Уостубат тапталым (Сабыйа)
Тас көрүҥэ
Уостубат тапталым Таптыыбын мин бука барытын-
Сардаҥа сыдьаайдаах бу күммүн,
Көҕөрөр өндөл күөх халлааммын,
Дьыл араас да кэрэ көстүүтүн.
Таптыыбын уулла оҕолорбун-
Кэлэр кэскилбин- кыыспын,уолбун,
Күҥҥэ көстүбүт көмүстэрбин-
Күүтүүлээх күндү сиэннэрбин.
Таптыыбын түөрэ барыгытын-
Бары баар элбэх аймахтарбын,
Хаан тардар үгүс бырааттарбын,
Ыраах да чугас урууларбын.
Таптыыбын истиҥ дьүөгэлэрбин,
Үтүөкэннээх үөлээннээхтэрбин. Үлэлээн алтыспыт дьоннорбун,
Ахтар-саныыр дьиҥ доҕотторбун.
Таптыыбын бары уоланнарбын
Хаһан да таптаспыт буолларбын,
Кимтэн да адьас саһыарбаппын
Сүрэхпэр мэлдьитин баалларын.
Билэбин сүрэҕим уйанын,
Тэстиэхтии аһара чарааһын,
Ол эрэн улахан тапталын
Сөҕөбүн батаран сылдьарын...
Айылгым анаабыт бэлэҕин-
Тапталга кэччэйбэт сүрэхпин
Бэскигэ быраҕан кэмнээмэҥ,
Чэпчэки,ыарахан дэһимэҥ.
Сэҥээрбит дьоннору барытын
Бу сирбин-халлааммын таптыырбын,
Атыттар оруоллуу хаалымаҥ,
Одуулуу,сиилии да хаамсымаҥ. 02.01.14.