Иһинээҕитигэр көс

Ыһыах төгүлэ (Миддендорф суруйуута)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

ЫҺЫАХ ТӨГҮЛЭ

Эгэй, чэ дуу!
Чэл бураан, чэл күөх!
Саҥа дьыл салалынна,
Үтүө дьыл өҥөйдө,
Унаар куйаас оонньоото,
Күдэн куйаас көрүлээтэ,
Сиэрэй сэбирдэх силнгилээтэ.
Мотуок солко мутукча муҥутаата,
Томтор сир ото торолуйда,
Бэттиэмэ бэргээтэ,
Кырдал сир ото кыттыста!
Эрга дьыл эркиийдэ,
Модун дьыл бохтоото,
Кур муус көтөҕүлүннэ,
Күрдьүк хаар көтүрүлүннэ,
Хара муус хампарыйда,
Халҕаһа буолан хайданна,
Кыһыл муус кырбастанна
Кыдьымах буолан кыйданна!
Хотоол сир ото хойунна!
Оонньуур уочарат,
Көрүлуүр көлуөнэ
Улааи уигута,
Кэрэ кэһиитэ
Саамал кымыс!..
Үс курдуулаах моҕол дьиэ
Үс дулҕалаах,
Түөрт уон туос түгэхтээх,
Отут туоһунан ортолоох,
Сүүрбэ туоһунан төбөлөөх,
Уон туоһунан ураалаах,
Үс үөлэстээх,
Дьэрэкээннээх дьиэлээх,
Дьарҕаалаах дьапталлаах оһуордаах оронноох,

Эриэн ииччигэннээх!..
Сатыы далбарын тардан,
Аас тэлгээн 1
Бар дьону аһатан,
Араҕас чэчири анньан,
Айах тутан,
Чороон тутан,
Бэлкэй тутан2,

Тоҕус кулугулаах сэлэтин тиирэн,
Туорах кулунун тутан,
Көбүөрүн олордон,
Көҕөччөр биэтин үүтүн көөнньөрөн,
Көмүөл уутунан көмүөллээн,
Үүтүнэн оҥорон,
Ыһыах тутан.
Бар дьонун аһатан,
Сири иһит сиэттиһэн,
Сиэллээх айаҕын айыыга тутан,
Чороҕоһун таҥараҕа тоһуйан!..
Кэҕэ кэпсиэтэ,
Өтөн үөттэ,
Тойон чуоргуйда,
Кураҕаччы куйаарда,
Күөрэгэй көччүйдэ,
Далбаран дайда,
Туруйа ньондойдо,
Хаас ханыыласта,
Кыталык кыттыста,
Эриэн хотоҕойдоох эргиндэ,
Дабыдаллаах салалынна,
Холборой куорсуннаах холбосто,
Үөрбэ көҕүллээх үөрдүстэ,
Оҥочо кутуруктаах ороосто,
Сиэллээх сыламнаата!..

Сиибиктэ сирдээх,
Оһуор хонуулаах,
Омпуона оттоох,
Сиэгилээх сиэбэлэс мастаах,
Болбукта тумуллаах.

  • Аас тэлгээн — маҥан тэлгэҕи тэлгээн,
  • Бэлкэй — саамай кыра чороон.


Харыйа халдьаайылаах,
Оҕуруо чайдаах,
Бурдук кумахтаах
Өрүс эбэм хонуутугар
Оонньуур уочарат,
Этэр ибирээт,
Саҥарар чаастыйа!..

Бар тыа баһаардаах,
Куруҥ тыа куораттаах,
Уулаах уулуссалаах,
Дулҕа тойонноох,
Киргил кинээстээх,
Чаарда чаччыыналаах,
Кукаакы кулубалаах!..
Эбэн-сабан этэн иһиҥ!
Сылайымаҥ, саҥаран иһии!
Эдэрдэ эргитиҥ,
Солунна солбуйуҥ,
Кырдьаҕаһы кмтыытынан,
Оҕонньору уҥуорунан,
Эмээхсини иннинэн,
Ар^аҕасяааҕьг анараанан
Эдэрдэ эргитиҥ,
Куһаахтааҕы куоттарымаҥ,
Сэлиэччиктээҕи ситиҥ,
Сөртүүктээҕи төлөрүтүмэҥ,
Хаалтыстаавы ханыылааҥ,
Килбиэннээҕи кичэйиҥ,
Кирдээҕи киэр гыныҥ,
Толбоннооҕу торутуҥ,
Тордохтооҕу тутумаҥ,
Хампалааҕы ханыылааҥ,
Синньэлээҕи сиэтиҥ,
Ситиилээҕи сиэтимэҥ!

А. Ф. Миддендорф. Путешествие на север и восток Сибири. Ч. II, 1875, стр. 799. Транскрибирована Э. К. Пекарским и помещена в его работе «Миддендорф и его якутские тексты», 1908.

Маны таһынан бу ырыа «Саха олоҕо» («Якутская жизнь») диэн хаһыат 11 №-гэр 1908 сыллаахха, кулун тутар 23 күнугэр бэчээттэнэн турар. Саха ырыатыттан аан бастаан сурукка тахсыбыт, былыргы ырыаларынан бу А. Ф. Миддендорф доктор суруйуулара буолаллар, «От төгүлэ» инники сайдыыны утарар. «Мас төгүлэ» эмиэ кини суруйуулара. Кини Якутскай куоратынан 1844 сыллаахха кэлэн ааспыта.