Сэмэнчик (Ньукулай Неустроев)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

СЭМЭНЧИК[уларыт]

аагар иннинэ Sprint dc2 диэн канаалга подпискаланын!

Саас кэлэн, хара тыа көҕөрбүт, киэҥ толоон устатын тухары иэнэ биллибэт күөх дьэрэкээн солко таҥаһы тиирэ тардан кэбиспит курдук буолбут. Төрдө-төбөтө биллибэт күүстээх сүүрүктээх өрүс эбэ хотун, кырыалаах-кыыдааннаах кыһын обургу халыҥ мууһунан хаппахтаан хаайан турбутун үлтү күөрэлээн тахсан, унаарыйан көстөр киэҥ хочотун икки хара ии хайатынан ыла сырдык дьүһүннээх тымныы уунан толорон кэбиспит.

Саас кэлэн, тыaҕa таҕыстаххына — чыычаах ыллыыр, ууга киирдэххинэ — балык оонньуур, көҕөрбүт күөх тыам баһын кэрэ дьүһүннээх кэҕэ кыылым киэһэлэри-сарсыардалары этэн чоргуйан сатарытар буоллаҕа.

Күн анныгар үөскээн-төрөөн сылдьар сүүрэр атахтаах, көтөр кынаттаах, сааһын тухары сүүһүн көлөһүнүн уллуҥaҕap аҕаан, уллуҥаҕын көлөһүнүн сүүһүгэр аҕаан үөскээн олорор саха урааҥхай, саас кэлбитигэр көҥүл баран, үөрэр-көтөр үгэстээх.

Куһаҕан сигилилээх сигилитэ көнөргө дылы гынар, сүрэҕэ суох сүрэхтэнэр, ыалдьыбыт тиллэргэ дылы буолар, санаата түспүт — көтөҕүллэр. Ок-сиэ! Кынаттааҕым буоллар, ханна эмэ ыраах көтөн баран хаалыам этэ диэн — киһи эрэ саныыр санаата.

* * *[уларыт]

Сэмэнчик, алааһын үрдүнээҕи солооһуҥҥа сир тиэрэ туран, аллара, күөл кытыытыгар кустар түспүттэрин көрөн, саатын ылан, ытаары үөмэн киирдэ. Кини быйыл саас саҥа сааламмыт эбит, онон кус ууга олорорун эрэ көрдөр, үөмэн көрүмнэ эрэ буолбат. Аргыый аҕай талах быыһынан Сэмэнчик үөмэн истэҕинэ, кустара, маатырҕаһа-маатырҕаһа, көтөн бардылар. Сэмэнчик улаханнык кыһыйда. «Туох абааһыта кэлэн көтүттэ, тыаспын истибит баҕайылар дуу, улаханнык тыаһыырга дылы гымматаҕым ээ», — дии санаата иһигэр. Арай тура эккирээн көрбүтэ, күөлү кытыытынан хонуу устун биир үpүҥ былааттаах дьахтар, түргэн соҕустук хааман, ааһан иһэр. Дьахтары көрөөт, Сэмэнчик биллэ. Сүрэҕэ хайтах эрэ тэбэргэ дылы гынна, сырайа тоҕо эрэ кытар гына түстэ, тыынара кылгаата.

— Хайа, бу тугу гынаары саһан тураҕын? — диэтэ дьахтар, элэк гыммыт курдук. Сэмэнчик, күлэн ымайан баран, көхсүн этиттэ, ол гэннэ эттэ:

— Toҕo куспун көтүттүҥ?

— Ээ, эрэйдээх, эмиэ сааһыт буолаахтааҥҥын, тугу эрэ өлөрөөрү, — диэтэ дьахтар күлэ-күлэ. Онтон Сэмэнчик кыһыйа санаата.

— Эн кэлэн көтүппэтэҕиҥ буоллар, өлөрүөм да этэ, доҕор! Хайа, бу ханна бардыҥ?

— Эйиэхэ онуоха туох баарый? — диэн баран, кыыс дьахтар түргэн соҕустук хааман бара турда. Сэмэнчик, ах бэрдэрэн, саҥарбакка, кэнниттэн эрэ көрөн хаалла. Кыыс көстүбэт буолтун кэннэ кини олорон табаах татта. Ол олордоҕуна, киниэхэ өйүгэр араас санаа көтөн түстэ.

Маайаны кытта Сэмэнчик бииргэ үөскээбит кыыһа эбит, кэнники, улаатан баран, кинилэр хас да сылга көрсүмүнэ сылдьыбыттар. Маайа, туспа нэһилиэккэ баран, эбэтигэр иитиллэ сылдьыбыт, ол кэннэ быйыл саас эбэтэ эмээхсин өлбүтүттэн төрөөбүт дьонугар төттөрү кэлбит.

Саас эрдэ, Киристиэп саҕана, Сэмэнчик Маайа аҕатын аахха дьаарбайа барбыт. Дьиэҕэ киирэн көрбүтэ, арай биир билбэт үчүгэй дьүһүннээх кыыс оҕото xaҥac диэки олорор эбит. Кинини көрөөт, Сэмэнчик сүрэҕэ хайтах эрэ хамнаан, хаана оонньоон, хараҕа арахпат буолла.

Ол курдук, кини, көрүөхчэ көрөөт, Маайаны бэккэ диэн сүрэҕинэн сөбүлээтэ, хараҕынан таптыы көрдө. Ол күнтэн ыла кини түүн аанньа утуйбат, өйүттэн-санаатыттан Маайа тахсыбат: туой кинини көрүөн, кини саҥатын истиэн баҕарар буолан хаалла.

Маайа буоллаҕына, кинини көрдөр эрэ, туой элэк гынар, кини тылын-өһүн аанньа ахтыбат курдук туттар. Сэмэнчик, онтон ордук санаата түһэн, иһигэр абара саныыр эбит.

«Ити тоҕо Маайа миигин элэк гынара буолуой, сэрэйбэт бэйэтэ дуу?» — диэн Сэмэнчик саныыр. Кини урукку өттүгэр дьахтары таптыыр диэни билэ илик эрэйдээх эбит, онон ордук мунаахсыйар, кыайан ситэн өйдүөбэт, дьахтар быһыытын-майгытын билбэт эбит.

«Бэйи, күлэн эр, мин эйигин биирдэ эмэтэ ытатыам ээ», — диэн, Сэмэнчик иһигэр улаханнык сананар. Ол да сананнар, Маайаны соҕотохтуу эрэ көрүстэр, тугу да булан этиэн билбэккэ муҥнанар. Кыыс буоллаҕына күлүүтэ-элэгэ ордук сүрдэнэр.

«Maҥa бэйэлээх абата эбит, абата!» — диэн, иһигэр эрэ Сэмэнчик туой кыһыйан хаалар.

Билигин даҕаны кини ол курдук кыһыйан хаалла. Күөл кытыытыгар үүнэн турар хамыһы уу долгуна аргыый аҕай сымнаҕастык хамсатар. Күөл оттотугар муус маҥхайа көҕөрөн көстөр. Ол үрдүгэр тураахтар хааҕырҕaha-xaaҕыpҕaha хаамса сылдьаллар, өлбүт балыгы былдьаһан, бэйэ-бэйэлэрин эккирэтиһэллэр.

Сэмэнчик, үөһэ тыынан баран, солооһунугар төннөн таҕыста. Табыырын ылан, иккитэ-үстэ табыйан көрөн баран, тохтоото. Үлэлиэх санаа кэлбэтэ, өйүттэн Маайа кыыс арахпата. «Куһаҕаннык саҥата суох хааллым. Toҕo баҕас кыһыытай? Бэйи, аны көрүстэрбин эрэ, сүгүн арахсыам суоҕа», — дии санаата Сэмэнчик. Онтон, хаһан даҕаны киһилии үлэлиэ суохпун диэн, табыырын кистээн баран, дьиэтигэр барда.

Sprint dc2 диэн канаалга подпискаланын!

* * *[уларыт]

Хас да хонон баран, биир киэһэ Сэмэнчик Маайа олорор сайылыгар барда. Ол баран истэҕинэ, арай тыа иһигэр дьахтар сүөһүнү үүрэр саҥата иһилиннэ. Сэмэнчик, соһуйбут киһи курдук, тохтуу биэрдэ, сүрэҕин тыаһа битигирэс буолла, кулгааҕа хайтах эрэ итий гынна. «Кини сылдьар ээ, — дии санаата, — хайыах баҕайыный? Баран, ыйытан көрүөх баҕайы дуу? Ол эрээри дэлэ кыыс буолбатах, чугаһатыа суоҕа».

Итигирдик иһигэр саныы-саныы, Сэмэнчик, хайтах да гыныан булбакка, суол устун төттөрү-таары хаамыталаата. Ол икки ардыгар дьахтар саҥата чугаһаан кэллэ, тыаҕа сүөһүлэр маһы тоһута үктүүр тыастара иһилиннэ.

«Ээ, чэ, xahaн да син биир, бардаҕым» дии санаата да, Сэмэнчик, ол-бу диэки көрбөхтөөн баран, тиэтэйбит киһи быһыытынан тыаҕа таҕыста. Аҕыйах аҕай хаамыыны барбытын гэннэ, суон тиит кэнниттэн Маайа кинини уун-утары тахсан кэллэ.

Сэмэнчик, Маайаны көрөөт, тохтоото, ол гэннэ күлэн ымайда. Онуоха Маайа, кини диэки кытаанах соҕустук көрөн баран, эттэ:

— Хайа, нокоо, бу туох буолан, хара тыаны өрө кэттиҥ? — Маайа тылыттан Сэмэнчик курус гына түстэ, сырайа кытаран баран, кубарыйан хаалла.

— Эйигин көрдүү сылдьабын! — диэтэ Сэмэнчик абарбыт киһи быһыытынан.

— Ол миигин тоҕо көрдүөтүҥ, миэхэ туох наадалааххыный? — диэтэ Маайа, хараҕын кырыытынан уол сырайын дьөлө одуулаан баран. Сэмэнчик, эмиэ ымас гынан баран, аргыый аҕай эттэ:

— Маайа, тукаам, мин эйигиттэн ыйытардаах этим...

— Баҕайы, тукаам буола-буола! Дьэ, тугу ыйытардааххыный? — диэтэ кыыс. Онуоха Сэмэнчик, силин быһа ыйыстан баран, аат эрэ харата эттэ:

— Maaйa, тоҕойуом, уураһыах эрэ, — диэн. Ол гэннэ аҥаар илиитин кыыс санныгар уурда.

— Бу уол иирбит ээ... Ок-сиэ, эрэйдээх, сааппат даҕаны! — дии-дии, Маайа күлэн чачыгыраата. Онуоха Сэмэнчик, эр киһи туома буоллаҕым буолан, абаран туран, хоруй биэрдэ:

— Онно туох күлүүтэ баарый? Дьэ, хата, кэл, уураһыах, — диэн баран, Сэмэнчик кыыһы кууһан ылан уураары гыммыта, биирдэрэ: «Нокоо, туох буоллуҥ?» — диэн баран, мүччү охсон, сүүрэн хаалла.

— Маайа, тохтоо даа! Бэйи, ханна куоттуҥ? — диэн хаалла Сэмэнчик. Онуоха кыыс кэннин да хайыспата — көрүөх бэтэрээ өттүнэ мас быыһынан элэс гынан хаалла. Ону көрөн баран, Сэмэнчик кэнниттэн caҥa биэрдэ:

— Дьэ, үчүгэй сордоох кыыс, оҕолоор! Тууй-сиэ! Абам да эбит, — диэн баран, сиргэ силлээтэ.

Сэмэнчик хайтах эрэ ууга түспүт киһи курдук буолла, күөмэйэ хатан хаалбыт, тириппит, көлөһүнэ сүүһүгэр ньалҕарыйан түспүтүн ытыһынан туора-маары соттон кэбистэ, ол гэннэ аргыый аҕай тыа диэки киирэн барда. Маайа саҥата ханна эрэ ыраах биирдэ «са-ай» диэн хаалла. Барбахтаан иһэн, Сэмэнчик эмэх буолбут, туора түһэн сытар тиит үрдүгэр олоро түстэ. «Ок-сиэ, туох иннигэр төрөөн хаалан, эрэйгэ бардамый? Аата, абам да баар эбит!» — дии-дии, Сэмэнчик хараҕыттан уу-хаар баһылынна. «Оттон хайтах дьон дьахтары сытаан таптыыллар, бэйэлэрин даҕаны таптаталлар? Дьэ, бэт доҕор, сытаабат диэн. Ол эрээри миигин Маайа сөбүлээбэт быһыылаах. Сүрэҕинэн сөбүлүүрэ буоллар, ити курдук гыныа суоҕа этэ. Дьэ, ол эрээри кыһыылаах баҕайы» диэн, иһигэр Сэмэнчик улаханнык курутуйа олордо.

Тыа иһигэр им-ньим. Күн киирэн, сардаҥата былыкка cahaччы тыкта. Хантан эрэ тоҥсоҕой көтөн кэлэн, Сэмэнчик үрдүгэр турар куруҥ тииккэ түһэн чыбыгыраата. Сыгынах быыһыттан чыс тахса ойон, Сэмэнчик диэки элэк гыммыт курдук көрө-көрө, иһиллээн олордо. Сытар тиит устун эриэн моҕотой, сүүрэн сыбдыгырайан иһэн, киһи олорорун көрөн, хорос гына түстэ.

Сэмэнчик, үөһэ тыынан баран, туран, аргыый аҕай, ыалдьыбыт киһи курдук хааман, тыа саҕатыгар тахсан, дьиэтин диэки барда. Барбахтаан иһэн, Уйбаан уолу утары көссө түстэ.

— Хайа, доҕор, бу хантан айаннаатыҥ? — диэтэ Уйбаан уол, Сэмэнчик сырайын-хараҕын тоҕо эрэ одуулуу-одуулуу. «Бу үөдэн уола сэрэйдэ ээ, бадаҕа» дии санаата Сэмэнчик иһигэр.

— Ээ, үрэхтэн иһэбин, — диэтэ Сэмэнчик, атын сир диэки көрөн туран. Ол кэнниттэн, ону-маны кэпсэтэн баран, араҕыстылар.

Сэмэнчик, дьиэтигэр чугаһаатаҕын аайы санаата түһэн, хайтах эрэ саатарга дылы гына истэ.

«Аны дьонум тыаҕа хайтах дьаабыламмыппын сэрэйиэхтэрэ», дии санаата. Дьиэтин таһыгар кэлбитигэр, моойторуктаах хара ыт, эккэлии-эккэлии, утары сүүрэн кэллэ: Сэмэнчигин көрөн, улаханнык үөрдэ быһыылаах. Сэмэнчик дьиэҕэ киирбитэ, дьоно утуйан эрэллэр эбит.

— Хайа, тукаам, бу ханна сырыттыҥ? — диэн, аҕата оҕонньор, оронугар сытан эрэ, ыйытта.

— Сайылык ыалын диэки бара сырыттым, — диэтэ Сэмэнчик, сырайа кытар гына түһэн баран. Мэктиэтигэр кулгааҕа итий гынарга дылы гынна.

— Hoкoo, үөрэҕин иһэн баран, утуй! Сассын сир тиэрэ барыаххыт. Букатын тугу да гыммат буолан, улдьааран хааллыҥ ээ, — диэтэ ийэтэ эмээхсин, xaҥac диэки күөс кэһии олорон эрэ.

Сэмэнчик, саҥата суох аһаан баран, тахсан, иччитэх титииккэ орон oҥocтон, утуйаары сытта. Ол да сытан, кини иһигэр кыһыйбыт-абарбыт санаата aahaн биэрбэтэ. Өр баҕайы утуйбакка, ону-маны саныы сытта. Ол сытан, түүн чыычаах ыллаабытын кэннэ, ханна да барбытын билимнэ хаалла. Утуйа сытан түһээтэҕинэ, арай күнүс буолбут эбит. Титиик ааныгар Маайа кэлэн, кини диэки сүрдээх үчүгэй хараҕынан аһыммыт курдук көрөн турар. «Маайа, тоҕо кэлэн тураҕын?» — диэн, Сэмэнчик ыйытта. Онуоха Маайа, туох да саҥата суох кэлэн, саба түһэн баран, кинини сүүһүттэн сыллаан ылла. Ол гэннэ түөһүгэр баһын ууран сытта. Сэмэнчик, үөрэн, мэйиитэ эргийэргэ дылы гынна, икки илиитинэн кууһан ылаары гыммыта, Маайа, сулбу ыстанан туран, күлэн чачыгырыы-чачыгырыы, тахсан бара турда. Ол күлбүтүттэн Сэмэнчик уһуктан кэллэ. Күн үөһэ ойбут, титиик үрдүнэн күөрэгэй чыычаах ыллаан бычыгырайан эрэр эбит.

* * *[уларыт]

Ол күнтэн ыла Сэмэнчик, санаата түһэн, аанньа утуйбат, аһаабат буолла.

Биир киэһэ, Сэмэнчик от үлэтиттэн тахсан олордоҕуна, аҕата оҕонньор ыйытта:

— Тукаам, хайтах буолан, бу олус дьүдьэйдиҥ, тоҕо аанньа аһаабаккын? Ыалдьаҕын дуу?

— Кырдьык ыарыйдаҕа диэтэҕиҥ дуу, уолуҥ дьахтарга баҕаран иэдэйдэ ини. Хата, ойохто ылан биэриэххэ, — диэтэ ийэтэ эмээхсин.

Сэмэнчик курус гына түстэ.

— Онто суох, оҕобор дьахтар ылан биэриэм этэ. Сокуоннай да caaha буолла. Хайа муҥун соҕотоҕун эрэйдэнэ сылдьыай? Ойох ылар, оҕо төрөтөр таҥара ыйааҕа буоллаҕа, — диэтэ оҕонньор, үөһэ тыынан баран. Сэмэнчик, кыыһырбыт киһи быһыытынан, туох да саҥата суох таһырдьа утуйа таҕыста.

«Ойох ыл буола-буола! Кими миэхэ ылан биэрээри дэлбэрийдэхтэрэй! Эһиги да ойох ылан биэрбэтэххитинэ, онон өлөбүн үһүө... Ойоҕо да суох киһи тыыннаах сылдьар» диэн, Сэмэнчик иһигэр улаханнык кыһыйа саныы сытта.

Чочумча соҕус буолан баран: «Ол эрээри Маайа курдук кыыһы киһи ойох ыла сыһыа эбитэ буолуо» дии санаата. «Сордооҕу, сатахха, көрсүбэт буолан хааллым. Аны, көссөн, биирдэ ыйытан көрүөх баҕайы дуу, хаһан да син биир — бэккэ гыннар, букатын батан кэбиһээ ини, ити гэннэ тугу гынар үhүө». Бy түүн Сэмэнчик, Маайатын санаан, күн тахсыар диэри утуйбакка сытан таҕыста.

Ол курдук, кини хас да хонукка санаан, эр хаанын киллэрэн сырытта буолан баран, Маайаны табан көссүбэтэ. Биир баскыһыанньа күн Сэмэнчик кус оҕотугар саалана барда. Маайаны, түбэстэҕинэ, баҕар, көссүөм даҕаны диэн, кини олорор сайылыгын чугаһынааҕы алааска барда.

Күн түөттүүр ынах буолан эрэр эбит, алааска онно-манна сүөһүлэр мэччийэ сылдьаллар. Алаас халдьаайытын анныгар маҥаас атыыр угустаах ынахтар сылдьалларын Сэмэнчик көрөн баран, сүрэҕэ тэптэ. Маайа барахсан ынаҕын хамыйа кэлэрэ буолуо диэн, ол-бу диэки көрө-көрө, иһигэр эрэнэ санаата. Онтон, тоҕо эрэ санаа булан, Сэмэнчик алаас халдьаайытын үрдүгэр баар тыа диэки таҕыста. Тыа саҕатыгар чугаһаан иһэн, кини Уйбаан уолу утары көссө түстэ. Уйбаан уол, күлэн ымаҥныы-ымаҥныы, киниэхэ чуо хааман кэллэ.

Сэмэнчик тоҕо эрэ, кинини көрөөт, сүрэҕэр ыттарда. Ол курдук, Уйбаан уол сааппатах дьиибэ хараҕынан, салбана-салбана, кини диэки туох эрэ муоданы оҥорбут киһи быһыытынан көрөн турда.

— Саалана сылдьаҕын дуу, доҕоор? — диэтэ Уйбаан уол.

— Ээ, кус оҕотун, баҕардаҕына, ытыам диэн сылдьабын, — диэтэ Сэмэнчик, aaha хааман иһэн.

Кини Уйбаан уолу көссүбүтүн бэккэ диэн абааһы көрдө, инньэ гынан, кэпсэппэккэ эрэ, тыа диэки хаама турда. Ол иһэн өйдүөн көрдөҕүнэ, мас быыһынан биир маҥан былааттаах дьахтар элэс гынан хаалла.

Сэмэнчик сүрэҕэ сэрэйдэ, биллэ. Күүстээх баҕайы киһи, кэнниттэн кэлэн, сүнньүгэ охсон доргутан кэбиспитин курдук буола түстэ, ол охсубутугар туох эрэ ойдон түһэн хаалбытын курдук буолла. Сэмэнчик кэннин диэки эргийэ охсон көрбүтэ, Уйбаан уол хайыы-үйэ мэлис гынан хаалбыт, арай алаас үрдүнэн атыыр көҕөн кус көтөн талыбырайа сылдьар эбит.

«Бука, хараҕым иирдэҕэ буолуо, ама, кини үһүө? Ол эрээри маҥан былаат киниэхэ эрэ баар этэ. Ити гэннэ ким сылдьыбыт үhүө», — дии санаата Сэмэнчик, аргыый аҕай тыа диэки хаама-хаама.

Ол баран истэҕинэ, арай соҕотохто аллараа алаас иһигэр дьахтар ынаҕы сайдыыр саҥата иһилиннэ. Сэмэнчик, соһуйан, ходьос гына түстэ: хараҕын сыыһын тиэрэ көрөн таһаарда, ол гэннэ, аҕылыы-аҕылыы, сыыр үрдүгэр сүүрэн кэлэн, алааһы өҥөйөн көрдө. Ол көрбүтэ, Маайа ынахтарын хамыйа сылдьар эбит. Сэмэнчик көрүөх бэтэрээ өттүнэ аллараа сүүрэн киирдэ. Биирдэ өйдөнөн кээттэ, Маайа аттыгар кэлэн, титирэстии турар эбит. Маайа буоллаҕына сырайа-xapaҕa куттаммыт, Сэмэнчик диэки хайтах буолан кэллэ диэх курдук көрөн турда.

— Маайа! Эн... Маайа, тоҕо тыаҕа тахса сырыттыҥ диибин ээ? — диэтэ Сэмэнчик, эппэҥнии-эппэҥнии. Сырайа кытаран хаалбыт, хараҕа уоттаммыт, илиитэ-атаҕа босхо барбыт, бэт улаханнык кыыһырбыт-абарбыт.

— Hoкoo, иирэн кэлбиккин дуу? — диэтэ Маайа суон саҥатынан.

— Мин эйигин итинник эрэ быһыылаах буолуо дии санаабатаҕым, — диэтэ Сэмэнчик, уоскуйа биэрэн.

— Туох оннук сүрдээх суолу оҥорбуппун билэн этэҕин? Hoкоo, эн, быһыыта, өйүҥ хамсаабыт ээ, киэр бар! Икки харахпар көстүмэ, — диэн баран, Маайа түргэн соҕустук хаама турда.

— Бэйэ, дэлбэрийэн эр! Мин эн үтүө быһыыгын бар дьоҥҥо кэпсиирим буолуо! Сордоох оҕолор! — диэн хаалла Сэмэнчик кыыс кэнниттэн.

«Ок-сиэ, акаары буоламмын, туох да солуута суохха муҥнанаахтаабыппын. Ити кэриэтин мээлэ, тугу да санаабакка сылдьыбытым буоллар, үчүгэй буолуо эбит. Билигин туох да санаата-оноото суох сылдьыам этэ. Дьэ, ол эрээри абалаах баҕайы суол. Хайтах гыммыт киһи кинилэри ситиһиэ баарай?! Ол да иһин Маайа сырайа-xapaҕa сытыыта бэт, итинник буолуон сөптөөх этэ. Ол да эрээри Уйбаан уолу миигиттэн ордорон таптыыра, дьэ, бэт. Кини баҕас, ама, миигиттэн туоҕунан ордук үhүө? Арай аҕата мин аҕабынааҕар баай соҕус ини. Бэйи, Уйбаан, эн биһикки биирдэ эмэтэ кэпсэтэрбит буолуо. Эн бэккэ өрө тэбэн эрэҕин, ама да үчүгэй Маайа таптаабытын иһин».

Ити курдук, абарбыт санаатын тарҕатынан, Сэмэнчик тыа устун баран истэ. Улам-улам хайтах эрэ санаата чэпчээн, хараҕа сырдаан, көхсө кэҥээн барда. Сэмэнчик, тыаны быһа түһэн, хатыҥ чараҥҥа тахсан кэллэ. Онон-манан хатыҥ сэбирдэҕэ саһаран эрэр эбит. Чыычаах ырыата иһиллибэт буолан хаалбыт. Им-ньим. Мас-от хайтах эрэ санаарҕаабыт курдук буолбут. Былыт быыһынан күн уота тыга түһэн баран мэлийэн хаалла, ханна эрэ ыраах туруйа саҥата дорҕоон курдук буолан иһилиннэ. Сырдык саас, күөх сайын ааһан, хараҥа күһүн чугаһаабыт быһыылаах.

«Ок-сиэ, күһүн бэлиэтэ бэлиэр билиннэҕэ. Сайыммыт aacтaҕa тoҕo баҕас түргэнэй?» дии санаата Сэмэнчик, үөһэ тыынан баран.