Иһинээҕитигэр көс

Тиийдиннэр эйиэхэ (Күннүк Уурастыырап)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт


Тиийдинэр эһиэхэ бу ырыа тыллара,
Дьиктилээх саас ийэ кыталык кыылыныы,
Кэриэстиир алааскыт киэркэйбит тыаларын
Киистэлээх күөхтэрэ тыалырар тыаһыныы.

Элиэнэ збэбит дьалкыллар бааллара
Эһиэхэ даҕаны эҥсиллэр бааллара...
Эмискэ бу сэрии тэргэнэ күүрбүтэ,
Этиҥнээх сата тыал сабыта сүүрбүтэ.

Хотуттан, онуоха, эһиги турбуккут,
Хотуулаах охсуулаах болоту туппуккут.
Кыргыһыҥ, сахалар, оргуйар уоҕунан,
Кыйдаһыҥ немеһи кытыастар уотунан!

Өлөртен куттанан кэхтиини билбэккэ,
Өргөстөөх өһүөнү өһүлэн биэрбэккэ,
Нууччаны, узбегы, татары кытары,
Ньургуннуу охсуһуҥ фашиһы утары!

Харыстааҥ, эрэттэр, олохпут кэрэтин,
Хараххыт ууларын харатын кэриэтин!
Күлүмнүү туруохтун үҥүүгүт көмүстүү,
Күн-Ленин дьыалатын, кеҥүлү көмүскүү!

Өстөөҕү өлөрсүҥ, саастааҕы дьаныйсыҥ,
Өрөгөй үктэллээх саргыны салайсыҥ!
«Саалаахтан самнымаҥ, охтоохтон охтумаҥ!»
Сахаҕыт норуотун алгыһын умнумаҥ!

Тиийдинэр эһиэхэ мин ырыам тыллара,
Дьиктилээх кыраайгыт кыталык кыылыныы,
Үөскээбит алааскыт үрдүк күөх тыалара
Үерүүлээх дьолгутун үүннэрбит тыаһыныы.


1944

Антология иһинээҕитэ