Иһинээҕитигэр көс

Үөдүгэй бэҕэһээ уонна бүгүн (Шамаев И.И.)/III чааһа СЭБИЭСКЭЙ БЫЛААС ТУРУГУРУУТА, ХОЛКУОСТААҺЫН/Иванов Мааркап ахтыыта

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Иванов Мааркап ахтыыта

[уларыт]

Дабыыдап Сааба Билиилээххэ холкуос бириссидээтэлинэн үлэлии сылдьан манна Кудуга тахсан холкуос тэрийбитэ. Уус баҕайы тыллаах киһи «бары табаарыстаһыаҕыҥ» диэн дьону барытын итэҕэтэн, үмүрүччү тардан холкуос тэрийбитэ. Эдэр баҕайы киһи сөтөл буолан өлөн хаалбытын аһыйаннар Кудулар Дабыыдап диэн аат ылыммыттара. Өлбүтүн кэннэ Хорбочукааҥҥа көмүллүбүтэ.

Супту уола Үрэллэ. Үрэллэ кыыһа Григорьева этэ. Супту улахан уола Ньукууска. Ньукууска уола улахан үөрэхтээх киһи. Москваҕа олорор. Ньукууска кулаак буола сылдьыбыта.

Ньукууска ойоҕун Ахталба (Яковлев) таһыйан турар. Онон ол дьахтар иирбит. Супту Бытыа уола. Ньукууска Намтан ойох ылан бурдук эргинэн Улгумдаҕа олорбута байан. Куолаһын үҥсэн ылбыта. Ахталба Бытыа дьахтарга оҥорбут уола. Ахталбаны Киргиэлэй (Күндэлииргэ олорбут) ииппитэ. Ахталбаны Адьырҕа ойоҕор Бытыа оҥорбут. Киргиэлэйгэ биэрбиттэр. Бытыа аҕата Сылла (Улгумдаҕа) кинээстээн олорбута. Устунан Бытыа кинээстээн олорбута. Ахталба туой боломуочунай, холкуос олоҕун тэрийэр ааттаах. Корякин Филипп райсовет тэбэрдии гынан таһаарар.

Ньукууска уонна Буут «Холбос» тэрилтэтэ «Салҕабыл» диэн баар этэ. Онно үлэлиир этилэр. Ол-бу сээкэй табаар, мал-сал, сэппэрээтэр, сылабаар иэскэ атыылыыллар. Ону үчүгэйин бэриккэ ылан биэрэр идэлээхтэр. Мин быраабаҕа киирэ сырыттахпына Буут миигин:

— Хайа бүгүн тахсаҕын дуо? Оччоҕуна киэһэ кэлээр, — диэтэ.

Мин кэллим. Бу сатанаҥ үчүгэй табаары бэйэтигэр дэлби эринэн баран сонун кэтэн кээстэ. Сыарҕалаах акка олорон иккиэн кини дьоно Испии Харааччыннаах олохторугар «Кулун өлбүккэ» кэллибит. Онно кэлэн аҕалбыт табаарын ийэтигэр биэрдэ. Испии Харааччын үлэһиттэрэ Ньурбаттан аҕалар үлүйэн хаалбыт бурдугунан оҥорбут хааһыларын сииллэр. Ону Буут үлэһиттэргэ киирэн хаамыталыыр. «Пахай да, маннык аһылыгы аһыыгыт дуо?» диэн сөҕөр-махтайар. Ону Хордур диэн Испии хамначчытта:

— Өлбөт иннигэр, тыын көмүскэлигэр итини сиэбэккэ уонна туту сиэхпитий? Ийэҕэр этэн үчүгэй аста тэрийтэр ээ, — диир.

Буут дьиэтигэр киирэн аһыы олорон ийэтигэр:

— Ити хамначчыттар ыт да аһаабат аһын аһаан сылдьар эбиттэр. Сүрэ да бэрт, — диэн сэмэлиир.

— Биһиги эн курдук үөрэхтээх буолан утуйан турдахпыт аайы харчы кэлэн испэт. Кыахтаах киһи эн аһаттаҕыҥ дии! — диэн саба саҥаран кэбиһэр.

Буут ол «Салҕабылга» үлэлии сылдьан дьиэ туттарбыта. Үөрэхтээх киһи туох былаас иһэрин билэр буолан ону оскуола буоллун диэн былааска бэлэхтээбит этэ. Сэрии иннигэр НКВД диэн баар этэ. Онно хобуоччунан үлэлээн бэрт элбэх киһини өлөртөрбүтэ. Кэлин киһи барыта куттанар киһитэ буолбута.

Салҕабыл диэн киһиэхэ иэс-эҥин биэрэр этэ. Сэппэрээтэр эҥин кэлбитэ. Ону ылаллар этэ. Улахан үчүгэй сэппэрээтэри чэҥкир бэлэх иһин баай кыанар дьоҥҥо биэрэр этилэр, бу Ньукууска уонна Буут.

Тиит Харааччын былыргыга үөрэхтээх (3 кылаас) киһи. Кини бу Кудуга олорбута. Кини дьиэтэ оскуола буолан туран дэриэбинэҕэ киирбитэ. Петров (Үстүүн уола) Тэрэппиин учуутал Кудуга эрдэҕинэ салҕаппыта. Хамначчыттар дьиэлэрэ туспа «кыра дьиэ» судургу ампаар дьиэ. Ити арыы собуотуттан Хомустаах диэки өттүгэр турбута. Ол Тиит дьиэтин таһа. Тиит дьиэтэ билиҥҥи лааппы анараа өттүгэр турбута. Хамначчыта аҕыйах. Икки ынах сааҕа күрдьээччилээх, олор ыыллар даҕаны. От тиэйэр икки хас киһи. Икки хас сылгыһыттаахтар. Киргиэлэй Аржаков аҕата Самыыкка киниэхэ сылгыһыт этэ. Этиэх иннинэ эппит, халлыгыраабыт баҕайы. Чомуйан Халҕанньах уола Тайыла. Самыыкка аҕата Ньолбо Бүөтүр. Улахан модьу оҕонньор. Испии оҕонньор монньоҕо. Кинилэр тугу соруйдулар да онно сылдьар. Оннук киһи кэлин кулаак кутуруга аатырар. Ньолбо кулаактары көмүскүүр этэ. Испирдиэн, Сааба (Ньолбо уолаттара) баайдары кириитикэлииллэр. Ону Ньолбо: «Сааппат сирэйдээхтэр! Аһаабыт иһиккитигэр хотуолуугут!» — дии турар буолар. Киктэхтэрин аайы Самаайап кириитикэлээн тамыргыыр этэ. Ону Ньолбо:

«Шааппаккын даҕаны! Харааччыттан иитиллэ-иитиллэҕин!»

Тиит сылгытынан Испииттэн ордук ынаҕа тиийбэт.

Дабыыдап.

[уларыт]

Дабыыдап Сааба Батаакапка хамнаска сылдьыбыт. Холкуостааһын буолбутугар Билиилээххэ олоҕурбут, арааһа, «Бартыһаан» диэн холкуоска чилиэнинэн сылдьыбыт. Онтон Кудуга холкуос тэриллиитигэр Кудулар кинини биристээтэл талбыттар. Сотору ыалдьан өлбүтэ. Оччоҕо ыал олох киирбэт этэ.

Кудуга лааппыга киирэбит. Онно табаарыһым Дабыыдап Сааба уонна Ньолбо Саабата «биһиэхэ холкуоска кэл да кэл» диэн кучуйаллар. Онтон булан баран арахпатаҕым.

Икки Саабаны кытта Даалыгырга көмүскэ сылдьыбыппыт. Ону атыыһыттар тэрийэллэр. Кинилэртэн ас-табаар ылан үлэлиибит. Онно биһиги кыра уолаттарбыт. Өргүөт улаҕатыгар былыргы Хапсыкы олоҕуттан Хатырык диэн үрэх Тоҥуоҕа киирэр. Кыра таас үрэх.

Дабыыдап Сааба аатынан ити Куду ааттаммыта. Кинини холкуоһу олохтообута, баайы кытта охсуспута диэн дьон аһыйар киһитэ этэ. Кырдаҥаалар тоҕус үйэ тухары эһэҕитин-аҕаҕытын баттаан олорбуттара, онон кулаактаналлара сөп диэн Сааба куолулуур этэ.

Сааба син айахтаах киһи этэ. Ол гынан баран улахан билиитэ суох киһи.

Оччоҕо сир кылааһынан. Кинилэр түүлэһэн дьон кылааһын атыылаһаллара. Онон нэһилиэк үчүгэй сирин кинилэр оттууллар. «Биэс оҕо кылааһын биэрэбит» диэн кэпсэтэн чэй, табаах, табаар, бурдук ыһаллар.

Сайтаан диэн баар этэ. Ол биир эрэ кылаас сири оттонор. Биир ынаҕын толооннору эҥин оттоон кыстатар. Ойоҕо хоһууна бэрт. Күҥҥэ дэһээтинэни мунньан иһэр баайдарга. Онно биир дэһээтинэҕэ биэс солкуобайы аахсаллар. Ол сэбиэскэй буолан эрдэҕинэ. Саамай былыргыга олох чэпчэки. Самаакыны Кучурук диэн эмээхсин уола дииллэр этэ. Сайтаан аҕата Марсаха диэн ынах туттар эҥин ойуун. Марсаха олоҕо Халбаакы Харбалааҕа. Чөлөппөөн Хоро киһитэ.

И. Шамаев суруйуута