Үһүс глава. САХА СУРУГУНАН ПОЭЗИЯТЫН ДЬҮҺҮННЭЭҺИННЭРЭ
[уларыт]А) БЫЛЫРГЫТТАН БААР ДЬҮҺҮННЭЭҺИННЭР
[уларыт]Күн.
[уларыт]Күн. Биһиги суругунан литературабыт XX үйэ саҕаланыытыгар Россияҕа буолбут бастакы буржуазнай-демократическай революция долгуннаах күннэригэр төрөөбүт фольклорун үтүө үгэстэригэр олоҕуран, нуучча улуу классическай литературатын сабыдыалынан үөскээбитэ. Саха үлэһит норуотун өйө-санаата, литературата дохсуннук сайдарыгар Улуу Октябрьскай социалистическай революция, В. И. Ленин идеялара букатыннаахтык кыайыылара бөҕө тирэх буолбуттара. Улуу Октябрь буурҕата эргэ олоҕу, эргэ итэҕэли, үгэһи, батталы-атаҕастабылы барытын киэр типпитэ, үлтү ытыйбыта, оттон норуот үтүө үгэстэрин, үйэ-саас тухары муспут ситиһиилэрин өссө ордук сайыннарбыта, барҕардыбыта.
Ол курдук, саха тылынан уонна суругунан поэзиятын дьүһүннээһиннэрин икки ардыларыгар букатын быстан хаалар тосту уларыйыы тахсыбата диэххэ сөп. Аан бастаан үөскүүр суругунан литература фольклор ойуулааһыннарыттан бэрт элбэҕи туһаммыта, тирэх оҥостубута. Быдан былыргыттан образтааһыҥҥа таптаан киллэрбит күммүт, күөрэгэйбит, кыталыкпыт, аппыт уо. д. а. бүгүн даҕаны биһиги поэттарбыт ырыаларын-хоһооннорун киэргэтэллэр, төһө да туттуллууларын ис хоһооно, аспега уларыйбытын иннигэр, бугүҥҥү поэзияҕа бэрт үчүгэйдик туһанылла сылдьаллар.
Суругунан литератураҕа күн обраһа элбэх эгэлгэ, баай ис хоһооннонон киирдэ. Норуот былыр таҥара оҥостон үҥпүт-сүктүбүт «үрүҥ күнэ» саҥалыы, киэҥ, дириҥ суолталанна, уус тыл күлүмүрдүү оонньуур киэргэлэ буолла.
Норуот чулуу уола Баһылай Манчаары (С. Зверев туойуутунан) ханан да ыйдыҥата суох хараҥа баттал аҥардастыы бүрүүкээн турдаҕына: «аан дойдуга аламай күн алаарыйа тахсан, атаҕастаммыт аҕа ууһа хаһан хараҕын көрүө баарай?!» (52—281),— диэн көҥүлгэ дьулуһуутун ыралаан эппит буоллаҕына, Бороҕон улууһун киһитэ П. А. Охлопков (Наара суох) 1905 сыллаахха бастакы революционнай өрө турууттан көтөҕүллэн, Якутскайга «Народнай мунньах» дьиэтигэр баайдары, тойоттору утары ис хоһоонноох ырыа ыллыырыгар, «күнү-ыйы бүөлээбиккит күн бүгүҥҥүлээх эрэ буолуоҕа!» (52—280) диэн, кинилэр кэхтэр кэмнэрэ-чаастара чугаһаабытын өтө көрөн эппитэ. Манна күнүнэн киһи киһини баттаабат көҥүл, дьоллоох олоҕо символланар.
Улуу Октябрь кыайыыта, Советскай былаас олохтонуута сахаларга хаһан да көстүбэтэх күн тахсыыта, онтон үөрүү, өрөгөйдөөһүн. Ол туһунан саха советскай литературатын төрүттээбит, төлөннөөх революционер-ленинец П. А. Ойуунускай бу курдук туойбута:
- Көстөр күн сырдыга,
- Көҥүлбүт ыллыта
- Аһыллан,
- Арыллан —
- Үөрдэхпиэн,
- Үөрдэхпиэн! (36—190)
Дьэ итинтэн бэттэх саха поэзията бутүннүүтэ күнүнэн, сааһынан туолар. «Совет былааһа сааскы күннүү ойор» (89—156), поэттар «ыллыыллар сахаҕа саас буолтун, Октябрь уот күнэ ойбутун» (94—138). Оттон революцияны кытта саастыы поэттар «Өктөөппүт күнүн сардаҥата биһикпитигэр тыкпыта» (4—283) — диэн хоһуйаллар. Саха бааһынайдарын холбоһуктааһын — бу кинилэргэ күн тахсыыта: «колхуоһунай олохпут күндэлэс күнэ хоту дойду үрдүнэн күөрэйэ ойдо» (61— 427).
Итинтэн бэттэх Улуу Россия, били олоҥхоҕо этэр курдук, «киирбэт күннээх, күөх сайыннаах, хаарыан улуу дойду буолар» (32—197), советскай норуоттар «көҥүлүн булуммут күн-өркөн улууһа аатыраллар» (89—222).
Күҥҥэ тэҥнэнэллэр улуу коммунист партията, кини сирдьитэ, революция хотторбот знамята. Партия, эн «күнэ суох сири күннээтиҥ» (89—395), «Эн, Ленин пар-тията,... киирбэт күн курдук сыламныы күндээрдиҥ!» (8—117), «Эн күн знамяҥ аннынан эрдээхтик сахалар хаамабыт» (32—261) диэн буолар.
Күн обраһа ордук хойуутук киһи аймах генийэ В. И. Ленини хоһуйарга туттуллар. Күн ийэ, күн аҕа диир кэриэтэ Лениҥҥэ күн мэлдьи туттуллар эпитет буолла. Итини сэргэ Ленин, күн курдук, үөһэ күөрэйэн тахсан, сири-дойдуну барытын сырдатар гына ойууланар: «устата биллибэт, туората көстүбэт улахан дойдуттан күн буолан күөрэйдиҥ» (32—198).
Манна сирдьит обраһа балачча абстрактнайдык бэриллэр. Итиннэ майгынныыр буолан баран, арыый сиһилии күҥҥэ тэҥнээһин эмиэ баар.
- Ис иһиттэн сардаҥарбыт үрдүк сүүһэ —
- Ити өркөн өйүн өтө көстөр күүһэ.
- Арыый быһыччы көрбүт хараҕын кыламаннара —
- Аламай маҥан күн көмүс сардаҥалара.
- Саҕах үрдүнэн тахсан эрэринии, итиннэ,
- Сандал халлааны сандаардан чэмэлитэ,
- Сир-дойду үрдүвэн күөрэйэн көһүннэ Ильич сүдү сүүстээх төгүрүк төбөтө. (72 — 70)
Сирдьит олоҕун ис характерын күнүнэн холобурдаан көрдөрүү эмиэ баар. Күн уонна Ленин иккиэн күннэтэ улууканнаах үлэни толороллор буолан баран, махтал тылтан ураты манньаҕа наадыйбаттар, «күн сиригэр кинилэр күннүүн иккиэйэх эбиттэр» (33—93) диэн хоһуйар поэт П. Тобуруокап.
Лениҥ «күнү аҕалбыт», «күнү таһаарбыт», «күнү көрдөрбүт» киһинэн ааҕыллар. «Киирбэт сылаас күнү таһаарбыт улуу Ленини уруйдуубут!» (52—297). Ленин үөрэҕэ, знамята күҥҥэ тэҥнээхтэр: «Ленин... өр үйэҕэ өлбөөрбөт күн сырдык үөрэҕэ» (90—5), «кини тыыннааҕын бэлиэтэ — мөлүйүөн күн тэҥэ знамята бүтүн сир түөһүн сырдатта». Оттон биһиги оҕолорбут үөрзниэх тустаахтар Лениннии «күн курдук сырдыырга, күлүгү кыйдыырга» (89—185, 343).
Олоҥхо кырасаабыссаларын оннуларьҥар, аны билигин саҥа олох тутааччылара комсомолкалар, колхозтаах хоһууттар күҥҥэ тэҥнэнэллэр. «Күн уота — Маайакам, сэгэрим, куотума, илдьэ бар, абыраа!» (89 —90)— диир үөрэниэн баҕарар батараак кыыс куораттан тыаҕа боломуочунайынан тахса сылдьар комсомолкаҕа. Оттон Кирилэ хараҕар колхозтаах доҕоро — Маайата «от мустара күн буолан устара» (24—64). Тыа дьоно, айылҕа оҕолоро, «күн уота, күөх салгын аргыстаах, килбиктик мичээрдээн», промышленноска рабочай кылаас кэккэтин хаҥата кэлэллэр (89—107).
Былыр туох үчүгэй барыта күҥҥэ тэҥнэнэр буоллаҕына, билигин хамначчыт, батараак, баттаммыт үлэһит норуот көҥүлү ылыыта, дьоллоох олоҕу аҕалбыт Улуу Октябрьскай социалистическай революция, Коммунис-тическай партия, кини сирдьитэ В. И. Ленин, Советскай былаас — бары күннэр.
Күн ордук чопчу, историческай көстүүлэри образтаан хоһуйууга үгүстүк туттуллар буолан иһэр. «Москвабыт күнүн уота Өлүөнэҕэ күлүмнээтэ» (32—284), «көрүөхтэн күндэлэс күн тыкпыт долгуйар Дьокуускай куоракка» (89—90), «күн куорат-бөһүөлэк күөрэйэн эрэрэ — көрүөххэ күндүтүөн!» Улуу өрүстэрбит — Лена, Бүлүү, Алдан — «көмүскэс санаалаах күн эбэлэрбит»; ГЭС рабочайа электричество уотунан «дьыбардаах хотугу халлааҥҥа киирбэт күнү күлүбүрэтэр» (94—77, 153, 171). Советскай конституция — «норуоппут күн сокуона» (89—130), герой олоҕо — «күн олох», эйэ диэн «күн тыл», алмаас — «күн тааһа», буорга кутан үүннэрэр сиэмэбит туорахтара — «күн кылабачыгас таммахтара» (13—51), «холоруктаах хоту да дойдуга коммунизм күн дьиэтин тутуллуо!» (94—-150),— дииллэр.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр гитлеровскай фашистар «советскай күнү» хаххалыы, суох оҥоро кэлбиттэригэр бырааттыы норуоттар бука бары, биир киһи курдук, биилэрин-кылааннарын өрө күүрдэн, өстөөҕү утары турбуттара. Советскай буойуттар «биһигини кытта үрүҥ күн, биһигини кытта бүтүн аан дойду!» (5—7),— диэн кыайыыга бигэ эрэллээх кыргыспыттара, кинилэр өстөөх үрдүгэр күөрэппит ыстаал болотторо «күннүү күлүмнүүрэ», «ыстыыктарын уһугар сааскы күн оон-ньуура» (89—388). Советскай норуоттар кырдьыктаах, босхолонуулаах сэриини ыыталларын саха поэттара итинник сырдык образтарынан хоһуйбуттара. Оттон киһи аймах өһөгөйдөөх өстөөҕүн — гитлеров-скай фашизмы урусхаллааһын — хараҥаны халбарытыы, күнү таһаарыы: «Гитлер киэр үүрүллэн, киирбэт күн таҕыста!» «Албаннаах кыайыы, арылхай күн сырдыга буолан, айхалдаа айыы дьонун алаһа дьиэтин ааны-нан киирэн! Уруйдаа, урааҥхай саха уйгулаах остуолун оройугар тыган!» (23—86, 255), «көмүскээбит көмүс көҥүлбүт күн буолан күндээрэр» (55—72).
Күнү образка киллэрии аспега сзрии кэннинээҕи поэзияҕа ордук кэҥээтэ. Күнү араастаан тыыннааҕымсытан ойуулааһын үгүс. Арыт «күн кыһыл көмүс карс-тата: көрүҥ, эһиэхэ дьолу тиэйэн кэлэн иһэбин,— диир кэриэтэ, киэҥ халлааҥҥа килбэчийэр», арыт «Лена уутун кырсынан көмүс түөстээх көтөр буолан, күммүт дайан тахсар» (94—35,87); күөрэгэй сааһы хоһуйарыгар «күн көмүс струнатын тардар» (92—213). Күн арыт улуу үлэһит мөссүөнүн ылынар, «мин хотугу кыраайга хойутаан кэлэммин, кэрэ саас кэлэрин бытаарпыт эбиппин» (90—53),— диир уонна сылааһы-сырдыгы аҕала түбүгүрбүтүнэн барар. Күн арыт «таптал таҥарата —... сүрэхтэрбитин көмүс уот оҕунан ытыалыыр» (94—102). Күн үгүстүк дьахтар дьүһүннэнэр: «Күммүт сардаҥа былаатын күөх тыаҕа далбаатаата» (4—190); «кылбаа маҥан күннэрбит кыыстыы күлэн мичээрдэ» (32—109). Оттон Хара муора кытыытынааҕы Абхазия күнэ маннык ойууланар:
- Былыт хаххатыттан күн
- Быкпакка туран суунар,
- Соҕурууҥу ил тыалынан
- Соттордонон сотунар.
- Быыс күлүгэр олорор
- Былыргы саха кыыһыныы,
- Килбигийэн, кийииттээн
- Кистэннэҕэ баҕаһын. (76—24)
Туундара күнэ эмиэ уратылаахтык хоһуйуллар. Онно «күн көмүс хабдьы буолан, сыа хаартан быган көрөр» (17—255), биитэр «табаһыт уол буолан», халлаан саҕаҕынан сүүрэр (11—50).
Күн биһиги, советскай дьон, арахсыспат аргыспыт, биһиги олохпут суолугар кини мэлдьи тыгар. Дьэ ол иһин бэл куорат эргэ мас дьиэтиттэн саҥа сырдык таас дьиэҕэ көһөн киирээччилэр биһигини кытта «көһөн киирсиэ түннүгүнэн күлүм-чаҕыл күн уота» (89—538) диэхтэрэ. Поэт төрөөбүт Амматыттан Якутскайга диэри күннүүн «аргыстаспытын» ыллыыр.
- Аммабыттан сарсыарда
- Айан суолун тутарбар
- Аламайкаан күнүкэм,
- Аламаҕай кыыс курдук:
- «Арҕаа барар буолларгын, Аргыстаһыах!»— диэбитэ.
(32—292) Күнү таптааһын, күҥҥэ тардыһыы, күҥҥэ дьулуһуу былыр-былыргыттан билиҥҥээҥэ диэри (сирэйинэн да, тэгилитэн да өйдөөһүн буоллун) сахаҕа олус күүстээх. Өлбүтү күн диэки көрдөрөн көмүү былыргыттан үөскээбит. Оттон бүгүҥҥү поэзияҕа этиллэр: «мин өһөр да чааспар үөрэ-мичилийэ, Элиэнэм быраанын үрдүттэн эн тыгаар...» (92—236); «бэл хоруобум киирэр күн уотунуу кылбаҕар..» (13—10); «өлүүад мин —... күн курдук көстө киирэммин» (45—209).
Күнтэн күүс-күдэх көрдөһүү, саҥардылла-саҥардылла куруук эргийэн кэлэ турар матыып буолар.
- Оо! Аламай маҥан күн!
- Кулууй да эн миэхэ,
- Эн илгэлээх иэйиигэр кыттан*
- Кэрэни эрэ кэтирэтиэхпин,
- Сырдыгы эрэ сатыылатыахпын,
- Күүстээҕи эрэ көтүтүөхлүн —
- Сайар хааммар сылааскыттан,
- Саппах санаабар сырдыккыттан,
- Элэйэр эпгаэр эрчимҥиттэн.
- Күн суолун тэлэр
- Күтүр күүстэ,
- Дьол суолун тобулар
- Дьоһун дьоҕурда,
- Аламай маҥан күнүөм!
(19-4) Таптал күн уотун курдук күүстээх буоларыгар баҕарыы үөһэ этиллибит матыыпка уруулуу.
- Күөх халлаантан күүрэ тохтор
- Күн күндүл уота буолан,
- Көтөн тиийиий күндүкэйбэр,
- Сүрэх итии таптала. (92—365)
«Африка оҕото, күн уотун оҕото!» (45—297),— диэн итии дойду оҕотун сирэйинэн хоһуйар эбит буоллахха, «мин күн оҕотобун», «бэйэм күҥҥэ тэҥнээхпин», онон советскай дьоннор — күннэр диэн тэпилитэн этиилэр эмиэ бааллар (71 —12).
Манна коммунизмы тутар советскай киһи өйүн күүһүнэн, санаатын сырдыгынан, дууһатын ырааһынан күҥҥэ тэҥнэнэр. Оттон арыт кини туох баар этин-хаанын, оҥоһуутунан күҥҥэ дьүөрэлээх, күнтэн төрүттээх гына эгэлгэлээн этиллэр эмиэ түбэлтэлээх.
- Мин харахтарым күн курдук ып-ыраастар,
- Күн курдук мичээрдии көрөбүн...
- Мин сүрэҕим күн курдук ип-итии...
- Мин хараҕым уутун таммаҕа
- Күн курдук төп-төгүрүк,
- Мин көлөһүнүм күн курдук чаҕылхай,
- Мин хааным күн курдук тэтэркэй,
- Мин уон тарбаҕым — күн сардаҥалара...
- Күн курдук төгүрүк төбөбүн...
(13-8) Итини сэргэ күн элбэх диэн матыып баар. «Мин санаабар, күн элбэх... Биир күн көрөр саҕахха, сүрэххэ сүүс күн тыгар» (12—12).
Поэт Эллэй этэринии, «күннээхтик олоруу», «күнүнэн, сааһынан толору хоһооннору» айыы, «дьон аймах олоҕун күнүнэн толоруу», «күн курдук сырдыырга бар-дьону ыҥырыы» (92—235, 237),—дьэ бу буолар саха ноэттарын улууканнаах сыаллара, уруйдаах ырыалара.
Үөһэ эппиттэргэ олоҕуран, маннык быстах түмүктэри оҥоруохха сөп:
- 1. Сахалар бэрт былыргыттан күҥҥэ сүгүрүйэллэрэ, күнү таптыыллара, чиэстииллэрэ, күнү туохтааҕар да ордороллоро кинилэр ырыаларыгар-тойуктарыгар чуолкайдык көстөр.
- 2. Сахалар күҥҥэ сүгүрүйүүлэрэ, кинилэр төрүттэрэ соҕуруу, Киин Азия чугаһын диэки, олоруохтарыттан саҕаланан баран, Ленаҕа көһөн кэлэн олохсуйбуттарын устатыгар салҕанан барбыт. Күҥҥэ сүгүрүйүүнү тымныы климат кыһалҕата уһаппыт буолуон сөп.
- 3. Кэлин, ордук Советскай былаас буолбутун кэннэ, күҥҥэ таҥара курдук үҥүү, сүгүрүйүү уурайар, ол эрээри күнү саҥарар саҥаҕа, ордук ырыаҕа-тойукка, уус-уран айымньыга тэгилитэн, образтаан этии быһыы-тынан туттуу билигин да мөлтөөбөт. Күнү уус-уран дьүһүннээһин, ойуулуур ньыма быһыытынан туттуу поэзияҕа олус киэҥ уонна элбэх эгэлгэ өрүттээх. Манна көрдүөххэ сөп саха поэзиятыгар национальнай ураты биир суол көстүүтүн.
Саас, сайын. Кыһын.
[уларыт]Саас, сайын. Кыһын. Норуот сааһынан, сайынынан үчүгэйи ыралаабыта олоххо туолбута. В. И. Ленин уонна кини партията сирдээһининэн Россияҕа Улуу пролетарскай революция кыайбыта. Киһи киһини көлөһүннээһинэ эһиллибитэ. Аан дойдуга бастакы дьоллоох социалистическай общество үөскээбитэ. Ол сүҥкэн уларыйыыны саха поэттара хаһан да буолбатах дьикти саас, сайын кэлбитинэн образтаан хоһуйбуттара. Айылҕаҕа кыһын, саас, сайын, күһүн цикллара быыстала суох эргийэ тураллар. Саха сирэ син биир тымныытын курдук тымныы кыһыннаах. Ол үрдүнэн поэттар революция иннинэ олус тымныы, хараҥа этэ, оттон Советскай былаас буолбутуттан ыла эргиччи сайын кэллэ, сылаас, сырдык буолла диэн, общество олоҕо тосту тупсубутун тэгилитэн этэллэр.
Ыраахтааҕы былааһын саҕана Саха сирэ, А. Софронов хоһуйарынан, «халыҥ үлүгэр хаар бэргэһэнэн хаппахтанан», «сүүнэ үлүгэр мууһунан сөллүбэт гына сүгэһэрдэнэн турбута». Төрөөбүт айылҕа бүтүннүүтэ мэлдьи даҕаны «ытаабыт-соҥообут курдуга» (89—447). Оттон революция кыайбытын, баттал суулбутун, Советскай былаас барҕарбытын поэттар кыһын ааопытынан, сайын кэлбитинэн, сир-дойду сибэккинэн симэммитинэн дьүһүннээн хоһуйаллар: «норуот кыайда кырыыс муҥун... ийэ сирбит тымныы буорун сибэккинэн чэлгиттэ» (89—141); «муус кырыа бобо туппут сиригэр олох самаан сайына сатыылаабыта» (55—11). Олох сааһын аҕалааччынан улуу сирдьит В. И. Ленин буолар: «иитиллэр эбэбит Элиэнэ иэнигэр эриэккэс сааскыны эн, Ленин, эргиттиҥ» (32—198). Ленин анаан, сааһы аҕалаары, төрөөбүтүн курдук этиллэр: «Ленин бу сиргэ күөх сааһы аҕала — саас төрөөбүтэ»,— дэһэллэр сахалар (92—222). Сылааһы, сырдыгы аҕалааччынан Ленин знамята буолар: «улуу генийбит знамята тыйыс дьыбары ититэн, хатан уотунан чаҕыллар» (89—185). Ийэ сири күөҕүнэн чэлгиппит коммунист партията буолар: «эн биһи кыраайбыт чэҥ мууһун ириэрдиҥ, чоҥкуйбут тайҕаны күөҕүнэн чэлгиттиҥ» (8—117). Немец фашистара оккупациялаабыт сирдэрэ — кыһын, оттон оккупацияттан норуоттары босхолооһун — сааһы аҕалыы: «ханна кыһын — илгэ сааһы илдьэ барар герой сэриим» (89—331).
Туох үүнэр, үрдүүр, эдэр, чэгиэн барыта сааска холуллар. Комсомол — «хоту дойду кэхтвбэт кэрэ сааһа», коммунизм — «дьон-аймах көҥүл сайдар сааскыта» (89—422, 423); оҕо — «саппаҕырбат сандал саас» (9—174). Советскай киһи дьоллоох олоҕо «сааскылыы ылаарар», кини таптала, санаатын ырааһа эмиэ сааска, сайыҥҥа дьүөрэлээх. «Мин олохпор сааскы ылаа» (23 — 140); «тоҕо эрэ мин бүгүн санаатым эн биһикки тапталбыт сааскытын» (17—282); «...санаам сайынынан киэҥ аартыкка таһаарыам» (18—27).
Дьоллоох советскай киһи тас дьүһүнэ-бодото даҕаны сааскылыы ойууланар: «мичээрэр харахпыт — ымаҥ саас чаҕыла», «иэдэһиҥ — сааскы им сарыала» (89— 218, 300).
Кыһын мууһа, тымныыта уонна саас, сайын сылааһа общество олоҕун контраһын көрдөрөргө үгүстүк туттуллаллар. Советскай Союз олох күөх сааһа буоллаҕына, капиталистическай дойдулар олохторо хааннаах тоҥ булууска холуллар.
Кыһыны уонна сайыны кытта сэргэ күнүс уонна түүн, сырдык уонна хараҥа контрастаһаллар. Советскай былаас Саха сиригэр бастаан олохтонуутун утаата икки утарыта күүс охсуһуутун Эллэй бу курдук хоһуйбута: «онно күннээх түүн мөккүөрдэрэ турда, эргэ, саҥа охсуһан эрэллэр» (89—112, 81).
Аан дойду иккис сэриитигэр советскай норуоттар гитлеровскай фашистары утары кыргыһыыларын Т. Сметанин бу курдук көрдөрбүтэ: «хааннаах кыргыс хонуутугар хараҥалаах сырдык күүстэр хапсан эрэллэр» (55—7).
Сааһынан, сайынынан, сырдыгынан социализмы, коммунизмы, дьоллоох советскай олоҕу, туох баар үчүгэйи, үүнэри, үөскүүрү, прогрессивнайы, оттон кыһынынан, хараҥанан, түүнүнэн революция иннинээҕи оло-ҕу, туох баар батталы-атаҕастабылы, зргэни, хаалыылааҕы, реакционнайы символлаан көрдөрөллөр.
Тымныыны, мууһу, хаары образка туттуу суругунан литератураҕа улам кэҥээн, элбэх тэгилитиилээх ис хоһооннонон иһэр эбит. Урут үксүгэр «тымныы (муус) сүрэхтээх», «тымныы харахтаах», «тымныы тыллаах» диэн буолара. Ону поэттар «муус санаа», «муус толкуй», «сүрэх кырыаран чоҥкуйуута», «санаа чэҥэ» эҥин диэн сайыннараллар. «Чой орой болуо муус толкуйун тобулар ыар суол буолуоҕа» (93—211); «өр дьыллаах аһыы, кутурҕан ыар муус дьаакыр буолбута» (90—31); «санаам чэҥэ уулунна» (34—35).
Туохтан да иҥнибэт-толлубат хоодуот киһини «тоҥтон толлубат» дииллэрэ. Ити этиини дириҥэтэн, Эллэй сүүрбэһис сыллардааҕы Саха сирин бойобуой комсомолецтарын бу курдук бэргэнник характеристикалаабыта: «тоҥ буортан тохтообот, хомурах хаартан дьулайбат... хоодуот, хорсун, обургу...» (89—28). Хаһыҥ өлүүнү, кэхтинни дьүһүннүүргэ үгүстүк туттуллар. «Оҕолоргут олоҕун хаһыҥҥа оҕустарыаххыт дуо, ийэлэр!» (23—152); «хаарыан эдэр тапталбытын хаһыҥ букатын хаарыйбатах» (8—28).
Кыһын сылдьыбыт суолу хаар түһэн көстүбэт оҥорон кэбиспитин: «суолбун хаар саппыт»,— дииллэр. Итини поэттар киһи олоҕор сыһыаран, социальнай ис хоһоонноон тэгилитэн этэллэр. Холобур, Дьуон Дьаҥылы оҕо сааһа ааспыта ырааппытын, умнуллубутун маннык образтыыр:
- Отоннуур, оонньуур,
- Торбос уулаппыт,
- Тоҥууну оймуур
- Суолбун хаар саппыт. (23—154)
Оттон Эллэй хотугу норуоттар революция иннинэ быста-ойдо олорбуттарын икки бэргэн строканан биэрэр:
- Тордоххо олорбут суолбутун
- Көмөөх хаар көмөн испитэ. (92—206)
Ол эрээри «куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат» диэн формула тымныыны эгэлгэлээн өйдүүргэ эмиэ тоҕоостоох. Тымныы климат куһаҕанын, олоҕу муомурдарын киһи барыта билэр буолан баран, онуоха кыайтарбатаххына, хата буһан-хатан, кииллийэн таҕыстаххына, кини эмиэ да сорох өттүнэн туһалаабыт эбит ээ диэҕиҥ. Итини өссө А. Кулаковскай бэлиэтээн турар.
- Биһигини —
- Хабараан тымныы
- Хаарыйан-хаарыйан
- Хатан харахтаабыта,
- Уордаах тымныы
- Мускуйан-мускуйан
- Уһаарыылаах уҥуохтаабыта,
- Кыыдааннаах тымныы
- Кыһарыйан-кыһарыйан
- Быстыбат тыыннаабыта. (43—141)
Ол курдук, тымныы кыһарҕанын абааһы көрүүнү таһынан, кэлин арыт тымныыны кыайбытынан-хоппутунан киэн туттуу матыыба советскай поэттар айымньыларыгар биллитэлиир буолла.
- Түптэлэс тьшныылаах дойдуга төрөөммүн,
- Төлөннөөх сүрэхтээх буолбутум буолаарай?
(92-245)
Социализм үйэтигэр биһиги тыйыс кыраайбыт тымныытын кыһарҕана мөлтөөбүтүн курдук туойуллар.
Аны, кыһын баар да буоллаҕына, ону хайҕаан, үчүгэйин арыйан хоһуйуу барар. Урут кыһыны наар абааһы көрөр, мөҥөр эбит буоллахпытына, аны арыт хайгыыбыт, таптыыбыт даҕаны.
- Бэл кыһынын саха сирэ
- Миэхэ күндү буоллаҕа.
- Үллүк хаардыын, түүннүүн кэрэ,
- Үп-үрүҥ да мап-маҥан. (23—155)
- Кыһьйгҥы киэһэ, оо, кэрэтиэн,
- Туус маҥан былаата тэлээрэн,
- Доҕорум үҥкүүлээн эрэрин
- Санатта хаары тыал күдээрдэн. (78—82)
Биһиги поэзиябытыгар кыһыҥҥа сыһыан уларыйбыта төрүттээх. Аас-туор, бары өттүнэн хаалыылаах олоххо кыһын кыһарҕана ордук улаатара, кыһын дьадаҥыга куһаҕаны эрэ аҕалара, ол иһин кыһыны сирэллэрэ, общество олоҕор туох куһаҕаны, өстөөҕү барытын тымныынан, кыһынынан, мууһунан дьүһүннээн этэллэрэ сөп этэ. Оттон социализм үйэтигэр, оҥоруулаах күүстэр барҕара сайдар көҥүл-дуол олохторугар тымныы кыһарҕана быдан аччыыр, ол иһин төрөөбүт айылҕаны толорутук таптааһын (ол иһигэр кыһыны эмиэ таптаа-һын) чувствота үөскүүр.
Кэнники кэмҥэ саха поэзиятыгар хаары араастаан хоһуйуу, образка киллэрии элбээтэ. Хаар — үрүмэччи, туллук, кыталык, куба, хопто; хаар—таба; хаар — минньигэстэн минньигэс, сылаастан сылаас, сымнаҕастан сымнаҕас, ыраастан ыраас, сырдыктан сырдык:
- Үрүмэччи буолан хаар ыһыллар,
- Туллук буолан хаар бураллар. (45—206) 82
- Хаар!
- Сүөгэй күүгэнэ хаар,
- Мип-минньигэс хаар,
- Сып-сылаас хаар,
- Эн — туллуккун,
- Эн — хоптоҕун,
- Эн — кынтайар кыталыккын,
- Эн — кылбаарар кубаҕын!
- Эн сырдыккын, ырааскын
- Мин сүрэҕим ылыахтын,
- Эн бараммат ырыаҕын
- Мин дууһам ыллыахтын!
(73-281)
Таптал, дууһа ырааһа, сырдыга, ырыа, хоһоон үчү-гэйэ хаарга тэҥнэнэллэр.
- Тапталбыт хаар курдук сырдыга,
- Дууһабыт хаар курдук ырааһа. (15—21)
- Хаар курдук чэпчэки ырыаҕын
- Мин таала истэбин, Чачаани,
- Хаар курдук сып-сырдык ырыаҕын,
Чачаани! (17—259)
- Хойутаан айбыт хоһоонум
- Сибиэһэй, эдэр хаар буоллун.
(69—3)
Бу үөһэ этиллибит холобурдар төрөөбүт айылҕаҕа ылларыы, таптал социализм кэмигэр ордук күүһүрэрин, ордук толору буоларын, оттон батталлаах үйэҕэ үлэһит киһи төрөөбүт айылҕатын ситэри таптыыр кыаҕа суоҕун туоһулууллар.
Төрөөбүт дойду арай кини өстөөхтөрүгэр куһаҕан өттүнэн дьайарын поэттар хоһуйаллар.
- Төрөөбүт дойдум...
- Оттон эн өстөөххө —
- Туманнаах тохсунньу
- Чысхааннаах киэһэтин
- Дьыбара буолаҕын.
(77—45)
Уот.
[уларыт]Уот образка киириитэ революционнай охсуһуу, саҥа олоҕу тутуу күүрээннээх кэмнэригэр ордук диэлийэр эбит. Ол сөп. Кылаастар охсуһуулара, үүнүү, сайдыы общество хас биирдии чилиэнин өйүн-санаатын өрүкүтэр. «Уот курдук киһи», «уот хааннаах киһи», «уоттаах харахтаах», «бу киһи бэйэтэ уоттанар» эҥнн диэн киһи психическзй туругун көрдөрөр этиилэр сахаҕа былыргыттан бааллара. Уонна итинник этиилэри сайыннарарга нуучча образтааһыннарын сабыдыала улахан буолуохтаах («огнем душа полна», «огонь кипит в крови», «огонь в груди», «сердце вспыхнуло огнем», «горим желанием» и т. д.).
Уот, уоту оттуу, буруо таһаарыы — олох тыына, олох олоруу, ыал буолуу. Уот умуллуута, буруо сүтүүтэ, күл буолуу — эстии-быстыы, өлүү-алдьаныы. Бу былыргы образтары поэттар дириҥэтэн, хас айымньы аайы чопчу социальнай ис хоһоонноои тутталлар, бы-лыргы формалар саҥалыы ис хоһоонноноллор. Импе-риалистическай державалар колония оҥостубут сирдэригэр олохтоох норуоттар өлөн-быстан бараналлар, уоттуун умуллаллар: «Олус элбэх оччугуй омук орто дойдуттан омуллубута үһү» (43—138).
Россияҕа ыраахтааҕы былааһын батталын суулларыы — ыраахтааҕы «уоругун күл оҥоруу»: «күтүр ыраахтааҕы күндү уорутун күл оҥорон — күнү көрдөрүөҕүҥ, көҥүлү таһаарыаҕыҥ» (36—29).
Баай кылааһын урусхаллааһын — кинилэр «уоттарын умулларыы»: «дьэбэрэлээх олох дьиикэй бииһин уустара,... уоккутун умулларан, уйаҕытын суулларыам!» (36—78).
Советскай былаас, социалистическай общество хотторбот күүһэ — ким да умулларбат уота: «көҥүл норуот оттубут уотун, унаардыбыт буруотун ханнык да таас уллуҥахтаах саба үктээбэтин билэбит» (91 —14).
Аҕа дойду сэриитин саҕана фроҥҥа барбыт Саха сирин ыччаттара дойдуларыгар үлэлээбит үлэлэрэ, оҥорбут оҥоһуулара — умуллубат уот. «Охсуһууга сылдьааччы оҕолорбут, дьоннорбут оттон барбыт уоттара умуллубат буолуохтун» (32—211).
Оттон өстөөх биһиги советскай олохпутун урусхаллыыр соруга — «күл гынан көтүтүү»: «бу сылаас тыыннаах аал уоппутун... кини: «күл гынан көтүтүөм»,— диэтэ» (55—11).
Саха норуотун легендарнай геройа Баһылай Манчаары батталы утары охсуспут дьыалата — өспөт кыым: «Манчаары тыыннаах, оттубут оһоҕо кыымнаах» (7— 142). Коммунизм олоҕо — «умуллубат уйгулаах уот». Советскай рабочай кылаас хоту дойдуга электроэнергетиканы сайыннарыыта — умуллубат уоту оттуу: «муустаах муора тымныы тыына саба үрбэт кутаа уотун эн модун илииҥ отунна» (94—153, 170).
Манна «уоту оттуу», «буруону унаардыы» биитэр «уоту умуруоруу», «күл оҥоруу» былыргы ис хоһоонноро хайдах курдук уларыйалларын, кинилэр быыстала суох кэҥии турар номохтоноллорун көрөбүт. Итини тэҥэ «харах уота», «уоттаах харах» диэн этиилэри ылыаҕыҥ. Көрөрө мөлтөөбүт киһини «хараҕын уота мөлтөөбүт» дииллэрэ. Сытыы харахтаах киһини «уоттаах харахтаах» дииллэрэ. Ону туһанан, поэттар саҥалыы киэҥ, дириҥ ис хоһоонноох образтары айаллар:
- Айылҕа сүүс кубулҕатын
- Аалсан-харсан үөскээбит.
- Халлаан тьшныытын, буурҕатын
- Хараҕын уотунан ириэрбит
- Саха кырата-харата
- Самнан, бүгэн олорбута.
(55 — 10)
Хотугу омук революция иннинээҕи ыар дьылҕата, кини тулуура, дьэбирэ, өлбөтө-сүппэтэ манна бэрт күүскэ этиллэр.
Уоту образка киллэрии былыргы фольклорнай формалара билигин саҥа ис хоһооҥҥо сөп түбэһиннэрэн уларыйаллар. Октябрь, социализм, социализмы тутааччылар өйдөрө, дьулуурдара, үлэлэрэ — барыта уотунан образтанар. «Өрөгөйдөөх Октябрь революцията өлбөт төлөн сиэмэни өрө түллэн ыһар,.. аан-балаһа уотунан тыынар». Аан дойду им-балай хараҥатын сырдатаҥ «очуос таас — ССРС күлүмнүү умайар», ол «очуос тааһы» сырдатааччынан В. И. Ленин көстөр, кини «ууммут илиитэ халлааным анныгар илбистээх төлөнү уматар». Арыт Ильич улуу уус символическай обраһын ылынар, кини «кытыастар кыһатын ыһыахтас төлөнө оргуйар» (36—46, 66, 91). Ленин дьыалата — «оттубут кутаата» умуллубат, бу улуу уоту саҥаттан саҥа көлүөнэ ленинецаэр «күөдьүтэллэр»: «Ленин норуокка уматан биэрбит дьолун уотун күн-түүн күөдьүтэбит» (94—152).
Революционердар, көҥүл, социализм иһин охсуһааччылар, саҥа олох дьоно — уоттар. «Уот төлөн күүһүнэн күүрэммит — уруйдаан, айхаллаан, Советскай былааһы... үрдэтэн эрэбит»; «бары ааспыт өттүҥ барыта уоттаммыта» (36-28, 105). Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ биһиги дьоннорбут «уокка кыттан — уот буола барбыттара»; немецкэй фашистары утары охсуһар партизаннар — «көҥүл уоттара» (89—291, 306).
Комсомоллар «кутаа уоттуу күлүмнүүллэр» (32—58) Пионердар «кыһыл көмүс кыым курдуктар» (92—221) кинилэр «Октябрь уота буолаллар» (89—111). Коммунистар, ленинецтэр «уйадыйбат уот-болгуо сүрэхтээхтэр, умайар сата төлөн санаалаахтар» кинилэр «уоттаах улуу модун санаалзра уҕарыйыа дии санаама» (36—92, 60). Кинилэр тапталлара, ырыалара (89-56Р197) Дьүһүннэрэ-бодолоро - барыта «уоттаах».
Революционердар бэл бакааллара — уоттаах: «бу уоттаах бакаалы, бу төлөн тапталы — көтөҕүөх көмүһүөм!» (36—208).
Көҥүл, дьол — эмиэ уоттаах: «көҥдөй көмүс ТУӨ1™М көҥүл уотун истэ».
Саха сиригэр саҥа олоҕу тутар ударнай үлэ уоттуу умайар: «хоту кыраай тымныы хоонньун үлэ КУТЯЯ лаата» (89—30, 346).
Советскай Союз киинэ улуу Москва — «кыһыл сардаҥа тахсыбыт, кыымнаах төлөн түспүт» куората - Советскай Союз былааҕа «халлааҥҥа тыгар төлөннөөх», «кытара сандааран умайан тэтэрбит», «кытыастар былаах», оттон биэс салаалаах сулуспут «тырымныы умайар» (36-35, 47, 56). Кыһыл кавалеристар сааскалара, саабылалара «уотунан оонньуур», «УОТТУЛ/ күндээрэр» (89-378). <уоттуу
Империалистар халабырдаах сэриилэрэ — «упдаһыннаах уот», иннигэр түбэспити барытын «уоттаах тылынан» тоҕо салыыр. Советскай буойун төрөөбүт ака дойдутун өстөөхтөрүн ытыалыыр буулдьата — «аба сата уоттаах силэ» (55—12, 42, 45).
Охсуулаах үлэлээх колхозтаахтар сааскы ыһыылара — «уот сиэмэ». Советскай биолог-новатор И. В. Мичурин айбыт яблокатын саҥа суорда «уот өҥнөөх» (89— 112, 146). Советскай сир сааскы сибэккилэрэ «уотунан мичиҥнииллэр» (92—213). Төрөөбүт айылҕабыт күһүҥҥү кэрэ көстүүтэ тымныыны утары охсуһардыы «уотунан кутаалыыр».
- Кытылларга көрөбүн
- Талах кутааларын,
- Итэҕэйэн үөрэбин
- Күһүн куттанарын. (97—400)
Хайа.
[уларыт]Хайа советскай поэзия дьүһүннээһинигэр киириитэ - эмиэ балачча кэҥээтэ. Манна нуучча, Кавказ норуоттарын уо. д. а. литератураларын сабыдыала баар диэххэ сөп. Модун Советскай Союһу аан дойдуга соҕотох суураллыбат таас очуос курдук өссө 1930-с сыллардаахха П. А. Ойуунускай туойбута: «очуос таас — ССРС күлүмнүү умайар» (36—46).
Бастакы колхозтары «өстөөх суулларбат таас очуос буоллугут» дииллэр. Колхозтаах хоһуун уол эдэрэ, чэгиэнэ хоһооҥҥо киирэр, кини быччыҥа таас болгуоҕа холуллар: «колхоһум эдэр оҕото... быччыҥа болгуо хайата» (89—89, 125).
Советскай дьон таас хайа курдук бөҕө оҥоруулаахтар: «одун оҥоһуум — сууллубат суорба хайа» (18—10).
Талаан, поэзия бэйэтэ эмиэ хайалаах, очуостаах. Маяковскай туһунан: «поэзия үрдүк очуоһуттан тыаһыыр поэт лирата» (92—233).
Үчүгэй ырыа — үрдүккэ, кэрэҕэ дабайыы: «эн ырыаҥ — тахсар дабаан кэлэр кэрэҕэ» (89—426).
Олох олоруу — сыыры хайаны дабайыы: «олох сыы-рын туруорутунан дабайабыт» (32—239).
Армян, грузин поэзиятыгар көрсүллэрин курдук, таас хайалары доҕордуу норуоттарга дьүөрэлээн этии эмиэ баар. Үрдүк, намыһах хайалар улахан, кыра омук курдуктар: «үрдүк хайалар, турууктар үгүс доҕордуу норуоттар,.. көмөлөһөн, биир күүһүнэн олороллорун курдуктар» (24—72).
Хайа фольклорга үксүгэр куһаҕантан хахха буолара, суругунан поэзияҕа үчүгэйтэн хаххалааччы эмиэ буолар эбит. «Ол саллаат утатар уйгулаах олоҕо бу сэрии хайатын кэтэҕэр буоллаҕа» (55—34).
«Сэрии хайатын кэтэҕэ» диэн сахаҕа сонун этии, биһиги санаабытыгар, нуучча тылын, хоһоонун сабыдыалынан үөскээбит буолуон сөп. Нуучча «за горами, за долами» (далеко), «не за горами» (недалеко, близко) диэн этиилэриттэн сиэттэрэн, сахалыы саллаат дьоллоох олоҕо хойут, бу сэрии бүппүтүн кэннэ кэлиэҕэ диэн санаа этиллибит.
Айылҕаны тыыннааҕымсытан көрдөрүү сиэринэн хайаны араастаан хоһуйуу бэрт үгүс. Олортон биир холобур:
- «Баайбын хостоо» диэбит курдук
- Балаҕан саҕа таастардаах
- Баараҕай очуос хайа
- Баһын өрө өндөтөр.
(89—47)
Бу күппүлүөккэ сир аннын барҕа баайын советскай норуот туһатыгар таһаарыы идеята ааҕааччыга тиийимтиэтик бэриллэр.
Былыт.
[уларыт]Былыт. Очуос тааһынан Советскай Союз дьүһүннэнэр буоллаҕына, хараҥа былыттар — реакционнай күүстэр: «бу күдэн хараҥа ытыллар былыттар ол очуос түөһүгэр охсуллан тохтоллор» (36—47).
Ыарахан, хараҥа былыттар — баттал, батталлаах үйэ, сэрии:
Күлүк былыт көтөрө,
Көҥүл күнэ көстөрө,
Көмнөх-көппөх олоҕум
Көҕөрбүтэ күндүтүн!
(89—32, 67)
Ийэ дойду үрдүнэн
Хара былыт таҕыста.
Кыырыктаах кыргар үҥүүнэн
Баай биһиэхэ хайыста. (32—54)
Туман — албын, сымыйа аат-суол:
Эн чэпчэки албан аакка
Өйгүн-сүрэххин уурума,
Кини көтөр тумарыкка
Маарынныырын умнума. (94—132)
Туман — ааспыт кэм: «туман буолбут хонуктар» (93—8).
Туманынан дьүһүннээһиҥҥэ нуучча литературатын сабыдыала баар буолуон сөп («исчезли юные забавы, как.. утренний туман», «туман в голове», «слезы туманят взор»). «Ааһар былыт албына», «былыргыны былыт саппыта» диэн саха былыргыттан бэйэтигэр баар этиилэрз сайыннарыллыахтарын эмиэ сөп. Поэттар билигин бу курдук хоһуйаллар: «аан дойду бары кэрэтэ — ааһар былыт диэхтээмэ» (94—116).
Туундара табалара «туман былыт курдуктар» (92—208). Кыһыҥҥы түптэлэс тымныыга тыынар салгыннарын туманын, ортотугар айаннаан күдээрдэн иһэр табалар, кырдьык да, «туман былыт курдук» көстүөхтэрин сөп.
Уонна былыттары бэйэлэрин араастаан киэргэтэн хоһуйуулар элбииллэр. Холобур, былыт — знамя, былаат, быыс. Күн киириитигэр «былыттар, буурҕаҕа көтөн ааһар знамяны санаталлар» (19—35). Түүн «ый былыт былаатынан далбаатана оонньуур» (4—298).
Сылгы.
[уларыт]Сылгы. Сылгынан дьүһүннээһин суругунан литератураҕа чуолаан поэзияҕа син биир фольклорга туттулларын курдук майгылаах буолан баран, ис хоһооно уларыйар, кэҥиир, дириҥиир. Холобур, урут «уу испит сылгы курдук», «ууга түспүт сылгылыы» диэн образтааһыннар чопчу биир киһиэхэ, киһи туругар сыһыаннанар эбит буоллахтарына, Кыһыл Ойуун: «орто туруу аан ийэ дойдубун одуулаан көрөн турдахпына, уу испит сылгы курдук, уһуутуу-уһуутуу хаанынан ытаан,.. төлөнө күндээрэн умайан эрэр»,— диэн этэригэр пролетарскай революция эпохатын көрдөрөр сөҕүмэр образ ойууланар. «Ыллым мин ындыыһыт ат ыатаран кыайбат ыйааһыннаах ыйааҕы» (8—211) — бу эмиэ фольклортан атыннаах. Манна поэт олус суолталаах «ыйааҕы» (бэбиэскэни) туппутун туһунан этэр. Норуот ырыатыгар «ат таппат аньыыта» (буруйа), «эдэр сылгы кэдэлдьийэр сиһэ уйарынан кэһиилээх» (кэпсээннээх) кэллим дииллэр этэ.
«Хойуу сиэл курдук былыт» (90—18), «атыыр сылгы сиэлин курдук былыт тараадыйар» (4—404) диэн этиилэр фольклорга чугастар, ол эрээри адьас үкчү буолбатахтар. Олоҥхоҕо «күрэҥ сылгы сиэллээх кутуругун күөйэ туппут курдук күөх маҥан былыт» (10—479) диэн этии баар. Оттон «бороҥ ат — былыты миинэннэр, этиҥнэр кымньыылаан эрэллэр» (94—101) диэн этии балачча сонун. Норуот ырыатыгар ат бүтүн бэйэтэ былыты дьүһүннээһиҥҥэ туттуллубута биллибэт, хата ол кэриэтин сылгы тириитэ былыкка үгүстүк холуллара: «тыстаах баттахтаах маҥан сылгы тириитин тиэрэ тарпыт курдук, түөлбэ маҥан былыт» (41 —134). Сылгы сиэлэ адьас саҥа көстүүнү дьүһүннүүргэ туттуллар түбэлтэлээх. Революция кыайан сир-дойду бүтүннүүтэ кыһыл былааҕынан киэркэйбитэ сэлиик ат сиэлигэр дьүөрэлии буолар. «Сэлиик ат сиэлэн иһэр сиэлин курдук, аан дойду үрдэ кыһыл симэҕинэн киэркэйдэ, кыһыл былааҕа кытара тэлээрдэ» (30—27).
Сылгы төбөтө, кулгааҕа, көҕүлэ, туйаҕа уо. д. а. суругунан поэзия дьүһүннэзһиннэригэр змиэ киирзллэр. «Алаастара кулун туйаҕыныы төгүрүк» (13—14), «үргүүк кулун кулгааҕыныы, үөт сэбирдэҕэ сэгэҥниир» (70—15), «күөх ойуур көҕүллээх сыырдарыҥ өйбөр этэллэр үгуһү» (4—213), «сылгы баһын саҕа бөдөҥ дынялар сылаас буор сиргэ сыламныы сыталлар» (93 —224). Бу айылҕа көстүүлэрин дьиҥнээх сахалыы өйдөөһунтэн тахсыбыт этиилэр. Киһи баттаҕын «көҕүл» диир буоллахпытына, кырдьыга, сүүс курдук чөмчөөрүйбүт үрдүк сыырдар тоҕо «күөх ойуур көҕүлэ» суох буолуохтаахтарый? Биһиги урут күлүүһү, хататы сылгы баһыгар тэҥниирбит. Оттон бу саҥа билбит дынябыт бөдөҥө, быһыыта ньолбоҕоро сылгы баһыгар холоноро балайда бэргэн. Ити курдук биһиги саҥа көстүүлэри хоһуйарбытыгар бэйэбит урукку, традиционнай образтарбытын туттабыт.
Поэттар образтааһыҥҥа кулуну үгүстүк киллэрэллэр. Кулунчук — от, хаар, үөрүү. «Улаан биэ оҕото — кулунчук курдук, утаппыт отторбут чалбахтан уулууллар» (89—54), «кулун курдук хаар кистиир мин атаҕым анныгар» (18—108), «сааскы үөрүү сылгыһыкка кулун буолан сиэллэ» (24—25). Кэнники хоһооҥҥо сылгыһыт сааскы үөрүүтэ көстөн турар гына арылхайдык ойууланар.
Аны маннык холобурдары ылыаҕыҥ: «бу ытыс буор хас тоорохойдоро, килэриччи уойбут хаҥыл сылгы буоланнар, барылаччы тыбыыраат сырсан лиһигирэһэллэр»; «күрүөҕэ хааллыбыт атыырдыы тиргиллэ көөнньөр кымыһы...»; «мин айан атыныы кырыарбыт балаҕаным дьагдьайан титирии-титирии бабыгырыыра»; «мин сүрзҕим күн аайы айан атын курдук күүгэн аллар» (70—24, 25, 48, 67).
Ийэ буор тоорохойдоро, көөнньүбүт кымыс, кырыаны бүрүммүт балаҕан, поэт сүрэҕэ — хаҥыл сылгылар, атыырдар, айан аттара. Бу романтическай күүрүүлээх саҥа гиперболическай образтар үөскээбит силистэрэ син-биир норуот айымньыта буолар, ити образтар син-биир норуот көрүүтүгэр, норуот өйдөөһүнүгэр олоҕураллар. Бу хоһооннор көҥүл хоһоон (свободный стих, верлибр) нуорматынан суруллубуттар. Манна аллитерация да, силлабика да баара чуолкай көстүбэт, дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин тыл этигэнэ солбуйар.
Өрүс, өрүс сүүрүгэ, долгуна, өрүс эстиитэ — барыта эмиэ атынан, сылгынан образтанар. Поэт күүстээх сүүрүктээх төрөөбүт өрүһүн аллаах ат ахсым айаныгар холуур:
Аллаах аттыы сиэллэрэн,
Айанныыра өрө көтөн,
Табыйталаан туһүөлүү
Таастаах бардам Бүлүү.
(45-31),
Долгун быһыытын-таһаатын, тыаһын сылгынан дьүһүннээн хоһуйуу:
Үөр атыырын үрүҥ сиэлинии
Өрүкүйэр күүгэн арҕастаах
Дьохсооттуу, оргуйа, кистии
Долгун долгуну батыста. (17—312)
Долгун омуна, оонньохолооһуна «кулун курдук» (89—42).
Өрүс эстиитин «сиэлин-кутуругун сиксийэн айанныыр» олоҥхо атынан дьүһүннуүллэр, кини «муус кыаһаанынан бурҕайа илгистэр, чэҥнээх арҕаһынан дьигиһийэ титириир» (55—94).
Бу холобурдарга фольклор хоһуйар үгэстэрэ айымньылаахтык сайыннарыллаллара көстөр. Былыр өрүһү атынан дьүһүннээһин соччо суоҕа, баар да эбит буоллаҕына, билиҥҥитээҕэр атыннык этиллэрэ. Холобур «үүт кэрэ сылгы сиэллээх-кутуругун үллэрэ туппут курдук... үс үөстээх үүт үрэх» (10—21), — дииллэрэ.
Саха поэзиятыгар өрүһү сылгынан көрдөрөр эбит буоллахтарына сорох литератураларга хахайынан, тигринэн, драконунан уо. д. а. дьүһүннүүллэр; ол кинилэр национальнай уратылара буолар.
Биһиги поэзиябытыгар ат көнтөһө, үүнэ, тэһиинэ, ыҥыыра уо. д. а. тэриллэрэ дьүһүннээһиҥҥэ эмиэ элбэхтик кытталлар.
Айан атын көнтөһүй
Айгыраччы тунпуттуу,
Арҕаа тыаны туһаайан
Аартык суола тыргыллар...
Ыҥыыр быраантан быганнар
Ыраах хочолор түөстэрэ
Ыҥыра, долгуйа хаалаллар. (55—60, 63)
«Күөгэйэр күннэрим көнтөһүн тутуһан, күннүктээн күөх сирбин көрүөлүү турдум» (89—210), «күн анньщ көҥүлүн көнтөһүн тутуохпут» (32—96), «бэлэм буол, эдэр дьон, дэлэй дуол дьылларга бэрт элбэх саҥа дьол тэһиинин тутарга!» — дииллэр поэттар. Урут «арҕаһыттан (көхсүттэн) тэһииннээх айыы аймахтара», «тор тэһииним тардылынна», «тэһиин тутан көрүстэ» диэн этиллэллэрэ, оттон «көҥүл көнтөһө», «дьол тэһиинэ» диэннэр аныгы үйэҕэ сөп түбэһиннэриллэн, саҥардыллыбыт образтааһыннар буолуохтарын сөп. Итини таһынан өссө «тимир килиэ аттары тэһиин тутан сиэллэрдим» (89—202, 342), «үрдүк үөрэх, техника тэһииннэрин тутаммыт» (94—157) диэн этиилэр бааллар. Итиннэ үөрэҕи, науканы сайыннарыы, техниканы баһылааһын образтаан этиллэр.
Суругунан поэзияҕа атынан абстрактнай өйдөбүллэри дьүһүннээһин үгүс. Норуот ырыатыгар «соноҕос атыыр курдук дьол-соргу улаатта» (75—70) дииллэрэ. Дьол өйдөбүлэ уларыйбытын кэриэтэ, кинини атынан дьүһүннээн көрдөрүү эмиэ уларыйар: «ньиргийэр ньаргыйар эбэккэм-куоратым,... силлиэрэр уот кугас сиэллэрдээх дьол атын сэриигэ мииннэрбэр биэрбитиҥ» (89— 170).
Манна ат — көҥүл, социалистическайдыы олох, сайдыы иһин охсуһуу дьоло, революционнай өй-санаа уһуктуутун, ситиитин дьоло. Ити тэҥэ ахсым ат — эдэр саас: «көрдөөх эдэр сааспыт биһиэнэ ахсым ат кэриэтэ ааспыта» (17—279)..
Аллаах аттар — сыллар: «тиэтэй, тиэтэй, түргэтээ дэһэбит сыллары — аллаах аппытын» (98—14).
Ат — ахсынньы-тохсунньу тымныыта (норуот айымньытыгар «тымныы оҕуһа», «тымныы муоһа» диэн баара): «саҥа дьылбыт ата — тымныы, тэлгэһэҕэ аҕылыыр» (55—145); «айаас ат курдук тыбыыран, ахсынньы силлиэнэн тыынар» (79—202).
Хаҥыл ат — сэрии: «сүрэх билэр... сэрии айаас хаҥыл атынан стептэри туоруурбун» (97—42). Кынаттаах аттаах бухатыыр — Советскай Армия: «кынаттаах аттаах бухатыыр курдук, аатыран турдуҥ, модун уохтаах Советскай Армия» (89—409). Образка аты киллэрии аспега улам кэҥээн иһэр уонна саҥаттан саҥа объекка көһөн иһэр. Ону өссө маннык холобурдартан көрүөххэ сөп. Кырдьаҕас, сылайбыт поэт — ырбыт ат: «мин ырбыт аттыы ынчыктыы турабын...» (58—431).
Хоһооннор — соноҕостор, кулуннар: «хоһооннорум — мин улгум соноҕосторум!» (17—453); «хонууга төрөөбүт хоһооннорүм, кулун курдук чэбдик буолуҥ!» (4-241).
Хоһоон табыллыыта — «ат мүҥунан ыстаныыта» (45—282).
Аллитерация, рифма — аттар: «рифманы миҥэлэнэн, аллитерация аттанан... дойдубутун булбуппут» (32— Маны таһынан, трактор — ат: «билэҕизн, трактор аттанан," Маайыстаан дьол туһун ыллыырын?!» (33—72). Автомобиль — аллаах ат: «аллаах аппыт — авто сүүрдэ» (89—471).
Самолет — кынаттаах ат: «күндү ыалдьыттарбыт, айаннаарыгыт көтөр кынаттаах аккытын көмүс ыҥыырынан ыҥыырдаатыгыт» (95—60). ГЭС — кынаттаах ат, уот сиэллээх бухатыыр ат: «кынаттаах аттыы кынтайан, таас дамба, Бүлүүнү саптыҥ, аны көрүөхпүт табыйан, эн ууттан уоту саҕаргын!» (94—168).
Спутник — кулунчук: «кугас кулунчук ийэтин тула күн-түүн иҥэрсийэ сүүрэр үһү?» (47—11).
Аты айааһааһын, миинии — айылҕа күүһүн баһылааһын, туһаныы: «айылҕаны ат оҥостон мииниэҕиҥ, киппэ тэһиини киниэхэ кэтэрдэн!» (89—420). Үөһэ этиллибиттэргэ олоҕуран маннык түмүгу оҥоруохха сөп: Сахалар быдан былыргыттан сылгы сүөһүлэммиттзрэ кинилэр кэпсэтэр тылларыгар, итэҕэллэригэр, үгэстэригэр, ырыаларыгар-тойуктарыгар көстөр. Сылгынан дьүһүннээһин суругунан поэзияҕа эмиэ салҕана турар, аспега кэҥээн иһэр уонна саҥаттан саҥа объекка, көстүүгэ көһөн иһэр эбит.
Ынах. Оҕус.
[уларыт]Ынах. Оҕус. Ынах сүөһү суругунан поэзия дьүһүннээһинигэр салгыы туттулла турар. Кини арыт образка, тэҥнэбилгэ киириитэ уруккуттан уларыйбатын кэриэтэ. «Бииргэ булкуһан улааппыппыт бургунас ынах муоһунуу»; «ынах ханнын саҕа ыар сымара таастары муора баала баллырҕаччы саайталыыр» (4—178, 223).
Ол эрээри суругунан литератураҕа сүөһүнэн дьүһүннээһин фольклортан уларыйыылааҕа үгүс. Эллэйгэ маннык этии баар: «Муустаах муора буурҕаны, силлиэни муус оҕус оҥорон атаарар» (94—147).
Манна поэт, тымныы былыргы мифическэй обраһын туһанан, саҥа обраһы айар. Ити курдук норуот былыргы уус-уран дьүһүннээһиннэрэ мэлдьи уларыйа, сайда, кэҥии тураллар. Холобур, «ыанньыйыы» диэн былыргыттан этиллэр тыл баар («былыт ыанньыйда» — былыт ыаһаата, хойунна, «санаа ыанньыйда» — санаа түмүлүннэ). Ити тылы поэттар айар күүрүүлэрэ киирбитин бэлиэтээн этэргэ образ оҥостоллор: «ыанньыйбыппын тоҕо ыатым» (33—101).
Былыр «мөккүөр бөҕө мөҥүрээтэ» диэн, бэрдэ буоллаҕына, тус туспа биистэр икки ардыларыгар үөдүйэр иирсээннэргэ сыһыаннаан этиллэрэ эбитэ буолуо, ону поэттар общество олоҕор кылаас охсуһуута муҥутуур тыҥаабыт туһааннаах историческай быһыытын-майгытын дьүһүннүүргэ тутталлар. Ойуунускай Кыһыл Ойууна Оруос Баайы (ол аата, батталы) суох гынарга мөккүөрү «мөҥүрэтэр» (38—117).
Ойуунускайга мөккүөрү соҕотох ойуун «мөҥүрэтэр». Оттон Т. Сметанин хоһуйуутугар гитлеровскай талабырдьыттары утары турбут Аҕа дойду Улуу сэриитэ — бу «айдаан бөҕө айаатаабыт алдьархайдаах кэмэ, мөккүөр бөҕө мөҥүрээбит мүһэргэннээх кэмэ» (55—8).
Биитэр «кытарахтаан аһыыр», «оҕус гынан көлүнэр», «мунну үүттүүр, бурҕалдьы кэтэрдэр» диэн этиилэри ылыаҕыҥ. Балар эмиэ суругунан литератураҕа суолталара улаатар, дириҥ ис хоһоонноҥор эбиттэр. А. Е. Кулаковскай империалистическай державалар кыра омуктары харса-хабыра суох көлөһүннүүллэрин, баттыылларын-үктүүллэрин бу курдук образтаан этэр: «оччугуй омук сордоохтору оҕус гынан көлүнээри.., кыраай айыы саҥнаахтары кытарахтаан аһаары кырпатаҕа буолбуттар» (43—116).
Ойуунускай айымньытыгар хамначчыт: баайдарга «кунан оҕус буолан көлүллүбүтүм», — диир (36—78). Эллэй хоһоонугар этиллэринэн, гитлеровскай фашистар Советскай Аҕа дойдуга «мунну үүттүүр, бурҕалдьы кэтэрдэр сыаллаах» сэриинэн саба түһэллэр (89—285). Оттон Т. Сметаниҥҥа маннык дириҥ образтааһын баар:
Хампы барбыт хара бурҕалдьыны
Хаанынан силимнээн хат кэтэрдээри,
Киһи аймах дьэбинэ, аад тыына
Кирээстээх илиитин сүрэхпитигэр уунна.
(55 — 11)
Улуу Октябрь хампарыппыт хараҥа батталын, сордоох-муҥнаах олоҕун, норуот хаанын тоҕон туран, хат эргитэргэ соруммут киһи аймах сайдыытын кэҕиннэрэр фашистскай күүстэр Советскай Союһу эһэр сэриинэн киирбиттэрин поэт бурҕалдьынан дьүһүннээн хоһуйбута ааҕааччыга бэркэ тиийэр. «Оҕус гынан көлүнүү» — айылҕа уорун уҕарытыы. П. Тулааһынап советскай дьон айар-тутар үлэлэринэн тыйыс айылҕаны сымнаталларын «хоту дойду холоругун кунан оҕус гынан көлүннүбүт» (77—44), — диэн дьүһүннүүр.
Норуот айымньытыгар хайалары, олоҥхо бухатыырдарын, олоҥхо дьиэтин, оһоҕун, холумтанын, Кытай Бахсылааны кыстыгын уо. .д. а. атыыр оҕуһунан дьүһүннүүллэрэ. Суругунан поэзияҕа оҕус олох атын предметтэри, чуолаан техника көрүҥнэрин, хоһуйарга туттуллар буолла. Холобур, паровозтар — «модун моойдоох боробуос оҕустар» (43—199).
Техниканы дьүһүннүүргэ муос эмиэ туттуллар. Холобур, булуук тутааҕа — кини муоһа: «эриһэриҥ күнү быһа булуук өһөс муоһунуун» (34—71).
Оҕуруот астарын ньирэйдэргэ холуйуу сүөһүнэн дьүһүннээһин аспегын эмиэ кэҥэтэр:
Кыһын хотоҥҥо хойдубут ньирэйдэр
Саас күөх хонууга мэччийэ бараллар.
Дьиэҕэ сир астара син ол кэриэтэ,
Симсэ үүнэннэр, сыһыыга тахсаллар.
(93—224)
Оҕуһунан, ынаҕынан дьүһүннээһин кэлин өссө элбээн иһэр диэхпитин баҕарабыт. Иван Гоголев «Уу оҕуһун муоһугар суруктар» диэн айымньытыгар итинник дьүһүннээһиннэри бэрт оригинальнайдык туттар эбит. Поэт тыла оҕус быччыҥын күүрүүтүгэр, ынах хараҕын сылааһыгар тэҥнэнэр: «тардыылаах оҕус холун быччыҥын курдук, чыҥкынас чиҥ буоллуннар мин тылларым, саҥа төрөөбүт оҕотун салыы турар бургунас ынах хараҕын курдук, сылаас буоллуннар мин тылларым».
Күөллэр — томуйах харахтара, кырдаллар — ынах сириннэрэ. Урут биһиги литературабытыгар маннык тэҥнээһиннэр бааллара биллибэт: «күөллэрэ томуйах хараҕыныы харааччы одуулууллара», «ыанньыйбыт ынах синньин курдук томтоҕор кырдалга» (13—7, 14, 15).
Ыт.
[уларыт]Ыт. Суругунан литератураҕа даҕаны ыт наар куһаҕаны дьүһүннүүргэ туттуллар. Бандьыыттар — «баай кутуруга хааннаах ыттар!» (24—84). Фашистар — «хааннаах ыттар» (89—322); «киһи аймахха Гитлер ыт саҕа ким баарай кутталы оҥорбут?» (23—207); империалистар — «сэриинэн иирбит ыттар» (84—62). Биир тылынан эттэххэ, рабочай кылаас, советскай норуот өстөөхтөрө бука бары — «ыттар».
Тыа (мас).
[уларыт]Тыа (мас). Эдэр, күөх тыанан (ойуурунан) саҥа советскай көлүөнэ ыччат халыҥ кэккэтэ дьүһүннэнэр.
Умайан охтубут мастары солбуйа Хойуу мас үүнэн, ойуур тыа тилиннэ. Коммуна олоҕун уһанар, хоһуйар Ыччат бэрдинэн Ийэ сир киэргэннэ. (89 — 498)
Үөр таба муоһа — тыал түспүт ойуура: «адаар муос аалыҥныы хамсанан, тыалырар ойууру санатар» (92— 212). Хойуу ыстыык — ойуур: «ыстыыктар, ойуур курдук, салгыҥҥа адаарыһаллар» (65—263). Тыа — муора: «мутукча ойуурум муората тыалтан суугунуу тыаһыыр» (4—251). Тыаҕа ыллык үктээһин — олох олоруу: «дойдум' ха-ра тыатыгар ыллык сыыһын таһаарыым» (45—196).
Киһи сылдьыбатах ойуурун туорааһын — литератураҕа бастаан суол тыырыы. А. Софронов поэт П. Черных туһунан этэр: «эн... ким да туора хаама илик нуудара ойуурун туораан хайҕаттыҥ» (65—115).
Тыытылла илик тыа мастара — поэт айылла илик ырыалара:
Тыытылла илик тыа Лиҥкир хара мастара — Айылла илик ырыам Симик дуорааннара. (34—58)
Тиитинэн, хатыҥынан, талахтарынан дьүһүннээһин суругунан поэзияҕа, аҕыйыахтааҕар, элбиир. Былыргы үгэһинэн хатыҥнар — кыргыттар, тииттэр — уолаттар: «самантан аллараа үҥкүүлээн дыгыйар маҥан туос чуккулаах мааны кыыс — хатыҥ» (92—114).
Ол хатыҥ тиит мастыын сиэттиһэн Эниэни дабайан иһэллэр. Сиһиктэр, талахтар силэллэн, Эҕэрдэлии наскыһан эрэллэр. (25 — 6)
Күһүҥҥү хахыйахтар — «саһархай сараиааннаах кыргыттар» (98—73). Хатыҥнар — кубалар: «тумарык быыһынан кубалар курдук туналыһан көстүбүттэрэ дойдум туус маҥан хатыҥнара» (67—40). «Хатыҥ туоһун сылга иккитэ хастыыллар үһү» диэн «ыраахтааҕы суолун» туһунан таабырыны туһанан, баай дьадаҥыны баттыырын дьүһүннүүллэр: «хатыҥ туоһунуу хастыыллар хамначчыты баай ыаллар» (89— 435). Талахтар, титириктэр, бэрдьигэстэр — оҕолор:
Түү бэргэһэлээх, мааны Оҕолору санатан, Маҥан, намчы баатаны Талах кэтэн наҥнайда. (92—217)
Ийэлэрин кытары киирэннэр Сааскы борокуоту көһүтэр Саллаат оҕолорун кэриэтэ, Бэс титириктэр бэйбэриһэ Тэҥкэ тииттар иннилэригэр Тэҥҥэ үүнэн киирбиттэр. (55—63)
Арыт бэстэр «кыргыттар» буолаллар: «колхоз ходуһатыгар киирэн иһэр кыргыттар курдук, сайбарыспыт бэс мастаах үрүйэ» (2—78). Үүнэн турар маһынан киһи олоҕун, эрэйин-кыһал-ҕатын, санаатын-оноотун көрдөрүү үгүс. Революция ин-нинээҕи саха дьадаҥыта иччитэх кураайы толооҥҥо со-ҕотоҕун үүнэн муҥнанар хахыйахха холуллар. Оттон дьадаҥы тулаайах оҕо, «тааска хатаастан үүммүт бэс-тии», «буурҕа тыаллыын өрө тустар» (92—77, 231). Олох, охсуһуу үөһүгэр олорбут поэт бэйэтин «куруҥ маһынан» дьүһүннэнэр: «Бустум-хаттым, кииллийдим» (4—196), — диир.
Доҕордуулар өр арахсан баран көрсүһүүлэрэ тииттэринэн дьүһүннэнэр: «силлиэ тыал олуһа силэйэ оон-ньообут тииттэрэ, тыал сэллээн, эмиэ дьэ куустуһа тү-һэллэрин курдук, куустуһа түстүлэр» (91 —109).
Сибэкки.
[уларыт]Сибэкки арааһын уус-уран дьүһүннээһиннэргэ кил-лэрии суругунан поэзияҕа олус элбэх. Кыыһы, дьахтар кэрэтин сибэккигэ, ордук ньургуһуҥҥа, сардаанаҕа, ал-тан окко уо. д. а. холуйуу суругунан поэзияҕа үгүс.
Сайын оҕуруокка үлэлии сылдьар колхоз дьоллоох кыргыттарын, нуучча поэзиятыгар үгүстүк көрсүллэр параллелизмы туһанан, маннык этэллэр:
Ол ньургуһун төбөлөрө , Тыалтан хамсаан эрбэттэр, Ол колхоз кыыс оҕолоро Оҕуруокка элбэхтэр. (89 — 37, 155)
Кыыһы сибэккигэ холуйууну сэргэ, төптөрү сибэккини кыыска холуйуу эмиэ үгүс. «Оттон эн, сардаана сарыалтан кыыс курдук кыыһаҕын» (51—391); «тыллыбыт сибэкки тыа саҕатыгар кыбыстыбыт кыыс оҕолуу кытаран турар» (34—85).
Сибэккигэ кыыс оҕо эрэ тэҥнэммэт, Советскай былааска үөскээбит ыччаттар — комсомолецтар, пионердар — бары сибэккилэр: «сэрии сирэлийэр төлөнүттэн саҥа үйэ сибэккилэрэ үүммүппүт» (77—41); «биһиги, сир ийэ сибэккилэрэ, силлиэлээх, сэриилээх үйэҕэ сир үрдүгэр кэлбиппит» (89—32).
Сибэкки — үүнүү, сайдыы, чэлгийии:
Бу охсуһуулаах улуу мөккүер уурайдаҕына, Коммуна олоҕо Хотон-кыайан таҕыстаҕына... Сирэйи-хараҕы сылаанньытар Сытыы-тырым сибэкки, Сири-буору көрдөрбөккө, Сирилэччи үүнэн тахсыаҕа. (36—93)
- Коммунистическай партияҕа туһаайан этиллэр: «симэһин хаанынан устубут сирдэри сибэкки күөҕүнэн тэтэрдэ симээтиҥ!» (89—23). Сибэкки — охсуһуу, сиэртибэ кыайыылаах түмүгэ:
«аалай хааным тохтубута Россия дэхси хонуутугар, кыһыл төлөн сибэкки буолан, кыыһа үүнэр» (55—72). Сибэккинэн симээһин — аатырдыы-суолурдуу: «Ийэ дойду эн ааккын сибэккинэн симиэҕэ» (77—16). Сибэкки — үөрүү-көтүү, өй-санаа сырдааһына, көтөҕүллүүтэ: «үөрүү-көтүү сибэккитэ өйбөр саҥалыы тиллэ түстэ»; «сааскы сыһыы сибэккитэ санаам толоонугар сириэдийдэ» (8—28, 29).
Сибэкки — ырыа-хоһоон, поэзия кэрэтэ: «сибэккилии чэлгийэ тэтэрдинэр... мин таптыыр ырыаларым» (9—167). Ырыа, хоһоон табыллыыта — «ньургуһун тыллыыта» (18—95).
Оттон тостубут, хагдарыйбыт ньургуһун сибэкки — өлүү-сүтүү, кэхтии, «ньургуһун оттуу уҥмутум баара» (89—272). Сибэккиттэн ураты күөх от арааһа дьүһүннээһиҥҥэ киирэрэ эмиэ үгүс. Холобур, ача, кэнчээри — үүнэр, саҥа көлүөнэ ыччат обраһа: «хаантан мууһа ирбит буорга киһи аймах кэнчээритэ үүннүн диэбиппит» (55—11); «көрбүтүҥ эн мин көлүөнэм бастакы ачаларын» (68— 140).
Итини таһынан советскай поэзияҕа сыыс отторунан, эрбэһиннэринэн араас хаалынньаҥнары дьүһүннүүллэр: «эргэ олох эрбэһинэ эстэн сүтэн,иһиэҕэ» (36—93); «биһиги тэлгэһэбитигэр үүммүт сытыган эрбэһин. Суох, тэлгэһэбитигэр буолбатах, тэрилтэбитигэр...» (4—186).
Сибэккилэринэҥ, сыыс отторунан дьүһүннээһиҥҥэ нууччаттан сабыдыал баара биллэр. «Сибэкки (цветки)» диэн нууччаттан киирбит тыл. Нууччаҕа сибэккиттэн төрүттээх дьүһүннээн этии бэрт элбэх (общество процветает; наука, искусство, торговля цветет; лицо цветет; цвести здоровьем; во цвете лет; цвет общества; срывать цветы удовольствия...).
Күөрэгэй, туллук уо. д. а.
[уларыт]Күөрэгэй, туллук уо. д. а. Күөрэгэй, көлүөс, ымыы, татыйык, туллук уо. д. а. чыычаахтар, син-биир фольклорга хоһуйулдарын курдук, күндүттэн күндү киһини — туох-ханнык иннинэ, оҕону, таптыыр кыыһы, дьахтары — дьүһүннээн хоһуйарга үгүстүк туттуллаллар. Уонна күөрэгэй — саас, сайын кэлиитин арахсыспат аргыһа: «көхсү кэҥэтэр, күөрэгэйи ыллатар, күрүлэс куйаастаах күөх сайын» (60—125).
Күөрэгэй таптал, үөрүү, дьол-соргу символа буолар.
«Таптал... чыычаахтыы чугдааран, сүрэҕи талбаардан ааһааччы» (89—162); «эһиги миигин өйдүөххүт сүрэх-тэргит үөрүүтэ күөрэгэйдии ыллыыта» (94—133). Күөрэгэй — көҥүл-босхо санаа: «көҥүл санааҥ көй салгыҥҥа,.. күөрэгэй буолан көтө күөрэйдин» (63—14). Поэт — күөрэгэй, кини ырыата — күөрэгэй тойуга:
Баҕардым — мин тыллаах
Күөрэгэй буолуохпун,
Күннэтэ тапталлаах
Дойдубун туойуохпун.
(89—213)
Поэт — ымыы: «ымыы чыычаах буоламмын, ыллыы-туойа турабын» (8—14).
Поэт ырыалара туллук, татыйык буолан көтөллөр: «мин бастыҥ татыйык ырыабын куорсуннаан көтүтэ иликпин» (17—457); «ырыам тыллара, тырымнаһан, үрүҥ туллук буолан көтүҥ!» (23—118).
Чыычаах түөһүн кырааската — халлаан өҥө: «ымыы аалай түөһүнүү сарыал кыыһа тэтэриитэ...» (34—8).
Табалар — «туундара туллуктара» (89—41).
Сылгылар — туллуктар: Үрүҥ хаардаах сыһыылар. Үрүйэлар, сис тыалар Туллуктара — сылгылар Хаһан аһыы бардылар. (23—119)
Охсуулаах үлэ сүгэтин олуга — «туллуктуу күөрэҥниир» (17—249).
Ааспыт кэм ахтылҕана — үөр туллук:
Таптал, үөрүү тулалыыр
Таалан ааспыт кзмнэрэ
Сэттэ үөрдээх туллуктуу
Сиэттистилэр бу курдуу. (55—49)
Сир аргыстара — «киһи өйүн көмүс чыычаахтара» (67-39).
Дьүһүннээһиҥҥэ хараҥаччы эмиэ киирдэ:
Сахаҕа Октябрь сааһын илдьиттэрэ
Маҥнайгы хараҥаччылар — Ярославскай, Орджоникидзе
Манна маевкалаабыттар. (92—246)
«Маҥнайгы хараҥаччылар» («первые ласточки») — нуучча литературатын сабыдыалынан киирбит этии. Сахаҕа арай «хара дьиэ хараҥаччыта, үрүҥ дьиэ үрүмэччитэ» диэн дьахтары хоһуйан этии баара.
Кэҕэ.
[уларыт]Кэҕэ. Суругунан поэзияҕа кэҕэ, син-биир норуот айымньытыгар курдук, үөрүү, уһуктуу, дьол аргыһа буолар. Саас кэҕэ эттэҕинэ, сир-дойду ордук тупсарга дылы. Күөрэгэй ыллыыр, кэҕэ этэр, сир дойду симэнэр кэмигэр эдэр дьон тапталлара ордук уһуктар: «күммүт күлэр, кэҕэ этэр... Сүөдэр мин сүрэхпин сүүйдэҕин!» (89—101).
Хойуу күөрэгэйдээх, кэҕэлээх, кэрэ айылҕалаах сир ырыаҕа-хоһооҥҥо киирэр. Оттон кэҕэ мөлтөхтүк этэрэ курус санааны көбүтэр:
Тоҕо кэҕэм барахсан,
Ыраах тыаҕа этээхтиигин,
Түүл-бит курдук, санаарҕаан,
Аҕыйахтык «кук-куук!» диигин? (92—248)
Ол эрээри кэҕэ арыт мөлтөҕү хоһуйууга эмиэ туттуллар. Кураанаҕы айдаарар, дьыалаҕа көппө киһини «кэҕэлии чоргуйар», «кэҕэ курдук», — диэн эҕэлээн этии буолар.
Кыталык. Куба.
[уларыт]Кыталык. Куба. Кыталыктар, норуот айымньытыгар буоларын курдук, — кыргыттар: «үс дьүөгэлҥи кыргыттар үс кыталык курдуктар» (73—107).
Эллэй «кыргыттар — кыталыктар» диэни кырдьар сааһы дьүһүннүүргэ туттар. Эдэр саас, таптал, кыталыктар буоланнар, күннээх сиргэ төннүбэккэ көппүттэр, оттон поэт дойдутугар кыһыны (кырдьыыны) көрсө хаалбыт:
Эдэргэр эрэ баар кыргыттар
Кыскыйар тымныылаах кыһынтан
Күннээх сир сыламнаах сылааһар
Күрэммит кыталык курдуктар.
Оттон эн төрөөбүт дойдугар
Хаалбытын. Эн тулаҥ—маҥан хаар.—
Ол буолтун иннигэр, ырыаҕар
Маҥнайгы тапталыҥ мэлдьи баар
(94—106)
Кыталык куолаһа — кэрэттэн кэрэ дорҕоон:
Кырыымпалыыр куоластаах
Кыталыгы санатан,
Нарын, нарын соҕустук
Таарый, таарый хамускун! (4—94)
Олоҥхоҕо сыһыы, толоон киэҥэ кыталык көтүүтүнэн кээмэйдэнэрэ, поэттар эмиэ төрөөбүт дойдулара — туундара — эйгэтэ киэҥин сөҕө, киэн тутта хоһуйаллар: «кыталык, лыглыйа кытыытын булбатах кыраайа» (92 —204).
Сааҕа таптарбыт кыталык — таптал алдьаныыта: «улуу тапталым охтубута оххо таптарбыт кыталык курдук...» (16—61).
Поэттар ырыалара кыталык буолан көтөр, кйнилэр ырыаларыгар «кыталык кыттыһар»: «сүрэхтэн үөскээбит ырыабыт кыталык кыыл буолан кыырайдын» (32 — 195). Поэт өйүгэр үөскүүр саҥа образтар — кыталыктар:
Күһүн ааһар кыталыктар
Ыраах халлаан түгэҕэр,
Сүтэ-сүтэ кыҥкынатар
Саҥаларыныы, сороҕор,
Хоһоону айар санаалар
Сүтэ-сүтэ көстөллөр.
(98—71)
Поэт музата (айар күүрүүтэ) — кыталык: «көстөрүҥ эн кый халлаан кырсыгар кыталык үөрүнүүн» (89— 341).
Арыт поэттар бэйэлэрэ кыталык буолан көтүөхтэрин баҕараллар:
Саймаарар сырдык санаабынан
Сандаарар саһарҕа кынаттанан,
Күн айыы кыталыга буоламмын,
Күндээрэр күөх халлааны кырсынан
Күөрэйэ-кылбайа көттөрбүөн.
(9—221)
Айылҕа көстүүлэрин кыталыкка тэҥнээһин элбэх. Хаар түһэрэ — кыталык үҥкүүлүүрэ: «намыын хаар үҥкүүлүүр кыталык үҥкүүтүн» (16—67). Саҥардыы кырыыта сырдаан эрэр халлаан — «кынтайар кыталык кыыл кынатын таһын курдук, кылбайар» (8—211). 102
Тахсан эрэр күн «көмүс утахтарын кыталыктар кынаттарынан таарыйан лыҥкынаталлар» (98—6).
Техниканы дьүһүннээһиҥҥэ кыталык эмиэ киирэр. Кремль чаһыытын тыаһа — «кыталык куолаһа» (48— 23).
Самолеттар «кыталыктыы көтөллөр» (86—29).
Советскай космическай ракета Ыйга тиийэн «туруйа көтөрдүү дьондос гынна, кыталык кыыллыы кылбайа түстэ» (97—279).
Кыталыкка да тиийбэтэллэр, туруйа, куба, хаас образка элбзхтик киирэр буоллулар. Туруйа кыталыгы кытта сэргэстэһэ туттуллар үгэһэ хаалбат. Олоҥхоҕо, кыталык, туруйа кырыйа көтөн кытыытын булбат кырдалларын туһунан этиллэр буоллаҕына, советскай поэттар биһиги баараҕай колхозтарбыт үлэлэрин-хамнастарын сөҕөн, гиперболическай образ оҥорон, кинилэр «туруйа тула эргийэн кыайан туораан тахсыбат киэҥ бааһынатын тиэрэллэрин» туһунан этиллэр (77— 40).
Туруйа хаһыыта үгүстүк тыл хоһоонугар киирэр. Кини сааскы уһуктууну, ахтылҕаны, арыт курус санааны курулуйар. Дьэ ол иһин: «саас туруйа хаһыытыыр күнүгэр саныаҕыҥ дуо миигин» (23—164); «саас туруйа хаһыыта элбэҕи сүрэхпэр этэр» (11—16), эбэтэр: «тулаайах туруйа курдук чоҥкунуу туойуом буоллаҕа» (55—433),— диэн буолар.
Күн-дьыл ааһара «үөһэнэн субуһар хаастар айманар үөрдэрин курдук» (78—29).
Ордук аныгы транспорт сириэстибэлэрэ үөр хааска холуллаллар. Поезд — үөр хаас субуһара: «хонуу боробуостара, хоҥор хаастар хоҥкунаһан иһэллэрин курдук, холбооһуннара-холбооһуннана холугурастылар» (43—129).
Куорат транспора, үөр хаас курдук «күрүлүү тардыллар» (52—310). Бухтаҕа турар борохуоттар «сото-ру айаҥҥа көтөр субан хаастыы, субуруһа турбуттар» (90—54).
Хааһы образка киллэрии кэлин өссө эбиллэр. Сайыҥҥы саһарҕаны, халлаан сырдааһынын хаас атаҕынан, хаас оҕотунан дьүһүннээһин баар. «Сара хаас атаҕыныы сараадыйан тахсар саһарҕалаах туундара», «уоһугар уоһаҕа куура илик куйукаанныы ап-араҕас саһарҕа тэстэ тыҥ чараас хаҕын» (34—83, 57).
Фольклор айымньыларыгар куба аҕыйахтык киирбит буоллаҕына, суругунан поэзияҕа кини дэлэйдик туттуллар. Итиннэ нуучча литературата сабыдыаллаабыт. Көтөрү-сүүрэри холобурга тутта үөрүйэх саха куба курдук талбаны хайаан туһаммат буолуоҕай? Куба, туох-ханнык иннинэ, — кэрэ кыыс, дьахтар:
Долгуйан хаамаргын
Туналыйар кубам
Тунаарар байҕалым
Удьурдаах баалыгар
Устарыгар уурдум.
(36—198)
Ол ким ойуур быыһыгар
Ойуу-бичвк отугар
Куба курдук устарый?
(89—431)
Куба арыт — күн: «куула ойуур үрдүнэн куба күммүт ойбут».
Куба түүтэ — хаар, арыт туллук: «хаар түһэр куба кыыл түүтүнүү» (89—217, 341); «кыбыыттан, далтан туллуктар, куба түүтүн ыспыттыы, көтөн тырыбынас-тылар».
Куба куорсуна — хатыҥнар. Баал Хабырыыс күһүҥ туһунан бу курдук хоһуйар:
Эн диэтэх эриэккэс оһуордьут
Куба куорсуна хатыҥнары
Көмүс үрүмэнэн таҥыннар! (4—109, 193)
Маҥан ат — «куба маҥан» (65—263). Маҥан балааккалар — «куба курдуктар» (17—35).
Пароходтар «кубалыы усталлар» (89—533), өрүс сааскы муустара «үөр кубалыы үмүөрэллэр» (54—58). Ырыа — «кубалыы дайар»; санаа — «кубалыы халаахтыыр» (1—21; 55—49). Үөрүү — «үрүҥ куба үөрүнүү өрө көтөр» (32—212).
Хотой уонна мохсоҕол.
[уларыт]Хотой уонна мохсоҕол эр санаа, хорсун быһыы, күүс-уох, героизм символларын быһыытынан суругунан поэзияҕа бэрт үгүстук киирдилэр. Хотойго, туох-ханнык иннинэ, киһи аймах улуу сирдьитэ В. И. Ленин холуллар: «Ленин — үрдүк далааһыннаах киҥкил халтааҥ хотойо» (82—25).
Хорсун-хоодуот революционердар, коммунистар, комсомолецтар, кыһыл буойуттар — бары хотойдор, мохсоҕоллор: «буурҕаны ыҥырар мохсоҕол буолан, халлааны кырсынан дайбыттаргын,.. ыраахтааҕылар манна кыйдыыллара» (89—376); «коммунист партия барахсан хотойдуу хоодуот хоһуун оҕолоро» (36—55, 60); «өрүөл-хотой бойобуой комсомол» (32—56).
Кыһыл знамялар суугуннара — хотойдор кынаттарын тыаһа: «өлөрсүүгэ бэлэм өрүөллүү кынаккытынан чэйиҥ, эрэ, суугунааҥ,.. знамялар!» (55—21). Саха норуотун легендарнай геройа Баһылай Манчаары — хотой: «Манчаары саныыра: соҕотох олоҕун, маҥнайгы хотой кыыл буоларын» (82—54).
Летчиктар, самолеттар — хотойдор, мохсоҕоллор, кыр-быйдар:- «күлүбүрээбит өҥнөөх көтөр өксөкү көлөлөнөн...», «мохсоҕол кыыл мосуоннаах, модун көтөр аал-лар» (26—23, 28); «кырбый аалым сырылыыр» (51 — 129). Винтовка тыаһа «хотой кыыллыы чаҥыргыыр» (51 — 129).
Аҕа дойду сэриитигэр фроҥҥа бааһырбыт саллаат — «сатыылаабыт хотой» (55—99).
Норуокка хотойу дьүһүннүүр «хомпоруун» диэн былыргыттан туттуллар эпитеккэ олоҕуран, поэттар арыт бу курдук хоһуйаллар: «мин олоруом хотой курдук: номоҕоннук, хомпорууннук» (20—82).
Ити курдук поэттар тыл араас «кырааскатын оонньотоллор», тылга «тыын угар албастаахтар».
Атын көтөрдөр.
[уларыт]Атын көтөрдөр. Уу, тыа араас көтөрдөрүнэн дьүһүннээһин элбээн иһэр. Хаар «курупааскы үөрүнүү көтүөлүүр» (94—161).
Хабдьы адьас саҥа объегы дьүһүннээһиҥҥэ эмиэ туттуллар. Холобур, яблоня сибэккилэрэ — хабдьылар: «яблоня, үөр хабдьы кэриэтэ, үрүҥ сибэккилэринэн бүрүннэ» (93—225).
Тоҥсоҕой саҥа көстүүлэри дьүһүннээһиҥҥэ эмиэ киирдэ. Сэриигэ «автомат тыаһа тоҥсоҕой курдук торулуур» (72—18). Оттон тоҥсоҕой бэйэтэ телеграфист:
Ханнык да суһал морзист
Ымсыырыаҕын курдук түргэн
Тоҥсоҕой-телеграфист
Тахсар көҥүл эфиргэ. (34—49)
Уу көтөрдөрүнэн дьүһүннээһин эмиэ кэҥиир. Кыргыттар — «хоптолор курдуктар» (7-3—107).
Былыттар — хоптолор: «маҥан хопто былыттао» (4—28).
Ыар санаа-оноо — куһаҕаннаппыт көҕөн:
Төһө өр ол хойомул көҕөннүу
Көхсүбэр ыар сүгэһэр гынаммын,
Илдьэ сылдьабын, өһүллүбэт гүмүктүү
Сымыйа хоп содулун — дьарҕа санааны?
(37-76)
Хаххан, суор куһаҕаны дьүһүннээһиҥҥэ киирэллэр „ Куһаҕан кириитиктэр — хахханнар:
Хаххан күнүс араатардыыр: —
Баар эбит олоҕу хараардыы!..
Сырдыгы көрбөт кириитиктзр
Син эмиэ итинниктэр. (4—334)
Куһаҕаны, өстөөҕү наар суорунан дьүһүннүүллэр.
Саха баайдара, атыыһыттара — «халаахтыып хара суордар» (32-117).
Колониальнай баттал — суор тоҥсуйара:
Эн көөттүҥ: ол өлүү суор тумса
Үс үйэ туоратын тухары
Дьон-норуот сүрэҕин тоҥсуйан,
Тунал хаар кытара сытарын
(88-54)
Империалистар, фашистар, фащист летчиктара — суордар:
Халлаан диэки хайыһыҥ,—
Хара суордар көтөллөр,
Эмиэ хааннаах ыһыаҕы
Тэрийээри көболлөр.
Хараҥа былыт түүҥҥэ
Өлөрө-уора,
Халаатаан өрө көттө
Баай-фашист суора (89-78, 297)
Суордар халаатаһаллара — куһаҕан, өлүүлээх күннэр-дьыллар күөрэйиилэрэ: «сор туолар суостаах күннэрэ, хара суордуу халаатаһан түстүлэр...» (8—149); «түүҥҥү суордуу халаахтаан, түлүк кэмнэр тэйдилэр» (89—203).
Дьиикэй тыа — суор хаһыытыыр тыата: «суор эрэ кыланар суон, күлүк ойуурум» (89—49, 203).
Дьиикэй, түҥкэтэх тыа мастара силлиэ түстэҕинэ «хара суордуу халаатаһаллар» (94—159).
Саха суругунан поэзиятыгар кынат образка туттуллуута элбээтэ. Урут «кынаттаммыт», «кынатын куурдубут» эбэтэр «кыната сарбыллыбыт» диэн этиилэр бааллара. Билигин санаа, таптал, үөрүү, ырыа — барыта «кынаттаах»: «буурҕа-сата кынаттаах модун санаам күүрэн турда», «туойуоҕуҥ, кынатын тэнитэн, салаллан иһэр саас үөрүүтүн» (32—187, 195); «туругуруҥ, ыраас таптал кынатыгар куустарбыттар..!» (9—202); «ыҥырар ырыаны төһө да хаайдаллар, көтөр кынатын төһе да бысталлар, кэм кэлиэ...» (92—225).
Үөскүүр үйэ, сайдыы эмиэ «кынаттаахтар». Кыһыл Ойуун этэр: «мин үөскүүр үйэ кынатабын» (38—129).
Утуйар уу эмиэ «кынаттаах»: «минньигэс уу кыната кинини саппыта...» (92—224).
Силлиэ, тыал — «кынаттаах»: «силлиэ хаар кына-тынан кутаам үрдүгэр сапсынар» (34—93).
Дьон былыр-былыргыттан куорсун үүннэринэн кынаттанан көтүөхтэрин баҕараллара, кынаттаахтарга ымсыыраллара. Кинилэр ол баҕалара туолбат этэ, арай түүн түһээн көтөллөрө, «түһээн көтөр үчүгэй ыра» дииллэрэ. Оттон билигин, социализм үйэтигэр, киһи барыта көй салгыньшан көтөр буолтун ааһан, биһиги санаабыт, баҕабыт, үөрүүбүт, ырыабыт-тойукпут, тапталбыт—барыта «кынаттанан көтөр» буолла. «Кынат» образка киэҥник туттуллуутугар нуучча литературатын үтүө сабыдыала эмиэ баар. Нууччаҕа «окрыленный», «расправлять крылья», «крылатые слова», «опускать крылья» эҥин диэн киһиэхэ, киһи деятельноһыгар сыһыаннаан этиилэр элбэхтэр.
Саһыл уо. д. а.
[уларыт]Саһыл уо. д. а. Кыырыктыйбыт баттаҕы кырымахтаах хара саһылга холуйуу урут фольклорга баара биллибэт. Оттон поэттар этэллэр: «кырымахтаах саһылга маарынныы кырыарбыт ыас хара баттахпыт» (92— 263).
Күн хайа төбөтүн, тииттэри кытардара кыһыл саһыл кутуругар холуллар: «будьуруспут тииттэр уорҕаларын саһыл кутуругунуу уматар»» (89—79); «күн хайа төбө-түгэр саһыл кутуругунуу оонньуур» (77—36).
Буспут сиэмэ саһыл өҥнөөх: «аһын кутан, буһуо, арыы саһыл буолуо» (32—34); «саһыл өҥҥеөх бурдугу кыһыл обуос тиэйиэ» (89—159).
Кырыарбыт хатыҥнар — «кырынаас сонноохтор» (17—135). Таптыыр кыыһы тииҥҥэ холооһун — сонун образ. Кыыс тапталлааҕын көрсө кэлэрэ бу курдук хоһуйуллар:
Тииккэ тахсар
Тииҥим курдук,
Тиэтэй-саарай,
Тиийэн калиий!
(89 — 52)
Эһэ. Бөрө.
[уларыт]Эһэ. Бөрө. Саха баайдара, империалистар, кылаас өстөөхтөрө — «соллоҥноох сур бөрөлөр» (92—206).
Аҕа дойду сэриитигэр гитлеровскай фашистары утары кыргыһыы саҕанааҕы андаҕарга этиллэр: «торҕон бөрөттөн толлон турдахпытына, тутах туттан чугус гыннахпытына, үүнэр ыччаттарбыт үөҕүү гынныннар!» (8—154).
Снаряд, мина «торҕоннообут бөрөлүү улуйбут» (72 -10).
Эһэнэн айылҕа көстүүлэрин дьүһүннээһиннэр бааллар. Холобур, этиҥ, чаҕылҕан — эһэ кыыһыран маһы хайыта тыытара:
Хардаҥ эһэ хатырыктаах маһы
Хайыта-тырыта сынньарын курдук,
Хара былыттар хаба ортолоругар
Хабараан сүллэр "этиҥ дарбыйда. (89—54)
Сэриилэһэр сиргэ түүн буолуута сиэмэх кыыл сыыллан иһэригэр холуллар: «тыҥыраҕын кистэнэн, үөмэн, тыа кыыла иһэринии... хайаларга, кытылларга хаппахтана хараҥарда» (97—57).
Таба уо. д. а.
[уларыт]Таба уо. д. а. Суругунан поэзияҕа таба, чубуку, бүүчээн образка үгүстүк киирэллэр. Уу дохсун_ сүүрүгэ «үөр кыыл табаҕа маарынныыр» (94—166).
Былыттар «үргүбүт бүүчээннии үөрдүһэллэр» (11 -6). Туундараҕа күн-дьыл «үөр таба курдук сырсан ааһар» (79—351). Ыраахтааҕы былааһын саҕана хотугу омуктар «ырыган табалыы сиэлэллэрэ» (92—206). Кэнэн, килбик киһи «туундара үргүүк чубукутун курдук» (23—207).
Поэт ырыалара — тугуттар: «мин тугут ырыаларбын тоҥустардыы маанылааҥ!»
Дьол—тэһии таба: «дьол тэһии табаларын дьон маамыктаан туталлар» (19—83, 143).
Балык.
[уларыт]Балыгы суругунан поэзия дьүһүннээһинэ оҥоруу фольклортан бэрики эбиллибэтэ. Сэбирдэх тэлибириирэ, сүрэх мөхсөрө илимҥэ иҥнибит собоҕо холуллар: «Илимҥэ иҥнибит соболуу илибирии хамсыыр сэбирдэх...»; «илимҥэ иҥнибит соболуу илибирии түстэ сүрэҕим!» (4—155).
Үөннэр-көйүүрдэр.
[уларыт]Үөннэр-көйүүрдэр. Үрүмэччинэн ойуулааһын фольклордааҕар кэҥээтэ. Аны кыргыттар эрэ үрүмэччигэ холуллубаттар, парашют эмиэ — үрүмэччи курдук: «парашют күөх урдүктэн лыах курдук тэлээрдэ» (89— 163).
Кыайыы салютун уоттара — үрүмэччилэр: «салют уоттаах үрүмэччитэ» (84—31).
Бэһиэлэй ырыа — үрүмэччи: «көтүттэрбиэн эн кытылларгар көрдөөх тойук үрүмэччилэрин» (55—94).
Эриэн кыыл, хомурдуос, ооҕуй, сахсырҕа куһаҕаны дьүһүннүүргэ туттуллаллар. Былыргы эрэйдээх, эрийэ-буруйа суол «эриэн кыыллыы эриллэр»; Ийэ дойдуну, партияны таҥнарыы «эриэн үөннүү сыыллар» (84— 52, 79). Өрүс арыт «эриэн кыыл курдук синньии» ус-тар (65—281). Баттал дьадаҥылары эриэн кыыллыы эмэр: «хааннаах хара моҕой кыыл эттээх-хааннаах ик-ки атахтааҕы эриллэ сылдьан эмэн эрэр...» (38—122).
Кулаахтар, тойоттор, бурсуйдар — «кубулҕат моҕойдор» (36—75).
Хааннаах фашистар — моҕойдор: «моҕой фашист сүүһүгэр уордаах сааны эстим» (55—25).
Санаа-оноо, күнүүлээһин — эриэн кыыл эмэрэ: «эриэн кыыл күнүүтэ» (85—268).
Ыраахтааҕы былааһын саҕанааҕы хараҥа, батталлаах олох — «ооҕуй оҕус бадараанныыр өлүү дьэбэрэтэ» (81—7). Баайдар — «ооҕуйдар» (89—129).
Ол эрээри ооҕуй сорох омуктарга сүрдээхтик ытыктанар. Арҕаа Африкаҕа уонна Вьетнамҥа ооҕуйга хайдах сыһыаннаһалларын туһунан инники этэн турабыт. Оттон Хоту Муустаах муора кытыытыгар олохтоох эскимостар ооҕуйга, син биир суорга курдук, сүгүрүйэллэр. Эскимостар ооҕуйу, киһи курдук, «иннигэр илимнээн» аһыыр дииллэр. Бу үөн киһини быыһааччы, араҥаччылааччы буоларын туһунан элбэх остуоруйаларга, номохторго этиллэр (132—89).
Көмүс, тимир уо. д. а.
[уларыт]Көмүс, тимир уо. д. а. Суругунан поэзияҕа даҕаны туох үчүгэй бука барыта «көмүскэ» холуллар. Элбэхтэн сорох холобурдары аҕалтыаҕыҥ.
Күн — көмүс кытыйа, көмүс сымыыт, көмүс куба: «көмүс кытыйалыы ойдо күн» (64—26); «күдэрик уҥуор халлааҥҥа көмүс сымыыт күн ойор» (65—28); «күн көмүс кубалыы долгуйда» (32—106).
Ый эмиэ көмүс диэн эпитеттэнэр: «илин халлаан арҕаһын көмүс ыйым кэрийдэ» (65—64).
Күһүн — көмүс, көмүс атынан көтүтэр: «бу дьогдьоот күһүммүт көмүһүн бүгүҥҥү эдэр саас күллэрдэ» (17—280); «көмүс атынан көтүтэн ааста күлүм-чаҕыл күһүммүт» (70—22).
Күһүҥҥү көтөҕө көмүс: «эн атаҕыҥ анныгар көбүөр — көмүс көтөҕө» (18—99).
-«Көмүс күһүн», «көмүс илии» диэннэргэ нуучча этиилэрэ сабыдыаллаабыт буолуохтарын сөп (золотая осень, золотые руки). Арай олоҥхоҕо Айыы Нуоралдьын «бабыа көмүс ытыстааҕа» хоһооҥҥо киирэрэ. Оттон билигин советскай дьон быйаҥы орҕорор «кыһыл көмүс илиилээхтэр».
Өрүс уута, сүүрүгэ — көмүс. «Лена көмүстүү сүүрүктүүр»; Лена уута айанньыт иннигэр «кыһыл көмүс суол буолан кутуллар» (89—119, 231, 291), кинини «күн оонньуур көмүс далаһата» (76—15) диэн эмиэ ааттыыллар. Үрүччэлэр «сүүрүк көмүс тылынан» ыллыыллар (17 —19). «Үрүҥ көмүс бырдаатынан ыһыахтана оонньуур фонтан» (4—317). Күн сырдыга көмүстээх: «сааскы күн көмүстээх сырдыгын чаҕыла үрдүбэр тоҕунна» (32—62).
Көмүс диэн эпитет сибэккигэ эмиэ туттуллар: «быраһаай, мин күндү Сэргэлээҕим, күөх халлааным, көмүс сибэкким» (95—88).
Поэттар айар музаларын кыната — көмүс:
Биирдэ иэйэр Муза көппүтэ
Сайсары киэҥ тулатынан,
Эргэ хомус тылын тарпыта
Алҕас көмүс кынатынан. (65 — 293)
Күөрэгэй тойуга — «көмүстээх», Кавказ хайаларын төбөтө — «көмүстээх» (32—84, 151). 110
Кремль сулуһа «кыһыл көмүс кыымнарынан кытыастар» (7—193). Бааһынаҕа буспут сиэмэ куоластара көмүһүнэн күлэллэр» (23—107). «Кыһыл көмүстүү помидор кытыастар» (93—224).
Киһи ырыата, санаата, сүрэҕэ — көмүс. Ленин «үтүө сүрэҕэ көмүстээҕэр ыраас этэ» (82—25), — дииллэр. Итини тэҥэ «көмүс көҥүл кэллэ», «оҕо саас көмүстээх күннэрэ», «көмүс күннээх эдэр саас» диэн этиилэр бааллар.
Көмүстэн ураты тимир, алмаас, чөмчүүк уо. д. а. дьүһүннээһиҥҥэ туттуллаллар. Кылаас охсуһуута ерө күүрбүт кэмигэр аан дойду «кытарбыт тимир курдук, кыыһа ыгыстыбыт ньуурданар» (36—92).
Поэт тыла — ыстаал, алмаас. В. Маяковскай «ыстаал, алмаас тыллары кылапаччытан, ытыс муҥунан ылан, ыччат сүрэҕэр ыһыахтыыра» (89—192).
Үлэһит норуот үйэ-саас тухары үрүлүйбүт көлөһүнэ «алмааска кубулуйбутун» лирическэй герой бу курдук этэр:
Мин тоҥ буору тобулу
Түспүт ыар көлөһүнүм
Алмаас таас буолбут.
(12—37)
Арыт кини көлөһүнэ эрэ буолбакка, хараҕын уута кытта холбоһон алмаас буолар:
Тоҥмут-хаппыт сордоох эргэ кэмҥэ
Тохпут икки хараҕыҥ уута,
Иэнинэн сүүрбүт көп көлөһүнэ
Сиргэ иҥэн, алмаас буолбут. (94—154)
Бу этиилэргэ норуот уһун үйэтигэр эрэйдэммит эрэйэ, кыһалҕата, охсуһуута, үлэтэ хаалаи хаалбата образтанар.
Харах уута — чөмчүүк: «Чурумчуку чоҕул хараҕын уута чөмчүүк курдук тохтор» (89—252).
Поэт бастыҥ ырыата — көмүс чөмчүүк: «ыстарбыан эн долгуннаргар ырыа көмүс чөмчүүктэрин» (55—93).
Манна икки хос дьүһүннээһин баар. Поэт бастыҥ, күндү ырыата чөмчүүккэ тэҥнэнэр, оттон ол көннөрү чөмчүүк да буолбатах — «көмүс чөмчүүк», а. э. чулууттан чулуу чөмчүүк.
Б) КЭННИКИ КИИРБИТ ДЬҮҺҮННЭҺИИЛЭР
[уларыт]Буурҕа, этиҥ.
[уларыт]Буурҕа, этиҥ. Былыргы фольклорга силлиэ, холорук, этиҥ тыаһа иэдээн, алдьархай иһэрин, бухатыырдар охсуһууларын биитэр айыы бухатыырын айана күүһүн, түргэнин дьүһүннүүр ньыма буолаллара. Атын ойуулааһыннарга айылҕа ити көстүүлэрэ үгүстүк туттуллубаттара. Ити көстүүлэри араас хоһуйууларга киллэрии ордук улуу Октябрьскай социалистическай революцияттан бэттэх күүһүрдэ.
Буурҕа, этиҥ үксүгэр биир ис хоһоонноох ойуулаа-һыннарга туттуллаллар, сэргэстэһэ сылдьаллар. Улуу Октябрь — аан дойдуга хаһан да буолбатах «силлиэ», «буурҕа», «холорук»: «сир ийэ үрдүнэн силлиэлээх холорук силлиэрэн-боллоорон ытыллан таҕыста» (36— 26).
Октябрь уһук Саха сиригэр эмиэ «буурҕаны», «этиҥи» туруорар: «кыраай муннук дойдуга уордаах этиҥ дарбыйда, уохтаах сата часкыйда». Оттон кылаассабай охсуһуу хабыра ааһан, эйэлээх тутуу кэмэ эргийиитэ саас кэлбитигэр, этиҥ, силлиэ кэнниттэн күн көрбүтүгэр холуллар: «уот буурҕа хонуктар оргуйан аастылар, күндэлэс сырдыктар күлүмнүү тыктылар» (32—16, 25).
Улуу революция күннэригэр төрөөбүт поэттар: «улуу Өктөөп буурҕата биһигини бигээбитэ» (4—129),— дииллэр. «Ханнык да буурҕаттан толлубат коммунист буойуттар буолуохпут» (89—424),— диэн комсомолецтар ыллыыллар.
Коммунист, революционер санаатын күүһэ, дохсуна уот буурҕаҕа холоонноох: «умайар сата-төлөн санаалаах хоодуот хорсун коммунистар». Революционер поэт ырыата-тойуга — «умайар буурҕа» (36—92, 176). Коммунистар «буурҕалаах ырыалара доргуйар», кинилэр «холоруктаах уот-буурҕа хоһоонноругар коммуна олоҕун чугдаарда туойаллар» (36—66, 79). Октябрь уһулуччулаах поэта В. В. Маяковскай «сибигинэйбитэ — силлиэ буолан сирилиир» (89—194).
Революция музыката «буурҕалыы куугунуур» (36— 45). Революционнай күүһү түмүнүү бырааһынньыга, параада «этиҥнии дарбыйар» (36—52). Саҥа олох тутуута, Стахановтыы үлэ «этиҥнии лиҥкиниир» (36— 45). Ыччаттар, комсомолецтар — «уот силлиэлэр», эргэни эһэргэ «этиҥнии сааллаллар» (32—44).
Капитализм дойдуларыгар буолар кылаас охсуһуута, революция — этиҥ, силлиэ: «Арҕааҥы бырааттар! Быыһаныы этиҥин хаппытаал халлааныҥ оройугар этитиҥ!»
Силлиэнэн, буурҕанан кырдьык, көҥүл иһин охсуһуу, революция эрэ ойууламмат, империалистар талыыр-халыыр сэриилэрэ, реакционнай күүстэр дьайыылара эмиэ көрдөрүллэр:
- Арҕааттан анысхан тыал үрэр...
- Үрүҥ күммүтүн өлбөөрдө.
- Өһөхтөөх өһүнзн өһүрэн
- Өстөөх биһиэхэ өргөйдө.
(89—152, 286) Биһиги суругунан поэзиябытыгар — айылҕа атын көстүүлэрин сэргэ — тыалы, чаҕылҕаны тыыннааҕы - сытыы, лирическэй образ оҥоруу бэрт үгүс. Тыал — күндү, истиҥ доҕор, таптыыр сүрэх аргыһа:
- Өйдүүбүн сайыҥҥы күөх түүнү,
- Сэбирдэх уһуктан эрэрин,
- Тыаһа суох сиккиэр тыал түннүгү
- Сэрэнэн сэгэтэн киирэрин...
- Тыал миигин күүлэбэр күүтэрэ... (77 — 18)
Тыал арыт мэниктиир: «мэник оҕолуу көрсөн, тыал мин түөспэр кэтиллэр» (4—285). Кыһын туундара тымныы тыалын балаһата, абааһылар курдук «бэригилдьиһзллэр», киһиэхэ моһуолу оҥороллор (90—52). Оттон революция иннинээҕи хараҥа, батталлаах үйэ киһитин кулгааҕар тыал тыаһа арыт өосө ынырыктанан иһиллэр: «кыһыҥҥы кыскыйар тыал кыланар кыыдаана, кырыыр курдук, улуйан барара» (8—257).
Муора, өрүс, долгун, сүүрүк.
[уларыт]Муора, өрүс, долгун, сүүрүк. Норуот айымньытыгар муора, долгун, сүүрүк дьүһүннээһиҥҥэ аҕыйахтык кытталдара. Оттон суругунан поэзияҕа, ордук Улуу Октябрьскай социалистическай революцияттан бэттэх буурҕаны, этиҥи, чаҕылҕаны кытта уу эйгзтэ дьүһүннээһиҥҥэ бэрт үгүстүк уонна араас өрүттээхтик туттуллар буолла. Норуот олоҕор тахсар революционнай уларыйыы, хамсааһын, тосту өҕүллүү, тэтимнээх сайдыы - барыта саха советскай поэзиятыгар муора долгуна түллүүтүнэн, өрүс сүүрүгүнэн образтанар.
Батталы утары өрө турбут норуот — муора долгуна, баала: «муора баалын курдук күүрэн, модун норуот өрө турда» (83—8).
Хамначчыт өрө туруута — «халыйар сүүрүк күүһэ». Советскай былаас кыайан, биирдии ыаллар «сааскы уу дьырылыы сүүрэн, түмсэрин курдук» көхтөөхтүк, колхозка киирэллэр (89—26, 84). Россия — «сир модун өрүһэ», саха норуота — Ол өрүскэ кыттар «өҥ үрэх» (90—37).
Дьоллоох советскай олох — «өҥ үрэхтии устар», кини ханнык да хаарчахтан иҥнибэккэ иннин диэки дьулусханнык сайдыыта саас хоту дойду өрүһэ эстэригэр холоонноох. Оттон хараҥа, батталлаах үйэтээҕи олоҕу арыт змиэ өрүс уутунан дьүһүннүүллэр буолан баран, ол үөрэ-көтө, өрегөйдүү устар уу буолбатах,— «таас хапчааҥҥа ыгыллан, ытыы устар уу» (89—540).
Норуот олоҕун саамай ыарахан күннэригэр үөскүүр санаа-оноо, харах уута элбэҕэ муораҕа тэҥнэһэр.
- Дойдугун, бар-дьоҥҥун, оҕоҕун
- Эн, ытыы олорон, саныырыҥ,
- Оччоҕо күүс ылан туорууруҥ
- Ол дириҥ кутурҕан.муоратын.
- (92—203)
Киһи обществотын олоҕо — муора, оттон ол муора «хаан хадьааһыннаах өлүү долгунунан. өрүтэ үллэҥниирэ» — аан дойду иккис сэриитэ (55—7).
Оттон советскай олох, үүнүү-сайдыы кэмэ — «эппэҥнии мэҥийбит оргуйар-долгуйар муора» (32—59). Ленин партията, Кыһыл Армия күүһэ-күдэҕэ «балкыырдаах байҕал баалланарын курдук» (36—42).
Революция ыччата, Ленин комсомола — «оргуйар-долгун», «чобоо долгун». Ленин үһүс сүһүөхтэрэ — эдэр пионердар «долгун курдук куугунууллар, сүүрүк кур-дук чарылыыллар» (89—23, 35, 65). Уопсайынан даҕаны айар-тутар советскай киһи олоҕо эрчимнээх сүүрүк курдук: «олоҕум түргэн сүүрүгэр оҕо саас имэ кэйэр» (23—161).
Норуот көҥүлүн иһин охсуһар чулуу дьоннор, геройдар өйдөрө, сүрэхтэрэ муоралыы долгуйар. «Дьоллоох коммунизм туругурарын туһугар, долгун курдук, дохсун буолуҥ!» — диэн поэт норуотун ыҥырар, кини сүрэҕэ түөһүгэр «тыалырбыт Лена баалыныы күүрэр» (89—20, 561). Тапталлааҕын көрбүт сүрэх, «муора курдук, эппэҥнии, долгуйа бааллырар» (92—264).
Муораны, долгуну, сүүрүгү образка киллэрии аспега улам элбээн иһэр. Билиҥҥи кэмҥэ эйэ туһугар охсуһааччылар халыҥ армиялара океан курдук баараҕай, ол иһин этэллэр: «эйэ океанын биир таммаҕа, мин» (45—121), — диэн.
Ыччат, комсомолецтар ырыалара «күүстээх сүүрүк тыаһыныы» иһиллэр, кинилэр бойобуой тойуктара «сааскы күүс сүүрүктүу кутуллар» (89—422, 423). Урут «кыһыл тыл байҕалы оломнуур» диэн буоллаҕына, билигин поэттар «тыл далай уутугар тыыланан усталлар» (4—140); кинилэр ырыалара — «сырдык үрүччэ» (32— 355), «өҥ үрэх уутунуу аллар», «көмүөлүн күөрэлиир көй күүстээх сүүрүккэ маарынныыр» (89—427). Кинилэр «туойар муоралара» — комсомол (89—72). Поэт айар ырыата, төрөөбүт Ленатын уутун курдук, бар-дьон «сүрэҕин сөруүкэтиэн», өрүс долгуннарын курдук, күүстээх-уохтаах буолуон баҕарар (55—94).
Коммунистар, саҥа олоҕу тутар советскай дьон охсуулаах үлэлэрэ муоралыы, долгуннуу «куугунуур», «барылыыр» (36—71).
Колхозтаахтар бурдуктара, отторо «күөх муоралыы, буолактарга долгуйар», кинилэр молотилкаҕа астыыр өлгөм сиэмэлэрэ «дьоллоох олох көҥүһэ» буолан сүүрүгүрэр (89— 159). Советскай куорат көй элбэх электричествотын уота эмиэ муораҕа холоонноох: «эмискэ сандааран көһүннэ аллара электро муората» (32—250).
Долгуну, сүурүгү, муораны араастаан тыыннааҕымсытан хоһуйуу фольклор айымньыларыгар суох этэ. Манна биһиги литературабыт айылҕаны кытта ыкса сибээстээҕэ, төрөөбүт айылҕа кэрэтин умсугуйуу, таптааһын, кини эҥин көстүүлэригэр киһи санаатын ис эгэлгэ оонньооһуннара тыктарыллан көстөллөр.
Сарсыарда:
- Лена ыраас уутугар
- Эрдэ турбут долгуттар
- Сөтүөлүү, умсаахтыы
- Сүүрэ көтө сырыттылар.
(55—102)
Муора сайуҥҥы туманнаах сарсыардата саҥардыы уһуктубут кырасаабыссаҕа холуйуллар:
- Оронугар уһуктан баран,
- Таалалаан сытар талба кыыстьы,
- Муора, туман суорҕанын аһан,
- Аргыый хамсыыр, арылла
- сырдыыр.
(4—221)
Сулус. Кустук. Дьүкээбил уота уо. д. а.
[уларыт]Сулус. Кустук. Дьүкээбил уота уо. д. а. Былыргы фольклор айымньыларыгар сулус, кустук уус-уран дьүһүннээһиҥҥэ бэрт аҕыйахтык киирбиттэрэ. Сулус фольклор дьүһуннээһиннэригэр үксүгэр манныктарга туттуллара: олоҥхо, остуоруйа персонажтарын айаннара түргэҕин образтаан этэргэ («сындыыс сулус сүүрүүтүн курдук «сур» гынан хаалла»), харах сытыытын көрдөрөргө («хатааһын чолбонун курдук харахтаах») уонна элбэҕи бэлиэтээн этэргэ («халлаан сулуһун курдук элбэх»).
Советскай поэзияҕа сулус образка киириитэ быдан элбээтэ уонна туттуллар аспега кэҥээтэ. Олоххо туох ыҥырар, сырдыыр, умсугутар барыта сулуһунан образтанар.
Дьол, баҕа санаа — сулус: «дьол чолбон сулуһа чоҕулус гыныаҕа!» (89—51), «ырабыт сырдык сулуһа аны да күлүмнүү турдун» (32—336). Советскай Союз — «көҥүл, дьол сулуһа» (89—222).
Москва куорат «көй сулуһа күлүмнүүр» (92—214). Революционер, ленинец «сүүрэр уот сулустуу сырдатар», эдэр пионер — «эдэр сулус» (89—71, 113).
Сиргэ үөскээбит үтүө дьоннор бары —- сулустар, оттон эн — кинилэртэн биирдэстэрэҕин: «сир ийэ — киһи халлаана, онно эн биир сулускун» (16—6).
Поэт албан аата, ырыалара — сулустар. Маяковскай албан аата: «аан дойду поэзиятын халлааныгар аралдьыйбат сулус буолан аралыйда» (89—197).
Түүҥҥү куорат электрическэй уоттара — «сиргэ түспүт сулустар» (23—94).
Сулустары бэйэлэрин араастаан хоһуйуулар эмиэ бааллар. Холобур, Чолбон — «халлаан чэлгиэн тэлгэһэтин кыһыл көмүс сэргэтэ» (13—16). Оттон хотугу булчут көрүүтүгэр сулустар субу сарт түһүөххэ айылаах «көлөһүн таммахтарыгар маарынныыллар» 34— 31).
Кустук фольклор дьүһүннээһинигэр киириитэ эмиэ сэдэх этэ. Мааны дьон солко курдара — «кустук курдук» (52—231). Олоҥхоҕо айыы бухатыырын ата «кустук курдук курбуу-дьирбии холуннаах» (39—170).
Кустук суругунан литература образтааһыннарыгар араастаан киирэр буолла. Кини, туох-ханнык иннинэ, дьахтар кэрэтин хоһуйууга туттуллар. Кыраһыабай кыыс «хаанын ырааһа халлаан кустугар, ханыылыы» көстөр (43—99). Дьахтар кэрэ суһуоҕа эмиэ кустукка ханыыланар:
- Субуруйар эрэ суһуоххун
- Халлааным эрэ кустугар
- Ханыылыы эрэ саныыбын
(58—266)
Кыраһыабай дьахтар оҥостон, доҕорун көһүтэн олорор бэйэтэ бүтүннүү — кустук:
- Субуруйар долгун
- Суһуоххун тараанан,
- Күлүмнүү-мичиҥнии
- Күүтэн олороргун
- Курбуулаах арылык
- Кустукка холуйдум.
(36—198)
Сибэккилээх хонуу устун долгуһуйа хааман иһэр кэрэ кыыс — «кустук дьэрэкээнин курдук» (51—339). 117"
Кустук абстрактнай өйдөбүллэри дьүһүннүүргэ эмиэ туттуллар. Холобур, герой өлбөт-сүппэт албан аата — «кустуктуу умайар» (33—144). Советскай норуот культураҕа ситиһиилэрэ — кустуктар: «хотугу халлаан саҕаҕар культура кустуктарын түһэриэҕиҥ!» (23—69). Ырыа кэрэтэ, үчүгэйэ эмиэ кустуктаах: «кустуктаах ырыалар кубалыы дайдылар» (1—21).
Дьүкээбил уота фольклор образтааһыныгар дэлэйдик туттуллубат эбит буоллаҕына, суругунан поэзияҕа кини арыт суһуох толбоно, арыт былаат уо. д. а. буолуталыыр. Нуучча кыыһын кугас баттаҕар дьүкээбил уота оонньуур: «дьүкээбил уоттара кыыһаллар эн көмүс араҕас баттаххар» (89—300). Лена өрүс «дьүкээбил төлөнө былааттаах» эдьиий дьахтар дьүһүннэнэр (88—52).
Ардах фольклорга уус-уран тэҥнэбил быһыытынан туттуллубутун билбэппит, оттон суругунан поэзия дьүһүннээһинэ буолбут холобура элбэх. Ардах — сэрии, сэрии буулдьата: «ытаама, ийэкээниэм, ытаама, арҕааттан таҕыста уот ардах» (79—156). Аплодисмент тыаһа — ардах тыаһа: «аплодисмент астыбат ардаҕа табыгырыы тыаһыыра» (89—192). Поэт айар үлэтэ — ардах: «ньүөл былыттыы ардыаҕым күөхпүн — ырыабын үүннэрэ» (34—30).
Ардаҕы айылҕаны тыыннааҕымсытыыга уонна атын көстүүлэргэ сыһыаннаан киэргэтэн хоһуйуулар бааллар. Күһүҥҥү ардах — халлаан ытыыра:
- Халлаан хара былытын
- Халҕаһалаан аҕалар,
- Хагдарыйар айылҕа
- Хаарыан күөҕүн аһыйар
- Харах уута ардаҕын
- Харса суохтук халытар...
(94—91)
Сааскы ардах таммахтара— этигэн устурууналар:
- Уулаах хара былыттан
- Унаар күөх хочоҕо тиийэ
- Сайаҕас — сайдам
- Сааскы өгарөн ардах
- Күлүмүрдэс
- Күөх устурууналарын тардар.
(34—65)