Көҥүл ырыата

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Дирбиэн-дарбаан күннэргэ

Дирбийэн-дарбыйан тураммыт

Көнөр көҥүлү көрдүөхпүт,

Көмүс солону көмүөхпут...


Тибиилээх-тиһиктээх күннэргэ

Тибийэн-табыйан тураммыт

Баай дьон батталын барыахпыт,

Барбах дьоннор барҕарыахпыт...


Саталаах-саргылаах күннэргэ

Сатайан саҥаран тураммыт

Саха дьону салайыахпыт,

Сааппат-саспат саргылыахпыт...


Хаарыан-харамай күннэргэ

Хаһыытаан-ыһыытаан тураммыт

Түрбүөн бөҕөнү түһэриэхпит,

Түрмэ бөҕөну түҥнэриэхпит...


Килбик-кичимэҕэй күннэргэ

Кичэйэн-хачайан тураммыт

Ордук соргуну булуохпут,

Олох дьолун ончэруохпут...


Көҥүл дохсун күннэргэ

Көрүлээн-нарылаан тураммыт

Өйү, күүһү үрдэтиэхпит,

өлгөм дьолу төрөтүөхпүт...


Дорҕоон-долгун күннэргэ

Долгуйан-оргуйан тураммыт

Кыра норуот кыайыахпыт,

Кырыыс баһын быһыахпыт...


Кыыһар сардаҥа уотугар,

Кыһыл үйэбит дьолугар

Уһун тускул тутуохпут,

Уруй-айхал этиэхпит...


1922 сыл