Нүөӣэ тэбэр сүрэҕим

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Нүөӣэ тэбэр сүрэҕим
Түөhүм иhигэр,
Кыра, дьоллоох хоспор биир бэйэм
Миэстэ булбатым.
Ханнаҕыный, сэгэриэм,
Саныыгыан, миигин?.
Саҥабар эппиэт суох,
Тулабар им – ньим.

Суох… Ыарахан да эбит.
Сүтэрсии муҥа…
Сүрэҕим – дууhам, бүтүн бэйэм
Нүөйбэхтиир курдукпун.