Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. Киирии (Копырин Н.З.)
←Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара | Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара (Киирии) Копырин Николай Захарович |
Аан дойду географическай эйгэтэ...→ |
Өссө ааспыт үйэҕэ литературалары тэҥнээн үөрэтии методын уһулуччулаах представителэ А. Н. Веселовскай араас омуктар искусстволарын ойуулуур ньымалара тус-туспа буолалларын бэлиэтээн турар (109—75, 210). Ол гынан баран уус-уран дьүһүннээһиннэри ордук тэҥ-нээн көрүү методын туттан чинчийии билигин да ыраа-ҕынан ситэтэ суохтук ыытыллар.
Бөдөҥ советскай индолог академик А. П. Баранников «Индия поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара» диэн үлэтэ 1947 сыллаахха бэчээттэммитэ. Бу үлэтигэр кини' Индия төрүт олохтоохторо (индустар) бэрт былыргыттан үөскээн кэлбит ураты характердаах поэтическай дьүһүннээһиннэрин Индияҕа олорор мусульманнар уон-на Европа норуоттарын литератураларын кытта кэрэх-сэбиллээхтик тэҥнэтэлээн көрбүтэ.
Чинчийээччи Индия поэзяята төрөөбүт айылҕатын, сирин-дойдутун кытта ыкса сибээстээҕин балиэтиир. Онно образка ханан эмэнэн кыттыбатах биир да олох-тоох үүнээйи, кыыл, хайа, өрүс уо. д. а. суох. Ол оннугар ханнык да поэтическай дьүһүннээһин, образ урукку өттүгэр тастан киирбэтэх. Индия поэзиятын биир ура-тыта ити буолар эбит.
Өскө Индия поэзията бэйэтин ис эйгэтинэн муҥурдаммыт эбит буоллаҕына, Европа поэзиятыгар күннээ-ҕи олоххо суох үүнээйилэр, кыыллар (холобур, тигр, ха-хай, эбисийээнэ, слон, лиана уо. д. а.) дьүһүннээһиннэргэ элбэхтик кытталлар. Европа литератураларыгар тастан киирбит, интернациональнай характердаах диэххэ сөп, дьүһүннээһиннэр элбэхтэр уонна ордук чаҕылхайдар. Ол оннугар сорох «олохтоох» кыыллар,холобур, сибиинньэ, ынах, бараан, куурусса, тураах уо. д. а., мөлтөҕү дьүһүннүүргэ, үөхсүү тылыгар киирэллэр. Оттон Индияҕа тыһыьшчаттан тахса сыл устатыгар олохсуйан олорор мусульманнар, кинилэр быдан үгүс-тэрэ ислам итэҕэлигэр көспүт хиндилэр буолалларын үрдүнэн, бэйэлэрин поэтическай дьүһүннээһиннэригэр Индия айылҕатын, литературатын үгэстэрин букатын киллэрбэттэрин дьиибэргиэххэ сөп.
Урду поэта, урду литературатын чинчийбит профес-сор Азат бу курдук суруйар: «Урду аал-луук маһа (ол аата Индия мусульманнарын литературнай тыла), санс-крит уонна хинди кырыһыгар үүнэн баран, аҥардас Персия тылын салгыныгар силигилээбитэ. Ити түмүгэр хинди уонна урду икки ардылара халлаан сиртэн ыраа-ҕын курдук буолбута» (104—51). Урду литературата Кришна, Рама курдук Индия былыргы эпоһын геройда-рын оннуларыгар Рустем, Исфандияр, Сикандар курдук Персия литературатын геройдарын образтарын киллэ-рэр. Индияҕа ыллаабат соловейынан, урду тылынан ааҕааччылар уонна айааччылар хаһан да харахтааба-тах розаларынан, нарцисотарынан, кипаристарынан, фиалкаларынан дьүһүннүүр эбит.
Тэҥнээн көрөр метод «поэтика сорох өрүттэрин олох да таарыйа илик. Поэтическай дьүһүннүүр ньымалары үөрэтиигэ кини букатын кэриэтэ туһанылла илик, оттон дьиҥинэн буоллаҕына образтааһыны тэҥнээн үөрэтии бэрт баай түмүктэри биэрэр кыахтаах» (104—62),— диир А. П. Баранников. Кини литературалар (ордук Арҕааҥылар уонна Илиҥҥилэр) национальнай дьүһүн-нээһиннэригэр бэлэмэ суох ааҕааччы сатаан өйдөөбөт бэрт улахан уратылаһыылара арыт баар буолалларын бэлиэтиир, тус-туспа историялаах, традициялаах но-руоттар бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөллөрүгэр, бэйэ-бэйэлэри-гэр чугасаһалларыгар литература уус-уран, дьүһүннээ-һин курдук уустук боппуруоетарын иҥэн-тоҥон көрөр суолталааҕын ыйар.
Г. Д. Гачев «Аан дойду национальнай дьүһүнүн туһунан» диэн 1967 сыллаахха «Азия уонна Африка норуоттара» диэн сурунаалга таһаартарбыт ыстатыйатыгар норуоттар эстетическэй көрүүлэрин киргизтэр ойуулааһыннарыгар олоҕуран ырытар. Кини «национальнай ураты үөскээбит төрдүн ырытарга быдан былыргыга, норуоттар доисторическай эпохаларыгар өтөн киириэххэ наада» диир, «аан дойдуну национальнай хараҕынан көрүүнү чинчийэргэ уус-уран айымньы ураты кыаҕы биэрэрин» ыйар (112—79, 81).
Нуучча реализмын поэтикатын үөрэтээччи Г. М. Фридлендер, ити Г. Д. Гачев ыстатыйатыгар сигэнэн туран, «кэнники кэмҥэ биһиги литературабыт үөрэҕэ» «аан дойду национальнай образтарын» ырытар саҥа наадалаах проблеманы күннээҕи боппуруос быһыыты-нан туруорда» диэн суруйар итиэннэ бу саҥа проблема, тылынан уонна суругунан поэзияны таһынан, проза поэ-тикатын үөрэтэргэ эмиэ көдьүүстээҕин ыйар (148—139).
«Литератураҕа национальнай образтааһыны үөрэтии туһунан» Л. С. Кишкин (1968 сыллааҕы) ыстатыйаты-гар национальнай дьүһүннүүр өй уратытыгар, ол лите-ратураҕа хайдах тыктарылларыгар болҕомто ууруллар. Кини проблеманы киэҥник ылар, нуучча, чех, словак уо. д. а. литератураларын образтааһыннарын тэҥнэтэ-лээн көрөр. «Национальнай образтааһыны литература күттүөннээх ураты бэлиэлэриттэн биирдэстэрин курдук көрүү ордук аан дойду литературнай сайдыытыгар но-руоттар икки ардыларынааҕы сибээстэһии закономерно-һын, характерын уонна суолтатын арыйан таһаарарга, биһиги санаабытыгар, методическай да өттүнэн кэскил-лээх. Бу ньыма көмөтүнэн биһиги чинчийэр предмеп-питин саҥа позицияттан көрөр кыахтаахпыт (120— 177)»,— диир Кишкин уонна бу боппуруос уустугун, эл-бэх чинчийээччи болҕомтотун эрэйэрин, маны бары өттүнэн научнайдык быһаарыы барыбыт иннибитигэр турарын өйдөтөр.
1974 сыллаахха, тохсунньуга критиктэр бүтүн Союз*-тааҕы сүбэ мунньахтарыгар А. М. Горькай аатынан Аан дойду литературатын институтун директора Б. Л. Сучков «Социалистическай реализм теорията уонна литература билиҥҥи процеһа» диэн дакылаатыгар «реа-листическай ойуулааһыны» чинчийии боппуруостарыгар эмиэ бэрт улахан суолта бэриллибитэ. «Билигин социа-листическай реализм теориятын биир саамай дьоһун-наах проблематынан реалистическай дьүһүннээһин кыахтарын чинчийии боппуруоһа буолар»,—• диэн дакы-лаакка бэлиэтэммитэ. Б. Л. Сучков этэринэн, «уус-уран дьүһүннээһин диалектичнайа мэлдьи олох бэйэтин диа-лектикатын көрдөрөрүн быһыытынан, хоһуйан этии формаларын, дьүһүннээһин формаларын уус-уран арааһа саамай кылаабынай боппуруос буолар» (144). Онон билиҥҥи кэмҥэ литература образтыыр, дьү-һүннүүр ньымаларын үөрэтии суолтата улаатта. Бу, биир өттүнэн, литературалары тэҥнээн үөрэтэргэ, ки-нилэр уратылаһыыларын, хардарыта сибээстэһиилэрин, сабыдыаллаһыыларын уонна чугасаһыыларын арыйарга, иккис өттүнэн, норуоттар эстетичёскэй көрүүлэрин, психологияларын, өйдөрүн-санааларын характерын, олор хайдах уларыйан, байан иһиилэрин уо. д. а. би-лэргэ көмөлөөх.
Биһиги бу үлэбитигэр саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымаларын, олор уларыйыыларын-тэлэрийиилэрин, сайдан иһиилэрин хайан көрөргө холонобут. Литература уус-уран ойуулуур-дьүһүннүүр ньымата — киэҥ киэли-лээх тема, онтон биһиги сыччах биир боппуруоһу, чуо-лаан тулалаан турар эйгэ, төрөөбүт • айылҕа, климат, норуот үйэлэргэ муспут үгэһэ, абыычайа, дьарыга уус-уран дьүһүннээһиҥҥэ хайдах киирэрин ылабыт.
Национальнай дьүһүннээһини үөрэтэргэ норуот ис-ториятын, олоҕун-дьаһаҕын, тылын-өһүн, эстетическэй үгэстэрин уо. д. а. көрдөрөр элбэх чахчы хайаан да наа-да. Онон үлэҕэ этнографическай уонна лингвистическэй матырыйаал ту,һаныллара омнуоланыа суохтаах. Үлэ бастакы главатыгар аан дойду тус-туспа литера-тураларын дьүһүннээһиннэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн ураты-лаһар холобурдарын, олор хайдах норуот олоҕуттан, үөскээбит айылҕаттан силистэммиттэрин көрдөрөбүт. Бу саха поэзиятын' дьүһүннээһиннэрин үөрэтэргэ кии-рии глава ааҕааччы национальнай ойуулааһыннар хай-дах үөскүүллэрин уонна хайдах уратылаһалларын өйдүүрүгэр көмөлөһүөн сөп.
Бастакы главаттан уратыларга саха поэзиятын дьү-һүннээһиннэрэ көрүллэллэр. Иккис главаҕа ордук бэ-лиэ саха былыргы төрүт (фольклорнай) дьүһүннээһин-нэрэ тус-туспа объектарынан аттарыллан бэриллэллэр. Манна сурукка киирбит олоҥхолор, ырыалар, өс хо-һоонноро уо. д. а. сүрүн матырыйаал буолаллар. Олорго саха төрүт эстетическэй көрүүлэрэ, образтыыр ньыма-лара арыллаллар. Фольклор образтааһыннарын көрдө рөр сорох холобурдарга А. Е. Кулаковскай ырыалары-гар П. А. Оиуунускай, Д. К. Сивцев Суорун Омоллоон В. М. Новиков-Күннүк Уурастыырап олоҥхолоругар уларыйбакка кииртэлээбит норуот хоһуйар үгэстэрин эмиэ туһанныбыт.
Суругунан поэзия дьүһүннээһиннэрин туһунан үһүс глава икки салаалаах: былыргыттан баар объектар су-ругунан поэзия дьүһүннээһиннэригэр туттуллуулара кэ-ҥээһинэ, уларыйыылара-тэлэрийиилэрэ уонна урут фольклорга аанньа туһаныллыбатах «олохтоох» объектар суругунан поэзия дьүһүннээһиннэригэр кыттыыла-ра. Манна суругунан поэзия төрөөбүт фольклору кытта уустук эстетическэй сибээстээҕэ, национальнай поэзия дьүһүннээһинин сайдыытыгар нуучча литературатын үтүө сабыдыала сырдатыллаллар. Саха поэзиятын дьүһүннээһиннэрин уратылара үлэҕэ бүтүннүүтүгэр көрдөрүллэллэр буолан баран, дьон кэбэҕэстик өйдөөбөт, анал быһаарыылары эрэйэр сорох төрүт уратылар тустарынан туспа главаны суруйары наадалааҕынан ааҕабыт.
«Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымаларын сайдыыта» диэн тиһэх глава иккис, үһүс, төрдүс главаларга туох этиллибитин түмүктүүр соруктаах. Быдан былыргыттан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри дьүһүннээһин хайдах ула-рыйан-тэлэрийэн, байан, сайдан испитин кылгастык түмэн көрөргө холонобут. Саха поэзиятын дьүһүннээһинэ сайдыытыгар нуучча литературатын, культуратын, Улуу Октябрьскай социалистическай революция үрдүк-үтүө сабыдыалларын көрдөрүүгэ улахан болҕомто ууруллар.
Тиһэҕэр кылгас уопсай түмүк уонна туһаныллыбыт литература испииһэгэ бэриллэр.