Кэс тыллаах эйэни... (Абаҕыыныскай)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

***


Кэс тыллаах эйэни
Көҥүлү, үлэни —
Коммунизм хардыытын
Хоһуйан ыллаатым.

Кырдьан да олорон,
Ырабын толорон,
Кырдьыгы ыллыаҕым —
Ыччакка аныаҕым.

Өлбүтүм да иһин,
Тыл күүһэ тириэриэ,
Үйэлээх кэриэһим
Тыыннаахпын биллэриэ.

Дьон-норуот сүрэҕэр
Тиллэммин мөхсүөҕүм,
Дьолломмут үөрүүбэр
Мин өрө көтүөҕүм.

Суостаах да өлөр чаас
Поэты тумнуохтаах,—
Күөх көрдөөх күндэл саас
Күөрэгэй ылпыахтаах]