Сахам сирэ, ахтабын эйигин (Алексей Суола)
Тас көрүҥэ
Сахам сирэ, ахтабын эйигин
Сайыҥҥы үүт-тураан
Сырылас куйаастаах күннэргин.
Кыhынын түптэлэс тымныылаах
Аам-дьаам туман тыыннаах
Ыйдаҥалаах түүннэргин.
Ибир-сабыр ардахтаах
Күhүҥҥү им-балай хараҥа
Нуhараҥ силбик түүннэргин.
Сааскы сибиэhэй сөрүүн салгыннаах
Күлүмүрдүү-күлүмнүү мичээрэр күннээх
Күөрэгэй ырыалаах күннэргин