Иһинээҕитигэр көс

Тылбаас - саха тылын кыһалҕата

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Киин куорат, 07.08.2008 32 (467) №

"Ийэ тыл" рубрика

Берегите себя

Тылбаас – саха тылын кыһалҕата

[уларыт]

«Саха тыла самнан, сатарыйан эрэр» диэн үгүс дьон айманар. Кырдьык даҕаны, билигин уу сахалыы саҥарар киһи ахсааннаах буолуохтаах. 375 сыл устата нуучча норуотун кытта алтыһан, баччаҕа диэри эйэ-дэмнээхтик, бэйэ-бэйэбит култууратын убаастаһан, бииргэ олорон кэллибит. Ол иһин, төһө да төрөөбүт тылбытын өрө туттарбыт, ардыгар нууччалыы кэпсэтэрбитигэр тиийэбит. Сорох саха эдэр ыччата, саастаах да дьон, кыбыстан эбэтэр билбэт буолан дуу, төрөөбүт тылларын өйдөөбөтөҕө буолалларыттан киһи хараастар уонна саатар. Ити дьиҥнээх сахалыы тыыннаах оскуола, оҕо саада суоҕуттан дии саныыбын. Ол эрэн, кэлин нуучча оскуолаларыгар саха тылынан кэпсэтии бырагырааматын киллэрэн, үөрэтэн эрэллэр.

Оттон биһиги, сахалыы тыллаах көрдөрөр, иһитиннэрэр, бэчээт суруналыыстара, чуолаан эдэрдэр, нууччаттан сахалыы тылбааска олус эрэйи көрөбүт диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Уһун да уһун тэрилтэлэр ааттарын, медицинскэй терминнэри уонна биирдиилээн тыллары тылбаастыырбытыгар күммүт аҥаара барар. Аналлаах тылдьыт өҥөтүнэн туһанабыт да, сороҕор олох кыаллааччыта суох. Ол иһин, бу саха тылын биир тыын боппуруоһун, таарыйарга сананныбыт.

Тоҕо нууччаттаи сахалыы тылдьыт аҕыйаҕый? Тоҕо ким да үлэлэспэтий, дьарыктамматый? Биһиги эрэдээксийэбитигэр Пётр Алексеевич Слепцов тылдьыта баар. Ону илиистэрэ тус-туспа арахсан хаалыар диэри туһанаахтаабыппыт.

Үп-харчы тиийбэт буолан дуу, эбэтэр таҥан оҥорор дьон суох буолан эбитэ дуу, тылдьыты элбэх ахсаанынан таһаарбаттар.

Бу туһунан сиһилии билээри филологическай наука хандьыдаатын, гуманитарнай чинчийии институтун социолингвистическэй чинчийии секторын (уруккута тыл бэлиитикэтин киинэ) сэбиэдиссэйин Нина Иннокентьевна Иванованы кытта кэпсэттим.

- Биһиги кииммит үс хайысханан үлэлиир. Ол курдук, бастакы хайысхабыт «Өрөспүүбүлүкэ тылын туругун чинчийии» диэн буолар. 2002 сыллаах перепись түмүгүйэн, араас эйгэҕэ тыл туругун чинчийэн көрөбүт. 69 боппуруостаах анкетаны өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар толотторбуппут. Манна «ханнык тылынан кэпсэтэҕин?», «оҕоҕун ханнык тылынан үөрэттэриэххин баҕараҕын?» эҥин диэн боппуруостар киирбиттэрэ. Дьон тыл өттүгэр туохха тар-дыһалларын чинчийэбит.

Иккис хайысха - «Географическай, сир-дойду ааттарын бэрээдэктээһин» диэн буолар. Манна филологическай наука хандьыдаата Иванов Ньургун Михайлович, Багдарыын Сүлбэ картотекатыгар олоҕуран сир-дойду ааттарын үөрэтэн, чинчийэн, саҥалыы оҥоро сылдьар. Үһүс хайысха - Терминнэри таҥан оҥорор бөлөх баар. Онно бары билэр Тэрис, Дапсы үлэлии сылдьаллар. Кинилэр тылбааһынан дьарыктаммыттара хас да сыл буол-ла. Биһиги аналлаах көмпүүтэр бырагырааматын, эдэр специалиһы сыһыаран бөлөх үлэтин сөргүппүппут. Үлэлэрин тиэмэтэ «Сахалыы дьыала-куолу тылын буондата» диэн. Бу тиэмэни икки сыл үөрэттилэр, 12 тыһыынча тылы оҥорбуттар. Ол гынан баран, президент аппараатын иһинэн, тыл бэлиитикэтин сүбэтин термиҥҥэ эксперт хамыыһыйата СГУ профессора Г.Г.Филиппов салайааччылаах хамыыһыйа бөлөх 12 тыһыынчалаах буондатын ситэрэн-хоторон биэриҥ диэн сорудахтаабыта. Бу 12 тыһыынчалаах термин буондатын иһигэр дьыалы-куолу, суут-сокуон, маркетинг, менеджмент, олохтоох салайыныы, социология, экономика уо.д.а. киирмэхтээхтэр.

Бу үлэни Г.Г.Филиппов аҕыс киһиттэн турар хамыыһыйата бигэргэппитин кэннэ, саха тыллаах устудьуоннар ортолоругар апробациялатан ханнык тылы ордук тутталларын, кинилэргэ чугаһын билээри анал үлэ ыытыллыахтаах этэ. Онон, термин атаҕар турарыгар механизма оҥоһуллан турар. Билигин оҥоһуллубут терминнэр итэҕэстэрин туоратан, дьон-сэргэ туттарын курдук турукка киллэрэллэрин термин бөлөҕүттэн кэтэһэбит.

Аны 2006 сыллаахха биһиги научнай үлэһилпит Васильева Римма Иннокентьевна термин бөлөҕөр көмөлөһөн араас тэрилтэлэр, министиэристибэлэр ааттарын кэрийэ сылдьан устан ылан, термин бөлөҕөр биирдитэн бэрээдэктииллэригэр биэрбитэ. Ону күн бүгүнугэр диэри бэрээдэктээн көрдөрө иликтэр.

Норуот тыла сайдыытыгар хаһыат тыла улахан сабыдыаллаах. Хаһыат дьон-сэргэ тылын-өһүн «оҥорор». Ол чахчы. Атын да эйгэҕэ үлэлиир, интэриэстээх дьон тылдьыты оҥоро сатыыллар, оҥоруохха да сөп. Ону хааччахтыыр сатаммат. Учуонайдар, тылга үлэлэһэр киһи аҕыйах, ис дууһатын ууран туран үлэлэһэр киһи ахсааннаах. Холобур, Татарстаҥҥа билиҥҥи туругунан термиҥҥэ наадыйар дьон бэйэлэрэ термин оҥоруутугар үлэлэһэллэр. Ону ким да боппот. Биһиэхэ да күннээҕи үлэлэригэр туһаналларыгар наадыйар дьон оннук бырайыактары оҥорон биһиэхэ көрдөрөн, бигэргэттэрэн киэҥник туттуохтарын, бэчээттэтиэхтэрин сөп. Тоҕо сатаммат буолуой? А.К.Акимов президент аппараатын иһинэн Тыл сүбэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлиирин саҕана, көрдөрөр, иһитиннэрэр эйгэ, бэчээт үлэһиттэрэ кытаанахтык ылсан туран үлэлиир этилэр.

Холобур, 2006 сыллаахха тыл бырагырааматын иһинэн олунньу ыйга суруналыыстар төрөөбүт тылларынан төһө хомоҕойдук суруйаллар эбит диэн куонкурус буолан ааспыта. Онно нуучча, саха, эбээн тыллаахтар кыттыбыттара.

Билигин Саха Өрөспүүбулүкэтин үрдүнэн саха оҕолоро кытай, кэриэй, дьоппуон тылын ордук талан үөрэтэллэр. Олох сайдан, алтыһыы эйгэтэ кэҥээн илин диэки көрөн эрэбит. Ол эрэн, бэйэбит тылбыт базатын толору хааччыйа иликпит. Сахалыы оскуолаларга, оҕо саадтарыгар сахалыы үчүгэйдик билэр учууталлар, суруналыыстар наадалар. Эппитим курдук, кердөрөр, иһитиннэрэр, бэчээт үлэтэ саха тылын сайдарыгар улахан оруоллаах.

ТЕРМИН ОҤОРУУ - ОЛУС УУСТУК

[уларыт]

Афанасьев Лазарь Андреевич - Тэрис:

-Терминнэри оҥоруу уратыта диэн тылы тылбаастыыр онтон, тылы оҥорон биэрэр. Кини оҥорбут тыллара уоп-састыбаҕа тарҕаныахтаах. Терминнэринэн дьарыктанар бөлөх диэн суох. Мин эрэ баарбын. Миэхэ Алексеев Михаил Петрович - Дапсы уонна эдэр үлэһит кыыс көмөлөһөр. Бу терминнэри оҥоруу биир киһи үлэтэ буолбатах. 10 да сылынан бүтүө суоҕа дии саныыбын. Сэбиэскэй былаас саҕана саҕаламматах үлэ буолан олус ыарахан.

Хаһыакка 40-50% тылбаас кыһалҕата көстөр. Ор-фография тылдьытын сокуон курдук туһаныахтаахтар, Оччоҕо тыл тупсуо этэ. Быһаарыылаах тылдьыт 1997 сыллаахха оҥоһуллан бүппүтэ да саҥа тылы эккирэтэн ситэ бүтэрэ иликтэр. Биһиги термин тьшдьытын оҥоро сылдьабыт. Дьыалы-куолу эрэ эйгэтэ оҥоһуллубута. Спорт, медицинэ, искусство терминнэрэ оҥоһулла иликтэр. 60 тыһыынча термин оҥоһулла илик. Бу тылдь-ыт бүтэрэ олох ыраах. Тоҕо диэтэххэ үлэһит дьон аҕыйах. Ону үрдүкүлэр өйдөөбөттөр, соҕотоҕун үлэлии сатыыбын.

Урут терминнэргэ үлэлээн испиппит да ону саппытта-ра. Манна өйөөһүн наада. Быһаарыылаах тылдьыт оҥоһул-лан бүтэрэ буоллар. 10-20 том туохха нааданый? Саҥа тыл киирэ туруо ону сиппэт буоллахпыт дии. Күннээҕи саҥарар тылы оҥоруохха наада дии саныыбын. Үксэ ну-учча тыла буолан эрэр. Саха тыла сүтэн иһэр. Биричиинэтэ элбэх. Онтон сүрүн биричиинэтэ - термин тылдьыта суоҕа буолар. Тыл терминтэн турар, терминэ суох тыл эргэрбит тыл диэн буолар. Үчүгэй тылдьыт оҥорор кыах билигин да суох курдук.

СИР ДОЙДУ ААТА ИНТЕРНЕККА КИИРИЭҔЭ

[уларыт]

Иванов Ньургун Михайлович - филологическай наука хандьыдаата, социолингвистическай чинчийии секторын научнай үлэһитэ.

- Мин аҕам Михаил Спиридонович - Багдарыын Сүлбэ матырыйаалыгар олоҕуран сир-дойду ааттарынан дьарыктанабын. Аҕам географическай терминнэр тылдьытын рукопись быһыытынан оҥорбута. Ол эрэн, кыайан бэчээттэммэккэ сытар. Тылдьыт тахсарыгар үбүлээһин кыаттарбат. Тылдьыт тахсара буоллар сирдэр ааттарыгар туһанар матырыйаал баар буолуо этэ. Икки сыллааҕыта үөрэх министиэристибэтигэр бара сылдьыбытым. Географическай терминнэри саатар оскуола оҕолоругар рукопиһы туһанан таһаарыахха диэбиппин ылымматахтара. Сир аатыгар холобур, атын кыраайдарга, Бурятияҕа топонимическай тылдьыт баар. Ити курдук биһиэхэ да Багдарыын Сүлбэ картотекатынан оҥоһуллуон сөп. Географическай ааттарга олоҕуран тахсыбыг ыйынньык баар. Онно улуустар, нэһилиэктэр ааттарын сахалыыттан нууччалыы таба суруйуу киирбитэ. 2008-2009 сылга маннык ыйынньык тахсаары бэлэмнэнэ сытар. Бу ыйынньыктан суруналыыстар туһаныаххытын сөп. Кыра сыыһалардаах да буоллар бырабыыталыстыба бигэргэппитэ. Географическай сир ааттарыгар тылдьыт суох буолан «Саха сирэ» хаһыакка кытта сир-дойду ааттара сыыһа-халты суруллубут буолар. Куорат дьаһалтата биһиэхэ бачча сир-дойду аатын эбэтэр төһө кыалларынан оҥоруҥ диэн сакаас түһэрэрэ буоллар. Оччоҕо биһиги Туймаада хочотун тула сытар сир аатын таба суруйууга үлэ оҥоруо этибит.

Үлэбит таһынан техническай наука доктора, профессор Мордовской Сергей Денисович, Ия Петровна Калачёва уонна мин буолан сир аатыгар электроннай каталог оҥоро сылдьабыт. Базата оҥоһулунна аны көмпүүтэргэ киириэхтээх. Хаҥалас, Таатта улуустарын сирдэрин ааттара киирдилэр. Сыл бүтүүтүгэр Бүлүү улууһун сирэ-уота киириэҕэ. Көмпүүтэргэ киирдэҕинэ интернекка киирэр кыахтаах. Оччоҕо дьон үлэлии олорон мунаахсыйдахтарына интернеты аһан көрөллөрүгэр табыгастаах буолуо этэ.

Сахалар тылбыт сүппэтин туһугар хас биирдиибит кыһаллыахтаахпыт. Оччоҕо омук быһыытынан симэлийиэ суохпут. Онон күннээҕи кэпсэтэргитигэр сахалыы саҥара сатааҥ, оҕолоргутун сахалыы элбэхтик аахтарыҥ. Оттон бу термин базата сайдарыгар термиҥҥэ наадыйар араас эйгэҕэ үлэлиир специалистар күүс-көмө буолан, күннээҕи үлэҕитигэр наадыйар, ыарырҕатар тыллары мунньан биэрэргит буоллар, термин тылдьыта тахсан саха дьонугар күндү бэлэх буолуо этэ.