Ыллыыр ырыам... (Күндэ): Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
HalanTul (ырытыы | суруйуу)
auto summary: New page created (no summary given)
 
к 1 барыл
(уратыта суох)

04:47, 20 Кулун тутар 2011 барыл

***


Ыллыыр
Ырыам
Күдэн-маҥан халлаан
Күүгэс чыычааҕын
Күүгүнүүр
Күүгээнэ буолар...
 
Ыллыыр
Ырыам
Ыккый иһинээҕи
Ыллыыр чыычаах
Тылыгырыыр
Тыла буолар...

Ыллыыр
Ырыам
Тумара маар
Тураҕас туруйата
Тулаайахтыйан олорон,
Тумаҥҥа часкыытыыра
                  буолар...
Ыллыыр
Ырыам
Харыйа сиикээн
Хараҥа түгэҕэр
Чыбыс-чыыхаан
Чылырдыыр тыаһа буолар...
 
Ыллыыр
Ырыам
Хайа хаспаҕыттан
Халыйан тахсар
Хаккырыар уутун
Халлыгырас тыаһа буолар...

Ыллыыр
Ырыам
Күлүгүрэ луҥкурбут
Күндэ күөл түгэҕин
Тааллыбатах
Таабырына буолар...