Иһинээҕитигэр көс

Майам (Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Майам(Алексей Суола) көстө)


Күлүм-мичил күн уота
Таас дьиэлэргэ чаҕыллар,
Майам эдэр хатыһа –
Мааны кэмим саастара.

Чэмэл үрдүк кырдалга
Сырдык санаа саҕыллар.
Олох ытык ырыата
Намтыы, үрдүү иһиллэр.

Төрүт сирбэр – Мэҥэбэр
Yс кут сүрэ түмүллэр,
Киирэр-тахсар сарыаллар
Иэйэ,сырдыы кыыһаллар.

Yгүс сүрэх таптала
Майа – кэскил туоната,
Олох сүппэт түбүгэ
Майа – ырыам анала.