Иһинээҕитигэр көс

Ахтабын... (Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ахтабын...
Хоһооннор
Алексей Суола


Ахтабын...


Ахтабын…
Киэҥ үрүйэ долгуйа устарын,
Сыдьаайа көрөр күн уотугар
Күлүмнүү-дьиримнии оонньуурун.

Ахтабын…
Түптэ күөх буруота
Yрдүккэ унааран тахсарын,
Кус үөрэ күөлгэ түhэрин,
Куhуруу эргийэ көтөрүн.

Ахтабын…
Бороҥ куобах оҕото
Ойуурга мэнээктии сүүрэрин,
Көтөҕөтө түспүт тииттэр быыстарынан
Элэҥнээн ааhарын…

Ахтабын…
Массыына барахсан
Уһун айантан сылайбыттыыы,
Тымныыттан бөтө бэрдэрбиттии
Бирилии-барылыы тыаhыырын.