Маҥнайгы тапталбар (Кындыл)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Күннэригим сиригэр,
Көмүһүкчэй биэбэйим,
Көрсүспүппүт олус да
Күндүкэтин эбитин!
Уйан поэт олоҕо -
Улуу таптал дэһэллэр,
Таптал намчы муос оҕо
Табыгаһын кэпсииллэр.
Таптал бэргэн оҕунан
Таптыҥ эбээт сүрэхпин,
Сырдык иэйии уотунан
Сылаанньытыый эн миигин!