Иһинээҕитигэр көс

Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. Кэнники киирбит дьүһүннээһиннэр (Копырин Н.З.)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кэнники киирбит дьүһүннээһиннэр

[уларыт]

Биһиэхэ урут фольклорга туһаныллыбатах биитэр кыратык туһаныллыбыт объектар суругунан поэзия дьүһүннээһинигэр киириилэрэ революцияны, кылаас ох-суһуута тыҥааһынын, саҥа олоҕу тутууну кытта сибээс-тэзх. Улуу тосту өҕүллүү — Советскай былаас, социа-лизм иһин охсуһуу — сылларыгар слха литератураты-гар нуучча революционнай литературатын (ол иһигэр кини образтааһыннарын) сабыдыала ойуччу күүһүр-бүтэ.

Ити сабыдыал ис сибээһэ суох, туораттан ойо ыс-танан киирии буолбатах. Саха тылыгар, фольклоругар саҥа дьүһүннээһиннэри хорсуннук үөскэтиэххэ сөптөөх база өрүү баара, ону улахан литература сабыдыалынан сатаан туһаныахха наада этэ. Биһиги манна советскай былаас кэмигэр араас дьүһүннээһиннэргэ сытайан ту-ран киирбит «буурҕа», «этиҥ», «долгун», «сүүрүк» уо. д. а. урут аанньа туһаныллыбатах «олохтоох» объектар тустарынан этэбит.