Чолбон (Иван Арбита)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
←[[]] Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Иван Арбита|Иван Арбита]]
Сүбэлэр-соргулар



Чолбон


Киэҥ сир арҕаа саҕаҕар,
Киэһээ кэммэр бэрт эрдэ,
Далай халлаан хараҕа –
Чолбон сулус дьэргэйдэ.
Тыыннаах ыраас өҥүнэн
Тырым ойо тылбаарда,
Көстөр тыргыл күлүмэ
Күндү таастыы кылбайда.
Көрүҥ, ити киэҥ халлаан
Кырасаабысса кыыһа,
Күнүм сирин абылаан
Күлүм-дьирим кыыһарын.
Улуу куйаар буостатын
Сургуустаммыт суруга,
Киэһэ сиргэ бастатар
Кэрэ сырдык сулуһа,
Уоттаах Чолбон барахсан
Ооньньоо хайтах баҕарар –
Кырдьык, сибээс бырахсар
Кэммит кэлиэ ээ, ба5ар.


12.7.1935