Интернационал (Потье; Ойуунускай)
Интернационал
Туруй, бары дойду кырыыстаах
Аччык кулуг дьон аймаҕа!
Өйдөөх санаабыт са галанна,
Өлөр өскө тэрилиннэ.
Аан дойду албыннаах олоҕун
Алдьатар алгыстаах үлэ
Саҥа саргытын салайаммыт
Бары барбах бастаан туруо.
Дьиҥ бубаар кыргыһыыбыт
Бүгэр дохсун бэрдэ,
Интернационаллыын
Бар дьон сайдан туруо.
Таҥараттан, саартан, талбатган
Көҥүл сордоох дьоҥҥо кэлбэт,
Көҥүл дьоллоох сырдык соргутун
Бэйэбит эрэ булуохпуг.
Батталлаах олоҕу барыырга,
Бар дьон дьолун тутарга,
Кытаатан кыһаҕа кьтардан
Итии тимири балталааҥ.
Дьиҥ бубаар кыргыһыыбыт
Бүгэр дохсун бэрдэ,
Интернационаллыын
Бар дьон сайдан туруо.
Аан дойду бары баар сирдэрин
Алгыстаах үлэ сэриитэ
Соҕотоҕун эрэ бас билэр
Соргулаах улуу сокуоннаах.
Хаһан баайдаах палач дьоллорун
Сүллэр этиҥ эттэҕинэ,
Син биир биһи корор күммүт
Биһиэхэ костон күндээриэ.
Дьиҥ бубаар кыргыһыыбыт
Бүгэр дохсун бэрдэ,
Интернационаллыын
Бар дьон сайдан туруо.
1921