Күн кыыһа (Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кыараҕас автобус иhигэр
Кыбыллан, ыгыллан тураммын,
Кимиэхэ эрэ кыыhыран
Киҥнэнэн эрдэхпинэ,
Курус санаабын кыйдыы
Күн кыыhа күлүмнээн киирдэ.
Күн курдук сардаҥа баттахтаах,
Күн кыыhа дьолунан кыыhа,
Күн күлүмүн тула ыста.
Кыыспыт имнээх иэдэhэ,
Кылбарҕар күн курдук тэтэркэй,
Күөхтүҥү арылхай хараҕа –
Күөх халлаан мичээрэ, тырыма,
Куудара баттаҕын суhума –
Күн уотун сардаҥа төлөнө.
Күн кыыhа күндээрэн киирдэ да,
Кыараҕас автобус иhэ
Кэҥии, дьэргэйэ түстэ.