Сахалыы остуоруйа

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саха остуоруйатын холобура.



Хамсыыр харамай туһунан остуоруйа Эһэ уонна саһыл Былыр эһэ уонна саһыл буоланнар туох да алыс доҕордуу эбиттэр. Олорор олохторугар, сылдьар сырыыларыгар, бултуур бултарыгар кыттыгас эбиттэр. ККыһын буоллар эһэ утуйар, оттон саһыл буоллар утуйбат. Онон эһэ доҕоругар саһылга этэр:
– Эн кыһын ханна да барыма. Суолгун көрөн, сонордоон кэлэн өлөрүөхтэрэ. Онон миигин кытта утуй, – диир.
– Суох. Ханна да барыам суоҕа. Эрэн. Доҕорбун эйиигин быраҕан кэбиһиэм дуо?– диир саһыл.
Эһэ утуйар. Саһыл буоллар утуйбат, куруук айдаара-мэнигилии сылдьар, эһэҕэ биэрбит бигэ тылын кэспэт. Ол да буоллар салгыҥҥа тахсыан олус баҕарар. Аанын аһан, таһырдьа уһун күн устатын тухары сүүрэр-көтөр, дьиэтигэр ыкса түүн кэлэр. Күн аайы ол курдук күүлэйдиир.
Арай биирдэ алыс айдааран, эһэтин уһугуннаран кэбиспит. Дьиэтигэр кэлбитигэр, эһэ туран саһылы иэнин тириитин хараҕар күллөрөр, таһыйар. Онтон ыла саһыл күүлэйдээбэккэ, биир сиргэ сытар. Сыккырыыр сырдык тыына, үккүрүүр үрүҥ дууһата эрэ, сыһыл барахсан тулуйубунна кыһыны туоруур.
Саас буолар, эһэ арҕаҕыттан тахсар.
– Дьэ, күүлэйдээ, дьэ, оонньоо? Оонньуур-күлэр кэм билигин буолла, – диир эһэ.
Ол курдук иккиэн сылдьаллар. Эһэ туох да алыс үгүрүөттэн соһуйар, куттанар, онно саһыл күлэн быар аҕай буолар. Ол аайы эһэ уордайан, саһылы өлөрбөт эрэ, таһыйан. Төрүт саһыл эһэни кытта бииргэ сылдьарыттан, тулуйарыттан ааьар. Эһэттэн хайдах гынан куотар ньыматын булунар-толкуйданар.
Арай биирдэ саһыл эһэҕэ этэр:
– Эһээ, доҕоор, эн туохтан куттанаҕын? – диир.
– Мин саамай улаханнык ити дулҕа быыһыттан “ньаас” диэн баран көтөр кыылтан куттанабын уонна туохтан да куттаммаппын, – диир эһэ.
– Сөп. Мин саамай улаханнык куттанабын иккиатаҕынан хаамар туора харахтаах кыылтан, – диир саһыл.
– Оо! Улаата, куттаныах сир баппатаҕа. Туора харах мин уруум эбээт. Аан маҥнай мин туора харах этим, онтон эһэ буолбутум, – диир эһэ.
Саһыл туран эһэни күлүү гынар:
– Кирдьик, эн туора харахха майгылыыгын: баадаҥнаан уонна киҥин да бэт, онон миигин өлөрөн кэбиһиэҥ, – диир.
– Мин тылбыттан таҕыстаххына, кирдьик да өлөрүөм. Сэрэнэр буол, – диэбит эһэ.
– Чэ эрэ, эһэ! Эн туора харахтан куттаммат эбиккин. Бииринэн, урууҥ, онон туора харахтары, хайа баҕарар күүскүнэн да, алюаскынан да кыайар кыахтааххын. Онтон мин туора харахтан куттанабын. Эн туора харахтары бултаа. Мин буоллар эн куттанар “ньаас” диэччини бултаһыам. Хайабыт элбэҕи бултуур эбит, – диир саһыл.
– Саамай сөпкө эттин, саһыл. “Ньаас” диэччини элбэҕи бултаатаххына, миэхэ куттал аҕыйыыр. Оттон мин туора хараҕы бултаатахпына, эйиэхэ да, миэхэ да куттал эмиэ аҕыйыыр. Хата, эн баҕайы хаһан “ньаас” диэччини бултуур уһугүөн! Мин буоллар соруннарбын эрэ быраап, бултуур киһи буолуом, – диир эһэтэ.
Ол курдук сүбэлэһэллэр, сүбэлэрин түмүгэр: аны тоҕус хонугунан бу миэстэҕэ көрсүөх буолаллар. Иккиэн икки аҥыы бултуу арахсаллар.
Эһэ туора хараҕы бултуу барабын диэн, ол күнүгэр туора харахха бултатан, бултуохтааҕар бэйэтэ бултатар. Оттон саһыл буоллар “ньаас” диэччини бирээмэ биир сүүһү бултуур.
Тоҕус хонуга ситэн, эһэтин көрсүөх буолбут сиригэр кэлбитэ – эһэтэ бүгүн да суох. Күүтэр, күүтэр, эһэтэ мэлигир да мэлигир. Онтон туран саһыл эһэтин суолун суоллуур. Эһэтин туора харах өлөрбүтүн билэн-көрөн баран, эһэ уҥуоҕун үрдүгэр ииктээн кэбиһэр. Онно биир эһэ көрөн турар эбит. Ол эһэ саһылга өстүйбүт. Онтон ыла саһыллаах эһэ доҕордоһуулар бүппүтэ үһү.


2. Алыптаах дьиктилээх остуоруйалар:
Лыыбара
Үрүҥ көмүс тыылаах, кыһыл көмүс эрдиилээх Лыыбара диэн киһи баар үһү. Бу Лыыбара биирдэ сүрдээх улахан күөлгэ маарылыы олорбут. Ол олордоҕуна, кэрии саҕатыгар ырыа ыллыыр:
– Үрүҥ көмүс тыылаах, кыһыл көмүс эрдиилээх Лыыбара-Лыыбара! – диир.
Онно Лыыбара:
– Тыый, бу туох дьиктитэй? – диэн тахсан көртө, биир тэллэй сахсаҥныы олорор. Ол тэллэй ыллыыр эбит.
Ону Лыыбар:
– Тууй-сиэ, дьаабал! – диэн баран тэбэн сырбатар. Ол сырбаппытыгар – атаҕа сыстан хаалар. Онтон илиитинэн охсубута – илиитэ сыстан хаалар. Онтон баһынан анньыбыта баһа сыстан хаалар. Ол курдук түөрт лабаата түөрэ сыстан, бүк таттаран турдаҕына, ойуурга ырыа иһиллэр, онтон арай Аҥаа Моҥус тиийэн кэлэр.
Ол кэлэн:
– Тыый, чаархааным кэм да ытырыылаах ээ! – диэн баран, Лыыбараны сиэбигэр уктан кээһэр.
Дьиэтигэр илдьэн сиэри гынар. Онно Лыыбара этэр:
– Оҕонньоор, үс сыл буолан баран сиэр, дэлби уотан-уотан баран, – диир. Онно Аҥаа Моҥус үс сылга уотар.
Уотан баран биирдэ сиэри этэр:
– Эт эттиир элээнэй сүгэм кэл эрэ! Быар угар быллаҕар ыаҕаһым, кэл эрэ! Сүрэх угар сөрүөстээх ыаҕаһым, кэл эрэ! – диирин кытта иһиттэрэ биирдэ баар буола түспүттэрэ.
Онно Лыыбара этэр:
– Кырдьаҕаһыам, эн быһыччаҥ мин сыабын кыайан хотуо суоҕа, онон Болооной оҕонньор болот быһаҕар бар, – диир.
Аҥаа Моҥус оҕонньорго тиийэн:
– Оҕоньоор, эн быһаххын улаһын эрэ, Лыыбыраны сиэри гынным. Хайа, биир эмэ хамыйах хааҥҥа, биир эмэ очоҕос төбөтүгэр тиксээйэҕин, – диэбитэ.
Онуоха Болооной оҕонньор эппитэ:
– Ээ, оҕонньор, мин быһаҕым хаҥаан хаалта. Ону Хараанай оҕонньор хара тааһын аҕалан онон хабырын, – диэбитэ.
Онуоха Аҥаа Моҥус Хараанай оҕонньорго барар.
Онно тиийэн этэр:
– Оҕонньоор, Болооной оҕонньор быһаҕын хабырынан Лыыбыраны сиэхпин, хара тааскын уларыс эрэ, – диир. Уонна, хайа, биир эмэ хамыйах хааҥҥа, биир эмэ очоҕос төбөтүгэр тиксээйэҕин, – диир.
Онуоха Хараанай оҕонньор этэр:
– Кырдьаҕаас, тааһым ыараан хаалта, онон Алаанай оҕонньор ала атыырын аҕалан онон тиэй, – диир.
Онно били Аҥаа Моҥус Алаанай оҕонньорго тиийэн этэр:
– Хайа, оҕонньоор, ала атыыргын уларыс эрэ. Хараанай оҕонньор хара тааһын илдьэн, Болооной оҕонньор, оҕонньор болот быһаҕын хабырынан Лыыбараны сиэхпин. Хайа, биир эмэ хамыйах хааҥҥа, биир эмэ очоҕос төбөтүгэр тиксээйэҕин, – диир.
Онуоха Алаанай оҕонньор этэр:
– Оҕонньоор мин атыырым тэһии буолан хаалта, онон Эрээнэй оҕонньор эриэн өргөнүгэр бар, – диир.
Онно Аҥаа Моҥус Эрээнэй оҕонньорго тиийэн этэр:
– Оҕонньоор, эриэн өргөҥҥүн уларыс эрэ, Алаанай оҕонньор ала атыырын тутан илдьэн, Хараанай оҕонньор хара тааһын тиэйэн илдьэн, Болооной оҕонньор болот быһаҕын хабырынан Лыыбыраны сиэхпин. Хайа, биир эмэ хамыйах хааҥҥа, биир эмэ очоҕос төбөтүгэр тиксээйэҕин, – диир.
Онно Эрээнэй оҕонньор этэр:
– Оҕонньоор, өргөнүм өрүс уҥуор хаалта, ону баран ыл. Өрүскүн ойон тахсаар, - диир.
Онтон Аҥаа Моҥус өрүһү ойон иһэн, өрүс саамай ортотугар чолк! Кына түһэн иһэн кэриэс эппитэ:
– Лыыбараа, самаҕым уҥуоҕун соҕох кынаар, эмэһэм уҥуоҕун кэлии кынаар, – диэн баран, өрүс ортотугар түһэн өлөн хаалта.
Лыыбара кэнникии байан-тайан олорто үһү.