Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
* * *
Күhүҥҥү күн көрөн
Күндэлэс халлааны мичээрдэ үөрдэр.
Былыт уорҕатынан быаны тарпыттыы
Быдан дойдуга кубалар бараллар.
Сэндэңэ тыаларга чох хара улардар
Уулаах отоҥҥо тоҥхойо үҥэллэр.
Кый ыраас булт саата сатарыыр,
Аата суох мас үрэх
Өмүрэн хатылыыр.
|
|