Киһилии айылҕам (Алексей Суола)
Тас көрүҥэ
(Мантан: КиҺилии айыл5ам (Алексей Суола) көстө)
Уйадыйах да айылаахха
Арыт уйадыйан биэрбэппин,
Ыллыах-туойуох да кэмнэргэ
Ыллаан-туойан барбаппын.
Оттон отой судургуттан,
Отох кыра санаабыттан
Ыгылламмын, ытамньыйан,
Yрдүк иэйиинэн күлэн-үөрэн,
Өһөн, күлүмүрдээн барабын.
О, мин киhилии айыл5ам
Алыс кыара5аскын, дэлэйгин,
Yгүс сана муората, тыымпы күөлэ
Эн буола5ын – дууhам көстүүтэ.