Оҕо өйө-санаата сайдыыта (Каженкин И.И.)
И.И. Каженкин - Уйбаан Хааһах
ОҔО ӨЙӨ - САНААТА САЙДЫЫТА
Дьокуускай 2021
АННОТАЦИЯ
Оҕо өйө-санаата сайдыыта улахан киһи өйүттэн-санаатыттан улахан уратылаах; аан маҥнай буор кута эрчиллэр, ийэ кута иитиллэр, онтон салгын кута үөрэнэр. Кыра эрдэҕинэ бэйэтин салайар ийэ кута, үгэстэрэ саҥа үөскүүллэринэн улахан киһиттэн уратыланар. Сыыһа-халты, атаахтык иитэн кэбистэххэ “Атаах оҕо өйө-санаата түктэри” диэн этиигэ сөп түбэһэн хааллаҕына, улааппытын кэннэ төрөппүттэрэ эрэйдэниэхтэрин сөп. Оҕо өйө-санаата сайдыытын уратыларын хас биирдии төрөппүт билэн оҕотун иитиитигэр туһаныа этэ. Бары төрөппүттэргэ ананар.
Развитие сознания ребенка резко отличается от сознания взрослого человека. Для широкого круга читателей.
ААН ТЫЛ
Саха дьонун олохторун үөрэҕэ оҕону ийэ уонна аҕа бэйэлэрин үтүгүннэрэн, батыһыннаран иитэн, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанарга үөрэтэн, киһи буолууну ситиһиннэрэллэр. Бу үөрэх билигин таҥара үөрэҕэр кубулуйан сылдьар. Ол аата таҥара үөрэҕэ оҕо өйө-санаата сайдыытын салайар. Оҕо төһө эдэриттэн киһи буолууну ситиһэр даҕаны олоҕор оҥорор ситиһиилэрэ элбээн тахсаллар. Киһи буолууну ситиспит оҕо киһилии майгыланан, сыыһа-халты туттубакка олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанар.
Оҕо өйө-санаата сайдыыта улахан киһи өйүттэн-санаатыттан улахан уратылаах; кыра эрдэҕинэ аан маҥнай буор кута хамсаныыларынан эрчиллэр, ийэ кута үгэстэринэн иитиллэр, үгэстэри үөскэтинэр, онтон улаатан истэҕинэ салгын кута сайдан, үөрэҕи ылынан үөрэтиллэр. Кыра эрдэҕинэ бэйэтин салайар ийэ кута, үгэстэрэ саҥа үөскүүллэринэн улахан киһиттэн тосту уратыланар. Оҕо иитиитэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ, айылҕа тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэрин хайаан да туһаныы эрэйиллэр:
1. Аан маҥнай үчүгэй, туһалаах быһыылары оҥотторо үөрэтэн, оннук үгэстэри иҥэрэн ийэ кутун үчүгэй быһыылары оҥорорго ииттэххэ, үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатар кыахтанар.
2. Куһаҕан быһыылары оҥорорун тохтоппокко, олору элбэхтик оҥорон куһаҕан үгэстэнэн хааллаҕына, куһаҕан быһыылаах киһиэхэ кубулуйарыттан сэрэннэххэ табыллар. Сыыһа-халты, атаахтык иитэн кэбистэххэ “Атаах оҕо өйө-санаата түктэри” диэн этиигэ сөп түбэһэн хааллаҕына, улааппытын кэннэ төрөппүттэрэ эрэйдэниэхтэрин сөп. Оҕо өйө-санаата сайдыытын уратыларын хас биирдии төрөппүт билэн оҕотун иитиитигэр туһаннаҕына, киһи быһыылаах кэлэр көлүөнэлэнэн аймахтара сайдан иһэрин ситиһэр кыахтанар.
Оҕону кыра эрдэҕинэ сыыһа-халты иитэн кэбиһии сахалыы атаахтатыы диэн ааттанар уонна оҕо улааппытын кэннэ өйө-санаата түктэри барыытыгар тириэрдэриттэн төрөппүттэр эрдэттэн сэрэнэллэрэ, харыстаналлара эрэйиллэр. “Атаах оҕо өйө-санаата түктэри” диэн былыргылар этиилэрэ туохтан тутулуктанан үөскээбитин биһиги бу үлэбитигэр ырыттыбыт.
Оҕо иитиитэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһа сылдьыыны эрэйэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ куһаҕан быһыылары оҥорорун төрөппүтэ, иитээччитэ тохтоппотоҕуна, ол быһыыларын элбэхтик оҥорон, олоро үгэскэ кубулуйан иҥэн хааллахтарына, куһаҕан майгылаах, куһаҕан быһыылары оҥорор кыахтаах буола улаатарыттан төрөппүттэр сэрэниэ этилэр. Куһаҕан быһыылары оҥоруу оҕо өйүгэр-санаатыгар улахан угуйар дьайыылааҕынан, бу быһыылары оҥорботугар үөрэтии, төрөппүт оҕотун үчүгэй киһи оҥорор баҕатыттан, кыаҕыттан тутулуктанар.
Оҕо ийэ кутун иитии икки өрүттээх. Кыра оҕо үчүгэй быһыылары оҥордоҕуна уонна олорун элбэхтэ хатылаатаҕына, үчүгэй үгэстэр үөскээннэр иҥэннэр ийэ кута иитиллэр, үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатар кыахтанар, онтон куһаҕан үгэстэри бэйэтэ оҥорон иҥэриннэҕинэ куһаҕан быһыылаах, майгылаах буолан хаалан төрөппүттэрин хомотуон сөп. Оҕону иитии икки өрүттэнэн тахсара ити быһаарыыга олоҕурар.
Омук сайдан, күүһүрэн, үлэни-хамнаһы кыайара оҕону кыра эрдэҕинэ иитииттэн, улаатан истэҕинэ үлэҕэ-хамнаска үөрэтииттэн быһаччы тутулуктаах. Сайдыыны ситиһии аҥардастыы үөрэхтээһинтэн эрэ кэлэрин курдук сэбиэскэй былаас саҕанааҕы сыыһа үөрэтии, аныгы ырыынак кэмигэр тохтоотоҕуна, үлэни-хамнаһы кыайааччы эдэрдэри элбэтии эрэйиллэр.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр оҕону иитиини сыыһа хайысханан ыыппыттарын билигин “айыы үөрэҕэ” салҕаан иһэрэ хомолтолоох. “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн ыҥырыыны тутуһуу, барыта бэлэмҥэ үөрэтии, маанылааһын, киһиргэтии, “айыы үчүгэй” диэн үөрэтии оҕону атаахтык иитиигэ тириэрдэрин, өйүн-санаатын аһара ыытарын, дьон билбэттэрин, айыыны оҥоро сатаан сыыһа-халты туттунарын, быстах быһыыга түбэһэрин элбэтэрин төрөппүттэр биллэхтэринэ табыллар.
Билигин ырыынак олоҕор төрөппүттэр оҕолоругар көрдөбүллэрэ улаатан, чиҥээн биэрэр. Ол курдук ханнык эрэ баайы-малы үйэлэрин тухары үлэлээн мунньуммут төрөппүттэр оҕолоро, бу баайдарын-малларын ыспатыгар-тохпотугар, үлэлээн-хамсаан кыаҕа баарынан элбэтэригэр кыһаналлара лаппа улаатта. Үлэһит дьон оҕолоро бэлэмҥэ, мааныга үөрэнэн, атаахтык иитиллэрэ аҕыйаан иһэр. Кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара тупсан көрсүө, сэмэй майгыланар кыахтара, үлэлээн омуктарын сайыннараллара сыыйа эбиллэр.
Ыалларга баайдара-маллара эбиллэн иһиититтэн төрөппүттэр оҕолоро өйө-санаата туруктаах, көрсүө, сэмэй, үлэни-хамнаһы кыайар буола улаатыахтарын баҕарар санаалара биллэрдик улаатта. Оҕо өйө-санаата туруктаах буола улаатыытын ситиһии кыра эрдэҕинэ атаахтаппакка эрэ, үчүгэй быһыылары оҥорууга ийэ кутун ииттэххэ, үөрэттэххэ, туһа киһитэ оҥорон үлэҕэ-хамнаска сыһыардахха ситиһиллэр кыахтааҕын төрөппүттэр билэн туһаныа этилэр.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥоруу түмүгүнэн билигин төрөппүттэр таҥара үөрэҕин туһатын туһунан соччо билбэттэр, билэ сатаабаттар. Таҥара үөрэҕэ диэн оҕо улаатан, сайдан иһэр өйүн-санаатын олоххо таба суолунан салайан биэрэр үөрэх буолар. Сэбиэскэй былаас оҕону иитиини атаахтатыыга тириэрдэн кэбиһэн, үлэ-хамнас кыаттарбата үөскээн, бу былаас бэйэтэ эстибитин таба өйдөөтөххө табыллар.
Өй-санаа үөрэхтэрин тус-туспа араарыыга нууччалар таҥаралара “бог” диэн ааттанарын арааран билии эрэйиллэр. Онтон таҥара диэн сахалар бэйэбит таҥарабыт, оҕолору үөрэтэр өй-санаа үөрэхпит буолар. Бу үөрэх олус былыргы кэмнэртэн, нууччалар православнай таҥаралара өссө үөскүөн быдан инниттэн “тенгрианство” диэн аатынан Сибииргэ киэҥник тарҕаммыта биллэр.
Сахалыы таҥара үөрэҕин тутуһуу эрэ оҕону кыра эрдэҕинэ таба иитэн киһи быһыылаах буолууга тириэрдэрин төрөппүттэр билэн туһаныа этилэр. Ол аата сахалыы таҥара үөрэҕин туһаммакка эрэ кэлэр көлүөнэлэри киһи буолууга иитии кыаллыбат, халыйыыга, атаахтатыыга тиийэн хаалыан сөп. Биһиги оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ сахалар туттар ньымалара, кут-сүр үөрэхтэрэ арҕааҥҥы, эстэн эрэр омуктар үөрэхтэринээҕэр ордугун, туһата улаханын дакаастыыбыт. “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн сахалыы өс хоһоонун тутуһан иитиллибит, үөрэтиллибит туруктаах өйдөөх-санаалаах, үлэни-хамнаһы кыайар кэлэр көлүөнэлэр эрэ омугу сайдыыга тириэрдэллэрин билэн туһаныахпыт этэ.
Уйбаан Хааһах бары үлэлэрин интиэрниэттэн, Сахалыы Википиэдьийэ иһигэр баар Викитека диэн библиотекаттан булан туһаныахха сөп. Бары биир санаалаахтарыгар, бу үлэтин бэчээттээн таһаарыыга кыахтара баарынан көмөлөспүт төрөппүттэргэ; ийэлэргэ, аҕаларга, эһэлэргэ, эбэлэргэ автор ис сүрэҕиттэн махтанар уонна омук сайдыыта оҕону кыра эрдэҕинэ хайдах иитэртэн, үөрэтэртэн улахан тутулуктааҕын биллэрэр.
Бары баҕа санааларгытын толорор кыахтаах, туруктаах өйдөөх-санаалаах, сыыһа-халты туттубат, үлэни-хамнаһы кыайар, байыыны ситиһэр кыахтаах кэлэр көлүөнэлэрдэнэргитигэр автор баҕарар.
ИЙЭ ОҔОТО
Саастарын сиппит эр киһи уонна эдэр кыыс холбоһоннор кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэр үтүө, кэскиллээх санааларыттан ыал буолаллар, туспа хаһаайыстыба тэринэллэр. Ол аата бэйэлэрэ улаатан, өйдөрө-санаалара сайдан киһи буолууну ситиспиттэрин бэлиэтинэн аны саҥа ыалы тэрийэр, баһылыыр, салайар кэмнэрэ тиийэн кэлэр.
Оҕоҕо бу бэлиэ, ураты кэм улахан киһи буолуу, киһи буолууну ситиһии диэн сахалыы ааттанар уонна оҕо улаатан иһэн хайаан да ситиһиэхтээх бэлиэ үктэлинэн ааҕыллар. Ол курдук хас биирдии оҕо ситиһэ сатыыр олоҕун сыалынан киһи буолуу, ыалы тэрийии уонна сахалыы таҥара үөрэҕин тутуһуу буолар. Бу быһаарыыны сахалар өссө чопчулаан “Аҥардас киһи” диэн этиини оҥорбуттар. Ол курдук ыал буолбатах, соҕотоҕун сылдьар киһи киһи аҥара эрэ буолара анаан-минээн бэлиэтэнэр, ыйыллар. Ол аата аҥардас киһи өйө-санаата аҥар өттүгэр улахан халыйыылааҕа бэлиэтэнэр. Бу халыйыы ордук улаханнык оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ куһаҕан өттүгэр дьайыыта улаханын сахалар бэлиэтээн “Тулаайах оҕо”, “Аҥардас дьахтар оҕото” диэн этиилэри оҥорон туһаналлар.
Ыал омук олоҕор тутаах, ураты суолтаны ылар. Оҕону төрөтөн, иитэн, улаатыннарарга, туруктаах өйдөнөрүн-санааланарын ситиһэргэ ыал эрэ, дьахтардаах эр киһи холбоһуулара туһалыыр.
Туруктаах өйдөнүү-санааланыы диэн олоххо “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини халбаҥнаабакка эрэ тутуһуу, олох аҥар, чэпчэки өттүн диэки халыйыыны суох оҥоруу буолар. Үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэн олоххо таба туһаныы туох барыта икки өрүттээҕин билииттэн тирэх ылан сайдар. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕо аан маҥнай аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары билэрин ирдиирэ, үөрэх тиийимтиэ уонна буккууру таһаарбатын быһаарар.
Дьахтар уонна эр киһи, дьон икки өрүттэрэ, оҕоҕо бэйэлэрин үчүгэй өрүттэрин өйүн-санаатын икки өттүттэн иҥэрэннэр, оҕо икки өрүтү билэн таба туһанарга, үрүҥү, хараны арааран оҥорор быһыытын тупсарарга иитиллэр, үөрэнэр кыахтанар.
Хас биирдии ыал олоҕуттан, хаста оҕолоноллоруттан, оҕолорун хайдах иитэн улаатыннаралларыттан омук олоҕо, сайдыыта быһаччы тутулуктанар. Ол аата ыал олоҕо туруктааҕыттан омук сайдыыта быһаччы тутуллар. Сэбиэскэй былаас үөрэҕи аһара өрө туппутуттан, кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ атаахтатыы, чэпчэки үлэни көрдөөһүн өттүгэр салаллан хаалбытыттан, үлэни-хамнаһы кыайбат буолуу үөскээн тэнийбититтэн иэстэбил үөскээн, бу былаас бэйэтэ эстибитэ.
Оҕо өйө-санаата туруктаахтык сайдарыгар, ол аата олох икки өрүттээҕин таба өйдөөн улаатарыгар ыал олоҕо туруктаах, икки; ийэ уонна аҕа, төрөппүттэрэ бааллара хайаан да ирдэнэр. Ыалга оҕо кэтэһиилээх оҕо буолара төрөппүттэр оҕоҕо сыһыаннарын аһара тупсарарын таһынан, атаахтатыыга тириэрдэн кэбиһиэн сөп.
Оҕо төрүөн инниттэн ийэтин иһигэр улаатан иһэн, ийэтэ төһө сөбүлүүрүн, таптыырын билэн улаатар кыахтаах. Киһи ытыһыттан эньиэргийэ тахсар. Ийэ улаатан иһэр иһин имэрийэн, таптаан, улаатан иһэр оҕотугар бэйэтин санаатын тириэрдэр кыаҕа улахан. Ийэтэ сып-сылаас илиитинэн иһин имэриннэҕинэ, таптайдаҕына оҕото билэн, сөбүлээн улаатар.
Оҕону имэрийии, таарыйан да ылыы, кууһуу, көтөҕүү барыта сөбүлүүрү, таптыыры, итэҕэйэри көрдөрөр бэлиэ буолар. Тапталынан доҕуһуолланан төрөөбүт, улааппыт оҕо майгына сымнаҕас, бэйэтэ аһыныгас буолар кыаҕа улаатар.
Оҕо иитиитигэр ийэ ылар оруола олус үрдүгүн сахалар кут-сүр үөрэхтэригэр этиллэр ийэ кут диэн өй-санаа туспа мунньустуутун ааттаабыттара толору арыйар. Ийэ кут диэн киһини үйэтин тухары салайар кута, уларыйбат өйө-санаата буолар. Бу ийэ кут оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ үөскээбит үгэстэриттэн, саҥаны, урут билбэтин билиититтэн хомуллан өйүгэр-санаатыгар иҥэр, олохсуйар. Ийэ кут үөскээһинин туһунан биһиги суруйуубутун “Кут-сүр үөрэҕэ” диэн үлэбититтэн булуохха сөп. (1,83).
Ийэ кут омуктар “подсознание” диэн ааттыыр өйдөрүгэр-санааларыгар биир эмэ өрүтүнэн маарынныыр эрээри, үөскээһинэ, оҥорор дьайыыта кут-сүр үөрэҕэр эрэ табатык быһаарыллар.
Олус былыргы кэмнэртэн сахалар киһи өйүн-санаатын дириҥник үөрэтэннэр, ийэ оҕо олоҕор, өйө-санаата сайдыытыгар ылар олус үрдүк оруолун таба быһаараннар киһи төрүт, кыра эрдэҕиттэн үөскүүр уонна бэйэтигэр биллибэтинэн үйэтин устата салайар кутун, өйүн-санаатын ийэ кут диэн ааттаабыттар. Оҕо ийэ кутун ийэтэ эрэ олохтуур, үөскэтэр. Ол аата оҕо ийэтэ көрөр-истэр кэмигэр, киһини таба көрөр кэмиттэн ыла ийэ кута сайдан, өйө-санаата эбиллэн барар. Үөрэри көрдөрөн биэрдэххэ оҕо үөрэргэ түргэнник үөрэнэр. Элбэхтик үөрэр оҕо майгына сымнаҕас, эйэҕэс буола улаатар кыахтанар.
Ийэ кут иитиллэр кэмигэр үгэстэр түргэнник үөскээн олохсуйаллар, оҕо тугу саҥаны, уратыны көрбүтүн, билбитин сонно үгэс оҥостуон сөп уонна бу үгэстэрэ үйэтин тухары дьайа, салайа сылдьаллар. Бу үгэстэр дьайыылара сахалыы үчүгэй, киһилии эбэтэр куһаҕан, атаах иитиилээх диэн этиилэринэн бэриллэр.
Оҕо барыта ийэлээх. Кыыс оҕо ийэтин үтүктэн, соннук үгэстэри үөскэтинэн, иҥэринэн кини курдук өйдөнөн-санааланан улаатар кыаҕа улахан. Аҥардас дьахталлар даҕаны кыыс оҕону иитэр, улаатыннарар, сатыыр үлэлэригэр үөрэтэр кыахтаахтар эрээри, эр дьону кытта быстахтык сыһыаннаһалларыттан, ыал олоҕун уустук үөрэҕин кыайан сыһыарбаттарыттан, олоҕор эмиэ аҥардас буолар дьахтары улаатыннарыахтарын сөп. Ол курдук аҥардас дьахтар эр дьоҥҥо сыһыана кэргэнниилэр сыһыаннарыттан уратылааҕыттан, быстаҕыттан оҕото кыра эрдэҕиттэн ыал, кэргэнниилэр олохторун, эр киһи майгынын уратыларын билбэт буола улаатар кыахтанар. Оҕотун дьолун, инники олоҕун, ыал буоларын туһунан саныыр дьахтар аҥардас сылдьан оҕолоноруттан туттунуо этэ.
Сахалар киһи төрүт өйүн-санаатын ийэ кут диэн ааттаабыттара халлаантан ылыы буолбатах. Оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэтин көмөтүнэн үөскүүр үгэстэрэ, ийэ кута үйэтин тухары бэйэтин салайыыга, бэйэтигэр биллибэтинэн кыттыһар төрүт өйө-санаата буолар. Ол курдук “Куһаҕан иитиилээх”, “Киһилии быһыыта суох” диэн эттэхтэринэ, ийэ кута куһаҕан үгэстэргэ иитиллэн, кыайан көммөт өйдөнөн-санааланан хааларын быһаарар. “Итэҕэстээҕи иинин буора эрэ көннөрөр” диэн этии киһи үйэтин тухары уларыйбат ийэ кутун иитиитигэр быһаччы сыһыаннаах.
РАМН профессора С.Иллариошкин үөрэтэн, чинчийэн оҕо 3 сааһыгар диэри тугу өйдөөбүтэ барыта мэйиитигэр иҥэн сылдьар сирин булбут. Ол аата аныгы наука сахалар былыргы билиилэрин дакаастаан биэрэр кыахтаммыт.
Дьахтар оҕотунан сыаналанар. Оҕото хайдах киһи буола улаатарыгар дьахтар, ийэ ылар оруола олус үрдүк. Ийэ оҕотугар кыра эрдэҕинэ иитэн биэрбит үгэстэрэ ийэ кутун үөскэтэллэр уонна бу кута үйэтин тухары салайа сылдьар. Оҕо саҥа саҥаран эрдэҕиттэн ханнык тылынан саҥарда үөрэтэр даҕаны хайа омук буола улаатара быһаарыллар. Ол иһин оҕо ийэтин ийэ диэн, онтон аҕатын аҕа диэн ааттыыра, аан маҥнай ийэтиттэн тутулуктаах. Саха буолуу саха дьахталларыттан быһаччы тутулугунан оҕото саҥа саҥаран эрдэҕинэ сахалыы тыллары саҥарда үөрэтэллэрэ буолар.
Ийэ оҕотугар үтүктэр, батыһар, эппит тылын толорор, кини курдук буолар баҕа санаатын киһитигэр кубулуйдаҕына таҥараҕа, ийэ таҥараҕа кубулуйар кыахтанар. Бу быһаарыы ийэ, аҕа таҥаралар үөскээбит төрүттэрин арыйар. Бары ийэлэр мөлтөхтөрүн көрдөрөн сымыйалаан, албыннаан кэбиспэтэхтэринэ, оҕолорун баҕа санаатын киһитигэр ийэ таҥараҕа кубулуйуохтарын сөп. Оҕолоро кини этэрин истэр, баҕа санаатын толорор кыахтаналлар.
Дьахтар уонна эр киһи дьон икки өрүттэрин үөскэтэллэриттэн бэйэ-бэйэлэриттэн арахсыспат тутулуктаахтар. Бу тутулугу оҕо үөскэтэр. Оҕо улаатан иһэн бу икки өрүттэр тус-туспа көрдөбүллэрин билэ үөрэнэрэ үчүгэйи уонна куһаҕаны саҥа улаатан иһэн арааран билэригэр улахан көмөнү оҥорор.
Ыал олоҕо туруктаныытыттан, ийэтэ уонна аҕата оҕону иитиигэ быһаччы кыттыһалларыттан, оҕо өйө-санаата сайдыыта, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһа үөрэнэрэ тутулуктанар.
Оҕо барыта аҕалаах буолуо этэ диэн баҕа санаалаахпыт. Эр киһи өйө-санаата уратылардааҕынан, дьон иккис өрүттэрин үөскэтэринэн оҕо улаатан истэҕинэ аҕата баара өйө-санаата туруктанарыгар, тулуура улаатарыгар, үлэни-хамнаһы баһылыырыгар улахан көмөнү оҥорон туһалыыр.
Онон оҕо иитиитигэр ийэ ылар оруола олус улахан, өйүн-санаатын ийэтэ иитэн биэрэр ийэ кута үйэтин тухары салайар.
ТЫМНЫЫНАН ОҔОНУ ЭРЧИЙИИ
Оҕо этэ-сиинэ өйүттэн-санаатыттан урутаан сайдар. Биир сааһыгар киһи курдук туран хаама сылдьар буолары ситиһэр. Ол аата киһи курдук көрүҥнээх буолууну, киһитийиини этэ-сиинэ урутаан ситиһэр, онтон өйө-санаата сайдан, киһилии быһыыланан, киһи буолууну ситиһэрэ сааһын туоллаҕына эрэ кыаллар.
Төрөппүт барыта оҕото доруобай буоларыгар баҕарар. Оҕо этин-сиинин олох кыра эрдэҕиттэн тымныынан дьарыктаан, тымныыга үөрүйэх оҥоруу төрөппүттэртэн ирдэнэр. Тымныы дьайыыта оҕо иммунитета сайдарын үөскэтэрин туһаныы олох көрдөбүлэ буолар.
Оҕо өйө-санаата сайдан иһиитэ доруобуйатыттан, этин-сиинин туругуттан олус улахан тутулуктаах. Ыарыһах оҕолонуохтарын ханнык да төрөппүттэр баҕарбаттар. Бу үтүө баҕа санаа туолуутугар кыыс оҕо эргэ тахсыан инниттэн бэйэтин көрүнэрин, бэрээдэги тутуһарын, кыыһын харыстыырын сахалар таҥараларын үөрэҕэ ирдиир.
Доруобай оҕо төрүүрүгэр дьахтар ылар оруола аһара үрдүк. Былыргы сахалар кыыс эргэ тахсарыгар ыраас кыыһынан буоларын ирдииллэрэ олох уопутуттан ылыммыт олус туһалаах үгэстэрэ буолар уонна ыарыһах, кыайан хамсаммат оҕолор төрүүллэрин аҕыйатарга аналланарын билигин бары умнан сылдьаллар. Олох көнөн, тупсан, ас-таҥас элбээн истэҕинэ биир эмэ оҕону иитии атаахтатыыга тиийэн хаалара улахан уустуктары үөскэтэр. Бары эдэр ийэлэр, аҕалар улаатан иһэннэр кыра оҕону көрүүгэ үөрэммэтэхтэрэ таайан, халлаан тымныйдар эрэ аһара халыҥнык таҥыннара сатыыллар.
Оҕолор күөмэйдэрэ, тымныйан ыалдьаллара билигин аһара элбээтэ. Куорат оҕолоро тыа сирин оҕолорунааҕар ордук элбэхтик тымныйан ыалдьалларын бары билэллэр.
Биһиги улахан тымныылаах дойдубутугар таҥнар таҥас оруола олус улахан. Саамай үрдүктүк түүлээх таҥастар сыаналаналлар. Оҕону аһара халыҥнык таҥыннаран кэбиһиигэ араас таҥас дэлэйбитэ улахан оруолу ылар буолла.
Оҕо кыра эрдэҕинэ сүрэҕэ улахан киһитээҕэр түргэнник тэбэр. Ол иһин оҕо тоҥумтуота суоҕун төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ. Кыра буолан хамсанара элбэҕэ, онно эмиэ эбиллэринэн таҥнар таҥаһа улахан киһитээҕэр чараас соҕус буолуо этэ. Төрөппүттэр оҕолорун бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьалларыгар бэйэлэрэ таҥныбыттарынааҕар арыыйда чараастык таҥыннарыа этилэр.
Кыһыҥҥы кэм кэлэн истэҕинэ төрөппүт бэйэтэ бэргэһэтэ суох сылдьан кыра оҕотун түүлээх таҥаһынан бойбоччу таҥыннаран баран сиэтэ сылдьан тэҥҥэ хаамтардаҕына, оҕо сылайан, буһан тиритэрэ улаатан хаалар.
Үлэлээн, хамсанан киһи сүрэҕэ күүскэ үлэлээн этин-сиинин температурата үрдүүрүттэн айылҕаттан харыстанар ньыматынан көлөһүн тахсара буолар. Ол аата киһи этин-сиинин сойутаары этэ, тириитэ арыллан көлөһүн тахсар.
Тириппит киһи көлөһүнэ тахсара этэ аһылларыттан диэн сахалар этэллэр. Этэ арыллыбыт киһи тымныйан ыалдьан хаалара элбиир. Ол курдук тиритэн көлөһүн тахсарын итииргииртэн диэн санаатыттан сойоору, сыгынньахтанан эҥин, аны тымныйан хаалыан сөп.
Тиритии диэн киһиттэн көлөһүн тахсыыта ааттанар. Сахалар билиилэринэн тиритии икки араастаах:
1. Куйааска үлэлээн эбэтэр итииргээн тириттэххэ киһиттэн итии көлөһүн тахсар.
2. Тымныы кэмҥэ аһара таҥныбыттан эбэтэр ыарыыттан тириттэххэ киһиттэн тымныы, хара көлөһүн тахсар. Илиинэн тутан көрөн көлөһүн тымныытын билиэххэ сөп. Маннык көлөһүн тахсара киһи этэ-сиинэ кыайан салайымматын, температуратын сатаан тэҥнээбэтин биллэрэр.
Итиигэ тиритэн утаттахха сылаас ууну иһии табыллар. Куйааска тымныы ууну иһэри, утатыы уонна тиритии ордук эбиллэриттэн, сахалар сөбүлээбэттэр. Оҕо тиритэрэ туга эрэ улаханнык табыллыбатын, туох эрэ тиийбэтин эбэтэр таҥнар таҥаһа сөп түбэспэтэҕин биллэрэр. Ыалдьаары гыммыт оҕо тиритэрэ элбиир.
Эдэр уопута суох оҕо, киһи тымныы кэмҥэ тириттэҕинэ бустум дии санаан таҥаһын чарааһатара, тымныы ууну иһэр санаата киирэрэ улахан сыыһа. Тириппит оҕону, киһини таҥаһын уларытыах иннинэ көхсүн, түөһүн тымныы уунан сотон көлөһүнүн ыраастаан баран сотторунан ыксары соҕус сотон биэрдэххэ тириппитэ түргэнник ааһар.
Тириппит оҕо таҥаһын уларытыллар. Инчэҕэй таҥаһынан сырыттаҕына өссө тиритэриттэн аны тымныйыан, ыалдьыан сөп. Тымныы көлөһүнэ тахсыбыт оҕоҕо кэтэрдэр таҥаһы арыычча халыҥатан биэрдэххэ тиритии тохтуон сөп.
Тымныыга үөрүйэх буолуу диэн кыратык тоҥноххо, тириттэххэ эт-сиин бэйэтэ регулировкаланан биэриитэ сайыннаҕына үөскүүр. Тымныы, онтон итии уунан хардары-таары куттуу эт-сиин итии, тымныы уларыйарыттан харыстанар күүһүн улаатыннарар.
Тымныы уунан куттуу, соттуу эти-сиини соһуччу тымнытарыттан температуратын тэҥнээн биэрэрин ситиһэрин үөскэтэр. Сарсыарда уонна киэһэ тымныы уунан кутта сырыттахха киһи тымныыны тулуйара биллэрдик улаатар.
Бары төрөппүттэр оҕолоро доруобайдык сылдьалларыгар, ыалдьыбаттарыгар баҕараллар. Бу үтүө, үчүгэй баҕа санаа туоларыгар бэйэ кыһанара, эбиискэ үлэлээн биэрэрэ эрэйиллэр. Оҕону кыра эрдэҕинэ тымныы уунан кутан эрчийиини туһаныахтара уонна тымныыга сырытыннарыыны ийэлэр куруук оҥоруохтара этэ.
Оҕо таһырдьа, ыраас, тымныы салгыҥҥа күн аайы сылдьа түһэрин ситиһии доруобуйата тупсарыгар улахан көмөнү оҥорор. Иммунитеты тымныы дьайыыта эрэ үөскэтэр, күүһүрдэр. Куруук сылаас дьиэҕэ сылдьыы, айылҕабыт тымныытыттан саһа сатааһын, оҕо доруобуйатын улаханнык мөлтөтөр. Бэлэм хааччыллыылаах сылаас дьиэлэргэ олоро үөрэнэммит оҕолор доруобуйалара мөлтөөн иһэр.
Толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олорор дьону тымныы уунан куттан эрчиллии эрэ тымныйан ыалдьартан быыһыыр кыахтаах. Доруобуйаларын туһугар кыһанар дьон тымныы уу куруук баарын туһанан эрчиллэ сылдьыахтара этэ.
Былыргы, хаалыылаах диэн ааттыыр кэммитигэр таҥас-сап быдан аҕыйах эрдэҕинэ сахалар ахсааннара биллэрдик эбиллэр этэ. Ол барыта оҕо кыра эрдэҕиттэн тымныы дьиэҕэ сылдьан эрчиллэриттэн доруобуйата бөҕөргүүрүттэн эрэ тутулуктааҕа.
Онон тымныынан оҕо этин-сиинин эрчийиини олох кыра эрдэҕиттэн кыра кыралаан саҕалаан оҥорон иһии доруобуйата бөҕөргүүрүн, тупсарын үөскэтэр.
ОҔО ӨЙҮН – САНААТЫН УРАТЫЛАРА
Биһиги дьоммут, төрөппүттэрбит, учууталларбыт оҕо өйө-санаата хайдах сайдарын, улахан киһи өйүттэн-санаатыттан туох уратылаахтарын ситэ билбэттэриттэн, кут-сүр үөрэҕин туһаммат-тарыттан оҕону иитиини, үөрэтиини атаахтатыы, маанылааһын диэки халытан кэбиһэллэриттэн эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруга суоҕа улаатта, олоххо сыыһа-халты, аһара туттан кэбиһэллэрэ элбээтэ. Итини тэҥэ оҕолор атаахтык, бары барыта бэлэмигэр үөрэнэн хаалыыларыттан тулуурдара сайдыбакка үлэни-хамнаһы кыайбаттар, олоххо бары чэпчэкитин көрдүү сатыылларыттан быстах быһыыга түбэһэллэрэ эмиэ элбээтэ.
Дьоҥҥо өй-санаа, ордук кут-сүр үөрэҕэ олус улахан туһалааҕын билиниэ этибит. Биһиги улахан киһи уонна оҕо өйө-санаата уратыларын ырытыыбыт сахалар кут-сүр үөрэхтэригэр, киһиэхэ үс куттаах диэн этиилэригэр тирэҕирэр.
Бу уратылары быһаарарга анаан аан бастаан улахан киһи өйүн-санаатын, куттарын уратыларын билэрбит туһалыыр:
1. Салгын кут. Үөрэҕи-билиини ылынан иһэр, өйө-санаата сайдар, эбиллэр, үчүгэйи уонна куһаҕаны кыра эрдэҕиттэн арааран билэриттэн олоҕор таба туһанар. Ону-маны көрөн-истэн, кинигэни ааҕан, бэйэтэ үөрэтэн билэн билиитэ эбиллэн, кэҥээн иһэр. Ылыммыт билиилэрэ кэлин үгэскэ кубулуйар кыахтаахтар. Улахан киһи куруук кэриэтэ салгын кутунан салаллан олоҕун олорор. Сорохтор биирдэ эмэтэ итирдэхтэринэ, өйдөрө көттөҕүнэ ийэ куттарын салайар кэмигэр киирэн ылаллар. Үөрэх-билии көмөтүнэн, сокуоннарынан туһанан олоҕу олоруу салгын кутунан салаллан олоҕу олоруу буолар.
2. Ийэ кут. Кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрэ иитэн биэрбит уонна бэйэтэ үөрэммит олохсуйбут үгэстэрдээх, ол үгэстэрин хаһан баҕарар тутуһар. Сиэри-туому толорор. Тугу оҥорорун урукку үгэстэригэр тэҥнээн көрөн сыаналыыр кыахтааҕыттан, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэриттэн сыыһаны-халтыны оҥороро аҕыйах, сорохтор олох да оҥорботтор диэххэ сөп. Саҥа үгэстэри үөскэтинэр кыахтаах эрээри, ол олус уһун кэми ылар. Ол курдук кини саҥаны айыыны билбитэ, соһуйбута үгэскэ кубулуйарын тэҥэ, бэйэтэ ылынан, элбэхтик дьарыктанан, хос-хос хатылаан саҥа үгэстэри иҥэринэр кыахтанар.
3. Буор кута. Кыра эрдэҕиттэн элбэхтик хамсанан, үлэлээн этэ-сиинэ үөрүйэхтэргэ үөрэммит, үлэни-хамнаһы сатыыр, табан хамсанар. Улахан киһи буор кута саҥа, туһалаах диэбит үөрүйэхтэрин үөскэтинэриттэн сайдан, эбиллэн иһэр.
Онон улахан киһи өйө-санаата кыра эрдэҕиттэн олохсуйбут ийэ кутунан, үгэстэринэн уонна салгын кутунан ылынар билиилэринэн салалларыттан уонна куһаҕан быһыылары арааран билэриттэн, олору оҥорбот кыаҕа улахан.
Оҕо сайдан иһэр өйүн-санаатын уратыларын билии хас биирдии төрөппүттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар. Оҕону кыра эрдэҕинэ иитэр-үөрэтэр судургу, көрдөрөн, үтүгүннэрэн, маннык оҥор диэн хос-хос оҥотторон биэрдэххэ оҕо, ол оҥорбутуттан, соннук үгэс үөскээн ийэ кутугар умнуллубат гына ууруллан, иҥэн иһэр. Саҥа саҥаран эрдэҕинэ маннык саҥар диэн үтүгүннэрэн, үөрэтэн биэрэр кыах хайа баҕарар ийэҕэ баар. Бу быһаарыыга олоҕуран биһиги саха тыла баар буолара, сайдара ийэлэртэн, дьахталлартан эрэ улахан тутулуктаах диэн быһаарыы оҥорбуппут. Оҕону сахалыы саҥарарга кыра эрдэҕиттэн, саҥа саҥаран истэҕинэ үөрэтэн иһиллэр.
Оҕо өйө-санаата сайдан иһиитэ улахан киһи өйүттэн-санаатыттан уратыларын билии иитии, үөрэтии таба суолунан салалларын хааччыйыа этэ. Ол уратылар манныктар:
1. Буор кут. Сатаан хамсанарга саҥалыы үөрэнэр, улаатан иһэн хаама үөрэнэ сатыыр, онтон хаамар. Ньуосканы таба тутарга син үөрэнэр, сыыһа-халты хамсанара элбэх. Хамсаныылартан оҕо буор кута сайдан, үөрүйэхтэрэ элбээн иһэр. Кыра эрдэҕиттэн сатаан хамсана үөрэммэтэҕинэ, улаатан баран көлөөх хамсаныылардаах киһи буола улаатыан, буор кута ситэ сайдымыан сөп. Туһа киһитэ буола үөрэнэриттэн үлэлиир үгэстэр, үөрүйэхтэр үөскээннэр үлэ араас хамсаныыларын үөрүйэххэ кубулутара, иҥэринэрэ түргэтиир.
2. Ийэ кут. Оҕо киһини таба көрөр кэмиттэн саҕалаан ийэ кута сайдан барар. Үгэстэргэ саҥа үөрэнэр. Тугу соһуйа көрбүтэ, билбитэ, ымсыырбыта саҥаны айыы буолан, үгэһи соҕотохто үөскэтэн ийэ кутугар ууруллан иһэр. Тугу оҥорорун хос-хос элбэхтик хатылаан үгэстэри, үөрүйэхтэри эмиэ үөскэтинэр, иҥэринэр. Үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥордоҕуна, ийэ кута элбэх үчүгэй үгэстэринэн иитиллэн үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатыан сөп.
Төрөппүтэ боппотоҕуна, тохтоппотоҕуна куһаҕан да быһыылары элбэхтик оҥоруон, ол иһин куһаҕан үгэстэнэн хаалан куһаҕан майгыланыан, быһыыланыан сөп. “Мөҕүллүбэт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат” диэн өс хоһооно итини бигэргэтэр. Оҕо сыыһаны, куһаҕаны оҥороро тохтотуллубатаҕына, өссө хатылаан онтун оҥороруттан куһаҕан үгэскэ кубулуйан хаалыан сөп. Оҕо туох саҥаны, уратыны билбитэ саҥаны айыы буолан уонна тугу оҥорбута барыта ийэ кутугар ууруллан, иҥэн, быһалыы үгэскэ кубулуйан иһэриттэн ийэ кута, өйө-санаата түргэнник эбиллэр.
3. Салгын кут. Оҕо салгын кута хойутаан сайдар. 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри оҕо тугу оҥорорун өйдөөбөт, өйүгэр туппат, умнан иһэр, тугу билбитэ барыта үгэстэри үөскэтэриттэн, бу кэмҥэ ийэ кута сайдар. 6 сааһын кэнниттэн үөрэҕи-билиини түргэнник ылынан, салгын кута күүскэ сайдан барар, тугу оҥорбутун умнубат, сарсын тугу оҥоруохтааҕын билэр кэмэ кэлэр. Оҕо өйө-санаата сайдан, умнубата үөскээбит кэмиттэн, бу уларыйыы, салгын кут сайдыыта саҕалам-мытынан ааҕыллар.
Оҕо өйүн-санаатын уратыта диэн тугу саҥа билбитин барытын; үчүгэйи да, куһаҕаны да иҥэринэн, үгэс оҥостунан иһэрэ буолар. Элбэхтик куһаҕаны оҥордоҕуна куһаҕан үгэстэнэн, куһаҕан майгыланан хаалыан сөп. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕинэ куһаҕан быһыылары оҥорорун тохтотуу, олору оҥотторбокко, атыҥҥа, үчүгэйгэ аралдьытыы эрэ куһаҕан үгэстэргэ үөрэнэрин суох оҥорор. Онтон улаатан истэҕинэ үрүҥү уонна хараны, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араартаан билэрэ куһаҕан үгэстэнэн хааларыттан быыһыыр абырала буолар.
Ийэ кут киһи төрүт өйө-санаата буолар, оҕо кыра эрдэҕиттэн, ийэтин таба көрөр кэмиттэн ыла сайдан барар. Бу кут киһи илэ өйүнэн сырыттаҕына биллибэтин да иһин, киһи ханнык баҕарар быһаарыыны ылынарыгар быһаччы кыттыһан дьайа сылдьар. Ол курдук киһи ханнык баҕарар дьыаланы, быһыыны оҥороругар урут өйүгэр-санаатыгар баар, олохсуйбут билиитигэр, үгэстэригэр, ийэ кутугар тэҥнээн, сыаналаан көрөн баран биирдэ оҥорор.
Тугу эмэ оҥорорго маннык уларыйыылар тахсалларыттан ийэ кут киһини салайарын билиэххэ сөп. Киһи субу оҥороору турар быһыыта ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар сөп түбэстэҕинэ ханнык да тохтоло, бытаарыыта, эбии толкуйдааһына суох оҥорбутунан барар кыахтаах. Онтон сөп түбэспэтэҕинэ тохтуу түһэн, тээтэҥнээн, бара-бара төннөн баран оҥоруон эбэтэр бу быһыыттан букатын да аккаастаныан сөп.
Оҕо ийэ кута олохсуйа, үгэстэрэ үөскүү иликтэринэ ханнык баҕарар быһыыны, үчүгэйи да, куһаҕаны да ханнык да санаарҕабыла, кэмсиниитэ суох оҥорон кэбиһиэн сөп. Куһаҕан быһыыны оҥорон баран кэмсиммэт, санаарҕаан да көрбөт эдэрдэр ийэ куттара киһилии быһыыга кыра эрдэхтэринэ иитиллибэтэхтэрин биллэрэр. Ийэ куттара куһаҕан быһыылары оҥорбокко иитиитэ суох эдэрдэр тугу да, олус ыар быһыылары да оҥордохторуна кыратык да санаарҕаан, кэмсинэн да көрбөттөр, хата туох эрэ уратыны, саҥаны айыыны оҥорбут курдук сананыахтарын сөп.
Дьон оҥорор олус элбэх быһыыларыттан үчүгэй быһыылар элбэх өттүн ылаллар, онтон куһаҕаннар отой аҕыйахтар. Оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары аан маҥнай оҕо арааран билэргэ, олору оҥорбокко үөрэннэҕинэ, элбэх үчүгэй быһыылары оҥорор киһи буола улаатарын төрөппүттэр арааран билэллэрэ үчүгэй, бэйэлэригэр туһалаах буолуо этэ. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕону иитэр үөрэҕэр “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн этии туттуллар.
Онон оҕо ийэ кутун иитии диэн өйүн-санаатын төрүттээн биэрии ааттанар уонна кыра эрдэҕинэ ийэтэ иитэн, иҥэрэн биэрэрин иһин итинник ааттаммыт.
ОҔО УЛАХАН КИҺИТТЭН УРАТЫТА
Сахалар бары тыынар-тыыннаахтары; дьон, кыыллар, көтөрдөр оҕолорун барыларын оҕо диэн холбуу ааттыыллар. Ол барыта оҕолор өйдөрө-санаалара ситэ сайда, билиини-көрүүнү иҥэринэ, улахан киһи, кыыл, көтөр өйүн-санаатын ситэ иликтэриттэн, биирдик оҕо диэн ааттаналлар. Тоҕо диэтэххэ оҕо улахан киһиэхэ кубулуйуута, этэ-сиинэ улаатыыта, өйө-санаата ситиитэ сүүрбэччэ сыллары ылар. Улахан кыыллар оҕолорун улаатыыта хас да сылы ылар, онтон үгүс көтөрдөр оҕолоро биир сылынан ситэллэр. Бу сүүрбэччэ сыл устата оҕо этэ-сиинэ улаатарын тэҥэ, иитиллэн, үөрэнэн өйө-санаата, куттара сайдан, үгэстэргэ үөрэнэн, киһи буолууну баһылаан киһилии быһыыланыыны ситиһэр. Ол аата улаатан иһэн тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран туһанарга үөрэнэрэ ирдэнэр.
Киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата тус-туспаларын быһаарарга биир бэлиэ түгэни туһанабыт. Оҕо этэ-сиинэ улаатан улахан киһиэхэ кубулуйара өйө-санаата сайдыытыттан тутулуга суох, өйө-санаата суох киһи курдук көрүҥнээхтэр эмиэ бааллар.
Киһи бэйэтэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:
1. Этэ-сиинэ. Тутаах чааһа.
2. Өйө-санаата. Үс куттара уонна сүрэ.
Бу икки өрүттэр тус-туспаларын быһаарыыга маннык холобуру ылабыт. Эттэрэ-сииннэрэ улааппыт эрээри өйдөрө-санаалара тиийбэт дьон эмиэ бааллар. Бу быһаарыы өй-санаа эттэн-сиинтэн тутулуга суоҕун, туспатын, баар эбэтэр суох да буолуон сөбүн, сайдыыта уратытын биллэрэр. Оҕо этэ-сиинэ улаатара аһатартан эрэ тутулуктаах, кэмэ кэллэҕинэ улаатар, ситэр, онтон өй-санаа, куттар сайдыылара элбэх туспа уратылардаахтар. Ол иһин оҕо өйө-санаата ииттэххэ, үөрэттэххэ эрэ сайдар уонна уһун кэми ылар.
Оҕо өйө-санаата сайдыыта 5 эбэтэр 6 сааһын, ийэ кута иитиллэр кэмин аастаҕына, салгын кута сайдарыгар тиийдэҕинэ эрэ атын кыыллар, көтөрдөр оҕолоруттан уратыламмыта быһаарыллар. Киһи оҕото өйө-санаата салгыы сайдан киһи буолууну ситиһэр кыахтанар.
Киһи оҥорор бары быһыылара киһилии уонна сүөһүлүү эбэтэр кыыллыы диэҥҥэ арахсаллар. Сүөһү диэн киһиэхэ тиийбэт өйдөөх улахан кыыллары ааттыыбыт. Былыргы кэмнэргэ киһи курдук буолан баран өйдөрө-санаалара тиийбэт кыыллар элбэх эбиттэрин бу тылбыт биллэрэр. Ол аата тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорор буолуу сиэри тутуһуу, киһилии быһыыланыы, киһи буолуу диэн ааттанар уонна өй-санаа кыыллартан, көтөрдөртөн уратытын, сайдыбытын, тупсубутун быһаарар. Оҕо улаатан иһэн сиэри тутустаҕына, киһи буолууну баһылаатаҕына, ситистэҕинэ эрэ киһилии быһыыланар, олоҕун киһи быһыылаахтык олорор, киһи буолар кыахтанарын төрөппүттэр билиэ этилэр.
Хас биирдии оҕо дьон уһун үйэлэр тухары ситиспит өйдөрүн-санааларын улаатан иһэн ситистэҕинэ эрэ киһи буолуута кыаллар. Ол курдук туран хаамар буолаат, улаата охсон улахан киһи тугу оҥорорун үтүктэн үгэстэри үөскэтинэн улахан киһи буолууну ситиспитинэн барар. Онтон салгыы үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэн олоҕор таба туһанар, үчүгэй киһи буола улаатар баҕа санааланар.
Хас биирдии төрөппүт оҕотун өйө-санаата сайдыытыгар ылар оруола олус үрдүк. Ол курдук киһи төрүт кута ийэ кут диэн ааттанара ийэ, төрөппүттэр оҕо өйүн-санаатын үөскэтэллэрин, төрүттүүллэрин уонна онно ийэ ылар оруола олус үрдүгүн биллэрэр. Оҕо өйө-санаата сайдыытын ийэ, төрөппүт эрэ төрүттүүрүн, ийэ кутун иитэрин билэн дьахталлар оҕолорун туһугар ордук кыһаныа, сахалар кут-сүр үөрэхтэрин туһаныахтара этэ.
Кыһыл оҕо төрүүрүгэр өйө-санаата бэрт аҕыйах, бары билиитин барытын бэйэтэ иитиллэн, үөрэнэн, үгэс оҥостунан иҥэринэн иһэр. Ханнык билиилэри төрөппүттэрэ иитэн, иҥэрэн, үгэс оҥорон ийэ кутун иитэллэр даҕаны соннук майгылаах, быһыылаах киһи буола улаатарын билиэ этилэр.
Саҥа улаатан иһэр оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билбэтиттэн хайаларын сөбүлээбитин, кылапаччыйара элбэҕин, тыаһа улаханын булан оҥорон иһэр кыахтанар. Төрөппүт оруола диэн оҕо саҥа улаатан эрдэҕинэ ийэ кутун иитэн, үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥотторон үчүгэй үгэстэри иҥэринэрин үөскэтии буолар. Бу быһаарыы оҕо кыра эрдэҕиттэн төһө кыаҕа тиийэринэн үчүгэйи уонна куһаҕаны туспа арааран билэ үөрэнэрин уонна үчүгэйи элбэхтик оҥорорун, онтон куһаҕаны оҥорботун эрэйэр.
Оҕо сыыһар бырааптаах, барыны бары хос-хос хатылаан оҥорорго үөрэнэрэ уһун кэми ылар. Урут оҥорон көрө илик быһыытын оҥоруута оҕо өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыы, айыыны оҥоруу буолан ордук кытаанахтык, умнуллубат буола иҥэр, үгэскэ сонно кубулуйан ийэ кутун быһалыы үөскэтэр.
Куһаҕан быһыыны оҥоруу оҕоҕо ордук улахан интэриэһи үөскэтиэн сөп. Ол курдук буору бурҕатыыны, ууну, кумаҕы ыһыыны оҕо эрэ барыта сөбүлүүр. Арай бу быһыылар куһаҕаннарын иһин төрөппүт тохтотон, атыҥҥа аралдьыттаҕына табыллар. Оҕо өйө-санаата ситэ сайда илигинэ оҥорор куһаҕан быһыыларын сонно тохтоттоххо, үгэскэ кубулуйара тохтоон умнуллан хаалар. Онтон бу куһаҕан быһыыны оҥорорун тохтоппотоххо, өссө оҥоро турдаҕына, бу быһыыта үгэскэ кубулуйуон сөп. Куһаҕан үгэскэ. Куһаҕан үгэстээх киһи буола улаатыан сөбүттэн төрөппүттэр сэрэниэхтэрэ, оҕо куһаҕан быһыыны оҥорорун тохтотон иһиэхтэрэ этэ.
Тугу оҥорорун билбэт оҕону сыыһаны оҥордоҕуна даҕаны бырастыы гынан иһэргэ тиийиллэр. Оҕо сыыһаны, куһаҕаны оҥордоҕуна хайаан ол тохтотуллан, эбиискэ үөрэтэн-такайан биэрии оҥоруллан, сыыһатын көннөрөн, үчүгэй уонна куһаҕан диэнэ чуолкайданнаҕына эрэ табыллар. Үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран билэргэ иитии киһилии быһыыланыыга тириэрдэр үөрэх буолар. Сахалар бу үөрэҕи “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн ааттааннар таҥара үөрэҕэ киллэрэллэр.
Оҕо куһаҕаны оҥордоҕуна “Аны маннык куһаҕан быһыыны оҥорума”, - диэн этии куһаҕаны оҥорууну тохтотор. Оҕоҕо үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥотторон, үчүгэй үгэстэри иҥэринэн, үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатарын төрөппүттэр ситиһиэхтэрэ этэ.
Оҕо аһылыгын муостаҕа тохтоҕуна ханнык баҕарар ийэ “Куһаҕаны оҥорума, тоҕума” диэн тохтотор, бу быһыы куһаҕанын биллэрэр. Ол аата оҕо куһаҕан быһыыны оҥорбот буола үөрэнэригэр, бу быһыы куһаҕанын биллэрэн үөрэтии туһата улахан. Оҕо бу быһыы куһаҕанын биллэҕинэ, аны оҥорбот буолар кыахтанар. Ол курдук бары куһаҕан быһыылары биллэҕинэ, олору оҥорбот кыаҕа улаатан иһэр.
Сахалыы таҥара үөрэҕэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэтэрэ аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары билии дөбөҥнүк кыалларын төрөппүттэргэ тириэрдэр. Ол иһин үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билии түргэтиир кыахтанар.
Оҕо улаатан, өйө киирэн истэҕинэ билбэтинэн, сатаабатынан туһанан тугу да оҥорбокко сылдьар санааланара, бэйэтигэр үчүгэйи оҥосто сатыыра баар суол. Сүрэҕэлдьиир оҕо “Бордуону остуолга аҕалан уур” диэн эбэтэ эттэҕинэ, “Сатаабаппын” диэн баран оонньуу бара сатыыра киириэн сөп. Маннык быһыы кэнниттэн эбиискэ үөрэтэн, бордуону хайдах остуолга аҕалан уурары көрдөрөн биэрии эрэ туһалыыр кэмэ кэлэр.
Оҕо сатаабат, билбэт диэн аныгы, иллэҥсийэн хаалбыт төрөппүттэр туората сатыыллара билигин олус элбээтэ. Тугу эмэ туһалаары, оҥорсоору чугаһаатаҕына, “Эмиэ мэһэйдээн эрэр” диэн баран кураанах хоско хаайан кэбиһии элбээтэ.
Оҕо туохха барытыгар өр кэмҥэ үлэлэһэн, эрэйдэнэн үөрэнэрин, этин-сиинин хамсатан буор кутун үөскэтинэрин аахсыбат буолуу олоҕурда. Бу быһаарыы оҕо улаатан баран тугу да кыайан оҥорботун, оҥоро да сатаабатын табатык быһаарар. Ол курдук кыра эрдэҕинэ туһа киһитэ буолан үлэлииргэ үөрэммэтэҕинэ, үлэлиир үгэс үөскээбэккэ хаалан хааллаҕына, оҕо улаатан баран этин-сиинин кыайан хамсаппакка сүрэҕэлдьиирэ элбэх, үлэлээбэккэ, тугу да туһалааҕы оҥорбокко сылдьарын сөбүлүүрэ улаатар.
Улаатан иһэр оҕо билбэтигэр тэптэрэн тугу барытын; үчүгэйи, куһаҕаны араарбакка, аҥар кырыытыттан оҥорон иһэр кыахтанар. Оҕону “Бэйэтэ талбытын оҥорор” диэн эттэхтэринэ, үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан араарбата быһаарыллар.
Улахан киһи куһаҕан быһыыны оҥордоҕуна, соруйан, билэ-билэ оҥорбута быһаарыллан тахсар. Сокуону кэһэн суукка түбэһиэн сөп. Онтон оҕо улахан киһиттэн уратытынан куһаҕан быһыыны оҥороро билбэтиттэн, сокуоннары өссө үөрэтэ, бу оҥорор быһыыта хайдаҕын; үчүгэйин дуу, куһаҕанын дуу кыайан арааран билэ илигиттэн элбэхтик буолар. Ол иһин сахаларга оҕо иитиитэ, үөрэтиитэ диэн аналлаах үөрэх баар. Бу үөрэх оҕоҕо аҕыйах ахсааннаах куһаҕаны аан бастаан биллэрэр, олору оҥорботугар үөрэтэр, өйүн-санаатын сайыннарар, билиитин кэҥэтэр.
“Оҕо курдук” диэн этии билбэтиттэн тугу да туһалааҕы оҥорбот киһини быһаарар. Ол курдук билбэт, урут оҥорон көрө илик киһи тугу да кыайа-хото оҥорбот, оҥороору гыннаҕына тээтэҥниир, тутан көрө-көрө быраҕар. Дьиэ муостатын ыпсаран көрө илик эдэр киһи ханан сыыптыырын быһаарарыгар бүтүн чаас тиийимиэн сөп. Толкуйа кыаттарбатаҕына оҥорон таһаарыы улаханнык бытаарар.
Оҕо улахан киһи буолбатах, улаатыар диэри оҕотунан сылдьар. Кыһыл оҕоттон кыра оҕо буолар, онтон улахан оҕоҕо кубулуйар, ол кэнниттэн биирдэ улахан киһи буолуу кэлэр. Үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ арааран билэ илигиттэн элбэхтик сыыһа-халты туттунуон, буруйу-сэмэни оҥорон кэбиһиэн сөп. Ол иһин оҕо сыыһа-халты тутуннаҕына төрөппүттэр эппиэккэ тардыллаллара сөп.
Оҕо киһи билбэтин, оҥорботун, ол аата айыыны оҥоро сатыыр санаата аһара улахан. Ону-маны оҥоро сатаан сыыһа туттара элбэҕиттэн харыстаан сахалар “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэллэр. Туохха барытыгар оҕону иитэн, батыһыннара сылдьан үтүгүннэрэн үөрэтэн биэрии туһалааҕын сахалар билэллэр. Ол иһин оҕону иитэргэ, үөрэтэргэ такайыы, “Элбэхтэ этии”, үчүгэй үгэстэргэ үтүгүннэнэн үөрэтии улахан туһалааҕын төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ.
Онон оҕо сыыһар, сыыһаны оҥорор бырааптаах, иитиллэн, үөрэнэн киһи буолууну баһылыар диэри элбэхтик сыыһыан сөп.
ҮГЭСТЭРГЭ ҮӨРЭТИИ
Саха дьонун олохторун үөрэҕэр оҕону иитии, үөрэтии диэн этиилэр бааллар. Оҕо өйө-санаата, ийэ кута кыра эрдэҕинэ аан маҥнай бэлэм үгэстэринэн иитиллэр, онтон улаатан истэҕинэ, 6 сааһыттан салгын кута үөрэҕи, билиини иҥэринэн сайдар. Биһиги үгэстэргэ иитиини, үөрэтиини саҕалааһыммыт бу быһаарыыга олоҕурар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ, киһини таба көрөр кэмиттэн ыла ийэ кута иитиллэр. Ийэ куту иитии диэн аан бастаан бэлэм билиилэри, үгэстэри иитэн, иҥэрэн биэриллиэхтээх. Төрөппүт тугу барытын бэйэтэ хайдах оҥорорун көрдөрөн биэрэн, үтүгэннэрэн үөрэтиитэ, “Маннык оҥор” диэн этиитэ бэлэм билиилэри иитэн, иҥэрэн биэрии диэн ааттанар уонна оҕоҕо үгэстэри, ийэ кутун үөскэтэр.
Оҕо аан маҥнайгы саҥаны билиилэрин үгэс оҥостон иҥэринэн иһэрэ түргэн. Биирдэ көрбүтүн умнубакка өйдөөн хаалара, кэлин онтун хатылыыра олус элбэх. Бу быһаарыы оҕоҕо үгэстэр аан маҥнайгы саҥаны билиилэриттэн түргэнник үөскүүллэрин биллэрэр. Үөрэргэ үөрэтэргэ аан маҥнай үөрбүт сирэйи көрдөрөн, үөрүү хайдаҕын биллэрэн биэрдэххэ, үтүктэн үөрэргэ үөрэнэр.
Сахаларга соһуччу көрө түһээт үгэскэ үөрэниини быһаарар көөчүк диэн тыл баар. Оҕо ымсыырар, ыла сатыыр баҕа санаатыттан үгэс түргэнник үөскээн хааларын бу тыл биллэрэр. “Оҕоҕо биэрбэт эрээри көөчүктээмэ” диэн сахалар оҕону үөрэтэр этиилээхтэр. Көөчүктээн баран биэрбэтэххэ оҕо айманан, ытаан барыан сөп. Бу этии көөчүктэн оҕоҕо баҕа санаа үөскээн олохсуйан хааларын биллэрэр.
Дьиэлэригэр арыгы иһэр уонна олоруттан оҕолоругар бэрсибэт төрөппүттэр арыгынан көөчүктээн оҕолорун арыгыһыт буолууга үтүрүйэллэрин, оннук үгэһи үөскэтэн кэбиһэллэрин билиэхтэрэ этэ. Оҕоҕо арыгы иһэр куһаҕан үгэһи үөскэппэт туһугар төрөппүттэр дьиэлэригэр арыгылыа суоҕа этилэр.
Оҕо аан маҥнай тугу көрбүтэ, билбитэ, соһуйбута үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар иҥэн ийэ кутун үөскэтэн иһэр. Бу быһаарыы дакаастабылынан көөчүк баара уонна сахалар “Оҕону соһутума” диэн үөрэхтэрэ буолар. Соһумтаҕай буолан хаалбыт оҕо үйэтин тухары соһуйа сылдьара хаалан хаалбат.
“Маннык тут”, “маннык оҥор” диэн көрдөрөн биэрэн үөрэтиилэри оҕо үтүктэн, бэйэтэ быччыҥнарын хамсатан оҥороруттан үгэс буолан иҥэн иһэллэрэ түргэн. Үтүгүннэрэн үөрэтиини бары төрөппүттэр, иитээччилэр туһаналлар.
Бары туһалаах, үчүгэйгэ тириэрдэр билиилэри оҕо итэҕэйэр киһититтэн аан маҥнай билэн, ылынан иһэрэ үчүгэй быһыыланарын үөскэтэр. Оннук үгэстэр оҕо ийэ кутугар ууруллан иһэллэриттэн үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатар кыахтанар. Киһи оҥорор бары быһыыларын оҕо сатаан, табатык оҥоро үөрэннэҕинэ, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһаннаҕына киһи буолууну ситиһэр, киһилии быһыыланар кыахтанар.
Үгэстэргэ үөрэтии ийэ куту үөскэтэринэн оҕону иитиигэ олус улахан оруолу ылар. Үчүгэй үгэстэрдээх киһи үчүгэй быһыылаах диэн ааттанар. Үгэстэргэ үөрэтии “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:
1. Үчүгэй үгэстэргэ үтүгүннэрэн үөрэтии.
2. Куһаҕан үгэстэргэ үөрэнэн хаалыы.
Үгэстэр бу икки, утарыта өрүттэрин кыахпыт баарынан дириҥник ырытан көрдөхпүтүнэ:
1. Аан дойду үрдүнэн тарҕаммыт киһи таҥаралар үчүгэй киһи буолууга ыҥыраллар. Үчүгэй үгэстэрдээх киһи, ол аата үчүгэй киһи таҥараланыы, ону үтүктэн үөрэнии үчүгэй киһи буолууну үөскэтэр. Оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн үчүгэй үгэстэри иҥэрдэххэ, улаатан иһэн үчүгэй киһи буолууну ситиһэрэ түргэтиир. Бэйэтэ көрсүө, сэмэй майгылаах, үчүгэй үгэстэргэ үөрэммит киһи оҕотун батыһыннара сылдьан, бэйэтин үтүгүннэрэн үчүгэй үгэстэргэ үөрэтэр кыаҕа улаатар. Оҕо улахан киһини үтүктэр майгынынан кини курдук буола улаатар кыахтанар.
2. Оҕо куһаҕан үгэстэнэн хааларыттан араҥаччылааһын төрөппүт ытык эбээһинэһэ буолар. Ол курдук куһаҕан быһыыны оҥорор оҕо куһаҕан үгэстэнэн хааларыттан сэрэнии, харыстаныы ирдэнэр. Ол иһин кыра оҕо оҥорор куһаҕан быһыыта сонно тохтотуллара, хаалларыллара, атыҥҥа, үчүгэйи оҥорууга салаллара, аралдьы-тыллара эрэ табыллар.
“Мөҕүллүбэт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат” диэн этиини дириҥник ырытыахпыт, туһатын быһаарыахпыт этэ. Оҕо өйө-санаата саҥаны билиилэриттэн сайдан иһэр. Оҕо саҥаны, биллибэти, дьон оҥорботторун оҥорор санаата аһара элбэх. Чааскыны муостаҕа быраҕан алдьанарын көрөн үөрүөн, өссө быраҕыан сөп. Маннык быһыылар тохтотулуннахтарына, маннык оҥорума диэн эттэххэ эрэ табыллар, оҕо куһаҕан үгэстэнэн хаалара тохтотуллар.
Куһаҕан быһыылары оҥоруу оҕоҕо ордук улахан интэриэһи үөскэтэринэн төрөппүт оҕо оҥорор быһыыларын көрөрө, кэтиирэ ирдэнэр көрдөбүл буолар. Оҕо куһаҕан быһыылары элбэхтэ хатылаан оҥороро куһаҕан үгэстэнэн хааларыгар тириэрдиэн сөп. Ол курдук буору ыһан бурҕата оонньооһуну оҕо ордук таттаран оҥорорунан кытаанах соҕус тохтотуу эрэ туһалыыр кэмэ кэлэр. Бу быһаарыыны тутуһан сахалар “Мөҕүллүбэт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат” диэн оҕону үөрэтиигэ туттуллар этиини оҥорбуттар.
Оҕо улаатан иһэн ситиһэ сатыыр баҕа санаата төрөппүтүн курдук буолууга туһуланнаҕына ситиһэр кыаҕа түргэтиир. Бары таҥара үөрэхтэрэ үчүгэй киһи буолууга, киһилии быһыыланыыга ыҥыраллар. Үчүгэйи уонна куһаҕаны билэн, таба арааран олоҕор туһана үөрэннэҕинэ оҕо киһи буолууну ситиһэр.
Сахалар үгэстэринэн оҕо кыра, ийэ кута иитиллэр эрдэҕинэ “Хара харахтаахха көрдөрбөккө” эрэ улаатыннарыллар. Ол барыта оҕо кыра эрдэҕинэ үгэстэргэ түргэнник үөрэнэриттэн, куһаҕаны оҥорон куһаҕан үгэстэнэн хааларыттан харыстаан оҥоруллар быһыы буолар. Элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро киһилии майгылара элбэҕин дьиэлэригэр олорор дьахталлар үөскэтэллэр.
Оҕону кыра эрдэҕинэ иитиигэ, үөрэтиигэ хайҕаан, манньалаан биэрии, хос-хос хатылаан оҥотторуу улахан туһалааҕын бары билэллэр, туһаналлар. Ол курдук тугу барытын хос-хос хатылаан оҥоруу үгэстэри үөскэтэр. Кыра оҕо оҥорбут ураты быһыыта, үгэстэри быһалыы үөскэтэринэн ийэ кута сайдара түргэтиир.
Оҕону кыра эрдэҕинэ иитии ийэ кута үөскүүрүнэн уонна улааппытын да кэннэ салайа сылдьарынан суолтата олус улахан. Аныгы сокуон быһыытынан дьахталлар оҕо көрүүтүгэр үс сааһыгар диэри олорон эрэ көрүүлэрэ арыыйда итэҕэс. Ол курдук оҕо ийэ кута 5 сааһыгар диэри үөскүүрүнэн ийэ оҕону көрөр кэмэ уһатыллыа этэ.
Онон төрөппүттэр оҕо ийэ кутун иитиигэ ордук улахан оруолу биэрэллэрэ, кут-сүр үөрэҕин туһаналлара эрэйиллэр.
ОҔО БАҔА САНААТА
Оҕо кыра эрдэҕинэ биир эрэ баҕа санаалаах. Ол санаата улаатыы диэн буолар. Улаатаары ытаан да туран көрдөөн аһыыр, ийэтин эмэр. Аһыырга баҕа санаа оҕоҕо улаатарга баҕа санаатыттан үөскүүр. Аһа суох эбэтэр, топпокко хааллаҕына ытаан биллэрэр, аччыктаатаҕына кыайан утуйбакка эрэйдиир. Итини тэҥэ туга эмэ табыллыбатар, сөп түбэспэтэр эрэ ытаан бэбээрэн биллэрэн иһэр.
Кыра оҕо ытаатаҕына туга эрэ табыллыбата эбэтэр аччыга быһаарыллар, төрөппүттэр көтөҕөн дуу, аралдьытан дуу уоскуталлара эрэйиллэр. Сөбүлүүр киһитэ ыксары көтөхтөҕүнэ, сымнаҕастык кэпсэттэҕинэ, аһаатаҕына уоскуйуу сотору кэлэр. Ийэ уонна аҕа кыра оҕо хайдах ытыырыттан, туттунарыттан көрөн туох итэҕэһин, тиийбэтин таба сыаналыырга, сэрэйэн көрөн быһаарарга түргэнник үөрэнэр кыахтаахтар.
Этэ-сиинэ улаатарыттан атын баҕа санаа оҕо кыра эрдэҕинэ суох да буолар. Быстах наадатын толунара мунньулларыттан эрэ тутулуктаах. Кыра эрдэҕинэ оҕону көрүү-истии улаатарыгар көмөнөн эрэ ааҕыллар. Оҕо этэ-сиинэ улаатар баҕа санаатын толоттороору ас көрдөөн ытыыр, аһыыр уонна утуйар.
Киһи утуйбатаҕына уһуннук кыайан сылдьыбат. Биир эмэ ыарыһах киһи утуйбакка эбэтэр, олох кыратык утуйа сылдьыан сөп. “Эт киһи элэйэр, сыа киһи сылайар” диэн сахалар этэллэрэ оруннаах. Ортотунан ыллахха утуйуу киһи олоҕун үс гыммыт биирин курдугу ылар. Эт-сиин сынньанарыгар, өй-санаа дьаарыстанарыгар аналлаах айылҕа биэрбит ураты кэмэ утуйуу диэн ааттанар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ өссө элбэхтик утуйар. Аһаата, тотто даҕаны утуйан буккураан иһэр. Утуйа сытан улаатар. Биһиги үчүгэйдик, мөхсүбэккэ эрэ утуйарга оҕону кыһыл оҕо эрдэҕиттэн үөрэтии туһалаах диэн этэбит.
Урукку кэмҥэ оҕону бэйэтэ олорор буолуор диэри хам суулаан илдьэ сылдьаллара, соннук утуталлара. Хам сууланан утуйар оҕо утуйа сытан мөхсүбэт буоларга кыра эрдэҕиттэн үөрэнэрин ити курдук ситиһэллэрэ. Ол аата хам суулууртан оҕо кыра эрдэҕинэ утуйа сытан мөхсүбэтигэр үгэс үөскээн олохсуйара.
Оҕо кыһыл оҕо эрдэҕиттэн илиитин, атаҕын хамсатарыттан буор кута үөскээн, сайдан, араас хамсаныылары оҥорорго үөрэнэн иһэр. Кыһыл оҕо утуйар кэмигэр хамсаабакка, мөхсүбэккэ үөрэннэҕинэ улааппытын кэннэ бэйэтигэр үчүгэйи, туһаны аҕаларын төрөппүттэр билэн былыргылар үөрэхтэрин туһаныа этилэр.
Аныгы кэмҥэ араас элбэх оҕо таҥастара баалларыттан дьон оҕолорун олох кыра эрдэхтэриттэн таҥыннара, памперс кэтэрдэ үөрэтэннэр таҥастаах утуйарга үөрэнэн хаалаллар. Утуйа сытан элбэхтик мөхсөллөр, суорҕанынан кыайан саптыбаттар, тэбиэлээн кэбиһэллэр, чараас таҥастаахтарыттан түүн дьагдьайаллар. Утуйа сытан дьагдьайбыт, тымныйбыт оҕо ыалдьан хаалыан сөп.
Оҕо, киһи утуйа сытан сүрэҕин тэбиитэ бытааран, этин кыраадыһа намтыыр. Киһи утуйа сытан эбии тугунан эмэ сабыннаҕына эрэ табыллар, үчүгэйдик, дьагдьайбакка, мөхсүбэккэ эрэ утуйар. Ол иһин суорҕанынан саптан баран утуйарга оҕо кыра эрдэҕиттэн үөрэтиллиэ этэ. Утуйа сытан мөхсөрүттэн оҕо үчүгэйдик утуйбат, сотору-сотору уһуктар, сытар миэстэтин уларыта сатыыр. Түүн дьагдьайарыттан мөхсүбэккэ эрэ утуйара кыаллыбат.
“Оҕо курдук утуйабын” диэн этээччи улахан дьон да бааллар. Түүнү быһа биирдэ эмэ эргийэн, букатын мөхсүбэккэ эрэ утуйар киһи итинник этиниэн сөп. Үчүгэйдик утуйуу киһиэхэ улахан туһалаах. Киһи үйэтин үс гыммыт биирин утуйан атаарар. Мөхсүбэккэ эрэ утуйар киһи үчүгэйдик сынньанар, күүс-уох мунньунар.
Оҕо улаатан иһэн утуйа сытан аһара мөхсүбэтин туһугар лаппа олорор буолуор диэри хам суулаан утута үөрэтэр туһалааҕа итинник дакаастанар. Кыһыл оҕо эрдэттэн аһара хамсана үөрэнэрэ утуйа сытан мөхсөрүн элбэтэриттэн элбэх эбии үлэни, эрэйи үөскэтэр.
Киһиэхэ хамсаныылартан үөскүүр буор кута уһун кэмҥэ үөскүүр. Оҕо улаатан иһэн олус уһун кэмҥэ утуйа сытан мөхсүбэккэ үөрэнэр. Суорҕанынан бэйэтэ саптынан утуйарга үөрэниэр диэри төрөппүт сабан, көннөрөн биэрэ сылдьара эрэйиллэр. Улааппыт оҕо уон сааһын ааһан баран суорҕанынан саптан утуйарга үөрэнэр.
Онон оҕо түүн мөхсүбэккэ эрэ утуйарга үөрэнэригэр кыһыл оҕо эрдэҕинэ хам суулаан утутуу туһалыыр. Хам сууланан утуйар оҕо утуйа сытан мөхсүбэт үгэскэ үөрэнэр.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн күннээҕи режими тутуһа үөрэннэҕинэ төрөппүттэр абыраналлар. Элбэхтик утуйар оҕо күнү, түүнү арааран билбэтиттэн күнүс утуйа, түүн туран дьэгдьийэ үөрэнэн, үгэс буолан хааллаҕына дьоно эрэйдэнэллэр.
Оҕо төрүүрүгэр этин-сиинин сорох чаастарын үлэлэтэр, хамсатар буор куттаах эрэ буолар. Өйө-санаата; буор уонна ийэ куттара оҕо төрөөбүтүн кэнниттэн түргэнник сайдан иһэллэр. Төрөппүттэриттэн бэриллибит буор кутун көмөтүнэн туһанан кыбыытын кыанарга түргэнник үөрэнэр. Хайдах хамсанарга саҥа үөрэнэн, оҥорор хамсаныылара үөрүйэххэ кубулуйаллар. Аан маҥнайгы өйдөөн-санаан хамсаныыта оонньууру таарыйыы, хамсатыы буолар, онтон кэлин таба тутан ылара сайдар. Төрөөбүт кэмиттэн, төрөппүттэриттэн ылыммыт буор кутун өйүн-санаатын таһымыттан оҕо өйө-санаата сайдан, ийэ кута үөскүүр, онтон 5 эбэтэр 6 сааһыттан салгын кута түргэнник сайдан барар.
Оҕо төрөөтөр эрэ ханнык баҕарар олоххо улаатыан сөп. Ол аата оҕо улаатарыттан ураты эбиискэ көрүүгэ-истиигэ, эбии, минньигэс аһылыкка кыһаммакка, суохтаабакка эрэ улаатар кыахтаах.
Оҕо аан бастакы, биир баҕа санаатынан улаатыы буолар. Улаатарын туһугар олоҕор үөскүүр атын итэҕэстэри барыларын тулуйар күүһэ аһара улахан. Индияҕэ бөрө булан ииппит оҕото ханнык да атын, эбиискэ көрдөбүлэ суох бөрө оҕолорун кытта сылдьарын нэһиилэ туппуттара биллэр.
Оҕоҕо улаатарыгар эрэ сөп түбэһэр туһалаах аһылык баарыттан олоҕор баҕа санаата туолан иһэр. Доруобай оҕо сөбүгэр тымныылаах да сиргэ таҥас диэни көрдөөбөккө эрэ улаатыан сөп. Таҥас таҥныы диэн киһи буолуу биир тутаах көрдөбүлэ, оҕо улаатан атыттары үтүктэр кэмэ кэлбитин кэннэ сайдар өйө-санаата буолар. Улахан кыыл өйүттэн-санаатыттан арахсан дьон киһилии быһыыланар кэмнэрэ кэлбитин кэннэ таҥаһы оҥостон таҥныбыттар.
Оҕо улаатар баҕа санаата бары атын баҕа санааларын баһыйарын таба туһанан оҕону улаатыннарыыны төрөппүттэр улахан эрэйэ суох кыайыа этилэр. Оҕоҕо улаатан иһэригэр сөп түбэһэр баҕа санаалары иҥэрэн биэрии төрөппүттэртэн быһаччы тутулуктаах. Баар олоҕуттан атын эбии көрдөбүллэри, оҕо улаатан иһэн билэн иһиитэ өйө-санаата сайдыытыгар туһаны оҥорор, билиитэ кэҥииригэр туһалыыр.
Улаата охсор баҕа санаатыгар оҕоҕо улахан оҕо буолуу өйө-санаата киирдэҕинэ ордук табыллар. Ол курдук улаатар, улахаҥҥын диэн этитэр, оннук сыанабылы ылар туһугар, оҕо төһө эмэ ыарахан үлэни да толорор, кыайар кыахтаах. Толору уулаах ыарахан ыаҕаһы улахан эрэ дэттэрээри, оҕо кыаҕа баарынан сосуһуон сөп.
Оҕо бырааттарын, балыстарын көрөрө-истэрэ бэйэтин улахан оҕоҕо кубулутуута уустуга суох, түргэнник ситиһиллэр кыахтаах. Арай кыра оҕо эрэ баара ону быһаарар. Улахан оҕо бырааттарын, балыстарын көрөн-истэн улахан оҕоҕо бэйэтэ кубулуйар. Элбэх оҕолоох ыаллар оҕону иитиигэ барыстара итиннэ саһан сылдьар. Улахан оҕо буолуу оҕоҕо араас үлэни сатыыры, кыраларга көмөлөһөрү, көрөрү элбэтэрин тэҥэ, эппиэтинэстээҕин сайыннарар, улаатыннарар. Ыал улахан оҕолоруттан үчүгэй салайааччылар, үлэни тэрийээччилэр улаатан тахсыахтарын сөп.
Оҕо үлэлииргэ үөрэнэрэ көмөлөһүүттэн, тугу эмэ таскайдыырыттан саҕаланара оруннаах. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕинэ тугу да сатаабат, оҥоро үөрүйэҕэ суох, барыга-бары саҥалыы үөрэннэҕинэ, онтун үгэс, үөрүйэх оҥоһуннаҕына эрэ табыллар. Хас биирдии быччыҥнара хамсыырга үөрүйэхтэннэхтэринэ, буор кута үөскээтэҕинэ эрэ табан, имигэстик хамсанарга үөрэнэрин төрөппүттэр билиэ этилэр. Кыра эрдэҕинэ хамсана, үлэлии үөрэммэтэҕинэ улаатан баран үөрэнэрэ эрэйдээх, олус уһун кэми ылыан сөп.
Оҕо көмөлөһөрүн сөбүлүүр. Көмөлөһүү үтүктүүттэн тирэх ылан үөскүүр. Үлэҕэ үөрэтии “Оҕом улаатан, көмөтө эбиллэн иһэр” диэн этиинэн доҕуһуолланнаҕына ситиһиилээх буолар кыаҕа улаатар. Төрөппүтэ тугу эмэ оҥороругар аттыгар илдьэ сылдьан көмөлөһүннэрэ үөрэтиэ этэ. Көмөлөһө үөрэнии туһа киһитэ буолууга тириэрдэр.
“Оо, улаата охсубут киһи” диэн бары оҕолор баҕа санаалара. Улаата охсоору бары ыксыыллар. Оҕо төһө улаатарын хас күн аайы сүрэҕэлдьээбэккэ эрэ кээмэйдэнэ сылдьыан сөп. Улаатан эрэр уолаттар улахан дьону үтүктэр санааларыттан табаах тардаллар, арыгы иһэн боруобалыыллар. Боруобалыы оонньуу сылдьан араас дьаллыктарга ылларан кэбиһэллэрэ элбэх. Бу кэмҥэ тарҕанан эрэр наркотик улахан кутталы үөскэтэр буолла.
Манна кэлэн “айыы үөрэҕин” албына, куһаҕана арыллан тахсар. Ол курдук оҕо саҥаны, билбэтин оҥоро сатыыр санаата элбэҕиттэн араас абылаҥнарга киирэн биэрэр кыаҕа улаатан хаалар. Оҕолорун харыстыыр санаалара улахан төрөппүттэр “айыы үөрэҕин” бу сыыһатын билэн букатын тохтотуохтара этэ. Оҕо тугу эмэ бэристэҕинэ сахалар “Оҕом бачча буол” диэн төһөнү улаатарын үөһээ диэки көрдөрөн биэрэн махтанар идэлээхтэр. Бу баҕа санааны тириэрдии, оҕо улаатар баҕа санаата өссө улаатарыгар, күүһүрэригэр тириэрдэринэн улахан туһалаах.
Араас аптаах остуоруйалар оҕоҕо улаатар баҕа санааны иҥэрдэхтэринэ туһалаахтар, онтон баайы-малы аптаабыт курдук булунууга ыҥырар омуннаах остуоруйалар оҕо өйүгэр-санаатыгар иҥэн хааллахтарына халыйыыны, бэлэмҥэ үөрэниини үөскэтэллэр. Оҕо халлаантан түһэн кэлэр элбэх баайы-малы кэтэһэ үөрэнэн хаалыыта үөскээтэҕинэ, үлэлээн-хамсаан туһалыырынааҕар бэлэми кэтэһэ сылдьар киһиэхэ кубулуйуон сөп.
Оҕо улаатарын олус диэн кэтэһэр. Киниэхэ биир да күн олус уһун кэмҥэ киирсэр, онтон сыл ааһыыта, сайын эргийэн кэлиитэ кыайан кэмнэммэт уһуҥҥа киирсэр мээрэйдэр буолаллар.
Бары төрөппүттэр оҕолоро хаһан улаатарын олус кэтэһэллэр. Олус былыргы, икки аҥар тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр сахалар олоро сылдьыбыт дойдуларыгар баар буолбут Будда таҥара төрөппүттэр оҕолоругар “Улахан киһи буол” диэн баҕа санааларын тириэрдэллэриттэн уонна оҕо улахан киһи буола сатыыр баҕа санаалара холбоһон күүһүрүүлэриттэн үөскээбит. Кэлин бу таҥара күлүгэ улахан таас киһиэхэ кубулуйбут.
Дьон бары араас баҕа санаалаахтар. Элбэх дьоҥҥо биир баҕа санаа баарыттан, биир улахан таҥара үөскээн тахсыан сөп. Христос таҥара диэн үчүгэй киһи таҥара, дьон үчүгэй киһи буолар, үчүгэйи оҥорор, үчүгэйдик быһыыланар баҕа санааларыттан үөскээбит уонна киэҥник тарҕаммыт.
Төрөппүтэ биэрбит уонна хайҕаабыт аһын оҕото сөбүлээн сиир, аһыыр. Тымныы дойдулаах дьоҥҥо оҕо улаатарыгар аан бастаан аһынан уонна таҥаһынан хааччыйыы ааҕыллар. Ханнык баҕарар таҥаһы кэтэрдэн баран, үчүгэй диэн хайҕаан биэрдэххэ оҕо үөрүүнү кытта кэтэ сылдьар кыахтаах. Урукку кэмҥэ биир таҥаһы улаатан иһэннэр үс оҕо кэтэр диэн өйдөбүл, мээрэй туттуллара.
“Биир оҕо атаах буолар” диэн этиини бары билэбит. Бу этии оҕо куруук кыра курдук сананарыттан уонна төрөппүттэриттэн кыратын билинэринэн, барыта бэлэмҥэ үөрэнэринэн өйө-санаата сайдыытыгар атаахтааһыҥҥа тиийэн хааларын быһаарар. Ол аата оҕону төрөппүттэр сыыһа иитэн, бэлэмҥэ үөрэтэн атаахтатан кэбиһэллэр.
Оҕо улаатан өйө-санаата тупсан иһэрин билэ сылдьара ордук. Ол курдук атаахтык иитиллии диэн оҕо куруук кыра курдук сананыытын, бэлэми кэтэһиитин үөскэтэринэн өйө-санаата сайдыытын туормас-тыыр быһыы буолар. Эрэйдээх, ыарахан үлэни элбэхтик үлэлээбит оҕолор өйдөрө-санаалара уруттаан, эрдэлээн сайдан улахан дьон курдук буола охсоллорун, үлэни-хамнаһы баһылыылларын, ситиһии-лэри оҥороллорун бары билэбит.
Оҕону атаахтаппат буолуу диэн аһара баран көрдүүрүн, төрөппүттэринэн ол-бу баҕа санаатын толотторо сатыырын суох оҥоруу ааттанар. Ол аата оҕо ону-маны баҕаран, көрдөөн иһэрин толоро охсубат буолуу, бу баҕа санаатын бэйэтэ оҥорон ситиһэригэр үөрэтии, күһэйии, ол аата баҕа санааны оҕоҕо үөскэтии уонна ону бэйэтэ оҥоро-тута үөрэнэригэр көмөлөһүү эрэйиллэр. “Кэтэс”, “тиэтэйимэ”, “улааттаххына” диэн этиилэр оҕо кэтэһэриттэн, өйүгэр-санаатыгар оҥорон көрөрүттэн үөскээбит баҕа санаата түргэнник үгэс буоларыгар көмөлөһөллөр.
Оҕо баҕа санаата бэйэтэ улаатарын, билиитэ кэҥиирин курдук түргэнник улаатан уонна кэҥээн иһэр. Ордук баҕа санаатын атыттар, төрөппүттэрэ толорон биэрэн истэхтэринэ, араас баҕа санаалара букатын таһынан барыахтарын сөп.
Баҕа санааны бэйэ кыаҕар, күүһүгэр тэҥнээн биэрии киһи буолуу сүрүн үөрэҕэ буоларын оҕоҕо тириэрдии эрэйиллэр. Баҕа санаа уонна киһи олорун толорор кыаҕа суоҕа араас элбэх аптаах остуоруйалар, ыра санаалар үөскүүллэригэр тириэрдибит.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн баҕа санаа эмиэ икки аҥы арахсар:
1. Олоххо туһалаах, барыһы биэрэр баҕа санаа үчүгэй диэн аатырар уонна толоруллар кыахтанар.
2. Туһаны аҕалбат, кыайан туолбат баҕа санаа ыра санаа диэн ааттанар, хаалар, умнулларга аналланар.
Үчүгэй уонна куһаҕан баҕа санаалар арахсыылара оҕо уонна улахан киһи икки ардыгар улахан уратылардаах. Ол курдук оҕо бары баҕа санаатын төрөппүтэ тук курдук толорон истэҕинэ, оҕотугар оннук, толотторон иһэр үгэс үөскээн олохсуйан хааллаҕына, оҕото бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыт киһи буола улаатыан сөп. Бэлэмҥэ үөрэнии диэн куһаҕан, атаах оҕо майгынын төрөппүт оҕотугар бэйэтэ билбэтинэн, үчүгэйи оҥоро сатыы сылдьан, иҥэрэн кэбиһэрэ сахалыы кут-сүр үөрэҕин туһамматыттан үөскүөн сөп.
Баҕа санаата туолбут оҕо элбэхтик үөрэр. Оҕотун үөрдэ сатыыр төрөппүт, бу албыҥҥа киирэн биэрэрэ элбэх. Бэйэтэ иллэҥ төрөппүт оҕотун бары баҕа санаатын тук курдук толорон үөрдүбүт курдук сананыыта бэйэтин албыннаныыта буолар, оҕотугар куһаҕан, бэлэмҥэ үөрэнэр үгэһи иҥэрэрин билэн туттунуо этэ.
Оҕо туолбатах баҕа санаатын бэйэтигэр уһуннук иитиэхтээн күүһүрдүөн сөп. Ол курдук туохха эмэ наадыйбыта туола охсубакка санаатыгар иитиэхтэннэҕинэ, улахан баҕа санааҕа кубулуйбутун кэлин, улаатан да баран бэйэтэ толоруон сөп. Төрөппүт оҕотугар бэйэтин курдук буолууга, үөрэххэ, үлэҕэ-хамнаска ситиһиигэ баҕа санааны иҥэрдэҕинэ, сыалын ситиһэр кыахтанар. Кыра эрдэхтэринэ дьадаҥытык, тиийбэт-түгэммэт быһыыга иитиллибит оҕолор ситиһиигэ баҕа санаалара күүстээҕиттэн, улааттахтарына, олохторугар ордук улахан кыайыылары оҥороллорун бары билэбит. Бу билиибитин олоххо, оҕону иитиигэ туһаныа этибит.
Оҕону иитиигэ, үлэҕэ-хамнаска үөрэтиигэ сахалар үөрэхтэрэ көйгө оҕо диэн ааттанарын билиэхпит этэ. Көйгө оҕо диэн үлэҕэ кыра эрдэҕиттэн үөрэммит оҕо ааттанар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолан элбэхтик үлэлии үөрэннэҕинэ, соннук үгэстэннэҕинэ улаатан баран олоххо оҥорор ситиһиилэрэ элбиир кыахтаналлар.
Кыра эрдэҕинэ аһара атаахтык иитиллэн бэлэмҥэ үөрэммит оҕо улаатан баран үлэҕэ-хамнаска оҥорор ситиһиилэрэ сөбүгэр эрэ буолан хаалалларын, төрөппүттэрэ ситиспиттэрин кыайбаттарын билиэхпит этэ. “Атаах оҕо арыгыһыт буолар” диэн этии оҕону иитиигэ халыйыы үөскээбитигэр быһаччы сыһыаннаах.
Оҕо улаата охсор баҕа санаатын күүһүттэн араас аптаах остуоруйалары олус диэн сөбүлүүр. Улаата охсон барыны-бары кыайа-хото охсор баҕа санаатыгар аптаах, тугу барытын түргэтэтэ, тиэтэтэ, баар оҥоро сатыыр остуоруйалар сөп түбэһэллэр. Бу аптаах остуоруйалар албыннарын кэпсээн төрөппүт оҕотугар олоххо таба суолу булунарыгар көмөлөһөн биэрэр кыахтаах. Ол “Оҕом улаатан иһэр” диэн этэн улаатарга баҕа санааны үөскэтии уонна тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук, оҥорорго үөрэтии буолар.
Тугу эмэ үллэстэ, илдьэн биэрэ үөрэтии оҕоҕо өйө-санаата сайдыытыгар туһата улахан. Ол курдук үллэстэ үөрэтии, аһара бэйэмсэҕин суох оҥорор, онтон тугу эмэ илдьэн биэрии үлэҕэ-хамнаска, туһа киһитэ буолууга үөрэтэр.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн сөбүлүү көрөр көрүҥэ өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалыыта сөбүлүүр көрүҥү үөскэтэр. Оҕо аан маҥнай ийэтин көрөн сөбүлүүр. Бу кыра эрдэҕинэ үөскээбит сөбүлүүр көрүҥэ таптыыр киһитин буларыгар сирдьит, ыйан, көрдөрөн биэрээччи, көрүҥү быһаарааччы буолар. Ол курдук уолаттар ийэлэригэр маарынныыр көрүҥнээх дьахтары ордук элбэхтик сөбүлүүллэрэ итини бигэргэтэр. Аҕаларын мааны кыргыттара аҕаларын курдук көрүҥнээх, майгылаах киһини көрдүү сатыыллар.
Онон оҕоҕо кыра эрдэҕинэ үтүө, үчүгэй киһи буолуу баҕа санаатын иҥэрии хас биирдии төрөппүттэн ирдэнэр сахалыы таҥара үөрэҕин көрдөбүлэ буоларын билэн эрдэттэн, оҕо кыра эрдэҕиттэн, үгэстэрэ, ийэ кута үөскүүр кэмиттэн кыһаныахтара этэ.
БАҔА САНААНЫ ТОЛОРУУ УРАТЫЛАРА
Киһи өйө-санаата сайдарынан араас баҕа санаата хаһан баҕарар элбээн иһэр. Өй-санаа эбиллэн иһиитэ баҕа санаа эбиллэригэр тириэрдэр. Былыргы кэмнэргэ киһи баҕа санаата аһылыгы булунартан уонна ханна эмэ утуйан ылартан ордубат этэ, билигин тутуу, туһалааҕы оҥоруу, үөрэнии, өйү-санааны сайыннарыы, таҥныы баҕа санаалара эбиллэн биэрдилэр. Ону тэҥэ баҕа санаа киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктанан элбэх эбэтэр аҕыйах соҕус буолуон сөп. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун быһаарар этии баҕа санаа туолуутун быһаарыыга эмиэ сөп түбэһэр. Ол иһин киһи баҕа санаата хайдах туоларыттан көрөн икки аҥы арахсар:
1. Киһи бэйэтин кыаҕынан кыайан толорор баҕа санаата. Киһи баҕа санаатын ситиһээри, ону толороору олоҕу олорор. Баҕа санаа киһи олоххо инники диэки сирдээн иһэр сулуһунан, ситиһэ сатыыр сыалынан ааҕылларынан хас биирдии киһиэхэ киһилии баҕа санаа баара ирдэнэр көрдөбүл буолар. Оҕо төрөппүтүн курдук буолар баҕа санаата киһилии баҕа санаа диэн ааттанар. Киһи киһилии баҕа санаатын толорууга дьулуһарыттан олоххо туох эмэ туһалааҕы оҥостунар, олоҕун төрөппүтүн курдук олорор, киһи быһыытын тутуһар кыахтанар.
Киһилии баҕа санаа диэн киһи бэйэтин кыаҕынан толорор, киһи быһыытыгар сөп түбэһэр баҕа санаата ааттанар. Ол курдук үөрэҕи ситиһиэм диэн баҕа санаатын оҕо барыта улаатан иһэн ситиһиэн сөп.
Киһиэхэ ханнык; үчүгэй дуу, куһаҕан дуу баҕа санаалар бааллара кыайан биллэр кыаҕа билигин суох. Былыргылар ону билэн “Ынах эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр” диэн өс хоһооно оҥорбуттарын туһана сылдьабыт. Ол иһин киһи ханнык баҕа санаалааҕын оҥорор быһыылара хайдахтарыттан; үчүгэйдэриттэн дуу, куһаҕаннарыттан дуу сыаналаан быһаарыы кыаллар. Киһи таҥара үөрэхтэрэ киһиэхэ киһилии баҕа санаа баарын ситиһиигэ, киһи буолууга, үчүгэй киһи тугу оҥорорун үтүктэн үгэс оҥостууга ыҥыраллар.
2. Киһи санаатыгар эрэ саныыр, илэтигэр кыаҕа тиийбэтиттэн кыайан толорбот баҕа санаалара киһиэхэ элбэхтэр уонна ыра санаалар диэн ааттаналлар. Киһи санаалара туохтан да иҥнибэттэр, туохха да хааттарбаттар. Киһи тугу барытын саныан, санаатыгар оҥорон көрүөн, барыны-бары кыайыан, хотуон, манныга эбитэ буоллар үчүгэй буолуо диэн оҥоро саныан сөп. Бу санаалара кини кыаҕын таһынан бардахтарына кыайан олоххо киирбэккэ, ыра санаа буолан таах хаалан хаалыахтарын сөп.
Киһи бэйэтин кыаҕынан кыайан толорбот баҕа санаалара сахалыы ыра санаалар диэн ааттаналлар уонна киһи санаатынан бэйэтин албыннанарыгар тириэрдэллэр. Сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ этэринэн элбэхтик ыра санааларга оҕустарыы олоххо туһата суох, арай биир эмэ ыра санаа олоххо сөп түбэстэҕинэ туолуон сөп.
Ыра санаа христианскай православнай таҥара үөрэҕэр Ырай диэн ааттанан сылдьар. Бу Ырайга, баҕа санаатын дойдутугар киһи өллөҕүнэ өйө-санаата тиийэр диэн православнай таҥара үөрэҕэ дьону билигин да албынныыра уларыйа илик.
Баҕа санаа туолуута “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:
1. Атын киһи баҕа санааны толорон биэриитэ.
2. Баҕа санаатын оҕо, киһи бэйэтэ толоруута.
Оҕо өйө-санаата сайдыытыгар баҕа санаатын ким толороро ордук улахан оруолу ылар. Бэйэтин баҕа санаатын бэйэтэ толоро үөрэннэҕинэ олоҕор ситиһиилэри оҥорор кыаҕа улаатар. Онтон кини баҕа санааларын төрөппүттэрэ толорон биэрэ үөрэтэн кэбистэхтэринэ үйэтин тухары улаатан иһэр баҕа санааларын төрөппүттэринэн толотторо сатыырыттан бэйэтэ оҥорор кыаҕа кыччыан сөп.
Баҕа санаа туолуутун уратыларын быһаараары бу икки өрүттэри тус-туспа ыламмыт ырытыахпыт:
1. Оҕо кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрэ көрөн-истэн кыра баҕа санааларын кыахтара баарынан толоро сатыыллар. Оҕолоро үөрэн-көтөн сылдьарын, атын оҕолортон тугунан да хаалсыбатын туһугар баҕа санаатын барытын толороллор, маанытык таҥыннара, минньигэстик аһата сатыыллар, араас оонньуурунан хааччыйаллар.
Оҕо баҕа санаатын атын дьон, төрөппүттэрэ толорон биэрэн дьоллонорун үөскэтэллэрэ оҕо кыра эрдэҕинэ хайаан да оҥоруллар быһыылар. Төрөппүттэр оҕолорун баҕа санаатын толоро сатаан, аһатан-сиэтэн, таҥыннаран, оонньотон кыһаналлар. Бу кэм сахаларга дьоллоох оҕо саас кэмэ диэн ааттанарынан биллэр.
Оҕо улаатан өйө-санаата сайдар кэмигэр киирдэҕинэ, ол аата 7 сааһыттан иитии-үөрэтии хайысхата тосту уларыйан биэрэр кэмнээҕин туһаныы эрэйиллэр. Бу кэмтэн оҕоҕо сүрэ үөскүүр. Бэйэтин баҕа санаатын бэйэтэ толорууга үөрэнэр кэмэ кэлэр. Төрөппүттэр оҕо улаатан, өйө-санаата эбиллэн истэҕинэ бэйэтин баҕатын кыаҕа баарынан бэйэтэ толорорун ситиһиннэриигэ ылсыһыа этилэр. “Бэлэмҥэ үөрэммит” диэн бары баҕа санааларын төрөппүттэригэр толотторо үөрэммит, атаахтык иитиллибит оҕо ааттанар.
“Барыта оҕо туһугар” диэн ыҥырыы көнө өйдөбүлүнэн төрөппүттэр туох баар кыахтарынан барытынан оҕолорун хааччыйа сатыылларын үөскэтэрэ уонна аһара ыытан кэбиһэрэ буолар. Бу сэбиэскэй кэмнээҕи ыҥырыы истэргэ төһө да “үчүгэйин” иһин оҕону атаахтык иитиигэ, бэлэмҥэ үөрэтиигэ тириэрдэрин билиэ этибит. Билигин ырыынак кэмигэр бу ыҥырыы туттуллуо суоҕа этэ.
Бу ыҥырыы оҕо кыра эрдэҕинэ туттуллан баран улаатан истэҕинэ уларыйан, бары баҕа санааларын барыларын бэйэтэ толоро үөрэннэҕинэ, киһи буолууну ситиһиэ, туох эмэ туһалааҕы оҥорор кыахтаныа этэ.
Сахалар үөрэхтэринэн оҕо хайа да төрөппүтүттэн өрө тутуллубакка, аһара көрүллүбэккэ, мааныламмакка, кинилэри үтүктэн иитилиннэҕинэ киһи буолууну ситиһэр кыаҕа улаатара үөскүүрүн туһаныа этилэр.
2. Оҕо улаатан иһэн бэйэтин баҕа санаатын бэйэтэ толорорго үөрэниитэ төрөппүттэр улахан кыайыылара, ситиһиилэрэ буолуо этэ. Баҕа санааны бэйэ кыаҕынан толоруу эрэйэ, үлэтэ элбэҕин иһин дьолу аҕалара улахан. Киһи бэйэтэ оҥорбутунан астынара, дуоһуйара быдан элбэх. Оҕо кыра эрдэҕиттэн ону-маны барытын, кыайарыттан саҕалаан бэйэтэ оҥоро, тута үөрэнэрин ситиспит төрөппүттэр оҕолорун өйүн-санаатын таба суолунан сайыннараллар.
Оҕо маҥнайгы биллэр туһаны оҥоруута оонньуурун бэйэтэ тутан-хабан аралдьыйарын тэҥэ, үүт иһэригэр бытыылкатын бэйэтэ тута үөрэниитэ буолар. Бытыылкатыттан бэйэтэ тутан үүтүн иһэргэ үөрэннэҕинэ, төрөппүттэригэр оҥорор туһата улаатан барар.
Аан маҥнайгы хамсаныылары оҥорууну оҕо төрөппүтүн көмөтүнэн, этэн, көрдөрөн биэриитинэн ылынар. Ньуосканы хайа илиитинэн тута үөрэнэрэ төрөппүттэн эрэ тутулуктаах. Уҥа илиитинэн аан маҥнай тута үөрэннэҕинэ соннук хамсанара салҕанан барар. Ньуосканы таба тутан бэйэтэ аһыырга үөрэниитэ уонна чааскыттан үүтүн иһэрэ улахан кыайыытыгар тэҥнэһэр.
Оҕо кыра эрдэҕинэ бэйэтэ оҥоро сатыыра элбэх. “Бэйэм” диэн баран ньуосканан хааһытын булкуйа сатаатаҕына эбэтэр бачыыҥкатын кэтэ сатаан букунайдаҕына кэтэһэ түһэри төрөппүт тулуйуо этэ. Манна ордук таһырдьа оонньуу тахсарга таҥнарга үөрэнии туһата улахан, кыайан таҥныбатахха таһырдьа сылдьыы кылгыыра үөрэниини түргэтэтэр. Оҕо бэйэтэ оҥоро сатыыр баҕа санаатын төрөппүт хаҥыннаран, тохтотон кэбиспэккэ өссө сайыннаран иһэрэ бэйэтэ оҥоро үөрэнэрин түргэтэтэр.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолууга иитии, үлэҕэ үөрэтии оннук үгэстэр үөскүүллэриттэн үлэҕэ-хамнаска сыстарыгар кыах биэрэр. Үлэҕэ үөрэтии оҕо оҥорор, тутар кыаҕын улаатыннаран бэйэтин баҕатын бэйэтэ толорорун үөскэтэр. Төһө кыратыттан оҥоро, тута үөрэнэр даҕаны туһаны оҥороро улаатан иһэр.
Онон оҕо баҕа санаатын толоруу икки өрүттэрэ улаатан истэҕинэ солбуйсан биэрэллэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ бары баҕа санааларын төрөппүттэрэ толороллор, онтон улаатан иһэн бэйэтин баҕа санаатын бэйэтэ толоро үөрэнэрэ ирдэнэр көрдөбүл буолар. Оҕо бу улаатан иһэн өйө-санаата уларыйыыта киһи буолууну ситиһэрин тутаах көрдөбүлүнэн ааҕыллар.
КИҺИ БУОЛУУГА ИИТИИ, ҮӨРЭТИИ
Оҕо кыратын, кыамматын эрэ иһин оҕо диэн ааттанар буолбатах. Бу аат иҥэригэр өйө-санаата өссө сайда, киһи буолууну баһылыы илигэ олук буолбут. Оҕо этэ-сиинэ улаатарын тэҥэ, өйө-санаата тэҥҥэ сайдан киһи буолууну ситиһэ сатыыр аналлаах. Эт-сиин ситиитэ уонна өй-санаа сайдыыта тэҥник, хайалара да хаалсыбакка тэҥҥэ сайдан баран истэхтэринэ, киһи буолууну кэмигэр, этэ-сиинэ ситиитигэр ситиһэрэ кыаллар. Киһи буолуу туһунан биһиги “Киһи буолуу” диэн үлэбититтэн булан эбии туһаныахха сөп. (2,56).
Сахалыы таҥара үөрэҕин сүрүн салаатынан киһи буолуу үөрэҕэ буолар. Сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорбутуттан, оҕону кыра эрдэҕиттэн улахан киһини үтүгүннэрэн үөрэтии, киһи буолуу үөрэҕэ билигин хаалан сылдьар. Оҕону төрүөҕүттэн аһара “үчүгэй” курдук сыыһа санааларыттан төрүүрүн кытта киһи буолар диэн алҕас этиини тутуһаннар уонна оҕолору атаахтатаннар, аныгы көлүөнэлэр чэпчэкиттэн чэпчэки үлэни көрдүү сатыыллара үөскээтэ. Өйө-санаата сайдыбатаҕына даҕаны оҕо этэ-сиинэ улаатан “Киһи курдук көрүҥнээх” буолууну ситиһэр кыахтаах. “Киһи буолбатах” диэн этии киһи курдук көрүҥнэнэн баран өйө-санаата, оҥорор быһыылара киһи быһыытыгар тиийбэтэхтэринэ туттуллар.
Киһи буолууну оҕо өйө-санаата сайдан, бэйэтэ улаатан тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорору сатаатаҕына, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһаннаҕына ситиһэр. Ол аата киһи буолууну ситиспит оҕо тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор, сыыһа-халты, аһара туттубат, сиэри тутуһар, көрсүө, сэмэй майгылаах, үлэни-хамнаһы кыайар киһи буолар.
Киһи буолууну ситиһии сүрүн бэлиэтинэн оҕо улаатан ыал буолуута ааттанар. Бу кэмтэн ыла оҕо өйө-санаата тосту уларыйан, бэйэтэ кэлэр көлүөнэлэри төрөтөр, иитэр, үөрэтэр кыахтанар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ улахан киһи этэр үөрэҕин ордук ылынымтыа, толорумтуо. Оҕону бэрээдэккэ үөрэтии кыра эрдэҕинэ ыытыллара тиийимтиэтин улаатыннарар. Бу кэмҥэ оҕо ийэ кута түргэнник үөскүүрүнэн саҥаны билиитэ уонна аҕыйахтык хос-хос хатылаан оҥоруута ууруллан, өйдөнөн иһэрэ элбэх. Оҕо кыра эрдэҕинэ элбэх үчүгэй үгэстэри иҥэриннэҕинэ, үчүгэй иитиилээх оҕо буола улаатар кыахтанарын төрөппүттэр туһаныахтара этэ.
Оҕону иитии сүрүн сыалынан киһи буолууга иитии, үөрэтии буолар. Улаатан этэ-сиинэ ситэн истэҕинэ тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэниитэ киһи буолууну ситиһиигэ тириэрдэр. Оҕону кыра эрдэҕинэ иитиигэ, үөрэтиигэ хайҕаан, манньалаан биэрии, хос-хос хатылаан оҥотторуу улахан туһалааҕын бары билэллэр. Ол курдук тугу барытын хос-хос хатылаан оҥоруу үгэстэри үөскэтэринэн кыра оҕо оҥорбут быһыытын умнубата үөскээн ийэ кута сайдар.
Оҕо улаатан иһэн төрөппүтүн курдук буолар баҕа санааны “мин курдук оҥор” диэн этиинэн иҥэринэр. Бу баҕа санаатын сайыннаран тугу барытын оҥороругар төрөппүт бэйэтин үтүгүннэрэн үөрэтэн, үгэс оҥорон иҥэрэн биэриитэ киһи буолууну ситиһэригэр тириэрдэр. Ол аата киһи буолууга үөрэнии диэн тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор үгэстэри иҥэринии буолар. Бу үөскээбит үчүгэй үгэстэр оҕо ийэ кутун үөскэтэллэр уонна улаатан баран сыыһа-халты туттунарыттан харысхал, көмүскэл буолар аналлаахтар.
Оҕо икки атаҕар туран хаамара киһи буолуу үөрэҕин саҕаланыыта буолар. Оҕо хаамарыттан олус астынар, үөрэр. Киһи буолууну баһылаан иһэрин чахчы билинэр. Ньуосканы уҥа илиинэн тутуу, куруускаттан ууну, үүтү иһэргэ үөрэнии, таҥаһы таҥныы барыта киһи буолуу үөрэҕэр киирсэллэр. Итинтэн салгыы бэрээдэктээх, сыыһа-халты туттубат буолуу үөрэхтэрэ кэлэллэр. Тугу барытын киһи, улахан киһи оҥорорун курдук оҥоруу оҕо сыыһа-халты, аһара туттунарыттан харыстыыр аналлаахтар. Сыыһа-халты туттубат, тугу оҥороругар сэрэхтээх киһи сэмэй диэн ааттанар.
Улаатан иһэр оҕо өйө-санаата саҥаны билэриттэн сайдан, эбиллэн иһэр. Оҕо тугу саҥаны билбитэ барыта кини өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыы буолан ууруллан, ийэ кутун үөскэтэн иһэллэр. Оҕо туох саҥаны билбитин умнубат гына өйдөөн хаалан иһэр. Саҥаны айыыны билииттэн оҕо ийэ кута үөскээн, мунньуллар.
Саҥаны айыы үчүгэй уонна куһаҕан буолан хаалалларын төрөппүттэр билэн оҕону иитиигэ хайаан да тус-туспа арааран туһаныа, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэҕи туһаныа этилэр. Саҥаны айыыны билии оҕо ийэ кутун быһалыы үөскэтэринэн куһаҕан саҥаны айыыны оҕо оҥоро үөрэннэҕинэ, бу быһыыта ийэ кутугар иҥэн куһаҕан быһыылаах оҕо буола улаатан хаалыан сөбүттэн төрөппүттэр эрдэттэн сэрэниэ этилэр.
Сахалыы таҥара үөрэҕин тутуһуу, “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи оҕо улаатыар, үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэтэ арааран билэн олоҕор туһаныар диэри тутуһа сылдьара эрэйиллэр. Бу үөрэх оҕо өйө-санаата аһара баран куһаҕан санааларынан, куһаҕаны оҥоро сатааһынынан туолан хааларыттан быыһыыр, оҕону харыстыыр аналлаах.
Оҕону киһи буолууга иитии улахан киһини үтүгүннэрэн, батыһыннаран үөрэтиинэн ситиһиллэр. “Мин курдук оҥор”, “Бу курдук тут” диэн этиилэр улахан киһи оҕотун үтүктэргэ ыҥырар тыллара. Оҕо тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук сатаан оҥороро, оннук үгэстэри иҥэриниитэ киһи буолууну ситиһиигэ тириэрдэр.
Киһи буолуу үөрэҕин сүрүн көрдөбүлүнэн оҕо улаатан иһэн үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран таба туһанарга үөрэниитэ буолар. Бу үөрэх сахалыы “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн ааттанар. Оҕо бэйэтэ билэн үчүгэйи оҥороро, онтон куһаҕаны оҥорбото, хаалларара, тохтуура киһи буолууну ситиспитин биллэрэр. “Кыра оҕо курдук буолума” диэн этии кыра оҕо өйө-санаата улахан оҕоҕо, улахан киһиэхэ ситэ тиийбэтин, аҕыйаҕын, татымын биллэрэр. Маннык хомуруйуу кэнниттэн өй-санаа тупсуута, улахан киһи оҥорорун курдук оҥоро сатааһын, үөрэнии салҕаннаҕына табыллар.
Киһи буолууга оҕону иитии, үөрэтии көрсүө, сэмэй дьону иитэн, улаатыннарар кыахтааҕын сахалар туһаналлар. Бары төрөппүттэр оҕолоро уһуннук, дьоллоохтук олоруохтарын баҕараллар, ону ситиһэр туһугар бары кыахтарын уураллар. Көрсүө, сэмэй буолуу олоҕу уһуннук олорууга тириэрдэрин төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ. Киһи уһун олоҕун устата сыыһа-халты туттубакка олоҕун олоруута киһи быһыылаахтык олоҕун олордо диэн ааттанар.
Бэйэлэрэ үлэһит, кыайалларынан үлэлии-хамсыы сылдьар төрөппүттэр оҕолоро, кинилэри үтүктэн үлэһит киһи буола улаатар кыахтанар. Үлэлии сылдьар төрөппүтүн көрөн, үтүктэн оҕо үлэлии үөрэнэр уонна кыра эрдэҕинэ туһа киһитэ буолан үлэлиир үгэстэри иҥэринэрэ үлэҕэ-хамнаска сыстарыгар көмөлөһөр кыахтаахтар. Дьыбааҥҥа элбэхтик сытар, телевизэри уһуннук көрөр киһи оҕотун элбэхтик сытарга эрэ үөрэтэрин билиэ этибит.
Киһи буолуу үөрэҕин баһылааһын үтүктэр, батыһар киһи баарыттан кыаллар кыаҕа улаатар. Оҕолор бары кэриэтэ ийэлээхтэр, онтон аҕата суох оҕолор билигин элбээбиттэрэ, үтүктэн үөрэнии үгүстэргэ кыаллыбатыгар тириэрдэр. Уол оҕо аҕата суох улааттаҕына, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран олоххо туһанарыгар халыйыы үөскүүр, тугу барытын оҥороругар аҥардастыы дьахталлар эрэ быһаарыыларын истэн улаатара, эр дьону кытта сыһыанын мөлтөтүөн сөп. Аҕата суох оҕолор былыргы да кэмнэргэ бааллара. Аҕата суох оҕону былыргы сахалар чугас аймахтара көрөн-истэн эр киһини суохтаппакка эрэ иитэллэрэ, улаатыннараллара, киһилии быһыыга, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэллэрэ, хас да көлүөнэлэр усталарыгар сайдар буор куттарын харыстыыллара.
Кут-сүр үөрэҕэ киһи буор, ийэ уонна салгын куттарын сайдыыларын быһаарбыта оҕону иитиигэ үчүгэй өттүгэр уларыйыылары киллэрэр. Сайдыылаах буор куттаах төрүт уус аймахтар бэйэлэрин кэлэр көлүөнэлэрин харыстыыр санаалара улааттаҕына, көрүүтэ-истиитэ суох хаалар оҕолор аҕыйаан барыахтара. Итини тэҥэ буор кут бары хаан аймахтарга биир буолара, барыларыгар дьайыыта тиийэрэ аймахтары харыстааһыҥҥа олук буолуо этэ. Ол аата биир хаан аймахтартан хайалара эрэ туга эмэ табыллыбатаҕына, санааҕа түстэҕинэ, барыларын хаарыйар кыахтааҕын билиниэхпит этэ.
Онон оҕону иитии, үөрэтии өйө-санаата сайдыытыгар, киһи буолууну ситиһэригэр тириэртэҕинэ, олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыахтанар.
КӨРСҮӨ, СЭМЭЙ БУОЛУУ
Дьон бары оҕолоро олоҕун сыалын; улаатан, ыал буолан, оҕо төрөтөн, дьиэ туттан, мас олордон ситиһэрин, олоҕу уһуннук олорорун баҕараллар уонна бу киэҥ баҕа санаалара ситиһиллэрин туһугар оҕо өйө-санаата көрсүө, сэмэй буоллаҕына, киһи быһыытын тутустаҕына эрэ табылларын умнан кэбистилэр. Сэбиэскэй былаас эстиитин саҕана араас үллэстиилэргэ урутаан түспүт киһи барыһырар кэмигэр уһуннук олороммут уонна ырыынакка киириигэ араас салайааччылар, урутаан түспүттэр онно-манна тииһиммиттэрэ элбэҕиттэн, онно ымсыыран төрөппүттэр оҕобут көрсүө, сэмэй буоллаҕына, урутаан түспэккэ барыттан бары матан, үтүрүллэн хаалыа диэн сыыһа санааҕа киирэн сылдьаллар.
Аныгы ырыынак олоҕо оннун булуннаҕына ону-маны үллэстии, босхо ылыы диэн тохтоотоҕуна, киһи бэйэтэ оҥорбута, туппута ордук сыаналанар кэмэ кэллэҕинэ, көрсүө, сэмэй буолуу оруола биллэрдик үрдүөҕэ. Ол курдук көрсүө, сэмэй киһи ыал олоҕун тулуйарынан, үлэни-хамнаһы кыайарынан, сыыһа-халты туттубатынан оҥорбута, туппута ордук табылларынан, атыттартан лаппа сыаналанарын үлэһиттэр билэллэр.
Айыыны оҥорор киһи сиэри тутуспат, аһара барар, элбэхтик сыыһа-халты туттунар киһи буоларын арааран билии эрэйиллэр. Оҕо улаатан иһэн дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоро охсоору, урутаан түһээри өссө элбэх сыыһа-халты туттунууну оҥорор кыахтанар. Ол иһин “Айыы үөрэҕэ” оҕону үөрэтиигэ сөп түбэспэтэ быһаарыллан тахсар.
Сахалар таҥараларын үөрэҕэ көрсүө, сэмэй буолууну бары дьоҥҥо тарҕатар уонна ирдиир. (3,94). Көрсүө диэн мэнигэ-тэнигэ суох, боччумнаах, бэрээдэктээх, атын дьону кытта тапсар оҕону, дьону этэбит. Онтон сэмэй диэн сыыһа-халты туттубат, аһара барбат, үлэни-хамнаһы кыайар, сэрэхтээх киһи ааттанар. Сиэри тутуһууга, киһи быһыытыгар аһара барыы, айыыны оҥоруу диэн табыллыбат, куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбэх быһыы буолар. Ол иһин сэмэй киһи диэн сиэри тутуһар, сиэри таһынан барбат киһи буоларын билиэ этибит.
Сэмэй киһи сэрэҕэ улахан, үлэни-хамнаһы табылын булан, нэмин билэн үлэлиир, ол иһин үлэтэ таһаарыылаах буолар. “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн этии халлаантан ылыы буолбатах, саха дьоно уһун үйэлэр тухары үөрэтэн, олохторунан боруобалаан билбит билиилэрэ буолар. Бу билии олоххо олус туһалааҕын билэн, итинник этиини оҥорбуттар. Сэрэҕэ суох киһи араас быстах быһыыларга түбэһэрэ, үлэни сатаабата элбэх буоларын бары билэбит.
Төрөппүттэр баар-суох эрэллэрэ, олохторун салгыахтаах киһилэрэ оҕолоро буоларын билэллэр. Бары көрөллөр-истэллэр, харыстыыр санаалара, биир эмэ оҕо баарыттан улаатан хаалар.
Көрөн-истэн харыстааһын диэн эти-сиини эрэ харыстааһын ааттанар. Онтон оҕо өйүн-санаатын сайыннаран, үөрэтэн харыстааһын диэн көрсүө, сэмэй буолууга иитии, сыыһа-халты, аһара туттубатыгар үөрэтии буоларын төрөппүттэр билиэ этилэр.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй буолууга иитии, үөрэтии, аһара барар өйүн-санаатын хааччахтааһын, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорун ситиһии уһун үйэни ситиһэр кыаҕын улаатыннарарын туһаныа этибит.
Сыыһа-халты туттунууга, быстах быһыыга түбэһии диэн киһи өйө-санаата ситэ иитиллибэтэҕин, үөрэтиллибэтэҕин бэлиэтэ буолар. Оҕо улаатан иһэн элбэхтик айыыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥороору сыыһа-халты туттунара аһара элбиэн сөп. Бу кэмҥэ оҕо өйө-санаата сайдарыгар үчүгэй быһыылары оҥороругар үтүрүйэр аналлаах хааччаҕы “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэхтэр оҥороллор. Сахалар бу үөрэхтэрин оҕо тутустаҕына эрэ киһи буолууну ситиһэрэ, киһилии быһыыланара кыаллар. Ол курдук киһи буолууну ситиспит оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэриттэн, куһаҕан быһыылары туттунан оҥорбот кыахтанарыттан, үчүгэй быһыылары оҥороро элбиир. Ол аата “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн сахалар таҥараларын үөрэҕэ үчүгэй быһыылар элбииллэригэр тириэрдэр туһалаах быһыы буолар.
Оҕо көрсүө, сэмэй буоллаҕына, үлэҕэ-хамнаска үөрэннэҕинэ эрэ олоххо тугу эмэ туһалааҕы оҥорор, баары алдьаппат, ыскайдаабат, сыыһа-халты туттубат кыахтанарын төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ.
Көрсүө, сэмэй киһи диэн кимий? Көрсүө, сэмэй киһи майгынын быһаарыы билигин ордук наада буолла. Ол курдук бэйэлэрэ мөлтөх төрөппүттэр оҕом үллэстииттэн матан, туран хаалыа диэн санаалара элбэҕиттэн оҕолорун урутаан түһэргэ, “айыы үчүгэй” диэн айыыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥотторо сатыыллар. Бу санаа төһө да туораттан “үчүгэй” курдук иһиллибитин иһин, саҥа сайдан эрэр оҕо өйүн-санаатын киһиргэтиигэ, тиэтэтиигэ, ыксатыыга тириэрдэринэн сыыһа-халты туттунарын, быстах быһыыга түбэһэрин элбэтиэн сөп. Оҕолорун харыстыыр, уһун үйэлэниэн баҕарар төрөппүттэр “айыы үчүгэй” диэн айыыны оҥорууга үтүрүйэр сыыһа үөрэхтэн оҕолорун араҥаччылыа, харыстыа этилэр.
Ырыынак олоҕо туспа өйү-санааны дьоҥҥо киллэрэр. Биһиги сэбиэскэй былаас кэмигэр, ол былаас өйүгэр-санаатыгар үөрэнэн хаалбыппыт тардарынан, бу уларыйыыны ситэ арыйан үөрэтэ, туһана иликпит. Билигин олохпутугар баай, салайааччы уонна дьадаҥы, үлэһит диэн дьон тус-туспа бөлөхтөрө бааллара биллибиттэрин уонна кинилэр өйдөрө-санаалара улахан уратыларын арааран билиэ, оҕону иитиигэ арааран туһаныа этибит.
Сахалар үөрэхтэринэн баай буолуу уһун үйэтэ суох, оҕону иитиигэ халыйыыны, атаахтатыыны үөскэтэринэн баай аймахтар кэлэр көлүөнэлэрин сайдар суолларын сарбыйаллар. Баай дьон үс көлүөнэнэн өйдөрө-санаалара буорту буолан эстиигэ, симэлийиигэ бараллара дакаастаммыт чахчытын билэн, эмискэ байартан үлэһиттэр туттунуо этилэр.
Хас биирдии киһи олоххо бэйэтин миэстэтин булунан, ханнык өй-санаа иҥэн сылдьарын билинэрэ ордук этэ. “Олохтон өй-санаа тутулуктаах” диэн этии хаһан да уларыйбат. Баай уонна дьадаҥы, үлэһит дьон оҕолорун иитэр ньымалара тус-туһунаннар, өссө утарыта турар өйдөбүллээхтэрин төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ.
Баай киһи оҕотун иитэр өйө-санаата үлэһит дьонтон ураты. Аһара барыыга, айыыны оҥорууга, атаах буолууга иитэр кыаҕа баайа-мала элбэҕиттэн тутулуктанан улаатан иһэр. Барыта-бары дэлэйинэн, харчыта элбэҕинэн туһанан оҕотун туохха да хааччахтаабакка иитэринэн, атаахтатарынан көҥүлүнэн барбыт, бэлэмҥэ үөрэммит, үлэлиэн-хамсыан баҕарбат киһини улаатыннарар кыахтанар.
Аһара барар, араас айыыны оҥорор оҕо биир эмэ туһалааҕы, үчүгэйи оҥоруон, онтон атыттара бары куһаҕан, туһата суох буолан тахсыахтарын, куһаҕаны элбэтиэхтэрин сөп. Кыра эрдэхтэриттэн үлэлии-хамсыы үөрэммэтэх, үчүгэй үгэстэри иҥэриммэтэх, бэлэмҥэ үөрэммит эдэрдэр туохтара эмэтэ табыллыбатар эрэ бичтии, умналыы сылдьалларын ордороллор.
Үлэһит киһи барыта-бары тиийбэтиттэн тугу барытын кэмнээн туһанарга, ыскайдаабакка, харыстыырга иитэр, элбэхтик үлэлииргэ үөрэтэр. Үлэһит дьон оҕолоро көйгө буола иитиллэллэрэ элбэх. Оҕо барыга-бары баҕара саныыра кыайан туолбатыттан олоххо ситиһэр сыаллаах, үчүгэйгэ, тупсууга ыҥырар баҕа санаалаах буола улаатар кыахтанара, улаатан баран ситиһиини оҥороругар тириэрдэр.
Олоххо дьадаҥы, үлэһит дьон оҕолоро оҥорор ситиһиилэрэ баай дьоҥҥо тэҥнээтэххэ быдан үрдүк. Ол иһин кэлэр көлүөнэлэрэ сайдан, элбээн иһэллэр. Үлэһит дьон оҕолоро элбэх ситиһиилэри оҥорор кыахтара олоҕу олорон, сааһыран истэхтэринэ эбиллэн иһэр уратылаах. Ол барыта кыра эрдэхтэринэ үөскээбит баҕа санааларын улаатан баран толороллоруттан буолар. Бииртэн биир сөп түбэһэр дьарыгы булан дьарыктанан, үлэлээн, оҥорон, тутан иһэр кыахтаахтара олохторун устата сайдыыны, тупсууну ситиһэллэригэр тириэрдэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн тугу барытын аһынарга, харыстыырга, көмүскүүргэ иитилиннэҕинэ, ийэ кута оннук өйгө-санааҕа иитиллэн үйэтин тухары дьайа сылдьар. Ыскайдаабат, алдьаппат, харыстыыр, аһыныгас киһи буола улаатар кыахтанар.
Оҕо улаатыар, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран олоҕор таба туһанар киһи буолуор, үчүгэй үгэстэрэ олохсуйуохтарыгар диэри айыыны оҥорбото ордук, оҥордоҕуна даҕаны сыыһа-халты буолара элбэҕинэн куһаҕан быһыылары элбэтиэн сөп. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Айыыны оҥорума” диэн этиитэ ити быһаарыыга олоҕурар уонна оҕо киһи буолууну ситиһиэр диэри туттуллар аналлаах. Ол аата киһи буолууну ситиспит оҕо айыыны оҥордоҕуна, ол айыыта киһи быһыытын, сиэри аһара барбата элбиирин, туһата лаппа улаатарын төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ.
Онон оҕону көрсүө, сэмэй буолууга иитии, үөрэтии олоҕун сыалын ситиһэригэр, үйэтин уһатарыгар, үлэни-хамнаһы кыайарыгар тириэрдэр соҕотох суол буолар. Киһи буолууну ситиһиини, киһи быһыылаахтык олоҕу олорууну, үлэни-хамнаһы кыайыыны көрсүө, сэмэй майгылаах киһи ситиһэр кыаҕа улаатар.
КӨМӨЛӨҺҮҮ
Оҕо кыра эрдэҕинэ көмөлөһүү, тугу оҥорорун көрдөрөн биэрии, бэйэни үтүгүннэрэн иһии ону-маны оҥоро үөрэнэригэр туһата олус улахан. Кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрэ үтүгүннэрэн үөрэргэ үөрэппэтэх оҕолорун майгына аһара кытаанах буолан хаалыан сөп.
Бэйэни үтүгүннэрэн үөрэтии “Бу курдук тут”, “Маннык оҥор” диэн көрдөрөн биэрии барыны бары түргэнник баһылыырыгар көмө буолар. Ол иһин оҕо икки төрөппүттэрэ иккиэн иитиигэ кыттыһаллара, үөрэтэллэрэ оҕолоро “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини билэрин, кыра эрдэҕиттэн тутуһа үөрэнэрин, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанарын үөскэтэр.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн улахан дьону үтүктэрин, ону-маны аҕалан биэрэн көмөлөһөрүн, таскайдыырын сөбүлүүр. Туһа киһитэ буолуу көмөлөһүүттэн саҕаланар уонна үлэҕэ үөрэнии тутаах көрүҥэ буолар. Ылан биэрии, тутан биэрии, аҕалыы, илдьии оҕо аан бастаан кыайар үлэлэригэр киирсэллэр. Соруйбуту толоро үөрэнииттэн саҕалаан тугу эмэ оҥорорго, улахан киһи этэрин истэргэ, толорорго үөрэнэр. Оҕону элбэхтик соруйдахха үлэлии үөрэнэрэ түргэтиир.
Оҕо атаҕар туран хаама үөрэнээт ону-маны таскайдыырын, соһорун сөбүлүүр. Бу кэми аһарбакка эрэ кини баҕа санаатын сайыннаран туһа киһитэ буолууга үөрэтии төрөппүттэртэн ирдэнэр. Бу кэмҥэ кыайа-хото көмөлөһүннэрдэххэ, туһа киһитэ буолууга ииттэххэ, үөрэттэххэ соннук үгэстэр үөскээннэр, иҥэннэр үлэһит киһи буола улаатар кыахтанар. Ол аата оҕо ийэ кутугар, бу үлэлии үөрэнэр үгэстэр иҥмиттэрэ улааппытын кэннэ, үлэни-хамнаһы кыайарыгар олук буолар кыахтаналлар.
Бу кэми аһаран кэбиһэн, оҕо улаатан хааллаҕына үлэлииргэ үгэһи бэйэтэ үлэлээн-хамсаан үөскэтинэрэ олус уһун кэми ылыан сөп. Кыра эрдэҕинэ үөскээбит үлэлииргэ туһалыыр үгэстэрэ суох киһи үлэни-хамнаһы ыарырҕатар, үлэлээтэҕинэ даҕаны хайдах эрэ табыллыбат, эрэйдэнэр курдук санаалаах буола улаатар.
Оҕону көмөлөһүннэрэ үөрэтии сахалыы туһа киһитэ буолуу диэн ааттанар. Ол аата оҕо туох эмэ туһалааҕы оҥорон, көмөлөһүүтэ туһа киһитэ буолуутун үөскэтэрин иитиигэ, үөрэтиигэ сахалар былыр-былыргыттан туһанар эбиттэр.
Оҕоҕо тугу эмэ соруйуу этиллибитин курдук толоруллара табыллар. Соруйуу оҕо кыаҕын таба быһаардаҕына кыайан толоруллар кыахтанар. Соруйууну сымнаҕастык иһилиннин диэн көрдөһүү бэрээдэгинэн этиллэрэ толорор киһиэхэ үчүгэйдик иһиллибитин да иһин, хайаан да толорулларын ылан бырахпат, суох оҥорбот. Оҕо төрөппүтэ этэрин истэн, толорорго үөрэнэрэ “Этэр тылы истэр” диэн этиинэн бигэргэтиллэр. Улахан киһи этэрин истэн соннук толоруу туохха барытыгар үөрэниини улаханнык чэпчэтэр, түргэтэтэр. Бары учууталлар, туохха эмэ үөрэтээччилэр этэллэрин оҕо истэрин, толорорун сөбүлүүллэр. Оҕо иллэҥсийэн хааллаҕына, бэйэтэ булан-талан оҥорууга киирсэн хаалара туһалаах дьыаланы оҥорорун аҕыйатар. Бу быһаарыы сүрүн төрүтүнэн оҕо кыра да буоллар бэйэтигэр туһалааҕы, сөбүлээбитин оҥоро сатыыра элбэх. Оҕо бэйэтэ булан оҥорорун үксүлэрэ үчүгэй диэҥҥэ киирсибэттэр. Оонньуурдары ыһыы үчүгэй курдугун иһин, ол кэнниттэн хомуйуу оҕоҕо ыарахан. Тугунан эмэ ыктахха оонньуурдар хомуллар кыахтаналлар. Соруйуу төһө элбэх буолар даҕаны үлэҕэ үөрэнии дириҥиир, үлэни-хамнаһы баһылааһын кэҥээн иһэр, түргэтээн биэрэр кыахтанар.
Атын киһиэхэ көмөнү оҥоруу икки араастаах:
1. Сүбэнэн, этэн биэриинэн көмөлөһүү.
2. Тугунан эмэнэн, баайынан-малынан көмө оҥоруу.
Көмө бу икки араастарыттан хайалара ордук туһалааҕа, тиийимтиэтэ быһаарарга улахан уустуктары үөскэтэр. Куруук көмөҕө үөрэнэн хааллахха, ону кэтэһэ сылдьыы үөскүүрэ куһаҕаҥҥа тириэрдэр, бэйэ толкуйдуур, оҥорор күүһүн аҕыйатар. Көмө улаатан иһиитэ кэлин тиһэҕэр, аҥардастыы көмөҕө өйөнөн хаалыыны үөскэтиэн сөбүттэн төрөппүттэр сэрэниэхтэрэ этэ.
“Аһыыра суох буолбут киһиэхэ күөгүтэ биэр” диэн этии баара көмө ити араастара киһиэхэ оҥорор туһалара хайалара элбэҕин быһаарар кыаҕы биэрэр. Ол аата аһыыра суох киһиэхэ аһылык биэрэн истэххэ, бэлэм аһылыкка үөрэнэн хаалыыта үөскүүрэ көмөлөһөр киһи үлэтин өссө элбэтэн биэрэр кыахтаах. Онтон күөгүнү биэрэн баран хайдах туһанарга үөрэттэххэ, өйүн-санаатын сайыннардахха, бэйэтэ балыктаан аһылыгын булунар кыахтаныан сөп.
Көмөнү сирэр киһи баара биллибэт. Бары хантан эрэ бадаарак, кэһии ылыахтарын баҕара саныыллара хаалан хаалбат. Буолар-буолбат, туһата суох бадаарактарынан дьон ыскааптара сыыйа туолан иһэрэ кырдьык. Көмөҕө аһара өйөнүү, онтон-мантан көрдүү сатааһын киһи быһыыта буолбатах.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини көмө оҥорооччу киһи билэн, хайа да өттүгэр аһара барбакка туһаныа этэ. Туһалаах сүбэ кимиэхэ баҕарар наада. Ол эрээри аһара сүбэ көрдүү сылдьыы бэйэ өйүн-санаатын мөлтөтөрүн биллэххэ табыллар.
Ханнык баҕарар үлэҕэ үөрэнии эмиэ көмөлөһүүттэн саҕаланара үөрэх чиҥник иҥэрин, туһата элбиирин үөскэтэрин тэҥэ, сыыһа-халты буоларын суох оҥорор, үөрэниини түргэтэтэр. Киһи оҥорор быһыыта сыыһаҕа-халтыга кубулуйан хааларыттан аналлаах харыстабыла диэн тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥоруу буолар. Үлэҕэ улахан уопуттаах сахалар оҕолору “Айыыны оҥорума” диэн үөрэхтэрэ сиэри таһынан барыма, киһи быһыытын тутус, сыыһа-халты туттума диэн өйдөбүллээҕин билиэ этибит. Үлэҕэ уопутурбут үлэһиттэр эдэрдэргэ көмөлөрө, көрдөрөн биэрэн үтүгүннэрэллэрэ олус улахан туһалаах, билиини ылыыны түргэтэтэр.
Оҕону туохха барытыгар көмөлөһүннэрэ үөрэтии үлэни-хамнаһы баһылыырыгар кыах биэрэрин билэн, төрөппүттэр эрэйдэнэн да буоллар бэйэлэрэ үлэлээн көрдөрөн кыһаналларын биллэриэ этилэр. Ол курдук оҕо аан маҥнай сатаабатыттан, этин-сиинин хамсата үөрэтэ, буор кута сайда илигиттэн, табан туттубатыттан элбэҕи тоҕон-хорон кэбиһэрин тулуйуу оҕону үөрэтиигэ хайаан да тулуйуллуохтаах ыараханы үөскэтэр көрдөбүл буолар.
Оҕо сыыһар бырааптаах, ол иһин оҕо диэн ааттанар. Тугу барытын оҥоро үөрэнии ыарахан, эрэйдээх. Сыыһа туттубут оҕону аһара мөҕөн-этэн кэбиһии куһаҕан, хаҥыннаран, санаатын түһэрэн, тугу да оҥорботугар тириэрдэн кэбиһиэн сөп. Ол иһин сыыһа туттубут оҕону, бу үлэтин хатылаан оҥоро үөрэнэрин туһугар, нэмин билэн сэрэтии, сыыһатын этэн биэрэн көннөрөрүгэр көмөлөһүү эрэйиллэр. Оҕо уонна төрөппүт эйэлээх, бэйэ-бэйэлэригэр эрэнсэр, сымнаҕас сыһыаннара үлэҕэ-хамнаска үөрэниигэ улахан туһалаах.
Онон оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ төрөппүт бэйэтэ кыра эрдэҕинэ хайдах быһыылана сылдьыбытын санаан, оҕо сыыһаны оҥорбутун өйдөтөн, көннөрөн, маннык оҥоруллар диэн көрдөрөн биэрэн истэҕинэ үөрэтии табыллар.
ӨЙ – САНАА УРАТЫТА
Бары төрөппүттэр оҕолоро киһи быһыылаах, үчүгэй майгылаах киһи буола улаатыан баҕараллар. Ол иһин оҕо уонна улахан киһи өйүн-санаатын уратыларын төрөппүттэр хайаан да билэллэрэ, сахалыы таҥара үөрэҕин оҕону иитиигэ туһаналлара ордук буолуо этэ.
Өй-санаа уратылара киһи үс кутуттан ураты сүр, майгы уонна сигили диэҥҥэ эмиэ арахсаллар. Сүр уонна майгы диэн киһи бэйэтин, салгын кутун өйүнэн-санаатынан уларытар кыахтаах өйүн-санаатын түмсүүлэрэ, үгэстэрэ, онтон сигили диэн ыл да уларыйа охсубат, эттэн-сиинтэн тутулуга улахан өй-санаа мунньустуута буолар.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн быһаарыыга сөп түбэһэн майгы икки өрүккэ арахсар:
1. Үчүгэй майгы.
2. Куһаҕан майгы.
Майгы бу уратыларын арыыйда дириҥэтэн ырытыахпыт:
1. Үчүгэй майгы диэн олус киэҥ өйдөбүл. Үөрэҕи-билиини ылынан салгын кут сайдыытыттан тупсан, уларыйан биэрэр кыахтаах. Киһи киһиэхэ сыһыаныгар эйэҕэс, сайаҕас, кэпсэтинньэҥ, үөрүнньэҥ диэн майгы уратылара бааллар. Майгы уратыларыгар оҕо төрөппүттэрин көрөн, үтүктэн үөрэнэн, кинилэр курдук буолар кыаҕа олус улахан. Арай төрөппүт “Мин курдук оҥор”, “Үөрүөххэ” диэн этэн бэйэтин үтүгүннэрэн үөрэтэрэ эрэ туһалыыр. Cоҥуорбут, санаарҕыыр, куруук кыыһырбыт курдук сылдьар төрөппүттэр оҕолоро үөрэр диэни билбэккэ эрэ улаатыахтарын сөп.
2. Куһаҕан майгы диэн ыгым, кыыһырымтаҕай, тулуура суох, ыксаллаах, киһиргэс, бэйэмсэх, улахамсык буолуу ааттаналлар. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр кэмигэр куһаҕан майгыламматын туһугар олору билбэтэ, онтон үчүгэйдэри талан оҥоро үөрэнэрэ, аан бастаан үчүгэйдэри үгэс оҥостон иҥэринэригэр туһалыыр.
Дьоҥҥо баҕа санаалара маарынныыр. Бары үчүгэй быһыылары эрэ оҥорор үчүгэй киһи буолуохтарын, онтон оҕолоро өссө үчүгэйи ситиһиэхтэрин баҕараллар. Үчүгэй үгэстэри кыра эрдэҕиттэн ийэ кутугар иҥэриммит оҕо үчүгэй, киһилии майгылаах буола улаатар кыахтанарын төрөппүттэр билэн туһаныахтара этэ. Киһи тоҕо үчүгэйи оҥороруй? Тугу үчүгэй диэн ааттыырый?
Киһи тугу үчүгэй диэн быһаарара олорор олоҕуттан олус улахан тутулуктаах уонна бэйэтигэр туһалаах, барыстаах барыта үчүгэйинэн ааҕыллар. Билигин биһиэхэ баай уонна дьадаҥы диэн дьон арахсыылара үөскээбиттэрин кэнниттэн, үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыы баайтан уонна дьадаҥыттан улахан тутулуктааҕын билиниэ этибит. Ол курдук баай киһи Канарскай арыыларга баран сынньан-наҕына уонна Испанияҕа коттедж ылыннаҕына санаата туолан үчүгэй диэн сананар, онтон дьадаҥы киһи пиэнсийэтин ыллаҕына үөрүүтэ улаатыан сөп. Баай-мал элбэҕиттэн өй-санаа арахсыытын дьайыыта улаханын билинэн оҕолорго хайдах баарынан тириэрдии эрэйиллэр.
Баай дьон оҕону иитэр үөрэхтэрэ, үлэһит, дьадаҥы дьон оҕолорун иитэр үөрэхтэриттэн улахан уратылааҕын таба быһааран туһаныы төрөппүттэртэн ирдэнэр. Үлэһит, дьадаҥы киһи оҕотун баайдардыы иитэн, үлэҕэ-хамнаска үөрэппэккэ атаахтатан кэбистэҕинэ, улаатан иһэн сыыһа-халты туттубатаҕына, аһара элбэх баҕа санааламмыта кыайан туолбакка олоҕор табыллымыан сөп.
Оҕо улаатыар, киһи буолууну ситиһиэр диэри буор, ийэ, салгын куттара сайдан, иҥэн олохсуйаллар, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэн олоҕор таба туһанар кыахтанар. Буор кут сайдыыта үөрүйэхтэри, ийэ кут сайдыыта үгэстэри үөскэтэр, онтон салгын кут үөрэҕи билииттэн сайдар. Улахан киһи иитиллибит, сайдыбыт ийэ куттаах. Бу киһи ханнык баҕарар быһыыны оҥороругар ийэ кутугар, ис санаатыгар тэҥнээн көрөр, сыаналыыр кыахтаах. Ол иһин сыыһаны-халтыны, куһаҕан быһыыны оҥорбот кыаҕа улаатар.
Улахан киһи куһаҕан диэн тугун арааран билэриттэн олору оҥорбот, биири эмэ оҥордоҕуна даҕаны өйдөөн-санаан туран соруйан оҥоруон сөп. Киниэхэ кыра эрдэҕиттэн олохсуйбут үчүгэй үгэстэрэ куһаҕан быһыыны оҥорботугар көмөлөһө, тохтото сылдьаллар. Ол иһин улахан киһи оҥорор быһыыларыгар үчүгэй быһыылара элбэхтэр.
Оҕо өйө-санаата саҥа сайдан иһэринэн үчүгэй уонна куһаҕан диэн туох уратылаахтарын ситэн араарбатыттан, субу оҥорор быһыытын таба сыаналаабатыттан, туох содул үөскээн тахсарын билбэтиттэн ханнык баҕарар быһыыны, ол аата үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны, бэйэтигэр хайалара барыстааҕын элбэхтик оҥорор кыахтаах.
Үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар биллэр уратыларынан үчүгэй быһыыны оҥоруу эрэйдээх, элбэх үлэлээх, онтон куһаҕан быһыыны оҥоруу быдан дөбөҥ, эрэйэ, үлэтэ аҕыйах. Бу уратылар дьайыыларыттан үчүгэйи уонна куһаҕаны, оҕо арааран билэ илигинэ боростуойун, судургутун иһин куһаҕан быһыылары оҥоруу диэки халыйан, куһаҕан үгэстэнэн хаалара элбиэн сөп.
Сахалар киһи таҥараларын үөрэҕэ “Оҕо көҥүлүнэн барарын” бобор, хаайар. Ол хааччахтар “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн ааттаналлар. “Айыы диэмэ” диэн этии куһаҕан дьайыылаах, билбэт тылларгын мээнэ саҥарыма диэн өй-санаа хааччаҕа буолар. Бу хааччах киһи саҥарар тылларыттан куһаҕан үгэс эмиэ үөскээн сыыһа-халты туттунууга тириэрдиэн сөбүттэн оҕону харыстыыр аналлаах.
“Айыыны оҥорума” диэн этии киһи билбэт, оҥорбот быһыыларын оҥорума диэн үөрэтэр. Айыыны оҥоруу диэн киһи билбэт, ол иһин оҥорбот быһыыта буолар. Бу быһыыттан туох содул үөскээн тахсара биллибэтэ ордук кутталлаах. Ол курдук оҕо бензини уматан көрөн билэ илигинэ, бу убаҕас испиискэ уотун тириэрдэ да иликкэ умайан, дэлби тэбэн тахсарын билбэтиттэн уокка сиэтэр, уоту ыытар кыахтаах. Ол иһин оҕо испиискэни уматыан инниттэн сэрэннэҕинэ, туох хайдах умайарын биллэҕинэ эрэ табылларын төрөппүттэр билэн оҕолорун эрдэттэн сэрэхтээх буолууга “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтиэ этилэр.
Эрдэлээн үөрэтии, оҕо айыыны уоран, кистээн оҥорон “Сыылла сылдьан сыарҕа быатын быһарын” суох оҥоруо этэ. Ол курдук бу этии, оҕо тугу оҥороруттан туох содул үөскээн тахсарын билбэтиттэн бэйэтэ ону-маны булан оҥоро сатыыра куһаҕан буолан тахсарын биллэрэр. Итини тэҥэ, ол куһаҕаммыт аһара баран улахан алдьархайы, сыарҕа тутаах быатын быһыы курдук ыар содулу үөскэтэриттэн “Айыыны оҥорума” диэн үөрэх харыстыыр аналлаах.
Оҕо улаатан иһэн ханнык; үчүгэй дуу, куһаҕан дуу майгыланан хаалара иитээччиттэн, төрөппүттэн олус улахан тутулуктаах. Кыра эрдэҕиттэн үчүгэй майгыга үөрэтии барыта кинилэртэн тутулуктанар. Ол иһин “Биир оҕо атаах буолар”, “Элбэх оҕолоох буолуу – дьол” диэн этиилэри сахалар олус былыргы кэмнэргэ үөскэппиттэрин билигин да туһана сылдьабыт.
Онон оҕону кыра эрдэҕинэ иитии, үөрэтии ийэ кутун үөскэтэринэн олус сэрэхтээхтик, үчүгэй быһыылары оҥорууга, олору үгэс оҥостунууга аналланан барарын сахалар таҥараларын үөрэҕэ төрөппүттэргэ тириэрдэр.
ЭЛБЭХ ОҔОЛООХ ЫАЛЛАР
Олус уһун үйэлээх омуктар олохторун үөрэхтэрэ олус дириҥ, олох уопутуттан тирэх ылан сайдыбыт. Сахалар “Элбэх оҕолоох буолуу – дьол” диэн этиини олохторугар туһаналлар. Биһиги өй-санаа үөрэҕин туһанаммыт элбэх оҕолоох буолуу дьоҥҥо туох үчүгэйи, туһалааҕы аҕаларын ааҕыталаан биэриэхпит: 1. Дьахтар төһө элбэхтэ төрүүр да этин-сиинин баҕа санаата туолара элбиир. Үһүс оҕоттон саҕалаан доруобай оҕолор төрүүллэр.
2. Оҕолор иитиилэрэ табыллар, өйдөрө-санаалара киһилии суолунан сайдыыта ситиһиллэр.
3. Биир оҕо таҥныбыт таҥаһын үс оҕо таҥнан улаатар.
4. Аймахтар сайдан, ахсааннара элбээн иһэриттэн омук ахсаана эбиллэн сайдыыны ситиһэр кыахтанар.
5. Оҕолор бары туһа киһитэ буолан үлэни-хамнаһы кыайарга кыра эрдэхтэриттэн үөрэнэннэр омугу үлэнэн сайыннараллар.
Эр киһи үлэни-хамнаһы кыайар кэмигэр государство көмөтүн туһанан дьахтарын, оҕолорун хааччыйар кыахтаах. Итини тэҥэ аныгы үйэҕэ государство оҕону иитиигэ көмөтө улаатан иһэр. Хоргуйуу, аччыктааһын, бу кэмҥэ төһө да элбэх оҕолоох ыалга суоһаабат.
Кырыымчыктык олорор ыаллар оҕолорун өйдөрө-санаалара эрдэ ситэн, сайдан дьонноругар кыра эрдэхтэриттэн көмө, туһа киһитэ буола улааталлар. Аҕыс сылынан улахан оҕо төрөппүттэригэр биллэр көмө буолар кыахтанар. Элбэх оҕолоох ыалга оҕолор дьонноругар көмөлөһөр санаалара кыра эрдэхтэриттэн улаатар, кинилэр этэн биэриилэринэн кыра бырааттарын, балыстарын көрө-истэ үөрэнэллэр. Кыра оҕону көрүү-истии үөрэҕэ төрөппүттэр көрдөрөн, үтүгүннэрэн биэриилэриттэн улахан оҕолоругар быһаччы, үгэскэ кубулуйан бэриллэн иһэрэ үөскүүр. Ол аата улахан киһи хайдах оҕо көрөрүн улахан оҕо көрөн, үтүктэн үөрэниитэ киниэхэ үгэһи үөскэтэн, ийэ кутугар иҥэн хааларыттан, улаатан баран бэйэтэ оҕолонноҕуна үчүгэйдик көрөр-истэр кыахтанар. Элбэх оҕолоох ыаллар барыстара оҕолоро улаатан истэҕинэ эбиллэн иһэр. Улахан оҕолоро эрдэттэн үлэлээн-хамсаан, кыраларын көрсөн барыһы киллэрэр кыахтанар. Кыралар кинини, улахан оҕону батыһан бары үлэһит буола улааталлар.
Үлэҕэ үөрэнии элбэх үлэттэн ситиһиллэр. Оҕо үлэлии үөрэммитэ кини улахан баайа буолар. Үлэһит төрөппүттэр оҕолорун үлэҕэ үөрэттэхтэринэ тугунан да кэмнэммэт элбэх баайы биэрэллэр. Үлэҕэ үөрэммит киһи хаһан баҕарар үлэлээн, оҥорон таһаарбытынан туһанан талбытынан олорор кыахтанар. Оҕолорун киһилии быһыыга, үлэҕэ-хамнаска үөрэппит төрөппүттэр сааһырдахтарына “сылааска сытар”, сынньанар кыахтаналлар, оҕолор кыайа-хото үлэлээннэр баайдарын-малларын өссө үксэтэллэр.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн оҕо төрөппүтүгэр сыһыана кыра эрдэҕиттэн икки өрүттэнэн сайдар:
1. Оҕо кыра эрдэҕинэ бары баҕатын барытын толорон биэрэн иһэр, маанылыыр, атаахтатар, оонньотор төрөппүтүн ордук сөбүлүүр. Ол эрээри улаатан, өйө-санаата эбиллэн истэҕинэ атаахтатар киһитин бэйэтин туһатыгар туһанара элбээһиниттэн этэр тылын истибэтэ, толорбото үөскээн сайдара “Атаах оҕо өйө-санаата түктэри” диэн этиини үөскэппит.
2. Араас бобуулары киллэрэр, үлэҕэ, бэрээдэккэ үөрэтэр, кытаанах көрдөбүллээх төрөппүтүн оҕо кыра эрдэҕинэ сөбүлээбэт. Ол эрээри этэр тылын истэр, соннук толорор буола улаатар. Тугу барытын улахан киһи курдук оҥорор буолууга, үлэҕэ-хамнаска үөрэниигэ улахан киһи этэрин истии, соннук толоруу эрэ туһалыыр. Кэлин улааттаҕына, үлэни-хамнаһы кыайдаҕына, сыыһа-халты туттубатаҕына кыра эрдэҕинэ бэрээдэккэ, үлэлиир үгэстэргэ үөрэппит төрөппүтүгэр махтала ордук улаатыан сөп.
Төрөппүт оҕотугар сыһыанын бу икки быһаарыылар икки ардыларынан сайыннардаҕына эрэ табыллар. Хайатын эрэ баһыйа туһаныы оҕо өйө-санаата халыйыытыгар тириэрдэр.
Оҕоҕо аҥардастыы үчүгэйи эрэ оҥоро, үчүгэй буола сатааһын оҕо улаатан истэҕинэ уларыйан биэрэн иһиэ этэ. Оҕо бэйэтигэр эрэ буолбакка атыттарга, төрөппүттэригэр эмиэ үчүгэйи, туһалааҕы оҥорорго үөрэниэ этэ. Кыра бырааттарыгар, балыстарыгар үчүгэйи, туһалааҕы оҥоро үөрэнэрэ улахан оҕоҕо ордук табыллар. Ол иһин элбэх оҕолор өйдөрө-санаалара киһилии суолунан сайдарын ситиһэр кыахтара олус улаатар.
Саха дьонун олохторун үөрэҕэ “Оҕону атаахтатыма” диэн үөрэтэр. Оҕо улаатан иһэн көйгө соҕус буола улааттаҕына үлэҕэ-хамнаска үөрэниитэ түргэтээн элбэх туһаны оҥосторо кыаллар.
Элбэх оҕолоох ыаллар улахан барыстарынан улахан оҕолоро улаатан иһэн кыра бырааттарын, балыстарын көрсөрө, кинилэр иитиилэригэр төрөппүттэрин ыйан, көрдөрөн биэриилэринэн быһаччы кыттыһара буолар. Оҕону иитии, көрүү-истии үйэлээх үгэстэрэ төрөппүттэриттэн улахан оҕолоругар үтүктэн үөрэтиллэн кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрэ ситиһиллэр.
Кыра оҕолор убайдара, эдьиийдэрэ этэрин халбаҥнаабакка эрэ толорорго үөрэнэллэрэ, кинини үтүктэллэрэ киһилии быһыылаах буола улааталларыгар тириэрдэр. Элбэх оҕолоох ыаллар оҕолорун көрүү-истии үлэтэ элбэҕиттэн улахан оҕолор туһа киһитэ буола охсон үлэлии үөрэнэллэрэ ордук түргэтиир. Кыра эрдэхтэриттэн үлэһит буола улааталлар.
Оҕону ийэ көрөрүттэн-истэриттэн атаахтатар кыаҕа улахан, онтон улахан убай, эдьиий, аҕа киһи мээнэ атаахтаппат, үтүгүннэрэн бэйэтин курдук үөрэтэр күүһэ улаатар. Элбэх оҕолоох ыаллар кыра оҕолоруттан уратылара атаахтаабакка киһилии быһыылаах буола иитиллэр кыахтара улахан.
“Кыра оҕо атаах буолар” диэн этии элбэх оҕолоох ыаллар кыра оҕолоругар эрэ сыһыаннаах. Бары күүстэрин кыра оҕону көрүүгэ-истиигэ салайан кэбистэхтэринэ уонна “Кыра оҕоҕо биэриҥ” диэн атаахтатар этиини тутустахтарына, кыра оҕо бэлэмҥэ үөрэнэн хаалара, атаах буолара кырдьык кэлиэн сөп. Бу халыйыыны төрөппүттэр оҕолорун барыларын тэҥник тутан көннөрүөхтэрин сөп.
Онон оҕону киһилии быһыылаах буолууга, үлэлии үөрэниигэ иитиигэ, үөрэтиигэ элбэх оҕолоох ыал улахан барыстаахтар.
ОҔО ТАҤАРАТА - ТӨРӨППҮТЭ
Кыһыл оҕо баҕата бэрт аҕыйах. Аччыктаатаҕына этин-сиинин аһыырга баҕатын ытаан биллэрэрин ийэтэ аһатан биэрэн тотордоҕуна уонна таҥаһа кураанах буоллаҕына баҕата ханан, туолан иһэр. Аһаатар, тоттор, таҥаһа уларыйдар эрэ утуйан буккураабытынан барар, утуйа сытан улаатар.
Оҕо баҕа санаата хараҕа тугу эмэ таба көрөр буоларын кытта сайдан, кэҥээн барар кыахтанар. Илиитинэн сарбаҥнаан тарбахтарын хамсата үөрэтэн ийэтин ачыкытын ылаары тарбачыстаҕына, баттаҕын тардыалаатаҕына өйө-санаата сайдан баҕа санаата улааппытын уонна онтун ситиһэ сатыырын биллэрэр.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрин көрөн үтүктэриттэн кинилэр курдук буолар баҕа санаата үөскээн олохсуйар. Ийэтэ кинини көрөн үөрдэҕинэ, үөрэн көрдөрөр, илиитин хамнатан тугу сөбүлээбитин тутан ылаары кыһанар. Көнөтүк олорорго үөрэнээт даҕаны, түөрт атах буолан барбытынан барар, улахан дьон курдук икки атаҕар тураары, онтон-мантан илиитинэн тардыһан тура сатыыр. Атаҕар тураат даҕаны, аны көнөтүк туттан хаамаары чохчоохойдоон атаҕын эрчийиитин саҕалыыр.
Оҕо үтүктэр күүһэ олус улахан. Төрөппүттэрин көрөн үтүктэр күүһэ атаҕар туруоран хаамтарар. Оҕо киһи буолууну баһылааһынын саҕаланыыта атаҕар көнөтүк туруутуттан, хаамарыттан ыла саҕаланар. Сиһэ көнүүтүүттэн “Көнө сүрүннээх” киһи буолар кыахтанар, сүрэ үөскүүр.
Онон, киһи буолууну аан маҥнай оҕо этэ-сиинэ ситиһэр. Өйө-санаата сайдыбатаҕына даҕаны “Улахан киһи курдук көрүҥнээх” буола улаатар кыахтанар. Онтон өйө-санаата ситиитэ, киһи буолууну баһылааһына диэн ааттанар, уһун кэми ылар уонна сааһын ситиитигэр, 18 эбэтэр 20 сааһыгар биирдэ кыаллыан сөп.
“Отох киһи отутугар ситэр” диэн этии, оҕо этэ-сиинэ буолбакка өйө-санаата хойутаан ситиитин биллэрэр. Кыра эрдэҕинэ ийэ кута ситэ иитиллибэтэх оҕо улаатан, бэйэтин өйө-санаата ситэн, дьэ үөрэнэн, үгэстэри үөскэтинэн киһи буолууну ситиһиитэ отутугар тиийэ уһаан хааларын бу этии биллэрэр.
Оҕоҕо баҕа санаата олох кыра эрдэҕиттэн үөскүүрүн биир бэлиэтинэн төрөппүттэрин курдук үлэһит дьон улаатан тахсаллара элбэҕэ ааҕыллар. Ол курдук быраас оҕото быраас, учуутал оҕото учууталлыыр кыахтара олус улахан.
Оҕоҕо кыра эрдэҕинэ туга эмэтэ тиийбэтиттэн, суоҕуттан ону булууга-талыыга дьулуһар баҕа санаата ордук күүһүрэр. Улааттаҕына, ол баҕа санаатын толорууга олус күүскэ дьулуһан кырдьык даҕаны толоруон, ситиһиэн сөп.
Дьадаҥы киһи оҕотун баар-суох биир баҕа санаатынан хайдах эрэ дьадаҥыттан босхолонуу, байары ситиһии буолар. Кини кыра эрдэҕиттэн кыаҕа баарынан үлэлии үөрэниини баһылаатаҕына, олоҕун устата бары кыаҕын-күүһүн түмүнэн, баайы-малы мунньунан ити баҕа санаатын ситиһэр кыаҕа атыттартан, баай төрөппүттэрдээх бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыт оҕолордооҕор лаппа улаатарын төрөп-пүттэр билиэхтэрэ этэ.
Үлэлии үөрэнии диэн бэйэтэ сыаната биллибэт улахан баай буолар. Оҕо үлэлии үөрэннэҕинэ олоҕун ханнык баҕарар кэмигэр тугу барытын үлэлээн тупсарар кыаҕа улаатар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ дьадаҥыбын диэн кыбыстыбакка үлэҕэ-хамнаска эриллэн, бары үлэни үлэлии үөрэннэҕинэ, улаатан баран бэйэтэ ситиһиилэри оҥорор кыахтанарын оҕону иитиигэ туһаныахпыт этэ. Үлэһит киһи баайа диэн үлэни сатыыра, кыайара буоларын таба сыаналыахха. Остуоруйаларга кыра эрдэҕинэ көйгө, элбэхтик үлэлээбит оҕо үлэҕэ-хамнаска үөрэнэн улаатан баран ситиһиилэри оҥороро, олоҕо тупсара уус-ураннык кэпсэнэр.
Оҕо кыра эрдэҕинэ үөскээбит баҕа санаатын ситиһиигэ туох баар күүһүн, үлэлии үөрэммитин, билиитин, саҥаны айыытын барытын туһаннаҕына, олоҕо тупсуутун бэйэтэ ситиһиэн сөп. Сигарета атыылааһыныттан саҕалаан миллионер буолбут дьон бааллар.
Күүстээх баҕа санаалаах киһиэхэ тулуура, дьулуура, өсөһө элбиир, киһи кыайбатын кыайар, ситиһиитин ситиһэр кыахтаныан сөп. Бу быһаарыы үлэһит дьон оҕолоро олохторугар оҥорор ситиһиилэрэ сааһыран истэхтэринэ үрдээн иһэринэн дакаастанар.
Атаах оҕо сааһыран истэҕинэ оҥорор ситиһиилэрэ намтаан иһэллэр, арыгыга, наркотикка ылларара элбээн биэрэр. Ол барыта баҕа санаата бэлэмҥэ үөрэнии диэки халыйбытыттан тутулуктанар.
Төрөппүт бэйэтин көрүҥэ, майгына, тугу оҥороро, үлэтэ-хамнаһа оҕо баҕа санаата үөскээһинигэр тирэх, үктэл буолар. Оҕо улаатан иһэн төрөппүтүгэр көмөлөһө, үлэлии үөрэниитэ баҕа санаатын үөскэтэр, олохсутар уонна ону ситиһэригэр кыах биэрэр.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн түргэнник улаата охсон улахан киһи буола охсорго баҕа санаалаах. Улахан дьон курдук араас хааччахтарга хааттарбакка сылдьыы, киһи кыайбатаҕын кыайыы хас биирдии оҕоҕо баар буолар олус туһалаах баҕа санааларынан ааҕыллаллар. Арай оҕо бары баҕа санаалара киһи быһыытын аһара барбаттарын сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн бобуута хааччахтыыр, сыыһаны-халтыны оҥорорун аҕыйата сатыыр.
Оҕо баҕа санаалара дьиҥнээх олоххо ситиһиллэр кыахтаах уонна сиэри кэспэт, киһи быһыытын таһынан барбатахтарына, киһилии баҕа санааларга киирсэллэр. Онтон киһи кыаҕа тиийэн ситиспэт араас элбэх баҕа санаалара, араас аптаах дьон эрэ кыайар быһыылара, көлдьүн баҕа санаалар барылара ыра санаалар диэн ааттаналлар уонна оҕо санаатын аралдьытан, ыскайдаан буортуну оҥороллор, бэлэми кэтэһэ сылдьарыгар тириэрдэллэр.
Киһиэхэ үчүгэй киһи буолар баҕа санааны сахалыы таҥара үөрэҕэ иҥэрэр. Киһи быһыылаах буолууга кыра эрдэҕиттэн үөрэнэн хаалбыт оҕо, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорунан, куһаҕан быһыылары оҥороро аҕыйыыр. Онтон киһилии быһыыланыыга, киһи быһыытыгар үөрэтиллибэтэх, атаахтыы, маанылана сылдьыбыт, “куһаҕан иитиилээх” оҕо ону-маны, саҥаны айыылары оҥоро сатыыра элбэҕиттэн, сыыһа-халты туттунарыттан, куһаҕан быһыылары оҥороро элбээн хаалыан сөп.
Төрөппүттэр оҕо өйө-санаата сайдыытын бу уратытын билэн оҕону иитиигэ таба туһаныахтара этэ. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн хааччаҕа оҕо оҥорор быһыыларыттан туох содул үөскүүрүн ситэ билбэтиттэн сыыһа-халты туттунарын аҕыйатан куһаҕан быһыылары элбэтэрин суох оҥорор аналлаах.
Улаатан иһэр оҕо баҕа санаата бэйэтэ улаатарын курдук улаатан, элбээн иһэр. Ол элбэх баҕа санаатыттан хайаларын эрэ ордук чорботон, куруук ону санаатаҕына, ол санаатын олохсуйбут үгэс оҥостунан таҥараҕа кубулутуон, ситиһэ сатыан сөп.
Оҕо барыта улаата охсон, улахан киһи буола сатыыр баҕа санаата салгыы сайдыытыттан үчүгэй киһи буолуу баҕа санаата хас биирдии киһиэхэ үөскүүр. Ол иһин үчүгэй киһи буолуу баҕа санаата дьоҥҥо барыларыгар баарынан улахан киһи таҥаралар үөскээбиттэр. Арай хас биирдии омуктар тус-туспа санааларыттан, бэйэлэрин уратыларыттан тутулуктанан улахан таҥаралар атын атын киһи аатынан ааттаммыттар.
Бары улахан киэҥник тарҕаммыт таҥаралар үчүгэй киһи буолууга ыҥыраллар, үтүктэр, батыһар киһилэрин үчүгэй мөссүөнүн оҥорон, ону таҥара оҥостон үтүктэллэр.
Үчүгэй быһыылары оҥорорго ыҥырар баҕа санаа хас биирдии киһиэхэ баара үчүгэй быһыылар элбииллэригэр тириэрдэр кыахтаах. Киһи буолар үтүө баҕа санааны үгэс оҥостон өйгө-санааҕа иҥэринии киһи таҥара үөскээһинигэр тириэрдэр.
Оҕо төрөппүтүн курдук буолар баҕа санаата, кыра эрдэҕиттэн туохха барытыгар кинини үтүктэрэ, батыһара, кини курдук буола сатыыра, холобур оҥосторо төрөппүтүн сыыйа таҥаратыгар кубулутар. Оҕо улаатан, өйө-санаата сайдан төрөппүтүн таһымын ааһыар диэри төрөппүт бэйэтэ сыыһа-халты туттунан түһэн биэрбэтэҕинэ оҕотун үтүө, үтүктэр санаата хаһан да уларыйбат. Оҕото кыра эрдэҕинэ төрөппүт оҕотугар үтүктэр, батыһар, баҕа санаатын киһитэ буолан таҥаратыгар кубулуйар.
Оҕо батыһар, үтүктэр киһитэ – төрөппүтэ. Төрөппүтүн көрөн, үтүктэн улаатар, өйө-санаата сайдар. Батыһар, үтүктэр киһитэ оҕо ийэ, аҕа таҥаратыгар кубулуйуохтарын сөп.
Уол оҕо аҕалаах. Уол оҕо бэйэтин уратытын билинэр кэмиттэн ыла аҕата быһаччы үтүктэр, батыһар киһитигэр кубулуйара өйө-санаата сайдыытын туруктаах оҥорор. Кыра эрдэхтэринэ уол оҕо аҕа, кыыс оҕо ийэ таҥаралаахтар, төрөппүттэрин туохха барытыгар үтүктэн таҥараҕа кубулуталлар.
Төрөппүтүн курдук буолар, үтүктэр баҕа санаата оҕону атаҕар туруоран хаамтарар. Оҕо атаҕар туран хаамыытыттан киһи буолуута саҕаланар. Бу кэмтэн ыла оҕо киһи буолуу, ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэниитэ саҕаланар уонна салгыы сайдан киһи буолууну ситиһиигэ тириэрдэрэ эрэйиллэр.
Оҕо аан маҥнайгы саҥарар тылларын куруук көрөр, истэр, бүөбэйдиир киһитин, ийэтин үтүктэн ийэ диэн саҥарарга, аҕатын аҕа диэн ааттыырга үөрэнэр. Ийэ уонна аҕа диэн тыллар оҕо өйүгэр-санаатыгар, төрөппүтүн ытыктыырыгар улахан дьайыылаахтар.
Ханнык тыллары хайдах саҥарары, кими хайдах диэн ааттыыры оҕо ийэтэ быһааран, оҕотун бу курдук ааттаа диэн үөрэтэр. Ол аата бу ийэ, бу аҕа диэн биллэҕинэ итинник ааттыырга үөрэнэр. Саха дьахталлара оҕолорун кыра эрдэхтэринэ сахалыы саҥара үөрэтэр кыахтара улахан. Омук тыла дьахталлартан ордук улахан тутулуктааҕа итинник дакаастанар.
Чааскыттан үүтү, кэфири иһэргэ үөрэнии төһө да уустугун, эрэйдээҕин иһин оҕо икки, үс сааһыгар үөрэнэ охсор. Төрөппүтүн, улахан дьону үтүктэ, кинилэр курдук иһэргэ, аһыырга баҕа санаата чааскыттан иһэргэ, ньуосканан таба туттарга үөрэтэр.
Кыра эрдэҕиттэн оҕо үлэлии үөрүйэх буола үөрэнэригэр ийэтэ, аҕата, төрөппүттэрэ үлэһит, үлэни-хамнаһы кыайар, үлэлииллэрин сөбүлүүр, куруук үлэлии сылдьаллара олук, тирэх буолар. Оҕо күн аайы илиилэрин араарбакка үлэлиир төрөппүттэрин үтүктэр күүһэ, көмөлөһөр санаата, кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолан, үлэлии үөрэнэргэ үгэстэри үөскэтинэрэ, үлэһит киһи буола улаатарыгар сүрүн төрүт буолар.
Кыра эрдэҕинэ үлэлии үөрэммэтэх оҕо улаатан бэйэтин өйө-санаата киирэн, салгын кута сайдан үлэлии үөрэнэрэ олус уустук, эрэйдээх, уһун кэми ылар. Туга эмэ табыллыбатар эрэ, бу киһи ити дьарыгын быраҕан кэбиһэр кыахтаах. Бу кэмҥэ оҕо бэйэтин туһугар кыһанара улаатан төрөппүттэрин бэлэмин ордук сөбүлээн, бэлэмҥэ үөрэнэн хаалыан сөп. Кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолан үлэлии үөрэннэҕинэ, соннук үгэстэр үөскээһиннэриттэн үлэлиир-хамсыыр, оҥорор, тутар кыаҕа улаатарын төрөппүттэр туһаныа этилэр.
Оҕо улаатан истэҕинэ үтүө, үчүгэй баҕа санаалары үгэс оҥосторугар үөрэтиини, иитэн, иҥэрэн биэриини, ол аата үчүгэй киһи таҥаралаах буолууну, төрөппүттэр бары санааларын ууран ситистэх-тэринэ оҕолоро киһилии майгыннанан, быһыыланан, үтүө үлэһит киһи буола улаатар кыахтанар. Баҕа санаа киһини хамсатар, үлэлэтэр, тугу эмэ оҥотторор кыахтаах. Киһи баҕа санаатын ситиһээри араас саҥаны айыылары оҥорор, олоҕор уларытыылары, тупсарыылары киллэрэн иһэр. Баҕа санаа мунньустубута, үгэс буолбута, таҥыллыбыта өйгө-санааҕа таҥараны үөскэтэр.
Үчүгэй быһыылары оҥорорго ыҥырар баҕа санааны үчүгэй киһи буолууга ыҥырар таҥара үөрэҕэ үөскэтэр. Ол иһин хас биирдии киһиэхэ киһи таҥара баара үчүгэй быһыылар элбииллэригэр тириэрдэрин бары таҥара үөрэхтэрэ туһана сылдьаллар.
Баҕа санааны үгэс оҥостон өйгө-санааҕа иҥэринии – таҥараны үөскэтэр. Оҕо төрөппүтүн курдук буолар баҕа санаата, кыра эрдэҕиттэн туохха барытыгар кинини үтүктэрэ, батыһара, кини курдук буола сатыыра, холобур оҥосторо сыыйа таҥаратыгар кубулутар. Оҕо улаатан, өйө-санаата сайдан төрөппүтүн таһымын ааһыар диэри, төрөппүт бэйэтэ сыыһа-халты туттунан түһэн биэрбэтэҕинэ оҕотун үтүө, үтүктэр санаата хаһан да уларыйбат.
Онон оҕо баҕа санаатын киһитэ таҥаратын үөскэтэр. Оҕо батыһар, үтүктэр киһитэ – төрөппүтэ, ийэтэ эбэтэр аҕата таҥаратыгар кубулуйар. Төрөппүтүн көрөн, үтүктэн улаатар, өйө-санаата сайдар, төрөппүтүн курдук буолар кыахтанар.
КИҺИ ТАҤАРА
Киһи өйө-санаата былыргы кыыл, көтөр өйүттэн-санаатыттан, туттар быһыытыттан сайдан, тупсан киһи буолуу, онтон улахан киһи буолуу, ол кэнниттэн өссө сайдан үчүгэй киһи буолуу таһымыгар диэри тиийбитин, билигин дьоҥҥо үчүгэй киһи таҥаралар туһанылла сылдьаллара биллэрэр.
Будда, Христос, Магомет диэн ааттаах үчүгэй киһи таҥаралаах омуктар язычниктары, ол аата кыыл-сүөл таҥаралаах дьону аанньа ахтыбаттара халлаантан ылыы буолбатах. Кыыл-сүөл таҥаралар-даныы өйү-санааны үөскэтэр баҕа санаа аҕыйаҕын, өй-санаа сайдыыта кыыл таһымыгар сылдьарын илэ биллэрэр көстүү буолар.
Аныгы үөрэхтээх, сайдыылаах киһиэхэ “Суор курдук буолан собулҕаны тоҥсуйа сылдьар баҕа санаалан” диэн көнөтүк эттэххэ улаханнык хомойуон, өһүргэниэн да сөп.
Олус былыргы кэмнэртэн баар таҥаралар өй-санаа сайдыытын таһыма үрдээн истэҕин аайы уларыйан, тупсан биэрэн иһэллэр. Олус былыргы кэмнэргэ Суор, Хотой, Бөрө, Күн, Таба таҥаралар бааллара биллэллэр. Билигин сайдыылаах демократия олоҕор тиийбит, үчүгэй киһи таҥаралаах дьоҥҥо саҥа, айылҕаны харыстыырга аналлаах Күн таҥара саҥалыы үөскүүр кэмэ кэллэ.
Оҕо баҕа санаата үчүгэй киһи буолуу диэки тардыстаҕына, таластаҕына тугу барытын оҥороругар үчүгэй киһи оҥорорун курдук оҥорууну ситистэҕинэ киһи быһыылаах буолууну ситиһэр.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн аттыгар баар, көрөр, батыһар, үтүктэр киһититтэн холобур ылынан үөрэнэр, кини курдук буолар баҕа санааны үөскэтинэр. Төрөппүттэр, иитээччилэр оҕо батыһар, үтүктэр дьонугар кубулуйаллар, ол аата оҕо кыра эрдэҕиттэн үчүгэй киһини үтүктэн үөрэнэрин, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор, киһи быһыылаах буола улаатарын сахалыы таҥара үөрэҕэ төрөппүттэрин үтүгүннэрэн үөрэтэн ситиһэр. Ол аата маҥнайгы киһи таҥараларынан төрөппүттэр; ийэ уонна аҕа буолар эбиттэр.
Хас биирдии төрөппүт оҕото улаата охсон көмөлөһөрүгэр, улахан киһи буоларыгар, тугу барытын улахан киһи курдук таба оҥороругар, киһилии быһыыланарыгар олуһун баҕарар.
Оҕо барыта түргэнник улаата охсон улахан киһи оҥорор бары быһыыларын, үлэлэрин-хамнастарын оҥорорго кыттыһыан олуһун баҕарар, кэтэһэр. Оҕо улаата охсор баҕа санаатын күүһүттэн оннооҕор хас утуйан турдаҕын аайы төһөнү улааппытын мээрэйдэнэ сылдьара эмиэ биллэр.
“Улахан киһи буол” диэн төрөппүттэр баҕа санаалара уонна оҕо бэйэтэ улаата охсор баҕа санаалара холбоһоннор дьайыылара күүһүрэриттэн улахан киһи буолуу өйө-санаата, таҥарата үөскээн сайдыбыт. Ол аата элбэх киһи баҕа санааларын түмсүүтэ улахан киһи таҥараны үөскэппит.
Дьон өйдөрө-санаалара өссө сайдыытыттан, үөрэҕи-билиини баһылаан иһиилэриттэн киһи оҥорор быһыыларын барыларын икки аҥы; үчүгэй уонна куһаҕан диэн араарыыларыттан, оҕолоро үчүгэй санаалара элбээн үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥоро улааталларын ситиһэр сыалтан үчүгэй киһини таҥара оҥостубуттар. Ол аата киһи оҥорор бары быһыыларын үчүгэй киһи оҥорорун курдук үчүгэйдик, табатык оҥорорго дьулуһар баҕа санаа үөскээһинэ үчүгэй киһи таҥара үөскээһинигэр тириэрдибит.
Оҕо улаатан истэҕинэ киһи оҥорор бары быһыыларын барыларын үчүгэйдик, тупсаҕайдык, ис киирбэхтик оҥорорго дьулуһуутуттан уонна төрөппүттэр оҕолоро куһаҕан быһыылары оҥорбокко, үчүгэй эрэ быһыылары оҥорор киһи буоларыгар баҕа санаалара холбоһуу-ларыттан үчүгэй киһи буолуу өйө-санаата үөскээн сайдыбыт. Үчүгэй быһыылары оҥорор олус үчүгэй киһи Христос таҥара ити курдук үтүөҕэ, үчүгэйгэ баҕарар өй-санаа дьоҥҥо мунньустуутуттан, элбээһиниттэн, хас биирдии киһиэхэ баарыттан үөскээбит.
Сахалар олохторун үөрэҕэ этэринэн оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр төрөппүттэрэ иҥэрэн биэрбит баҕа санааларын олоҕун устата ситиһэ сатыыр. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр иитии-үөрэтии олус улахан суолталаах уонна оҕо инники олоҕор хайа омук тылынан саҥарарын, үчүгэй дуу, куһаҕан дуу быһыыланарын, дьоҥҥо хайдах сыһыаннаһарын төрүттүүр.
Онон оҕо кыра эрдэҕиттэн ханнык омук тылынан саҥарарын, хайдах өйдөөх-санаалаах, майгылаах буола улаатарын ийэтэ эбэтэр көрүүгэ-истиигэ быһаччы көмөлөһөр эбэтэ эрэ оҥорор кыахтаахтар. Ол курдук кинилэр оҕо саҥа саҥаран эрдэҕинэ ханнык тылынан саҥарарга үөрэтэр кыахтара улахан. Кинилэртэн, дьахталлартан омук тыла, сиэрэ-туома уонна өйө-санаата быһаччы тутулуктаахтар.
Биһиги таҥарабыт үөрэҕэ олус дириҥ силистээх, төрүттээх, өй-санаа үөскээһинин уонна сайдыытын быһаарыыта олус таба, кут-сүр үөрэҕиттэн тирэх ылан сайдар уонна улахан, үчүгэй киһи буолууга тириэрдэрэ, киһи быһыылаахтык олоҕу олорорго ыҥырара билигин ордук туһалыыр кэмэ кэллэ.
Биһиги киһи диэн тылбыт таҥарабыт аата буолар. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит. Сахалар кыыллартан, көтөрдөртөн, сүөһүлэртэн туспа араарыммыт, өйдөрө-санаалара өссө сайдан уратыларын, киһи буолууну билиммит тыллара буолар. Ол аата биһиги сахалар таҥарабыт аата – Киһи таҥара диэн буолбута олус быданнаабыт.
Манна киһи диэн тылы быһаарыы улахан оруолу ылар. Оҕобутугар “Киһи буол”, “Улахан киһи буол”, “Хаһан бу улахан киһи оҥорорун курдук оҥорор буолаҕын” диэн этиилэрбит оҕону киһи буолууга, киһилии быһыыланарга иитэллэр уонна үөрэтэллэр. Бу этиилэр оҕоҕо киһи буолар санааны иҥэрэллэр. Өй-санаа аһара барар уратылаах. Сиэр диэн өй-санаа хааччаҕа киһи буолуу үөрэҕэ өссө сайда илигинэ үөскээбит. Саха дьоно сиэри кэспэккэ, аһара барбакка, көрсүөтүк, сэмэйдик, үлэлээн-хамсаан, оҥорон-тутан, элбэх оҕолонон-урууланан киһи быһыылаахтык биирдэ бэриллэр олохторун олоруохтарын баҕараллар. Ол аата киһи буолуу, киһилии быһыыланыы оҕо ситиһэ сатыыр баҕа санаата, биһиги олохпут сыала буолар.
Таҥара үөрэҕэ кут-сүр үөрэҕиттэн тирэх ылан саҕаланан киһи өйүн-санаатын сайдыытын табатык быһаарар. Билигин сайдыылаах олоххо төрдүттэн демократичнай тутулуктаах, “Туох барыта икки өрүттээх” тутулуктааҕын халбаҥнаабакка тутуһар, тугу барытын оҥороругар икки өрүтү иккиэннэрин тэҥник сыаналыыр, оҕо өйө-санаата сайдыытын табатык быһаарар биһиги сахалар таҥарабыт үөрэҕэ туһалыыр кэмэ кэллэ. Ол аата билигин демократия суолун тутуһар сайдыылаах дойдуларга биһиги сахалар таҥарабыт үөрэҕэ ордук улахан туһаны аҕалар кыахтаах.
Былыргы хараҥа кэмҥэ таҥара үөрэҕэр күүстэринэн эбэтэр араас манньаны мэҥиэлээн киллэрэ сатыыр эбиттэр, онтон билигин дьон өйө-санаата сайдан, үөрэх, билии эбиллибит кэмигэр төрөппүттэр оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр үтүөнү баҕарар, киһи быһыылаах буола улааталларыгар баҕа санаалара эрэ таҥара үөрэҕэ тарҕаныытыгар уонна кытаанахтык тутуһулларыгар тириэрдэр кыахтаах. Төрөппүттэр оҕолорун туһугар, кинилэр өйдөрө-санаалара туруктаах, киһи быһыылаах буоларын иһин биһиги, сахалар таҥарабыт үөрэҕин бэйэлэрэ тутуһан уонна оҕолорун тутуһарга үөрэттэхтэринэ эрэ, бу аймахтар салгыы сайдар кыахтаналларын билиэхтэрэ этэ.
Хас биирдии ыаллар, аймахтар сайдан, элбээн иһиилэриттэн омук сайдан, ахсаана эбиллэн иһэр кыахтанарын таба өйдүөхпүт этэ. Оҕо өйө-санаата туруктаныытын биһиги, сахалар таҥарабыт үөрэҕэ төрүттүүрүн таба өйдөөн туһаннахпытына эрэ омукпут салгыы сайдар кыаҕын улаатыннарыахпыт.
Онон сахалар киһи таҥараларын үөрэҕэ оҕо өйө-санаата сайдыытын табатык быһааран төрөппүттэргэ улахан көмөнү оҥорор.
ОҔО САҤАРАР
Кыра оҕо элбэхтик ытыыр. Туга эмэ табыллыбатар эрэ ытаан биллэрэн иһэр. Ордук күүскэ аһылыга тиийбэтэҕинэ, кэмигэр кэлбэтэҕинэ ытыыра эбиллэн биэрэр.
Оҕолор ытыыллара тус-туспа. Сорохтор элбэхтик уонна күүскэ ытыыллар, кыратык уонна аҕыйахтык ытааччылар эмиэ бааллар.
“Элбэхтик ытаатаҕына ырыаһыт буолуо” диэн этии баарын билигин туттубаппыт. Ытааһын оҕо күөмэйин эрчийэрэ чахчы. “Оҕо ытаан-ытаан киһи буолар” диэн этии эмиэ баар. Оҕо ытыырын быһаарыы эмиэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэстэҕинэ, хайа да өттүгэр аһара барбатаҕына эрэ табыллар. Ол курдук бопторуор диэри ытааһына туох да үчүгэйи аҕалбат.
“Саҥара үөрэнэ илик оҕоҕо балык тылын сиэтимэ” диэн этии сахаларга баар. Бу этии суолтатын кут-сүр үөрэҕин туһанан быһаарар кыах баар буолла. Ол курдук саҥарбат балык тылыгар иҥэн сылдьар буор кута оҕо саҥа сайдан эрэр күөмэйин буор кутун буккуйуон, ол иһин хойутаан саҥарарга үөрэниэн сөп. Сахаларга оҕо, дьахтар сүөһү ханнык чаастарын сиэбэтигэр аналлаах бобуулар бааллар.
Оҕо кыратыттан туох тыас тахсарын саҥарар. Өр кэмҥэ сатаан саҥарарга үөрэнэр, араастаан тыаһатан, элбэхтик саҥаран күөмэйин эрчийэр. Оҕо саҥата минньигэс, араас саҥалары барытын таһаарыан сөп. Оҕо араастаан бирилиирин, саҥарарын кыратык да хааччахтыыр сыыһа. Төрөппүттэрэ тугу саҥаралларын аан бастаан үтүктэрин туһанан сахалыы саҥарда үөрэтии кыаллар.
“Оҕо саҥатын үтүктүбэт баҕайы” диэн эбэбит этэрэ. Оҕо саҥата ханнан хаалар диирэ. Оҕо саҥатын улахан киһи үтүктэриттэн саҥата куһаҕаннык иһиллэриттэн хомойон уонна сөбүлээбэтилэр диэн саҥарарын тохтотон кэбиһиэн сөп. Оҕо бэйэтэ араас саҥалары саҥаран аан бастаан күөмэйин эрчийэрэ быстан хаалан кыайан саҥарбакка, хойутаан тылланыан сөп.
Араас тыллары саҥарарыттан оҕо өйө-санаата түргэнник сайдар, билиитэ кэҥиир. “Бу тугуй?” диэн ыйыталаһан, туоһулаһан бардаҕына тугу барытын билиэн баҕата сайдар. Ыйытыыга төрөппүт ханнык да буоллар уоскутар эппиэти биэрэн истэҕинэ табыллар.
Аан маҥнайгы саҥарар тылларын оҕо өйдөөн хаалан иһэр, хос-хос этэн хатылыыр кыахтанар. Оҕо сахалыы саҥарарын ийэлэр, эбэлэр төрүттүүллэр. Омук тыла баар буолара, уларыйбата дьахталлартан ордук улахан тутулуктаах. Ол иһин ийэлэр оҕо саҥа саҥаран эрдэҕинэ бэйэлэрин ийэ диэн, онтон оҕо аҕатын аҕа, эбэтин эбэ, эһэтин эһэ диэн ааттатан саҥарда үөрэтэллэрэ эрэйиллэр.
Ийэни ийэ диир, аҕатын аҕа диир, эбэни эбэ диэн, эһэни эһэ диэн ааттыыр оҕо саха буола улаатар кыаҕа онтон саҕаланар. Сахалыы саҥарыыны быһаарар төрүт тылларбыт ийэ, аҕа, эбэ уонна эһэ диэннэрин төрөппүттэр билиэ, оҕолорун иитиигэ, саҥара үөрэтиигэ хайаан да туһаныа этилэр. Арай массыынанан айаннаан иһэн кыыспыт “Бискатя, бискатя” диэн саҥалаах буолла. Тугу этэр буоллаҕай диэн өр мунаарыы кэнниттэн сберкасса буолара сылдьыбыппытыгар биирдэ билиннэ.
“Телевизоры холбоо” диэтэххэ бастакы ханаал кунуопкатын ыйан баран “Манна Горбачок олорор” диэн этиитэ ордук үчүгэйдик иһиллэрэ. Ол перестройка кэмин саҕана телевизор бастакы ханаалыгар М.Горбачев тыл этэ олороро элбэх этэ.
Кыра кыыс киэһэ аҕата кэлбитигэр “Биллээт, биллээт” диэн саҥалаах көрсүбүт. Таһырдьа сылдьан истибитэ дуу, хайаабыта дуу олус сөбүлээн саҥара сылдьыбытын “Куһаҕан тылы саҥарыма” диэн тохтоторго эрэ тиийбиттэр. Сахалар “Айыы диэмэ” диэн таҥараларын үөрэҕэ оҕону куһаҕан өйдөбүллээх тыллары саҥарбатыгар үөрэтэр, ол аата бу тыл суолтатын иҥэринэн куһаҕан үгэс оҥостон кэбиспэтин үөскэтэр, оҕону улаатан баран сыыһа туттарыттан харыстыыр аналлаах үөрэх буолар.
Төрөппүт тугу саҥарарын оҕото быһаччы үтүктэр. Кыра уол кинилэргэ эрэ кыһаммакка оонньуу сырыттаҕына эбэтэ уонна ыаллара эмээхсин дьукаахтарын туһунан кэпсэппиттэр, харыс санаатыттан чиэппэр чэйин мээрэйдиирин туһунан эппиттэр. Киэһэ дьукаахтара тиийэн кэлбитигэр кыра уол “Чиэппэр чэй” кэллэ диэн айхаллыы көрсүбүтүн сөбүлээбэтэҕин биллэрэн: “Чэй аҕалбатым”, - диэн эппит.
Билигин биһиэхэ аҕыйах ахсааннаах омуктарга киирсэр сахаларга сахабыт тылын харыстааһын, оҕолору үөрэтии бастакы күөҥҥэ таҕыста. Ол курдук саҥарар саҥаларын уларыппыт омуктар атын тылга көһөннөр төрүт өйдөрө-санаалара сүтэрин, олохторун үгэстэрэ уларыйарын, омуктара симэлийэрин, суох буолан хааларын остуоруйа үөрэҕин үөрэтэрбититтэн бары билэбит.
Айылҕаҕа талан ылыы кытаанах сокуона омуктарга эмиэ дьайыыта тиийэр. Сахалар үөрэхтэринэн 9 үйэнэн омук уларыйар. Ол курдук сайдыы, тупсуу омуктарга эмиэ киирэн иһэринэн, элбэх сайдыыны ситиспит омук саҥарар тылын уларытан, өссө сайдыылаах омук тылыгар көһөн хаалара остуоруйаҕа биллэр. Уһун үйэлээх сахалар тимири уһаарыыны уонна уһаныыны соҕуруу сылдьан баһылаан, хоту сиргэ аҕаланнар сайдыыны, тупсууну аҕалар омукка киирсэннэр, 2,5 тыһыынча сыллар усталарыгар хоту дойдуларын баһылаан олороллор. Өссө сайдыылаах нууччалар кэлиилэригэр түргэнник кыттыһа охсон сирдэрин өссө кэҥэтиммиттэр.
Сахалар уһун үйэлэрин кэмигэр сүппүт, симэлийбит омуктары “Тыал буолбуттар” диэн ааттыыллар. Ол курдук олох ханнык эрэ кэрискэ кэмигэр аатыра сылдьыбыт омуктар симэлийэн, атын омукка уларыйан, ааттара эрэ ордон хаалбыттара элбэхтэр.
Билигин Россияны күүһүрдүү олохтоох кыра омуктары суох оҥоро, симэлитэ сатааһынынан барбыта ыраатта. Сэбиэскэй былааска сэбиэскэй дьону оҥороору, аҥардастыы нуучча тыла баһылааһына сайдыбыта, билигин да салҕанан баран иһэр. Аныгы салайааччылар саха тылын оскуолаҕа үөрэтиини аҕыйата сатыыллар. Тэлэбиисэргэ, компьютерга уонна үөрэххэ нуучча тыла эрэ туттулларыттан оҕону дьиэтигэр эрэ төрөппүттэрэ сахалыы саҥардар, үөрэтэр кыахтаахтар. Оҕо ханнык тыл саҥарарга судургутун, дорҕоонноро аҕыйаҕын урутаан саҥара үөрэнэрин туһанан аҕыйах дорҕооннордоох саха тылын эрдэ билэрэ кыаллыан сөп. Саха тыла дорҕоонноруттан тутулуга кытаанаҕынан киһи баарын тухары эстэр, симэлийэр кыаҕа суох. Ол курдук киһи өйдөөн-санаан оҥорор быһыыларын быһаарар биирдии сүһүөхтээх, саҥарарга судургу тыллар саха тылыгар элбэхтэр.
Биһиэхэ үөскээбит маннык ыарахан балаһыанньаҕа оҕону кыра эрдэҕинэ дьиэтигэр үөрэтэн сахалыы саҥарарын ситиһиэххэ сөп. Оҕо оскуолаҕа киириэр диэри көннөрү кэпсэтэр тылы барытын баһылыыр, табан туһанар кыахтаах. Дьиэлэригэр сахалыы саҥарар, кэпсэтэр төрөппүттэр оҕолорун сахалыы саҥарда үөрэтэр кыахтара улахан, бэйэлэрин үтүгүннэрэн, хос хатылатан истэхтэринэ кыаллыан сөп. Дьахталлар аһара нууччатымсыйан, дьиэлэригэр нууччалыы эрэ саҥаран барбатахтарына, саха тыла сүтүө, симэлийиэ суоҕа.
Онон төрөппүттэр оҕону кыра эрдэҕиттэн сахалыы саҥарарга үөрэттэхтэринэ, кини оҕолорун эмиэ сахалыы саҥарарга үөрэтэр кыахтаннаҕына, сахалар эбиллэн иһиэхтэрэ.
ОҔОНУ ИИТИИ
Оҕо киһини, ийэтин иккис ыйыгар таба көрөн билэр буолар. Кыра эрдэҕинэ тарбахтара кыайан хамсаабаттар, илиитин, атаҕын мээнэ хамсатар. Үһүс ыйа туола илигинэ ыйанан турар оонньууру таба охсон хамсатар буолар. Бу кэмтэн саҕалаан оҕо этин-сиинин сатаан хамсата үөрэтэр, буор кута сыыйа сайдар, сатаан, табан хамсанарга, тутан ыларга үөрэнэр. Оҕо сатаан хамсанарга саҥа үөрэнэрин биллэрэр бэлиэнэн сорох оҕолор илиилэрин таах хамсаталларыгар тыҥырахтарынан хайыта тардынан кэбиһэллэрэ буолар. Бу быһыы сатаан хамсаммат буолууну бэлиэтиир. Онтон сэрэнэн илиилэригэр таҥастан тигиллибит муҥур үтүлүгү кэтэрдэн кэбиһэллэр.
Оҕо аан маҥнайгы өйдөөн-санаан хамсаныыта хам, бобуччу тутуу, тутуһуу буолар. Үһүс ыйыгар тутуһа, тарбахтарын хамсата үөрэнэр. Тугу эмэ булан хам тута үөрэннэр эрэ тардыалаабытынан барар. Манна ийэ баттаҕа, кулгааҕа түбэһиэхтэрин сөп. Ытарҕаны таба көрөн тутан ыллаҕына ыарыылаахтык тардан кэбиһиэн сөп. Ол иһин ийэлэр сэрэнэннэр ытарҕаларын устан кэбиһэллэр. Бу быһаарыы оҕо сатаан хамсанарга дьоҕура, буор кута кыра эрдэҕиттэн сыыйа үөскээн олохсуйарын, сайдан иһэрин биллэрэр.
Оҕоҕо өйө-санаата киириитэ киһини таба көрөр кэмиттэн сайдан барар. Ийэтэ оҕотун көрөн үөрдэҕинэ үтүктэн үөрбүтүнэн барар. Үөрэргэ үөрэммит оҕо майгына сымнаҕас, үөрэҕи ылымтыа буолар. Оҕо саҥаны билэн, олору оҥоро сатаан иһиититтэн өйө-санаата күнтэн күн түргэнник сайдан иһэр. Оҕону кыра эрдэҕинэ үөрэтии бу кэмҥэ буор уонна ийэ кута саҥа сайдалларынан улахан киһини үөрэтэртэн туспа уратылардаах. Бу уратылары сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ эрэ таба быһааран төрөппүттэргэ тириэрдэрин туһаныы эрэйиллэр.
Киһи буолууга үөрэнии саҕаланыытынан оҕо атаҕар туран хаамыыта уонна кыбыытын кыанарга үөрэниитэ буолар. Аныгы үйэҕэ памперс диэн оҕоҕо кэтэрдэн кэбиһэр, ууну оборор таҥас баар буолуута ийэлэри элбэх түбүктэн быыһаата. Арай бу таҥас оҕо кыра кыратык ииктии сылдьарын үөскэтэн кыбыытын бэйэтэ кыана үөрэнэригэр кыайан көмөлөспөт.
Оҕону кыбыытын кыанарыгар утуйа сытан ииктээбэт диэн этиини тутуһан утуйан турарын кытта бэйэтин ииктэтэ үөрэтии туһалыыр. Төһө да эрэйдээҕин иһин күнүс сылдьарыгар памперсы кэтэрдимиэххэ, кэмиттэн кэмигэр горшокка олордо үөрэтиэххэ. Биир сааһын лаппа ааһан баран иккитигэр диэри кыбыытын кыанарга үөрэнэр кыахтаах.
Оҕо кыра эрдэҕинэ үтүктэн үөрэниитэ баһылаан иһэр. Тугу үтүктүбүтэ түргэнник үгэс буолан ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар ууруллан иһэр уратылаах уонна киһи улааппытын да кэннэ, бу кута дьайа, оҥорор быһыыларын хонтуруоллуу сылдьар. Ол иһин төрөппүттэр оҕолоро тугу оонньууругар, саҥарарыгар, ханнык үгэстэри иҥэринэригэр тиийэ хонтуруоллуу, көрө-истэ сылдьыахтара этэ.
Куһаҕан тыл куһаҕаннык дьайар. Өйү-санааны уларытар. Куруук “рр” диэн саҥарар киһи кыыһырымтаҕай соҕус буолара ханан даҕаны саарбахтаммат. “Ыы” диэн саҥаран оонньуур оҕо сотору ытыыра киириэн сөбүн кырдьаҕастар билэллэрэ, эрдэттэн тохтотоллор этэ. “Ыы” дорҕоонунан бүтэр икки сүһүөхтээх тыллар бары кэриэтэ куһаҕаны түстүүллэриттэн сэрэниэ этибит. Өй-санаа үөрэҕин билэр кырдьаҕастар куһаҕан тыллары саҥардыбаттар этэ, “Айыы буолуо” диэн тохтотоллоро. Куһаҕан тыл суолтата оҕо өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан иҥэн хаалаҕына, ол куһаҕан быһыыны бэйэтэ оҥоруон сөбө эрдэттэн сэрэниини хайаан да ирдиир.
Былыргы сахалар оҕо кыра эрдэҕинэ уһун тыллаах быһа этиэ диэн туспа харахтаахха көрдөрбөккө иитэллэрэ, улаатыннараллара, чахчы бэйэлэрин курдук өйдөөх-санаалаах киһи буоларын бэйэлэрэ иитэн, үөрэтэн хааччыйаллара.
Билигин ырыынах кэмэ кэлэн төрөппүттэр кыра да буоллар уһун үйэлэрин тухары төһө эмэ баайы-малы мунньунар кыахтаннылар. Кинилэр оҕолоро улаатан бэйэлэрин курдук байыыны-тайыыны ситиһэн иһиэхтэрин ордук баҕарар санаалара улаатта. Ол иһин оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ кыра эрдэҕиттэн сахалар кут-сүр үөрэхтэрин тутустахтарына табылларын билиэхтэрэ этэ.
Улаатан иһэн кыра оҕону көрүүгэ-истиигэ төрөппүттэрин, эбэтин көрүүлэринэн-истиилэринэн, салайыыларынан, ыйан биэриилэринэн үөрэммэтэх эдэр киһи бэйэтэ оҕолонон, кинини көрөөрү гыннаҕына аҥардастыы атаахтатыы, бэлэмҥэ үөрэтии диэки салаллан хаалар кыахтанар. “Биир оҕо атаах буолар” диэн этии итини бигэргэтэр. Оҕону атаахтык иитэн кэбиһии өйө-санаата сайдыытын, үгэстэрэ, куттара үөскээһинин кэмин билбэттэн, сахалар кут-сүр үөрэхтэрин тутуспаттан үөскүүр.
“Оҕом улааттаҕына өйө киириэ” диэн этии аҥардастыы оҕо салгын кута үөрэҕи ылынан сайдыытын, өйө, билиитэ эбиллиитин эрэ быһаарар. Онтон сахалар үөрэхтэрэ киһи үс аҥы өйдөөх-санаалаах, үс куттаах диэн этэр; буор, ийэ уонна салгын куттар диэн ааттаналлар. Бу куттар киһиэхэ дьайыылара тус-туспаларын арааран билэн, оҕоҕо үөскүүр, сайдар кэмнэрин куоттаран кэбиспэккэ иитиэххэ, үөрэтиэххэ наадатын билии, кут-сүр үөрэҕин туһаныы эрэйиллэр.
Кырдьар саастарыгар оҕолоро көрбөккө-истибэккэ бырахпыт кырдьаҕастара оҕолорун кыра эрдэхтэринэ атаахтатан, киһилии быһыыга ииппэтэхтэрин дьэ билэн улахан хомолтоҕо түһэллэр.
Киһи “Ким эрэ этэрэ” диэни соччо ылынан истибэт, бэйэтэ хайдах сатыырынан, кыайарынан оҕолорун иитэрин-үөрэтэрин хаһан да бырахпат. Биир оҕолоох дьон оҕолорун атаахтата сатыылларын хаһан да быраҕар кыахтара суох курдук, арай үөрэҕи-билиини, кут-сүр үөрэҕин туһанан аҕыйатыахтарын сөп. Эдэрдэр олоххо уопуттаах кырдьаҕастарын кытта кыттыһан оҕону көрөллөрө улахан туһалаах.
Оҕо туохха эмэ наадыйдаҕына, көрдөөтөҕүнэ тук курдук ыла охсон биэрбэккэ, кэтэһиннэрэн, аан бастаан баҕа санаатын үөскэтэн баран биэрдэххэ уонна “Улааттаххына бэйэҥ ылыаҥ, ситиһиэҥ” диэн этэн үөрэттэххэ, оҕоҕо улаата охсор баҕа санаата күүһүрэрин тэҥэ, кэтэһэр, күүтэр, тулуурдаах буолар санаата сайдар.
Төрөппүт оҕотун баҕа санаатын үөскэтэн, күүһүрдэн биэрэр кыахтаах. “Мин ситиспэтэхпин оҕом ситиһиэҕэ” диэн баҕа санааны төрөппүт оҕотугар тириэртэҕинэ оҕото элбэҕи ситиһэр кыахтанар.
Аһара иллэҥсийбит төрөппүттэр оҕо ийэ кута иитиллэр, бэрээдэккэ үөрэнэр кэмигэр, 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри үөрэппэккэ, аҥардастыы атаахтата, көрө-истэ, олоххо туһата суох оонньуурдарынан оонньото, бэлэмҥэ үөрэтэ сылдьаллар. Эдэрдэр бэрээдэги кэһиилэрэ кыра эрдэҕинэ ийэ куттара хайдах иитиллибититтэн улахан тутулуктааҕын билиниэ этибит. Эдэр саастарыгар быстах быһыыга түбэһэн хаалар оҕолоох төрөппүттэри төһө да аһына санаабыппыт иһин, оҕотун иитэригэр атаахтатыы, аһара барыы өттүгэр айыыны “үчүгэй” диэн этэн халыйыыны үөскэппититтэн таҥара накааһа тиийэн кэлбитин билинэргэ тиийиллэр.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй буолууга ииттэххэ, “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэттэххэ ол-бу, буолар-буолбат саҥаны айыыны оҥоро сатаан сыыһа-халты туттунан быстах быһыыга киирэн биэрбэт кыахтанарын төрөппүттэр туһаныахтара этэ.
Аһара көрүү-истии, барыттан бары харыстыы сатааһын оҕону төттөрүгэ үөрэтэр. Төрөппүттэр оҕолорун төһө көрөллөр-истэллэр даҕаны, оҕо ити көрүүгэ-истиигэ үөрэнэн, үгэс оҥостон иһэринэн, бэйэтэ, этэ-сиинэ улаатан иһэрин курдук көрүүтэ-истиитэ эмиэ улаатан иһэригэр тиийэр.
Оҕо барыта ийэлээҕиттэн кыыс оҕолору иитии, улаатыннарыы ханнык да уустугу үөскэппэт. Арай соҕотох дьахтар оҕотун ыал буолуу үөрэҕэр кыайан ииппэтиттэн, эр дьону кытта хайдах тапсары, бииргэ олорору билбэтиттэн, оҕото эмиэ аҥардас дьахтарга кубулуйар кыаҕын улаатыннаран кэбиһэр.
Оҕону ыал эрэ, ол аата дьахтардаах эр киһи иккиэн көмөлөөн эрэ ииттэхтэринэ киһилии киһи буола улаатар кыаҕа баар буолар. Дьон икки өрүттэрин билии үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэн олоххо туһаныыга туһата олус улахан. Ол курдук олоххо дьахтар аҥардастыы харыстааһын, көрүү-истии диэки хайысханы тутуһар, онтон эр киһи харыстанарга оҕо бэйэтэ үөрэнэрин ситиһиигэ дьулуһарынан уратылаахтар. Ол аата аҥардас дьахтар ииппит, улаатыннарбыт оҕото үлэҕэ-хамнаска мөлтөһүөр буолар, онтон эр киһи ииппит, улаатыннарбыт оҕото үлэни-хамнаһы кыайыан сөбө быһаарыллар. Иитии диэн оҕо ийэ кутун бэлэм үгэстэринэн толорон биэрии ааттанар. Улахан киһи бэлэм билиилэрин оҕотугар иитэн, көһөрөн биэриитэ иитии диэн ааттанар. Ол курдук ньуосканы маннык тут, уруучуканы, харандааһы бу курдук тутуллар диэн көрдөрөн үөрэтии соннук эрэ туттахха үчүгэйин, туһалааҕын быһаара, оҕоҕо тириэрдэ сатаабат, арай хайдах тутары эрэ көрдөрөн үөрэтэр. Бу үөрэх кыра оҕоҕо сөп буолар уонна иитии диэн өйү-санааны быһаччы биэриини биллэрэр. Оҕо киһини таба көрөр кэмиттэн саҕалаан 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри иитиллэр.
Оҕону иитии “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр икки өрүттэнэрин табан туһаныы эрэйиллэр:
1. Үчүгэй иитиилээх диэн ааттанар оҕо бэрээдэктээх, көрсүө, сэмэй, аһара мэниктээбэт, киһи быһыылаах, улахан киһини ытыктыыр, этэрин болҕойон истэр, эппитин курдук толорор, үлэни-хамнаһы кыаҕа баарынан сатыыр оҕо буолар.
Үчүгэй үгэстэргэ үөрэммит оҕо үчүгэй иитиилээх диэн ааттанар. Оҕо үчүгэй иитиилэниитэ аҥардастыы төрөппүттэртэн, иитээччи-лэриттэн эрэ тутулуктаах. Ханнык өйү-санааны, үгэстэри төрөппүт оҕотугар кыра эрдэҕинэ ийэ кутугар иҥэрэр даҕаны соннук иитиилээх буола улаатар.
2. Куһаҕан иитиилэнэн хаалан “макбетынан”, “маргиналларынан” ааттанар оҕолор билигин элбээн иһэллэрэ үтүө санаалаах дьону санаарҕатар буолла. Ийэ куттара үчүгэй үгэстэргэ иитиилэрэ суоҕуттан тугу да, улахан куһаҕаны да оҥордохторуна санаарҕаан, кэмсинэн көрбөт эдэрдэр элбээтилэр. Ол барыта оҕо кыра эрдэҕиттэн көҥүлүнэн ыытыллан, бу быһыы куһаҕан, манныгы оҥорума диэн үөрэҕи билбэтин биллэрэр.
Сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕону иитиигэ туһанар “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн тутаах этиилэрдээх. Бу этиилэр оҕо өйүгэр-санаатыгар куһаҕан быһыылары оҥоруута ийэ кутугар өйдөнөн хаалан куһаҕан үгэстэниитин суох оҥорууга олоҕураллар. Айыыны оҥоруу киһи билбэт, оҥорбот быһыыта буолан, ситэ табыллыбакка үксүгэр куһаҕан быһыыга кубулуйарын сахалар былыр үйэҕэ быһааран оҕону иитиигэ туһанарга этэллэр.
Онон оҕону иитии диэн ийэ кутун иитии буолар. Ийэ кут оҕо кыра эрдэҕиттэн 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри үөскээн өйүгэр-санаатыгар ууруллар. Үчүгэй быһыылары оҥорууга ииттэххэ үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатар кыахтанар. Бу кут оҕо улааппытын кэннэ оҥорор быһыытын барытын хонтуруоллуур аналлаах.
УОЛ ОҔОНУ ИИТИИ
Өр кэмҥэ сэбиэскэй былаас сабардаан аҥардастыы материализм үөрэҕин, атеизмы тутуһан, атын өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорбута. Ханнык да өй-санаа үөрэҕэ суох диэн этэн эдэрдэри иитэн, үөрэтэн улаатыннарыахпыт диэн сыыһа саныыллара уонна “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн ыҥырыынан салайтарбыттара оҕолору атаахтатан, үөрэҕи эрэ эккирэтэн, үлэни-хамнаһы кыайбаттарыгар тириэрдибитэ.
Билигин кэлэн өй-санаа үөрэҕэ суоҕун охсуута аан бастаан уолаттары хаарыйда. Элбэх эдэр уолаттар майгылара мөлтөөн, оҥорор быһыылара олус куһаҕан буолан иһэллэриттэн, бу дьыала дьаалатынан баран иһэрэ табыллыбат кэмэ кэллэ диэн санаа төрөппүттэргэ дьэ киирэн эрэр. Ол иһин бу дьыалаҕа мустан аһаҕастык кэпсэтии, уол оҕолору иитиигэ туһалаах Улуу тойон таҥара үөрэҕин олоххо киллэрии эрэйиллэр буолла.
Оҕону иитиигэ аан маҥнай өйбүт-санаабыт төрүттэрин оннуларын буллартыырбыт туһалыа этэ. Ол курдук 70-тан тахса сыллар усталарыгар сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥортуу сатаабыта да, хата бэйэтэ сууллубута, эстибитэ. Арай өйү-санааны оччотооҕу токурутууну сэбиэскэй былаас саҕана мааныламмыт суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар, нуучча тылын учууталлара билигин даҕаны салҕаан ыытан иһэллэрэ хомолтону эрэ үөскэтэр. Кинилэр айбыт “айыыларын үөрэҕэ” оҕону иитиигэ сэбиэскэй былаас оҥорбут сыыһатын, халытыытын салҕаан иһэр.
Билигин байыы, баайы-малы мунньунуу, олох көнөн иһиитэ сыыйа-баайа сайдан иһэр чинчилээх. Байар-тайар баҕа санаа дьоҥҥо барыларыгар баарынан, бу баҕа санааны толорууну тутуһуу дьон ордук күүскэ, таһаарыылаахтык үлэлииллэрин көҕүлүүр кыахтаах. Ол аата дьон үчүгэйи оҥостоору, байаары, олохторун тупсараары эрэ үлэлииллэрэ кырдьыга быһаарыллар. Эр киһи үлэни-хамнаһы кыайыыга анала дьахталлардааҕар быдан үрдүк. Ол курдук эр киһи оҕо төрөтүүтүгэр, иитиитигэр кыттыгаһа кыратыттан элбэхтик үлэлиир анала өссө улаатан биэрэр.
Эмискэ байыы биир киһиэхэ үчүгэйи, байар баҕатын толорон баайдык-тоттук сылдьарыгар тириэрдэр, онтон оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр улахан куһаҕаны оҥорор. Ол курдук биһиэхэ эмиэ туох эмэ быстан түһүөҕэ, эмискэ байыахпыт диэн өйдөбүлгэ оҕолору киллэрэринэн бэлэми кэтэһэ сылдьар, үлэни-хамнаһы кыайбат эдэрдэр улаатыахтарын сөп. Аһара баран байыы иһин туруулаһыы өйү-санааны халытарынан өйгө-санааҕа охсуута улаатан хааларыттан эдэрдэр көмүскэллэнэн, көрсүө, сэмэй майгыланнахтарына эрэ туруктаах өйү-санааны ситиһэллэрэ кыаллар.
Дьон бары баҕа санааларынан оҕолорун, кэлэр көлүөнэлэрин киһи быһыылаах буолууга иитии уонна үөрэтии буолар. Иитии уонна үөрэтии диэн тус-туспа көрүҥнэр уонна атын-атын кэмнэргэ туттуллалларын арааран билиэ этибит. Ол курдук оҕо кыра өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр, онтон улаатан истэҕинэ салгын кута үөрэҕи ылынан үөрэнэр уратыларын тутуһуу эрэйиллэр.
Үөрэтии диэни бары билэбит. Атын киһи үөрэҕи иҥэрэн биэриитэ үөрэтии диэн ааттанар. Араас элбэх үөрэхтээхтэр этиилэринэн, суруйууларынан туһанан хас биирдии төрөппүт оҕолорун үөрэтэр кыахтаахтар, онтон үөрэнии диэн оҕо бэйэтэ билэн-көрөн үөрэнэрэ, үөрэҕи иҥэринэрэ ааттанар.
Иитии диэн оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэ кутун бэлэм билиинэн иитэн биэрии буоларын туспа арааран туһаныы эрэйиллэр. Ийэ куту иитии диэн оҕолорбутун кыра эрдэхтэринэ үтүгүннэрэн, батыһыннаран өйдөрүгэр-санааларыгар үчүгэй үгэстэри үөскэтэн биэрии буоларын билэн туһаныахпыт этэ. Оҕо кыра эрдэҕинэ кини эраас элбэх быстах баҕа санааларын олус аахсар табыллыбат. Аан маҥнай наадалаах, бу кэмҥэ туһалаах диэни оҕо арааран билбэтиттэн маҥнайгы, үөрэниэр диэри оҥорор быһыыларын күһэйэн оҥотторуу иитии диэн ааттанар. Ол курдук оҕо хаһан утуйар кэм кэлэрин билбэтиттэн күнэ, түүнэ эргийэн хаалара үгүстүк бэлиэтэнэр. Түүн уһуктан аһаан баран көнньүөрэн, үөрэн-көтөн букатын утуйбакка эрэйдээн баран, күнүс утуйан хааларга түргэнник үөрэнэр. Манна төрөппүт бары кыаҕын ууран күнүс утуппакка соһон-сыһан режимин көннөрөн биэрдэҕинэ эрэ, оҕо көрүүтэ табыллар. Ол аата режими тутуһарга үөрэтии диэн эмиэ ыгааһын, ханнык эрэ хааччах буолар.
Кыыс уонна уол оҕолору детсадтан саҕалаан, оскуолаҕа бииргэ үөрэтии уол оҕолор хам баттана сылдьалларыгар, дьахтар курдук майгыланалларыгар тириэрдибитэ үлэни-хамнаһы кыайарбытын суох оҥордо. Ол курдук уол оҕото мэниктээн, хайаан, буруйу оҥорон куруук мөҕүллэрэ, муннукка турара элбэх. Итини тэҥэ бэрээдэктээх, буруйу, куһаҕаны оҥорбот кыыс оҕолор хайҕанан, холобурга киирсэллэрэ, буруйу оҥорор уол кинилэри батыһан үөрэнэрэ, дьахтар иитээччилэрин быһаччы үтүктэригэр тириэрдэр.
Оскуолаҕа учууталлар бары кэриэтэ дьахталлар. Бэрээдэктээх кыыс оҕолору холобур туттан уол оҕолору үөрэтэллэр. Уол оҕо манна эмиэ туох эмэ уратыны оҥорон туоратыыга, баттабылга түбэһэр, дьахталлары батыһа сылдьарга үөрэнэр.
Уол оҕо аан бастаан үлэҕэ-хамнаска үөрэнэрэ ирдэнэр. Уол оҕо анала – үлэ, булуу-талыы, улааттаҕына ыалы хааччыйарын кыра эрдэҕиттэн билэн көрсүө, сэмэй, туһа киһитэ буолууттан саҕалаан бары үлэни баһылыырга үөрэтиллиэ этэ.
Биһиги оҕо өйө-санаата сайдарыгар кыра эрдэҕинэ үөскээбит ийэ кута улахан оруоллааҕын ааҕан уол уонна кыыс оҕолору детсадтан саҕалаан оскуолаҕа эмиэ тус-туспа үөрэтэр ордук диэн этэбит. Ол курдук кыыс уонна уол олоххо ситиһэр сыаллара тус-туспаларыттан ити быһаарыыга эмиэ сөп түбэһэллэр. Кыыс оҕо аан маҥнай ийэ буолар аналлаах, эр киһиэхэ бэйэтин утумнуур оҕону төрөтүөхтээх, ол кэнниттэн үөрэҕи, үлэни-хамнаһы ылыннаҕына, барыта холбоон олоххо ситиһиитэ улаатарын билинии эрэйиллэр.
“Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн этии аан маҥнай уол оҕолору иитиигэ, үлэҕэ үөрэтиигэ аналланар. Өһөс диэн тулуур өссө кытааппыта, бөҕөргөөбүтэ ааттанар. Өсөһөбүн, ол аата тулуурбун көрдөрөбүн. Киһи төһө тулуурдаах даҕаны ыарахаттары, үлэни-хамнаһы кыайарын таһынан, сыыһа-халты туттубат кыаҕа улаатан биэрэр. Ол курдук уол улаатан истэҕинэ аҕатын үлэ бары көрүҥнэригэр, өйүнэн-санаатынан уонна оҥорон таһаарарынан баһыйар буола улааттаҕына эрэ олоххо сайдыыны, тупсууну аҕалар кыахтанарын төрөппүттэр билиэ этилэр.
Оҕо кэлэр көлүөнэ киһитэ. Кини ийэ кута хайдах иитиилээх даҕаны кэлэр көлүөнэлэр сайдыыны ситиһэр кыахтара быһаарыллар. Сэбиэскэй былаас оҕолору дьахталлар баһылааһыннарынан атаахтык иитии диэки салаллан хаалыытыттан, кэлэр көлүөнэлэр быста мөлтөөннөр үлэни-хамнаһы кыайбаттара олоҕурбутуттан, бу былаас бэйэтэ эстибитэ. Бу быһыы аһара баран билигин Россияҕа үлэ-хамнас кыаттарбат, аҥардастыы айылҕа баайын хостооһунун эрэ кыайабыт. Уол оҕолору бэйэтэ ыал аҕата буолбут эр дьон эрэ иитэллэрэ, үөрэтэллэрэ ордук туһаны аҕалыа этэ диэн биһиги баҕа санаабытын тириэрдэбит. “Уол оҕо аҕатын туйаҕын хатарыаҕа” диэн өс хоһооно уолу аҕа эрэ иитэн туйаҕын хатартарарын чуолкайдык быһаарар. Бары аҕалар уол оҕо иитиитигэр, үлэҕэ-хамнаска үөрэниитигэр ылсыһаргытыгар баҕарабыт. Уол оҕо аймаҕы, ааты-суолу салҕыырын билэн кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй, тулуурдаах буолууга иитэн уһун үйэни ситистэҕинэ аймахтар сайдан иһэллэрин төрүттүүр.
Онон аймахтар, омук сайдыыларыгар уол оҕолор ордук улахан туһалаахтарыттан былыргыттан уол оҕолору үрдүктүк сыаналааһын омуктарга олохсуйбут.
ТОХТУУ ТҮҺҮҮ
Өй-санаа киһиэхэ сыыйа мунньуллан иһэринэн оҕо улаатан иһэн үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэ үөрэннэҕинэ куһаҕан быһыылары оҥороро аҕыйыыр, ол иһин элбэх үчүгэй быһыылары оҥорор кыахтанар. Киһи кыаҕа тиийэринэн тугу барытын оҥорор кыахтаах, ол иһигэр куһаҕаны эмиэ оҥорон кэбиһиэн сөбө хаһан да хаалан хаалбат. Куһаҕан быһыылары оҥороруттан киһини кыра эрдэҕинэ үөскээбит үгэстэрэ, ийэ кута уонна билиитэ, ол аата бу куһаҕан быһыы диэн билэрэ, ону тутуһара, ол иһин олору оҥорбото эрэ харыстыырын билиэ этибит.
Киһи буолуу, киһилии быһыыланыы диэн тугу барытын оҥоруох иннинэ ырытан, сыаналаан, бу быһыыттан туох содул үөскүүрүн быһаара сатааһын ааттанар. Ол аата киһи бары оҥорор быһыыларын ырытан, туох содул үөскүүрүн быһааран баран оҥордоҕуна эрэ, бу быһыыта киһилии быһыы буолар, сиэри таһынан барбат кыахтанар. Бу быһаарыы хас биирдии киһи олоҕор хайаан да тутуһуохтаах тутаах быраабылатын, сиэри тутуһарын ирдиир.
Оҕону тохтуу түһэн толкуйдаан ыларга кыра эрдэҕиттэн “Кэтэс”, “Тулуй”, “Тохтуу түс”, “Мэниктээмэ” диэн этэн үөрэтиллэр. Кыратык да тохтоон ылыы санаа уларыйарыгар, атынынан солбулларыгар тириэрдэр кыаҕа аһара улахан. Ол курдук санаа аһара түргэниттэн чыпчылыйыах да иннинэ, киһи элбэҕи санаан ылыан, урукку санаатын сыыһа эбит диэтэҕинэ уларытан кэбиһиэн сөп.
Мэниктиир оҕону уоскута түһэргэ аналлаах “Олоро түс”, “Уоскуй” диэн этиилэри туһана сылдьыа этибит. Олоро түһэн уоскуйа түһүү өй-санаа аһара барарын тохтотор аналлаах. Аһара мэниктээбит оҕону муннукка туруоран уоскута түһүү туһата итиннэ саһан сылдьар.
Тохтуу түһэн, уоскуйан ылыы болҕомтону хатыырга улаханнык туһалыыр. Тугу барытын болҕомтолоохтук истии, өйдүү сатааһын эрэ өйгө-санааҕа хатанарыгар кыах биэрэр. Киһи этэрин “Тыал тыаһын курдук” истэр оҕо үөрэҕи ылынар кыаҕа биллэрдик кыччыыр.
Ханнык баҕарар уустук быһаарыыны ылынан туох эмэ хамсааһыны оҥороругар киһини өйө-санаата салайар. Ол аата ханнык санаалар киирбиттэрин киһи оҥорон кэбиһиэн сөп. Ол иһин санаалары ырытыы; үчүгэйин, туһалааҕын дуу эбэтэр, туһата суоҕун, куһаҕанын, буортулааҕын дуу аан маҥнай быһаарыы улаатан эрэр оҕоттон, киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар.
Өй-санаа уларыйар, атын санаа киирэр кэмигэр киһи субу оҥорор быһыытын тохтото түһэн, чочумча тохтоон ылар уратылаах. Тохтуу түһэн ылыы кэнниттэн санаата тосту уларыйан саҥалыы, атын быһаарыыны эмиэ ылыныан сөп.
“Присядем на дорогу” диэн туһалаах үгэһи билигин дьон элбэхтик тутталлар. Субу айанныах иннинэ олоро түһүү, уоскуйуу, өйү-санааны оннун булларыыга, барабын дуу, барбаппын дуу диэн өссө төгүл сыаналаан көрүүгэ, ылыммыт быһаарыныыны өссө чиҥэтэн биэриигэ аналланар. Ол курдук быстах санаатыттан бара охсуохха эрэ диэн сыаллаах баран эрэр киһи, олоро түһэн уоскуйдаҕына санаата уларыйан, өссө букатын да барымыан сөп.
Айанныы, бара охсоору тиэтэйэн, омуннуран, ойон тахсан сыыһа-халты туттунартан тохтоон, уоскуйан, олоро түһүү эмиэ быыһыыр, харыстыыр аналлаах. Онон тохтуу түһүү өйү-санааны уоскутан киһини харыстыыр аналын хаһан баҕарар туһана сылдьыахха.
Хас биирдии киһи быстах, ситэ толкуйдамматах быһыыны оҥорон кэбиһэриттэн харысхаллаах, көмүскэллээх буолуо этэ диэн баҕа санаалаахпыт. Үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билии эрэ киһи куһаҕаны оҥороруттан харыстыыр абырала буолар. Оҕо улаатан иһэн үрүҥү уонна хараны, ол аата үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран билэ үөрэнэрэ, олоҕор таба туһанара эрэйиллэр. Манна аҕыйах ахсааннаах куһаҕаны, сахалыы таҥара үөрэҕинэн “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи тутустаҕына, куһаҕаны оҥорбот кыаҕа улаатарын төрөппүттэр туһаныа этилэр.
Өйү-санааны аһара ыыппакка, хам тутан, уоскутан биэриини киһи быһыылаах, сиэри тутуһар, көрсүө, сэмэй киһи оҥорор кыаҕа улахана быһаарыллар. Ол иһин тулуурдаах, өһөс буолуу өйү-санааны аһара ыыппатынан, хам тута сылдьарынан киһиэхэ олус туһалаах хаачыстыба буолара быһаарыллар.
Туох эмэ суолталаах хамсаныыны оҥорууга толкуйдаан, тура түһүү, саҥалыы сыаналааһын, киһи сыыһа-халты туттунарын аҕыйатар аналлаах. Оҕо кыра эрдэҕиттэн субу оҥорор быһыытын туһунан биллэҕинэ, ол туһунан үгэс үөскээтэҕинэ, оҥорор быһыытын ол үгэһигэр тэҥнээн, сыаналаан көрөр кыахтанар. Бу тэҥнээн, сыаналаан көрүү оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута үчүгэй быһыыларга иитилиннэҕинэ, үчүгэй быһыылары оҥоруу диэки хайысхаланар. Киһи субу оҥорор быһыытын ийэ кута сыаналаан көрөр кэмигэр кыратык тохтуу түһэн ылыан, санаата уларыйыан сөп.
Киһи санаата түргэнник уларыйар кыахтаах. “Санаабычча быһыылаах” диэн санаатыгар туох көтөн түһэр даҕаны ону оҥорон иһэр киһини этэллэр. Ол аата субу оҥорор быһыытыттан туох содул үөскээн тахсарын дириҥник ырытан, сыаналаабакка эрэ оҥоруу санаабычча быһыыланыы диэн ааттанар. Оҕолор үксүгэр санаабычча быһыыланан кэбиһэллэрин, сыыһа-халты туттуналлара элбэҕин бары билэбит. Санаабычча быһыыланыы сыыһа-халты буолара элбэҕиттэн, быстах, куһаҕан быһыыны үөскэтэриттэн сэрэниэ, оҕолорбутун харыстыа этибит.
Омуннуран, оҥоро охсоору ыксыыр киһини “Тохтуу түс”, “Уоскуй” диэн тохтото, ыксаабыт, ыгылыйбыт санаатын уоскута, намырата сатыыллар. Тохтуу түһэн саҥалыы сыаналаатахха, субу оҥоруохтаах быһыыбытын ыксаабакка эрэ оҥордоххо, туһата өссө улаатыан сөбүн туһаныахпыт этэ. Оҕону айыыны оҥорууга тиэтэтии, “айыы үчүгэй” диэн этэн ыксатыы сыыһа-халты туттунуутун элбэтэринэн букатын табыллыбат куһаҕан быһыы буолар. Саха сирин үөрэҕин министерствота бу быһаарыыны тутуһан тыл үөрэхтээхтэрэ оҥоро сылдьар улахан халыйыыларын көннөрөрө эрэйиллэр.
Ол аата тохтуу түһүү, олорон ылыы киһи санаатын өссө дьаарыстаан, оҥорор быһыытын хатылаан сыаналыырыгар аналланара быһаарыллар. Киһиэхэ, киһилии быһыыланарыгар олус туһалаах хаачыстыба, үгэс буолан билигин олоххо туттулла сылдьар.
Тохтуу түһүү туһалааҕын олоххо туһаныы холобурунан “Хонон туран баран” диэн этии баара буолар. Ол аата улахан суолталаах быһаарыыны утуйан туруу кэнниттэн ылынар табыгастаах эбит. Утуйа сытар киһи түһээн, өйө-санаата Үөһээ дойду өйүн-санаатын кытта билсистэҕинэ, бу санаатыгар туппут быһаарыытыгар сарсыарда эппиэт ылыан сөп. Итини тэҥэ “Сарсыарда өй сытыы буолар” диэн быһаарыыны тутустахпытына, бары суолталаах быһаарыныылар-бытын хонон туран баран, сарсыарда өссө толкуйдаан ылыннахпытына таба буолара элбиэн сөп.
Онон ханнык баҕарар быһаарыыны ылынарга тохтоон, толкуйдуу түһэн ылыы олус улахан туһалааҕын оҕо кыра эрдэҕиттэн билэ, олоҕор туһана үөрэниэ этэ.
КУҺАҔАНЫ ОҤОРУУ
Санаа олус түргэн. Киһи санаата түргэнник уларыйарын бары билэбит. Сахалар киһиэхэ түргэнник киирэн ааһар араас санаалары киһилии санаалартан туспа арааран быстах санаалар диэн ааттыыллар. Араас кылгас, биирдэ эмэтэ киирэн ааһар дуона суох санаалар быстах санааларга киирсэллэр уонна киһини сыыһа-халты тутуннарыахтарын сөбүттэн сэрэҕэ, тулуура улааттаҕына табыллар. Ол курдук араас элбэх санаалар киһи баһыгар киирэн тахсалларын туох да тохтоппотуттан сыыһа-халты туттунан кэбиһэртэн киһини ийэ кута үчүгэй үгэстэрин иитиллибитэ уонна тулуурдааҕа, өсөһө харыстыыллар.
Быстах диэн тыл быс диэн төрүттэн үөскээбит. Бысталаммыт, кылгас, быстыбыт диэн өйдөбүлү биэрэр тыл. Бука бары үчүгэйи оҥоруохпутун баҕарабыт эрээри, сыыһа-халты туттунарбыт, тиэтэйэр-бит, ыксыырбыт элбэҕиттэн оҥорор быһыыларбытын быстахха кубулутан, куһаҕан быһыылары элбэтэн кэбиһэбит. Быстах санаа быстах быһыыны үөскэтэриттэн сэрэнэн, быстах санааҕа киирэн биэрбэккэ кыһаныахпыт, оҕолорбутун эмиэ онно үөрэтиэхпит этэ. Быстах быһыы куһаҕан буолан тахсара аһара элбэх. Киһи быстах санаа сабыдыалыгар киирэн биэрбэтигэр кыра, ону-маны саҥа оҥорор буолан эрдэҕинэ ийэ кута үчүгэй үгэстэргэ иитиллэрэ туһалыыр. Бу кэмҥэ оҕо ийэ кута үөскээн саҥа сайдарынан барыта талбытын оҥоро үөрэнэрэ, “Көҥүлүнэн барара” улахан сыыһа.
Оҕо тугу оҥороругар хааччах баарын кыра эрдэҕиттэн биллэҕинэ, олору тутуһа үөрэнэр, оннук үгэс үөскүүр. Хааччаҕы тутуһа үөрэнии диэн бэрээдэги тутуһууга, араас эбиискэ көрдөбүллэри толорууга тириэрдэрин төрөппүттэр билиэ этилэр.
Ситэ толкуйдамматах, ырытыллыбатах, туох содул үөскээн тахсара быһаарыллыбатах быһыытын сахалар быстах быһыылар диэн туспа арааран ааттыыллара, бу түргэнник оҥоруллар быһыылартан дьон сэрэниэхтээхтэрин биллэрэр. Кыратык кыыһыра түһээт онон-манан тамнааттанар киһиттэн дьон сэрэнэллэр.
Санаатыгар субу көтөн түспүт быһыытын оҥорон иһэр киһини “Санаабычча быһыылаах” диэн арааран этэллэр уонна бу киһи сыыһа-халты туттунара элбэҕиттэн сэрэнэри ирдииллэр. Ол аата санаабычча быһыылаах киһи сыыһа-халты туттунара элбэҕин билэн, эрдэттэн сэрэнэргэ этэллэр.
Киһи санаата олус түргэнник уларыйарын, атынынан солбулларын бары билэбит. Араас, үчүгэй да, куһаҕан да санаалар киирэн ааһыахтарын сөп. Ол курдук киһи бары баһын иһигэр киирэн кэлэр санааларын барыларын оҥорон иһэрэ хаһан да табыллыбат. Бу элбэх санааларыттан киһи талан ылан, өйүгэр-санаатыгар ордук сөп түбэһэрин, үчүгэйин, бэйэтигэр барыһы биэрэрин урутаан оҥорор.
Бытаан толкуйдаах, дьиппиэн киһи быстах быһыыга киирэн биэрэрэ аҕыйыыр. Ол курдук кини сыыйа-баайа ырытар, толкуйдуур кэмигэр, бу оҥороору оҥостор быһыыта сыыһатын, табатын быһаарар, тохтуур, туттунар кыаҕа улаатан биэрэр.
Киһи олох ханнык да кэмнэригэр быстах санааҕа киирэн биэрэн быстах быһыыны оҥорбото ордук. Ол иһин быстах, куһаҕан быһыылары арааран билии хас биирдии улаатан эрэр оҕоттон, киһиттэн хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар.
Санаа уратылара манныктар:
1. Быстах санаа. Түргэнник киирэн ааһар санаалары быстах санаалар диэн ааттыыбыт.
2. Олохсуйбут, үгэс буолбут санаалар. Бу санаалары киһи умнубат, олоҕор куруук туһанар. Олоҕор туһанарын иһин, бу санаалар киһини салайаллар диэн этэллэр.
Оҕо куруук үчүгэйи оҥорор буолбатах. Оҕо диэн оҕо буоллаҕа дии. Өйө-санаата ситэ сайда илигэ, үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан арааран билбэтэ ханнык баҕарар, үчүгэй да, куһаҕан да быһыылары оҥорор кыаҕы биэрэр. Балартан куһаҕан быһыылар оҥорорго судургуларынан, эрэйэ суохтарынан, ордук таттарыылаахтарынан оҕо аан бастаан олору элбэхтик оҥорон кэбиһиэн, куһаҕан үгэстэнэн хаалыан сөбүттэн сахалыы таҥара үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн харыстыыр. Өйө-санаата ситэ сайда, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэ, олоҕор таба туһанар буола илигинэн оҕо диэн ааттанар уонна өйө-санаата хааччахтаннаҕына эрэ табылларын сахалар билэн “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэллэр.
Оҕо сыыһаны-халтыны оҥорор бырааптаах. Өйө-санаата ситэ сайда, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэ илигинэ ханнык баҕарар быһыыны оҥорон кэбиһэр кыахтаах. Сааһын ситэ илик оҕо ол-бу буруйу эҥини оҥордоҕуна, иитээччилэр, төрөппүттэр буруйданаллара, эппиэккэ тардыллаллара өй-санаа үөрэҕэ быһаарыытынан сөптөөх. Ол курдук оҕо улаатан истэҕинэ куһаҕан быһыылары арааран билэн, олору оҥорбокко үөрэппэт төрөппүттэр буруйу оҥорбут оҕону кытта тэҥ буруйу сүгэллэрэ сөп.
Оҕо кумаҕынан оонньуу олорон быраҕаттыыр өйө-санаата киирэн кэллэҕинэ, ону-маны, дьону, оҕолору кумаҕы ытыһан ылан быраҕаттаан, ысыһа оонньоон барыан сөп. Кумаҕынан киһини ыһыы олус куһаҕан быһыы буоларын билэ илик оҕо сирэйгэ да ыһан кэбиһиэн сөп. Кумах харахха киирдэҕинэ үчүгэйи оҥорботун өссө да билэ илигэ итинник быһыыны оҥороругар тириэрдиэн сөп. Бу оҕо бэйэтэ булан саҥаны айыыта куһаҕан буолан тахсарынан тохтотулуннаҕына эрэ табыллар. “Үчүгэй оҕо дьону кумаҕынан ыспат”,- диэн этэн тохтотуллар.
Маннык куһаҕан саҥаны айыылары оҕо элбэҕи оҥорор кыахтаах. Ол курдук бэргэһэни тиэрэ кэтиини оҥорорго олус судургутуттан оҕо барыта, бэйэ-бэйэлэрин үтүктэллэриттэн оҥоруохтарын сөп. Сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ бэргэһэни тиэрэ кэттэххэ оҕо ону-маны тиэрэни оҥороро элбээн хаалыан сөп диэн эрдэттэн бобо сатыыр.
Сибэккини үргээн кэбиһии оҕо куһаҕан айыыны оҥорор кыаҕын быһаарар. Кыһыл сибэкки үүммүтүн быһыта тардан ылан атын иһиккэ үүннэрээри кэккэлэппит оҕону туох диэн мөҕүөххэ сөбүй? “Куһаҕаны, айыыны, сыыһаны оҥорбуккун, аны манныгы оҥорума”,- диэн этэн сыыһаны оҥорбутун биллэрэргэ эрэ тиийиллэр. Үүнээйини быһа тартахха үүнээйи өлөрүн туһунан хойутаан да буоллар кэпсииргэ, өйдөтө сатыырга эрэ тиийэҕин.
Оҕо урут оҥорон көрө илик быһыытын оҥоруута өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыы, айыыны оҥоруу буолан ийэ кутугар быһалыы уурулларын, умнуллубатын билиэ этибит. Бу быһаарыы оҕо кыра, ийэ кута үөскүүр кэмигэр “Айыыны оҥорума” диэн үөрэх хайаан да туттуллуохтааҕын биллэрэр. Ол курдук бары саҥаны айыылар аан маҥнай үчүгэйдэрэ уонна куһаҕаннара арыллан биллибэтиттэн оҕо оҥорор айыылара туһалыыллара отой аҕыйаҕыттан “Айыыны оҥорума” диэн үөрэх таба буолара дакаастанар. Бу үөрэҕи оҕолоругар үчүгэйи саныыр төрөппүттэр бары туһаныа этилэр.
Сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ “Куһаҕаны санаама” диэн үөрэтэр. Куһаҕан санааларын умнубакка, ыраастаммакка иҥэринэн илдьэ сылдьар, куруук онтун саныы сылдьар киһи, ол куһаҕан быһыыны бэйэтэ оҥорон кэбиһэн, куһаҕан киһи буолар кыаҕа улаатар.
Бэйэтэ үчүгэй, үлэһит киһи биирдэ эмэтэ арыгы иһэн итирдэҕинэ куһаҕан киһиэхэ кубулуйуон сөп. Итирик киһи охсуспатаҕына, куһаҕан быһыылары оҥорботоҕуна даҕаны, лэбээрэ, сыыһа-халты хамсанара, хотуолуура син-биир куһаҕан киһиэхэ кубулутар. Итирэн өйө-санаата буккуллубут кэмигэр уруккуттан саныы сылдьыбыт куһаҕан санаатын бэйэтэ толорон кэбиһэр кыаҕа улаатан хаалара, биһиэхэ итирэн баран буруйу-сэмэни оҥорооччулар элбэхтэринэн быһаарыллар. Итирэн баран куһаҕан быһыылары оҥоруу киһи өйө-санаата куһаҕан санааларынан туолан сылдьарын биллэрэр, куһаҕан санаалартан ыраастаммакка сылдьарын дакаастыыр.
Ким барыта куһаҕан киһиэхэ кубулуйан ылыан сөп. Оҕо көрдөөбүтүн толорботоххо, булан биэрбэтэххэ хайаан да куһаҕан киһи буола түһүөххэ сөп. Ол курдук оҕо бэйэтигэр үчүгэйи, туһалааҕы оҥорор киһини ордук сөбүлүүрэ, үчүгэй дии саныыра хаһан да уларыйбат. Ийэлэр, дьахталлар онно ордук сөп түбэһэллэринэн аҥардастыы оҕо сөбүлүүрүн оҥоро сатыылларыттан атаахтатан кэбиһэр кыахтара улаатан хаалар.
Куһаҕан санааларын умнубут, суох оҥорбут, хаалларбыт киһи өйө-санаата ырааһыран, саҥа үчүгэй санаалары иҥэринэн үчүгэй үгэстэннэҕинэ үчүгэйи оҥорор кыахтанар. Үчүгэй үгэстэрдээх киһи үчүгэй быһыылары оҥордоҕуна үчүгэй киһи буолар кыахтанарыттан үчүгэй киһи таҥара үөскээбит. Таҥара киһиэхэ үчүгэй баҕа санааны үөскэтэн иҥэрэр, онтон киһи ол баҕа санаатын толороору үчүгэйи оҥороро кыаллар.
Дьон бары үчүгэйи оҥорор, үчүгэй дьон аатырыахтарын олуһун баҕараллар. Бу баҕа санааларын ситиһээри улаатан эрэр оҕо куһаҕан быһыылары билбэтэҕинэ отой оҥоруо суоҕун курдук сыыһа санааҕа оҕустаран хаалаллар.
Куһаҕан быһыылары биллэрбэт буолуу оҕо кыра, ийэ кута саҥа үөскээн, үгэстэрэ олохсуйан истэхтэринэ эрэ сөп түбэһэр. Онтон оҕо улаатан истэҕинэ, ону-маны билэр, оҥорор кыаҕа улааттаҕына бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэ үөрэнэрэ хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар. Оҕо улаатан иһэн дьон оҥорор бары куһаҕан быһыыларын урутаан билэн, олору оҥорбокко, туттунарга үөрэн-нэҕинэ киһи буолууну ситиһэрэ кыаллар. Дьон олоҕор үчүгэйи тэҥэ, куһаҕан өрүт диэн хаһан да суох буолар кыаҕа суох. Ол курдук киһи сөбүлээбэт, сирэр быһыылара куһаҕан быһыылар диэн ааттаналлара уонна иккис өрүтү үөскэтэллэрэ олоххо куруук баара хаһан да уларыйбат.
Куһаҕан уонна үчүгэй диэн арахсыы дьон олоҕор хаһан да сүппэттэр. Бу быһаарыыттан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии үөскээн олоххо киирбит. Үчүгэй элбииригэр бары баҕарабыт, куһаҕаны умнабыт, хаалларабыт. Ону тэҥэ куһаҕан өрүтү билэн, олору оҥорботоххо эбэтэр тупсаран, уларытан, үчүгэй оҥорон биэрдэххэ эрэ үчүгэй өрүт эбиллэр, элбиир кыахтанар.
Сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэтэрэ оҕо улаатан иһэн аан бастаан куһаҕан быһыылары үчүгэйдэртэн туспа арааран билэн олору оҥорботугар үөрэтэр аналлаах. Дьон бары уһун үйэлэр усталарыгар үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥороннор, үчүгэй быһыылар аһара, киһи ааҕан сиппэтинэн элбээбиттэр. Ол иһин оҕо улаатан иһэн тоҕус эрэ ахсааннаах куһаҕан быһыылары арааран билэ үөрэнэрэ быдан судургу, өйүгэр-санаатыгар тиийимтиэтин таһынан, толорор кыаҕа улаатар.
Онон оҕо кыра эрдэҕиттэн үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥорон үчүгэй үгэстэрдээх, үчүгэй быһыылаах киһи буола улааттаҕына куһаҕан быһыылары оҥороро аҕыйыырын төрөппүттэр билэн туһаныахтара этэ.
КӨТӨХХӨ ҮӨРЭТИИ
Кыра оҕо үгүстүк көтөхтөрөр. Ийэтэ көтөҕөн олорон эмнэрэр. Онно-манна илдьэ сылдьарга эмиэ көтөҕөргө тиийиллэр. Үчүгэйдик сыһыары тутан көтөхтөххө, кыратык хамнатан бигээтэххэ оҕо түргэнник утуйара эмиэ биллэр.
Оҕо көтөхтөрөрүн, ийэтигэр, аҕатыгар сыстан ыларын сөбүлүүр. Кыра, кыаммат эрдэҕинэ хайаан да көтөхтөрөр. Улаатан истэҕинэ төрөппүт хайдах эмэ гынан аҕыйахтык көтөхтөҕүнэ, оҕото бэйэтэ сытарга, сылдьарга үөрэнэрэ түргэтиир.
“Оҕону көтөххө үөрэтимэ” диэн этиини уоппуттаах төрөппүттэр куруук этэллэр, эдэрдэри үөрэтэ, такайа сатыыллар. Ол курдук кинилэр оҕо ытаабатын эрэ диэн элбэхтик көтөҕө сылдьаннар көтөххө үөрэтэн кэбиһиэхтэрин сөбүттэн эрдэттэн сэрэтэллэр.
Ытаан, кыҥкыйдаан иһэр оҕону арай көтөҕүү эрэ уоскутарын бары билэбит. Көтөҕүү эмиэ кэмнээҕин-кэрдиилээҕин, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэрин эдэр төрөппүттэр билиэ этилэр. Хайдах эмэ гынан уоскуйбутун кэннэ бэйэтин сырытыннара үөрэ-тиэххэ. Көтөххө үөрэммэтэх оҕо элбэхтик көтөхтөрбөккө эрэ улаатар. Бу быһаарыы оҕону туохха барытыгар; үчүгэйгэ да, куһаҕаҥҥа да төрөппүттэр кыра эрдэҕиттэн үөрэтэн кэбиһэллэрин биллэрэр. Оҕону көтөххө үөрэтэн кэбиһии куһаҕанын, эрэйдээҕин бары төрөппүттэр билэллэр, көтөххө үөрэппэт туһугар кыһаналлар. Төрөппүт бэйэтэ оҕотугар үчүгэй буола сатыыр быһыытыттан, элбэхтик көтөҕө сатыырыттан, бу быһыы улахан тутулуктааҕын билэн, бэйэтэ сытарын, сылдьарын ситиһэ сатыыллар.
“Көтөх” диэн баран илиитин даллатан турар оҕону киһи бэйэтэ да көтөҕүөн саныыр. Арай бу көтөҕүүбүт аһара баран элбээн, куруук көтөҕө сылдьыыга тиийэн хаалбата буоллар үчүгэй этэ. Көтөҕөн баран бигээтэххэ утуйа үөрэннэҕинэ, ороҥҥо сытыарарга хайаан да уһуктан кэлэн эрэйдиирэ элбиир. Көтөххө үөрэтэн кэбистэххэ лаппа улаатыар диэри тулуйарга тиийиллэрэ бэлэмҥэ үөрэниитин үөскэтиэн сөп.
Оҕо көтөххө үөрэммэтигэр, атаахтаабатыгар саамай сүрүн оруолу доруобуйата, этин-сиинин туруга ылар. Ыалдьар, ытыыр, аанньа утуйбат оҕону көтөхтөххө эрэ аралдьыйара кыаллар, ол иһин улаатан истэҕинэ атаах буола улаатар кыахтанар. Бу быһаарыы төрөппүттэр ыал буолуохтарын инниттэн төрөтөр оҕолорун доруобуйата бөҕө буоларын саҥа билсиһэн эрдэхтэриттэн төрүччү үөрэҕин тутуһан быһаарыа этилэр. Билигин ыарыһах оҕолор элбээбиттэрин кэнниттэн былыргылар ыал буолууга тутуһар туһалаах үгэстэрин олоххо киллэрии ирдэнэр.
Төрөппүттэр бары оҕолоро ыалдьыбатыгар баҕара саныыллар. Бу баҕа санаа ситиһиллэр кыаҕа ыал буолуох инниттэн төрүччүлэрин үөрэтииттэн, ол аата өбүгэлэр, төрөппүттэр доруобуйаларын, үлэни кыайалларын эрдэттэн билиини уонна ону тутуһууну ирдиирин олоххо киллэрии эрэйиллэр. Бэйэлэрэ өбүгэлэриттэн ыла үлэһит, үлэни-хамнаһы кыайар төрөппүттэр оҕолоро доруобай буола төрүүр кыаҕа улахан. Ыраах өбүгэлэригэр даҕаны араас ыарыылаахтары, бодоҥнору, дьадаҥы-лары кытта ыал буолууттан эдэрдэр туттунуо этилэр. Ыал буолуу аан бастаан кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэргэ аналлааҕынан былыргыттан биллэр туһалаах үгэстэри туһаннахха эрэ омук сайдара ситиһиллэр.
Доруобай, этэ-сиинэ бөҕө оҕо атаах буола улаатара аҕыйах. Бэйэлэрэ үлэһит төрөппүттэр доруобай оҕону батыһыннара сылдьан үлэҕэ-хамнаска үөрэтэр кыахтара улаатар.
“Оҕону көтөххө үөрэтимэ” диэн этии аһара көрүүнү-истиини, бэлэмҥэ үөрэтиини суох оҥорон оҕо атаах буола иитиллэрин аҕыйатар аналлаах. Оҕото үчүгэйи, ситиһиини оҥоруоҕун баҕарар төрөппүт оҕотун атаахтатыа суоҕа этэ. Оҕо араас көрдөбүллэрин тук курдук толорон иһии бэлэмҥэ үөрэтэн кэбиһэрин билинэн, кыах баарынан бэйэтигэр оҥорторо сатааһыҥҥа кыһаныы ирдэнэр.
Оҕо доруобай буола төрүүрүгэр дьахталлар ылар оруоллара олус үрдүгүн билиниэ этилэр. Кинилэр эдэрдэригэр, ыраас кыыстарынан эргэ таҕыстахтарына оҕолоро быдан доруобай, эр киһилэриттэн бэриллибит буор куттаах буолуо этилэр. Уонунан сылларга бүппэт үөрэҕи эрэ эккирэтэ сылдьан быстах баҕа санааларын толороору, сыыһа-халты туттунан доруобуйаларын мөлтөтөллөр. Оҕону төрөтүүгэ анаан-минээн төрүччүлэрэ ыраахха диэри биллэр, үлэҕэ-хамнаска үөрүйэх, сайдыылаах буор куттаах эр дьону кыттыһыннардахтарына доруобай оҕолор элбиэхтэрэ этэ.
Дьахталлар көҥүллэринэн барыылара, талбыттарынан баҕаларын ханнара сылдьыылара араас, эмтэммэт ыарыылаах, куһаҕан, сайдыыта суох буор куттаах дьон оҕолоноллоро элбээһинигэр тириэрдэн кэбистэ. Ол курдук оҕо буор кута буккуллуута, кыайан хамсаммата, саҥарбата дьахталлар элбэх эр дьону кытта сылдьыспыттарыттан быһаччы тутулуктаах.
Бэйэлэрэ доруобай төрөппүттэр хантан ылан ыарыһах оҕону төрөтөллөр диэн ыйытыы Россия дьонун интэриэһиргэтэр буолла. Дьон буор кут, кут-сүр үөрэҕин туһунан билэ сатыыллара улаатта. Ыарыһах оҕолор олус элбээтилэр. Хрустальнай уол кыайан улааппатын, уҥуохтара тосто сылдьалларын суруйаллар. (4). Эт-сиин диэн өбүгэлэри, төрөппүттэри утумнаан иһэр киһи тутаах чааһа буолар. Ыраах да өбүгэлэргэ баар эмтэммэт ыарыылар оҕоҕо бэриллэр кыахтаахтарын генофонду үөрэтии дакаастыыр. Урукку кэмнэргэ сахалар бэйэлэрин өбүгэлэрин төрүччүлэрин, үлэлэрин-хамнастарын, олохторун ыраахха, тохсус көлүөнэҕэ диэри билэллэриттэн, итинник ыарыылаах дьону кытта эдэрдэр холбоһон ыал буолаллара суох буолар этэ.
Онон оҕону үчүгэй да, куһаҕан да майгыга төрөппүттэр иитэн, үөрэтэн кэбиһэллэрэ көтөххө үөрэтиинэн толору дакаастанар.
АТААХ ОҔО
Төрөппүттэр кыра оҕолоругар үчүгэй буола сатыыллара, бары баҕатын тук курдук толороллоро улаатан истэҕинэ атаахтатыыга тириэрдэр. Ол курдук ону-маны, буолары-буолбаты, кылапачыгаһы, минньигэһи булан аҕала-аҕала оҕону хатаҕалааһын, маанылааһын, киһиргэтии атаахтатыыны үөскэтэр быһыыларга киирсэллэр.
Оҕону төрөппүт бэйэтиттэн кыратык да үрдүктүк туппата атаахтатыыны суох оҥорор кыахтаах. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕинэ араас аһылыгын уратылара барылара “Кыра оҕо киэнэ” диэн бэлиэтэннэҕинэ, улаатан иһэр оҕо улахан киһини үтүктэр күүһүттэн олортон аккаастанан иһэрэ үөскүүрүгэр тириэрдэр. Улахан оҕо диэн ааттаммыт оҕо улахан киһини үтүктэрэ, кини курдук буола сатыыра күүһүрэр, атаахтыыра аҕыйыыр.
Төрөппүт оҕону бэйэтиттэн уратытык тутара, аһара көрөрө-истэрэ, маанылааһына атаахтатыыны үөскэтэр. Бэйэлэрэ үлэһит төрөппүттэр “Оҕом үөрэхтээх буолуо” диэн албын этиини итэҕэйбиттэриттэн уонна үөрэхтээх буолуу уратыта дьайыытыттан оҕо үлэни-хамнаһы сөбүлээбэтин үөскэтэн кэбистилэр. Маннык этэн үөрэтии оҕо улааппытын, өйө-санаата сайдыбытын, үлэни-хамнаһы баһылаабытын кэнниттэн кэллэҕинэ туһата улаатыа этэ.
Оҕону иитиигэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии эмиэ туттулуннаҕына эрэ табыллар. Ол курдук оҕону иитии уратылара, икки өрүттэрэ; атаах уонна көйгө диэн икки аҥы арахсаллар. Ол иһин оҕону иитии, бу икки өрүттэр икки ардыларынан баран, кыратык атаахтаан ылара уонна элбэхтик үлэлээн, көйгөтүк иитиллэрэ эрэйиллэр.
Билигин биһиэхэ урукку сэбиэскэй былаас “Дьон бары тэҥнэр” диэн сымыйанан этиитэ хаалан хаалбытынан, баайдар уонна үлэһиттэр диэн арахсыы баарыттан, оҕо өйө-санаата сайдыытын бу уратыларын туһунан биллэхпитинэ уонна олохпутугар быһаччы туһаннахпытына эрэ, табыллар кэммит кэллэ.
Үлэһиттэр уонна баайдар оҕону иитэр үөрэхтэрэ тус-туспалар, өссө утарыта хайысхалаахтар. Баайдар барылара бары дэлэйиттэн, элбэҕиттэн оҕону иитиигэ атаахтатыы өттүгэр халыйаллар, барыта бэлэмҥэ үөрэтэллэр. Кинилэр оҕолоро атаах буола иитиллэрэ баайдара элбэҕиттэн тутулуктанар. Онтон үлэһиттэр оҕолоро кыра эрдэҕиттэн үлэлии үөрэнэн, тымныыга тоҥон, итиигэ буһан көйгөтүк иитиллэриттэн тулуура, дьулуура улаатара олоҕор ситиһиилэри оҥороругар көмөлөһөр. Өй-санаа бу уратыларын биһиги “Көйгө” диэн үлэбититтэн булуохха сөп. (5,6). Оҕо улаатан олоҕор ситиһиилэри оҥороро эбиллэн иһэригэр көйгөтүк иитиллибитэ олус улахан туһаны оҥорорун араас остуоруйалар бигэргэтэллэр.
Оҕо өйө-санаата сайдан иһиитин өр сыллаах кэтээн көрүүлэр түмүктэринэн маннык быһаарыылары оҥоруохха сөп. Атаах, мааны оҕолор салгыы олохторугар улахан эрэйгэ түбэһитэлииллэрэ элбэх. Олору манныктарга араартыахха сөп:
1. Киһиргэстэриттэн быстах суолга киирэн биэриилэрэ элбээһинэ.
2. Тулуурдара суоҕуттан быһаҕынан, биилээҕинэн, саанан сыыһа туттуулары элбэхтик оҥороллор.
3. Өйдөрө-санаалара туруга суох, киһиргэстэр, киэптэнньэҥнэр, бардамнар, атын дьону кытта сыһыаннара уустук буолар.
4. Арыгыһыт, наркоман буолуулара элбэх.
5. Ханнык да үлэни кыайан үлэлээбэттэр.
Оҕону атаахтатан иитиини баайдар оҥорор кыахтара улахан. Барылара-бары баара, харчылара элбэҕэ оҕолорун туохха да хааччахтаабакка иитэллэрэ, улаатыннараллара атаахтыырын, көҥүлү-нэн барыытын үөскэтэр.
Сэбиэскэй былаас төһө да үлэһиттэр былаастара диэн ааттаннар, кэлин олохторо көнүүтүттэн, оҕону улаатыннарарга бары-барыта баарыттан оҕолору атаахтык иитиигэ салаллыбыттара. “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн ыҥырыы төрөппүт оҕотун бэйэтинээҕэр үрдүктүк тутарын үөскэтэринэн, оҕолору атаахтык иитиигэ ыҥырыыга кубулуйбута. Үлэһиттэр бары олохторо көммүт курдук сананыыла-рыттан оҕолорун сымнаҕас, бары барыта баар олоххо иитэннэр уонна үөрэхтээх эрэ оҥороору атаахтатан кэбиспиттэрэ. Бу оҕолор билигин улааппыттарын да иһин сымнаҕас олоххо үөрэнэн хааланнар, үлэни кыайа-хото үлэлээбэттэр.
Үс көлүөнэ дьон олохторун устата баһылаан, салайан олорбут сэбиэскэй былаас оҕону кыайан ииппэккэ, атаахтатыыга тириэрдэн эстибитэ. Эдэрдэр үлэни-хамнаһы сөбүлээбэттэриттэн, кыайа-хото үлэлээбэттэриттэн үлэ-хамнас сатарыйыыта үөскээбитэ.
Үлэһиттэр оҕолоро тугу барытын кэмнээн, сөбүн көрөн туттуна үөрэнэллэриттэн туохха барытыгар аһара бараллара аҕыйах, көрсүө, сэмэй буола иитиллэр кыахтара улаатар. Бу оҕолор кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ-хамнаска үөрэнэннэр эрдэлээн киһи буолууну ситиһэллэриттэн олохторун устата элбэх туһалаах дьыалалары оҥоруохтарын сөп.
Kыра эрдэхтэринэ кытаанахтых, чиҥник, үтүө үгэстэргэ, туһа киһитэ буолууга үөрэтиллибит оҕолор салгыы олохторо туруктанар, быстах суолга киирэн биэрэн алҕас туттунуулары оҥороллоро аҕыйыыр. Уһун үйэни ситиспит, элбэх оҕолордоох, сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх аарыма кырдьаҕастарбытын ахтарбытыгар киһи быһыылаахтык, көрсүө, сэмэй майгылаахтык уһуннук олордо диэн этэбит, хайгыырбытын биллэрэбит.
Көрсүө, сэмэй майгы уһун үйэни ситиһиигэ тириэрдэрин бары билэбит уонна оҕолорбутун иитэрбитигэр онтубутун умнан кэбиһэбит, туохтан эрэ, үллэстииттэн матан хаалыахтара диэн быстах санаабыт аһара барыытыттан “айыыны оҥор” диэн тыл үөрэхтээхтэрин сыыһа үөрэхтэрин диэки халыйан сылдьабыт.
Онон оҕону иитии уонна үөрэтии баайдар уонна үлэһиттэр икки ардыларыгар улахан уратылааҕын билинэн үлэһит төрөппүттэр бэйэлэрин олохторун холобурунан оҕолорун иитиэ, үөрэтиэ этилэр.
АТААХ КЫЫС
Олох сайдан, тупсан, бары-барыта дэлэйэн, дьон байан-тайан истэхтэринэ аҕыйахтык оҕолоноллорун тэҥэ, биир эмэ оҕолорун маанылыыллара уонна атаахтаталлара эбиллэн иһэр. Бу быһаарыы табатын сэбиэскэй былаас кэмигэр үлэһиттэр олохторо тупсан, оҕолорун барыларын атаахтатан ииппиттэрэ дакаастыыр.
Уол оҕолору атаахтатыы өйдөрүгэр-санааларыгар бэйэмсэх санааларын улаатыннаран үлэни-хамнаһы кыайбаттарын, сыыһа-халты туттуналларын элбэтэр, онтон кыыс оҕолору атаахтатыы омугу эстиигэ, симэлийиигэ тириэрдэрин сахалар билэннэр былыргы кэпсээннэригэр киллэрбиттэр.
Саха дьонун олохторун үөрэҕэр оҕону атаах гына иитимэ диэн аналлаах үөрэх баар. Бу үөрэх этэринэн кыыс оҕо аһара атаах буола улааттаҕына кэлэр көлүөнэлэри хаалларбакка, омук салгыы сайдар кыаҕын сарбыйарын, Омоҕой баай туһунан былыргы олохпут кэпсээнэ биһиэхэ тириэрдэрин таба өйдөөн туһаныахпыт этэ.
Былыргы олохпут кэпсээнигэр Омоҕой Баай икки кыыстааҕа уонна бу кыргыттара тус-туспа иитиилээхтэрэ, өй-санаа үөрэҕэ дьоҥҥо дьайыыта олус улаханын көрдөрөллөр. Сахалары сайыннарбыт, ахсааннарын элбэппит төрүппүт Эллэй Боотур өр кэмҥэ кэтээн көрөн талан ылан, үчүгэй доруобуйалаах көйгө кыыһы, Аан Чаҥыйаны кэргэн ылбыта. Көйгө кыыһы кэргэн ылбытыттан аймахтара, Омоҕой Баайдаах туоратаннар, биир эрэ ынаҕы энньэ диэн биэрэннэр, көһөрөн, атын сиргэ олохтооннор оҕолоро эһэлэрин, эбэлэрин билбэт, аахсыбат буола, аҥардастыы Эллэй Боотур оҕолорун курдук санана улааппыттар. Манна оҕонньордоох эмээхсин эрдэ өлүүлэрэ эмиэ улахан суолталаммыт курдук. Бу сыыһа өйү-санааны, сахалар аҥардастыы Эллэй Боотур эрэ өбүгэлээхтэрин туһунан этиилэри билигин даҕаны тарҕатааччылар бааллар.
Бииргэ олорор дьон аймахтаһыылара чугаһаатаҕына элбэх кыыс оҕолор төрүүллэр. Олус былыргы кэмнэртэн ыла бииргэ олорбут дьонноох ыаллар Омоҕой Баайдаах икки эрэ кыыс оҕолоохтор. Бу оҕолорын тас көрүҥнэрэ, эттэрин-сииннэрин туруга биллэр тус-туспалаахтарыттан уонна көрөн-истэн иитиилэрин уратыларыттан өйдөрө-санаалара атаах уонна көйгө диэн икки аҥы арахсыбыттара чуолкайдык этиллэр.
Омоҕойдоох икки кыыстарыттан талларбыттарыгар Эллэй Боотур сахалар туһанар билгэлэринэн туһанан талан ылан көйгө кыыһы Аан Чаҥыйаны кэргэн ылбыта. Аан Чаҥыйа доруобуйата үчүгэйиттэн, үлэни-хамнаһы кыайарыттан элбэх уол оҕолору төрөтөн улаатыннарбыттара, сахалары сайыннарбыттара.
Бу саҥа ыалы, Эллэй Боотур кэргэнин таба талан ылан тэрийиитэ сахалар олохторугар төһө улахан суолтаны ылбытын билигин ааҕан ситэр кыаллыбат. Ол курдук Эллэй Боотуртан төрүттээхпит диэн этинээччилэр билигин элбээннэр, оннооҕор, сахалар барыларын төрүттэрэ Эллэй Боотур буолар диэн этэ сатыыллар. Онон кыыс оҕо көйгө, үлэһит буола улаатара аймаҕы, онтон омугу барытын сайыннарар, элбээтиннэрэр кыаҕын улаатыннарара билигин ордук биллэр буолла.
Атаах оҕо, аан бастаан кыыс оҕо, кэлэр көлүөнэлэри хаалларбатын былыргы олохпут кэпсээнигэр Омоҕой Баай мааны, атаах кыыһа Ньыка Харахсын ыйанан өлөрө быһааран биһиэхэ тириэрдэр. Кыргыттары аһара атаахтатыы омукпутун эстиигэ тириэрдэрин былыргы кэпсээммититтэн бары билэр курдукпут эрээри, “Кут-сүр үөрэҕин” туһаммаппытыттан хаалларан сылдьабыт.
Атаах кыыс оҕо этэ-сиинэ, доруобуйата мөлтөҕүнэн кыайан тулуйан төрүөбэт, төрөөтөҕүнэ даҕаны мөлтөх, ыарыһах оҕону төрөтөн өссө элбэх эрэйи үөскэтиэн сөп. Ыарыһах оҕо аһара көрүллэн-истиллэн бэйэтэ атаахтык улаатар кыаҕа улаханын тэҥэ, кэлэр көлүөнэлэри төрүт да аҕалар кыаҕа суох буолуон сөп.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн атаахтаппакка, тараҥнаппакка иитэргэ оҕо доруобуйата бөҕөтө улахан оруолу ылар. Дьахталлар элбэхтэ төрөөтөхтөрүнэ доруобай эттээх-сииннээх оҕолору төрөтөр кыахтара улаатан иһэр. Кыра оҕону сатаан иитэр, үөрэтэр, киһи быһыылаах буола улаатыннарар туһугар, дьахтар бэйэтэ оҕону иитии туһунан билэр уонна онтун олоххо сатаан туһанара табыллар. Бэйэтэ атаахтыы үөрэммит дьахтар кыра оҕо бары баҕатын толороору маанылаан, атаахтатан, “Көҥүлүнэн ыытан”, бас-баттах иитиилээх, киһи быһыыта суох киһи оҥорор кыаҕа улаатан хаалар.
Оҕону кыра эрдэҕинэ иитии, үөрэтии ийэлэртэн, ол аата дьахталлартан быһаччы тутулуктаах. Кинилэр эрэ оҕону кыра, кыаммат эрдэҕинэ баһылаан көрөллөр-истэллэр, төрөөбүт тылларынан саҥарда үөрэтэллэр, ийэ кутун иитэн иҥэрэллэр. Сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ оҕону кыра эрдэҕинэ, 5 сааһыгар диэри көрүү-истии ийэ кутун үөскэтэрин уонна бу кута кинини үйэтин тухары салайарын быһааран итэҕэйэр дьоҥҥо тириэрдэ сатыыр. Ол аата кыра эрдэҕинэ аһара атаахтаан ийэ кута бэлэмҥэ үөрэнэн хааллаҕына үлэлээн-хамсаан туһаны аҕалара аҕыйыыр кыахтанарын сахалар үөрэхтэрэ быһаарар. Билигин элбээбит эдэр умнаһыттарбыт, бичтэрбит оҕону атаахтатан, үлэҕэ-хамнаска үөрэппэтэхтэрин чуолкайдык бэлиэтээн, куораты биир гына хаамсан сүөдэҥнэһэллэр.
Кыыс оҕону атаахтатыы, аһара маанылааһын, көҥүлүнэн ыытыы биһиэхэ кэлин кэмҥэ аһара сайынна. Атаах соҕус да буола улааппыт уол оҕо бэйэтин оҕотун кыра эрдэҕинэ иитиигэ кыттыгаһа кыратынан кэлэр көлүөнэҕэ охсуута кыра. Онтон дьахтар бэйэтэ оҕотун тутан-хабан иитэринэн оҕоҕо дьайыыта олус улахан, кини үөрэҕэ оҕо ийэ кутун быһалыы үөскэтэринэн, оҕо салгыы киһи быһыылаахтык олоҕун олорорун ийэтин үөрэҕэ быһаарар.
Омук олоҕо, сайдыыта дьахталлартан тутулуктаах диэн этии олус таба. Ол курдук дьахтар оҕону кыра эрдэҕинэ көрөрүттэн-истэриттэн, ийэ кутун быһаччы иитэринэн өйө-санаата туруктаах буола улаатарын үөскэтэр кыахтаах. “Куһаҕаннык иитиллибит” эбэтэр, атаах диэн кыра эрдэҕинэ ийэ кута сыыһа үөрэххэ, бэлэмҥэ, мааныга, тулуура суохха иитилиннэҕинэ этэллэр.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр олохпутугар үөскээбит уларыйыылары таба сыаналаан, аныгы ырыынак олоҕор көннөрөн туһаныахпыт этэ. Оҕолору атаахтатыы, маанылааһын “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн ыҥырыынан салаллыыта, “Айыы үчүгэй, айыыны оҥорон ис” диэн сыыһа үөрэтиини тутуһуу, аан бастаан уол оҕолорбут өйдөрүн-санааларын буортулаан, билигин 30 бырыһыаннара хаайыыга киирэллэригэр тириэртилэр. Билигин бу атаахтатыы төһө эмэ хойутаан кыыс оҕолорбутугар тиийэн табаахтыыллара, арыгылыыллара, күүлэйдииллэрэ эбиллэн иһэр. Оннооҕор бииргэ үөрэнэр оҕолорун кырбыырга, өлөрүүгэ кытта тиийэллэр. Оҕолору үөрэтиибит маннык туругунан салгыы баран иһиитэ, онуоха эбии “айыы үөрэҕин” улахан алҕастара, халыйыылара омукпут эстиитигэр тириэрдэр кыахтааҕыттан сэрэниэхпит, харыстаныахпыт, сахалыы таҥарабыт үөрэҕин тарҕатан туһаныахпыт этэ.
Онон, атаах кыыс оҕону кыайан төрөппөккө, ииппэккэ аан маҥнай аймахтары, онтон омугу эһэр аналланар. Ол иһин былыргы олохпут кэпсээнигэр Омоҕой Баай атаах кыыһа бэйэтигэр тиийинэн өлөр, кэлэр көлүөнэни үөскэтэн хаалларбат. Кэпсээн бу иитэр-үөрэтэр аналын таба өйдөөн олохпутугар туһаннахпытына, оҕолору атаахтаппакка эрэ ииттэхпитинэ, омукпутун күүһүрдэр, сайыннарар кыахтанарбытын таба өйдүөхпүт этэ.
Саха дьонун олохторун үөрэҕэр “Олох ыараатаҕына омук күүһүрэр” диэн этии баарын оҕону иитиигэ туһаннахпытына табыллар. Олоххо бары барыта тиийбэтэ оҕону иитиини кытаатыннаран, оҕолор атаахтык иитиллэллэрэ тохтууруттан, үлэни-хамнаһы кыайар дьон элбээһиниттэн омук күүһүрэр.
ЭЙЭЛЭҺИИ
Оҕо кыра эрдэҕинэ салгын кута сайда, умнубата өссө олохсуйа, ханнык да санааларын үгэс оҥосто илигинэ, тугу оҥорбутун өйдөөбөт, умнан кэбиһэн иһэр. Оҕо бу өйдөөбөт кэмин бары билэллэриттэн, “Кыра оҕо өйдөөбөт” диэн этиини үөскэппиттэр уонна “Хаппыыста быыһыттан булбуппут” диэн оҕону билигин даҕаны албынныы сылдьааччылар бааллар.
Сахалар оҕону иитэргэ аналлаах “Кут-сүр” үөрэхтэрэ оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэ кута үөскүүрүн уонна бу кута кинини үйэтин тухары салайарын быһаарар. Ол иһин кыра да оҕону албынныыры, балыйары сахалар төрүт сөбүлээбэттэр.
Кыра оҕолор бииргэ сырыттахтарына, оонньоотохторуна оонньуур былдьаһыытыттан эҥин, бэйэ-бэйэлэрин кытта тапсыбаттара элбэхтик тахсар. Оҕо хомолтотун умнан иһэрэ эйэлэһиини түргэтэтэринэн туһата улахан. Ол курдук былдьаммыт оонньуур төнүннэҕинэ эйэлэһии оннугар түһэр кыахтанар.
Оҕолор эйэлэһимтиэлэр. Кинилэр бэйэ-бэйэлэригэр туруорсар көрдөбүллэрэ кыратыттан, куһаҕан санааларын мунньубаттарыттан, хомолтолоро ааһарын кытта түргэнник эйэлэһэллэр. Арай аан маҥнай иитээччи эбэтэр төрөппүт эйэлэһэргэ үөрэтэн, илии тутуһуннаран көрдөрөн биэрэрэ ирдэнэр. Бу быһаарыы оҕо өйө-санаата кыра эрдэҕинэ олус аҕыйаҕын билинэр уонна туохха барытыгар оҕо иитилиннэҕинэ, үөрэннэҕинэ эрэ билиитэ эбиллэрин биллэрэр.
Оҕо ол-бу кыраттан кыыһыра, ону-маны быраҕаттана сылдьарга үөрэниитэ куһаҕан майгы үөскүүрүгэр тириэрдиэн сөп. Билигин кыыһыра түстэллэр эрэ туох илиилэригэр түбэспитин быраҕан иһэр дьон элбээтилэр. Кыра аайыттан кыыһыран, кыйаханан иһэр оҕо улааттаҕына, бу куһаҕан майгына эмиэ бэйэтин тэҥэ, улаатан иһэрин билиэ этибит. Ол аата кыыһырыма диэн үөрэтии оҕо кыратыттан саҕаланыахтаах, эйэлээх буолууну үөскэтээччи үөрэх буолар.
Эйэлээх буолуу олоххо тэҥнэһии балаһыанньатын тутустахха эрэ баар буолар. Хайа да өттүгэр аһара барыы эйэни хамсатар, суох да оҥорон кэбиһиэн сөп. Дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта сыһыаннарыгар киһилии быһыыны, сиэри тутуһа сырыттахтарына эрэ, атыттары кытта эйэлээх буолуу ситиһиллэрин билиэ этилэр. Kуһаҕан санааттан ыраастанан иһии киһи буолуу сүрүн үөрэҕэ буолар. Киһи уһун олоҕун устата этэҥҥэ ааспыт куһаҕан быһыыны умнан, хаалларан иһиитэ эйэлэһии төннөрүгэр, оннугар түһэригэр туһата олус улахан. Куһаҕан санаалар умнулуннахтарына, симэлийдэхтэринэ эрэ, өй-санаа ырааһырар, атын үчүгэй санаалар киирэр кыахтаналларын тэҥэ, эйэлэһии үөскүүр кыахтанар.
Kуһаҕан быһыылары умнан иһии үчүгэй киһи майгынын сүрүн уратыта буолар. Араас буолары-буолбаты, ону-маны, куһаҕаны умнубакка саныы сылдьыы киһиэхэ бэйэтигэр куһаҕаны оҥорорун төрөппүттэр билиэ этилэр. Ол курдук куһаҕан санаалары умнубакка куруук саныы сырыттахха, соннук үгэс киһиэхэ бэйэтигэр үөскээн хаалан, киһи бэйэтэ онтун, салгын кута көппүт кэмигэр толорон, куһаҕан быһыыны оҥорон кэбиһиэн сөп. Куһаҕан үгэстэнэн хаалбат туһугар куһаҕан санаалартан ыраастаныыны, умнууну дьон бары оҥоро сылдьыахтара этэ.
Сахаларга “Кыайбыт киһи киэҥ көҕүстэнэр” диэн дириҥ суолталаах этии туттуллар. Киэҥ көҕүстэнии холку, тугу барытын дириҥник сыаналаан, ыараҥнатан, тэҥнээн көрөр майгынтан үөскүүр уонна тулууртан, өһөстөн тирэх ылан салгыы сайдар. Киэҥ көҕүстээх, кыахтаах, кыаҕын билинэр киһи быстах быһыыга киирэн биэрбэт, куһаҕаны умнумтуо, эйэлэһимтиэ.
Барыга-бары аһара барбатахха, киһи быһыытын тутустахха эрэ эйэлэһии үөскээн киһиэхэ дьону кытта бииргэ олорор кыаҕы биэрэрин оҕо кыра эрдэҕиттэн билэрэ, тутуһа үөрэнэрэ ордук. Кыра иирсээн, оонньуур былдьаһыы кэнниттэн эйэлэһии хайаан да кэллэҕинэ, эйэ хаһан баҕарар кыайарын биллэрэрин тэҥэ, эйэлэһэргэ үгэс үөскүүрүгэр тириэрдэр.
“Элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро эйэлээхтэр” диэн этиини бары билэбит. Кинилэр кыра эрдэхтэриттэн бэйэ-бэйэлэрин көрсүһэ, көмөлөһө үөрэнэллэрэ, кыралар улахаттар этэллэрин истэллэрэ, толороллоро эйэлэрэ туруктааҕар сүрүн төрүөт буолар.
Бас бэринэ үөрэнии хас биирдии оҕоҕо, киһиэхэ олус туһалаах үөрэх. Оҕо учууталын тылын истэн, этиллибитин курдук толордоҕуна эрэ, үөрэҕи ылынарын бары билэбит. Оҕо барыны бары билэн-көрөн баһылыар, өйө-санаата сайдыар диэри үөрэтээччилэр этиилэрин иһиттэҕинэ, толордоҕуна эрэ табылларын билинэммит оҕону иитиигэ “Улахан киһи этэрин иһит” диэн үөрэҕи кыра эрдэҕиттэн иҥэрэн биэриэ этибит.
Эйэлэһии аһара барбаттан улахан тутулуктаах. Хаһан да аһара туттубат көрсүө, сэмэй, бэрээдэктээх оҕо атыттары кытта эйэлээх буолар кыаҕа улаатарын төрөппүттэр туһаныахтара этэ. Бу быһаарыы көрсүө, сэмэй буолууга иитэр, үөрэтэр сахалар таҥараларын үөрэҕэ табатын, туһата улаханын биллэрэр.
Атын киһини кытта эйэлэһии бэйэ көрдөбүллэрин аһара ыыппакка, хааччахтаан, кыччатан биэрдэххэ эрэ кыаллар кыахтанар. Аһара бара турдахха эйэлэһии букатын да кыаллыбат турукка киириэн эбэтэр эйэлэһиигэ күһэйэн биэрии көмөтө улаатарын иитээччилэр, төрөппүттэр туһаныахтарын эмиэ сөп. Олоххо улахан уопуттаах дьон эйэлэһиигэ көмөлөрө кэмигэр кэлэрэ эйэлэһии туһатын улаатыннарар. Ол курдук сыыһа туттубут оҕоҕо хайдах көннөрүнэри, эйэлэһэри этэн биэрии уопуттаах дьонтон эрэйиллэр.
Дьон илии тутуһуулара эйэлэһиини чиҥэтэн биэрии бэлиэтэ. Туохха эмэ күрэхтэһээччилэр эйэлээхтэрин биллэрэр бэлиэлэрэ буолан илии тутуһуу куруук туттуллар. Ханнык эмэ күрэхтэһиигэ эбэтэр тустан кыаттаран баран илиилэрин биэрбэт тустууктары эбиискэ үөрэтэн, такайан биэрии туһалыа этэ. Эйэлэспэт киһи куһаҕан санааларын мунньунан кэбиһэр. Онтон мунньуллубут куһаҕан санаалар киһини бэйэтин куһаҕан быһыыны оҥороругар тириэрдиэхтэрин сөбүн сахалар таҥараларын үөрэҕэ итэҕэйэр дьоҥҥо тириэрдэр. Куһаҕан санаалартан ыраастана, умна сылдьыы киһи быһыылаах дьон тутуһа сылдьар үөрэхтэрэ буолар.
Бары эйэлээхтик олоруохпутун баҕарабыт. Эйэ олус кэбирэх, кыраттан да сылтанан эйэ алдьаныан, дэҥнэниэн сөп. Эйэҕэ нэмин билэн, харыстабыллаахтык, сэрэхтээхтик сыһыаннастахха эрэ эйэ уһун үйэлэнэр кыахтанар. Сэбиэскэй былаас саҕана уруккуттан туттулла сылдьыбыт “эйэ-нэм” диэн эйэни харыстыырга, сэрэнэн тутарга аналлаах этиибитин оччотооҕу тылбыт үөрэхтээхтэрэ соруйан уларытаннар “эйэ-дэм” диэн эйэбитин алдьатар, дэмниир тылы булан холбоон туһаннара сатыыллар, ол иһин эйэбит кэлбэт.
Эйэҕэ харыстабыллаахтык, нэмин билэн сыһыаннаһыы эрэ туһалыыр. Ол иһин эйэ-нэм диэн этиибитин оннугар түһэрдэхпитинэ эрэ эйэлэһиибит кэлэрин, бөҕөргүүрүн биллэхпитинэ табыллар.
Онон оҕо эйэлэһии диэн олус туһалаах үөрэҕи биллэҕинэ, улааттаҕына айылҕаҕа тэҥнэһии балаһыанньата үөскээн турара эйэлэһииттэн тутулуктааҕын билинэн, ордук кыһанан харыстыа этэ. Көрсүө, сэмэй буолуу куруук эйэлэһии таһымыгар сылдьарынан, эйэлэһиини үөскэтэринэн дьон бииргэ олороллоругар олус туһалаах.
СААТАТЫЫ
Олус былыргы кэмнэргэ киһи өйө-санаата улахан кыыллар өйдөрүттэн-санааларыттан сайдан, тупсан билигин үчүгэй киһи буолуу таһымыгар тиийэн сылдьар. Хас биирдии улаатан иһэр оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтигэр үөскэтинэр баҕа санаатынан үчүгэй киһи буола сатаатаҕына, бу баҕа санаатын ситиһэн толороро кыаллар.
Таҥара үөрэҕин дьоҥҥо туһата диэн оҕоҕо, киһиэхэ үчүгэйи ситиһэр, үчүгэй киһи буолар баҕа санааны үөскэтэн иҥэрэн биэрии буолар. Бу үөрэх үчүгэй киһини үтүгүннэрэн үөрэтиинэн ситиһиллэрэ олохтон тутулугун үөскэтэр. Үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санааланыы, оннук үгэстэрдэнии хас биирдии киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар.
Киһи буолуу биир сүрүн төрүтүнэн, кыыллар өйдөрүттэн-санааларыттан уратытынан саатар, кыбыстар майгы баара ааҕыллар. Оннооҕор куһаҕаны оҥордоҕуна ыт кыбыстар, кутуругун кыбыйар, буруйу, оҥоруллуо суохтааҕы оҥорбутун билинэр. Киһи саатар, кыбыстар майгына куһаҕан, сааттаах быһыылары оҥорботун үөскэтэринэн, киһи буолуу сүрүн көрдөбүлүнэн ааҕыллар.
Саатар, кыбыстар майгы диэн дьон кыыллартан тосту уратыланар баар суох туһалаах, киһилии быһыыланарга тириэрдэр хаачыстыбалара буолар. Саатыы, кыбыстыы киһилии майгы сүрүн уратыта буоларын арааран өйдүөхпүт уонна бу үчүгэйгэ ыҥырар майгыбытын харыстыырбыт эрэйиллэр.
Саататыы диэн кыра оҕону үөрэтэр аналлаах үөрэхпит куһаҕаны оҥорортон кыбыстарга, тардынарга үөрэтии буолар. Саатар, кыбыстар оҕо киһилии майгылаах буола улаатар кыахтанар.
Сааппат, кыбыстыбат буолуу кыыллыы майгы биллэр уратыта буолар. Дьахталларбыт сыгынньахтанан иһэллэрэ саатар, кыбыстар майгылара аҕыйаан иһэрин, өйдөрө-санаалара эрэ буолбакка, оҥорор быһыылара эмиэ кыылларга майгыннаан иһэллэрин биллэрэр көстүүгэ киирсэр. Дьон ортотугар сыгынньахтаныы, таҥаһа суох сылдьа сатааһын элбээһинэ кыыллар майгылара дьоҥҥо кыралаан киирэн эрэллэрин биллэрэриттэн, аны сэрэнии ирдэнэр буолла.
Саат диэн киһилии киһи кыбыстар, туттунар, оҥорбот куһаҕан быһыыта ааттанар. Куһаҕан быһыылартан кыбыстыы саатыы диэн ааттанар. Саатыы, кыбыстыы оҕо туттунар, тохтотунар күүһүн сайыннарарын, бөҕөргөтөрүн төрөппүттэр табан туһанан оҕону кыбыытын кыанарга кыра эрдэҕинэ үөрэтэллэр.
Саататыы диэн кыра оҕону куһаҕан быһыыттан аралдьытан, көрүү-истии ааттанар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн куһаҕан быһыылары оҥордоҕуна кыбыстарга, саатарга үөрэтии саататыы диэн ааттанарын билигин соччо туһаммакка сылдьарбытыттан эдэрдэрбит саатар, кыбыстар майгылара суох буола улааталлара элбээтэ.
Саат куттарыыта диэн эдэр кыыһы албыннаабыт, кыыһын ылбыт эр киһи төлүүр төлөбүрэ ааттанар. Сахалар былыр-былыргыттан эр киһи уонна дьахтар сыһыаннарын таба өйдөөн олохторугар туһанар эбиттэрин, бу саат куттарыыта диэн төлөбүр баара быһаарар. Ол курдук кыыс баайыттан-малыттан тутулуктанан, бу саат куттарыыта тус-туспа кээмэйдээх уонна улахан буолар эбит.
Киһи буолуу сүрүн үөрэҕинэн, хайаан да тутуһуллуохтаах майгынынан кыбыыны кыаныы буолар. Оҕо куһаҕаны оҥорбутуттан кыбыстар, саатар буоллаҕына, ол куһаҕаны оҥорбот буоларга үөрэнэрин туһанан кыбыыны кыанарга үөрэтэллэр.
Киһилии киһи саатар, кыбыстар майгылааҕыттан куһаҕан, сааттаах быһыылары оҥорбото кэлин тиһэҕэр ордук улахан туһаны оҥорор. Ол курдук уһун үйэни ситиһэр аарыма кырдьаҕастарбыт бары киһилии быһыылаахтык олороннор уһун үйэни ситиһэллэр.
Дьон саатар сирэйдэрэ суох буолан иһэллэрин сыгынньах-таналлара элбээн иһэрэ быһаарар. Ол курдук урукку кэмнэргэ дьахталлар таҥастарыттан илиилэрэ эрэ быгар эбиттэр, онтон билигин онон-манан сабыылаах сылдьаллара сиэри кэспэт курдук буолла эрээри, дьон өйө-санаата эмиэ эргийэрин, уруккуга төннүөн баҕарарын биллэрэриттэн өйдөөх-санаалаах дьон сэрэниэхтэрэ этэ.
Саатар, кыбыстар диэни билиммэти сайдыыны ситиһии курдук санааччылар билигин элбээн иһэллэр. Ол барыта өйбүт-санаабыт сайдыыта халыйан, эргийэн иһэрин биллэрэрин өссө да таба өйдүү иликпититтэн буолар.
Аныгы наука айыыта – памперс оҕону саатар, кыбыстар өйдөбүлүн суох оҥорор кыахтаах. Тэллэҕин, таҥаһын инчэппит оҕо инчэҕэй тымныынан хаарыйарыттан сөбүлээбэт, абааһы көрөр майгына үөскүүрэ суох буоларыттан саатар, кыбыстар майгына үөскээбэт. Таҥас инчэйбитэ куһаҕан диэн санааны үөскэтэриттэн үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарарга, куһаҕаны оҥорортон кыбыстар, саатар майгыланарга үөрэтэрэ хаалан хаалар.
Кыбыстыы, саатыы киһи буолууга тириэрдэр үтүө санаа буолар. Саатар, кыбыстар, куһаҕан быһыылары оҥорбот буолуу киһилии быһыыланыыга тириэрдэр. Ол курдук оҕо аан маҥнайгы саатар, кыбыстар быһыыта кыбыытын кыамматыттан үөскээн олохсуйарын памперс көмөтүнэн суох оҥорон эрэллэр.
Киһи сирэйин таба көрбөт буолуохха диэри кыбыстыы, саатыы олус улахан куһаҕан быһыыны оҥордоҕуна саатар, кыбыстар майгыга кыра эрдэҕинэ үөрэммит киһиэхэ биллиэн сөп. Сирэй, кулҕаах кытарыыта куһаҕаны оҥорууттан кыбыстыыттан, саатыыттан эмиэ үөскүүр.
“Сирэйин тириитэ халыҥыы илик” эдэр киһи сирэйэ, кулгааҕа кытарыан, санаатын атыттарга биллэриэн сөп. Саатар, кыбыстар майгыны киһи хаһан баҕарар өйүн-санаатын күүһүнэн суох оҥорор кыахтааҕын бу этии биллэрэр.
“Сирэйин тириитэ халыҥаабыт” диэн этии киһи куһаҕан быһыыны оҥороро элбээбитин уонна олоруттан кыратык да санаарҕаан көрбөтүн биллэрэр. Киһи бу кыаҕа сирэйин тириитэ халыҥыырыттан тутулуктааҕын, ол аата элбэхтэ куһаҕаны оҥордоҕуна саатар, кыбыстар майгына суох буоларын, бу этии биллэрэр. Саныыр санаатын билиннэрбэт киһи сирэйэ кырдьык кытарбат буолуон сөп.
Киһи буолуу үөрэҕин сүрүн төрүтүнэн кыбыыны кыаныы буолар. Бу үөрэҕи оҕо саҥа улаатан иһэн ийэтин көмөтүнэн ситиһэр. Бу олох сүрүн үөрэҕин ситиһэргэ кыбыстыы, саатыы улаханнык туһалыыр. Ол курдук саатыы, кыбыстыы майгына баара киһилии быһыыланарга тириэрдэрин төрөппүттэр туһаныа этилэр.
Кыбыстыы, саатыы киһилии майгы сүрүн уратыта буолар, кыылларга сайдыбат. Арай ыкка кыра кыбыстыы, кутуругу кумуйуу, буруйданыы, куһаҕаны оҥорбуту билинии баара биллэр. Ыт кыбыстара үөрэтэргэ туһалыыр. Аныгы, дьиэҕэ сылдьар ыттар бары кэриэтэ тахсан киирии үөрэҕин баһылыыллар. Ыты күүлэйдэтии диэн аатынан ыт күүлэйдии таарыйа тахсан киирэрин ааттыыбыт.
“Па” сахаларга саамай куһаҕан дорҕоон. “Па”, “пахай” диэн куһаҕаны оҥоруу диэн тохтотуу, куһаҕаны оҥорума диэн үөрэтии саататыы, кыбыһыннарыы үөрэҕин төрүтэ буолар. Оҕо куһаҕаны оҥорбутуттан саатара, кыбыстара соннук куһаҕаны оҥоро турбатыгар көмө буолар. Дьахталлар оҕолорун аҕаларын “па-па” диэн куһаҕан дорҕоонноох тылынан ааттатаннар оҕо аҕатын аанньа ахтыбатыгар, этэр тылын истибэтигэр тириэрдэллэр.
Кыбыстыыттан киһи сирэйэ кытта кытарар. Киһи билэр куһаҕан быһыытын оҥордоҕуна ис санаата этигэр-сиинигэр дьайыытыттан хаанын баттааһына үрдээн сирэйэ кытарар. “Кулгааҕа кытта кытарар” диэн этии кыра аайы кыбыстан иһэр киһини биллэрэр. Дьон элбэхтик дьарыктананнар сирэйдэрин кытарарын биллэрбэт буоларга үөрэнэллэрин бары билэбит.
Аныгы тиэхиникэ үйэтигэр сымыйалыы олорор киһини билээрилэр этигэр-сиинигэр араас мээрэйдиир тэриллэри холбооннор, туох уларыйыылар тахсалларын мээрэйдээн билэр кыахтаннылар. Киһи этигэр-сиинигэр бэйэтэ билбэт да уларыйыылара; хаанын баттааһына, көлөһүнэ тахсыыта ыйытыкка таба эппиэттиириттэн тутулуктанан уларыйара, бу билэр-көрөр тиэхиникэ сайдыытыгар тириэртэ.
Эдэрдэри саатар, кыбыстар майгына суох буолууга үөрэтии билигин арҕааҥҥы дойдуларга тарҕанан сылдьар. Бу уларыйыыны оҕолорбут муҥкуктарын, килбиктэрин суох оҥорууга туһалыыр диэн сыыһа санааларыттан биһиги дьоммут эмиэ үтүктэ сатыыллар.
Олох сайдыыта диэн өйдөбүлү сыыһа саныырбытыттан оҕону иитиибит хайысхата сыыһа, аһара барыы, айыыны оҥоруу суолунан баран иһэр. Тугу да оҥордохторуна саатар, кыбыстар диэни билиммэт эдэрдэр элбээн иһэллэр.
“Айыы үчүгэй”, “айыыны оҥорон ис” диэн үөрэх саатыыны, кыбыстыыны суох оҥорон иһэр. Ол курдук эдэрдэр бары атыттар оҥорботторун, билбэттэрин, уратыны оҥоро охсоору, саҥаны айыыны оҥороору тиэтэйэллэр, ыксыыллар. Саамай түргэнник, эрэйэ суох оҥоруллар саҥаны айыыга сыгынньахтаныы тириэрдэринэн таҥаста-рын устан иһээччилэр элбээтилэр. Сааппат, кыбыстыбат эдэрдэр куруук тиэтэйэллэриттэн, ыксыылларыттан, элбэхтик сыыһа-халты тутталларыттан, аһара барыылары оҥороллоруттан куһаҕан быһыылары элбэтэллэр.
Онон саататыы диэн үөрэҕи оҕо улаатан иһэн хайаан да ситиһэрэ эрэйиллэр. Саатыы, кыбыстыы диэн киһи кыылтан, сүөһүттэн уратыта, киһилии майгыны ситиһэригэр тириэрдэр туһалаах майгына буолар.
СААРАТЫЫ
“Оҕону саарат эрэ” диэн кыра оҕону көрөргө анаан улахан оҕоҕо элбэхтик этэллэр. Туох эрэ оонньуурдары биэрэн оонньото сатааһын сааратыы диэн ааттанар. Бу олус былыргы ааттаах үөрэх кыра оҕону көрөргө анаан элбэхтик туттуллар эрээри, туохтан, ханнык өйтөн-санааттан сайдан тахсыбытын билии уустуктары үөскэтэр.
Бу олус былыргы үөрэх. Сааратыы диэн былыргы саар, улахан диэн тылтан үөскээбит, ол аата оҕоҕо улаатарга баҕа санааны иҥэрии, улахан оҕо өйүн-санаатын иҥэрэн биэрэн иһии үөрэҕэ буолар. Оҕо бүгүн билбитинээҕэр сарсын атыны, саҥаны билэн иһэрин үөскэтии, өйө-санаата сайдан, тупсан, эбиллэн иһэрин ситиһии сааратыы диэн ааттанар.
Оҕо өйө-санаата сайдан иһиитигэр бииртэн-биир уустугуран, тупсан иһэр оонньуурдарынан оонньуура өйө-санаата сайдан иһэрин түргэтэтэр кыаҕын сахалар билэннэр сааратыы диэн ааттаабыттар. Боростуой, тыаһыыр эрэ оонньууртан саҕалаан бэйэтэ сүүрэр массыынанан оонньуурга тиийдэҕинэ, өйө-санаата ол таһымҥа тиийэ сайдар. Улахан оҕо кыра оҕо тыаһыыр эрэ оонньуурдарынан сирэн оонньуу да сатаабат. Киниэхэ бэйэтин, улаатан иһэр көрдөбүлүгэр сөп түбэһэр оонньуурунан эрэ оонньуур.
“Кыра оҕо курдук буолума” диэн этии оҕо өйө-санаата тиийбит таһымыттан аллараа диэки түспэтин, төннүбэтин, намтаабатын ситиһэргэ аналлаах. Ол курдук улахан оҕо бэйэтэ оҥоруон сөптөөх быһыыларын кыайан оҥорбото кыра оҕо таһымыгар түһэриэн сөп.
Оҕо баар-суох биир баҕа санаатынан улаатан иһии буолар. “Тотто да тойон оҕото” диэн этии кыра оҕо баҕа санаата туолуутун биллэрэр. Оҕо улаатан иһэр баҕа санаатын сааратыы толорон биэрэн истэҕинэ табыллар. Саҥаны, солуну элбэҕи билии-көрүү өй-санаа сайдан иһиитигэр тириэрдэр. Тугу саҥаны аан маҥнай билбититтэн оҕо ийэ кута үөскээн, өйө-санаата сайдан иһэр. Оҕо улаатар баҕа санаатын толороору элбэх ыарахаттары, ол иһигэр бары-барыта тиийбэтин кытта холкутук тулуйуон сөп.
“Оҕом улахан оҕо буол” диэн төрөппүт баҕа санаата оҕотугар тиийдэҕинэ оҕото кыайбатын да кыайар кыахтанар, өйө-санаата түргэнник сайдар, ситиһиилэри оҥоруон сөп.
Тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорор, сатыыр буолуу оҕо улахан киһи өйүн-санаатын ситиһэн иһэрин биллэрэр. Оҕону иитии, үөрэтии сүрүн төрүтүнэн тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэтии, оннук үгэстэри иҥэрии буолар уонна киһи буолуу үөрэҕэ диэн ааттанар. Бу үөрэҕи ситистэҕинэ оҕо улахан киһи тугу оҥорорун барытын оҥорор кыахтанар.
“Улахан киһи оҥорорун барытын сатыыр буолла” диэн улаатан иһэр оҕону хайҕааһын саамай улахан, киһи буолууну ситиһэн иһэрин бэлиэтиир үтүө хайҕааһын буолар. Оҕону сайдыы, элбэҕи-билии көрүү диэки салайыы таба суолунан баран иһэрин биллэрэр.
Оҕону куруук “кыра оҕо курдуккун”, “сатаабаккын” диэн хомуруйуу оҕо санаатын түһэриэн, билиигэ-көрүүгэ тардыһыытын намтатыан сөп. Ол иһин туттуллубата ордук. Маннык хомуруйуу төрөппүт оҕотун иитэрэ, үөрэтэрэ хаалан иһэрин бэйэтэ билинэрин биллэрэр. Итини тэҥэ оҕону куруук “эн кыраҕын” диэн этэн атаахтатыы сайдан, улаатан иһэр оҕо өйүгэр-санаатыгар сөп түбэспэт, сайдыытын атахтыан, кыра оҕотугар төттөрү түһэрэн кэбиһиэн сөп. Сааратыы диэн үөрэҕи соччо-бачча өйдөөбөт эрээри, бары туһанабыт. “Оҕону саарат эрэ” диибит, оонньуурдары эрэ ылан биэрии курдук саныыбыт. Ону баара оҕо өйө-санаата сайдан истэҕинэ оонньуур оонньуурдара эмиэ уларыйан, тупсан, уустугуран иһиэхтээҕин туһунан аахайбаппыт. Оҕону сытар сирин да уларытан биэрии атыны көрөн-истэн аралдьыйарын улаатыннарар кыахтаах.
Оҕо оонньуура аһара элбиирэ куһаҕан. Хас биирдии оонньууру өр оонньоон, бу оонньуур ис дьиҥин иҥэринэн истэҕинэ өйө-санаата олохтоохтук сайдар. Бииртэн биир оонньууру быраҕаттаан иһиигэ тиийдэҕинэ, мээчик ордук туһалыыра кэлиэн сөп. Аһара элбэх оонньуур оҕо өйүн-санаатын сайыннарбат, хата төттөрүгэ үөрэтэр, көтүмэҕин, талымаһын, тугу да аанньа ахтыбатын улаатыннаран кэбиһиэн сөп.
Ханнык да үөрэх, билии оҕоҕо халлаантан түһэн кэлбэт, барытын бэйэтэ билэн-көрөн, истэн, оҥорон көрөн, боруобалаан үөрэнэр. Үчүгэй иитиилээх оҕо диэн кыра эрдэҕиттэн үчүгэй үгэстэргэ үөрэммит, барыны-бары улахан киһи оҥорорун курдук оҥорор-тутар, киһи буолууну баһылаан иһэр оҕо буолар. Ханнык да төрөппүт оҕотун куһаҕаннык быһыыланыыга үөрэппэт. Арай үчүгэй быһыылары оҥорорго үөрэппэккэ хаалларан, үөрэнэр кэмин аһаран кэбиһэллэриттэн, ийэ кута иитиллибэккэ хаалан хаалар буолла. Иитиллибэккэ хаалбыт ийэ кут араас быстах санааларынан туолуута куһаҕан майгыланыыга түргэнник тириэрдиэн, улаатан иһэн бэйэтэ булан куһаҕан быһыылары оҥорон, куһаҕан үгэстэнэн хаалыан сөбүттэн төрөппүттэр сэрэниэхтэрэ этэ. Оҕо атаҕар туран хаамыаҕыттан ыла улахан киһи буолбут курдук сананара үөскүүр. Бу кэмтэн ыла тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥоро үөрэнэрэ, киһи буолууну ситиһэн иһэрэ эрэйиллэр. Киһи буолуу үөрэҕэр бэрээдэккэ, сыыһа-халты туттубакка үөрэнии аан бастакынан киирэн сылдьар.
Онон оҕону сааратыы диэн оҕоҕо улаатан иһиигэ санаатын көтөҕүү, өйүн-санаатын ол диэки салайыы, тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго иитии, үөрэтии буолар.
САЛЫННАРЫЫ
Сахалар оҕону үөрэтэр үөрэхтэригэр саллыы, салыннарыы диэн өйдөбүллэр бааллар уонна кыралаан туттулла сылдьаллар.
Саллыы диэн оҕо бэйэтэ, көрөн, истэн чаҕыйыыта, кыратын, кыаҕа суоҕун билиниитэ ааттанар. Туох эмэ куттал суоһаатаҕына оҕо куотан быыһанарын билэр, ханна эмэ, орон анныгар эҥин, саһыан сөп. Баһаарга түбэспит оҕо ханна эрэ орон анныгар саһан хаалбытын буруо быыһыттан булуу олус уустугурар. Оҕо кыра эрдэҕинэ улахан дьонтон саллар, чаҕыйар. Оннооҕор улахан саҥа оҕону куттуур, чаҕытар. Улахан саҥалаах киһи оҕо сөбүлээбэт киһитигэр кубулуйар.
Оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр кэмигэр бэрээдэккэ, үчүгэйи оҥорууга үөрэтии туһата, тиийимтиэтэ ордук улахан. Оҕону бэрээдэккэ үөрэтэргэ толлоро, чаҕыйара эмиэ туһалаах эрээри, аһара барбата, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэрэ, ол аата оҕо майгынын уратытыттан тутулуктааҕа эрэ халыйан хаалбатын үөскэтэн, үчүгэйгэ тириэрдэр.
Оҕолор бары тус-туһунан майгылаахтар. Сымнаҕас майгылаах оҕоҕо көмө, көмөлөһүү, илиититтэн сиэтии, туох эмэ туһалааҕы оҥордоҕуна кыратык эмэ киһиргэтии, хайҕааһын, манньалааһын, тэптэрэн биэрии туттуллара табыллар.
Аһара барар майгылаах оҕону тохтотуу, туормастааһын, төһө да куһаҕаннык иһиллибитин иһин, хааччахтааһын эрэ киһи буолууга үөрэнэригэр кыах биэрэрин билэн, оҕо кыра эрдэҕиттэн майгынын уратыларын араас суол гороскуоптары туһанан төрөппүттэр билэн таба туһаныа этилэр.
Биһиги “Пифагор гороскуоба” диэн төрөөбүт күн чыыһылаларын эбэн оҥоруллар, суоттанар гороскуоп киһи майгынын быһаарыыга ордук сөп түбэһэр диэн этэбит.
Төрөппүттэр утуйбат оҕону араас “бүүлэринэн”, тыа кыылларынан куттууллар, хараҥаттан туох эрэ кэлиэ диэн салыннараллар. Онон-манан сымыйанан оҕону куттуур кырдьык сыыһа, куттамсах майгыланан, хараҥаны сөбүлээбэтэ олохсуйан хаалыан сөп. Билигин хараҥа да кэмҥэ дьоҥҥо улахан куттал суоһаабата биллэр.
Араас абааһыларынан, хараҥанан оҕону куттааһын куһаҕана элбэх. Оҕо улааттаҕына даҕаны хараҥаттан, абааһыттан чаҕыйара хаалан хаалбат, салла, чаҕыйа сылдьара үөскүөн сөп.
Киһи хаһан баҕарар хааччах иһигэр сырыттаҕына табыллар. Бэрээдэк диэн дьон бары сөбүлэһэн ылыммыт, сокуоҥҥа киллэрбит хааччахтара буолар. Сымнаҕас майгылаах оҕону бэрээдэккэ үөрэтии бэйэ көрдөрөн биэриитинэн эрэйэ суох ситиһиллэр, онтон аһара барар майгылаах оҕону бэрээдэккэ үөрэтиигэ ханнык эрэ хааччахтааһыны, тохтотууну туһаннахха эрэ табыллар. Ити сыалга сахалар былыр-былыргыттан кыра чыпчархай сыыһын, быһах кыынын быатын эҥин туһаналлар эбит. Кэлин оҕо улаатан бардаҕына “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи кытаанахтык тутуһуннарары тэҥэ, аҕата курун да ылан салыннарарга туһаныан сөп.
Оҕо аҕатыттан саллара бэрээдэги тутуһа үөрэнэригэр улахан туһалаах. “Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат” диэн этии оҕо өйө-санаата сайдан, киһи буолууну баһылыар диэри хааччах, көрүү-истии иһигэр сылдьыахтааҕын биллэрэр. Оҕо бэйэтин туттуна сылдьарыгар, бэрээдэги тутуһарыгар “Аҕам мөҕүө” диэн саллар санаата улахан көмөлөөҕө биллэр.
Буруйу оҥорбут оҕоҕо аҕата хайдах туттунан олороро эмиэ суолталаах. “Суос бэринэн олорор” диэн этии аҕа кыыһырбытын биллэрэн олорорун оҕотугар тириэрдэр.
“Күөх оту тосту үктээбэт” уол да, кыыс да оҕолор бааллар, элбэхтэр. Кинилэр куруук бэрээдэктээх, мэниктээбэт, көрсүө, сэмэй буоланнар учууталлартан хайҕана сылдьыахтарын сөп. Ол эрээри сытыы, биир сиргэ таба олорбот, элбэх хамсаныылаах оҕолор эмиэ элбэхтэр. Уолаттар үксүлэрэ маннык майгылаахтар уонна дьахтар иитээччилэртэн, учууталлартан куруук кэриэтэ тохтотулла, мөҕүллэ сылдьалларыттан сайдыыны ситиһэллэрэ хааччахтанар, өйдөрө-санаалара хам баттанар.
Уол оҕоҕо аҕатын оруола үрдүгэ, киниттэн саллара бэрээдэги кэспэтигэр, буруйу оҥорботугар сүрүн тутулук буолар. “Аҕам мөҕүө” диэн санаа куһаҕан быһыылары оҥорортон туттунарга көмөлөһөрүн төрөппүттэр туһаныахтара этэ. Кэлин, оҕо улааппытын кэннэ, сыыһа-халты туттунарыттан улаханнык хомойботторун, таҥара накааһыгар түбэспэттэрин туһугар, оҕолоро бэрээдэги тутуһар, көрсүө, сэмэй буола улаатарын кыра эрдэхтэриттэн үөрэтэн ситиһиэ этилэр.
Кыратыттан иитиллибит ыт иччитин хаһан да ытырбат, үрдүгэр түспэт. Бу этии оҕону иитиигэ эмиэ сыһыаннаах. Оҕо төрөппүтэ этэрин хаһан баҕарар истэрин, толорорун туһугар кыра эрдэҕинэ иһитиннэрэ, толорторо үөрэтии туһата улахан. Ол аата соннук үгэс үөскээн оҕо өйүгэр-санаатыгар олохсуйарын, иҥэрин туһаныллар.
Салыннарыы диэн салгыны охсон чыпчархайы тыаһатан, иһитиннэрэн биэрии, манан таһыйыам диэн куру көрдөрүү буолар. Оҕо кыра буолан бэйэтэ да салларын улаатыннаран биэриигэ салыннарыы туһалыыр. Буруйу оҥордоххо, бэрээдэги кэстэххэ туох эрэ куһаҕан эппиэтэ кэлэрин биллэрии салыннарыы диэн ааттанар. Салыннарыы бэрээдэккэ үөрэтиигэ көмөтө улахан. Куһаҕаны оҥорортон кэлэр эппиэтинэстэн, иэстэбилтэн оҕо саллара, чаҕыйара, “Аҕам мөҕүө”, “Ийэм сөбүлүө суоҕа” диэн санаата сыыһа-халты туттунарын тохтотунарыгар, туттунарыгар көмөлөһөрүн төрөппүттэр оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ кутун иитэн туһаныа этилэр.
Оҕо кыра эрдэҕинэ улахан киһиттэн бэйэтэ да саллар, чаҕыйар. Кыра оҕо билбэт киһититтэн кырдьык саллар. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ салыннарыы эмиэ сөп түбэстэҕинэ эрэ табыллар. Ол аата салыннарыы аһара барара оҕону иитиигэ халыйыыны үөскэтэриттэн сэрэннэххэ табыллар, оҕо муҥкук буолан хаалыан, ситиһиини оҥороро аҕыйыан сөп.
“Көҥүлүнэн барбыт оҕо” кырдьык даҕаны туохтан да, кимтэн да саллыбат, тугу да оҥороруттан туттуммат буолуон сөп. Киниэхэ ханнык да хааччах суоҕуттан араас куһаҕан да быһыылары оҥорор кыахтанан хаалыан сөбө төрөппүттэри санаарҕатыа этэ. Ол аата оҕо улаатан иһэн сыыһа-халты туттунан быстах быһыыга түбэстэҕинэ олус улахан ночооттоох төрөппүттэр хаалалларын билиниэхтэрэ этэ.
Кыра оҕону аһара салыннаран, чаҕытан кэбиһии куһаҕан, муҥкук, бэйэтин иннин кыайан көрүммэт, кими эрэ батыһа сылдьар киһи буола улаатыан сөп. Салыннарыы оҕо улаатан иһэригэр сөп түбэһэрэ табыллыа этэ. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕинэ кыра чыпчархай сыыһыттан саллар, онтон улаатан эрэр уол аҕатын куруттан эрэ чаҕыйыан сөп. Улахан да киһи куһаҕаны, буруйу-сэмэни оҥороруттан хаайыыга, буруйга түбэһиэм диэн салла сылдьара эмиэ туһаны оҥорор. Ол аата оҕо, киһи хаһан баҕарар туох эмэ салларданнаҕына олохторо ордук табылларын билиэхпит этэ.
Кыра оҕону салыннарыы куһаҕан курдук саныырбыт сыыһа. Оннооҕор улахан, төһө эмэ үөрэхтэри бүтэрбит дьон куһаҕан быһыыны оҥороллоруттан, хаайыыга түбэһэллэриттэн саллаллар. Ол аата салыннарыы киһи үйэтин тухары дьайа сылдьар быһыы буолара хаһан да хаалан хаалбат.
Салытыннарыы диэн кэһэтэн үөрэтии биир салаата буолар. Эмискэ, көһүппэтэх өттүттэн туохха эмэ соһуччуга түбэһиннэрии салытыннарыыны үөскэтэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн бэрээдэги кэстэҕинэ ханнык эмэ кэһэтии, муннукка туруоруу эҥин курдук баара, бэрээдэги кэһэриттэн туттунарга үөрэтэр. Бэрээдэги тутуһуннарааччы төрөппүтүттэн оҕо саллара, чаҕыйара туох да куһаҕана суох. Аныгы сокуоннар дьайыылара, ыстараап, хаайыы эҥин син-биир салыннарыы дьайыылаахтар.
Киһи туохтан эмэттэн салларданнаҕына, чаҕыйарданнаҕына олоҕор табыллар, туттунар күүһэ үөскүүр. Салытыннарыы аһара барбатаҕына туһаны аҕалара элбэх. Улахан дьон бэрээдэги кэстэхтэринэ хаайыыга түбэһэллэрин билэллэр, онтон саллаллар, ол иһин бэрээдэги кэспэттэр, туттуналлар. Ол барыта хаайыы олоҕо куһаҕаныттан, ыараханыттан тутулуктаах. Ким да хаайыыга түбэһиэн баҕарбат, онтон саллар. Ол иһин аһара барар өйдөөх-санаалаах оҕо кыра эмэ салларданара ордук.
Төһө эмэ сайдыы кэллэ диибит даҕаны киһи өйө-санаата сайдыыта онтон кыайан уларыйбат. Олохпут сайдан, өйбүт-санаабыт тупсан истэҕинэ саллыы оннооҕор государстволар икки ардыларыгар дьайыыта тиийэр буолла. Улахан атомнай буомбалаах дойдуларга ким да саба түспэтэ саллыыттан тутулуктаах. Ол курдук улахан буомба эһиннэҕинэ радиацията киэҥ сири хабыан сөбүттэн көмүскэнэр кыах чахчы суоҕа саллыыны үөскэтэн улахан сэрии буолан хааларын тохтотор.
Онон салыннарыы диэн оҕону иитиигэ туттуллар былыргы ньыма билигин даҕаны суолтатын сүтэрэ илик, аныгы дьоҥҥо ордук туһалыан сөп. Бэрээдэги кэстэххэ ханнык эрэ эппиэтинэс, иэстэбил кэлэрэ саллыы туһата улаханын быһаарар.
АЙЫЫНЫ ОҤОРУУ КУҺАҔАНА ЭЛБЭХ
Перестройка кэнниттэн олох уларыйыытыгар суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна араас учуонайдар урутаан түһэн, мунньахтаан баран сахаларга итэҕэл оҥордубут диэн этиммиттэрэ. Бу оҥоруу, онтон-мантан була сатаан оҥоруллубут “айыы үөрэҕэ” диэн ааттанан сахалар былыргыттан билинэр таҥара итэҕэллэрин элбэхтик токурутарын, атын өйдөбүллэри киллэрэрин быһааран “Чолбон” сурунаалга суруйбуппут. (6,70).
Билигин төһө эмэ кэм ааспытын кэннэ бу “эрбэхтэн эмэн”, мунньахтаан оҥоруллубут итэҕэл сыыһалара, “айыы үчүгэй” диэн токурутуулара эдэрдэри куһаҕаны элбэхтик оҥоруу диэки үтүрүйэн сыыһа-халты туттунууларын элбэтэн эрэллэрин быһааран дьоҥҥо тириэрдии ирдэнэр кэмэ кэллэ.
Айыыны, киһи билбэтин оҥоруу куһаҕана элбэҕин үлэ дьоно, бэйэлэрэ тутан-хабан оҥорор дьон ордук билэллэр, олохторугар быһаччы дьайарынан сэрэнэ сатыыллара элбэх. Холобурга, суоппар хас биирдии суол быраабылатын кэһиитэ, суол бэлиэлэрин тутуспакка айаннааһына айыыны, дьон оҥорботторун оҥоруута буолан сыыһа-халты туттунууга, абаарыйаҕа тириэрдэрэ элбэх.
Айыыны оҥоро сатыыр суоппар өссө аһара түргэнник айанныан сөп. Ол иһин дьон олорсуохтарын да баҕарбаттар, суол быһылаан-нарыгар түбэһэллэриттэн чаҕыйаллар. Суоппар суол бары быраабы-лаларын халбаҥнаабакка тутуһан массыынатын ыытыахтаах, ол аата куруук киһи оҥорорун курдук оҥордоҕуна, киһи быһыытын тутуһан айаннаатаҕына эрэ табылларын билиэ этибит. Билигин биһиэхэ суол быһылааннарыгар түбэһэн олус элбэх эдэр киһи өлөр, эчэйэр. Араас абаарыйалары, сыыһа-халты туттунуулары суол быраабылаларын тутуспат, ол аата айыыны оҥоро сатыыр суоппардар оҥороллор.
Элбэх массыына ааһар суолун сатыы киһи аналлаах бэлиэлээх сиринэн туоруура бэйэтин доруобуйатыгар кутталы оҥорботун таһынан алҕаска түбэһэн хаалар суоппары эмиэ харыстыыр. Сатыы дьон бары дьон сылдьар сирдэринэн, ол аата киһи курдук сылдьаллара араас абаарыйалар аҕыйыылларыгар тириэрдэр. Төрөппүттэр оҕолорун суол быраабылатын тутуһарга үөрэтэллэрэ билигин ирдэнэр көрдөбүлгэ кубулуйда.
“Мин эрэ бэрпин”, “Атыттартан уратыбын” диэн санаалаах саҥаны айыыны оҥоро сатыыр эдэр киһи ааһан эрэр массыына иннинэн сүүрэн туоруу, бэйэтин уратытын көрдөрө сатыан сөп. Бу көрдөрө сатааһына суол быраабылатын кэһии, куһаҕан быһыы уонна киһи оҥорбот быһыытын оҥоруу, айыыны оҥоруу буоларын аһара барыыга иитииллибит киһи табан өйдөөбөтө сөп.
Сатыы киһи суол быраабылатын кэһэн уулууссаны хайа талбыт сиринэн туоруу сатыыра дьон оҥорбот быһыыларын оҥоро сатааһын, ол аата саҥаны айыыны оҥоруу буолар. Оҕолор ааһан иһэр массыынаҕа киирэн биэриилэрэ элбээһинэ айыыны, киһи билбэтин, оҥорботун оҥоро сатааһыннара элбээһиниттэн быһаччы тутулуктаах. “Айыыны оҥор”, “айыы үчүгэй” диэн үөрэтии оҕо сыыһа-халты туттунарын үксэтэн быстах быһыыга киирэн биэрэрин элбэтэр.
Мас кэрдээччи хас биирдии тиитин үөрэтэн, хайа диэки иҥнэритин, мутуга элбэҕин, тыал хантан үрэрин, күүһүн быһааран баран, охторор сирин көрөн-истэн сыаналыыр уонна олуктуу эрбэтэн суулларар. Үлэһит киһи хас биирдии хамсаныыта барыта былыр-былыргыттан олоххо киирбит, дьон бары хайаан да оҥорор быһыыларыгар киирсэллэр. Балары тутуспакка, саҥаны айыыны оҥорон, тиит ханна сууллан түһэрин ситэ сыаналаабакка охторон, утары турар тииккэ түһэрдэххэ, мас тостон охторооччуну бэйэтин дэҥниэн сөп.
Үлэлии-хамсыы сылдьар киһи айыыны оҥороро табыллыбата элбэх. Киһи билбэтэ, оҥорбото диэн отой аҕыйаан турар. Ол иһин киһи оҥорбот быһыылара барылара кэриэтэ куһаҕан быһыыларга киирсэллэр. Бары үлэ биэрээччилэр үлэһити эрдэттэн сэрэтэн, киһиттэн атыннык оҥорон сыыһа-халты туттубатын үөскэтэллэрэ “техника безопасности” диэн ааттанар уонна хайаан да туттуллар.
“Айыыны оҥор”, “айыы үчүгэй” диэн үөрэх, айыыны өрө тутуу суол быраабылаларын тутуспат, хайдах эмэ аһара баран, түргэнник айаннаан дуу, хайаан дуу дьон оҥорботторун оҥоро сатааһыны үөскэтэр, элбэтэр. Ол иһин бу сыыһа үөрэх абаарыйалар элбээһиннэригэр быһаччы тириэрдэрин билэн тохтотуу эрэйиллэр.
Үчүгэйи да оҥороору сыыһа-халты туттунуу, бу дьыаланы куһаҕаҥҥа кубулутарын, куһаҕан содулланан тахсарын бэйэлэрэ оҥорбот, туппат, ол куһаҕантан эрэйдэммэт эрээри, “үчүгэйбит” дии сананар кумааҕы үлэһиттэрэ дьон арааран билбэттэр.
Холобурга, дьиэ тутуутугар үлэни аҕыйатар сыалтан үлэһиттэр сылдьар муосталарын кэмигэр үрдэтэн биэрбэтэххэ, дьон оҥорорун курдук оҥорботоххо, ол аата саҥаны айыыны оҥоро сатаатахха, үлэ бытаарарын таһынан үлэһит дөлбү түһүөн, истиэнэ маһын мүччү тутуон, дэҥнэниэн сөп.
Оҕо айыыны оҥорор уратытын, кыаҕын саҥа тоҥмут чараас мууска киириитэ чуолкайдаан быһаарар. Улахан киһини муус 7 см халыҥнаах буола тоҥноҕуна уйар диэни дьон бэйэлэрин уопуттарынан быһааран быраабыла оҥорон туһана сылдьаллар. Бу быраабыланы тутуһар киһи, дьон оҥорорун курдук оҥорор киһи буолар уонна муус алдьанарыттан ууга түһүмүөн сөп. Ол аата муус чараас эрдэҕинэ мууска киирэр киһи саҥаны айыыны, дьон оҥорботторун оҥорор, ол иһин мууһа тостон ууга түһүөн сөп.
Оҕону “айыыны оҥор” диэн этии өссө куһаҕаҥҥа тириэрдэр. Оҕо ыйааһына кыратынан туһанан муус өссө чараас эрдэҕинэ киирэн көҥүл оонньуур кыахтааҕа, ити быраабыланы тутуспатыгар тириэрдэринэн, оҕолор ордук элбэхтик ууга түһэллэрин үөскэтэр. Ол иһин оҕону итинник айыыны оҥорума диэн ордук кытаанахтык этии, кэтээн көрүү, үөрэтии ирдэнэр.
Оҕо киһи оҥорбот быһыыларын оҥороро ордук куһаҕан содуллаах. Ону-маны билиэн-көрүөн баҕата элбэх уол оҕо туох эмэ уратыны, саҥаны айыыны оҥороору дэлби тэбиилэринэн үлүһүйдэҕинэ сыыһа туттан олорор дьиэтин тоҕо тэптэриэн сөп. Хантан эрэ граната булан аҕалан дьиэлэригэр тоҕо тэптэрээччи оҕолор бааллар. Бу оҥорор быһыытыттан туох содул үөскээн тахсарын ситэ билбэтиттэн оҕо аналлаах көмүскэллээх буолуо этэ. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн сахалар этиилэрэ оҕону дьон билбэт, оҥорбот быһыыларын оҥороруттан тохтотор, ол иһин харыстыыр аналлаах этии буолар.
Оҕо бары оҥорор быһыыларын бэйэтэ оҥорон боруобалаан көрөн ылынар, өйүгэр хатыыр. Быччыҥнара хамсыылларыттан этигэр-сиинигэр буор кут үөскээн олохсуйан иһэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн хамсаныыларынан эрчиллэн буор кутун эрчийэр. Буор кут төрөппүттэн оҕотугар, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр соҕотох кут буолар.
Оҕо туох саҥаны билбитэ барыта айыы буолан ийэ кутун үөскэтэр, өйө-санаата кыра эрдэҕиттэн эбиллэн иһэр. Урут билбэт быһыыны саҥаны, аан маҥнай оҥоруу айыы диэн ааттанар. Оҕо өйүгэр-санаатыгар айыы буолан умнуллубат гына өйдөнөн хаалар, ийэ кутун үөскэтэр. Аныгы наука быһаарыытынан саҥаны оҥоруу, билии киһи мэйиитигэр нейроннар саҥа сибээстэрин олохтуур, ол иһин ордук дириҥник өйдөнөр, умнуллубат, иҥэн хаалар. Наука бу быһаарыыта сахалар өй-санаа, кут-сүр үөрэхтэрэ оҕо өйө-санаата, ийэ кута сайдыытын, үгэстэр үөскээһиннэрин олус былыргы кэмнэртэн табатык быһаарарын бигэргэтэр.
Урут киһи оҥорбут быһыыта, бэйэтин кэмигэр ураты быһыы үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана быһаарылыннаҕына үчүгэй, үрүҥ айыы эбэтэр куһаҕан, хара айыы диэн араарыллан ааттанар, дьон олору билэллэриттэн үчүгэйин эрэ талан оҥоро сатыыллар, куһаҕанын оҥорботтор, хааллараллар, умналлар, ол иһин үчүгэй элбээн иһэр.
Онон сахалар таҥараларын үөрэҕин “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этиилэрин дьон бары тутуһаллара уонна оҕолорун үөрэтэллэрэ хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи биһиги соннук ааттаах үлэбититтэн булан туһаныахха сөп. (7,24-38).
Оҕо сыыһа-халты туттунара өйүн-санаатын туругуттан ордук улахан тутулуктаах. Өй-санаа үөрэҕин “айыы үчүгэй” диэн этэн оскуолаларга сыыһа үөрэтиини төрөппүттэр тохтотуохтара этэ. Ол курдук баар-суох оҕолорун сыыһа-халты туттунуутуттан, айыыны оҥоруутуттан төрөппүттэр эрэ аан бастаан эрэйгэ тэбиллиэхтэрин сөп. Бэйэлэрин “үчүгэйбит” диэн сананар учуонайдар, тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар онно эрэ кыһамматтар, оҕолор өйдөрүн-санааларын харыстаабаттар, сыыһа үөрэтэн, аһара барыыга халыта сылдьаллар.
Онон оҕо оҥоро сатыыр элбэх саҥаны айыылара үгүстүк куһаҕаны элбэтэриттэн сахалар оҕолору харыстаан “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэллэр.
ОҔО АЙЫЫНЫ ОҤОРОРО КУҺАҔАНЫ ЭЛБЭТЭР
Саха дьонун таҥараларын үөрэҕэ олус дириҥ билиилэри тутуһар. Оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн аналлаах хааччаҕы тутуһары ирдиир.
Сахалыы таҥара үөрэҕэр киһи билэр, оҥорор быһыылара барылара киһи быһыыта диэн ааттаналлар. Киһи быһыытын тутуһар киһи киһи быһыылаах диэн ааттанар. Сахалар бары киһи быһыылаах буолууга дьулуһууларын киһи таҥара үөрэҕэ иҥэрэр.
Киһи билбэт буолан оҥорбот быһыылара айыы, саҥаны айыы буолан тахсалларын саха киһитэ барыта билэр. Төһө да баҕарбатахпыт иһин айыы икки аҥы арахсар; табылыннаҕына үчүгэй буолар, онтон табыллыбатаҕына куһаҕаҥҥа кубулуйар. Дьон бары уһун үйэлэр тухары үчүгэй быһыылары талан оҥоро сатыылларыттан үчүгэй быһыылар аһара үксээбиттэр, ол иһин киһи оҥорбот быһыылара бары кэриэтэ куһаҕаны элбэтэллэр.
Оҕо туох өйүгэр көтөн түспүтүн, бу быһыыттан туох содул үөскүүрүн арааран билбэккэ эрэ оҥорон кэбиһэр кыаҕа аһара улахан. Өйө-санаата ситэ сайда, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран билэ илигинэн оҥоро сатыыр саҥаны айыылара олус элбэхтик куһаҕан буолан тахсаллар. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ анаан аналлаах хааччаҕы оҥорор, “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэн сыыһа туттунарыттан харыстыыр. Аныгы бэчээт суруйууларыттан оҕо оҥорор айыылара хайдах айыылар буолан тахсалларын билэр кыахтанабыт:
- Подольскай куорат администрациятын пресс сулууспата биллэрэринэн 7№-дээх гимназияҕа биир үөрэнээччи оскуола иһигэр баллончиктан гаһы ыстаран кэбиспититтэн 14 оҕо эчэйбит, 6 оҕо быраастар көрүүлэригэр киирбиттэр.
- Москва уобалаһыгар Ногинскай оройуон Богородскай гимназиятыгар оҕолор охсуһалларыгар 14 саастаах оҕону быһаҕынан дэҥнээбиттэр.
- Красноярскай куоракка 14 саастаах үөрэнээччи бииргэ үөрэнэр оҕолоругар витамин диэн ааттаан ханнык эрэ таблеткалары сиэппититтэн сотору кэминэн 6 оҕо ыалдьыбыттар. Скорай көмөнү ыҥыран балыыһаҕа киллэрбиттэр.
- Дагестан республикатын Цумадинскай оройуонун Агвали дэриэбинэтин оскуолатыгар оҕо гранатаны эспит. Биир оҕо өлбүт 11 оҕо дэҥнэммит диэн республика МВД-та биллэрбитэ.
- Россия президенэ В.В.Путин бэлиэтээбитинэн саастарын ситэ илик наркоманнар ахсааннара 60 бырыһыанынан эбиллибит. Итини тэҥэ кини Россияҕа 600 тыһыынча наркоманнар баалларын статистика билинэрин, онтон атын дааннайдарынан кинилэр ахсааннара 2 мөлүйүөнтэн ордугун эттэ.
- Свердловскай уобалас Октябрьскай дэриэбинэтигэр олохтоох 12 саастаах үөрэнээччи утуйууттан уһуктубут ежигы тутан ылан таҥас суумкаҕа уган илдьэн испит. Бу иһэн этиһэ сылдьар, тапсыбат бииргэ үөрэнээччитин көрсөн ежиктаах суумкатынан охсон бааһырдыбыт. Бааһырбыт оҕо ийэтэ полицияҕа үҥсүбүт.
- Свердловскай уобаласка алта оҕо эми сиэн сүһүрбүттэрин түргэнник балыыһаҕа киллэрбиттэр. Тыаҕа күүлэйдии сылдьаннар көҥүлэ ааспыт сөтөл эмтэрин булан ылан сиэбиттэриттэн куһаҕан буолан барбыттар. Билигин быраастар көрүүлэригэр сылдьаллар.
- Свердловскай уобалас биир дэриэбинэтигэр улаатан эрэр үс уолаттар дьон көмүллэр сирдэригэр содуом оҥорон сүүстэн тахса могила пааматынньыктарын алдьаппыттар. Бу 2006 уонна 2004 сыллаахха төрөөбүт уолаттар толорута суох кэргэҥҥэ иитиллэр эбиттэр. Үһүөннэрин туппуттар уонна уголовнай дьыала тэрийбиттэр. Өлбүттэр аймахтара могилаҕа уурар кэмпиэттэрин ылан сиир санааламмыттара табыллыбатаҕар кыһыйаннар пааматынньыктары алдьаппыттар. Полицейскайдар оҕолорун киһилии быһыыга ииппэтэх уолаттар төрөппүттэрин эппиэккэ тардар санаалаахтар.
- Челябинскай уобалас Златоуст куоратыгар 12 уонна 13 саастаах уолаттар бииргэ сылдьар 9 саастаах кыыстарын биир быраҕыллыбыт дьиэҕэ сылдьаннар кырбаан баран күүһүлээбиттэр.
Оҕо айыыны оҥороруттан олус улахан содуллаах куһаҕан быһыылар үөскээн тахсаллара элбээбитин солуннартан истэбит, көрөбүт. Саха сиригэр оҕолор оҥорор куһаҕан быһыыларыгар бэйэлэригэр тиийиниилэрэ элбээбитэ ордук улаханнык санаарҕатар. Маннык улахан куһаҕан быһыылар үөскүүллэригэр айыы диэн тылы “үчүгэй” диэн ааттаан сыыһа туһаныы сабыдыала улаханын сахалар таҥараларын үөрэҕэ арыйан дьоҥҥо тириэрдэр.
Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна сорох учуонайдар була сатаан оҥорбут “айыыларын үөрэҕэ” оҕону иитиигэ оҥорор куһаҕана арыллан дьон билиитигэр тахсан иһэр. Былыр-былыргыттан көрсүө, сэмэй майгылаах, сиэри тутуһар сахалар “айыы үөрэҕин” куһаҕан сабыдыалыгар түбэһэннэр, оҕолорун иитиигэ улахан халыйыыны үөскэтиигэ тиийэн эрэллэр.
Элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” сабыдыала оҕолорго тиийэн кинилэр оҥоро сатыыр саҥаны айыылара куһаҕан буолан тахсаллара элбээн иһэр. Оҕо оҥорор айыылара куһаҕан буолан тахсалларыттан аан бастаан төрөппүттэр эрэйдэнэллэр, улахан ночоокко түһэллэр. Бу оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар куһаҕан өттүгэр халыйыыны үөскэтэр “айыы үөрэҕин” төрөппүттэр тохтотоллоро ирдэнэр.
Онон саха сирин үөрэҕин министерствота айыы диэн тыл бары суолталарын табатык быһааран оҕо иитиитигэр “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн былыргы өйдөбүлүнэн туһаныыны киллэрэрэ эрэйиллэр.
ООННЬУУ
Оҕо өйө-санаата сайдыытыгар ханнык оонньуурдарынан уонна туох оонньуулары оонньообута олус улахан оруолу ыларын аахайбакка сылдьабыт. Кыра оҕо тугу оонньууруттан үгэстэр үөскээн ийэ кутун үөскэтэллэрин, онтон ол үгэстэр оҕо улааппытын да кэннэ бэйэтин салайа сылдьалларын сахалар сайдан иһэр кут-сүр үөрэхтэрэ быһааран дьоҥҥо тириэрдэр.
Оҕолорбут улаатан истэхтэринэ олохтон, тыа сирин үлэтиттэн-хамнаһыттан тэйэн иһиилэрэ кыра эрдэхтэринэ ийэ куттарыгар олох, үлэ туһунан үгэстэр иҥэриллибэттэриттэн үөскүүрүн сахалар кут-сүр үөрэхтэрин сөргүтэммит саҥа биллибит.
“Оҕо оонньоон-оонньоон киһи буолар” диэн этиини олус көнөтүнэн ылынарга киирэн хаалбыппытыттан оҕолорбутун олоххо-дьаһахха быһаччы сыһыаннаах оонньуурдарынан оонньоппот эбиппит. Ханнык эрэ омуктар кылапачыгас оонньуурдарынан уонна саха сиригэр суох араас кыылларынан оонньотортон, оннук үгэстэр үөскүүллэриттэн тыа сириттэн эдэрдэр бараллара элбээтэ.
Оҕо оонньуура аналлаах сыалы-соругу ситиһиигэ туһуланыа этэ. Былыргы оҕолор мас ынаҕынан, оҕуһунан, атынан оонньууллара, бу оонньуулар ити кыыллары көрүүгэ-истиигэ кыра эрдэхтэриттэн үөрэтэр, оннук үгэһи иҥэрэр аналлаах эбиттэрин умнан кэбиспип-пититтэн аныгы оҕолорбут тыа сиригэр үлэлииллэрин, олороллорун сөбүлээбэттэрэ үөскээн улаатарыттан тыа сириттэн бараллар.
Мас ынахтары кэккэлэччи туруортаан, ыам кэмэ кэллэҕинэ ыан, ньирэйдэрин эмнэрэргэ, тардарга оҕо оонньуу үөрэммитэ үгэс буолан ийэ кутугар уурулуннаҕына сүөһүнү сөбүлүүрэ кыра эрдэҕиттэн көрөр-истэр кыаҕа улаатар. Хонууттан хомуйан ыам кэмигэр сайылыкка аҕалыы бэйэтэ туспа үлэ көрүҥэ буолан ынаҕы хомуйарга, көрдүүргэ, буларга, ыам кэмин хойутаппакка үөрэтэр.
Ыаллаах буола оонньооһун, улахан дьон олохторун үтүктүү, кыра оҕону көрүүгэ-истиигэ үөрэнии, сааратыы олус улахан оруоллааҕын туһамматтан аныгы оҕолорбутугар ыал буолуу үгэһэ иҥэриллибэккэ хаалар. Ыал буолаат да эдэрдэр арахса охсоллор, оҕолорун кыайан ииппэттэр, көрбөттөр, сорохтор букатын да ыал буола сорумматтар. Ыал буола оонньооботторуттан соҕотох оҕолор улааттахтарына эмиэ соҕотох буолар дьылҕаланаллар.
Оҕо улаатан бэйэтэ туспа ыалы тэринэригэр кыра эрдэҕинэ ыаллаах буола оонньоон оннук үгэһи ийэ кутугар үөскэтинэрэ олус туһалаах. Манна араас таҥас сыыстарынан кыра оҕолору, кокууккалары оҥостон, олору көрө-истэ, саарата, утута оонньуура үгэһи үөскэтэн, кэлин ыал буолан олох олороругар көмөлөһөр.
Туох эмэ араас маһынан уһана, дьиэ тута оонньооһун оҕо улааттаҕына үлэһит, тутааччы, уус буоларыгар көмөлөһөр. Кыра эрдэҕинэ оонньооһунтан оннук үгэстэр үөскээннэр оҕо ийэ кута иитиллэригэр тириэрдэллэр. Сааланыы, булчут буола оонньооһун бултуур ньымаларга кыра эрдэхтэн үөрэниини саҕалыыр. Оҕо аралдьыйдын, мэниктээбэтин, оонньоотун эрэ диэн ханнык эрэ биллибэт, туох да туһата суох кылапачыйар оонньуурдарынан, Саха сиригэр суох араас биллибэт кыылларынан, үлэҕэ-хамнаска туһата суох роботтарынан, массыыналарынан оонньоторбут элбээһиниттэн оҕолорбут бэйэбит олохпутугар сыһыана суох дьон буола улааталлар, тыа сирин үлэтин-хамнаһын сөбүлээбэттэрэ үөскүүр.
Куһаҕан үгэстэргэ үөрэнии эмиэ кыра эрдэхтэн саҕаланар. Төрөппүттэр кыра оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр дьиэ иһигэр арыгылыыр дьону үтүктэр күүһэ олус улаханын билиэ этилэр. Манна итирбит дьон ырыалара, үөрэллэрэ-көтөллөрө, араастаан хамсанан үҥкүүлүүллэрэ, кураанах бытыылкалар төкүнүйэллэрэ өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыы буолан умнуллубат үгэскэ кубулуйан өйдөнөн хаалар кыахтаахтар.
Курустаал таас үрүүмкэлэр лыҥкынас тыастара, сампааныскай арыгы тоҕо тэбэн эстэрэ, кураанах бытыылка муостаҕа төкүнүйүүтэ бары холбоон оҕо өйүгэр-санаатыгар саҥаны айыы буолан хаһан да умнуллубат гына ийэ кутугар иҥэн хаалаллар. Оҕо ымсыырар санаатыттан, көөчүк дьайыытыттан, бу үөскээбит үгэһэ улаатан баран арыгылыырын, көрүлүүрүн сөбүлүүр киһиэхэ кубулутуон сөп.
Дьиэлэригэр табаах тардар төрөппүттэр оҕолоро табаахсыт буолан хаалар кыаҕа чахчы улаатар. Ол курдук оҕо улахан дьону үтүктэ оонньууругар хайаан да табаах тардыыны үтүктэн тугу эмэ ытыра, соппойо сылдьара элбиир.
Оҕо улаатан истэҕинэ өйө-санаата сайдан иһэринэн оонньуура эмиэ уларыйан биэрэн иһиэ этэ диэн этэбит эрээри, оҕо оонньуура элбэҕэ суох буолара ордук. Ол курдук хас биирдии оонньууру өр оонньоон, үгэс оҥостунан иҥэриниэр диэри төһө эмэ элбэх бириэмэ наада буолар. Манна оҕо өйө-санаата сайдыытыгар оонньуура уларыйан иһиитэ арыыйда эрдэлээн истэҕинэ, өйүн-санаатын күүскэ сайыннарар кыахтаах.
Оҕону кыра эрдэҕинэ иитии, үөрэтии бу кэмҥэ ийэ кута иитиллэринэн ордук улахан суолталааҕын төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ. Былыргы кэмнэргэ сахалар өй-санаа үөрэҕин тутуһар эрдэхтэринэ оҕону кыратыгар хара харахтаахха көрдөрбөккө иитэллэрэ, ийэ кута иитиллэриттэн тутулуктаах. Оҕо өйө-санаата сайдыытын, ийэ кута үөскээһинин кэмин кут-сүр үөрэҕин туһанан таба быһааран, аһаран кэбиспэккэ иитиигэ, үөрэтиигэ төрөппүттэр туһаналлара ирдэнэр. Оҕону хайдах оонньотор туһунан төһө эмэ элбэх учуонайдар эмиэ дьарыктаналлар эрээри, оҕоҕо ийэ кута үөскээһинин билбэттэринэн оонньуур туһатын быһаара сатааһыннара барыта үрдүттэн, саба быраҕан оҥоруллар, кыра эрдэҕинэ бэрээдэккэ үөрэтиллэрэ ордук туһалааҕын туһунан биир да тылы эппэттэр.
Биһиги оҕону оонньотууга сыһыаннаах этиилэрбитин хаһыакка бэчээттэммит учуонайдар этиилэригэр тэҥнээн көрөр кыах баар буолла. Учуонайдар кыра киһи улаатар сааһыгар оруобуна сөп түбэһэр оонньуурдардаах буоллаҕына сайдыыта тэтимирэр, саастаахтарыттан хаалыыта суох буолар диэн түмүккэ кэлбиттэр:
- Кэм-кэрдии баран истэҕин аайы эдэр көлүөнэ сайдыыны ситиһэрэ түргэтиир. Билигин 9 ыйдаах оҕо хаамара, 1 ыйдаах оҕо төбөтүн өндөтөрө солун буолбатах.
- Алта ыйын туолуор диэри кырачаан судургу тыастаах-уустаах кыракый оонньуурдарынан да сааранар.
- Биир сааһын туолуута оҕо оонньуурун ахсаана хайаан да эбиллиэхтээх, арааһа элбэх буолуохтаах, оонньуурдарын өҥө сырдык, дьэрэкээн буолара ордук.
- Эти-сиини эрчийэргэ ыстаҥалатар тренажер, хачыал наада, 2-3 чаастан турар, хомуллар оонньуурдар оҕо өйүн сайыннараллар.
- Тулалыыр эйгэни үөрэтэргэ дьиҥнээх олоххо баар маллары хатылыыр тыастаах-уустаах, музыкалаах тэриллэр баар буолуохтаахтар.
- Саҥа хааман эрэр оҕоҕо муостанан хатайданар, сүүрэр оонньуур наада.
- Икки сааһын туолуута оҕо өйүн тутан барар, ол иһин араас карточкаларынан ыытыллар оонньууну тэрийэр табыгастаах. Киистэнэн уруһуйдуурга, бөдөҥ оҕуруону сапка тиһэргэ, пластилинынан сыбыырга үөрэтиэххэ сөп. Бу сааһыгар оҕо атын предметтэри бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстии тутуохтаах.
- Үс сааһыгар куукулаларын таҥаһа дьыл кэмиттэн көрөн уларыйыахтаах. Кыыллара оҕолонуохтаах. Оҕо дьиэ туттар кэмэ.
- 4-5 саастаах оҕоҕо хайаан да конструктор наада. Элбэхтик уруһуйдуур, кырыйар буолуохтаах. Маҥнайгы буукубаларын, сыыппараларын үөрэтэр кэмэ. (8,13).
Учуонайдар бу суруйууларыгар оҕо ыал буола оонньуура туох туһалааҕын ханан да ахтыбаттар, оонньуурдара олоҕун устата үлэлиир үлэтигэр сыһыаннаах буолара ордугар кыһамматтар, үлэҕэ-хамнаска, бэрээдэккэ үөрэтэр туһунан ханнык да этиилэрэ суох. Оҕолорбут улаатан баран ыал буолар санаалара аҕыйаҕа тугу оонньоон улааппыттарыттан ордук тутулуктааҕын билинэ иликтэр. Бу учуонайдар үөрэхтэрэ оҕолору ыал буолууттан, үлэттэн-хамнастан тэйиттэ диэтэхпитинэ сыыһа буолбат.
Оҕо аан маҥнай дьиэ иһинээҕи үлэҕэ-хамнаска сыһыаннаах оонньуулары оонньуура өйө-санаата дьиэ иһиттэн сайдан барарыгар туһата улахан. Төрөппүттэрин үлэлэрин-хамнастарын оонньоон, үгэс оҥостон иҥэринэрэ кинилэр курдук буолан суолларын салгыырыгар туһалаах. Оҕо ийэтин үтүктэн учууталлыы оонньоотоҕуна учуутал буолар кыаҕа улаатар.
Оҕо оонньуурун, оҥорор дьарыгын көрөн-истэн, кэмиттэн кэмигэр уларытан биэрэн иһии үөрэтиини, дьарыктааһыны төрөппүт бэйэтэ салайарыгар тириэрдэр. Бу оҕону иитиини дьаалатынан ыыппат төрөппүттэр туһанар ньымалара буолар.
Киһи кыыл, көтөр буолбатах. Киһини кыылга тэҥниир араас мультфильмнар оҕону иитиигэ өйүгэр-санаатыгар улахан халыйыыны үөскэтэллэр. Оҕолор араас кыра да, улахан да кыыллары киһититэн, араастаан саҥардан, хайаан оонньууллара бэйэлэрин өйдөрө-санаалара мөлтөөн кыыллар таһымнарыгар түһэн эрэрин биллэрэр.
Нууччалар тыһы ыт “сука” диэн ааттанарын уларытан “девочка” диэн ааттыыллара мааны бэйэлээх кыыс оҕолоро тыһы ыт курдук майгыланан хааларыгар тириэрдиэн сөп. Оҕолор өйдөрүн-санааларын буортулаабат туһугар сахалар эмиэ бу сыыһаны, өйү-санааны халытыыны үтүктэ сатыылларын тохтотуохтара этэ. Билигин даҕаны эти, булду сиэн кэбиһэрбитин оҕолорбутуттан кистээн, албынныы, ол кыыллары киһилии саҥарда, өйдүү-санаалыы сатыырбыт куһаҕан. Оҕолор улаатан баран сымыйыаччы эбиттэр диэн итэҕэйбэттэрэ киирэн хаалыан сөп. Киһи атын кыыллартан, көтөрдөртөн уратытын, өйө-санаата, салгын кута сайдарын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарарын туһанан оҕону кыылларга, көтөрдөргө аһара чугаһаппакка, киһи буолар уратыларын биллэрэн иитиэхпит, үөрэтиэхпит этэ.
Үлэни кыайа-хото үлэлээбэт омуктар атын үлэни кыайар омуктарга баһыттаран эстэр, симэлийэр дьылҕаланаллар. Сэбиэскэй былаас албыныгар киирэн үөрэҕи аһара эккирэтэн, оҕолору араас олоххо туһата суох оонньуурдарынан оонньотон улаатыннаран, саха дьоно үлэни кыайа-хото үлэлээбэттэригэр тириэртилэр. Аҕа оҕону кыра эрдэҕиттэн батыһыннара сылдьан бэйэтин үтүгүннэрэн спорт араас көрүҥнэринэн дьарыктаан, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэн, оннук үгэстэри иҥэрдэҕинэ эрэ оҕо үлэлиир кыахтанар. Аҕата суох оҕолор маннык үөрэҕи кыайан барбаттарыттан ийэ куттарыгар үлэлииргэ үгэстэрэ суоҕуттан бары үлэҕэ көлөөхтүк, үрдүттэн эрэ сыһыаннаһаллар.
Сахалар уол оҕолору үөрэтэр үөрэхтэригэр элбэхтик сүүрэр, сымсатык аһарар оонньуулар элбэхтэр. Ол иһигэр мохсуо бырахсыы диэн оонньуу биир сүрүнүнэн киирсэр. Бу оонньуу оҕо күүһүн эрчийэрин таһынан табан хамсанарын, таба быраҕарын сайыннарар.
Кыра төгүрүк мас лэкээлэри туруортаан баран тэйиччи сиртэн эпчиргэ маһынан таба быраҕан кыйыа, хааччах иһиттэн таһыгар таһаартыыр оонньуу аата мохсуо бырахсыы диэн ааттанар. Нууччалар “городки” диэн оонньуулара сахалар сайдыбыт, тупсубут мохсуо бырахсыылара буолар.
Онон оҕо кыра эрдэҕинэ тугунан оонньуура үгэстэри үөскэтэн ийэ кутун төрүттүүр. Онтон ийэ кут диэн киһини бэйэтин салайыыга кыттыһар өй-санаа түмсүүтэ буолар. Ийэ кута хайдах иитиллибиттэн киһи үчүгэй дуу, куһаҕан дуу майгылааҕа быһаарыллар.
ОҔОНУ ХАРЫСТААҺЫН
Бука бары төрөппүттэр оҕолорун көрөр-истэр, харыстыыр санаалара элбэх, барыттан бары харыстыы, көмүскүү сатыыллар. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ көрөрө-истэрэ элбэҕин дьон бары билэллэр. (9,76).
Ийэлэр харыстыы сатааһыннара сынньатыыга, халыҥнык таҥыннарыыга, тымныыга сырытыннарбакка халыйан хаалыыта оҕо доруобуйата мөлтүүрүгэр тириэрдэрин билиэ этилэр. Оҕону сылайыа диэн харыстааһын “Оҕом сынньан, сыта түс” диэн этиилэринэн доҕуһуолланнаҕына оҕо үлэҕэ-хамнаска сүрэҕэ суох буолуута үөскүөн сөп. Туох да эбии үлэтэ суох куорат мааны ыалларын оҕолоро аһара харыстааһыҥҥа, көрүүгэ-истиигэ түбэһэн атаах буола улааталлара, үлэни үлэлээбэттэрэ элбээтэ.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн харыстааһын эмиэ икки өрүттэнэр. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕинэ харыстааһын биир өрүтүнэн көрөн-истэн төрөппүттэр харыстааһыннара, онтон аҥар өрүтэ, өйө-санаата сайдан иһэр оҕо үөрэнэн, билэн-көрөн бэйэтин бэйэтэ харыстаныыта буолар.
Төрөппүттэр аҥардастыы көрөр-истэр санаалара аһара баран оҕо улаатан истэҕинэ бэйэтэ үөрэнэн бэйэтин харыстанара элбээн биэриэхтээҕин умнан кэбиһэллэр. Биир эмэ оҕо баара, бу харыстыы сатыыр үтүө санаа аһара барарыгар тириэрдэрэ элбэх. Биир оҕо өйүн-санаатын уратытын сахалар былыр үйэҕэ быһааран “Биир оҕо атаах буолар” диэн этиини үөскэппиттэр.
Оҕо улаатан истэҕинэ көрүү-истии, харыстааһын төрөппүттэр өттүлэриттэн аҕыйаан биэрэн иһэрэ, онтон бэйэтэ бэйэтин харыстана үөрэниитэ элбээн иһэрэ табыллар. Бары араас быстах суоллартан, сыыһа-халты туттунуулартан харыстанар ньымалары оҕо бэйэтэ үөрэтэн баһылаатаҕына, биллэҕинэ эрэ олоҕу олорор кыахтанарын төрөппүттэр билиэ этилэр. Бу билиини оҕо төһө эрдэттэн баһылыыр даҕаны туһата улаатан биэрэр. Манна ордук улахан суолтаны тиритииттэн уонна тоҥон, тымныйан ыалдьыыттан харыстаныы ылар буолла. Оҕону аһара халыҥнык таҥыннарыы хайаан да тиритэригэр тириэрдэринэн, олору устан кэбиһэн эбэтэр тириппититтэн, инчэҕэй таҥаһа тымныынан хаарыйарыттан тымныйан ыалдьаллара элбээтэ.
Оҕону уоттан харыстааһын диэн билигин уустугуран турар. Ол курдук араас уматар тэриллэр аһара сайдыбыттара оҕо илиитигэр түбэстэллэр эрэ уматыллар кыахтаахтара харыстаныы күүрүрэн биэрэригэр тириэрдэр. Уоту уматар тэриллэр аан бастаан оҕо кыра эрдэҕинэ тиийбэт сиригэр, үөһээ ууруллар, онтон улаатан истэҕинэ бэйэтин боруобалатан үөрэттэххэ, сэрэттэххэ, бобууну-хаайыыны туһаннахха эрэ табыллар.
Билигин массыыналар элбээннэр оҕо таһырдьа сылдьар кэмиттэн ыла суол быраабылаларын билэрэ, тутуһара хайаан да ирдэнэр тутаах көрдөбүлгэ кубулуйда. Бу быраабылалары оҕо төһө кыратыттан ыла тутуһа үөрэнэр даҕаны, бу быһыыта үгэс буолан иҥэриттэн толорор, тутуһар кыаҕа улаатар.
Сахаларга “Атах анныттан алдьархай, илии анныттан илдьиркэй” диэн өс хоһооно баар. Бу өс хоһооно оҕо, киһи бэйэтэ оҥорор быһыыларыгар сыыһа-халты туттунарыттан куһаҕаны оҥороро элбиирин быһаарарын таба өйдөөн оҕону иитиигэ туһаныллар.
Улаатан эрэр оҕону харыстааһын диэн үрүҥү уонна хараны, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанарыгар үөрэтии буолар. Манна үчүгэй быһыылар олус элбэхтэриттэн, онтон куһаҕан быһыылар олох аҕыйахтарыттан оҕо куһаҕан быһыылары билэн, олору оҥорботугар үөрэтии эрэйиллэр.
Оҕо ону-маны оҥороругар бэйэтэ сыыһа-халты туттунан кэбиһэриттэн харыстааһын эрэйиллэрин төрөппүттэр билиэ этилэр. “Айыы үчүгэй”, “айыыны оҥорон ис” диэн этэн тыл үөрэхтээхтэрэ оҕону сыыһа үөрэтиилэрэ оҕону харыстаабат, тиэтэтэн, ыксатан, алҕаска, сыыһа-халты туттунууга үтүрүйүйэриттэн төрөппүттэр сэрэниэ, бу сымыйа үөрэҕи тохтотторуо этилэр. Ол курдук саҥаны айыыны оҥоруу диэн киһи билбэтин, оҥорботун оҥорууга тириэрдэринэн, сыыһаны-халтыны үөскэтэрэ элбэҕинэн саҥа улаатан, ону-маны билэн эрэр оҕону үөрэтиигэ букатын сөп түбэспэт.
Оҕону харыстааһын диэн сыыһа-халты туттубатыгар үөрэтии буоларын “айыы үчүгэй” диэн этэр дьон билбэттэр. Оҕо сайдан иһэн өйө-санаата киһи билбэтин, оҥорботун оҥорон иһии диэки хайысхалааҕынан тугу барытын, дьон оҥорботторун ордук элбэҕи булан оҥорон иһиэн сөп. Ол иһин оҕону аан маҥнай тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго ийэ кутун иитиллэр, онтон салгыы салгын кутун үөрэтиллэр.
Сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕо аан маҥнай тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥороругар иитэр, үөрэтэр, улаатан истэҕинэ киһи буолууну ситиһиннэрэр аналлаах. Киһи буолуу баҕа санаата үгэс буолан оҕоҕо иҥнэҕинэ киһилии майгылаах киһиэхэ кубулуйарын, сыыһа-халты туттунара аҕыйыырын билиэ этибит. Аныгы наука киһи өйө-санаата олорор олоҕуттан тутулуктанан сайдарын билинэр. “Психологическая наука утверждает, что формирование поведения человека обусловливается не врожден-ными свойствами нервной системы, которые сами изменяются под влиянием жизненних воздействий, а реальными условиями его жизни и деятельности”. (9,17).
Киһи буолууну баһылаабыт, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билбит эрэ оҕо, ол аата улааппыт оҕо оҥорор айыылара киһи быһыытын, сиэри аһара барбат кыахтаналларын төрөппүттэр билэн сахалыы таҥара үөрэҕин туһаныахтара этэ. Сыыһа-халты туттубат киһи сэрэхтээх киһи буолар. Сэрэхтээх киһи сэмэй диэн ааттанар. “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн этии оҕолору, дьону харыстыыр санааттан үөскээбит этии буоларын таба өйдүө, туһаныа этибит.
Аһара түргэнник массыынанан айаннааһын абаарыйаҕа түбэһиини элбэтэрин бары билэбит. Аһара түргэнник айаннааһыҥҥа “айыыны оҥор”, ол аата “суол быраабылатын тутуһума” диэн үөрэх тириэрдэр. Бу сыыһа үөрэҕи киһи быһыылаах дьон тохтотуохтара этэ. Сэрэхтээхтик, суол быраабылаларын тутуһан айаннаа диэн этиини киһи буолуу, киһилии быһыыланыы үөрэҕэ дьоҥҥо тарҕатар.
Айыыны оҥорор оҕо чараас, ситэ тоҥо илик мууска киирдэҕинэ, оҕолорун харыстыыр төрөппүттэр муус ситэ тоҥо илигинэ онно кииримэ, айыыны оҥорума диэн үөрэтэллэр.
Оҕону харыстааһын уратыларын төрөппүттэр билиэ этилэр. Биир эмэ оҕо сыыһа-халты туттунууттан быстах быһыыга түбэһиитэ ордук ыар, хомолтолоох. Ыаллар баар-суох оҕолорун сыыһа иитэн өйүн-санаатын халыйыыга тириэрдэр “айыы үөрэҕин” тарҕатар дьону билэн туоратыахтара этэ.
Оҕону кыра эрдэҕинэ көрөн-истэн харыстааһыны биһиги төрөппүттэрбит кыайа-хото оҥороллор, арай аһара баран хаалбаттара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Онтон улаатан эрэр оҕону харыстааһын диэн бэйэтин бэйэтэ харыстанарыгар, хайдах харыс-танары биллэрии, көрдөрөн биэрии, үөрэтии буоларын таба өйдөөн оҕону үөрэтиигэ туһаныахпыт этэ.
Тымныйан ыалдьыыттан харыстаныы “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр. Аҥардастыы халыҥнык таҥнан тымныыттан быыһаныахпыт диэн этии сымыйа, харыстаныы аҥар өрүтэ эрэ буолар. Тымныыттан харыстаныы иккис өрүтүнэн тымныыны тулуйа үөрэнии, элбэхтик таһырдьа, тымныыга сылдьыы, тымныы уунан куттуу буолар. Бу эрчиллиилэр туһаларын туһунан билии уонна олоххо туһаныы хайаан да эрэйиллэрин төрөппүттэр билиэ этилэр.
Онон оҕо кыра эрдэҕинэ көрөн-истэн харыстааһын инники иһэр, онтон улаатан, өйө-санаата сайдан истэҕинэ бэйэтин бэйэтэ харыстанара эбиллэн биэриэ этэ. Бу уларыйыы кэлэрин төрөппүттэр арааран билэн оҕолорун үөрэтиигэ туһаныа этилэр.
ОҔО КӨҤҮЛҮНЭН БАРАРА КУҺАҔАН
Уһун үйэлээх саха дьонун олохторун үөрэҕэр “Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат” диэн биллэр этии баар. Бу этии дириҥ суолтатын быһаарыы уонна олоххо хайаан да тутуһуу эдэрдэр көрсүө, сэмэй, киһилии быһыылаах буола иитиллэн, улаатан, бэрээдэктэрэ тупсан, үлэни-хамнаһы кыайалларыттан омук сайдарыгар тириэр-дэллэрин табан өйдүөхпүт этэ.
Бу этии оҕо кыра эрдэҕиттэн үчүгэйи уонна куһаҕаны билэн араарарга үөрэниититтэн тирэх ылан сайдар. Ол курдук “Көҥүлүнэн барыы” диэн оҕо хайа таптаабыт, сөбүлээбит быһыытын оҥоро турара, ол аата бэйэтэ тугу талбытын оҥоруута буолар. Улаатан иһэр оҕо сүрүн уратытынан аан бастаан бэйэтигэр туһалааҕы оҥоруу диэки халыйар. Ол бэйэтигэр туһалааҕа үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолара биллибэтэ уустуктары үөскэтэр.
Оҕо өйө-санаата ситэ сайда илигинэ үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ арааран билбэтиттэн, куһаҕаны оҥоруу, алдьатыы ордук боростуойунан, таттарыылааҕынан, олору урутаан оҥороруттан куһаҕан үгэстэнэн хааларыттан харыстаан, бу этиини оҥорбуттар. Итини тэҥэ оҕо киһи билбэт, оҥорбот быһыыларын оҥороро хайаан да хааччахтаныахтааҕын бу этии быһаарар.
Сахалар оҕону иитэргэ, үөрэтэргэ туттар “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн таҥараларын үөрэҕэ оҕо көҥүлүнэн барарын суох оҥорор, өйө-санаата аһара барарын, сиэри кэһэрин хааччахтыыр аналлаах. Ол курдук айыыны оҥоруу диэн сиэри, олохсуйбут үгэстэри кэһиигэ, олору хаалларыыга тириэрдэринэн, киһи быһыытын тутуспаты үөскэтэрин арааран билии ирдэнэр.
Оҕо үчүгэй быһыылары куһаҕан быһыылартан туспа арааран билиитигэр аан бастаан аҕыйах ахсааннаах куһаҕан диэн тугун чуолкайдык арааран биллэҕинэ, үгэс үөскээтэҕинэ олору оҥорботугар үөрэтии түргэтиир. Тура сатыырыттан дөлбү түһэн ыарыыланнаҕына оҕо сэрэнэрэ эбиллэр, сатаан охторго, аан бастаан олоро түһэргэ түргэнник үөрэнэр, тарбаҕын төбөтүн итиигэ хаарыттаҕына итии тэриллэртэн ордук улахан сэрэхтээх буолар.
Оҕо кыра, өйө-санаата ситэ сайда илигинэ үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан араарбакка, бу кэмҥэ хайата ордук туһалааҕын, интэриэһи тардарын оҥорон иһэр кыахтаах. Төрөппүттэр көрө-истэ сылдьан оҕолоро куһаҕаны, киһи оҥорботун оҥорон истэҕинэ тохтотон, атыҥҥа, үчүгэйи оҥорууга аралдьытан иһиэхтэрэ этэ. Ол курдук оройугар буору куттар, киһи оҥорбот быһыытын, ол аата айыыны оҥорор уолу хайа баҕарар төрөппүт тохтотор, “Бу куһаҕан, маннык оҥорума”, - диэн буойар. Оҕото буору оройго куттар кырдьык куһаҕан эбит диэн билэр буолар, ол иһин аны оҥорбот кыахтанар.
Кыра хаптаһыны эндирдии уура-уура үктүөлээн буору бурҕатар оҕону буойан тохтоттоххо эрэ табыллар. Таҥаһын барытын буор оҥорорун тэҥэ, атын дьону эмиэ буорунан ыһыан сөп. Оҕо бу бэйэтэ булан айан таһаарбыта, айыыны оҥоруута куһаҕан айыы буолан хааларынан тохтотулуннаҕына эрэ сатанар. “Маннык оҥорор куһаҕан”,- диэн этэн, оҕо куһаҕаны оҥорорун тохтотуу куһаҕан үгэстэнэн хааларын суох оҥорорунан туһаны эрэ оҥорор.
Куһаҕан диэн тугун оҕо билэрэ куһаҕаны оҥорорун суох оҥорор, аҕыйатар. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ аан маҥнай аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары оҕо билэн, оҥорботоҕуна, үчүгэйи оҥорор кыаҕа элбиирин быһаарар. Ол иһин оҕону үөрэтиигэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи сахалар туһаналлар. (2,56).
Көҥүлүнэн барыы диэн оҕо тугу санаабытын, өйүгэр туох көтөн түспүтүн, тугу баҕарбытын барытын оҥорон иһэрин аата. Төрөппүт оҕотун ситэ көрбөккө-истибэккэ куһаҕан быһыылары оҥорорун тохтоппотоҕуна, соннук оҥорон иһэрэ эбиллэн, үгэскэ кубулуйан хааллаҕына, куһаҕан, бас-баттах майгылаах киһи буола улаатар кыахтанар. Ол аата көҥүлүнэн барыы куһаҕан майгыланыыга тириэрдэрэ быһаарыллар.
Оҕо өйө-санаата саҥа сайдан истэҕинэ 5 эбэтэр 6 сааһыгар диэри, ийэ кута иитиллэр кэмигэр өйүгэр-санаатыгар үгэстэр үөскээн ууруллан иһэллэр. Бу үөскээбит үгэстэр киһини үйэтин тухары улаханнык уларыйбакка эрэ салайа сылдьаллар. Ол курдук кыра эрдэҕинэ көҥүлүнэн бара үөрэммитэ үгэс буолан иҥнэҕинэ куруук көҥүлүнэн барар майгыланан хаалара олоҕор уустуктары үөскэтэрэ элбииригэр, сыыһа-халты туттунарыгар тириэрдиэн сөп. Куһаҕан үгэс киһи сыыһа туттаран итирэн хаалан, өйө көтөн ийэ кутун салайыытыгар киирэн хааллаҕына дьайыыта биллэн тахсан куһаҕаны оҥорторон кэбиһиэн сөп.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн киһиргэтэн, тугу талбытын, баҕарбытын, өйүгэр туох көтөн түспүтүн оҥорон иһэригэр ыҥырыы, ол аата “Айыы үчүгэй”, “айыыны оҥор” диэн этии олус улахан сыыһа. “Көҥүлүнэн барыыга үөрэтии” атын дьону кытта бииргэ олорууну аахсыбат баай дьон оҕону иитэр үөрэхтэрэ сэбиэскэй былаас кэмигэр умнулла сылдьыбыта. Бу кэмҥэ дьон олохторо тупсубут курдук санааларыттан уонна “Барыта оҕолор тустарыгар”, “Оҕом үөрэхтээх буол” диэн ыҥырыыны тутуһаннар оҕолорун атаахтык ииппиттэриттэн үлэни-хамнаһы кыайар дьон аҕыйахтарын тэҥэ, бэлэми туһаныахтарын, үллэстиэхтэрин баҕалаахтар элбээн хааллылар.
Билигин биһиги олохпутугар ырыынак үйэтэ кэлэн дьон баайдарга уонна үлэһиттэргэ арахсыылара уруккуттан дириҥээтэ. Бу арахсыы оҕону иитиигэ дьайыыта олус улахан. Ол курдук үлэһит дьон оҕолорун тугу барытын харыстыырга, көрсүө, сэмэй, үлэһит буолууга иитэллэр, үөрэтэллэр, онтон баайдар оҕолорун атаахтаталлара, көҥүллэринэн ыыталлара, бэлэмҥэ үөрэтэллэрэ элбэх.
“Баай дьон уһун үйэлэрэ суохтар” диир сахалар үөрэхтэрэ. Бу үөрэх этиитэ оҕону иитиигэ быһаччы сыһыаннааҕын “Кут-сүр үөрэҕэ” быһаарар. Ол курдук баай дьон оҕолорун иитиигэ кыра эрдэхтэринэ туохха да хааччахтаабакка, аһара маанылаан, атаахтатан, “көҥүлүнэн ыытан”, бары баҕарбыттарын оҥороллорун хааччыйаллара, улаатан баран өйдөрө-санаалара туруга суоҕуттан сыыһа-халты туттунууга түбэһэллэрин элбэтэрэ, олохторо кылгыырыгар тириэрдэр.
Дьонтон ураты буола сатааһын, дьон оҥорботторун оҥоруу, ол аата саҥаны айыыны оҥоруу, “Көҥүлүнэн барыыны” үөскэтэринэн хаһан да үчүгэйгэ тириэрдибэт. Аһара үчүгэйгэ кубулуйуу үчүгэй уонна куһаҕан эргийэн биэрэр кэмнэригэр аһара куһаҕаҥҥа уларыйан хаалара иэстэбилгэ тириэрдиэн сөп. Ол курдук аһара баайдар, ыраахтааҕы аһара үчүгэй, баай-мааны олохторо Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн тосту уларыйан, бэйэлэрэ улахан репрессийэҕэ түбэспиттэрэ. Бу кэмҥэ аһара барбатах, сөбүгэр, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах баайдар олохторо уларыйбакка хаалбытын умнубатахпытына табыллар.
Онон саха дьонун олохторун үөрэҕэ “Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат” диэн этиитэ олус киэҥ, өй-санаа сайдыытын табатык быһаарар уонна былыргыттан дириҥ силистээҕин билэн олохпутугар, оҕолору иитиигэ туһаныахпыт этэ.
ТУЛААЙАХ ОҔО
Тулаайах оҕолор аһара элбээтилэр уонна кинилэр буруйу-сэмэни оҥороллоро элбэх диэни бары билэбит. Төһө да итини билбиппит иһин өй-санаа үөрэҕин тутуспаппытыттан аҥардас дьахталларга харчынан, онон-манан салайар былаас көмөлөһө сатыыр.
Оҕолору атаахтатан, аһара маанылаан иитии түмүгүнэн ханнык да ыараханы, үлэни тулуйбат, кыайбат буола улааталларыттан эдэр кэргэнниилэр арахсаллара эмиэ элбээтэ. Төрөппүттэрэ арахсыбыт оҕолор өйдөрө-санаалара туруга суох буола улааталларын бары билэллэр, суруйаллар. (10,28).
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии киһи өйө-санаата сайдыытыгар эмиэ быһаччы сыһыаннаах. Ол курдук эр киһи уонна дьахтар дьон икки өрүтүн үөскэтэллэр, икки аҥы өйдөөхтөр-санаалаахтар. Эттэрин-сииннэрин уратыларын курдук эр киһи уонна дьахтар өйдөрө-санаалара, олоххо сыһыаннара эмиэ биллэр уратылаахтар. Бу уратылара оҕону хайдах харыстыыртан биллэрин, икки аҥы арахсарын таба туһаныы эрэйиллэр.
Сахалар оҕо икки төрөппүтэ иитиитигэр тэҥҥэ кыттыһалларын туһалаах диэн ааҕаллара, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун билэллэриттэн, олохторугар туһаналларыттан тутулуктаах. Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьахталлар баһылааһын-нарыттан оҕолору барыларын атаахтык иитиигэ халыйан хаалбытта-рыттан, үлэни-хамнаһы кыайар эдэрдэрбит суох буола эһиннилэр, үгүс эдэрдэр төрөппүттэриттэн бэлэми эрэ кэтэһэ сылдьаллара элбээтэ.
Оҕо өйө-санаата биир тэҥник, туруктаахтык сайдарыгар, ити этиини билэ, тутуһа үөрэниитигэр икки төрөппүтэ бааллара эрэ туһалыыр. Ол курдук ийэ оҕотун көрөр-истэр, харыстыыр санаата элбэҕиттэн “Оҕом сылайбыт, сынньаннын, сыттын” диэн элбэхтик этэриттэн оҕото кини ыарахан диир үлэлэрин үлэлээбэт, сүрэҕэ суох буола улаатар. Онтон аҕата “Оҕом тулуй, маны хайаан да оҥор” диэн үөрэҕэ тулуурдаах, үлэни-хамнаһы кыайар киһини улаатыннарар.
Оҕо өйө-санаата сайдыытыгар киһи буолууну ситиһэригэр икки төрөппүт бааллара, иккиэн тэҥҥэ кыттыһаллара туруктаах өйдөөх-санаалаах киһини улаатыннарар. Ол курдук оҕо маанылыыр, атаахтатар киһиэхэ эмиэ наадыйарын ийэтэ толорор, онтон аҕата тулуурга, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэрэ улахан туһалаах.
Быраҕыллыбыт дьахтар быраҕан барбыт эр киһини абааһы көрөрө элбэҕиттэн оҕотун эмиэ эр дьону абааһы көрөр гына иитэн кэбиһэрэ, улааттаҕына сыыһа-халты туттунуулары оҥорон кэбиһэр киһиэхэ кубулутара куһаҕаҥҥа эрэ тириэрдиэн сөп.
Сахалар соҕотох дьахтар оҕотун “Тулаайах оҕо”, “Аҥардас дьахтар оҕото” диэн туспа арааран ааттаан өйө-санаата икки төрөппүттээх оҕотооҕор уратылааҕын, туруга суоҕун биллэрэн этэллэр. Тулаайах оҕо өйө-санаата кэлтэйдии, дьахтар өйүнэн-санаатынан баран хаалара уол оҕо улаатан баран эр дьону кытта биир тылы буларын уустугурдар. Эр дьон ортолоругар кыайан тэҥнээхтик сылдьыбакка эрэйи көрөрө үөскүөн сөп.
Тулаайах оҕолор элбээн иһиилэрэ оҕо иитиитин мөлтөтөн, атаах, куһаҕаннык иитиллибит оҕолор элбииллэригэр тириэрдэр. Үгүс буруйу оҥорооччулар, сыыһа-халты туттунааччылар тулаайах оҕолортон тахсаллара, өйдөрө-санаалара туруга суох буола иитиллэллэриттэн тутулуктааҕын билбэтэҕэ буолуу үөскээтэ.
Аҥардас дьахтар оҕону иитэринээҕэр государство толору бэлэмигэр иитиллэр оҕолор өйдөрө-санаалара иитээччилэриттэн эрэ тутулуктанар. Аныгы үөрэх-билии сайдыбыт кэмигэр оҕону сөптөөхтүк иитиини эр киһи уонна дьахтар иитээччилэр көмөлөөн оҥорор кыахтара улахан. Аҥардас дьахталлар оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн аналлаах оҕо иитэр дьиэҕэ ииттэрэн ылаллара буоллар арыычча киһилии майгылаах кэлэр көлүөнэлэниэ этилэр.
Аҥардас дьахталлар уол оҕону кыайан киһи быһыылаахтык иитэр кыахтара кырдьык суоҕун билинэн, былыргылар курдук ханнык эрэ чугас аймахтарыгар сыстаннар, көмөлөһүннэрдэхтэринэ уол оҕо иитиитэ табыллыа этэ. Омук сайдарын туһугар үлэни-хамнаһы кыайар эр дьон ордук туһалаахтар. Ол иһин уол оҕолору иитии үлэлии сылдьар аҕалара баарыгар эрэ кыалларын билэн, оҕолору аҕаларыттан араарыа суоҕа этибит.
Бука бары тулаайах, быраҕыллыбыт оҕолор аҕыйыылларыгар баҕарабыт. Бу үтүө баҕа санаабытын түмэн тулаайах оҕолору букатын аҕыйатар, суох оҥорор кыахтаахпытын билбэккэ, туһаммакка сылдьабыт. Сахалар бу омук сайдыытыгар туһалаах билиини урукку кэмҥэ сатаан, табан туһаналлар этэ.
Үлэни-хамнаһы кыайар, бэйэлэрэ кыахтаах, арыгыһыт буолбат эр дьон чахчы аҕыйахтар, сааһыран истэхтэринэ өссө аҕыйыыллар. Урукку кэмҥэ сахаларга эр дьон хас да кэргэннэнэллэрэ хааччахтаммат этэ. Барыта эр киһи кыаҕыттан, баайыттан эрэ тутулуктанара. Билигин ырыынак олоҕо эргийэн кэлбитинэн оччотооҕу кэмнэргэ олоххо туһалаах үгэспитин аныгы олохпутугар хаттаан киллэриэхпит этэ.
Сааһырбыт эр дьон сайдыылаах буор куттарын эдэр дьахтары кэргэн ылан кэлэр көлүөнэлэргэ биэрэллэрин хааччахтыа суоҕа этибит. Бу улахан туһалаах үгэһи оннугар түһэрдэхпитинэ элбэх өйдөөх, сайдыылаах буор куттаах кэлэр көлүөнэлэрбит элбээннэр омукпут сайдыытын ситиһэллэрэ кыаллыаҕа.
Иккис кэргэнин ылар эр киһи бастакы кэргэнин, киниттэн оҕолорун бырахпат, көмөлөһөр, кэлэ-бара сылдьара тохтообот. Дьахтар төһө да хомойбутун иһин быраҕыллан хаалбат, эр киһини аһара абааһы көрбөт. Бу быһаарыы үгүс дьахталлар эрдэрэ күүлэйдээн баран төннөн кэллэҕинэ бырастыы гыналларыгар олоҕурар. Бу быһыы билигин дьон ортотугар баар көстүү буолар.
Оҕо тулаайах хааларын суох оҥоруу эр киһи хас да кэргэни ыларыттан кыаллар кыахтаах. Хас да кэргэннээх эр киһи хаһан баҕарар оҕолоругар көмөлөһөр, иитиһэр кыаҕа быстан хаалбат, оҕо хаһан баҕарар аҕалаах, аҕатын билэр, кини курдук үлэһит буола улаатар кыахтанар. Итини тэҥэ аҕатын сайдыылаах буор кута оҕотугар бэриллэрэ өйө-санаата түргэнник сайдарыгар, киһилии быһыыланарыгар, үлэни-хамнаһы кыайарыгар тириэрдэрэ ордук улахан суолталаах.
Онон оҕону иитиини тупсарыыга, тулаайах оҕолору суох оҥорууга анаан кыахтаах, баайдаах эр киһи хас да кэргэннэниитин сокуонунан көҥүллээһин омукка сайдыыны аҕалыа этэ.
ИЙЭ уонна АҔА
Хас биирдии дорҕоон киһи мэйиитигэр дьайан өйүгэр-санаатыгар хамсааһыны үөскэтэрэ, бу хамсааһыннарга сөп түбэһэр санаалар үөскүүллэригэр тириэрдэр. Олус былыргы кэмнэртэн саха тыла айылҕа дорҕооннорун дьайыыларын таба туһаныыттан үөскээбит. Дорҕооннор киһи мэйиитигэр дьайыылара уһун үйэлээх сахалар өйдөрүгэр-санааларыгар ордук күүскэ иҥэн сылдьаллар уонна саха тылын үөскэппиттэрэ биллэр.
Куһаҕан тыастар куһаҕан дорҕооннору, онтон куһаҕан дорҕооннор куһаҕан тыллары үөскэтэллэриттэн дьон өйдөрүгэр-санааларыгар куһаҕан дьайыыны оҥороллоро хаһан да уларыйбат.
“Кыы” диэн кыычыгырыыр тыаһы киһи тулуйан истибэт куһаҕан тыаһа. Үгүстэр букатын тулуйбаттар. “К” уонна “ыы” дорҕооннор холбоһоннор киһи тулуйбат, кыайан өр истибэт тыаһын үөскэтэллэр.
“Ыы” диэн ытааһын дорҕоонун киһи эмиэ тулуйан истибэт, айманар, ыксыыр, көмөлөһө тиийэр санаата киирэр.
“Кыыс” диэн тылбыт дорҕоонноро бу тыл улахан сэрэхтээҕин, харыстанар аналлааҕын биллэрэр. Эр дьон, уолаттар кут-сүр уонна таҥара үөрэҕин баһылаатахтарына, киһи буор кута сайдыытын, кэлэр көлүөнэлэргэ хайдах бэриллэн иһэрин биллэхтэринэ кыргыттары, кэлэр көлүөнэлэри үөскэтээччилэри ордук кыһанан харыстыахтара.
“Кыр” диэн туох эрэ абырыхтаммат гына алдьанар тыаһа. Кыргыттар диэн тылбыт туох эрэ ураты алдьанар баарын улаханнык харыстыыры биллэрэр. “Кыр” уонна “ыы” диэн куһаҕан дорҕооннорго, ыһары, тарҕатары биллэрэр “с” дорҕоон эбиллиититтэн бары билэр уонна сэрэнэр кырыыс диэн олус куһаҕан суолталаах тылбыт үөскээбит.
“Ма” диэн айылҕаҕа ынах маҥырыыр дорҕооно. Баары биллэрэр, ас көрдүүр суолталаах дорҕоон. Оҕоҕо улаатымсыйыыны, бэлэмҥэ үөрэниини, ийэни аанньа ахтыбат, ас таһааччы, аһатааччы эрэ курдук санааһыны үөскэтэр.
“Па”, “пахай”, “пыы” – бары куһаҕаны, сирбиппитин, сиргэммиппитин биллэрэр тылларбыт. “Па” диэн олус куһаҕан дорҕоонтон “палк” диэн инчэгэйгэ охтууну, сууллан түһүүнү биллэрэр тыл үөскээбит.
“Па” – дорҕоон сирэр, сиргэнэр дорҕоон. “Па” диэн буолла да куһаҕан, саха киһитэ сиргэнэр, кэлэйэр. Оҕолор улааттахтарына аҕаларын анньа ахтыбаттара, бу куһаҕан дорҕоонноох “па-па” диэн тылынан ааттыылларыттан быһаччы тутулуктаах. Оҕолор аҕаларын аанньа ахтыбаттарыттан эр дьоммут арыгылыыллар, мөлтөөн иһэллэр, кэргэннэрин быраҕан бараллар.
Сахалар сиримсэх, сиргэмсэх дьон. Сирдилэр даҕаны отой сиэбэттэр, быраҕаллар. Бу сириксэннэрэ, талымастара ордук аһыыр аһылыктарыттан биллэр. Сахалар былыр-былыргыттан аһыыр астарыгар ханнык да атын туспа, ураты булкааһы туттубаттар. Астара барыта айылҕаҕа үүнэр үүнээйилэртэн, үөскүүр кыыллартан уонна көтөрдөртөн өссө талымастаан хомуллар. Ол курдук саха киһитэ сиэбэт астарыгар бары үөннэр, тыҥырахтаах көтөрдөр уонна кыра кыыллар киирсэллэр.
“Ма”, “па” дорҕооннор куһаҕан дьайыылара нууччаларга урутаан тиийбитин билигин эр дьонноро олус мөлтөөбүттэриттэн, үгүстэрэ арыгыга ылларалларыттан, эдэр уолаттара элбэхтик быстах быһыыга түбэһэллэриттэн уонна ахсааннара биллэрдик аҕыйаан эрэриттэн бары билэ сылдьабыт. Саха дьонугар бу куһаҕан дорҕооннор дьайыылара эмиэ кэлэн иһэриттэн сэрэммэккэ, биһиги төрөппүттэрбит ол-буга солумсаҕыра сылдьаллара элбээтэ, оҕолорун өйдөрүн-санааларын туруктаах оҥорор туһунан санаабакка тыл үөрэхтээхтэрин, суруйааччылары, сэбиэскэй былаас тобохторун үтүктүбүттэрин курдук үтүктэ сылдьаллара ордук хомолтолоох.
Куһаҕан дорҕооннордоох тыллары оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туттубат буолуу өй-санаа туруктаныытыгар тириэрдэр кыаҕын туһаныы эрэйиллэр. Туруга суох өйдөөх-санаалаах оҕо быстах быһыыга түбэһэрэ элбэҕин истэ, билэ сылдьабыт.
Ийэ – оҕо ийэтэ, төрөппүтүн аата. Бу тыл дорҕоонноро “и”, “й” уонна “э” бары холбоһоннор оҕо өйүн-санаатын төрүттүүллэр, туругун олохсуталлар. Ийэ оҕото саҥа саҥаран эрдэҕинэ бэйэтин ийэ диэн ааттатара, онно үөрэтэрэ оҕото бэйэтин ордук ытыктыырыгар, сыаналыырыгар тириэрдэр кыахтаах. Аҕа – оҕо аҕата, төрөппүтүн аата. Оҕо ийэтэ оҕотугар аҕаҕын аҕа диэн ыҥырар буол диэн кыра, саҥа саҥаран эрдэҕинэ үөрэтэр кыаҕа олус улахан. Бу тыл оҕоҕо саастаах, элбэҕи билэр-көрөр киһиэхэ ытыктабылы үөскэтэрин таба туһаныахпыт этэ.
Саха оҕото төрөппүттэрин итэҕэйэр уонна ытыктыыр буола үөрэнэ¬ригэр, кинилэри аан маҥнай саҥарыаҕыттан ыла ким диэн ааттаан ыҥырара улахан оруолу ылар. Сахалар ийэ уонна аҕа диэн тыллара бы¬лыргыттан билиҥҥэ диэри сахалары араҥаччылыы сылдьар Иэйиэхсит уонна Айыыһыт таҥаралартан тутулуктаах тыллар. Ол иһин оҕо ийэтин “ийэ”, онтон аҕатын “аҕа” диэн ааттаан ыҥырара төрөппүттэрин ордук дириҥник ытыктыырыгар, этэр тылларын истэригэр тириэрдэр.
Хас биирдии төрөппүт оҕото бары өттүнэн үчүгэй киһи буолуон баҕарар. Ол иһин кыаҕа баарынан оҕото туһалаах үөрэҕи ситиһэрин кыһана сатыыр. Ити эрээри оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр үтүктэн, батыһан үөрэнэр кыаҕа улахан, төрөппүттэрин илэ көрөн, кэпсэтэр саҥаларын истэн үгэс оҥостунан эмиэ үөрэнэ сылдьарын умнан, хаалларан кэбиһэр сатаммат.
Арҕааҥҥы омуктар саҥарар саҥаларын нууччалар сайдыыны ситиһии курдук санааннар быһалыы үтүктүүлэрэ өйдөрүн-санааларын буорту оҥорон, эр дьонноро быста мөлтөөннөр билигин сыл аайы ахсааннара аҕыйаан иһэр. Омук саҥарар саҥатын быһаччы үтүктүүттэн киирбит дорҕооннор саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар эмиэ сөп түбэспэттэр, буортулууллар. ”Ма”, “па” диэн куһаҕан суолталаах дорҕооннор дьайыыларыттан оҕолор ийэлэрин, аҕаларын аанньа ахтыбат, тылларын истибэт буола улааталларыгар тиийэллэрэ, итэҕэйбэттэрэ буруйу, сыыһаны-халтыны оҥороллоро элбээһинин үөскэттэ.
Бары сахабыт омуга сайдан, өйө-санаата тупсан иһиэҕин олуһун баҕарабыт. Оҕону иитиигэ куһаҕан дорҕооннордоох тыллары туттубат буолуу, сахалар “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэхтэрин тутуһуу өйү-санааны тупсарарын олохпутугар туһаныахпыт этэ.
Онон оҕо ийэтин, аҕатын ытыктыырыгар, этэр тылларын истэригэр, толороругар ким диэн ааттаан ыҥырара олус улахан оруолу ылар, өйө-санаата туруктаныытыгар тириэрдэр.
ТЫЛ ӨЙҮ-САНААНЫ ҮӨСКЭТЭР
Саха тыла иччилээх диибит. Тыл иччитэ дорҕооннорун дьайыыларыгар иҥэн сылдьар. Үчүгэй дорҕооннордоох тыллар үчүгэй үгэһи үөскэтэллэрин билэн туһаныахпыт этэ. Биһиги “Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара” диэн үлэбитигэр үчүгэй уонна куһаҕан дьайыылаах дорҕооннору ырыппыппыт. (11,5).
Оҕону аан маҥнайгы саҥарар тылларыттан ыла сахалыы эбэтэр нууччалыы саҥарда үөрэтии уратыларын, ханнык тыллар туох өйү-санааны иҥэрэллэрин бу үлэбитигэр ырытыахпыт. Аныгы сайдыылаах, нууччалыы билэр төрөппүттэр оҕолорун нууччалыы эрэ саҥардан үөрэтэ сатыыллара сыыһатын дакаастыахпыт. Биһиги оҕо кыра эрдэҕиттэн сахалыы саҥарда үөрэтии туһалаах өрүттэрин булан төрөппүттэргэ тириэрдэ сатыыбыт. Бу сахалыы тыллар туһалаах өрүттэрэ сахалыы үчүгэй тыллар үчүгэй үгэстэри иҥэрэр кыахтарыгар саһан сылдьаллар.
Оҕо улаатан иһэн аан маҥнай биирдии дорҕоонноох тыллары саҥара үөрэнэр. Онтон салгыы судургутук саҥарыллар тыллартан саҕалаан хас да дорҕооннордоох тыллары сатаан саҥарар буолар.
Сахалыы мэ, ыл диэн тыллар биэр, аҕал диэн тыллардааҕар быдан судургулар, эрэйэ суох этиллэллэр. Судургу тыллары оҕо аан маҥнай саҥара үөрэнэр, ол иһин бу тыллар суолталара, дорҕооннорун дьайыылара оҕо өйүгэр-санаатыгар кыра эрдэҕиттэн үгэс буолан иҥэллэр. Ол курдук мэ, ыл диэн тыллары аан бастаан саҥара үөрэммит оҕо оннук үгэс үөскүүрүттэн элбэхтик бэйэтиттэн биэрэр, атыттарга көмөлөһөр өйгө-санааҕа иитиллэр. Саха оҕотун өйө-санаата сайдыытыгар бу тылларга иҥэн сылдьар өйдөбүллэр ылар суолталара олус үрдүктэр, атыттарга көмөлөһүү, ону-маны биэрии, туһалааҕы оҥоруу өйө-санаата урут бастаан иҥэриллэр.
Мэ диэн олус судургутук саҥарыллар тыл. Саха оҕото кыра эрдэҕиттэн аан маҥнай саҥарар тылыгар киирсэр. Бу тылтан оҕо өйө-санаата сайдар, бэйэтиттэн биэрэр, көмөлөһөр үгэстэрэ аан бастаан үөскүүллэр. Оҕо элбэхтик бэйэтиттэн биэрэр өйгө-санааҕа иитилиннэҕинэ атыттарга көмөлөһөн, төрөппүттэригэр элбэх туһалааҕы оҥоруон сөп. Саха дьоно бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөр санаалара элбэҕин бары билэбит, ол санаа, бу мэ диэн тылтан саҕаланан үөскүүрүн оҕо иитиитигэр туһаныахха.
Аҕал, биэр диэн тыллар этиллэллэрэ уустук, дорҕоонноро элбэх, оҕо улаатан, өйө киирэн истэҕинэ саҥаран баһылыыр тыллара уонна аһара элбэхтик туттуллубаттар. Бу тыллары оҕо хойутаан саҥарарыттан уонна элбэхтик туттубатыттан сахалыы саҥарар оҕо көрдөс, көрдөөн иһэр майгылаах буола иитиллибэт, бэлэмҥэ үөрэнэрэ аҕыйыыр кыахтанар.
Сорох төрөппүттэр оҕолорун нууччалыы эрэ саҥардан үөрэтэ сатыыллар уонна өйө-санаата аан маҥнай саҥарар тылларыттан үөскээн олохсуйарын ситэн өйдүү иликтэр.
“Дай” диэн нуучча тыла саҥара үөрэнэргэ олус судургу, дорҕоонноро олус сөп түбэһэллэр, оҕо аан маҥнай саҥара үөрэнэр тыла буолар. Нууччалыы саҥара үөрэнэр оҕо аан маҥнай “дай, да дай” диэҥҥэ үөрэнэр, ол иһин оннук көрдөөн иһэр үгэс үөскүүр, иҥэн хаалар, бэйэмсэх буолуутун үөскэтэр. Ол аата бары киниэхэ тугу барытын биэриэхтээхтэрин курдук өй-санаа киниэхэ кыра эрдэҕиттэн ыла иҥэриллэр, үгэскэ кубулутуллар. Оҕо бэлэмҥэ үөрэниитэ, ону-маны көрдөөн иһиитэ, бу “дай” диэн тылтан, соннук үгэс үөскүүрүттэн саҕаланан олохсуйарын төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ.
Мээ, маа диэн оҕо аан маҥнайгы саҥарар тыллара буолаллар. Ону туһанан нууччалыы үөрэтээччилэр “ма-ма” диэҥҥэ үөрэтэн баран оҕо бэйэтэ саҥарар диэн балысса сатыы сылдьаллар. Бу боростуойдук саҥарыллар тылы оннооҕор ынахтар “маа” диэн маҥырыылларын таба өйдөөн оҕоҕо иҥэрэн кэбиһиэ суоҕа этибит. “Па” диэн куһаҕаны биллэрэр тылы оҕо саҥа саҥаран иһэн баһылыы охсор тыла буолар. Па диэн саҥарбытынан туһанан “па-па” диэҥҥэ үөрэтии олус судургутук ситиһиллэриттэн үөрэрбит улахан сыыһа. Бу “па” диэн куһаҕан дорҕооннордоох тылтан сэдиптээн оҕо улаатан иһэн аҕатын аанньа ахтыбата үөскүүрүн, этэр тылын истибэтин төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ. Аҕалар улаатан эрэр оҕолорун, кэргэннэрин быраҕаллара, арыгылыыллара бу “па-па” диэн куһаҕан дорҕооннордоох тылынан ыҥыралларыттан санаата түһэриттэн буолара элбэх. Ол курдук куһаҕан тыллар өйдөбүллэрэ биһиги буор куппутугар тиийэ иҥэн сылдьаннар дьайаллар.
Оҕо аан маҥнай саҥара үөрэнэр судургутук саҥарыллар тыллара бары үчүгэй тылларга киирсибэттэр, сорохторо куһаҕан өйдөбүллээхтэр. Ол иһин оҕо саҥа саҥаран эрдэҕинэ төрөппүттэр үчүгэй өйдөбүллээх тыллары саҥарарга оҕолорун анаан-минээн үөрэтиэ, саҥарар тылыттан өйө-санаата сайдарыгар кыһаныа этилэр.
Аҕа диэн тыл “ҕ” дорҕооно сахаларга эрэ баар дорҕоон. Бу тыл оҕо саҥарарыгар уустук, хойутаан саҥара үөрэнэр. Оҕо аҕыйахтык саҥарарыттан, бу тыл суолтата ордук дириҥээн биэрэр. Аҕыйахтык саҥарыллар уустук тылтан оҕо аҕатын ытыктыыра, этэр тылын истэрэ үөскээн олохсуйар.
Ийэ диэн сахалар төрүт тылбыт. Оҕо ийэтин ытыктыыра бу тылынан иҥэриллэр. Итини тэҥэ ийэ кут диэн оҕо кыра эрдэҕинэ ийэтин көмөтүнэн иитиллэн, үөрэнэн иҥэринэр өйө-санаата, үгэстэрэ мунньуллубута ааттанар. Бу өйө-санаата киһини улааппытын да кэннэ салайа сылдьарынан, оҕо кыра эрдэҕинэ иитэр-үөрэтэр киһи – ийэ оруола өссө улаатар.
Тыл дьайыыта оҕоҕо улаханын “Айыы диэмэ” диэн харыстыыр этии баара биллэрэр. Айыы диэн үчүгэй тыл буолбатах, бу тыл куһаҕана, сыыһа-халты туттунууну элбэтэриттэн, куһаҕаҥҥа тириэрдэриттэн биллэр. Куһаҕан тыллары оҕо элбэхтик саҥардаҕына, бу саҥарар тыла куһаҕан үгэһи үөскэтэринэн сыыһа-халты туттунар куһаҕан майгыланан хаалыан сөп.
Онон оҕо өйө-санаата олохсуйан, үгэс буолан иҥэригэр аан маҥнайгы саҥарар тыллара улахан суолтаны ылалларын билэн төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэҕиттэн сахалыы саҥарда үөрэтиэ этилэр. Кинилэр кэлэр көлүөнэлэрэ өйдөрө-санаалара туруктаах киһилии быһыылаах буола улааттахтарына бэйэлэрэ абыраналларын, баайдара эбиллэрин, олохторо тупсарын билиэ этилэр.
ДЬАДАҤЫ ДИЭН БУОР КУТ ЫАРЫЫТА
Дьадаҥы диэн былыр ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ куһаҕан өйдөбүллээх тыл этэ, мөлтөх, кыаммат, өйө-санаата тиийбэт, аанньа ахтыллыбат дьону бэлиэтиирэ. Үлэни-хамнаһы кыайбаттар, сүрэҕэ суохтар, ыарыһахтар, бодоҥнор оччотооҕу, ырыынак олоҕун кэмигэр бары дьадаҥы буолар эбиттэр.
Дьадаҥылар салайар былааһы күүстэринэн ылбыттарын сахалар бары кэриэтэ сөбүлээбэккэлэр кыахтара баарынан утарылаһан, сэриилэһэн кыаттарын баран билиммиттэрэ.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр баайа-мала суохтар баһылаан салайан олорбуттарыттан дьадаҥы диэн тыл “үчүгэй” диэн өйдөбүллэнэ сылдьыбыта. Бары салайааччылар, улаханныын-кыралыын уонна суруйааччылар дьадаҥы өбүгэлэринэн киэн тутталлара, онон өҥнөллөрө, улахан уратыларын курдук этинэллэрэ. Өй-санаа, кут-сүр үөрэҕин сайыннарыы бу тыл дириҥ, буор куттан тутулуктаах өйгө-санааҕа дьайыылаах суолтатын булууга туһалаата. Үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлээбэт, сатаан-табан хамсаммат, сүрэҕэ суох киһи дьадаҥы буолара билигин биллэн таҕыста. Ол курдук государство өттүттэн сиэрэ суох элбэх көмө баарын үрдүнэн үлэни-хамнаһы кыайан үлэлээбэттэн, ас-таҥас тиийбэтиттэн сэбиэскэй былаас эстибитин табатык өйдүө этибит. Дьа диэн өй-санаа баарын биллэрэр тыл.
Даҥ диэн дьиэ үрдүгэр таах сытар буор ааттанар.
Дьа уонна даҥ диэн тыллар дьадаҥы диэн тылы үөскэппиттэр. Кут-сүр үөрэҕэ этэринэн бу тыл киһи буор кута төһө сайдыылааҕын, хамсаныылары хайдах оҥорор кыаҕын биллэрэр.
Дьон бары кэриэтэ үөрэҕи-билиини баһылыыр кыахтаахтарын иһин, үгүстэрэ күүстээх үлэни-хамнаһы кыайбаттар, доруобуйалара да мөлтөх. Үлэни-хамнаһы кыайбат, кыайа-хото хамсаммат, сүрэҕэ суох киһи дьадаҥы буолара билигин биллэр буолла.
Дьадаҥы буолуохпутун бары баҕарбаппыт эрээри, үлэни-хамнаһы баһылыы сатаабаппыт. Бу баар биһиги сыыһабыт. Буор кут киһи хамсанарыттан сайдан үөрүйэххэ кубулуйдаҕына эрэ киһи сатаан, табан хамсана үөрэнэр. Былыргы кэпсээннэргэ ахтылларынан уус буолууга киһи олус өр кэмҥэ үөрэнэрин таһынан өбүгэлэрэ эмиэ уус буолаллара ирдэнэр көрдөбүлүнэн ааҕыллара. Ол аата өбүгэлэртэн бэриллэр буор кут көмөлөстөҕүнэ эрэ, улахан уус буолууну ситиһии кыаллар эбит.
Үлэҕэ-хамнаска оҕолорун үөрэппэт, үөрэҕи эрэ эккирэтиннэрэ сатыыр төрөппүттэр оҕолоро дьадаҥы буолар дьылҕаланаллар. Кыра эрдэхтэн үлэлии үөрэнии эрэ дьадаҥыттан үлэһиккэ, онтон баайга киһини кубулутар кыахтааҕын билигин да арааран билбэккэ, туһаммакка сылдьабыт. Ол курдук үрдүк да хамнас сорохтору баайга кыайан кубулуппат, төрүттэрин дьадаҥылара тардарынан ыһан, тоҕон, аһаан-сиэн, матайдаан туох эмэ баарын суох оҥорон иһэллэр.
Билигин баай уонна дьадаҥы диэн арахсыы баарыттан бу дьон өйдөрүн-санааларын уратыларын арааран билии уонна олоххо быһаччы туһаныы ирдэнэр. Ол курдук улахан баай дьон үчүгэй диэн санаалара дьадаҥылар санааларыттан букатын уратыларыттан, баайдар элбэх этиилэриттэн үлэһиттэр, дьадаҥылар бэйэлэригэр туһалааҕын эрэ булан ылыныа этилэр. Бу быһаарыы билигин улаханнык байбыт депутаттары, салайааччылары талыыга киэҥник туһаныллыа этэ.
Баай уонна дьадаҥы дьон икки ардыларыгар үлэһиттэр сылдьаллар. Арай үлэһит, үлэни-хамнаһы кыайыы эрэ дьадаҥы буолартан быыһыыр кыахтааҕын умнубатахпытына табыллабыт. Кыра эрдэхпитинэ кэпсиир сымыйа, албын, аптаах остуоруйалар дьайыыларыттан дьадаҥыттан соҕотохто байа-тайа охсуохпутун баҕарабыт, бэлэми, ким эрэ аҕалан биэрэрин кэтэһэ сылдьабыт. “Умнаһыт бурдугун тыал көтүтэр” диэн сахалар дьадаҥы киһи өйүн-санаатын, оҥорор быһыытын дириҥник быһааран эппиттэрин таба өйдөөн тутуспаппытыттан уонна баар баайы-малы харыстаабап-пытыттан ыскайдаан суох оҥоробут.
Буор кут диэн эти-сиини хамсатыыга аналлаах, хас биирдии быччыҥҥа иҥэн сылдьар өй-санаа мунньуллуута ааттанар. Буор кут мөлтөөтөҕүнэ киһи боростуой да хамсаныылары кыайан оҥорбот турукка киирэр. Эт-сиин үгүс ыарыылара быччыҥнар кыайан хамсаабаттарыттан тутулуктаахтар. Бу өй-санаа, буор кут ыарыыларын сахалар ойууннара кыайа-хото эмтиир этилэр.
Үлэлиэн, хамсыан баҕарбат, сүрэҕэлдьиир, сытарын, сынньанарын, уһуннук утуйарын сөбүлүүр киһи олоҕор дьадаҥы буолара былыргыттан биллэр. Кини хамсаныылары оҥорорго аналлаах буор кута ситэ сайдыбатаҕыттан хамсаныылары оҥорор кыаҕа аҕыйыырыттан үлэни-хамнаһы кыайбат кыахтанар.
Дьадаҥы диэн өй-санаа, буор кут ыарыыта, хамсаныыларга дьоҕурун сүтэриитэ ааттанар. Бу ыарыы ситэ сайдыбытах буор куту кытта тарҕанан баран, тэнийэн кэлэр көлүөнэлэргэ барыларыгар бэриллэн иһэр. Бу ыарыы хас да көлүөнэлэр усталара күүстээх үлэттэн-хамнастан эрэ нэһиилэ көнүөн сөп. Бу быһаарыы сахалар “Төрүт уус” диэн уус буолуу улахан үлэлээҕин уонна кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрин биллэрэр этиилэринэн бигэргэтиллэр.
Сэбиэскэй былаас дьадаҥылары өрө тутан, арбаан, хайҕаан, киэҥник тарҕатан билигин Россия дьоно бары, бу дьадаҥы диэн өй-санаа, буор кут ыарыытынан ыалдьалларыттан, үлэлиэхтэрин баҕарбаттарыттан Россияҕа үлэ-хамнас оҥорон таһаарыыта букатын таҥнары түстэ. Бу ыарыыттан тутулуктаах уларыйыылар Россия дьонугар бааллара билиннэ:
1. Ханнык да үлэни үлэлээһин кыаттарбат буолуута.
2. Баар баайы-малы ыһыы-тоҕуу дэлэйиитэ.
Аҥардастыы үөрэҕи эрэ эккирэтии, ону үчүгэй диэн өрө тутуу хас да көлүөнэлэр усталара үөрэхтээх дьон буола сатааһын буор куту дьадаҥы буолуу ыарыытыгар тириэрдэр. Ол курдук үлэттэн кэлээт дьыбааҥҥа сытар киһи оҕото сытара өссө эбиллэринэн хамсаныылары оҥорорго аналлаах буор кута мөлтөөн, ыарыы буолан барар. Үөрэҕи эрэ аҥардастыы эккирэтэн буор куттара мөлтөөбүт аймахтар кэлэр көлүөнэлэрэ дьадаҥы буолар дьылҕаланаллар. Ол курдук куорат мааны үөрэхтээхтэрин оҕолоро илии үлэтигэр чахчы мөлтөхтөрө биллэр.
“Баай дьадаҥыны уруурҕаабат” диэн өс хоһоонун хас биирдии үлэһит, кэлэр көлүөнэлэрэ сайдыахтарын баҕарар киһи билэн олоҕор туһаныа этэ. Бу өс хоһооно сайдыылаах, үлэһит буор кут дьадаҥыны кытта холбостоҕуна күүһүн сүтэрэрин, хааларын биллэрэр.
Баар баайы-малы ыскайдаан бүтэрии дьадаҥы буолуу сүрүн бэлиэтэ буолар. “Умнаһыт бурдугун тыал көтүппүт” диэн этии умнаһыкка төһөнү да биэрдэххэ син-биир суох оҥоруо, күдэҥҥэ кубулутан тыалга көтүтүө диэн өйдөтөрүн таба өйдүөхпүт этэ. Ол аата умнаһыты аан маҥнай үлэлэтэн, харыстыырга үөрэтэн баран ону-маны биэриэххэ сөп буолар.
“Олох ыараатаҕына омук күүһүрэр” диэн этии буор кут сайдыытыттан быһаччы тутулуктаах. Ол курдук олох ыараатаҕына киһи элбэхтик хамсанара, үлэлиирэ эбиллэринэн буор кутун эрчийэрэ улаатарыттан сайдыыны ситиһэрэ эбиллэр.
“Сүрэҕэ суох буолума, дьадаҥы буолуоҥ” диэн этии оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ быһаччы сыһыаннаах. Оҕо кыра эрдэҕиттэн элбэхтик хамсанан, туһа киһитэ буолан үлэлии үөрэннэҕинэ, буор кутун эрчийдэҕинэ, дьарыктаатаҕына үчүгэй үөрүйэхтэри үөскэтинэн буор кута сайдар кыахтанар.
Үлэни үлэлээһин хамсаныылара барылара нэмин билэн, сэрэхтээхтик оҥоруллалларынан күрэхтэһии хамсаныыларыттан быдан атыннар. Ол иһин аҥардастыы күрэхтэһиилэр, спорт буор куту эрчийиилэрэ кэлтэйдии баран хаалыахтарын сөп. Ол курдук күүһүн элбэхтик дьарыктаабыт спортсмен тарбаҕын төбөтүнэн тутан тугу эмэ оҥороро улахан эрэйи үөскэтиэн, букатын да кыаллымыан сөп.
Онон үлэ, үлэлии үөрэнии эрэ киһи буор кутун нэмин билэн дьарыктаан, үөрүйэх оҥорон киһини киһи буолууга тириэрдэр кыахтааҕа быһаарыллар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ-хамнаска сыһыаран үөрэтии эрэ дьадаҥы буолууттан харыстыыр кыахтааҕын төрөппүттэр билэн оҕо кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолан үлэлиир үгэстэри иҥэринэрин ситиһиэ этилэр.
ИДЭ ТҮҺҮҮТЭ
Эт-сиин өбүгэлэртэн, төрөппүттэртэн бэриллэн, ууһаан, тэнийэн иһэр айылҕаттан быһаччы тутулуктаах киһи сүрүн чааһа буолар. Ол иһин эт-сиин айыылартан, өбүгэлэртэн тутулуга олус улахан.
Эккэ-сииҥҥэ иҥэн сылдьар буор кут, араас үөрүйэхтэр; үчүгэйдэриттэн, куһаҕаннарыттан тутулуга суох бары кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэллэр. Киһи уһун үйэтин тухары үөрүйэхтэри үөскэтинэн, иҥэринэн, буор кутун сайыннаран кэлэр көлүөнэлэрин, оҕолорун, сиэннэрин өйдөрө-санаалара кини сайдыыны ситиспит таһымыттан намтаабатын, саҥаны ситиһэрэ түргэтиирин үөскэтэр.
Ийэ, салгын куттар оҕо өйө-санаата сайдыытын кытта тэҥҥэ сайдан, иҥэн иһэллэр. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕинэ үгэстэри үөскэтинэрэ олус түргэн, биирдэ эмэтэ соһуйа көрбүтэ, истибитэ, оҥорбута үгэс буолан хаалыан сөп, ону тэҥэ тугу эмэ оҥорбутун хатылаатар эрэ соннук үгэһи иҥэринэн, саҥа үгэстэнэр кыахтаах. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии, үчүгэй үгэстэри үөскэтэн, иҥэрэн биэрии биир тэҥник, уһаты-туора халбаҥнаабакка эрэ салгыы баран иһэрин сахалар үөрэхтэрэ ирдиир.
Оҕо улаатан истэҕинэ ону-маны оҥороруттан, туттарыттан көрөн ханнык идэҕэ сыһыаннаах буолуон сөбүн быһаараллар. Араас хамсаныылары табатык, сыыдамнык оҥоруу буор кут сайдыытыттан тутулуктаах. Идэлээх буолуу оҕо улаатан, үлэҕэ сыһыаннаах хамсаныылары оҥорор буолан истэҕинэ сыыйа биллэн иһэр.
“Уус оҕото – уус буолар” диэн сахалар этиилэрэ оҕо улаатан истэҕинэ биллэн иһэр. Ону-маны оҥорорго дьулуура, сыһыамаҕа, туттунуута-хаптыныыта төрөппүтүн курдук буоллаҕына, чахчы маарынныыр диэн быһаараллар. “Аҕатын курдук сыыдам туттунуулаах” диэтэхтэринэ аҕатыгар маарынныыр, киниттэн бэриллибит буор куттаах, сыыдам, таба хамсаныылаах үтүө, үлэһит киһи буолара быһаарыллар. Оҕо, киһи хайдах хамсанарыттан буор кута төһө сайдыылааҕа быһаарыллар:
- Сыыдам эрээри табатык хамсаныылары улахан сайдыылаах буор куттаах оҕо оҥорор кыахтаах. Хамсаныы олус табылларын имигэс диэн этии чуолкайдык быһаарар.
- Нэс, бытаан хамсаныылаах киһи элбэҕи тутан-хабан оҥороро аҕыйах буоларын бары билэбит.
- Нүксүгүр киһи оҕото улаатан баран нүксүччү түһүөн сөп.
- Тиэрэ үктээн хаамар киһини киһи барыта бэлиэтии көрөр. Оҕото аҕатын курдук буор куттаннаҕына тиэрэ үктээн хаамыан сөп.
Хамсаныылары таба оҥорууну буор кут салайар. Буор кут дьайыыта биллиитин идэ түһүүтэ диэн ааттыыллар. Эти-сиини, быччыҥнары таба хамсатыы сыыйа-баайа үөрүйэх буолууттан үөскүүр. Киһи өр кэмҥэ үөрүйэхтэргэ үөрэнэн буор куту үөскэтиммитэ кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэр.
Саха дьонун эдэрдэргэ баҕа санааларынан “Идэлээх буол” диэн буолар. Бу быһаарыы учуутал оҕото учуутал, быраас оҕото быраас буолара элбэҕин быһаарар.
Уус киһи оҕото улаатан уһаннаҕына, аҕатын утумнаабыта биллэн барар. Лып-лап курдук табан хамсанарыттан, уһанарыттан, тугу оҥорбутуттан үөрэриттэн аҕатын утумнаабыта биллэр. Ол аата ону-маны кыайарын оҥотторон көрүү эрэ утумнаабыты быһаарар. Сахалар бары кэриэтэ тимир, мас ууһа төрүттээхтэриттэн оҥоруу, тутуу үлэлэригэр ордук сыһыамахтар.
Оҕолор төрүттэрин дьарыктарынан дьарыктамматахтарына, үлэлэринэн үлэлээбэтэхтэринэ буор кут дьайыыта биллибэккэ эрэ сылдьыан, төрүт да хаалан хаалыан сөп. Кырдьан иһэн талааннарын дьэ арыйбыт дьон бааллара ону биллэрэр.
Буор кут лаппа сайдыбыта талааны үөскэтэр. Талаан эти-сиини кытта бииргэ сылдьар. Талаан арыллар. Талаан баар буолан хаалыан сөп. “Талааннаах тарбахтаах” диэн туохха эмэ эмискэ түбэһэ түһэр, туһаны таһаарынар киһини эмиэ этэллэр.
Буор кут сайдыылаҕа дьоҕур диэн тылынан бэриллэр. Дьоҕур хаһан да эмискэ кэлбэт. Дьоҕуру киһи уһуннук үлэлээн-хамсаан үөскэтинэр, сайыннарар кыахтаах. Дьоҕур диэн эт-сиин туһалаах хамсаныылары оҥорор кыаҕа ааттанар, ол иһин төрөппүттэриттэн буор кутун кытта быһаччы бэриллэр кыахтаах. Айылҕаттан өйдөөх, сайдыылаах буор куттаах оҕо иитиигэ, үөрэтиигэ наадыйара аҕыйах. Этэн, көрдөрөн биэрииттэн эбэтэр бэйэтэ да булан туһалаах, үчүгэй быһыылары оҥоруон сөп.
Дьоҕуру сайыннарбакка таах хаалларан кэбиһии кэлин кэмҥэ элбээтэ. Аҥардастыы үөрэҕи эрэ баһылаары былыргы өбүгэлэрбит үөрүйэхтэрин быраҕан кэбиһии тэнийдэ. Төрүттэриттэн уус, тимир ууһа идэлэрин быраҕан, уларытан кэбиспит дьон элбэхтэр. Кинилэр саҥа баһылыыр идэлэригэр табылын булбакка эрэйдэнэллэрэ, быраҕан да кэбиһэллэрэ эмиэ элбээтэ. Идэтин таба талбатаҕыттан санаата туолбакка арыгыга ылларааччылар бааллар.
Үлэлии үөрэммит, баһылаабыт үлэттэн туоратыы омугу эстиигэ, симэлийиигэ тириэрдэр кыахтаах. Атын омуктар баһылаабыт үлэлэригэр саҥалыы сыһыара сатааһын хаалыылаах үлэһит буолууга тириэрдэр. Сахалары симэлитээри оҥорор, тутар уус идэлэрин букатын да бырахтараары оҥостоллор. Сэбиэскэй былаас саҕаттан олоххо туһата аҕыйах ханнык эрэ гуманитарнай идэлэргэ саха дьонун көһөрө сатааһыны оҥоро сатаабыттара билигин да салҕанан иһэр.
Дьоҕурдаах буолуу утары, иккис өрүтэ салаҥ диэн ааттанар. Салаҥ. Салаҥ диэн сатаан туттубат, оҥорбот, табан хамсаммат, буор кута кыайан сайдыбатах киһини ааттыыллар.
“Салаҥтан хара тыа маһа ытыыр” диэн этии кыайан уһаммат киһи элбэх маһы туһата суох хаалларан, буорту оҥорорун биллэрэр.
Хоро салаҥ диэн олус улахан салаҥы этэллэр. Сайдыыттан, олох хаамыытыттан хаалан хаалбыт аһара былыргыларын тутуһан олорбут хоро омуктары сэнээн, туоратан этии буолар. Бу этии хоролор симэлийиилэригэр, сахаларга кубулуйууларыгар тириэрдибитэ.
Сааһыран истэххэ өй-санаа уларыйара ирдэнэр. Эт-сиин эдэр эрдэҕинээҕиттэн уларыйан, мөлтөөн барыытын таба сыаналааһын эрэйиллэр. Ол курдук дьахтар төрүүр сааһа аастаҕына, эмээхсин буоллаҕына, үлэ-хамнас атын өрүттэринэн эр дьонтон итэҕэһэ суохтук, ситиһиилээхтик дьарыктанар кыахтанар. Онтон дьахтар эрдэҕинэ оҕону төрөтүүнэн, иитиинэн, үөрэтиинэн дьарыктанара ордук туһалаах диэн сахалыы өй-санаа үөрэҕэ этэр. Кыыс оҕолор бары ийэлээхтэриттэн үчүгэй үгэстэргэ кыра эрдэҕиттэн утумнаахтык үөрэтиллэр дьахталлар оҕону үчүгэй үгэстэргэ иитэр, үөрэтэр кыахтара эр дьоннооҕор улаханын таба туһаналлар.
Онон саҥа төрүүр оҕолор сайдыылаах буор куттаахтарын ситиһии төрөппүттэр ытык иэстэрэ буолара эрэйиллэр. Дьахталлар былыргы сахалар ыал буолуу үөрэхтэрин тутустахтарына кыыстарынан эргэ таҕыстахтарына эрэ эр киһини утумнуур, киниттэн бэриллэр буор куттаах оҕону төрөтөллөрө кыалларын билиэ этилэр. Ол аата кыыс оҕо кэргэн тахсыар диэри атын эр киһилиин сылдьыспатаҕын сайдыылаах буор куттаах аймахтар ирдиэхтэрэ этэ.
КЫРА ОҔОНУ КӨРҮҮ – ИСТИИ СИТИМЭ БЫСТЫЫТА
Олус былыргы кэмнэртэн олох үөрэҕэ, уопута төрөппүтүттэн оҕолоругар бэриллэн, салҕанан баран иһэр этэ. Сахалар уус идэлэрин оҕолоругар кыра эрдэхтэриттэн батыһыннара сылдьан үлэҕэ үөрэтэн, такайан, уһуйан иҥэрэн биэрэн иһэллэриттэн билигин да уустар элбэхтэр. Бэйэлэрэ сахалыы саҥарар төрөппүттэр оҕолоро саҥа саҥаран эрдэҕиттэн сахалыы саҥарарга үөрэтэллэриттэн саха тылын билээччилэр ахсааннара эбиллэн иһэр.
Бу кэмҥэ диэри ыаллар элбэх оҕолоноллоруттан кыра оҕону көрүү-истии үөрэҕэ эбэлэртэн, ийэлэртэн улахан оҕолоругар быһаччы үтүктэн, батыһан үөрэниинэн бэриллэн иһэр этэ. Ол курдук ыал улахан оҕото ийэтин эбэтэр эбэтин быһаччы ыйыытынан, көрдөрөн биэриитинэн, кинилэри үтүктэн кыра балыстарын, бырааттарын бэйэтэ, саҥа улаатан иһэн, көрөргө-истэргэ үөрэнэрэ, сатаан сааратара, оннук үгэстэри бэйэтэ иҥэринэрэ. Бу үөрэҕэ улаатан бэйэтэ оҕолонноҕуна оҕотун көрөрүгэр-истэригэр олус туһалыыра.
Оҕону кыра эрдэҕинэ хайдах көрбүттэн-истибиттэн, ииппиттэн өйө-санаата, майгына олус улахан тутулуктаахтарын билигин кут-сүр үөрэҕэ тарҕанан саҥа билэн эрэбит. Ол курдук бу кэмҥэ оҕоҕо ийэ кута үөскээн олохсуйарын, үчүгэй үгэстэргэ үөрэнэн үчүгэй быһыылаах буола улаатарын кут-сүр үөрэҕэ быһаарарын туһаныа этибит.
Ыал биир оҕолоох буоллаҕына эбэтэр элбэх оҕоттон кыралара атаах соҕус буола иитиллэн хаалар уратылаах. Бу ураты өй-санаа аһара көрүүттэн-истииттэн, оҕо бары баҕатын төрөппүттэрэ эбэтэр улахан оҕолор толоро охсон иһиилэриттэн бэйэмсэҕэ үөскүүрэ эбиискэ дакаастабылга наадыйбат.
Сахалар үөрэхтэрэ оҕо атаах буола улааппатын туһугар “Оҕону бэйэҕин кытта тэҥнээн тут” диэн үөрэтэрин умнан сылдьабыт. Ол аата араас эбиискэ аһылык, минньигэс манньа, эҥин оҕоҕо кыратын эрэ быһыытынан бэриллэрин бэйэтигэр биллэриэххэ уонна хайаан да тутуһуохха, “Кыра оҕо эбиискэ аһылыга” диэн ааттаан биэрдэххэ улаатан иһэн оҕо бэйэтэ аккаастанар кыахтанар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ араас минньигэстэри сиэбэккэ эрэ улаатыан сөп. Хата тииһэ ыалдьыа суоҕа, бөҕө буолуо этэ. Кыра оҕону хатаҕалаатаҕа аатыран, оҕоҕо үчүгэй буола сатаан, араас минньигэһи аҕалан туспа тутан сиэтэ сатааһын мааныламмыт, ураты, “Мин туспабын”, “Уратыбын” диэн санаалаах киһини улаатыннарарыттан билигин эдэрдэр атаах буола иитиллэннэр өйдөрө-санаалара туруга суох буолуута элбээтэ.
Оҕону көрүү-истии үөрэҕэ ийэтиттэн оҕотугар быһаччы, үтүгүннэрэн үөрэтиинэн бэриллэн иһиитэ дьахталлар хаста да оҕолоннохторуна эрэ ситиһиллэр кыахтаах уонна омук биир тэҥник сайдан иһэрин хааччыйыа этэ. Ийэ улахан оҕото, уонун саҥа ааһан баран, кэлин төрөөбүт кыра балтыларын, бырааттарын ийэтин көмөтүнэн, көрдөрөн, ыйан биэриитинэн туһанан көрө-истэ, харайа үөрэнэрэ кыра оҕону көрөр үөрэх быһаччы ийэтиттэн оҕотугар үгэс буолан бэриллэн иһэрин хааччыйар.
Ол аата улааппыт, өйүн-санаатын ситэн эрэр оҕо ийэтин көмөтүнэн кыра оҕону көрө-истэ үөрэнэрэ оҕо көрүүтүн үөрэҕэ быһаччы, төрөппүттэн оҕотугар үтүгүннэрэн үөрэтиинэн бэриллэн иһэрин үөскэтэр. Оҕону кыра эрдэҕинэ ийэтин көмөтүнэн, ыйыытынан көрө-харайа үөрэммэтэх эдэр киһи бэйэтэ оҕолонноҕуна оҕону көрөр-истэр кыаҕа кыччыыр, оннооҕор туга эмэ табыллыбакка ытаабыт оҕону кыайан саараппакка, аралдьыппакка минньигэһинэн албынныы сатаан атаахтаталлар эбэтэр ыган-хаайан бараллара элбиир.
Биһиэхэ бу ийэтиттэн оҕотугар быһаччы бэриллэр тутаах ситиммит быстан эрэр. Билигин сайдыыны ситиспит, үөрэхтээх дьон ыал, кэргэннии буолаат сылы сыллата, улааттаҕына икки оҕону төрөтөн баран, онон бүтэллэр. Оҕолоро кыһыл, кыра оҕо диэни букатын көрбөккө эрэ улааталлар, биирдэ эмэ киинэҕэ эрэ көрөр кыахтаналлар. Тэҥҥэ кэриэтэ улаатан иһэр оҕолоро кыһыл, кыра оҕо диэни көрбөккө, билбэккэ эрэ улааталлара кыра оҕону көрүү-истии, үөрэтии үөрэҕэ букатын умнулларыгар тириэрдэр буолла.
Оҕо өйө-санаата ситэ сайда илигинэн 4 эбэтэр 5 сааһыгар диэри олоҕун ситэ өйдөөбөт, өйүгэр-санаатыгар туппат. Ол иһин бэйэтэ оччо сааһыгар диэри хайдах улааппытын төрөппүттэрэ эбэтэр атын дьон кэпсээннэриттэн эрэ быстах-остох билэригэр тиийэрэ өй-санаа уратыларын, олох уустуктарын үөскэтэр.
Кыра оҕо диэни көрбөккө улааппыт оҕо бэйэтэ оҕолонноҕуна кыра оҕо туһунан туох да билиитэ-көрүүтэ суох буоларыгар тиийэр. Аҥардастыы ханнык эрэ арҕааҥҥы үөрэхтээхтэр суруйууларын ааҕа сатаатаҕына даҕаны, бэйэтэ тутан-хабан боруобалаабатах, үтүктэн үөрэммэтэх суола буоларынан, кыайа-хото сатаабат, оҕотун иитиини дьаалатынан ыытар, куһаҕаны оҥордоҕуна тохтото, өйдөтө сатаабат, маннык оҥордоххо үчүгэй буолуо диэн хос-хос оҥотторон үөрэппэт, аҥардастыы аһатар-таҥыннарар, маанылыыр, киэргэтэр эрэ, иитии-үөрэтии туһугар кыһаллыбакка эрэ сылдьарыттан атаахтатан кэбиһэр. Ол иһин аныгы төрөппүттэр аҥардастыы кыра оҕо бары баҕа санаатын толоро сатааннар атаахтатан, аһара маанылаан кэбиһэллэрэ элбээн хаалар буолла. Итини тэҥэ оҕо кыра эрдэҕинэ аан бастаан бэрээдэккэ, үчүгэй үгэстэргэ киһилии быһыылары оҥорууга үөрэниэхтээҕин, олору үгэс, үөрүйэх оҥостуохтааҕын туһунан букатын да умнан, ийэ кутун ииппэккэ эрэ улаатыннаран кэбиһэр буоллулар.
Оҕо иитиитигэр эрбэхтэн эмэн оҥоруллубут “айыы үөрэҕэ” оҕо ийэ кута хантан эрэ халлаантан түһэр диэн сымыйанан этэрэ ордук улахан куһаҕаны оҥорор буолла. Бу сыыһа үөрэҕи төрөппүттэр туруорсан тохтоттохторуна эрэ табыллар.
Ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥорууга кыра эрдэҕинэ иитиллибэтэх оҕо биирдэ эмэ итирэн эҥин, салгын кута көтөн, ийэ кутун баһылаан салайар кэмигэр киирдэҕинэ, атаахтыы үөрэммитэ тардан киһи быһыытыттан таһынан барар быһыылары оҥорон кэбиһиэн сөп.
Аныгы дьахталлар биирдэ эмэ оҕолоноллоро кыра оҕону көрүү-истии аҥардастыы атаахтатыы, харыстааһын, маанылааһын өттүгэр халыйан хаалыытын үөскэтэринэн туруга суох өйдөөх-санаалаах эдэрдэри улаатыннарарынан омук эстэн, симэлийэн барыытыгар тириэрдиэн сөп. Итини тэҥэ ыал биир эмэ оҕото бэйэтэ оҕолонноҕуна көрөр-истэр, иитэр-үөрэтэр кыаҕа кыратыттан оҕотун өссө атаахтатан, маанылаан кэбиһэригэр тириэрдэрэ омук эстиитэ, симэлийиитэ түргэтииригэр тириэрдэр.
Кыра оҕону көрүү-истии, барыга бары үөрэтии кыра да буоллар олус суолталаах билиилэри эрэйэр. Аһыырга ньуосканы тута үөрэтии хайа илиитин уруттаан хамсата үөрэтиититтэн ордук тутулуктаах. Ол аата оҕо уҥа илиитигэр ньуосканы туттара үөрэттэххэ, ол илиитинэн урутаан туттарга үөрэнэрэ, аан бастаан тугу билбитэ-көрбүтэ олус күүскэ өйдөнөн, иҥэн хаалар уратытын быһаарар. Бу быһаарыыны төрөппүттэр таба туһаныахтарын, оҕолорун үчүгэй быһыылары кыра эрдэҕиттэн оҥотторо үөрэтиэхтэрин сөп этэ.
Оҕо ийэ кутун иитии сахалар киһи таҥараларын үөрэҕин тутустахха, биллэххэ эрэ кыаллар кыахтаах. Бу биһиги сахалар ураты билиибит. Ол иһин атын омуктарга холоотоххо олус уһун үйэни ситиһэн олоробут. Бу билиини туһаныыттан туруктаах өйдөөх-санаалаах эдэр киһини иитэн-үөрэтэн улаатыннарар кыах улаатарын төрөппүттэр таба өйдүөхтэрэ, кэлэр көлүөнэлэрин туһугар кыһаныахтара этэ.
Оҕону иитии, көрүү-истии ситимэ быстан эрэрин эдэр дьахталлар бэйэлэрэ эрэ оннугар түһэрэр кыахтаахтар. Кинилэр өй-санаа оҕолорго, кэлэр көлүөнэлэргэ хайдах көрүҥнээхтик бэриллэрин билэн, олохторугар туһанан, улаатан эрэр оҕолоругар кыра оҕону төрөтөн, кинини көрдөрөн, туттаран-хаптаран үөрэтэллэрэ эрэйиллэр.
Омук тыла уонна өйө-санаата аан бастаан дьахталлартан тутуллар диэн этиини биһиги тутуһабыт. Ол аата оҕо аан бастакы саҥарар тылларын ийэтин эбэтэр эбэтин көмөтүнэн, кинилэри үтүктэн үөрэнэр. Ол иһин дьахталлар оҕолорун атын омук тылынан саҥарда үөрэппэтэхтэринэ эбэтэр бэйэлэрэ атын омук буола сатаабатахтарына саха тыла сүтүө суоҕа. Итини тэҥэ өй-санаа төрүттэрин, сахалар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэхтэрин тутуһарыгар оҕо кыра эрдэҕинэ ийэтэ эбэтэр эбэтэ иитэр, үөрэтэр кыахтара улаханын туһаныахпыт этэ.
Онон оҕо ийэ кутун иитии, үөрэтии, саха тылын уонна сахалыы өйү-санааны харыстааһын дьахталларбыт барахсаттартан ордук улахан тутулуктааҕын билинэннэр, киһилии быһыылаах, үчүгэй майгылаах үлэһит оҕолору иитэн улаатыннарарга, тылбытын сайыннарарга, уһун үйэлииргэ уонна өйбүтүн-санаабытын харыстыырга бары кыахтарын ууруо этилэр.
“ТРУДНЫЕ ПОДРОСТКИ”
Үөрэҕи-билиини нууччалартан ылынарбытыттан олоххо туһалаах сорох өйдөбүллэри нууччалыы эттэххэ ордук табыллар, өйдөнөр. “Трудные подростки” диэн этиини сахалыыга тылбаастаатахха бу этии нууччалыы биэрэр өйдөбүлэ, киһилии быһыыга иитиллибэтэх эдэрдэр диэн буолара сахалыытыгар олус уһаан хааларыттан суолтата сымныыр. Онно эбии туруору тылбаастаан “Ыараханнык иитиллэр эдэрдэр” диэтэххэ өйдөбүлэ сөп түбэспитин иһин уһаан хаалар.
Улаатан иһэр оҕолор араас буруйу-сэмэни, куһаҕан быһыылары оҥороллоро билигин элбээн иһэриттэн дьон саллан эрэллэр. Бэһис кылааска үөрэнэр оҕолор бэйэлэрин саастыылаахтарын кырбаан баран халыылларын “Вести Якутии” хаһыат суруйар. (12,21).
Сахалар олус туһалаах кут-сүр үөрэхтэрин кыра оҕо иитиитигэр туһаммаппытыттан оҕолору “Трудные подростки” буолууга тириэрдии элбээтэ. Ол курдук кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр атаахтатан, бэлэмҥэ үөрэтэн куһаҕан үгэстэри иҥэрэн кэбиһэн баран улааппытын кэннэ көннөрө, тупсара сатааһын оҕо сөбүлээбэтин, утарсарын үөскэтиитэ, улахан, үөрэтэр дьон этиилэрин истибэтэ, “Трудные подростки” буолууга тириэрдэрин билиэ этибит. Кыра эрдэҕинэ мааныланар, атаахтыыр оҕоҕо маннык куһаҕан үгэстэр иҥэн хаалаллар:
1. Төрөппүттэр оҕо тугу баҕарбытын барытын була-тала охсон биэрэн иһэллэриттэн бэлэмҥэ үөрэнии үгэһэ үөскээн иҥэр.
2. Тулуйа, кэтэһэ үөрэммэтиттэн тулуура суох буолуута улаатар.
3. Тулуура суоҕуттан олоххо чэпчэки өттүн талаһарыттан кыайа-хото үлэлээбэккэ, араас уоруулары, халааһыннары оҥорууга тиийэн хаалыан сөп.
4. Араас, олоххо туһата суох оонньуурдарынан оонньууруттан үлэҕэ-хамнаска сыһыана суох буола улаатар.
Кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан кыра оҕо куһаҕан быһыыны биирдэ эмэ да оҥордор эрэ куһаҕан үгэстэнэн хаалыан сөп. Былыргы сахалар бу быһаарыыны тутуһан оҕолорун кыра эрдэҕинэ “хара харахтаахха көрдөрбөккө” иитэллэрэ, улаатыннараллара. Ол курдук куһаҕаны оҥоруу оҕону тардар, угуйар күүһэ аһара улахан. Туох эрэ уратыны, дьон билбэттэрин, саҥаны айыыны оҥоруу оҕо санаатыгар “үчүгэй” курдук буолан элбэхтик көстөр. Оҕо өйүн-санаатын харыстыыртан, сыыһа-халты туттубатын туһугар, “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи сахалар таҥараларын үөрэҕэ тутуһарын төрөппүттэр билэн туһаныа этилэр.
Оҕо эрдэ үөскээбит куһаҕан да үгэстэрин харыстыыр санаата хаалан хаалбат. Арай бу үгэс саҥа үөскүүр үчүгэй үгэһинэн солбулуннаҕына эрэ умнуллан хаалар кыахтааҕа, үгэстэргэ аан маҥнай үөрэниигэ олус сэрэхтээх буолары быһаарар. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ иитии ийэ кута үөскээн олохсуйарынан суолтата олус улахан. Куһаҕан иитиилээх оҕолонуохтарын ханнык да төрөппүт баҕарбатыттан кыра эрдэҕинэ оҕо ийэ кутун үчүгэй үгэстэргэ иитиини олоххо туһаныахтара этэ.
Куһаҕан быһыыны көрүүттэн, оҥорууттан түргэнник үөскээн хаалар куһаҕан үгэс олус өр кэмҥэ, саҥа үчүгэй үгэстэри үөскэтэн иҥэриннэххэ эрэ көнөр кыахтааҕын төрөппүттэр биллэхтэринэ оҕолоро кыра эрдэҕинэ, ийэ кута үөскүүр кэмигэр үчүгэй эрэ үгэстэри иҥэрэн биэрэ сатыа этилэр.
Кыра эрдэҕиттэн, тугу эмэни кыайарыттан төрөппүттэригэр туһа киһитэ буолан көмөлөһөр, үлэлиир үгэстэргэ үөрэммит оҕо улааттаҕына үлэни-хамнаһы кыайара-хоторо элбиирин төрөппүттэр биллэхтэринэ, итэҕэйдэхтэринэ оҕону иитэллэригэр туһаныахтара этэ.
Үлэҕэ-хамнаска, ыал буолууга, кыра оҕону көрүүгэ сыһыаннаах оонньуулары оҕо элбэхтик оонньоон соннук үгэстэри кыра эрдэҕинэ иҥэриннэҕинэ, бу оонньообут оонньууларын курдук үлэлэргэ сыһыамах, сыстаҕас буола улаатар.
Оҕо улааттаҕына үлэҕэ-хамнаска бэйэтэ үөрэниэ диэн этии сыыһа, үөрэнии хойутаан хааларыгар тириэрдэр. Оҕону үлэҕэ-хамнаска иитии, үөрэтии уратылара оҕо улааппытын, бэйэтэ ону-маны оҥорор кэмэ кэлбитин кэннэ биллэн тахсара, көннөрүү олус ыараабытын биллэрэр. Ол аата үлэлээбэт буолуу үгэһэ хайа-сах иҥэн хаалбытын кэннэ өйдөммүт да иһин, саҥалыы үлэлиир үгэстэргэ үөрэнии эрэйдэниигэ тэҥнэһэр, оҕо утарылаһар, сөбүлээбэт санаатын үөскэтиэн уонна көннөрөн үөрэнэрэ уһун кэми ылыан сөп.
Бу быһаарыы “Трудные подростки” диэн ааттанар оҕолор баар буолууларын, кыра эрдэхтэринэ ийэ куттара сыыһа иитиллибитин арыйар. Сахалар маннык иитиилээх дьону куһаҕаннык, атаахтык иитиллибит диэн арааран ааттыыллар.
Буор кут киһиэхэ хамсаныыларга үөрүйэх буолуутуттан үөскүүр. Киһи быччыҥнарын санаатын күүһүнэн хамсатар, салайар буоллаҕына буор кут үөскээбитэ биллэр. Киһи үс кутуттан буор кут эрэ эккэ-сииҥҥэ иҥэр буолан кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр аналлаах, атын өйдөр-санаалар, ийэ кут уонна салгын кут көтөн хаалаллар.
Хамсаныыларга үөрэнэн үөрүйэх буолуу кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллиитэ утумнааһын диэн ааттанар. Утумнааһын диэн өй-санаа, буор кут, онтон удьуордааһын диэн эт-сиин уратылара кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллиитэ буолар.
Оҕоҕо кыра эрдэҕинэ үчүгэй киһи буолууга ыҥырар баҕа санааны үөскэппит, иҥэрбит, ийэ кутун үчүгэй быһыылары оҥорууга ииппит төрөппүттэр “Трудные подростки”, “Переходная возрасть” диэн кыайан киһилии быһыыга иитиллибэтэх оҕолор тустарынан этиилэри билбэккэ эрэ оҕолорун улаатыннарыахтарын сөп.
Онон оҕо киһи буолууну баһылаан бэйэтин өйүн-санаатын күүһүнэн, кыаҕынан олоҕун тупсарары ситистэҕинэ төрөппүттэр оҕолорун иитиигэ иэстэрин толорбутунан ааҕыныахтарын сөп.
ОҔОНУ КУҺАҔАҤҤА ҮӨРЭТИМЭ
Оҕону төрөтүү, иитии, үөрэтии ыалтан, төрөппүттэртэн быһаччы тутулуктааҕын бары билинэллэр. (13,126). Арай арҕааҥҥы үөрэхтээхтэр оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии диэн сахалар үөрэхтэрин билбэттэриттэн, бу кэми көтүтэн, хаалларан кэбиһэллэрэ туруга суох өйдөөх-санаалаах эдэрдэр элбииллэригэр тириэрдэр.
Оҕо аан маҥнайгы билбит билиилэриттэн-көрүүлэриттэн, оҥорбут быһыыларыттан үгэс үөскээн ийэ кута иитиллэн иһэр диэн кут-сүр үөрэҕэр быһаарбыппыт. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута үөскүүр кэмигэр үчүгэй эрэ быһыылары оҥорторон, үчүгэй үгэһи иҥэрэн кэбиһии туһалааҕын арыйбыппыт.
Оҕо улаатан да баран үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны арааран билэрэ уустук, уһун кэми ылыан сөп. Оҕону үөрэтии “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэринэн ийэ кутун иитии кэнниттэн уларыйан биэрэрэ ирдэнэр. Ол аата оҕо аны, улаатан истэҕинэ куһаҕан диэни бэйэтэ арааран билэ үөрэнэрэ ирдэнэр.
Аҕыйах ахсааннаах куһаҕаннары үчүгэйдэртэн туспа арааран биллэҕинэ олору оҥорбот, туттунар буолуута үөскээн олохсуйарыттан үчүгэйи уонна куһаҕаны таба араарарга үөрэнэр.
Сахалар оҕону үөрэтэр үөрэхтэрэ олус киэҥ уонна дириҥ. Бу үөрэххэ “Оҕону кыра эрдэҕинэ куһаҕаҥҥа үөрэтимэ” диэн этии баар. Ол барыта сахалар оҕо өйө-санаата сайдыытын, үгэстэрэ үөскээһинин дириҥник билэллэрин уонна олохторугар туһаналларын биллэрэр. Ол курдук оҕо аан маҥнай билбитэ, оҥорбута саҥаны айыы буолан үгэскэ соҕотохто кубулуйан ийэ кутун быһалыы үөскэтэринэн, хаһан да умнуллубат буолан хаалыан сөп.
Бу сахалар кут-сүр үөрэхтэрин быһаарыыта табатын аныгы наука эмиэ билинэр. Ол курдук ханнык баҕарар саҥаны билии, айыыны оҥоруу киһи мэйиитигэр нейроннар саҥа холбоһуктары үөскэтэрин дакаастаабыттара.
Киһи бэйэтэ билбэтинэн, үчүгэйи оҥорор курдук санаатыттан оҕону куһаҕаҥҥа, буортулаахха үөрэтэн кэбиһиэн сөп. Кыра оҕону куһаҕаҥҥа үөрэтии араас элбэх көрүҥнэриттэн сүрүннэрэ манныктар:
1. Сайыһыннара үөрэтии.
2. Былдьаһыннара үөрэтии.
3. Хайыта тыыттарыы, баттаҕы тардыалатыы.
4. Охсуоланарга, тэбиэлэнэргэ үөрэтии.
5. Быраҕаттанарга, ыскайдыырга үөрэтии.
6. Киһи билбэтин, оҥорботун оҥорорго үөрэтии.
7. Киһиргэтии.
Оҕону куһаҕаҥҥа үөрэтии бу көрүҥнэрин биир-биир ыламмыт төһө кыайарбытынан ырытан көрүөхпүт:
1. Оҕо көрөөччү онно-манна барара-кэлэрэ, ону-маны оҥороро элбэх. Бараары гына-гына барбакка, кэлээри гына-гына кэлбэккэ оҕону сайыһыннара үөрэтии, “Оҕом сайыһар ээ” диэн бигэргэтии куһаҕаҥҥа үөрэтии буолар. Оҕо төрөппүттэрин сайыһан элбэхтик ытаан эрэйдэниэн, биир эмэ киһи көрүүтүгэр аһара үөрэнэн, сыбанан хаалыан сөп.
Ханна эмэ барар буоллахха, барарга оҕону сайыһыннарымыахха, судургу барыахха, барыыны оҕоҕо биллэрбэккэ да баран кэлиэххэ сөп. Кыра оҕо маҥнай суохтаан баран умнан кэбиһиэн, атыҥҥа аралдьыйан сүтүктээмиэн сөп.
2. Оҕо аан маҥнай куһаҕаны биллэҕинэ олору оҥорбот буоларга түргэнник үөрэнэрин сахалар билэн бобууну-хаайыыны туһаналлар этэ. “Оҕону былдьаһыннара үөрэтимэ” диэн этии оҕо кыратыттан бэйэтин киэнэ эбэтэр атыттар киэннэрэ буоларын билэ үөрэнэригэр туһата улахан. Ол курдук оҕоҕо тугу эмэни биэрдэххэ эбэтэр биэрээри дугдуҥнаатахха “миэнэ” диэн саныы, ылына охсор. Биэрээри дугдуҥнаан баран биэрбэтэххэ былдьаһан да туруон сөп. “Оҕону былдьаһыннара үөрэтимэ” диэн этии оҕоҕо ону-маны; наадалааҕы, алдьаныан да сөптөөҕү, оонньууруттан атыны эбэтэр тугу эмэ биэрээри гына-гына биэрбэккэ былдьаһыннара үөрэтэри суох оҥорор. “Оҕоҕо биэрбэт эрээри көөчүктээмэ” диэн этии көөчүк дьайыытын быһаарарын тэҥэ, былдьаһыннара үөрэтэри тохтотор.
Оҕоҕо ону-маны, урут билбэтин, оонньооботун биэрдэххэ ону олус өр көрөр, чинчийэр, үөрэтэр, олус өр кэмҥэ илдьэ сылдьар. Онтон сотору кэминэн салҕан хааллаҕына, ханна эмэ быраҕыаҕа. Бу бэйэтэ быраҕыар тиийбэккэ былдьаан ылыы оҕону хомотор, ытааһын да баар буолуон сөп. Былдьаан ылыы былдьаһыыны үөскэтиэн сөп.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн туох бэйэтин киэнэ буоларын билэ үөрэнэрэ ордук. Киниэхэ тугу эмэни биэрдиҥ да кини киэнэ буоларын билэр, оннук ылынар. Ол иһин оҕоҕо тугу биэрэри эрдэттэн билиэххэ, былаанныахха, биэрэн баран былдьаһымыахха, быраҕыар диэри тулуйуохха, атыҥҥа аралдьытыахха.
3. Оҕо маҥнайгы сатаан оҥорор хамсаныыларынан хайыта тыытыы уонна бобуччу тутан баран тардыалааһын буолар. Оҕо өйө-санаата ситэ сайда илигинэн, тугу оҥорорун суолтатын арааран билбэтинэн сыыһа-халты хамсаныан сөп. Манна сирэй-харах хайыта тыытыллыан, баттах тоҕута тардыаланыан сөп. Ийэтэ сөбүлээбэккэ кыыһырбыттыы көрдөҕүнэ бу быһыы тохтуон сөп. “Тардыалаама”, “хайыта тыытыма” диэн үөрэттэххэ син сотору кэминэн оҕо үөрэнэр. Оҕо куһаҕан да быһыыны оҥорон көрөн боруобалаан баран куһаҕанын дьэ биллэҕинэ оҥорбот буолар кыахтанар.
4. Оҕо өйө-санаата сайдан киһи буолууну, киһилии быһыыны баһылыырыгар сыыһа-халты, куһаҕаннык хамсаммата ирдэнэр. Киһини, атын оҕону охсуолаабатыгар, тэбиэлээбэтигэр кыра эрдэҕинэ үөрэтии туһата улахан. “Оҕобут охсуолуур ээ” диэн үөрэтии сыыһа үөрэтии буолар. Ийэ кутугар охсуолуур, тэбиэлиир үгэс үөскээн иҥэн хааллаҕына бэйэтин кыана туттубат буола улаатан хаалыан сөп. Ол аата тугу эмэ быһаарсыыга сутуруга эрдэлээн тиийэн хаалара улааппытын кэннэ уустуктары үөскэтиэн сөп.
Охсуолуур, тэбиэлиир хамсаныылары оҕо улаатан өйө-санаата сайдыбытын кэннэ оҥоро үөрэннэҕинэ бу уустук, киһи сыыһа туттан кэбиһэр кыахтаах хамсаныыларын өйүнэн-санаатынан салайара үөскээн сыыһа-халты туттунара аҕыйыырыгар тириэрдэр.
5. Ыһыллыбыт оонньууру хомуйарга, дьаарыстыырга үөрэммит оҕо тугу барытын ыскайдаабакка, хомуйарга үөрэнэн соннук үгэһи иҥэринэр. Киһи тугу даҕаны ыскайдаабата ордугун бары билэбит. Билигин ырыынак үйэтэ кэлэн дьон баайдара-маллара элбииригэр ордук кыһаналлар. Кыра да баайы-малы ыскайдаабатахха эрэ эбиллэр кыахтанарын туһаныахпыт этэ.
6. Сахалар киһи оҥорор быһыыта уонна киһи оҥорбот быһыыта диэн баалларын билинэн киһи быһыыта диэн туспа үөрэҕи арыйбыттар. Ол аата киһи быһыылаах киһи диэн киһи оҥорор быһыыларын оҥорор киһи буолар. Оҕону киһи оҥорор быһыыларын оҥорууга үөрэтии киһилии быһыыланыыга үөрэтии буолар. Онтон киһи билбэт, оҥорбот быһыыларын, айыыны оҥорор киһи кыыллар быһыыларын быһыыланара элбээн хааларын иһин “Айыыны оҥорума” диэн этэн сахалар оҕону сыыһа-халты туттунарыттан харыстыыллар.
7. Оҕо кыра эрдэҕинэ туох эмэ туһалааҕы оҥордоҕуна хайҕанара, манньа ылара үчүгэйи оҥорорун элбэтэр, онтон улааппытын кэннэ аһара хайгыы, киһиргэтэ, манньалыы сылдьыы өйө-санаата туруга суох буолуутун, бэйэтин үрдүктүк сананыытын үөскэтиэн сөп.
Оҕо куһаҕан быһыылары оҥоруута соннук үгэһи үөскэттэҕинэ куһаҕан быһыылаах, майгылаах буолууга тириэрдэрин төрөппүттэр билиэ этилэр. Онтон майгы диэн олохсуйбут үгэс буоларынан оҕо улааппытын да кэннэ биллэ сылдьыан сөп. Куһаҕан майгы биллиитэ куһаҕаны оҥорууга тириэрдэр кыахтааҕын билэн төрөппүттэр сэрэниэхтэрэ этэ.
Онон оҕону кыра эрдэҕинэ иитиигэ, үөрэтиигэ, оҕоҕо бу кэмҥэ ийэ кута үөскүүрүнэн төрөппүттэр куһаҕан быһыылары оҥорботугар кыһаныахтара этэ.
КЫРА ОҔОНУ ИИТИИ, ҮӨРЭТИИ ХАЛЫЙЫЫТА
Оҕо биир сааһын туолуор диэри ийэтин иммунитета харыстыыр уонна оҕону биир сааһын туола илигиттэн тымныынан эрчийдэххэ тымныыны тулуйара улаатар, бөҕөргүүр диэн медицинэ үлэһиттэрэ этэллэр. Тымныынан эрчийии оҕо кыра эрдэҕиттэн этин-сиинин температуратын тэҥнээн биэриигэ үөрэтэринэн, иммунитетын сайыннарарынан тымныйан ыалдьан испэтин үөскэтэр.
Итии уонна тымныы киһиэхэ утарыта дьайыылаахтар. Киһи этигэр эмискэ итии дьайыытыттан тирии капиллярдара аһыллан хаалаллар, эт-сиин итиини көҕүрэтэр, таһаарар. Онтон тымныы дьайыытыттан тирии капиллярдара ыга сабыллан тымныыны иһирдьэ киллэрбэттэрэ дьоҥҥо барыларыгар биллэр эрээри, тымныынан дьарыктанааччылар билигин да аҕыйахтар.
Эти-сиини итиинэн уонна тымныынан хардары-таары эрчийии тирии түргэнник сабыллан, аһыллан биэриитин үөскэтэн эрчийэр күүһэ ордук улахан. Айылҕаҕа үлэлии-хамсыы сылдьар киһи эмискэ күүскэ хамсанан тиритэрэ, буһара хаһан баҕарар буолар суол. Ол кэмҥэ эрчиллиитэ суох киһи тиритэн баран кыайан куурбакка тоҥо охсон, тымныйан ыалдьан хаалара элбэх.
Итиини-тымныыны тулуйарга эрчиллибэт буолуу, наар сылааска, сымнаҕаска сылдьарга үөрэнии киһи доруобуйатын олус мөлтөтөр. Биирдэ эмэ эмискэ тымныйан эбэтэр итийэн, тиритэн хаалыы кэнниттэн киһи этэ-сиинэ сөптөөх температуратын кыайан тэҥнээбэккэ, регулировкалаабакка улаханнык ыалдьан хаалыан сөп. Биһиэхэ күөх сайын ортото тымныйан улаханнык ыалдьан хаалар эдэр эмньик дьон элбээтилэр.
Таһырдьа сибиэһэй салгыҥҥа сылдьарын оҕо барыта сөбүлүүр. Таһырдьа тахсан, төһө эмэ оонньоон баран дьиэҕэ кииримээри эрэй бөҕө буолара баар суол. “Таһырдьа” диэн саҥаны кыра оҕоттон элбэхтик истэбит. Онно олус үчүгэйин оҕо барыта билэр.
Сылаас дьиэттэн таһырдьа таҕыстахха салгын ырааһа биллэр, хаста да толору тыынан ыллахха харах сырдыырга дылы гынар. Сахалар салгын сиэниллэрин, күүс-күдэх биэрэрин эмиэ билэллэр, таһырдьа тахсан “Салгынна сиэ” диэн этэллэр, ыраас салгынынан тыынарга сүбэлииллэр. Дьиэ иһин салгылатан иһии кыра оҕо баарыгар ордук туһалаах.
Ыраас салгынынан тыыныы өй-санаа ол-бу, араас санаалартан ыраастаныытыгар туһалыыр, дьэгдьийиигэ тириэрдэр. Сахалар былыр-былыргыттан дьэгдьийиигэ ыраас салгын туһалааҕын билэллэр. “Дьэгдьийэ түс эрэ” диэн этии кэнниттэн таһырдьа тахсан ыраас салгыҥҥа хаамыталыы түһүү кэнниттэн киһи санаалара үчүгэй өттүгэр уларыйар кыахтара улаатар.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн таһырдьа, ыраас салгыҥҥа элбэхтик сырытыннарыы туһалыыр. Ыраас салгыҥҥа сылдьыы, дириҥник тыыныы элбэх кислород хааҥҥа киирэриттэн өй-санаа ырааһыран, дьэгдьийиигэ тириэрдэрин тэҥэ, доруобуйаҕа туһата улахан.
Таһырдьа тахсыы сахаларга тымныыга тахсыы диэн өйдөбүллээх туттуллара элбэх. Куруук сылаас дьиэ иһиттэн тахсыбат оҕо тымныйан ыалдьан иһэрэ эбиллиэн сөп. Ол курдук дьиэ иһин сылааһынааҕар биһиги таһырдьабыт тымныы буолара биллэринэн элбэхтэ таһырдьа тахса сырыттахпытына, тымныынан эрчиллии үөскүүрүн тыа сирин олохтоохторо туһана сылдьаллар.
Сэбиэскэй былаас босхо эмигэр-томугар үөрэнэн, сылаас дьиэҕэ олорорго өйөнөн хаалбыппыт дьайыыта хаалан биэрбэккэ, оҕону тымныынан эрчийэрбит эбиллэ илик.
Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕону киһи буолууга, киһилии быһыыланыыга, сиэри тутуһар буолууга “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи тутуһан үөрэтэр. Бу үөрэх оҕо өйө-санаата сайдан, оҥорор быһыылара элбээн иһэллэригэр сөп түбэһэр. Айыыны оҥоруу диэн киһи билбэтин, оҥорботун оҥоруу, сиэри кэһии буоларыттан сыыһа-халты туттунууга оҕону күһэйиэн сөп. Ол аата “Айыыны оҥорума” диэн үөрэх киһи оҥорбот, сиэри кэһэр быһыылары оҥорума, сыыһа-халты туттума диэн оҕону харыстыыр үөрэх буолан хайаан да туттулуннаҕына табыллар.
Аан дойду уһун үйэлээх омуктара еврейдэр олох туһунан бары билиилэрин сурукка киллэрэн Талмуд диэн үөрэҕи туһаналлар. Онно маннык суруллубут: “Если старцы скажут тебе “Разрушай”, а молодежь – “Созидай”, то разрушай, а не созидай, ибо разрушение старцев – созидание, а созидание молодежи – разрушение”. (13,99).
Сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕону үөрэтиигэ туһанар “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕэ табатын бу этии дакаастыыр. Итини тэҥэ кырдьаҕас киһи эдэрдэргэ анаан этэр кэс тыла, кэһиини оҥорорго сөп буолбутун биллэриитэ буолар. Кырдьаҕас бэйэтин олоҕун уопутун биэриитин, этэр кэс тылын тутуһан сахалар олохторугар саҥаны киллэрэн иһэллэрэ табылларын элбэтэр.
Кыра оҕону үөрэтиигэ тыл үөрэхтээхтэрэ оҥорбут “айыыларын үөрэҕэ” сөп түбэспэт. Араас абааһылары, иччилэри өрө тутуу кыра оҕону иитэргэ, үөрэтэргэ табыллыбат. Оҕо барыттан бары чаҕыйа, салла сылдьар буолара үөскүөн сөп. Оҕону кыра эрдэҕинэ араас абааһыларынан, иччилэринэн куттааһын куттана сылдьыыга тириэрдэринэн ордук куһаҕан. Итилэр баалларын оҕо билбэккэ да эрэ улаатыа этэ. Иччилэр киһиэхэ куһаҕаны баҕарбаттар, бэйэлэрин тыыппатахха, үргүппэтэххэ, улаханнык ааттаан ыҥырбатахха дьоҥҥо биллибэттэр, мэһэйдэспэттэр, ол иһин оҕону итилэринэн куттуур табыллыбат, оҕо биллибэттэн чаҕыйара улахан буолуон сөп.
Оҕону хараҥанан, араас “бүүлэринэн” онно туох эрэ кутталлаах баар эҥин диэн куттаан үөрэтии өссө ордук куһаҕан. Улааттаҕына даҕаны хараҥаттан куттана, дьаахана сылдьар киһи буола улаатара киһи быһыытыгар сөп түбэспэт.
“Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх” диир сахалар олохторун үөрэҕэ уонна олоххо уларыйыылар киирэн иһэллэрин билинэр. Айыылар билиилэрэ диэн урукку, биһиги иннибитинэ олорон ааспыт дьон үөрэхтэрэ уларыйбаттар, онтон туох барыта кэмэ кэллэҕинэ уларыйарын, саҥалыы тэриллиини, таҥыллыыны барарын бу кэмнээх-кэрдиилээх диэн этии быһаарар.
Уларыйан иһэр өйгө-санааҕа таҥара үөрэҕэ сөп түбэһэр, саҥа үгэстэри иҥэрэн биэрэн сайдыыны киллэрэн иһэргэ аналланар. Ордук үлэ-хамнас уларыйыытыгар, тупсуутугар атыннык салаллыытыгар таҥара үөрэҕэ туһалыыр. Ол курдук үлэ оҥорон таһаарар кыаҕа кыччаатаҕына атын үлэнэн уларытан, солбуйа охсон биэрии киһи кураанахха олорон биэриитин суох оҥорор.
Айыы өйүн-санаатын үөрэтии оҕо улаатан киһи буолууну ситиспитин кэнниттэн саҕаланнаҕына ордук туһалаах буолуо этэ. Сайдыыта суох былыргы олоххо кыайбыт-хоппут дьон кэпсээннэринэн халааһын, талааһын үчүгэй курдук көрдөрүллэрэ элбэх, барыһы, баайы өстөөхтөрү өлөрүү-өһөрүү дэлэччи биэрэрэ оҕону бэлэмҥэ үөрэтиэн сөп. Урукку, олоҥхо саҕанааҕы олох көрдөбүллэрэ билиҥҥи демократия, суут-сокуон ирдэбиллэригэр сөп түбэспэттэрэ элбэх. Тоҕо диэтэххэ, оҕо улаатан өйө-санаата сайдан үрүҥү-хараны, үчүгэйи-куһаҕаны арааран билэр буоллаҕына, урукку олорон ааспыт дьон, айыылар туох туһалааҕы, үчүгэйи оҥорбуттарын сиидэлээн, ырыҥалаан таба туһанар кыахтанарын сайдан, уларыйан иһэр олох көрдөбүлэ ирдиир. Ол иһин айыылартан ылар бэлэм билиилэрбит үрүҥ айыы диэн ааттаналлар, олор оҥорбут араас быһыыларыттан үчүгэйин, үрүҥүн эрэ талан ыларга аналланаллар.
Былыргы үйэлэргэ дьон олоххо сыһыаннара билигин демократия олоҕунааҕар уратыта элбэх этэ. Ол кэмҥэ өлөрсүү, киһини өлөрүү, мунньуммут баайдарын талааһын улахан уустуга суох, кыайыы курдук көстөр этэ. Дьон олохторун таһыма намыһаҕыттан киһи киһиэхэ сыһыана быдан кытаанаҕа, аһыныгаһа суоҕа, кыаттарбыттары кулут оҥостоллоро, ким кыайбыт-хоппут баһылыыра, салайара.
Кыайан саҥарбаттарыттан олох сайдыытыттан хаалан хаалбыт неандерталецтары уонна олорго маарыннааччылары кыайбыттар бултаан, сиэн-аһаан суох оҥортообуттарын дьон билигин да билиммэккэ, бэйэлэрин оччолортон ыла “үчүгэй”, киһилии быһыылаах курдук сананаллара хаала илик. Ону баара үчүгэй киһилии быһыыланыы олоххо киирбитэ 2 тыһыынча сыллартан эрэ ордон эрэр.
Киһи өйө-санаата кыылга кубулуйан, оннук быһыылары оҥорон кэбиһэрэ ыраахтан буолбатах. Араас элбэх сиэри таһынан барар быһыылары оҥорооччулар билигин да бааллар. Ыт аччыктаатаҕына, ас булунаары өссө өйдөөх бөрөҕө кубулуйара тиийэн кэлиэн сөп.
Былыргы олоҥхолор кэмнэригэр араас элбэх өлөрсүүлэр, халааһыннар элбэхтик буолаллара. Маннык куһаҕан холобурдары кыра оҕолор өйдөрө-санаалара ситэ сайда, киһи буолууну, саҥа үйэ сокуоннарын билэ, баһылыы иликтэринэ билбэттэрэ ордук. Үчүгэйдээх куһаҕантан хайаларын урут бастаан баһылыыллар, үгэс оҥостон иҥэринэллэр даҕаны олохторо, ол диэки салаллыылаах буолан хааларын төрөппүттэр умнубатахтарына табыллар.
Араас сымыйанан, оннук буолуо диэн була сатаан этээччилэр, суруйааччылар элбээтилэр. Өссө сорох сымыйа үөрэхтэр киһи өйө-санаата, салгын кута өлбөт дииллэр. Сирдээҕи үөрэҕи ситэ бүтэрбэтэх буоллаҕына, киһи хаттаан төрүүр үһү. Таҥара кини кутун ылан кыра оҕоҕо иҥэрэн кэбиһэр диэн эмиэ этэллэр. Оч¬чоҕуна бу кут эмиэ хаттаан киһи буолан сирдээҕи олоҕу баһылыырга үөрэнэр диэн сымыйалыыллар.
Учууталлар кармаларын учуоттаан 4, 5, 6 ыйдаах буос оҕону буланнар, дууһаны ийэ кут оҥорон сиргэ инкарнацияҕа ыыталлар. Биһиги бары итинник Орто дойдуга оҕо буолан төрүүбүт. Ийэ куппут үһүс ха¬рах нөгүө оҕону, саҥа киһини – салгын куту үөрэтэн барар. (14,84). Киһи хаттаан төрүүрүгэр өйө-санаата буккуллубатын диэн урукку олоҕун өйүн умуннаран кэбиһэллэр диэн Сырдык суруйар. Сырдык оҕо урукку олоҕун 3 – 4 сааһыгар диэри өйдүөн сөп, онтон умнар диэн быһаарар. Урукку олоҕу билии саҥа кыһалҕаны үөскэтэр, ол иһин биһигини харыстааннар памяппытын сотоллор. (14,20).
Өй-санаа төрүттэрин билбэт эрээри, билэр курдук туттунан элбэх дьону албынныы сатааччылар араас сымыйа этиилэригэр киирэн биэрбэтэххэ табыллар. Албыннаппыт дьон хомойбут куһаҕан санаалара бэйэтэ да син-биир кинилэри ситэн тиийэн өйдөтүөҕэ. Туох эмэ бэлэм билии халлаантан түһэн кэлиэҕэ диэн кэтэһимиэххэ, бэйэбит оҥоро, тута үөрэниэххэ. “На бога надейся, но сам не площай” диэн этии хаһан баҕарар табатын билэн туһаныахха.
Билигин Интернет ситиминэн оҕолор араас куһаҕан быһыылары оҥорон бараннар киэҥник тарҕатар, атыттары угуйа сатыыр кыахтаннылар. Аныгы олох араас абылаҥнарыгар киирэн биэрбэт кытаанах майгылаах дьону иитии, үөрэтии эрэйиллэр буолла. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии-үөрэтии олус туһалааҕын уонна сахалыы кут-сүр үөрэҕин туһанан сөптөөх хайысханы тутуһуохтааҕын бары төрөппүттэр итэҕэйэн эрэллэр.
Олох тупсан истэҕинэ бары барыта үчүгэй буолан иһэр диэн этии сымыйа, дьону албыннааһын буолар. Кытаанах майгылаах, өһөс санаалаах киһи бу албыҥҥа киирэн биэрбэт кыахтанар.
Онон оҕо төрөппүт олоҕун салҕааччы буоларын кыра эрдэҕиттэн билэн ийэ кутун үчүгэй быһыыларынан иитэн, туһалаах билиилэргэ, үлэҕэ-хамнаска хойутаппакка эрэ үөрэтэн биэрии эрэйиллэр.
АЛБЫҤҤА КИИРИМИЭХХЭ
Кэлин кэмҥэ эдэрдэр буруйу оҥоруулара элбээтэ диэни бары билинэр буоллулар. Онно барытыгар төрөппүттэр кими барытын, атыттары, бэйэлэрин эрэ буолбакка, буруйдуу сатааһыннара олохсуйан сылдьар. Ол курдук төрөппүт оҕото буруйу-сэмэни оҥордоҕуна детсады, оскуоланы буруйдуура хаалан хаалбат. Эдэрдэр буруйу-сэмэни оҥороллоро элбээһинэ төрөппүттэр оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун киһи быһыылаах буолууга ииппэттэриттэн ордук улахан тутулуктааҕын биһиги быһаарабыт. Ону тэҥэ улаатан истэҕинэ, аан бастаан аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары урутаан билэн, олору оҥорбот буоларыгар, туттунарыгар төрөппүттэрэ үөрэппэтэхтэриттэн, бу куһаҕан быһыылары үчүгэйдэртэн арааран билбэттэриттэн, аны олору оҥорон кэбиһэллэрэ аһара баран эрэр.
Оҕо өйө-санаата сайдан, үүнэн үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран, туһалааҕы оҥорор буола үөрэниэр, киһи буолууну баһылыар диэри тэптэрэн, киһиргэтэн биэрии ордук улахан куһаҕаны оҥорорун билиэ этибит. Ол курдук оҕо өйүн-санаатын икки өрүтэ; үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥоруута тэҥҥэ сайдан иһэринэн хайалара оҥорорго эрэйэ суоҕун булан, чэпчэкитин, бэйэтигэр туһалааҕын аан бастаан оҥорор кыахтанар. Манна куһаҕан быһыылар оҥорорго ордук дөбөҥнөрүнэн, судургуларынан, боростуойдарынан олору урутаан оҥоро үөрэнэн хаалыан сөп. Ол иһин улаатан иһэр оҕо куһаҕан быһыылары аан бастаан арааран билэрэ, олору оҥорбот буола үөрэнэрэ эрэйиллэр.
Перестройка уларыта тутуутун кэнниттэн эдэрдэр буруйу, куһаҕан быһыыны оҥоруулара элбээһинигэр “айыы үөрэҕэ” диэн сыыһа, сымыйа үөрэх улахан буруйдаах. Биһиги сахалыы өйү-санааны үөрэтиибит түмүгэ итинник быһаарыыны оҥорор кыаҕы биэрэр.
Төрөппүттэр биир эмэ оҕолорун кыра эрдэҕиттэн киһилии быһыыга үөрэппэккэ, “айыы үчүгэй”, “айыыны оҥор” диэн этэн үөрэттэхтэринэ, улааттаҕына ону-маны, буолары-буолбаты оҥоро, саҥаны айыыны, киһи билбэтин, оҥорботун оҥоро сатаан сыыһа-халты, аһара туттунарыттан куһаҕан быһыыны элбэтиэн, өссө аһара бардаҕына бэйэтэ буруйга-сэмэҕэ тиксиэн сөп.
Салгын кут өйө-санаата аһара түргэнник сайдан иһиитин буор кут ситэн ылыммакка, эккэ-сииҥҥэ иҥэрбэккэ хаалан хаалар кыаҕа аныгы кэмҥэ улаатта. Ол аата өй-санаа, салгын кут аһара сайдыыта дьоҥҥо туһата аҕыйах, эт-сиин үөрүйэх буолуута өй-санаа сайдыытын кыайан сиппэтиттэн, хаалан хаалар кутталланар.
Оҕо өйө-санаата сайдан иһиитэ элбэх айыыны оҥорон иһэригэр, үөрэҕи-билиини иҥэринэригэр тириэрдэр. Оҕо өйүгэр-санаатыгар үөрэҕи ылыныыта эмиэ саҥаны билиитэ, арыйыыта, айыыны оҥоруута буолан ийэ кутун быһалыы үөскэтэр.
Өй-санаа мэйиигэ үөскүүр. Мэйии соҕотох эрэ. Киһи биир мэйиитинэн толкуйдаан, ырытан, быһааран туох эмэ дьыаланы, быһыыны оҥорор. Киһи бу оҥорбут быһыытын атын дьон туох дии саныылларыттан үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн сыаналанан икки аҥы арахсар. Ол аата оҕо бэйэтэ улаатан иһэн үчүгэйи уонна куһаҕаны аан маҥнай араарбат, хайата бэйэтигэр ордук туһалааҕын, оҥорорго чэпчэкитин урутаан оҥорорго үөрэнэн хаалыан сөп. Үчүгэйи уонна куһаҕаны таба араарыыга атын дьон этиилэрин, көрдөрөн биэриилэрин биллэҕинэ эрэ, таба арааран туһанарга үөрэнэрин төрөппүттэр билэн оҕолорун бэйэлэрин үтүгүннэрэн, батыһыннаран иитиэ, үөрэтиэ этилэр.
Үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран үөрэтиини сахалар “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн этэллэр. Үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ арааран билбэт, олоҕор таба туһаммат киһини “Үрүҥү, хараны араарбат” диэн өйө-санаата ситэ тиийбэтин, сайдыбатаҕын биллэрэллэр. Үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран таба туһаныы киһи буолууну баһылааһыҥҥа тириэрдэр уонна өйүн-санаатын сайыннаран атын дьон албыннарыгар, араас этиилэригэр киирэн биэрбэтин хааччыйар. Ол аата бэйэтэ билэр үчүгэйин тутуһан олоҕун олорор кыахтанар.
Дьон үгүстэрэ үчүгэй, туһалаах быһыы диэтэхтэринэ, бу быһыы үчүгэй диэн быһаарыллар, ылыныллар, үгүстэр үтүктэ сатыыллар. Үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥорору бары кэриэтэ сөбүлүүллэр эрээри, үгүс өттө бэйэлэригэр үчүгэйи оҥоруу буолан тахсарын арааран билиэ этибит. “Киһи ырбаахыта бэйэтиттэн чугас” диэн этии хаһан да уларыйбат.
Дьон киһи оҥорбут быһыытын сөбүлээбэтэхтэринэ, сөп диэбэтэхтэринэ, бу быһыы куһаҕан, сөбө суох быһыыга кубулуйар. Маннык куһаҕан быһыылары киһи оҥорорун дьон тохтото, хааччахтыы сатыыллар. Ол курдук арыгыны аһара иһэр куһаҕан, онтон кыратык, кээмэйин билэн истэххэ туһалааҕа биллэр.
Хайдах мин “үчүгэй киһи” туох эмэ куһаҕаннаах буолуохпунуй? – диэн бэрдимсийэр, улуутумсуйар санааттан өйү-санааны икки аҥы араарыыны бэйэлэрин “үчүгэй” эрэ курдук сананааччылар, үксүгэр салайааччылар оҥороллор. Улахан салайааччылар, мусульманскай, православнай таҥара үлэһиттэрэ былыргы кэмнэргэ мин эрэ үчүгэйбин, үчүгэйи эрэ оҥоробун диэн санааларыттан улахан таҥара үөрэхтэригэр өй-санаа эмиэ икки аҥы арахсан тус-туспа тылларынан ааттаныыларын үөскэппиттэр уонна олоххо киллэрбиттэр.
Холобурга, нууччалар үчүгэйи – “хорошо”, онтон куһаҕаны – “грех” диэн букатын туспа тылынан этэллэр. Биһиги нууччалары быһалыы үтүктэр үөрэхтээхтэрбит, итини эмиэ үтүктэн сахалыы айыы диэн тылбыт “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттээх; үчүгэй уонна куһаҕан өйдөбүллээҕин суох оҥоро сатыыллар, сахалыы өйү-санааны буккуйаллар, сахаларга букатын суох “аньыы” диэн тылы булан бэйэлэрин сыыһаларын саптынан, дьону албынныы сылдьаллар.
Сахалар нууччалар буолбатахпыт, өйбүт-санаабыт уратылара элбэхтэр, ол иһин уһун үйэлээхпитин бу дьоммут хата аахсыбаттар. Төрөппүттэр кинилэри үтүктүбэтэхтэринэ, оҕолорун көрсүө, сэмэй, киһи быһыылаах буолууга ииттэхтэринэ, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран биллэрдэхтэринэ бэйэлэрэ абыраналлар, оҕолор сыыһа-халты туттунууттан харысхаллаах буолаллара ситиһиллэр.
Былыргы хараҥа, үөрэх-билии суох кэмигэр өйү-санааны итинник буккуйуу кыаллар эбит, онтон билигин оннук буолуо суоҕа. Биир эмэ билбэт, көрбөт быһалыы итэҕэйэр киһини албынныахха сөп эрээри, элбэх дьону албынныыр сурук-бичик, интернет баарынан аны кыаллыбат. Дьон албынната сылдьыбыттарын хойутаан да буоллар син-биир билиэхтэрэ уонна оҕолорун иитиини халыппыттарын иһин тыл үөрэхтээхтэриттэн иэстэбили үөскэтиэхтэрэ.
“Айыы үөрэҕин” айааччылар биһиги эрэ үчүгэйбит, үчүгэйи эрэ оҥорор дьоммут диэн санаалара сыыһа. Киһи өйүн-санаатын кэнники икки тыһыынча сыллардааҕы сайдыытын букатын да билбэттэриттэн итинник сыыһаны оҥостон сылдьаллар. Итини тэҥэ айыы диэн тыл куһаҕан өрүтэ быдан элбэҕиттэн туттуллара аҕыйах буолуо, улаханнык саҥарыллыа уонна алгыска туттуллуо суохтаах этэ.
Киһи өлүүтэ диэн олус улахан уларыйыы, киһи буолан бүтүү кэлэр. Онтон өй-санаа айыы буолуута киһи өллөҕүнэ биирдэ кэлэр уларыйыы буолар. Айыылар диэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара туспа баран Үөһээ дойдуга сылдьаллара ааттанар. Ол курдук өй-санаа киһи өллөҕүнэ туспа барар, өлбүт этин-сиинин быраҕан анараа эбэтэр Үөһээ дойдуга баран бэйэтин уратытынан, атыттарга маарыннаа-батынан туспа айыы буолар дьылҕаланара хаһан да уларыйбат.
Ханнык баҕарар сыыһаны оҥоруу кэнниттэн хойутаан да буоллар эппиэтэ кэлиэхтээх. Билигин эдэрдэр куһаҕан быһыылары, буруйу элбэхтик оҥороллоро “айыы үөрэҕин” быһаччы, куһаҕан сабыдыала диэтэхпитинэ сыыһа буолбатах.
Тылбыт үөрэхтээхтэрэ ханнык эрэ, саха тылыгар букатын да суох тылы, “аньыы” диэни булан киһи куһаҕаны оҥорор быһыытын туспа арааран ааттыы сатыылларын билбэт эрээри үтүктээччилэр бааллар. Кинилэр быстах санааларыгар куһаҕаны туспа арааран ааттаатахха дьон ордук билиэхтэрэ диэн көнөтүк саныыллар. Киһиэхэ үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн сотуллубат дьаралык сыһыарар букатын сыыһа. Куһаҕаны оҥорор дьону туспа арааран хаайа сылдьар кыаллыбат, куһаҕаны оҥорбут да киһи сотору көнөн үчүгэйи оҥорон, үчүгэй киһи буолуон сөбүн, бу дьон аахсыбаттар.
Итэҕэли үөрэтэр ааттаах дьоммут өй-санаа сайдыытын билбэттэриттэн куһаҕаны оҥорор дьону араарар, ыйар, туоратар, туспа ааттаан бэлиэтиир санаалаахтар. “Ынах эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр” диэн сахалар этиилэрин тыл үөрэхтээхтэрэ билиэхтэрэ, тутуһуохтара этэ. Киһи хайдах киһи буоларын тас көрүҥүттэн көрөн билии кыаллыбат, арай киһини билиэххин баҕардаххына оҥорор быһыыларыттан эрэ булан, арааран билии кыаллыан сөп. Ол аата үчүгэйи, туһалааҕы оҥорор киһи үчүгэй киһи, онтон буортулааҕы, куһаҕаны оҥорор киһи куһаҕан киһи буолара быһаарыллар кыахтанар.
Айыы диэн тыл аҥардастыы үчүгэйи эрэ бэлиэтиир тыл буолбатах. Бу тыл икки өрүтүн, үчүгэйин уонна куһаҕанын холбуу иҥэринэн сылдьар тыл. Киһи үчүгэйи эрэ буолбакка, куһаҕаны эмиэ оҥорон кэбиһэр кыахтааҕын биллэрэр. Олортон куһаҕан өттө лаппа баһыйар. Киһи биир өйүнэн-санаатынан, мэйиитинэн үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥорор кыахтааҕын, бу тыл быһаарара хаһан да уларыйыа суоҕа.
Тылбытыгар иҥэн сылдьар сахалыы өйү-санааны ситэ билбэт аата тыл үөрэхтээхтэрэ сымыйанан дьону үөрэтэ сатааһыннара улахан буортуну, кэлэн иһэр көлүөнэлэр өйдөрүн-санааларын туруга суох оҥорууга тириэрдэр, элбэх дьону, көрсүө, сэмэй, үлэһит сахалары барыларын албыннааһын буолар. Элбэх дьону албыннааһын хаһан да таах хаалбат, иэстэбилэ син-биир кэлиэҕэ.
Биһиги бу, сэбиэскэй былаас тобохторо дьон, оҥорор быһыылара куһаҕаҥҥа тириэрдэрин арыйан ыраас мууска таһаардыбыт.
Сахалар таҥара үөрэҕин тутуһаллар. Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо сайдан иһэр өйүн-санаатын табатык быһаарар. Саха дьонун өйдөрө-санаалара туруктаах буоларын туһугар өй-санаа, таҥара үөрэҕэ ханнык да сыыһата, халыйыыта, онтон-мантан булуута, эбиитэ суох буолуохтаах, уһун үйэлэргэ сайдыыны түстүөхтээх.
Икки сирэйдээх буолуу биһиги суруйааччыларбытыгар, тыл үөрэхтээхтэрбитигэр, учуонайдарбытыгар сэбиэскэй былаас кэмиттэн баар буолбута уонна ол былаас тобохторо билигин да ону салҕаан иһэллэр. Биир сирэйдэринэн саха тылын харыстыахха, саханы элбэтиэххэ диэн айдаараллар, онтон дьыалатыгар тиийдэххэ бары нууччатымсыйан бүппүттэр, саха дьонун төрүт өйдөрүн-санааларын, оҕо иитиитигэр үөрэхтэрин буккуйууга тиийэн хааллылар.
2006 сыллаахха саха тылыгар анаммыт конференцияларын нууччалыы тылынан ыытаннар саха тылын нууччалыы саҥаран көмүскүү сатаабыта буоллулар.
Өйү-санааны быһаарар диэн ааттаан саха тылыгар букатын суох “аньыы” диэн тылы былыргы таҥара үөрэхтээхтэрэ нууччалыы мэлииппэлэри сахалыы тылбаастаарылар булан кэбиспит тылларын туһанан, киһи куһаҕаны оҥорор майгынын айыы диэн тылбытыттан туспа арааран ааттыырга оҥостоллор. Айыы диэн бэйэтэ киһи оҥорор быһыыларын барыларын холбуу ылан быһаарар икки өрүттээх өйдөбүллээх тылбытын икки аҥы араараары оҥостоллор. Саха дьонун барыларын албынныыр санаалаахтар.
Бука бары сахабыт тыла олус уһун үйэлээх эбитин билигин билэр буоллубут. Аналлаах үөрэхтээхтэр булан Азия үгүс олохтоохторо уонна Америка индеецтэрэ 15 тыһыынча сыл анараа өттүгэр саҥарар тыллара биир эбитин уонна саха тылыгар ордук маарынныырын булан дакаастаан эрэллэр.
Икки аҥар тыһыынча сыллар быдан иннилэринэ үөскээбит олоҥхолору үөрэтии сахалар өйдөрө-санаалара ол кэмҥэ сайдыбытын, тылбыт киэҥник туттулларын быһаараллар. Өй-санаа иҥмит айыы диэн тылбытын ордук кыһанан харыстыырга олоҥхону, былыргыны үөрэтээччилэр аан бастаан кыһаныахтара этэ.
Тоҕо баччаҕа, сүүрбэһис үйэҕэ диэри саха тылыгар маннык киэҥ өйдөбүллээх “аньыы” диэн тыл суоҕа эбитэй диэн биир эмэ суруйааччы, ойууммут диэн ааттанааччылар санаан да көрбөккө сылдьалларый? 2008 сыллаахха диэри элбэхтэ тахсыбыт араас тылдьыттарга бу “аньыы” диэн тоҕо суоҕуй диэн биир эмэ сахалыы билэр, үөрэхтээх киһи ыйытта дуо? Сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа үөрэҕин умнубуттарыгар, билбэттэригэр тэптэрэн уонна үөрэхтээхтэрбит диэн ааттанар дьону быһалыы итэҕэйэллэриттэн үлэһиттэр бары балыттаран, албыннатан сылдьаллар.
Бу “аньыы” диэн тылы сэбиэскэй былаас кэмигэр коммунистар, биһиги эрэ оҥорор саҥаны айыыбыт барыта “үчүгэй” буолар диэннэр ону-маны саҥаны үтүктэ сатыыр суруйааччылар уонна аһара нууччатымсыйбыт тыл үөрэхтээхтэрин, учуонайдарын, учууталларын көмөлөрүнэн саха тылыгар киллэрэ сатаабыттара хас да уонунан сыл буолла. 1956 сыллаахха П.А.Ойуунускай үлэлэрин хаттаан бэчээттииргэ бу “аньыы” диэн тылы туттубуттара. Ол тухары маннык тыл сахаларга суох этэ диэн ким эмэ эттэ дуо? Баар, туттулла сылдьар тылдьыттары ыйан туран, бу дьоҥҥо көрдөрдө дуо?
Кэнники кэмҥэ бэчээт үлэтигэр чугас туралларынан туһанан бу дьоммут саха дьонун бука барыбытын балыйа, албынныы сылдьалларыттан кыратык да кыбыстыбаттар. Ол иһин биһиги, саха омук сайдыытыгар, үлэһиттэр, оҥорон, тутан таһаарааччылар кыһаннахпытына эрэ табыллар кэммит кэллэ. “Сытыйбыт интеллигенция” дьоно омук сайдыытыгар туһаны оҥороллорунааҕар буортуну оҥороллоро элбээн эрэр.
Оҕо аан маҥнай саҥарар ийэ, аҕа, эбэ, эһэ диэн тылларыттан саха буолуу саҕаланар. Сахалары көмүскээччилэрбит диэн ааттанааччы тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар, учуонайдар бу тылларбытын көмүскээн тугу эмэ оҥордулар дуо? “Мык” да диэбэттэр.
Айыыны оҥоруу куһаҕанын уолаттар урут бастаан билэргэ тиийэллэр. Ону-маны, дьон оҥорботторун, айыыны оҥоро охсоору сыыһа-халты туттунан куһаҕан быһыылары оҥорон кэбиһэн хаайыыга түбэһэллэрэ элбээбитигэр, бу дьон хата кыһамматтар.
Суруйааччыларбыт суруйар дьоннорун өйдөрүн-санааларын билбэттэрэ эбиллэн иһэр. Бу сылаас дьиэҕэ олорон эрэ суруйар дьон бэйэлэрин эҥэрдээхтэрин элбэхтик суруйалларыттан үлэһиттэртэн, оҥорор, тутар дьонтон тэйбиттэрэ букатын ыраатта.
Суруйааччылар, дьон өйүн-санаатын билэн, арыйан суруйар киһи айыы диэн тылбыт төрүт суолтатын, икки утарыта өйдөбүллээҕин; үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну холбуу иҥэринэн сылдьарын, киһи үчүгэйи оҥоробун диэн быстах санаатыттан куһаҕаны оҥорон кэбиһэр уратытын билиэхтэрин сөп этэ.
Араас элбэх поэттарбыт, тылы дьүөрэлээн, дорҕооннорунан наардаан, сөп түбэһиннэрэн үтүө бэйэлээх хоһооннору айааччыларбыт эйэ-нэм диэн тылбыт оннугар тыл үөрэхтээхтэрэ туһаннара сатыыр эйэ-“дэм” диэн холбуу этиилэрэ куһаҕан суолталааҕын, дорҕоонноро бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэспэттэрин, утарыта охсуулаахтарын билбэттэриттэн киһи хомойор эрэ.
Тыл дорҕооннорунан дьайыыта тыл иччитэ диэн ааттанар уонна киһиэхэ быһалыы ийэ кутугар тиийэр. Аныгы, сэбиэскэй былаас өйдөрүн-санааларын буккуйбутун салгыы илдьэн иһэр дьоммут оннооҕор айыы диэн тыл “ыы” диэн куһаҕан, ытааһын дорҕооннооҕун билбэттэриттэн хомойуохха эрэ сөп. Куһаҕаны түстүүр тыллар дорҕооннорун дьайыылара киһи куттарыгар быһаччы тиийэн уларытыылары киллэрэрэ кырыыс тиийиитэ диэн ааттанар.
“Аньыы” диэн куһаҕаны этэр буоллаххына, тойон, салайааччы тугу эппитин толорор эрэ киһи буола түһэҕин. Ол аата бэйэҥ кыайан үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан араарбакка, ким эрэ бу куһаҕан диэбитин хатылыырга, үтүктэргэ эрэ тиийэн хааларын саха дьоно сөбүлээбэттэр. “Аньыы” диэн тылы туһаныы диктатураны үөскэтэ сатааһын буолар. (17,37).
Сахалар уһун үйэлэрин тухары “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһаннар диктатураны үөскэппэтэхтэр, ол иһин элбэх таҥаралары билинэллэр. Тойон, салайааччы, улахан баай киһи ыйбыт, эппит куһаҕана бэйэтэ үлэһит киһиэхэ куһаҕан диэн ааттанымыан сөп. Ол курдук сэбиэскэй былаас кэмигэр суораты уонна тары куһаҕан астар, дьадаҥылар эрэ аһыыр астара диэн сирэр дьон бааллара, ол эрээри бу астар киһи этигэр-сиинигэр ордук улахан туһалаахтарын оннооҕор аныгы наука дакаастаан билигин саҥалыы тарҕанан эрэллэр. (15,16).
Биһиги үчүгэйбит, тойотторбут, салайааччыларбыт диэн сананар дьон “үчүгэй” диэн бу баар, маны тутуһуҥ, куһаҕан диэн ол, ону быраҕыҥ, үтүктүмэҥ, ол аата бу айыы, онтон бу “аньыы” диэн этиилэрэ, көрдөрөн биэриилэрэ барылара аан маҥнай бэйэлэригэр үчүгэй буоларыгар, барыһыралларыгар туһуланар, онтон элбэхтэри албынныы сылдьалларыгар көмө буолар.
Үчүгэйи уонна куһаҕаны булан таба араарыыга киһи бэйэтин үлэтин-хамнаһын, олоҕун көрдөбүллэрэ аан маҥнайгынан тураллар. Ол иһин үлэһит киһи уонна улахан баай киһи үчүгэй уонна куһаҕан диэн тус-туспа араарыылара элбэх сөп түбэспэт, өссө утарыта турар өрүттэрдээхтэрин билиэ этибит. (16,57).
Сэбиэскэй былаас кэмигэр ыраахтааҕы саҕанааҕы баайдар үлэһиттэри элбэхтик үлэлэтэн баран хамнастарын ситэ төлөөбөккө, куруук иэскэ киллэрэллэрэ, үөрэҕи-билиини ситиһэллэрин хааччах-тыыллара диэн этэллэрэ. Ол барыта кырдьык этэ. Ыраахтааҕы былааһын саҕана үөрэҕэ-билиитэ суох дьоҥҥо, эһиэхэ бу да сөп буолуо, эһиги үчүгэйгит бу баар, өллөххүтүнэ ырайга тиийиэххит, онно дьэ үчүгэйдик олоруоххут диэн быһаччы албынныыллара ордук табыллар этэ. Тыыннаах киһиэхэ этэ-сиинэ суох буолуута өлүүгэ тириэрдэр. Этэ-сиинэ өлбүт киһи өйө-санаата үөр, айыы буолан, үгэстэринэн үрэллэн тус-туспа ыһыллар, сахалар үөрэхтэринэн анараа эбэтэр Үөһээ дойдуга тиийэр. Ол өйдөртөн-санаалартан биирдиилээн үгэстэр ордон хаалбыттарын түүлбүтүгэр көрөбүт, туох өйү-санааны илдьэ сылдьалларын таба тойонноон туһанабыт.
Суруйааччыларбыт бары туох үчүгэйин, куһаҕанын араарбакка эрэ, саҥа эрэ буоллун диэн үтүктэн иһэллэринэн үчүгэйдэр. Уруккуттан саха тылыгар ханна да суох “аньыы” диэн тылы бары кэриэтэ үтүктэн суруйууларыгар ханан эрэ кыбытан аастахтарына эрэ табыллар курдук сыыһа саныыллар. Бу тыл дьайыыта сахаларга, үүнэн иһэр көлүөнэлэргэ, төһө куһаҕан охсуулаах буолуоҕун туһунан санааларыгар да оҕустарбаттар.
Туох эмэ туһунан суруйууттан бэйэлэригэр туох эмэ туһа тахсар буоллаҕына дьон интэриэстэрэ улаатар, сонно үтүктүбүтүнэн барыахтарын сөп. Онтон ночооту, аҕалыан сөптөөх суруйууну ааҕа да сатаабаттар, аахтахтарына даҕаны сонно умна сатыыллар.
Саха дьоно боччумнаахтар, ону-маны үтүктүүгэ сарыкынаһа көппөттөр, солумсахтара суохтар, туох эмэ үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын аан маҥнай бэйэлэрэ боруобалаан, тутан-хабан көрөн быһааран баран биирдэ ылыналлар. Чахчы сөбүлээтэхтэринэ, үчүгэй диэтэхтэринэ үтүктэ, батыһа сатыыллар. Бу эмиэ биһиги олоххо туһалаах, үйэлээх үгэспит буолар.
Онон аһара нууччатымсыйбыт суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар була сатаан оҥорбут “айыыларын үөрэҕин” үлэһиттэр биллэн туораттахтарына оҕону иитии, үөрэтии көрсүө, сэмэй буолууга олоҕуруута үөскүө, сахалыы таҥарабыт үөрэҕэ тарҕаныа, бэрээдэги тутуһар, үлэни-хамнаһы кыайар эдэрдэр элбиэхтэрэ этэ.
ХОС БЫҺААРЫЫЛАР
1. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 128 с.
2. Каженкин И.И. Киһи буолуу. – Дьокуускай: Издательский дом “Якутия”. 2005. – 80 с.
3. Каженкин И.И. Киһи таҥара. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2009. – 112 с.
4. НТВ. 17.08.2012. “Говорим и показываем”.
5. “Эдэр саас” хаһыат. 14.04.10
6. “Чолбон” сурунаал. 8 / 2006.
7. Каженкин И.И. Айыы диэмэ, айыыны оҥорума. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 144 с.
8. “Киин куорат” хаһыат. Ахсынньы 20 күнэ 2007 с. “Оонньуур да араастаах” ыстатыйа.
9. Н.Д.Неустроев. Этнопедагогика народов Севера: Учебное пособие по спецкурсу для подготовки учителей школ коренных народов Севера. – Якутск: ИПКРО, 1999. – 140 с.
10. Баркан, А. О чем говорит детский рисунок. – М.: АСТ, Астрель, 2010. – 94 с.
11. Каженкин И.И. Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара. – Дьокуускай: ГБУ РС (Я), 2013. – 108 с.
12. “Вести Якутии” хаһыат. 16 ноября 2012. №07.
13. Введение в этнопедагогику: учебно.-метод. пособие для студ.высш.учеб. заведений. – Якутск: Офсет, 2009. – 152 с.
14. Сырдык. Таптал биоэнергията. – Дьокуускай: Бичик, 2001.- 96 с.
15. Каженкин И.И. Аһылык уратылара. – Дьокуускай: РИМЦ, 2007. – 84 с.
16. Каженкин И.И. Үлэ – олох үөрэҕэ. – Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. – 100 с.
17. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Өй-санаа уратылара. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2020. – 116 с.
ИҺИНЭЭҔИТЭ
Аан тыл
Ийэ оҕото
Тымныынан оҕону эрчийии
Оҕо өйүн-санаатын уратылара
Оҕо улахан киһиттэн уратыта
Үгэстэргэ үөрэтии
Оҕо баҕа санаата
Баҕа санааны толоруу уратылара
Киһи буолууга иитии, үөрэтии
Көрсүө, сэмэй буолуу
Көмөлөһүү
Өй-санаа уратыта
Элбэх оҕолоох ыаллар
Оҕо таҥарата – төрөппүтэ
Киһи таҥара
Оҕо саҥарар
Оҕону иитии
Уол оҕону иитии
Тохтуу түһүү
Куһаҕаны оҥоруу
Көтөххө үөрэтии
Атаах оҕо
Атаах кыыс
Эйэлэһии
Саататыы
Сааратыы
Салыннарыы
Айыыны оҥоруу куһаҕана элбэх
Оҕо айыыны оҥороро куһаҕаны элбэтэр
Оонньуу
Оҕону харыстааһын
Оҕо көҥүлүнэн барара куһаҕан
Тулаайах оҕо
Ийэ уонна аҕа
Тыл өйү-санааны үөскэтэр
Дьадаҥы диэн буор кут ыарыыта
Идэ түһүүтэ
Кыра оҕону көрүү-истии ситимэ быстыыта
“Трудные подростки”
Оҕону куһаҕаҥҥа үөрэтимэ
Кыра оҕону иитии, үөрэтии халыйыыта
Албыҥҥа кииримиэххэ
Хос быһаарыылар
Иһинээҕитэ