Кэтэһии (Ойуунускай)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ырыа-тойук тыкаарам,
Ыллыах-туойуох, гитаарам,
Тохтор көмүс дорҕоонум,
Тоҕо бу мин тохтоотум?

Илбис тылбын истээри,
Имэҥ дьайын билээри
Үөрэр-көтөр буоларым,
Үөрэ-дьүөрэ туойарым...

Сааскы күнүм тахсыыта,
Саҥа олох сырдыыта
Илбис тыллаах этиэҕэ,
Имэҥ дьайдаах кэлиэҕэ...

Ырыа-тойук тыкаарам,
Ыллыах-туойуох, гитаарам,
Тохтор көмүс дорҕоонум,
Тоҕо бу мин тохтоотум?

Кэлэр сааска тиийиэхпит,
Кэрэ тылы истиэхпит, —
Үөрэр-көтөр буолуохха,
Үөрэ-дьүөрэ туойуохха!