн көрдөххүнэ, сэрэнэ сылдьыахха наада: көннөрү күлүгү көрдөххө, куттаныы эбэтэр уоруу, сүтүк буолуо.

КҮЛҮҮ

Түһээн астына күллэххэ, баҕа санаа туолуута дьэ буолуоҕа.

КҮЛҮҮС

Түүлгэ хатанан турар күлүүһү көрдөххө, кыайан туоратылла охсубат мэһэй баҕа санаа туолуутун мэһэйдиир, туох эмэ уларыйыыны киллэрдэххэ эрэ кыаллар дьыала буолбутун бэлиэтиир.

КҮЛҮҮС ТЫЛА

Түүлгэ күлүүс тыла көһүннэҕинэ, ханнык эмэ билиилэр баалларын бэлиэтиир, туох эмэ уларыйыылар буолуохтара; күлүүс тылын булан ылыы, эйэлээх олох уонна үлэҕэ-хамнаска сэргэхсийии буолуутун бэ¬лиэтэ; алдьанан хаалбыт күлүүс көстүүтэ, арахсыы, тэйсии буолаары гыммытын көрдөрөр эбэтэр өлүү да буолуон сөп.

Холбуу баайыллыбыт күлүүстэри ыллаххына, дуоһунаһыҥ үрдүөҕэ эбэтэр үлэҥ сыанабылы ылыаҕа, күлүүс тылын булан ыллахха, саҥа билсиһии буолуо, барыс киириэ эбэтэр саҥа доҕор булунуоххун сөп; кыыс күлүүс тылын буллаҕына, кэргэн тахсыа; күлүүс тылын биэрдэх¬тэринэ, доҕотторуҥ эрэнэллэрин итэҕэйэллэрин бэлиэтэ.

КҮН

Сырдык күн - бары үчүгэйгэ; киирэн эрэр күнү көрүү, уһун үйэлэниигэ, олох тупсан иһиитигэр.

КҮӨГҮ

Күөгүнү көрдөххүнэ, сэрэммэккэ албыннааһыҥҥа киирэн биэриэххин сөп; илиигэр ыллаххына, бэйэҥ олоххун бэйэҥ оҥостуоҕуҥ.

КҮӨЛ

Чуумпу ыраас уулаах күөлү көрүү - санаа туолуутугар; кытыылара барылара көстөр улахан соҕус, чуумпу, үчүгэй күөл көһүннэҕинэ, баҕа санааҥ туолан барыыта саҕаланыа.

КҮӨРЭГЭЙ

Kүөрэгэй ырыатын истии - баайга-дуолга.

КҮРДЬЭХ

Түүлгэ күрдьэх көстүүтэ, куруук манаан тахсар үлэҕин дьэ бүтэрээри гыммыккын көрдөрөр.

КҮРҮӨ

Күрүөнү быыһынан киирии - эчэйиигэ, ыарыыга көстөр; күрүө көстүүтэ - хааччах, мэһэй бэлиэтэ.

КҮҺҮН

Бириэмэтигэр буолбатах буоллаҕына – соһуччу көмө кэлиэ.

КҮҮЛЭЙ

Киэһэ бииргэ күүлэйдээһин, халы-мааргы быһыылары түстээһин.

КҮҮС

Түһээҥҥин тугу эмэ оҥоро сылдьан күүстээх, кыанар курдук санан¬наххына эбэтэр туох эмэ ыараханы көтөҕөн кыайдаххына, баҕа санааҥ туолуута, ситиһии буолуо.

КЫАЙЫЫ

Түһээн туох эмэ кыайыыны ситистэххинэ, эйигин күүтэр, эрэнэр дьоннор баалларын көрдөрөр.

КЫМЫРДАҔАС

Таах хаамса сылдьар кымырдаҕастары көрдөххө, кыра-быстах дьыалаларыҥ табыллыбаккалар сыыһа-халты буолуохтара.

КЫПТЫЫЙ

Кыптыыйы ылар дьахтары көрдөххүнэ, кыыс оҕо төрүөҕэ.

КЫРА

Түүлгэ киһи бэйэтин көрүҥүттэн кыччаан көстүүтэ, кыайбат-хоппот буолан мөлтөөһүнүн бэлиэтэ уонна кини атын киһи көмөтүгэр наадыйарын көрдөрөр.

КЫРААСКА

Саҥа кырааскаламмыт киһи уҥуоҕун көрүү-киһи өлүүтүгэр; маҕан кыраасканан күрүөнү кырааскалааһын, билэр убаастыыр киһиҥ өлүүтүгэр көстөр.

КЫРБАНАР

Кими эмэ кырбыыры көрдөххүнэ, ким эмэ туһунан аһына саныаҕын. Бэйэҥ кырбаннаххына, үчүгэй буолуу, тупсуу саҕаланыа.

КЫРЫЫСА

Кырыыса көһүннэҕинэ, соседтарын эбэтэр бииргэ үлэлиир дьонуҥ албынныахтарын эбэтэр улаханнык хомотуохтарын сөп.

КЫРЫЫһА

Дьиэ кырыыһатын көтүрэн үөһээ тахсар буоллаххына, урут оҥорул¬лубатах, саҥа дьыаланы саҕалааһыныҥ ситиһиилээх буолуон сөп; кырыыһаҕа ыттан тахсыы эбэтэр кырыыһа үрдүгэр сылдьыы улахан ситиһии бэлиэтэ.

КЫһЫЛ

Дьахтар түһээн туох эмэ кыһыл дьүһүннээҕи көрдөҕүнэ, бириэмэтэ кэлиэ.

КЫҺЫН

Түүлгэ кыһыҥҥы кэмҥэ сылдьар буоллахха, мөлтөөһүн кэмэ кэлиэҕэ, санаа түһүүтэ саҕаланыа. Маннык түүл кэнниттэн бары дьыалаларга ситиһиини оҥорор уустук буолуоҕа.

КЫТАЛЫК

Ырыатын иһиттэххэ - өлүү буолуо.

КЫЫЛЛАР

Түүлгэр сымнаҕас майгылаах кыыллары көрдөххүнэ, үчүгэйдик билэр киһигин көрсүөҕүҥ; кыра тыа кыылын тутар буоллаххына, кимниин эмэ этиһии буолуон сөп.

КЫЫС

Үчүгэй кыыһы көрдөххө - үөрүү буолуо; бииргэ сылдьар элбэх кыргыттары көрдөххө, баай эбиллэн иһиэҕэ. Түүлгэр кыыс оҕоҥ көһүннэҕинэ, хайдах көрүҥнээҕин курдук быһыылар буолуохтарын сөп.

КЫЫһЫРЫЫ

Түүлгэр кыыһырдаххына - үөрүөҕүҥ, санааҥ көтөҕүллүө.

КЭМПИЭТ

Түһээтэххинэ кэмпиэт биэрдэхтэринэ - бултуйуоҥ; кэмпиэти көрдөххүнэ, үөрүүгэ-көтүүгэ ыҥырыллыаҥ, сиэтэххэ – санаа туолуута буолуо.

КЭПСЭТИИ

Кыыллары кытта кэпсэтии - түбүк, үлэ-хамнас эбиллиитигэр; атын дьоннору кытта кэпсэтии - доҕотторуҥ сөбүлүүллэр; тугу этэргин билбэт буоллаххына, мөлтүүр кэмнэр кэлэллэр.

КЭРГЭН

Түүлгэр кэргэниҥ көһүннэҕинэ, кинилиин тыл-тылга киирсибэт буолуу кэлиэҕэ.

КЭРИИМ

Кэритэ сылдьар киһилэрин саҥатын иһиттэххинэ, сотору өлүү буолуо.

КЭҺИИ

Түһээн кэһии ылар - үлэ-хамнас табыллыытыгар, барыс киириитигэр тиэрдэр.

КЭТЭҺИИ

Кими эмэ эбэтэр тугу эрэ кэтэһэриҥ түүлгэр кэлэр буоллаҕына - дьиҥнээҕэр кэлиэ суоҕа.

Л

ЛААМПА

Лаампаны уматан уоту сырдатыы эбэтэр умайа турар лаампаны көрүү, үлэҕэр ситиһиини түстүүр; умайа турар остуол лаампатын умуруоруу, кими эмэ хомотууга эбэтэр санаарҕабылга көстөр.

М

МААЙКА

Түүлгэ харааран көстөр бээтинэлээх маайка көһүннэҕинэ, бээтинэ ханан баар сиринэн сүтэн биэрбэт ыарыы баарын бэлиэтиир; маайкаҕа траур курусубатын тигэр буоллахха, ыарыы туһунан ис санаалар кыайан арахсыбаттарын бэлиэтиир.

МААСКА

Мааска кэппит дьоннору көрдөххүнэ, араас сымыйыаччылары, ордук санааччылары кытта быһаарсыаҕыҥ.

МАҔАһЫЫН

Ону-маны атыыластаххына, дьыалаҥ табыллыа суоҕа; үчүгэйдик талан ыллаххына, кыратык барыс киириэн сөп; толору астаах-үөллээх, маллаах маҕаһыыҥҥа сылдьыы, бары-барыта баар буолуутугар.

МАЛИНА

Көрдөххүнэ, дьыалаларгын мөлтөхтүк тутаҥҥын кутталга, ночоокко киирээри гыммыккын.

МАННЬЫАТ

Түһээн үрүҥ көмүс манньыаттары көрдөххө, соһуччу хомолто буо¬луо, харах уута тахсыан сөп; сиэдэрэй оҥоһуулаах хрусталь маннь¬ыаттары көрүү кэнниттэн, туолбат баҕа санаалары хаалларар ордук буолуоҕа.

МАС

Уокка оттор маһы дьиэҕэ кыстааһын, тыл-тылга киирсибэт буолууга көстөр. Түүлгэ мас сыыһа илиигэ дуу, атахха дуу хатаннаҕына, сол сиринэн сотору ыалдьыаҕа; уокка оттор маһы хайытыы, үлэ-хамнас тупсан иһэрин көрдөрөр.

МАССЫЫНА

Массыына фаратын уота кэллэҕинэ, улахан суолтата суох сурах кэ¬лиэҕэ; массыына саахалланыытыгар түбэстэххинэ, кэлэн иһэр дьыала¬ларыҥ соччо табыллыахтара суоҕа эбэтэр туох эмэ уларыйыы буолуоҕа; суоппар киһи бэйэтэ массыына ыыта сылдьар буоллаҕына, туох эмэ саахал тахсыа эбэтэр ыалдьыы буолуо; бэйэтэ суоппардаабат киһи массыына ыыта сылдьара, үлэни-хамнаһы табан салайарын бэлиэтэ; түүлгэ массыынанан илэ кэлэр киһи уһун үйэтэ суох буолуо; олорсон айаннаан иһии - үлэ-хамнас үчүгэйдик баран иһэрин бэлиэтэ; кытты¬гас бииргэ айаннааһын - өйдөһөр, биир санаалаах дьоннор бииргэ айанныыллар. Массыына тыаһа кэллэҕинэ, сурах дуу, сурук дуу кэлиэҕэ; массыынаны көрдөххүнэ, ханна эрэ барыаххын саныыгын; түстэх¬хинэ, былааннарыҥ туоланнар санааҥ дуоһуйуута буолуо.

Түүлгэр массыынаҥ сүтэн хааллаҕына, инники баҕа санааларыҥ туолалларыгар мэһэйдэр көрсүөхтэрэ; массыына абаарыйатыгар түбэһэн баран этэҥҥэ буоллаххына, үлэҕэ-хамнаска уларыйыы тахсыаҕа; массы¬ынанан олус түргэнник айаннаатаххына, кутталлаах, кыаттарбат дьыа¬ланы оҥостоору гыммыккын көрдөрөр; олус улахан массыыналар сиирэ-халты көтөн, тыаһаан-ууһаан аастахтарына, улахан, элбэх сырыылаах айан суолун кытыытыгар массыынаҥ кыратык моһуогуран кыратык тохтоон ылыаххын сөп. Ханна эрэ бараары гыммытыҥ массыынаҥ суох буоллаҕына, оҥоруох¬таах дьыалаҕар атахтаныы тахсыаҕа, дьулуурдаах эрэ буоллаххына са¬нааҕан ситиһиэххин сөп.

МИИН

Түһээн эт миинин көрдөххүнэ, үчүгэй солуннары истиэҕиҥ эбэтэр наадалаах кэмҥэр доҕотторун көмөлөһүөхтэрин сөп.

МИЛИЦИОНЕР

Көрдөххүнэ, оҥороору гынар дьыалаҕын ситиһиэҥ.

МИЭБЭЛ

Эргэ миэбэли дьиэттэн таһаарыы, билэр аймах киһиҥ өлөрүн бэлиэтэ.

МООЙ

Моонньуҥ синньигэс буоллаҕына, доруобуйаҥ мөлтөҕүн бэлиэтэ; уһун моой - чыын-хаан, аат-суол үрдээһинэ: өҕүллүбүт, эргийэн хаалбыт моой - иэдээҥҥэ түбэһии, ночоот, кыбыстыы буолуон сөп, айанныырга сэрэхтээх буолуу наада. Түүлгэ моонньугун муомахтаатахтарына, онон ыарыы киириэҕэ эбэ¬тэр эйигин салайыахтарын, дьаһайыахтарын баҕарааччылар көстүөхтэрэ.

МОТОЦИКЛ

Быһаарыыта көрүҥүттэн тутулуктанар, бэйэтэ тиэхиникэҕэ сыһыаннаах киһиэхэ кыра бырааттарын сүрдэрэ.

МУОЛ

Муол таҥаска эбэтэр көбүөргэ сылдьар буоллаҕына, эбиискэ иитиллээччи баар буолуоҕа.

МУОРА

Түүлгэ сырдык, үчүгэй, чуумпу муораҕа холкутук харбыы сылдьыы, доруобай буолууга, баҕа санаа туолуутугар көстөр.

МУОС

Түһээн сүөһү дуу, таба дуу муоһун көрөр, тапталлааҕыҥ атын киһини кытта барсан эрэрин көрдөрөр.

МУОСТА

Саҥа линолеум муостаны оҥоруу, үлэһит киһи соһуччу өлүүтүгэр көстөр. Муостаны туорааһын - кыра мэһэйдэри туорааһын. Түүлгэ муоста көһүннэҕинэ, ол муоста көстүүтэ бэйэҥ олоххор си¬тиспит ситиһиигин бэлиэтиир. Алдьаммыт муоста киһи олоҕор ханнык эрэ санааргыыр, кыайан көннөрүллэ охсубат туох эрэ баарын көрдөрөр; муостаны сиппийии, ыраастааһын, киһи олоҕун бэйэтин кыаҕанан көннөрө сатааһына буолар.

МУРУН

Түһээн муруну көрдөххүнэ, ханнык эрэ наадалаах дьыаланы кыайан быһаарбакка эрэйдэнэҕин.

МУУС

Муус устун этэҥҥэ хаамтаххына, туһалаах үлэни оҥоро сылдьарыҥ бэлиэтэ. Элбэх муус чөмөхтөрүн көрдөххүнэ, туһата суох үлэлэр элбииллэр, албын, туолбат баҕа санаалар киирэллэр.

МӨҺӨӨЧЧҮК

Харчы угар мөһөөччүк кураанах буоллаҕына, харчы кэлиэ, санаа көнүүтэ буолуо; толору мөһөөччүк – аһыы-аба, дьадайыы бэлиэтэ.

МЭКЧИРГЭ

Дьиэ таһыгар түһэн олорор буоллаҕына, кыыс оҕо эргэ барар, күтүөт кэлэр. Түүлгэ мэкчиргэ хаһыыта, туох эмэ куһаҕан быһыы буолаары эбэтэр сурах кэлээри гыннаҕына иһиллэр.

МЭТЭЭЛ

Атын киһиэхэ мэтээл иилэн биэрдэххинэ, кини туох эмэ ураты кыайыыны оҥороругар көмөлөһөн, тирэх буолуоҕуҥ.

МЭЭРЭЙ

Миэтэрэнэн тугу эмэ мээрэйдиир - кутурҕаҥҥа.

МЭЭЧИК

Мээчигинэн оонньуур буоллаххына, баайыҥ эбиллиэ.

Н

НАСКЫ

Түүлгэ кирдээх наскы көһүннэҕинэ, тыл-тылга киирсибэт буолуу, этиһии буолуон сөп; тырыттыбыт наскы көһүннэҕинэ эн тускунан куһаҕаннык этэллэр.

НЬ

НЬУОСКА

Ньуоска көрүҥүн курдук үөрүүлээх быһыы-майгы буоларын бэлиэтэ.

О

ОБУОЙ

Сибэкки ойуулаах обуойдаах хоско сылдьыы, уһун кэмнээх санаа түһүүтүгэр көстөр; түүлгэ обуой килиэйдээтэххэ, кыра, быстах дьыа-лаларынан дьарыктаныы саҕаламмытын эбэтэр олоххо уларыйыылар киирээри гыммыттарын көрдөрөр.

ОҔО

Кыһыл оҕону көтөхтөххүнэ - ыарыы арахпат; оҕону көтөхпүт эр киһи көһүннэҕинэ, аймахтаргар уол оҕо төрүөҕэ. Бэйэҕэр маарынныыр кыра оҕо көстүүтэ, өй-санаа өссө да ситэ сайда илигин, кыра оҕо санаата сорох өрүттэргэ баһыйарын биллэрэр; бэйэҥ оҕоҕун көрдөххүнэ, хайдах көрүҥнээҕиттэн эйиэхэ хайдах сыһыаннааҕа биллиэн сөп.

ОҔОННЬОР

Түүлгэр оҕонньор көһүннэҕинэ, ханнык эрэ дьыалаҕар санаа түһүүтэ саҕаланыа. Үчүгэй көрүҥнээх, сөбүлүү көрөр, маҥан баттахтаах оҕонньору көрдөххө, ол көстүбүт оҕонньор курдук көрүҥнээх, уһун үйэлээх буо¬луоххун сөп эбэтэр үлэҥ-хамнаһыҥ сыанабылы ылыаҕа.

ОҔУРУО

Дьахтарга оҕуруо бэлэхтиир буоллахтарына, дьиэтигэр-уотугар та¬быллыа; сүтэрии - улахан туох эмэ сүтүөҕэ; кэтэ сырыттахха - көмүскэл уонна көмө көстүөҕэ; оҕуруо тиһиитэ, санаа түһүүтүгэр, дьадайыыга көстөр.

ОҔУС

Оҕус дьыл сүрэ; оҕуһу көрдөххүнэ, дьылы туорааһын бэлиэтэ. Аты¬ыр оҕус кэйэр буоллаҕына - ыарыы булуо.

ОЙБОН

Ойбону көрдөххүнэ - улахан куттал суоһуур.

ОЛБУОР

Олбуору көрүү, үлэҕэ - хамнаска улахан мэһэйдэр баалларын көрдөрөр; олбуору туорааһын, мэһэйдэри этэҥҥэ туорааһыны бэлиэтиир.

ОЛОППОС

Олоппоско олорон эрэ: “Лаппа үчүгэйдик олоробун”, - дии санаатаххына, сотору ким эрэ албыныгар киирэн биэриэҥ.

ООҔУЙ ОҔУС

Көрдөххүнэ, үлэ-хамнас туруга үчүгэй буолуо; илимин тарда сылдьар буоллаҕына, дьиэ-уот туруга үчүгэйин бэлиэтэ.

ОРОН

Түүлгэ маҥан таҥастаах ороҥҥо сытар киһи көһүннэҕинэ, ол киһи сотору ыалдьыан сөп; сибиэһэй салгыҥҥа таһырдьа оронноох буоллах¬хына, олоххун уларытаргар сөптөөх кэмнэр кэлбиттэрин бэлиэтэ буо¬луоҕа; ороҥҥо билбэт киһигинээн сытар буоллаххына, эн баҕа санааҥ туолбатаҕа чугас дьоҥҥор кытта биллиэҕэ.

Түүлгэ орон көстүүтэ сылайыы, сынньаныы кэлиитин эбэтэр кэргэни суохтааһын, ахтылҕан тахсыытын бэлиэтэ. Билбэт хоскор таҥастаах ороҥҥо сытар буоллаххына, доҕотторуҥ кэлэ сылдьыахтара; хомуллубут орону көрдөххүнэ, эйиэхэ көмөлөһүөн баҕарар доҕордооххун; оронтон утуйан туруу, ыарыыттан үтүөрэн барыыга көстөр.

ОРОСПУОННЬУК

Ороспуонньуктар илиилэригэр түбэһии улахан ночоокко көстөр.

ОСКУОЛА

Түүлгэр оскуолаҕа сылдьар буоллаххына, үлэҥ-хамнаһын ханнык эмэ көрүҥэр үөрэҕиҥ-билииҥ тиийбэт буолуоҕа.

ОСТУОЛ

Остуолу хомуйа сырыттахха, барыс киириэхтээҕэ табыллыбат эбэтэр чуумпу олоҕуҥ санаарҕабылынан солбуллуо; кураанах остуол - тиийим¬мэт буолуу, дьадайыы бэлиэтэ; астаах остуолу тардыы - малы-салы булуу, бырааһынньык кэлэн иһэр; түүлгэ остуол көһүннэҕинэ, көрүҥэ дьону кытта сыһыаны быһаарар. Сахалыы оҥоруулаах, үчүгэй мас ос¬туол үлэҥ-хамнаһыҥ үчүгэй сыанабылы ыларын көрдөрөр. Түүлгэ дьиэ иһигэр остуол атаҕа тоһуннаҕына, туох эмэ быһылаан буолуон эбэтэр өйдөспөт буолуу кэлиэн сөп.

ОһОХ

Оһох үчүгэйдик, суостаахтык умайар буоллаҕына, тапталлааххын кытта олус тапсыаҕыҥ: куһаҕаннык буруолаан умайар оһох көһүннэҕинэ, таптыыр киһиҥ аанньа ахтыбаттык сыһыаннаһыа. Түүлгэ дьиэ-уот сылааһа, кэргэн таптала оһох буолан көстөр. Сууллан түһэр оһох - ночоот тахсарын, дьиэ иһигэр уларыйыы буоларын биллэрэр.

ОТ

Түһээн оту мунньар эбэтэр кэбиһэр - үчүгэйгэ, байыыга; кэбиһии-лээх оту көрүү - байыыга, санаа туолуутугар; күөх оту көрүү - дь-олго; охсуллубут оту көрдөххө, мөлтөөһүн, ыалдьыы буолуо. Оттоох сыарҕаны көрдөххүнэ, биллиилээх дьону кытта билсиһииҥ саҕаланыа, үлэҥ-хамнаһыҥ сыаналаныа.

ОТ КҮӨҔЭ

Түүлгэ от күөҕэ дьүһүн көстүүтэ, баҕа санаа туолуутун ситиһэр-гэр кыах баар буолуутун көрдөрөр, баҕар ким эмэ көмөтө кэлиэҕэ.

ОТОН

Отону хомуйуу эбэтэр сиэһин - ыарыыга; көрдөххө - санаарҕабыл, харах уута кэлиэҕэ.

ОХ САА

Түһээн оҕу көрдөххүнэ, уол оҕо төрүөҕэ; ох саа тоһуннаҕына - өлүү буолуо.

ОХСУһУУ

Билбэт киһигин кытта уһуннук охсустаххына, искэр сөбүлээбэтэҕиҥ да иһин элбэх ыалдьыттар кэлиэхтэрин сөп; охсуһар, дьону куттуур – куһаҕаҥҥа, дэҥҥэ-оһолго. Охсуһан абааһыны кыайдахха, ситиһии буолуо эбэтэр ыарыыттан үтүөрүү саҕаланыа.

ОХСУУ

Охсуулартан кыайан көмүскэннэххинэ, дьоннору кытта сыһыаҥҥар уонна үлэҕэр элбэх үчүгэйи ситиһиэҕиҥ. Бэйэҕин охсуолуур эбэтэр тэбиэлиир буоллахтарына, ыалдьыаххын эбэтэр ночоокко түһүөххүн сөп. Түһээн кими эмэ сутуруккунан охсуолаатаххына, этиһии, хардары-таары буруйдаһыы буолуо.

ОХТУУ

Түүлгэ охтуу, сууллуу буоллаҕына эбэтэр билэр киһиҥ суулларын көрдөххүнэ, хайаан даҕаны сэрэхтээх буолуохха, туох эмэ быһылаан дуу эбэтэр соһуччу ыалдьан мөлтөөһүн буолаары гыммытын бэлиэтэ.

Ө

ӨЛБҮТ КИҺИ

Өлбүт киһини ыраахтан көрдөххө, халлаан көнөр эбэтэр былыт кэлэр; чугастан чуолкайдык көрдөххө - ардах эбэтэр хаар түһүө; түүлгэ өлбүт киһини ахтыы буоллаҕына, бырахтым дуу дии саныыр дьарыккар төннүөххүн сөп; өлбүт бырааккын эбэтэр билэр киһигин кытта кэпсэттэххэ, ким эрэ эн көмөҕөр эбэтэр сүбэҕэр олус наадыйарын көрдөрөр. Түүлгэ өлбүт киһи көрүҥэ бу киһи аймахтара хайдах сыл¬дьалларыттан тутулуктаах. Билэр өлбүт киһиҥ үчүгэй көрүҥнээх көһүннэҕинэ, аймахтара үчүгэйдик сылдьыахтара. Түүлгэ өлбүт билэр киһиҥ үөрэр-көтөр үҥкүүлүүр буоллаҕына, эн олоххор тугу эмэ сыыһаны оҥороору гыммыт буолуоххун сөп. Ол иһин үчүгэйдик толкуйдаан бараҥҥын олоххун уларытыаххын сөп. Өлбүт киһи көһүннэҕинэ уонна ыйытыкка эппиэти биэрдэҕинэ, таба буоларын бы¬лыргы сахалар чуолкайдык билэллэр эбит. Түүлгэ этэн биэриинэн таба туһанан эмтэнэн үтүөрбүт дьон бааллар. Өлбүт киһилиин кэпсэттэххэ - өй-санаа холкутуйуута, уоскуйуута кэлиэ.

ӨЛӨРҮҮ

Саба түһэр куһаҕан киһини эбэтэр кыылы өлөрдөххүнэ, үлэҥ-хам-наһыҥ дьыалалара табыллан барыахтара. Кыыллары өлөрдөххө, санаарҕабыл буолуо.

ӨРҮС

Сүүрүктээх өрүскэ харбаатаххына, үлэҕинэн, дьулуургунан кыайыы¬ны ситиһиэҕиҥ; кураанах өрүс оннун көрдөххүнэ, булбутуҥ - талбытыҥ симэлийэн суох буолан иһиэҕэ; өрүс илдьэ бардаҕына, улахан ночоот эбэтэр сүтүк буолуоҕа. Ыраас, холку толору уулаах өрүһү сөбүлүү көрдөххө, олоххор үөрүүлээх кэмнэр кэлиэхтэрэ, бэйэҕэр сөптөөх олохтоох буолуоҥ.

ӨТӨХ

Эргэ өтөххө киирии - ыарыыга.

ӨТҮЙЭ

Үлэҕэ ситиһии бэлиэтэ.

ӨТҮҮК

Кытара итийбит өтүүгү тута сылдьар буоллаххына, туох эмэ үчүгэй быһыы буолуоҕа эбэтэр ханнык эмэ дьыалаҕа ис сүрэххиттэн ыалдьыаҕыҥ.

П

ПЕЛЬМЕНЬ

Түүлгэ пельмень сиэтэххэ, санаа туолуута буолуоҕа.

ПИИБЭ

Пиибэни иһэр буоллаххына, үлэҥ табыллыбатыттан уонна кыаттарбатыттан санаарҕыаҕыҥ; дьоннор пиибэ иһэллэрин көрдөххүнэ, сөбүлээбэт дьонноруҥ мэһэйдэһэннэр үлэҕин атахтыахтара.

ПЛЯЖ

Түүлгэ кумахтаах сөтүөлүүр сир көстүүтэ, киһи быстахтан дуоһуйуутун уонна сүрэҕэ суох буолуутун көрдөрөр.

ПОВАР

Түүлгэ кыайа-хото повардыы сылдьар буоллаххына, тирээн кэлбит ханнык эрэ уустук боппуруоска сөптөөх эппиэти булуоххун сөп.

ПОДАРОК

Подарок ыллаххына, оҥоро сылдьар дьыалаҥ түмүгэ көстүөҕэ. Манна подарок көрүҥэ дьыала хайдаҕын көрдөрүөҕэ.

ПОЧТА

Түһээн почта кэлэрин көрдөххүнэ, куһаҕан сонуну истиэҕиҥ.

ПОЧТАЛЬОН

Почтальону көрдөххүнэ, сотору кэминэн бэйэҥ сөбүлээбэт, барыһа суох үлэни ылыныаххын сөп.

Р

РАДИО

Араадьыйанан соһуччу сонуннары иһиттэххэ, куһаҕан солун буоллаҕына, кырдьык буолуоҕа.

РЕСТОРАН

Түүлгэр рестораҥҥа аһаатаххына, ситиһии буолуо эбэтэр саҥа доҕоттор көстүөхтэрэ.

РЮКЗАК

Түһээн рюкзагы көрдөххүнэ, атын сиргэ тиийэн улаханнык үөрүөххүн сөп.

С

САА

Түһээн сааны көрдөххүнэ - уол оҕо төрүөҕэ; сааны илдьэ сырыттахха-көмүскэл уонна көмө көстүөҕэ: саа тыаһын иһиттэххинэ, улахан солуну истиэҕиҥ; саанан ытыы - улахан уоруу, сүтүк буолуо.

СААС

Түүлгэ саас буолуута, хаар ууллуута, баҕа санаа туолуутун, та-быллыыны, олох көнөн барыытын түстүүр.

СААХ

Түүлгэ бэйэҥ сааҕын көстүүтэ, туох эмэ туһалааҕы оҥорбутуҥ бэ-лиэтэ. Төһө туһаны оҥорбутуҥ көрүҥүттэн тутулуктаах буолуо. Сүөһү сааҕын көрүү - баайга, дьолго; киһи сааҕын көрдөххө - хомолто, араас мэһэйдэр; саахха түһэр, сыбанар - барыс киириитигэр.

СААХЫМАТ

Саахымат оонньоору бэлэмнэнии буоллаҕына, сотору ханнык эрэ дьыалаҕа биир тылы булуу уустугуруо; билэр киһигин кытта саахымат оонньоотоххуна, кэнники ол киһигинээн биир тылы кыайан булбакка, аанньа өйдөспөт буолан барыаххытын сөп. Эһиги бэйэҕит сыһыаҥҥытыгар күрэстэһэр санаа баһыйан барыаҕа.

САҔЫННЬАХ

Көрдөххүнэ, оҥороору гынар дьыалаҥ туох да туһата суох хаалыа.

САЛААСКА

Таһаҕастаах салаасканы состоххуна - барыс киириэ; салааскаҕа олорон айаннаатаххына, санаабыт санааҕын сотору кэминэн син ситиһиэҕиҥ.

САЛЛААТ

Парааттаан иһэр эбэтэр үөрэххэ сылдьар саллааттары көрдөххүнэ, баҕара саныыргын ситиһиэҕиҥ.

САМОЛЕТ

Самолет көтөн кэллэҕинэ, үчүгэй солуну истиэҕиҥ.

САҤА

Ким эмэ ыҥырар саҥатын иһиттэххэ, ол киһи ыалдьыан сөп; түһээн соһуччу саҥарбат буолан хааллахха, үлэни-хамнаһы кыайбат буолуу, дьадайыы кэлиэҕэ; өлбүт киһи саҥатын иһиттэххэ, бэйэҥ ыалдьа сылдьар буолуоххун сөп эбэтэр куһаҕан быһыы буолуоҕа. Түүлгэ хардьыгынас саҥаны эбэтэр итирик киһи саҥатын иһиттэххи¬нэ, туох эмэ куһаҕан, сөбүлээбэт быһыыҥ буолуон сөп; анньа иһиллибэт, мөлтөх саҥа иһиллэр буоллаҕына, дьиэҕэ-уокка, хаһаайыстыбаҕа эрэйдээх кэм кэлиэҕэ.

САП

Сабы түһээн көрөр - ыар санааларга; түүлгэ мотуок сап көһүннэҕинэ, үчүгэйи баҕарбат дьон туох эмэ сылтаҕы булан хасыһыахтара, кинилэрдиин тыл-тылга киирсибэт буолуу, этиһии буолуон сөп.

САППЫКЫ

Эрэһиинэ саппыкыны кэттэххинэ эбэтэр кэтэ сылдьар буоллаххына, тымныйан ыалдьыаххын сөп. Сороҕор саппыкыны кэтии дьахтары кытта сыһыан көстүүтэ буолуон сөп.

САХСЫРҔА

Түһээтэххинэ, сахсырҕа арахпат буоллаҕына, ордук саныыр дьоннор эккирэтиһэллэрин бэлиэтэ.

СИБИИННЬЭ

Мөлтөх быһыы, хом түһүү бэлиэтэ. Бэйэтин туһугар ордук кыһанар киһини көрсүөххэ сөп.

СИБЭККИ

Маҥан сибэккилэри хомуйан букет оҥоруу, баҕа санаа туолуутугар, уоскуйууга көстөр.

СИЛЛИИР

Кыра соҕус ороскуоттар тахсыахтарын сөп.

СИППИИР

Түһээн бөҕү сиппийии, эн тускунан дьон санаата, тыла-өһө төһө мунньуллан эрэрин көрдөрөр; сиппиири көрүү - дьиэ иһигэр өйдөспөт буолуу бэлиэтэ.

СИР

Кыра сылдьан билэр сириҥ кыараан, куччаан көһүннэҕинэ, аймахта¬ры кытта сыһыан уустугуруо, кыайан быһаарыллыбат боппуруостар эрэйдиэхтэрэ.

СИР АһА

Сир аһын хомуйуу - хомолтоҕо, ыарыыга.

СИРЭЙ

Ыраас, үөрбүт-көппүт сирэй - үчүгэйгэ, үөрүүгэ көстөр; кыыһыр-быт, куһаҕан көрүҥнээх сирэй көһүннэҕинэ, көрүҥүн курдук быһыылар буолуохтарын сөп. Үчүгэй көрүҥнээх сирэйи көрдөххүнэ, үчүгэй, үөрүүлээх сонуннары истиэҕиҥ, санаа-хоту үчүгэй быһыылар буолуохтара; сирэйгин суун¬наххына - үөрүү буолуо; сирэйи мыылалаан сууннахха, кырдьыы бэлиэ¬лэрэ кэлэн иһэллэрин бэлиэтэ эбэтэр сыыһа туттууну көннөрүү наада буолуон сөп.

Сирэйгэ кыһыл эбир тахсыбыт буоллаҕына, өр көнөн биэрбэт эрэй¬дэр баар буолуохтара; сирэй куһаҕан, мөлтөөбүт көрүҥнээх буол¬лаҕына, оҥоруохтаах дьыалаҥ табыллыбакка, баҕа санааҥ туолбакка сирэйиҥ көрүҥэ кырдьык мөлтөх буолуон сөп.

СИТИһИИ

Түһээн туох эмэ үлэҕэ ситиһиини, кыайыыны оҥордоххуна, ол ситиһиигэр сөп түбэһэр ситиһиини илэтигэр оҥоруоҕуҥ.

СИЭП

Түүлгэ сиэпкэ тугу эмэни уктахха, ночоот дуу, сүтүк дуу буолуон сөп.

СИЭРКИЛЭ

Сиэркилэҕэ көрүнүү - доруобай киһиэхэ ыарыыны, онтон ыарыһахха өлүүнү түстүүр.

СОЛОМО

Көһүннэҕинэ - уоруйахтан сэрэниэххэ.

СОН

Атын киһи сонун кэппит буоллаххына, билэр эрэллээх доҕотторуҥ көмөлөрө наада буолуоҕа; үчүгэй сонноох буоллаххына, хайҕал, ытыктабыл кэлиэҕэ; саҥа сону кэттэххинэ, үөскээбит балаһыанньаны таба туһаныаххын сөп. Соҥҥун устан кэбистэххинэ, кыра-быстах куттал суоһуурун бэлиэтэ.

СОЛУН

Түһээн солуну иһиттэххэ эбэтэр билэр киһи солуну эттэҕинэ, кырдьык буолуон сөп.

СОСЕД

Түүлгэ соседтарга тахса сылдьыы кэнниттэн ыаллар эһиэхэ интэ-риэстэрэ элбиэн эбэтэр эһиги тускутунан билиилэрэ эбиллиэн сөп.

СӨТҮӨ

Ыраас ууга сөтүөлээтэххинэ, дьулуурдаах, кыахтаах буолуоҥ.

СУЛУС

Халлааҥҥа сулустары көрүү, олоҕуҥ сыалын ситиһиигэ туруммуккун көрдөрөр, үрдүккэ тардыһар санаалааххын бэлиэтиир, сыалгын кэнники ситиһиэҕиҥ.

СУНДУУК, ХОППО

Толору маллаах сундуугу көрдөххө - баай буолуоҥ; кураанах сундуук - дьадайыы бэлиэтэ.

СУОЛ

Ыллык суолу сүтэрэн баран көрдүү сылдьар буоллаххына, чугастааҕы кэмҥэ бүтэрээри сылдьар үлэҥ соһуччу атахтаныа. Көнө, оҥоһуулаах суол устун массыынанан айаннаан иһэр буоллах¬хына, сотору кэминэн үөрүү, ситиһии буолуо эбэтэр көмө кэлиэҕэ.

СУОППАР

Түүлгэ бэйэҥ суоппардаан иһэр эбэтэр ким эмэ суоппар буолбут буоллаҕына эппиэттээх дьыалаҕын бэйэҥ баһылаан салайа сылдьарыҥ табыллыаҕа.

СУОРҔАН

Суорҕанынан сапта сытар киһиэхэ көмөлөһүү, тирэх буолуу наада буолар; суорҕаны бүрүнэн сырыттахха, мөлтөхпүн, ыалдьабын диэн санаа кыайан хаалбатын бэлиэтэ; саҥа, үчүгэй суорҕан көһүннэҕинэ, үөрүү буолуон сөп.

СУРУЙУУ

Түүлгэр кинигэҕин суруйан бүтэрбит буоллаххына, ситиһии дьэ кэлиэн сөп.

СУРУК

Сурук кэллэҕинэ, кэтэспит киһигиттэн үчүгэй солун кэлиэ.

СУРУНААЛ

Түүлгэ сурунаал көстүүтэ, дьиэҥ иһигэр кэлэн иһэр уларыйыылары, миэбэл атыылаһыыны дуу, өрөмүөн буоларын дуу түстүүр.

СУУЛЛУУ

Түүлгэ сууллан түстэххэ - ночоот буолуо; бэйэтэ кыаммакка сууллан түһэр киһи - мөлтөөбүт киһи, баҕар ыалдьыан сөп; сууллан баран өрүһүнэн тура түстэххэ, өр күүппүт ситиһииҥ дьэ кэлиэҕэ.

СУУМКА

Аһаҕас суумка көһүннэҕинэ, кыра сүтүк эбэтэр уоруу буолуо.

СУУНУУ

Тааска суунуу буоллаҕына, тугу эрэ толоруох буолбуккуттан бос-холонуу бэлиэтэ; түһээн сууна тураргын көрдөххүнэ, бэйэҥ олоххор элбэх тапталлаахтаргынан киэҥ туттуоҕуҥ.

СҮГЭ

Түүлгэ сүгэни көрдөххүнэ, сөпсөспөт быһыы, иирсээн буоларын бэлиэтэ; бэйэҥ сүгэлээх буоллаххына, олоххун бэйэҥ эрэ кыаххынан оҥостуоҥ; дьоннор сүгэлээхтэрин көрдөххүнэ, доҕотторгун кытта үйэҥ тухары бииргэ сылдьыаҕыҥ.

Илиигэр сүгэ тута сылдьар буоллаххына, дьолуҥ-соргуҥ барыта бэйэҥ илиигэр баар буолуо; сүгэ уга алдьанан көһүннэҕинэ, ыарыы эбэтэр атын туох эмэ мэһэйдээн үлэ-хамнас атахтаныыта буолуоҕа. З. Фрейд быһаарыытынан эр киһиэхэ улахан сүгэ уга көстүүтэ эбэтэр оннукка маарынныыр тэриллэр, этин-сиинин кыаҕа-күүһэ эбиллиитин бэлиэтииллэр.

СҮҮЙҮҮ

Туохха эрэ сүүйбүт сүүйүүгүн ааҕар тугу туттаргын толкуйдуур буоллаххына, улахан ночоокко, ороскуокка түһүөххүн сөп.

СҮӨГЭЙ

Сүөгэй иирдэр - үчүгэйгэ, баайга; сүөгэйи сиэһин баҕа санаа туолуутугар.

СҮӨһҮ

Күөх хонууга мэччийэ сылдьар сүөһүлэри көрдөххө, баай-дуол эбиллиэҕэ; элбэх сүөһүнү көрүү - ардах, хаар бэлиэтэ. Элбэх ынах сүөһүлэр баран иһэллэрин көрдөххө, баайыҥ эбиллэн барыыта саҕаланыа эбэтэр уһун ардах кэлиэҕэ; баар-суох ынаххытын хара бэкир дьон өлөрдөхтөрүнэ, ытыктыыр киһигитин ыарыы илдьэ барыан сөп.

СҮТЭРИИ

Түһээтэххэ туох эмэ сүттэҕинэ, үлэҕэ-хамнаска соһуччу мэһэй көрсүөн сөп; тугу эмэ сүтэрэн кэбиһии, ыарыһах киһиэхэ аһары куһаҕан түүл буолуон сөп.

СҮҮРҮҮ

Түүлгэр соҕотоҕун сүүрдэххинэ, талыллыбыт ыйааҕын бэлиэтэ, үөһээ диэки, билии диэки ыттан баран иһиэҕин; атын дьону кытта сүүрдэххинэ, сотору дьыалаҥ көнөн барыа, онтон сүүрэн куоттаххы-на-үлэҕэр үөһээ тахсыаҥ. Түһээн түргэнник сүүрдэххинэ, үлэ-түбүк элбиэҕэ эбэтэр күүс-уох эбиллиэҕэ.

СҮҮТҮК

Түүлгэ сүүтүгү сүтэрэн кэбиһии, санаарҕабыл уонна тиийиммэт буолуу бэлиэтэ.

СЫБАХ

Саҥа сыбаҕы сыбааһын - мөлтөөһүҥҥэ, ыарыыга.

СЫГЫННЬАХ

Эмискэ сыгынньах сылдьар буолан хаалан баран кыбыһыннаххына, уоскуйуу кэлиэҕэ, өр санаарҕыы сылдьыбытыҥ суох буолуо; бэйэҥ сы¬гынньаххын көрүү - дьадайыы, ыалдьыы бэлиэтэ эбэтэр сөбүлээбэт балаһыанньаҕар түбэһиэххэ сөп; билбэт киһиҥ сы¬гынньаҕын көрүү – соһуйууга; билэр киһиҥ сыгынньаҕын көрдөххүнэ, сотору киһиҥ дьоҥҥо ылар сыанабыла намтыаҕа, күлүүгэ барыан сөп эбэтэр бэйэтигэр сыһыаннаах туох эмэ кистэлэҥэ арыллыаҕа. Түүлгэр сыгынньах дьахтары көрдөххүнэ, бэйэҥ баҕа санааларыҥ туолуохтара суоҕа.

СЫМЫЫТ

Сиикэй сымыыты алҕас алдьаттаххына, дьиэлээхтэргин кытта этиһии, өйдөспөт буолуу кэлиэҕэ.

СЫТ

Табаах сыта, буруота кэлэр - көмүскэл баар буолуо.

СЫТАР

Түүлгэ кэргэҥҥинээн бииргэ сытар буоллахха, соһуччу туох эмэ түбэлтэ буолан, быстах аймалҕан тахсан ааһыаҕа; түһээн сытыы - мөлтөөһүн, сылайыы бэлиэтэ. Түүлгэ билэр киһиҥ сытан кэбиһэр буоллаҕына, улаханнык ыалдьыан сөп.

СЫТТЫК

Түүлгэ сыттык көстүүтэ, сынньалаҥ кэм кэлэн иһэрин бэлиэтэ, хайдах көрүҥнээҕиттэн бу сынньалаҥ тутулуктанар.

СЫЫ­К

Көһүннэҕинэ, сымыйа тыл-өс тарҕаныа; ким эрэ сирэйгэр сыыҥын бистэҕинэ, урукку иэстээх киһиҥ улаханнык сөбүлээбэт буола-буола иэһин төннөрүө эрээри, ким эмэ көмөтүнэн биэриэҕэ.

СЫЫР

Түүлгэ сыыр үрдүгэр тахсыы – ситиһии бэлиэтэ.

Т

ТААС

Дьоннору тааһынан быраҕар буоллаххына, кинилэр тустарынан куһаҕаннык саныыгын; эйигин тааһынан бырахтахтарына, эн тускунан куһаҕаннык этэллэр.

ТАБА

Табалаах киһи тиийэн кэлэрин көрдөххүнэ, булдуҥ табыллыа; таба¬ны көрдөххүнэ, халлаан тымныйыа.

ТАБААХ

Булчукка түһээтэххинэ табаах биэрэхтэринэ - бултуйуон сөп; табаах тартаххына - доруобай буолуоҥ; түүлгэ табаах тарда сылдьар буоллаххына, кыра быстах дьыалаҕа быһаарыыны булаары гыммытыҥ бэлиэтэ; табаах уматтан тардан бардаххына, ханнык эрэ саҥа дьыаланы саҕалаары гынаҕын.

ТАБЛЕТКА

Түүлгэ таблетканы көрдөххө, кыра буолан баран олус наадалаах дьыалаҕа ситиһии буолуон сөп.

ТАЙАХ МАС

Түһээн тайах маска өйөннөххүнэ - дэҥнэнии, ыарыы булуо; сиргэ сытарын көрдөххө - кыра, быстах мэһэйдэр көрсөллөр; кырбаатахтары¬на - ночооттор тахсыахтара; бэйэҥ кими эмэ кырбаатаххына, сыыһа туттуу кэнниттэн өйдөнүөҥ. Тайах маһынан охсуһар буоллаххына, сотору эн толкуйдаргын урут сөбүлээбэт үчүс дьоннор ылынар буолуохтара.

ТАҤ­АС

Саҥа таҥаһы көрүү - ыарыыга; хааннаах таҥаһы көрүү - дэҥ-оһол, куһаҕан быһыы буолуон сөп. Таҥаһыҥ дьөлөҕөстөөх буоллаҕына, элбэх иэскэ киириэҥ: түүлгэ таҥас сууйдахха - ыарыы эбэтэр хомолто буолуо.

ТАҤНЫЫ

Хос-хос таҥныы - санаа-оноо элбээһинигэр тиэрдэр.

ТАПТАЛ

Түүлгэр тапталлааххын кытта таптастаххына, чугастааҕы кэмҥэ баҕа санааҥ туолуоҕа, барыҥ-барыта табыллыаҕа.

ТАРААНЫЫ

Баттаххын тараанар буоллаххына, доруобуйаҥ уонна үлэҥ-хамнаһыҥ үчүгэй туруктаах буолуохтара.

ТАРАКААН

Түүлгэ таракааннары көрдөххө - харчы баар буолуо; аһары элбэх таракааннар мэһэйдээтэхтэринэ, эн тускунан соччото суохтук этэл-лэр.

ТАһАҔАС

Түүлгэр таһаҕас сүгэ сылдьар буоллаххына, уһун дьоллоох олохто¬ох буолуоҥ; таһаҕаһы көтөҕөн кыайдаххына, ыарахан үлэни кыайыаҥ; атын киһи таһаҕас сүгэ сылдьарын көрдөххүнэ, эйиэхэ эрэй, үлэ эбиллиэ. Түүлгэ таһаҕаһы илдьэ иһэн ыарырҕатар буоллаххына, үлэҕин кыайымаары гынаҕын дуу эбэтэр доруобуйаҥ мөлтөөн эрэрэ дуу буолуон сөп.

ТАХСАН КИИРЭР СИР

Түһээн көрдүүр буоллахха, тиийиммэт буолууттан тахса сатааһын эбэтэр ис адаарыйыыта буолуон сөп; көрдөххө - санаарҕабыл, сөбүлээбэт быһыыҥ буолуо: түстэххэ - барыс киириэ; онно-манна тахсан киирдэххэ, ночоот буолуо.

ТЕЛЕФОН

Түүлгэ телефону көрөн, звоноктуур тыаһын иһиттэххэ, кэлэн иһэр көрсүһүү бэйэҥ санаабыккынааҕар ордук улахан суолталаах буолуоҕа.

ТЕЛОГРЕЙКА

Тоҥон телогрейканы ылан кэттэххинэ, сотору буолан баран харчы кэлиэн сөп.

ТЕПЛИЦА

Түүлгэ үчүгэй көрүҥнээх теплица көһүннэҕинэ, уруккуттан соччо сөбүлээбэт дьоҥҥун кытта эйэлэһии, иллэһии буолаары гыммытын бэлиэтэ.

ТЕХНИКА

Ханнык эрэ техниканы көрө сатаан туохха аналлааҕын быһаара сатаатаххына, сотору ханнык эмэ үлэни толкуйдаан булуоҥ эрээри онтон улахан туһа тахсыа суоҕа.

ТИГЭЭЙИ

Түүлгэ тигээйини көрдөххүнэ, эйиэхэ үчүгэйи баҕарбат дьоннор арааһы этэллэрин истиэҕиҥ; тигээйини өлөрүү эбэтэр үүрүү, ити дьонноргор кыаттарбаккын көрдөрөр.

ТИИС

Түүлгэ хааннаах тиис түстэҕинэ -чугас аймах өлөр; хаана суох тиис түстэҕинэ - ыраах аймах өлүөҕэ эбэтэр чугас дьонноргун кытта сыһыан мөлтүөҕэ; үөһээ тииһиҥ түстэҕинэ - бэйэҕиттэн аҕа саастаах киһи өлүөн сөп. Тиистэриҥ куһаҕаннарын көрүү - ыарыыга; тииһи тууруу - сөбүлээ¬бэт киһигин кытта арахсыы бэлиэтэ; тииһи ылан көрөн баран оннугар уктахха, кэргэниҥ аймахтарыгар куһаҕан быһыы тахсыан сөп.

Тиистэри саҥа оҥотторуу буоллаҕына, олох көнөн барыаҕа; билэр киһиҥ тимир тиистэрдээҕин көрдөххө, ол киһи тулалыыр дьонуттан ордук сананар буолан эрэрин эбэтэр атыттартан туох эрэ биллэр уратыланан иһэрин бэлиэтэ; үчүгэй, маҕан тиистэрдээх буоллахха, бары дьыала барыта тупсан барыаҕа, баҕа санаа туолуута буолуо.

ТИИТ

Түүлгэ күөх, үүнэн турар тииттэри моонньоон куурдаары гыммыттарын көрүү киһи атын дьоҥҥо эрэлин сүтэриитигэр эбэтэр куһаҕан санаалара мунньустууларыгар көстөр; түүлгэ тиит эбэтэр бэрэбинэ тостуута, киһи соһуччу өлүүтүгэр көстөр бэлиэ. Күөх, үүнэн турар тииттэр - үөрүү, дьол бэлиэлэрэ; улахан тиик¬кэ ыттыы – ситиһии, кыайыы бэлиэтэ; тыаҕа тиит охтор буоллаҕына, хомолто, куһаҕан быһыы буолуо; кураанах, хаппыт тииттэри көрдөххө, эрэй, үлэ эбиллиэ, дьону кытта сыһыаҥҥа ситэ өйдөспөт буолуу үөскүөҕэ. Дьиэ таһыгар тиит охтон сытара көһүннэҕинэ - өлүү буолуо. Түүлгэр тиити охтордоххуна, омуннураҥҥын аһары түһүөлээн бэйэҕэр куһаҕаны оҥостуоххун сөп.

ТИМИР

Тимиртэн оҥоһуктары көрдөххүнэ, үлэҥ – хамнаһыҥ сыаналаныа; дьэбиннээх тимирдэри көрүү кэнниттэн санаарҕабыл, ыарахан санаалар киириэхтэрэ.

ТИМИРИИ

Түүлгэ ким эмэ тимирэн хаалбыт буоллаҕына, үөрүү, баҕа санаа туолуута буолуо; ким эмэ тимирэрин көрдөххө - үөрүү буолуо.

ТИРИИ

Тирииттэн тигиллибит таҥастары, кууркалары көрдөххө, эргиэн эҥин табыллыаҕа; хара тирии таҥастаах дьону көрүү, туспа санаалаах, өйдөспөт дьоҥҥун кытта көрсүһүүгэ көстөр.

ТИРЭЭПКЭ

Таҥас тирээпкэни көрдөххө, элбэх быстах ороскуоттар улахан суолтата суох буолуохтарын сөп.

ТОБУК

Тобукка баас таҕыстаҕына, үлэҕэ сыһыан мөлтүөҕэ эбэтэр олоххо түбүктэр элбиэхтэрэ.

ТОҔУУ

Тугу эмэ тохтоххуна – этиһии, тыл-тылга киирсибэт буолуу кэлиэ.

ТОЙОН

Түүлгэр билэр киһиҥ тойон буолбут буоллаҕына, кырдьык сотору кэминэн үлэтигэр өрө тахсыаҕа.

ТОҺОҔО

Тоһоҕону саайыы, таба быһаарыыны булбутуҥ бэлиэтэ.

ТӨБӨ

Киһи төбөтө өрүскэ устан барара көһүннэҕинэ - өлүү буолуо; быстыбыт төбөнү тута сылдьар буоллаххына, сөптөөх этиини ылыммакка дьыалаларыҥ сүгүн табыллыбакка эрэйдиэхтэрэ.

ТӨЛӨБҮР

Туохха эмэ харчы төлүүр буоллахха, соһуччу тугу эмэ атыылаһар кыах баар буолуон сөп.

ТӨҤҮРГЭС

Төҥүргэһи түөрүү - эрэйтэн босхолонуу бэлиэтэ; түһээн улахан төҥүргэһи көрдөххө, иннигэр тумнуллубат улахан мэһэй баарын бэлиэтэ.

ТӨРӨӨБҮТ КҮН

Түүлгэ бэйэ төрөөбүт күнүн бырааһынньыктааһын көһүннэҕинэ, санаабыт санааҥ туолуоҕа, уһуннук дьоллоохтук олороруҥ бэлиэтэ.

ТӨРӨППҮТТЭР

Түүлгэ тыыннаах төрөппүттэр үчүгэй көрүҥнээх көстүүлэрэ, үөрүүнү, үчүгэйи түстүүр; төрөппүттэр хара таҥастаах буоллахтарына, олоххор ханнык да үөрүү-көтүү чугастааҕы кэмҥэ суох буолуо; са¬наарҕаабыт, куһаҕан көрүҥнээх көһүннэхтэринэ, бары дьыалаларгар, дьиэҕэр-уоккар табыллыбат буолуу кэлиэн сөп. Өлбүт төрөппүттэр көстүүлэрэ эйиэхэ сэрэтии буолуохтаах, санаарҕаабыт, мөлтөх көрүҥнээх буоллахтарына, хомолтолоох быһыы буолуон сөп.

ТУМАН

Түһээн тумаҥҥа мунан хааллаххына, үлэҕэр сыыһа-халты туттуулар улахан ночоокко түһэриэхтэрэ.

ТУОРАТЫЫ

Түүлгэр эйигин туоратар, аахайбат буоллахтарына, доҕотторгуттан арахсыаххын эбэтэр тугу да күттүөннээҕи оҥорбоккуттан санааргыаххын сөп.

ТУРААХ

Тураах маска олорор буоллаҕына, куһаҕан солун кэлиэ; көтө сылдьар уонна дааҕыргыыр буоллаҕына, куһаҕан быһыы буолуоҕа эбэтэр ким эрэ өлүөҕэ.

ТУСТУУ

Түүлгэ тустан хоттордоххо - ыарыы булуо; тустан кыайдаххына - үчүгэй буолуоҥ, үтүөрүөҥ; дьон туста дуу, охсуһа дуу сылдьалларын көрдөххүнэ, ыалдьыт кэлиэ. Бу ыалдьыттан эн үлэҥ-хамнаһыҥ быһаччы тутулуктаах буолан, соччо сөбүлээбэт эрээри үөрэ-көтө көрсүһүү буолуоҕа, ол эрээри өйгүт-санааҕыт биир буолуо суоҕа.

ТУТУУ

Саҥа дьиэни туттуу, оҥостуу – куһаҕаҥҥа, өлүүгэ.

ТУУС

Түүлгэ тууһу сиэһин буоллаҕына, бэйэҥ сатаабаккыттан ыарахан кэмнэр кэлэллэрин оҥостуоҥ; туус тоҕуннаҕына – тыл-тылга киирсибэт буолуу үөскүөҕэ.

ТҮМҮК

Түһээн быа түмүктэрин баайдаххына, бэйэҥ дьыалаларгын бэйэҥ быһаараргын сөбүлүүгүн.

ТҮННҮК

Түннүгүнэн киирии - туох эрэ чиэһинэйэ суох быһыыны оҥорууга кыттыһыы: түннүгүнэн көрдөххүнэ, солуннары истиэҕиҥ. Таһырдьаттан түннүгүнэн дьон көрөр буоллахтарына, эн тускунан араас кэпсэтии тыл-өс буолуоҕа; олорор дьиэ түннүгэ алдьаныыта, ыал олоҕун сорох түгэннэрэ ыалларыгар биллиилэригэр көстөр; түн¬нүктэн сууллар киһи көһүннэҕинэ, тыл-тылга киирсибэт буолуу кэлиэҕэ эбэтэр билсэр киһилиин арахсыы буолуон сөп.

Түннүгүнэн көрдөххө өлбүт киһи төбөтө сытар уонна онно бэйэ сылдьар буоллаҕына, аймахтарыгар туох эрэ ыарахан быһыы буолуон эбэтэр санаарҕабыл кэлиэн сөп.

ТҮҺҮҮ

Үөһээттэн сууллан түһүү, тугу эмэ сүтэрии бэлиэтэ эбэтэр санаа түһүүтэ буолуон сөп: уһуктаах таастардаах хайаттан төкүнүйэн түһүү - дэҥ-оһол эчэйии бэлиэтэ.

ТЫА

Түүлгэ үчүгэй көрүҥнээх күөх тыа, үлэ-хамнас үчүгэйдик баран иһэрин көрдөрөр; куурбут - хаппыт тыа - мөлтөөн эрэр үлэни бэлиэ-тиир.

ТЫАЛ

Чуумпу сылаас тыал - санаа табыллыытыгар: күүстээх тыал түстэҕинэ - үлэ-хамнас атахтанар; кэннигиттэн тыал үрдэҕинэ, үлэ-хамнас үчүгэй өттүгэр уларыйыыта буолуоҕа.

ТЫАС

Араас тыл сүрэ. Түүлгэ саа тыаһа иһилиннэҕинэ, кэтэһэр солуҥҥун истиэҕиҥ.

ТЫЙМЫЫТ

Көрдөххүнэ - харчылаах буолуоҥ.

ТЫЛ

Түүлгэр айаҕын иһигэр тылыҥ улаатан хаалбыт буоллаҕына, элбэх саҥаҕынан дьоннору эрэйдиэҕиҥ.

ТЫЫ

Түүлгэ тыынан устан кытыыга этэҥҥэ тигистэххинэ, олоҕуҥ эрэллээх, ситиһиилээх буолуо; тыыга иккиэ буоллаххытына, эйэлээх кэргэнниилэр буолуоххут.

ТЭЛЛЭЙ

Тэллэйи хомуйдахха, барыс киирэригэр олус ууруллуо; тэллэйи сиэтэххэ быстах ыарыы булуон сөп.

ТЭРИЭЛКЭ

Кураанах тэриэлкэ көһүннэҕинэ, дьиэ иһигэр санаарҕабыл киириэ, баҕа санаа туолумуон сөп.

У

УЙА

Уйатыгар олорор көтөрү көрдөххө - үөрүү буолуо; көтөр уйатын алдьаттахха, дьиэҕэр аймалҕан кэтэһэр.

УЛЛУҤАХ

Саппыкы эбэтэр бачыыҥка уллуҥаҕа көһүннэҕинэ, барыга-бары сэрэхтээхтик сыһыаннаһа сылдьыахха.

УМУһАХ

Киһи умуһаҕын хаһа сылдьар буоллаххына, тиийиммэттик, кыараҕастык олороруҥ бэлиэтэ; хаһыллыбыт киһи умуһаҕын көрдөххө, аймаҕыҥ эбэтэр билэр киһиҥ өлүөҕэ эбэтэр эрэй, санаарҕабыл кэлиэҕэ.

Түүлгэ умуһахха түһэ сыһыы буоллаҕына, урукку билсиилээхтэрин эбэтэр аймахтарын сыыһаларыттан тэмтэрийэ сыһан баран өрүһүнүөххүн сөп.

УҤУУ

Түһээн уҥан хааллаххына, өр күүппүт куттанар санааларгыттан дьэ босхолонуоҕуҥ эбэтэр чугас аймахтаргыттан ким эмэ ыалдьыаҕа эбэтэр куһаҕан солуннары истиэххин сөп.

УРУЙ

Уруйдааһын, айхаллааһын буоллаҕына, ночоот буолуо.

УСТУУ

Туох эмэ кыра тэрилинэн устар буоллаххына, баҕа санааҕын толоруоххун кыаҕын тиийбэт буолан хомойоҕун. Чуумпу уунан устуу, эйэлээх, холку олоҕу түстүүр.

УһАНЫЫ

Уһанар дьиэ - дьоллоох дьиэ; уһанар тэриллэри көрдөххө, түбүктээх үлэ көстүө.

УТАТЫЫ

Утатаҥҥын, утаххын ыраас уунан ханнардаххына – дуоһуйуу буолуо.

УТУЙУУ

Түүлгэ утуйуу - мөлтөөһүн, ыалдьыы бэлиэтэ.

УУ

Түүлгэ ууну көрдөххө - былыттаах күн үүнүө; уу суох буолуута көһүннэҕинэ, ыраас күннэр буолуохтара. Эргийэ турар ууга түспүт киһи көһүннэҕинэ, өйдөспөт буолууттан дьыалаларыҥ мөлтүөхтэрин, эн тускунан саарбахтык этиэхтэрин сөп; сүүрүктээх ууга турдаххына эбэтэр сөтүөлээтэххинэ - доруобай буо¬луоҥ; уста турар ууну туораан таҕыстаххына - санааҕын ситиһиэҥ.

Ыраас, сүүрүктээх ууну көрдөххүнэ, кэлэн иһэр кэмиҥ эрэллээх, дьоллоох буолуо; дьалкытан ууну тохтоххо, санаа түһүүтэ, хос-хос үлэлэр буолуохтара; түүлгэ дьону уунан ыһар буоллаххына, эн өйгүн-санааҕын итэҕэйэр дьон элбиэхтэрэ. Түүлгэ уу суох сириттэн тохтор буоллаҕына, туох эмэ куһаҕан быһыы эбэтэр өлүү буолуоҕа; тымныы ууну истэххинэ, өй-санаа уоску¬йуута кэлиэ, доруобай буолуоҕуҥ; иһэр уу кирдээх эбэтэр сылаас буоллаҕына, мөлтөөһүн, ыалдьыы буолуон сөп; түүлгэ ууну кэһии - ардах, хаар бэлиэтэ.

Муоста анныттан уу тоҕуннаҕына, ким эмэ куһаҕаннык саныаҕа, үчүгэйи баҕарбаты көрдөрөр бэлиэ. Түүлгэ хонууну ыраас уу ыллаҕына, төһө да ыарырҕатан, кыайымаа¬ры гынным дуу дии санаатаргын даҕаны сыалгын ситиһиэххин сөп. Сөп соҕус дохуоттаах буолуоххун син.

Ууга харбааһын, улаханнык эрэйдэнэн ыараханы, эрэйи этэҥҥэ туо¬рааһыны көрдөрөр. Харбыы сылдьааччыны бэйэҥ көрөр буоллаххына, ыараханы дьулуурдаахтык туорааһыны бэлиэтиир. Олоххо, өйгө-санааҕа уларыйыылар кэлиилэригэр түүлгэ уу ылыыта көстүөн сөп. Бу уларыйыылар төһө күүстээх буолуу¬лара уу кэлиитэ хайдаҕыттан тутулуктанар.

УО

УОЙУУ

Уойбут-топпут, тупсубут киһи – ыарыһах киһи.

УОЛ

Түһээн кыра уолу көрдөххүнэ – кэмсинэҕин. Ханнык эрэ дьыалаҕар ситэтэ суох, кыра оҕолуу быһаарыныыны ылынаары гыммыккын бэлиэтиир.

УОРУЙАХ

Түүлгэр эйигиттэн уорбут буоллахтарына, соһуччу солуннары истиэҕиҥ; бэйэҥ уоруйах буоллаххына, искэр сөбүлээбэт дьыалаҕын оҥороору гынаҕын, баҕар кыра барыс киириэн сөп; түүлгэр уоруйаҕы көрдөххүнэ, быстах дьыалаҕын ситиһии дьэ буолуон сөп.

УОТ

Улахан уот умайыыта - күүстээх тыл-өс тарҕаныыта; уоту умуруоруу - тыл-өс мөлтөөһүнэ, хаптайыыта. Түүлгэ отуу уота умуллан хаалыыта олус итэҕэйэ, эрэнэ санаабыт дьыала табыллыбатыгар эбэтэр олох суола бүтүүтүгэр көстүөн сөп.

УОТТАР

Халлааҥҥа көтө сылдьар уоттары ким эрэ ытыалаан суулларан түһэрэрин көрдөххө, иннигэр көһүтэр дьиксиниилээх түгэннэри аһарыаҕыҥ.

Ү

ҮЛЭ

Түһээн үлэҕэр үлэлии сылдьар буоллаххына, тэрилтэҥ үлэтэ - хам¬наһа атахтанарын бэлиэтэ эбэтэр сүрэҕиҥ үлэтэ мөлтүөҕэ; үлэлии сылдьар дьону көрдөххүнэ, оҥоруохтаах үлэҥ хойутаан да буоллар табыллыан сөп.

ҮҤКҮҮ

Түүлгэр үҥкүү тыла эттэххинэ, чугас аймахтаргыттан өлүү- сүтүү тахсыа; үҥкүү – киһи өлүүтүгэр: күөх хонууга элбэх буолан “Ленка-енка” курдук үҥкүүнү үҥкүүлээһин буоллаҕына, баҕа санаа туолуута, доҕотторгун кытта биир санаалаах буолуоҕуҥ; үҥкүүлүү сылдьар дьон көстүүлэрэ, хомолтолоох дьыала элбэх киһини хаарыйарын бэлиэтэ, ханнык эмэ уларыйыылар буолуохтара.

ҮС МУННУК

Түүлгэ ханнык эрэ үс муннуктааҕы көрдөххө, кыра да буоллар ситиһии, үөрүү, дьол буолуо.

ҮРҮТ

Үрүтү көрдөххө - сэрэхтээх буолуохха наада; дьиэ үрдэ сууллуута, улахан кутталга көстөр бэлиэ; дьиэ үрдүттэн обуой хастанан түһүүтэ, ордук санааччылар баар буолууларын биллэрэр, дьону кытта сыһыаны тупсарарга ыҥырар көстүү буолар. Дьиэ үрдүгэр эбэтэр туох эмэ үөһээ тахсыы – ситиһии бэлиэтэ.

ҮРҮҮМКЭ

Толору үрүүмкэни көрдөххүнэ, барыс киириэ эбэтэр санааҥ туолуо; кураанах үрүүмкэ - ночоот дуу, сүтүк дуу буолуо; үрүүмкэ алдьаныыта - үөрүүгэ; улахан курустаал үрүүмкэ көстүүтэ, аатыҥ-сураҕыҥ киэҥник тарҕанарын бэлиэтэ.

ҮТҮЛҮК

Түүлгэ үтүлүк кэтэрдэ сатааһын, тугу эмэ ситиһэргэ үөрэтии бэлиэтэ; кэтэ сылдьар буоллаххына, дьулуурдаах буолаҥҥын баҕа санааҕын ситиһиэҕиҥ.

ҮҮН

Акка үүнү кэтэрдэ сатааһаххына, бэйэҥ көрүүлэргин атын соччо сөбүлээбэт киһиэхэ иҥэрэ сатааһыныҥ көстүүтэ буолуон сөп. ¬үн көрүҥэ үчүгэй буоллаҕына, оҥоро сатыыр дьыалаҥ ситиһиилээх буолуо.

ҮҮНЭЭЙИ

Дьиэҥ таһыгар күөх үүнээйи эбэтэр мастар үүнэн тураллара, эйиэ¬хэ билиини-көрүүнү, баай-талым олоҕу түстүүр. Ханнык эрэ күөх үүнээйини көрдөххүнэ, түбүктээх үлэ кэнниттэн дуоһуйуу кэлиэҕэ.

ҮҮТ

Түһээн кимнээххэ эрэ үүттэн оҥоһуллубут туох эрэ маҕаны сиэтэх¬хинэ, ол дьоннор сүөһүлэрэ өлүө; элбэх үүтү көрүү - баай буолууга; үүтү иһии - доруобай буолууга; үүт тоҕуннаҕына, ол-бу кыра ночооттор тахсыахтара. Аһыйбыт үүтү, суораты истэххинэ, билэр дьонноруҥ эрэйдэнэллэ¬риттэн санааргыырыҥ бэлиэтэ эбэтэр кинилэри кытта өйдөспөт буолууга көстөр; үүт иһэр буоллаххына, доруобуйаҥ көнөн барыа эбэтэр ким эмэ сабыдыалыгар кыайан тахсыбат гына киириэххин сөп.

ҮӨ

ҮӨН

Ытыскар үөн тахсыбыт буоллаҕына - байан барыаҥ; төбөҕөр эмискэ үөн тахсыбыт буоллаҕына, өй-санаа эбиллиэн эбэтэр баай буолуоххун сөп.

ҮӨР

Үөр саҥатын истии - солуҥҥа.

ҮӨРҮҮ

Түүлгэр күлэн-салан үөрдэххинэ - хомолто кэлиэ; үөрдүм дии санаатаххына, үлэҥ-хамнаһыҥ сыаналаныа.

ҮӨРЭНИИ

Түһээн үөрэнэ сылдьар буоллаххына, эн чугас истиҥ доҕоттордооххун.

Ф

ФОНАРЬ

Илиигэ тутуллар электрическэй фонаригынан сырдатыы - ханнык эмэ соһуччу түгэннэр буолуохтарын сөп эбэтэр кыра, быстах дьыаланы ситиһии буолуон сөп.

ФОКУС

Түһээн ханнык эмэ фокуһу көрдөрөр эбэтэр ким эрэ көрдөрөрүн көрөр буоллаххына, куһаҕан балаһыанньаҕа түбэһэн бараҥҥын, бары күүскүн, кыаххын түмэҥҥин, улахан эрэйинэн аһарыаххын сөп.

Х

ХААЙЫЫ

Түһээн хаайыыга олорор дьону көрдөххө, эн бэйэҥ итэҕэйэр дьонноргор ылыахтаах бырааптарын биэрэргэ дьулуһаҕын. Хаайыыга киирэртэн быыһаныы буолуута, барыс киирэр үлэтигэр кыттыһаргын көрдөрөр.

ХААЛТЫС

Хаалтыс бааммыккын көрдөххүнэ, үлэ-хамнас табыллыбакка тыл-тылга киирсибэт буолуу кэлиэҕэ.

ХААЛЫЫ

Эккирэтэ, сүүрэ сатаан баран, автобустан хаалан хаалыы буол-лаҕына, санааҕын уурбут дьыалаҕын атын кыайбат биричиинэлэриҥ мэһэйдээннэр, кыайан ситиспэккэ хаалыаҕыҥ.

ХААМЫЫ

Сөбүлүүр сирин устун сатыы хаамыы, дуоһуйууну, уоскуйууну түстүүр; хараҥа тыа, хараҥа хонуу устун хаамыы, эрэй, үлэ элбииригэр.

ХААН

Түүлгэ хааны көрдөххүнэ, хаан аймахтарыҥ кэлэллэр; илииҥ хаан¬наах буоллаҕына, ханнык эрэ куттал суоһуурун, сэрэнэ сылдьар наа¬далааҕын өйдөтөр; хаан тохторун көрдөххүнэ, аймахтаргыттан ким эмэ ыалдьыан сөп эбэтэр кинилэр тустарыгар санааҕа-онооҕо түһүү буолуоҕа. Хааннаах таҥаһы көрдөххө, сороҕор улаханнык сыыһа туттуу эбэтэр куһаҕан сурах да буолуон сөп.

ХААР

Ыраас хаардаах хонууну, халдьаайыны көрдөххө, үчүгэй солуннары истиэҕиҥ эбэтэр баҕа санааҥ туолуоҕа; ыраас, сырдык хаар устун хаамтахха, санаа туолуута, үөрүү буолуон сөп.

ХААРТЫ

Хаарты оонньооччулары көрөр буоллаххына, ким эрэ албыныгар киирэн биэрэҥҥин ночоокко түһүөххүн сөп; хаарты оонньооччулары көрдөххө, хомойуу, албыннатан ночоокко түһүү буолуон сөп.

ХААРТЫСКА

Түүлгэ хаартыска көһүннэҕинэ, урукку доҕотторгун кытта көрсүһэн ааспыты ахта санааһын буолуоҕа.

ХААһЫ

Түһээн хааһы сиэбит киһи - санаата туолбат.

ХААТЫҤКА

Түүлгэ хаатыҥка көһүннэҕинэ, чугас киһигин кытта эн буруйгунан тахсыбыт иирсээн этэҥҥэ ааһыаҕа.

ХАЙА

Хайаны дабайан тахсыы – ситиһиигэ, дьылы этэҥҥэ туорааһыҥҥа; хайа үрдүгэр сылдьыы - санаа көтөҕүллүүтүгэр, туолуутугар.

ХАЛААТ

Халаат кэттэххэ, өтөр үтүөрбэт ыарыы булуоҕа.

ХАЛДЬААЙЫ

Түһээн халдьаайы үрдүгэр тахсыы туох эмэ ситиһии бэлиэтэ буо-лар; халдьаайы анныгар турдахха, ханнык эмэ улахан мэһэйдэр баҕа санаа туолуутун мэһэйдиэхтэрэ.

ХАЛЛААН

Түүлгэ халлаанынан көтө сылдьыы – ситиһиигэ, санаа туолуу-тугар; ыраас, сырдык халлааны көрүү - дьолго.

ХАЛТАРЫЙЫЫ

Түһээн ханааба устун халтарыйан аллараа диэки түһэн иһии буол¬лаҕына, күһэлтэҕэ киирэн, кыайан уларытар кыах суох буолан, олоҕун куһаҕан, мөлтөөһүн диэки салаллан эрэр буолуон сөп.

ХАПКААН

Көрдөххүнэ, барыта үчүгэй курдук эрээри туох эрэ куттал баара чахчы.

ХАППЫЫСТА

Хаппыыстаны быһыы, хомуйуу буоллаҕына, аһара дэлэмсийэн ыһан-тоҕон, дьадайыы буолаары гыммытын көрдөрөр.

ХАПТАһЫН

Хаптаһыны эрбээһин, уһаныы – киһи өлүүтүгэр.

ХАРАҤ­А

Бэйэҕин хараҥаҕа көрдөххүнэ - мөлтөөн-ахсаан барыаҕыҥ; сырдыкка тахсан кэллэххинэ, иннигэр күүтэр ыарахаттары этэҥҥэ мүччү түһүөххүн сөп. Хабыс-хараҥаҕа илииҥ иминэн сирдэтэн этэҥҥэ баран иһэр буоллаххына, таба сэрэйэҥҥин сөптөөх суолу булбутуҥ бэлиэтэ буолуон сөп; хараҥаҕа сылдьар буоллахха, туохха түбэспити ситэ сыаналаабат буолуу бэлиэтэ. Түүлгэ хараҥаттан эмискэ куттаныы кэнниттэн, соһуччу быстах кыыһырыы буолан ааһыан сөп.

ХАРАХ

Уоттаах хараҕынан ким эмэ куһаҕаннык көрдөҕүнэ, аймахтаргыттан тутулуктаах дьыалаларыҥ табыллыбаккалар эрэйдиэхтэрэ эбэтэр эйигин туох эрэ дьыалаҕа буруйдуу саныахтара. Түүлгэ харах кыайан аһыллыбат, көрбөт буолан хаалыыта, ночоокко түһүүгэ эбэтэр мөлтөөһүҥҥэ, күүс-кыах суох буолуутугар, ыалдьыыга көстөр.

ХАРАХ УУТА

Харах уута ыгыллан тахсыыта, алдьархай кэлэн иһэрин бэлиэтэ.

ХАРЧЫ

Кылапаччыгас тимир харчыны көрүү - харах уутугар; харчыны булуу-байыыга; кумааҕы харчыны ааҕар - барыска; түһээтэххинэ кумааҕы харчыны биэрдэхтэринэ, кырдьык харчы кэлиэҕэ; албын харчылар көһүннэхтэринэ, кыаттарыа дии санаабыт дьыалаҥ кыайан табыллыа суоҕа; улахан харчылары көрдөххө, сонуннары истии буолуо.

ХАһЫАТ

Хаһыаты ыллаххына - улахан солуну истиэҕиҥ.

ХАһЫЫ

Муодарҕатар, соһутар хаһыы - дьонноргуттан көмө кэлиэн сөп; тыаҕа кыыл хаһыытын иһиттэххэ, билэр киһиҥ улаханнык эчэйиэн сөп эбэтэр туох эмэ быһылааҥҥа түбэһиэҕэ.

ХАТ

Түүлгэ эр киһи хат дьахтары көрдөҕүнэ, оҥоро сылдьар үлэтэ кэмигэр ситиһиилээх буолуон сөп эбэтэр олоҕор туох эмэ уларыйыы тахсыаҕа.

ХАТЫЙЫЫ

Хатыйыыттан оҕуннаххына, үлэҕэр соһуччу мэһэй баар буолуо.

ХАТЫҤ ­ Үүнэн иһэр хатыҥчааны көрдөххө, көһүппэтэх өттүттэн туһалаах дьыала арыллан тахсыаҕа.

ХАТЫЫЛАР

Көрдөххүнэ, кыра, бытархай мөлтөх быһыылары көрсүөҕүҥ, арай олору эрдэ суох гымматаххына олоруҥ улаатан барыахтара.

ХАХХАН

Түүлгэ хаххан көстүүтэ ханнык эрэ сөбүлээбэт, биллибэт күүстэр тулалаабыттарын бэлиэтэ; тугу эмэ бултаабыт хаххан көһүннэҕинэ, үчүгэйэ суох, быстах дьыалалартан босхолонуу буолуо; тыаҕа хаххан хаһыыта иһилиннэҕинэ, куһаҕан сурах иһиллиэ, билэр дьоҥҥор куттал суоһуон сөп.

ХОДУОһУННЬУК

Түүлгэр ходуоһунньугу көрдөххүнэ, үөрүү, дьол эбиллиэ, дьоллоох буолуоҥ, атын дьон сөбүлүүр буолуохтара.

ХОЛЛОРООН

Ханаабаттан, холлороонтон кыайан тахсыбакка баран иһии буоллаҕына, бэйэ кыаҕынан кыайан уларыппат балаһыанньаҕа киирэн хаалыы бэлиэтэ буолар.

ХОЛУОЧУК

Түһээн холуочуйбут курдук эбэтэр үөрэн чэпчээбит буоллаххына, кыра - быстах дьыалаҥ табыллыаҕа эбэтэр үөрүү буолуоҕа.

ХОМУНУУ

Айаннаары малын хомунар киһи көстүүтэ, арахсыы, тэйсии буолаары гыммытын көрдөрөр.

ХОМУС

Хомус эбэтэр чуораан тыаһын иһиттэххинэ, туох эмэ дьиктини истиэҕиҥ.

ХОНУУ

Түһээн күөх оттоох хонууну көрдөххө, барыс дуу, үөрүү дуу буолуоҕа; хара буор хонууну көрүү - ыар санааларга, дьадайыыга.

ХОРТУОППУЙ

Хортуоппуйу буһарыы - уоскуйууга, санаа туолуутугар.

ХОРУОП

Түһээтэххинэ хоруоп көһүннэҕинэ, искэр куттана саныырыҥ туох да төрүөтэ суох буолуо.

ХОС

Түннүгэ да аана да суох хоско хааттардаххына, дьоннору кытта сибээһиҥ мөлтүөҕэ, соҕотох сылдьарыҥ элбиэҕэ.

ХОТУУР

Түүлгэ хотууру булан ыллахха эбэтэр сытарын көрдөххө, соһуччу көһүппэтэх дьыалаттан соһуйуу буолуон сөп.

Ч

ЧААСКЫ

Түһээтэххинэ чааскы алдьаннаҕына, туох эмэ үчүгэй буолуо; чааскыны эбэтэр аһыыр иһити көрдөххүнэ, сотору олоҕун көнөн барыа.

ЧАЛБАХ

Чалбаҕы көрдөххө - баай, барыс киириэҕэ; ыраас уулаах чалбаҕы кэһии - санаа туолуутугар; чалбахха түһүү – куһаҕан дьоннору кытта көрсүһүөҥ.

ЧАһЫ

Хары чаһыта баар буоллаҕына, дьиэҕэ-уокка биир тэҥник, холкутук олоруу бэлиэтэ.

ЧИЭРБЭ

Ытыскыттан кыра чиэрбэлэр тахсан иһэллэрин кыһыйан ыраастаатахха, эт-сиин араас кирдэртэн ыраастанан эрэрин бэлиэтэ.

ЧОРООН

Түүлгэ чороон хайыннаҕына - сылгы дуу, биэ дуу сүтүөҕэ.

ЧОХ

Кылапаччыйар таас чох көһөҥөтүн көтөҕө сырыттаххына эбэтэр көрдөххүнэ, элбэх күүстээх, кыахтаах буолаҥҥын санаабыт санааҕын ситиһиэххин сөп.

ЧОХУ

Чохуну көрдөххө, харчыга иэскэ киирии, тиийиммэт буолуу кэлиэҕэ.

ЧОЧУНААХ

Үргээн ылан сиэтэххэ, сөпсөспөт буолуу, этиһии тахсыан сөп.

ЧУУРКА

Түүлгэр чуурка көһүннэҕинэ, урут бииргэ үөрэммит эбэтэр үлэлээбит киһигин кытта көрсүөҕүҥ.

ЧҮМЭЧИ

Умайа турар чүмэчи – куһаҕаҥҥа.

ЧЫЫЧААХ

Чыычаах уйатын көрдөххүнэ, олоххор дьоллоох буолуоҥ; уйаҕа олордоххуна - үөрүү буолуо.

ЧЭР

Илии чэрэ - баайга-дуолга көстөр.

ЧЭЙ

Түүлгэ чэй иһиитэ буоллаҕына, үлэ-хамнас ыараханнык, бытааннык барыыта саҕаланыа; итии чэйи үрэ-үрэ истэххэ, оҥоруллуохтаах дьыалаҕа ээл-дээл сыһыаннаһыыттан бытаарыы тахсыан сөп.

ЧЭРЭНИИЛЭ

Тоҕуннаҕына эбэтэр ньамайданнаххына, туох эмэ дьыалаҕар сыыһаны-халтыны оҥорбутуҥ биллиэҕэ.

Ш

ШАРФ

Моойго шарфигы кэтии - ыалдьаары гыннахха эбэтэр ким эмэ баһы¬лааһыныгар киирэн биэриигэ көстөр; моонньугар баанар шарфигы уоран ылан хаалыылара, ыалдьаммын мөлтөхпүн диэн олохсуйан хаалбыт санааттан босхолонуу, ыарыыттан үтүөрүү эбэтэр атын дьон салайалларыттан арахсыы буолуон сөп.

Ы

ЫАЛ

Түүлгэ чугас ыалгын кытта кэпсэттэххэ, араас хоп-сип тарҕаныаҕа.

ЫЙ

Түүлгэ үчүгэй, сөбүлүү көрө ыйыҥ көстүүтэ, өйгө-санааҕа улахан уларыйыылар кэлэн иһэллэрин бэлиэтиир.

ЫЙЫТЫЫ

Ким эмэ доруобуйатын туһунан ыйыттахха, ол киһи доруобуйатын туһугар кыһанара буоллар табыллыа этэ.

ЫАЛДЬЫТ

Бэйэҥ ыалдьыт буоллаххына, элбэх ороскуокка түһүөххүн сөп эбэ¬тэр доҕоргун кытта арахсыы буолан эрэрин бэлиэтэ; ыалдьыт кэлиитэ саҥа дьыаланы саҕалаары, туохха эрэ кыттыһаары гыммытын бэлиэтэ.

ЫҤЫРЫА

Үчүгэй ыҥырыалар көһүннэхтэринэ, бириэмэтин таба туһанан барыс¬таах кэпсэтиилэри оҥосторго сөп буолбута буолуо эбэтэр эргиэн эҥин дьыалата табыллыан сөп.

ЫҤЫЫР

Айаннаан иһэн ыҥыырыҥ холборуйан түстэҕинэ, туһааннаах дьыалаҥ табыллыа суоҕа; көрдөххө - айаннааһын бэлиэтэ; алдьаммыт, куһаҕан көрүҥнээх буоллаҕына, дьыала атахтанар, аанньа табыллыбат.

ЫРБААХЫ

Сырдык дьүһүннээх саҥа ырбаахылаах буоллаххына, үөрүү, ситиһии буолуо.

ЫРЫА

Ким эрэ ырыатын иһиттэххэ - солуннары истиэҕиҥ; үчүгэй ырыа буоллаҕына, үчүгэй солуннар буолуохтара; бэйэҥ ыллаатаххына, мөлтөх быһыылар буолуохтара. Түһээн ким эмэ ыллыы турарын көрдөххө, билэр дьонноруҥ дьиэлэ¬ригэр санаарҕабыл кэлэн, эн эмиэ санааҕа ылларыаҕыҥ; хорунан ырыа¬ны иһиттэххэ, билэр дьон элбээн барыахтара, аатыҥ-суолуҥ биллэн барыа.

ЫСКААП

Таҥас уурар ыскаабы хаһан, онтон таҥас ылар буоллаххына, урукку кэмнэргэ баһылаабыт ньымаларгын хаттаан сөргүтэн туһанаары гыммык¬кын көрдөрөр. Итиннэ көрөр таҥастарын төһө үчүгэйдэрэ, ол мунньум¬мут уоппутун төһө туһалаах буолуохтарын көрдөрөр. Түүлгэ кураанах ыскаап көстүүтэ, тугу эрэ баар дии санаабытыҥ суох буолаары гыммытын көрдөрөр.

ЫСКАМЫАЙКА

Олордоххуна, билэр дьонноруҥ ортолоругар ылар миэстэҥ үрдээн иһиэҕэ.

ЫСТААН

Ыга тутар ыстааны кэтии, дьахтары баҕара санааһын араас көстүүлэрэ.

ЫСТАНЫЫ

Түүлгэ өрүтэ ыстаҥалыыр буоллаххына, урут кыттыһа илик саҥа дьыалаҕар кыттыһаары дуу, тугу эмэ саҥаны оҥороору дуу гыммыккын. Ыстаныы хайдах быһыылаах буолара дьыала төһө табылларын быһаарар; түүлгэ араас мэһэйдэри ыстанар буоллаххына, олоххор көрсөр үгүс ыарахаттары этэҥҥэ туорааҥҥын ыламмыт сыалгын толоруоххун сөп.

ЫТ

Ыт оҕото көһүннэҕинэ, эдэр доҕоруҥ көрсүөҕэ; ыты өлөрүүнү көрдөххүнэ, ночоокко түһүөххэ сөп эбэтэр ханнык эрэ куттал суоһуур, ол иһин сэрэхтээх буолуохха; түһээн үчүгэй ыты көрдөххүнэ, доҕоруҥ кэлиэҕэ; ыт үрэрин иһиттэххинэ, үчүгэй сонуну истиэҥ; маҕан ыт үчүгэй эрэллээх доҕор; ытыраары гынар ыт көһүннэҕинэ, куһаҕан майгылаах киһини көрсүөҕүҥ эбэтэр бэйэҥ майгын мөлтөөн ылар кэмэ кэлиэҕэ. Ыт илиигин ытырдаҕына, мөккүөрдээх, айдааннаах кэмнэргэ ураты тулуурдаах, бэйэҕин кыана туттар буоларыҥ наада.

ЫТАРҔА

Түһээн ытарҕатын кэтэр дьахтары көрдөххүнэ, кыыс оҕо төрүөҕэ. Уһун синньигэс улахан ытарҕаны кэтэр дьахтар көһүннэҕинэ, аймахтаргар уол оҕо төрүөҕэ.

ЫТТЫЫ

Үөһээ диэки ытта сатыыр, салҕанар, бэлэмнэнэр буоллаххына, ханнык эрэ дьыаланы оҥоро сатыырыҥ билигин кыаллар кыаҕа суоҕун көрдөрөр.

ЫТЫС

Ытыс тэһэҕэс буолан хаалыыта көһүннэҕинэ, дьонноруҥ дьыаланы ночооттоохтук кэпсэтэр диэн этиэхтэрэ; ытыһыҥ түүлээх буоллаҕына, барыстаах дьыалаҕа кыттыһыаххын сөп. Ытыһыҥ кыһыйдаҕына - харчы ылыаҕыҥ.

ЫТЫРДЫЫ

Түүлгэ ытыртаххына - дьоллоох буолуоҥ.

ЫТЫЫР

Түһээн ытыыр буоллаххына, туох эрэ куһаҕан быһыы, алдьархай кэлээри гыммыт. Түүлгэр ким эрэ ытыыр саҥатын иһиттэххинэ, ким эмэ эн көмөҕөр наадыйар буолуон сөп; кыайан тутуммакка күүскэ ытаан марылаатахха, үөрүү буолуо. Өр кэтэспит үөрүүлээх түгэниҥ дьэ кэлиэн сөп.

Э

ЭБИСИЙЭЭНЭ

Түүлгэ эбисийээнэ көһүннэҕинэ, үчүгэйи санаабат дьон албын тылларыгар киллэрэннэр бэйэлэригэр туһалаах дьыаланы оҥотторо сатыахтарын сөп.

ЭККИРЭТИИ

Куһаҕан дьоннор эккирэттэхтэринэ, элбэх эрэйдэр тахсыахтара.

ЭМП

Эмп иһиттэрин көрүү - эмтэниигэ.

ЭМЭЭХСИН

Куһаҕан түүлгэ маҕан таҥастаах эмээхсин көһүннэҕинэ, билэр кырдьаҕас киһиҥ өлүүтүттэн улахан санаарҕабылга түһүөҕүҥ. Хара таҥастаах эмээхсин көһүннэҕинэ, санаарҕыырга ханнык эмэ төрүөт көстүөҕэ; уһун маҥан баттахтаах, маҥан таҥастаах эмээхсин көстүүтэ, кырдьаҕас киһи өлүүтүттэн улахан санаарҕабылга түһэриҥ бэлиэтэ.

ЭРБИИ

Эрбии тыаһа - үлэ-хамнас, дьиэ-уот дьыалата үчүгэйдик баран иһэрин биллэрэр; илии эрбиитинэн эрбиир буоллаххына, эн ханнык да үлэни кыайар үлэһит киһигин.

ЭРИЭН ҮӨН

Түүлгэ эриэн үөн сыыллан иһэрин көрдөххө, иннэ-кэннэ биллибэт, үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥоруон сөптөөх өйдөөх-санаалаах киһини көрсүөххэ сөп.

ЭһЭ

Түһээн эһэни көрүү улахан куһаҕан быһыыга көстөр, эйиэхэ улахан кыахтаах киһи куһаҕаны оҥоруон эбэтэр ханнык эмэ саба түһүүттэн көмүскэнэр кэм кэлиэн сөп. Эһэ өллөҕүнэ - улахан тойон өлүө.

ЭТ

Сиикэй эти сиэһин - ыарыыга; эти буһарыы - үчүгэйгэ; сиикэй эбэтэр тоҥ эти көрдөххө, сөбүлээбэт быһыыларыҥ буолуохтара эбэтэр албыҥҥа түбэһиэҥ. Эт эттиир буоллаххына, эн үлэҕэр ханнык эрэ атахтаныы тахсаары гыммыт, бары дьыалаларга сэрэхтээхтик сыһыаннастаххына табыллыаҕа эбэтэр сөбүлээбэт киһигиниин көрсүһүү буолара буолуо эбэтэр аймахтаргын кытта атааннаһыы буолуон сөп. Элбэх буспут эт көһүннэҕинэ, кыра, аска-үөлгэ сыһыаннаах барыс киириэ.

ЭТИҤ

Түүлгэ этиҥ эттэҕинэ, дьону кытта сыһыаҥҥар сыысхал тахсыаҕа, соһуччу түбэлтэттэн уһун санаарҕабыл кэлэн ааһыаҕа.

ЭЧЭЙИИ

Туоххун эмэ эчэттэххинэ, инники буолар түбэлтэлэргэ бэйэҥ ночооттоох хаалыаҕыҥ. Түһээн киһи эчэйбитин көрдөххүнэ, айаҥҥа онно-манна сылдьаргар сэрэхтээх буол, барымыаххын да сөп.