Иһинээҕитигэр көс

Интеллигенциябыт көмүс биһигин харыстыахха (Копырин Н. З.)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Копырин Николай Захарович Копырин Николай Захарович
Интеллигенциябыт көмүс биһигин харыстыахха.
Николай Захарович Копырин
[[]]→



Кыайан хаамар эрдэхпинэ Ярославскай уонна Кулаковскай ааттарынан уулуссалар быһа охсуһар сирдэригэр Аппа үрдүгэр кырдьаҕас бэрэбинэ дьиэ харааран турарын ытыктыы, сүгүрүйэ көрөн ааһарым. Тутуллубута 150 сыл кэриҥэ буолбута буолуо да, бөҕө таас акылааттаах буолан билигин да туруга хамсаабатах этэ. Хаачыстыбалаах мас тутуу уһун үйэлээх буолар эбит. Ол курдук куоракка, холобур, «Тыгын башнята», «Туус лааппыта» диэннэр 350-ча сыллаах тутуулар бааллара.

Мин кэпсиир икки этээстээх мас дьиэм классическай прогимназияҕа ананан оччотооҕу олохтоох уопсастыба сириэстибэтигэр саха уустарынан тутуллубут. Бу дьиэ барахсан Саха Сиригэр бастаан тэриллибит орто үөрэх кыһата 20-чэ сыл устата балачча элбэх ыччаты (олор истэригэр сахалары) ииппит-үөрэппит үтүөлээх. Бастакы революционер К.Г. Неустроев (Урсик), бастакы сырдатааччы, суруйааччы В.В. Никифоров-Күлүмнүүр, бастакы аатырбыт учууталлар В.Г. Монастырев, Д.Д. Сивцев, Г.П. Помин, П.Х. Староватов, бастакы быраастар Е.Н.Слепцов, П.Н. Сокольников, прогрессивнай өйдөөх диэйэтэллэр Николаевтар, Слепцовтар, Поповтар, Афанасьевтар, Говоровтар о.д.а. Саха бастакы көлүөнэ интеллигеннэрэ бу дьиэҕэ үөрэммиттэрэ. Кинилэртэн Россия бастакы революциятын саҕана «Сахалар Сойуустара» диэн босхолонуулаах хамсааһыны тэрийээччилэр үөскээбиттэрэ. Бу дьиэҕэ 1890 с. прогимназия оннугар реальнай училище тэриллэн үйэ чиэппэрин кэриҥэ үлэлээбитэ. Манна өссө элбэх ахсааннаах интеллигенцийэ иккис көлүөнэтэ иитиллибитэ. Национальнай уус-уран суругунан литератураны, суругу-бичиги төрүттээччилэр А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, С.А. Новгородов, уһулуччулаах историк ученай Г.В. Ксенофонтов, кини быраата конфедералистар партияларын баһылыга П.В. Ксенфонтов, талааннаах экономист, «Холбос» сойууһу тэрийбит К.О. Гаврильев, «Сырдык», «Саха аймах», «Саха омук» диэн культурнай-сырдатар уопсастыбалары үөскэтэн үлэлэппит бүтүн аармыйа дьон манна үөрэнэн-иитиллэн тахсыбыттара. Кэлин бу дьиэ таһыгар икки этээстээх бэйэтин кэмигэр сүүнэ улахан таас дьиэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Онтон ыла бу дьиэлэр «мас реальнай», таас реальнай» диэн ааттанар буолбуттара.

Сэбиэскэй былаас буолбутун кэннэ мас уонна таас реальнайдар дьиэлэригэр педагогическай, учительскай институуттар, кинилэр баазалара орто үөрэҕи биэрэр рабфак (рабочий факультет) тэриллибиттэрэ. Бүттүүн үөрэхтээһин буолбут барҕарыы кэмигэр манна саҥа кэм интеллигенцийэтэ - тыһыынчанан дьон иитиллибиттэрэ. Республика бары муннуктарыгар үөрэҕи-сырдыгы тарҕата, саҥа олоҕу тэрийэ, салайа барбыттара. Бу дьиэлэргэ үлэлээбиттэрэ биһиги норуоппут бастыҥ дьонноро, учуонайдар — И.П. Жерготов, С.Ф. Попов, А.Е. Мординов, И.А. Мельников, Г.П. Башарин, И.М. Романов, Л.Н. Харитонов, А.Д. Егоров, Ю.Г. Шафер, Ф.Г. Сафронов о.д.а. Кэлин манна Саха Государственнай Университета аһыллыбыта.

Бу дьиэлэр билигин кырдьан, онуоха эбии көрүүлэрэ-истиилэрэ мөлтөөн тураахтыыллар. Үөрэх аан-бастакы кыһалара буолбут улахан үтүөлээх уезднай училище, куорат үчилищетын, учуутал техникумун, Кырбыһааҥкын туттарбыт орто оскуолатын дьиэлэрэ көтүллэн суох буолбуттара ыраатта. Мас уонна таас реальнайдар дьиэлэрэ эмиэ кинилэр киэптэрин кэтиэх бэйэлэрэ буолуо дуо... Оо, абатын, олус да хомолтолоох, кутурҕаннаах буолсу. Кэбис, оннук буолбатын. Киров уулуссатыгар турар Кыргыттар гимназияларын дьиэтин умаппыттарын билэбит. Билигин «не помнящие родства» буолуохпутун букатын сатаммат! Билигин бүтүн турар кэриэстэбиллээх ытык дьиэлэри өрүһүйүөххэ! «Былыргы прогимназия дьиэтин харыстааһын» диэн историческай науука кандидаата П.П. Петров («Билии-Көрүү» 1998-1999, №2) национальнай интеллигенцийэ көмүс биһигэ буолбут дьиэлэри харыстыырга бэрт сөпкө тыл көтөхпүтүн кэннэ туох да сэҥээрии буолбата. Бу дьиэлэр турар бэрт дьоҕус сирин ыраастаан, мас үүннэрэн, төгүрүччү олбуордаан комплекс оҕото оҥоруох баара. Дьиэлэри үчүгэйдик сууйан-тараан, эрэмиэннээн интеллигенцийэ историятын көрдөрөр баай экспонааттаах музейы тэрийиэххэ. Күөх аллеяны оҥорон уһулуччулаах дьоннорбут бюстарын туруортуохха. Манна уезднай училища, куорат училищата, учууталлар, кыргыттар семинариялара, учуутал техникума үлэлээбит матырыйаалларын кытта көрдөрөр саалалары аһыталыахха. Энтузиаст салайааччыны буллахха, уопсастыбаннас күүһүн түмэ туттахха, бу үлэ улахан ороскуота суох кыаллар кыахтаах. Кэскиллээх дьыалаҕа университет, педучилище, атын да үөрэх кэлэктииптэрэ актыыбынайдык кыттыа этилэр. Мемориалы тэрийиигэ ытык кырдьҕас Суорун Омоллоон, атыттар да уоппуттара, «2000 үтүө дьыала» үөрүйэхтэрэ баар. Интеллигенцийэбит көмүс биһигэ мемориалы тэрийии биллэрэр, иитэр-өйдөтөр суолтата сүҥкэн улахан буолуо этэ.

«Не хлебом единым жив человек»!