Иһинээҕитигэр көс

Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. Сылгы (Копырин Н.З.)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Былыт. Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Иккис глава)
Копырин Николай Захарович
Ынах. Оҕус.


Сылгы. Кыылга, сүөһүгэ сүгүрүйүү, таҥара оҥостуу бэрт былыр биис уустарынан олоруу саҕана киэҥник тарҕаммыта биллэр. Былыргы сүөһү иитээччилэр бэйэлэрин иитимньилэрин төрдө буолбут ынахха уонна сылгыга сүгүрүйэллэрэ. Ол иһин улууну, үрдүгү барытын ынахха, сылгыга холоон көрөллөрө. Былыргы египтяннар халлааны ынах, оттон күнү ол ынах төрөппүт көмүс ньирэйэ дииллэрэ. Былыргы гректэр үрдүк таҥаралара Зевс арыт «оҕус» дэнэр буоллаҕына, Зевс кэргэнэ Гера ынах төбөтө төбөлөөх гына ойууланара уонна «волоокая» («оҕус харах») диэн эпитетынан киэргэтиллэрэ.

Шумердарга «Күн Оҕус» диэн баара үһү. Оттон былыргы Индия таҥарата Дьяус эмиэ Оҕус этэ дииллэр. Санскрит тылыгар ынах уонна күн «го» диэн биир тылынан бэлиэтэнэллэр. Кинилэргэ былыттар эмиэ ынахтар, ардыыллара — ол ынахтар үүттэрин ыыллара. Этиҥ «ынах курдук» маҥырыыр, чаҕылҕан, «ньирэй ийэтин батыһарын курдук» тыалы батыһар (104—23). Индия поэзиятыгар ынах олус үтүө, уйаҕас, нарын-намчы дууһалаах сүөһү быһыытынан үрдүктүк сыаналанаы ырыа-тойук тылын кйэргэтиигэ, араас уус-уран дьүһүннээһиҥҥэ бэрт киэҥник туттулларын туһунан урут этэн турабыт.

Саха поэзиятыгар, тылыгар, итэҕэлигэр дьиэ сүөһүлэриттэн ат (сылгы) обраһа ордук киэҥник киирбит. Сахалар төрүттэрэ былыр Киин Азия стептэрин диэки олорор эрдэхтэриттэн сылгыны иитэллэрин, сахалар сылгыны олус ытыктыылларын, таптыылларын, бэйэлэ-рэ туспа үтүө боруода сылгыны үөскэппиттэрин туста-рынан үөрэхтээхтэр элбэхтик суруйан тураллар.

«Дьикти сүөһү», «бу дойдуга кини тугунан да солбуллубат олус күндү хаачыстыбаларын толору сыаналаатым», «саха ата дьиҥ-чахчы остуоруйаҕа этиллэр хорсунун хаста даҕаны кэтээн көрбүтүм», — диэн сөҕөн суруйбута Саха сиригэр өр сыылкаҕа олорбут этнограф В. Л. Серошевскай (140—166).

Оттон аатырбыт кыһыл командир И. Я. Строд, саха атын ордорон, өр мииммитэ. «Кыра элэмэс» диэн сылайбат сындааһыннаах, тулуурдаах, көрсүө, сүүрүк аты хорсун командир олус таптаабыт. Бандьыыттары кыайан-хотон өрөгөйдөөн, Саха сириттэн барарыгар Строд, атын имэрийэ-имэрийэ, ытамньыйбыта диэн кэпсииллэр. Кини атын тумсуттан убураан баран, үрүҥ көмүс симэхтээх бас быатын кэтэрдибит уонна эппит: «дьэ, соргулаах соноҕоһум, үрүҥ тыыммын өллөйдөөбүт үтүө доҕорум! Мин бардым, эн хааллыҥ. Эн аны эйэ дэмнээх саха йччиҥ эрэллээх доҕоро буол. Эн кулгааххар ыстаал буулдьа ыйылыыра иһиллибэтин, зн хараххар сытыы саабыла килбэҥниирэ аны көстүбэтин! Быраһаай, тыла-саҥата суох доҕорум!» (74).

Сахаҕа сылгы, көлөтө эрэ буолбатах, ону таһынан бастыҥ аһа, таҥаһа. Сылгы үүтэ, кымыһа, этэ, хаана, хаһата киһи доруобуйатыгар туһалааҕын, бэл эмтээҕин туһунан наука этэр. Оттон сылгы тириитэ, сиэлэ, кутуруга, иҥиирэ таҥас-сап, туттар тэрил арааһа буолар. Биир тылынан эттэххэ, сылгыга туһаҕа турбата диэн суох.

Кэнники кэмҥэ тылы чинчийээччилэр саха сылгыны иитиигэ сыһыаннаах тыллара бэрт былыргы тюркдуу төрүттээхтэрин, оттон ынах сүөһүнү иитиигэ сыһыаннаах тыллара үксэ монголлуу төрүттээхтэрин, былыргы өбүгэлэрбит ынах сүөһүнү иитиэхтэрин инниттэн сылгыны ииппиттэрин сабаҕалыыллар (101—33, 36).

Биһиэхэ ат, сылгы «Дьөһөгөйтөн төрүттээх» ытык, ыраас сүөһүнэн, «айыы оҕотунан» аатырара. Сылгы таҥарата Дьөһөгөй Тойон (Күрүө Дьөһөгөй, Уот Дьө-һөгөй, Уордаах Дьөһөгөй) кыһыҥҥы күн тахсыытын туһунан соҕуруулуу-илин халлааҥҥа олохтооҕо диэн буолар. Өссө саха былыргы итэҕэлигэр аан бастаан сылгы үөскээбитин кэннэ, киһи үөскээбитэ диэн этии баар (155—296). Ол курдук, сылгыны бэл киһитээҕэр үрдэтии хаһан эрэ баар буола да сылдьыан сөп эбит.

Эрилик Эристиин «Буура Дохсун» диэн олоҥхотугар Айыҥа-Сиэр оҕонньор уонна Айыы-Нуоралдьын эмээхсин сахалар төрүттэрэ буолаллар. Айыҥа-Сиэр оҕонньор Үрүҥ Аар Тойон инитэ, оттон Айыы-Нуоралдьын убайа — Уордаах Дьөһөгөй (96—6). Онон, саха төрдө икки сылгы төрдө икки хаан уруулуу буолалларыгар тиийэллэр. Оттон «арҕаһыттан тэһииннээх аһы-ныылаах санаалаах Айыы Дьөһөгөй аймахтара,.. көхсүттэн тэһииннээх көмүскэстээх санаалаах күн өркөн дьонноро, урааҥхай саха удьуордара» (52—60),— диэн тоҕо этэллэрэ буолуой? Ойуунускай олоҥхотугар: «Күн Дьөһөгөй улуустара көмүскүү сылдьыахтыннар» (39— 140),— диэн эмиэ этиллэр. «Сылгы уола Дыырай бухатыыр» диэн ааттаах олоҥхо баара биллэр. Саха бухатыыра тоҕо «Сылгы уола» буолан хаалла?

Биитэр кэлин соҕус үөскээбит маннык үһүйээннэри ахтан аһарыаҕыҥ. Кээрэкээн ойуунтан соҕотох Дьохсоҕон (сылгыны «дьохсооттуур», «дьохсоҕолдьуйар» дииллэр) диэн уол төрөөбүт. Оттон Дьохсоҕонтон түөрт уол төрөөбүтүттэн иккис уола төбөтүттэн кутуругун төрдүгэр диэри сылгы курдук сиэллээх буолбут, ол иһин бу уолу Сиэллээх диэн ааттаабыттар. Итилэртэн Дьох-соҕон, Сиэллээх диэн уустар, нэһилиэктэр үөскээбиттэр. Чакыр нэһилиэгин төрүттэрэ Ат Күһэҥэй, Тый Күһэҥэй диэннэр эбиттэрэ үһү. Оттон «Чакыр» диэн сылгыны дьүһүннээн этэр тыл буолар. Боотур улууһун дьоно 1662 сыллаахха нуучча ыраахтааҕытыгар дьаһааҕы чэп-чэтэргэ көрдөһүү ыыппыт суруктарыгар киирбит дьоннор ааттарын ортотугар «Кушенейко Карагин», «Ат-Кушенейко» диэннэр эмиэ бааллар эбит (107—91, 95). Былыргы сахалар бэйэлэрин сылгыны кытта биир тө-рүттээх, уруулуу гына сананаллара ити аҕыйах чах-чыттан да көстөр.

Биһиэхэ ынах сүөһү да улаханнык ытыктанар буо-лан баран, сылгыга тиийбэт. Саха олоҕор сылгы түҥ былыр төһөлөөх суолталаммыта итэҕэлгэ, араас сиэри, туому толорууларга эмиэ биллэн ааһар. Айыыны, ич-чини аһатыы, сиэртибэлээһин сылгы сүөһүнэн оҥоһул-лар. Сир-дойду иччитигэр бэлэх биэрии, аал уот инни-гэр алҕааһыннар сылгы сиэлинэн оҥоһуллаллар. Ыһыах, сыбаайба иһитин-хомуоһун, түһүлгэни, чэчири сылгы сиэлинэн киэргэтэллэр. Сылгы иһитэ чороон, ат баайар сэргэ саха культуратын ытык атрибуттарыгар киирсэллэр. Чороон, остуол атахтарын ат туйаҕыныы быһыылаан, сэргэни ат бастаан оҥороллоро. Дьиэ тутталла-рыгар сүрүн баҕаналарын сылгы хаанынан, кымыһынан оҕунуохтууллара, баҕаналарын үүтүгэр сиэли угаллара, өһүө уонна баҕана икки ардыгар сиэли кыбытал-лара. Ойуун кыырарыгар уот иннигэр маҥан сылгы тириитин тэлгэтэллэр. Сылгы (ордук маҥан сылгы) айыы сүөһүтэ буоларын быһыытынан ойууну куһаҕан тыын-нартан араҥаччылыахтаах. Оттон арыт ойуун дүҥүр оннугар кыра хатыҥ маска сылгы сиэлин баайан баран кыырара диэн буолар (155—312, 308).

Олоҥхо бухатыырдара, айыылар аты эрэ көлө оҥос-толлор. Оттон аллараа адьарай аймахтара соччо-бачча ат көлөлөммөттөр. Олоҥхоҕо, остуоруйаҕа ат — киһи эрэллээх доҕоро, көмүскэлэ, сүбэһитэ; кини киһи курдук саҥарар тыллаах, өйдөөх, дууһалаах ырааһа. Олоҥхоҕо даҕаны, көннөрү олоххо даҕаны ат ааттаах-суол-лаах, өр кэпсээҥҥэ сылдьар кэрэ, дьикти сырыылардаах буолар. Ньургун Боотур атын аата «Дьулусханнаах дьолуо маҥан халлаан дьураатыгар тура төрүөбүт Дьулусхан Субуйа Сүүрүк», Күн Эрили атын аата «Күннүк сир усталаах, көс сир туоралаах Күөкэри Дьаҕыл», Күөҕүлээн Куо атын аата «Тибиилээх сиэллээх, бурхааннаах кутуруктаах, күдэннээх көҕүллээх Күөнэ Маҥан» уо. д. а.

Сахалар сылгы өлүгүн, кырамтатын сиргэ мээнэ хаалларбаттар; көмөллөр, биитэр үөһэ, мас мутугар ыйаан кэбиһэллэр. Кырдьаҕас атыыры эбэтэр биэни өлөрүү туспа дуом толоруулаах буолара. Олортон биир холобур маннык. Өлөрүөх иннинэ хаһаайын үс төгүл «уруйдуур». Онтон, өлөрөр сүөһүтүгэр туһаайан, маннык тыллары этэр: «үөргүн-сүүрүккүн тиэргэҥҥэр хааллар! Уйгугун-быйаҥҥын, кэтит кэһиигин кэбиһэн бар! Туйаххын туура тэп.., тэрийбит тиэргэниҥ, өтөҕөлөөбүт өтөҕүҥ этэ! Кыраан-өһөөн гымматыбыт, ынырык дьыл олуйан ытыгылаатыбыт!..» Инньэ диэн баран, сиэлиттэн, кутуругуттан сүүмэхтэри сыыйталаан ылар. Ол сүүмэхтэри, күөх окко суулаан үс хоннорон баран, солбуйар сылгытын сиэлигэр, кутуругар сыһыаран кэбиһэр (121—97). Ытык сылгыны туттуу малааһыннаах буолар.

Сылгы сааһынан, дьүһүнүнэн араарыллар олус элбэх ааттардаах. Оттон эмиһин, көтөҕүн быһаарарга уон иккигэ тиийэ категория баар. Былыр кыыһы сүгүннэрэригэр күтүөт сулууга ылбыт сылгытыттан кыыс төрөппүттэригэр биир биэни хаалларан барара, ол «оҕо оннугар биэрбит сүөһүтэ» диэн буолара үһү. Түһээн үөр атыырын өлөрүү — саамай ытыктабыллаах, бочуоттаах эр киһи өлүүтүн сүрэ, оттон түүлгэ биэ өлуүтэ — ытыктабыллаах дьахтар киһи өлүүтүн сүрэ. Ат төбөтүн сииллэригэр оҕоҕо бэрсэллэр, оттон ынах төбөтүттэн оҕоҕо сиэтэллэрэ бэрт аҕыйах. Ынах кулгааҕын сиэбит оҕо ынах курдук дьүлэй буолуохтаах, ынах муннун сиэбит оҕо муннун уута сүүрэ сылдьыахтаах...

Биһиэхэ сылгыга сыһыаннаан оттор, сибэккилэр, туттар сэптэр, көтөрдөр ааттаналлар: «кулун кутуруга», «кулун туйаҕа», «биэ эмиийэ», «чороон от», «ат дулҕа», «ат тимир», «ат тараах», «сылгы чыычааҕа» уо. д. а. Былыргы үҥкүүлэр, оонньуулар эмиэ сылгыга сыһыаннаахтар — «кулун куллуруһуу», «анньа-бөрдө», «чохчоохой», «дьиэрэҥкэй», «ат буола оонньуу», «мас аттаах оонньуу» уо. д. а. Балар сылгы сылгылааһыны, биэни ыаһыны, кулуннар хонууга оонньохолооһуннарын, атыыр бөрөнү кытта охсуһуутун санаталлар.

Биһиги күннээҕи саҥарар тылбытыгар сылгы дьии-бэтик иҥэн киирбит. «Ат», «атыыр», «миҥэ» диэн тус-туспа бэлиэтээн зтэр тыллардаах буоллахпытына, он-нук ынах сүөһү өттүгэр суох. Сымыыттаах буоллаҕына «атыыр оҕус» (жеребец-бык), сымыыта быһыллыбыт буоллаҕына «ат оҕус» (конь-бык) диибит. Маны өссө В. Л. Серошевскай бэргэнник бэлиэтээн суруйбута (140—265). Сахалар сылгыны ынах сүөһү иннинэ иип-питтэрин итинтэн эмиэ сэрэйиэххз сөп. Биһиги — көлө-лөөх буоллун, сатыы буоллун — ханна эрэ барда, айан-наата диэрибит, «аттанна»; икки илиинэн тайана тү-һүүнү «ат буолуу» диибит («абааһы уолун итиннэ ат гыннарда», 22—180); кими эрэ көрдөө, эккирэтэн бул диир оннугар «сылгылаа»; туохтан да тутулуга суох көҥүл сылдьар киһини «кулун босхо сылдьар» диибит; кими эмэ имит-хомут, үөрэт, сыһыт диэн өйдөбүл «айааһаа» диэн буолар; улахан мунньах — «атыыр мунньах», кытаанах, хатан тимир — «атыыр тимир», күүстээх тымныы — «атыыр тымныы», сүдү ойуун — «атыыр ойуун», улахан алдьархай — «атыыр алдьархай»...

Норуот быдан былыргыттан ыла иитимньитин тэриммит, олоҕун тыына оҥостубут сүөһүтүн таптыыра, үрдүктүк тутара, киниэхэ сүгүрүйэрэ, кинини тылыгар, итэҕэлигэр киллэрэрэ сиэрдээх суол. Саха норуотун культуратын, чуолаан литературатын, национальнай уратылаах ойуулуур-дьүһүннүүр форматын үөскэтиигэ сылгы элбэхтик туһаныллар. Норуот тылынан айымньытыгар сылгы уус-уран эпитет, тэҥнэбил, образ быһыытынан киэҥник, бэрт араас өрүттээхтик киирбит. Туох баар төгүрүктээн турар улуу, кэрэ, үчүгэй барыта сылгынан дьүһүннэнэр: «үөр атыырын өрө туппут курдук өҥкөөр таас хайалар» (10—21); «тоҕус атыыр сылгы дьохсооттоһо туралларын курдук, тоҕус хоҥорой дуорсун тумуллар» (22—62); «кыһыл буулуур кытыт биэлэри кырымах хаарга кыҥыһахтыы түһэрэн, хантайар муос хабарҕаларын хайыта баттаан ылан, кэр-диистээх өҥүргэстэрин кэккэлэтэн кээспит курдук, дьан-талҕа таас хайалар дьарҕааланан тахсыбыттар» (39 — 104).

Олоҥхо бухатыырын дьиэтин ис тэриэбэтэ эмиэ сылгынан ойууланар: «үөр атыырын өрө туппут курдук аҕыс кырыылаах маҥхалыын хаан оһох» (49—20); «кытыылыыр кытыт биэ кыҥыһахтыы түһэн сытарын курдук модун-модороон модьоҕо» (39—63); «кытыылыыр сылгыны кыҥыһахтыы охторбут курдук кырбыы-дьирбии сыҥаһа» (10—30); «баай ыал маҥнайгы сэлэтигэр баал-лан турар маҥан кулуннара баһынан-атаҕынан оонньуу турарын курдук бардам бас уһуктар». Кытай Бахсылааны уус кыһата маннык ойууланар: «кырымахтаах кылбараҥ маҥан хаарга кытыылыыр кытыт биэ барахсаны кынталдьыта хаамтаран иһэн кырыытынан кыҥыһахтыы түһэрэн кыа-хаанын кытыастатан кээсиит курдук кытара убайа турар кыһалаах» (39—151, 26).

Киһи күүһэ, чулуута, кэрэтэ акка холуллар: «ат бөҕө», «ат курдук ааттаах... киһи», «киһи ата киһи» (50—81, 85). Ньургун Боотур ситэн-хотон, муҥутуу сатаан баран: «ким миигин ат курдук айааһаан, албан ааппын алдьатыа баара дуо?!» (39—206) диир. Айыы бухатыыра абааһы уолун, «уйусхан ат сылгы курдук, умсары баттаталыыр». Айыы бухатыырын «тойон сүрэҕэ, эмньик соноҕос сылгы курдук, толугураан соһуйар» (10—287, 173), «үөр сылгы үргүбүтүн курдук, үллэр өһөҕө үллэҥниир» (39—246). Тойон Дьаҕарыма бухатыыр «тый курдук... ыран олоробун» (31—64),— диир.

Дьахталлар—биэлэр, оҕолор—кулуннар: «хаар биэтин курдук ханайбыт, сыһыы биэтин курдук сыспалдьыйбыт хотун дьахтар» (22—164) дэнэр олоҥхоҕо. «Ньэлбэҥ Айыыһыт... үүт кэрэ биэ» буолар (39—56). «Куллустуур кулун уолаттар, дьылыстыыр кытыт кыргыттар» (43—59) дэниллэр. «Туйаарыма Куо, уу испит сылгы курдук, уҥуоҕа илибирии түһэн баран уҥан түһэр» (62—252). Олоҥхо оҕото, төрүөт, кыайтарбакка, «кулун курдук өрө мөҕөр» (39—120). «Уол оҕо, ат кулун», «уол оҕо туохха төрүүрэй, ат кулун ханныкка айылларай» (22—192) диэн буолар. Айыы кыыһын «кылаан бэрдэ барахсан... кэрэ кулун оҕотун курдук дьэргэлдьиччи-чэрэлдьиччи көрбөхтүүр» (31 — 132). Кыргыттар, уолаттар, оҕолор эрэ буолбакка, дьон сырсыыта, быччыҥ күүрүүтэ эмиэ — кулуннар: «дьон сэлэттэн мүччү барбыт кулун курдук дьэ мүлтүрүтэ сырыстылар» (22 —294), айыы бухатыырын «куҥ-куҥнарын бастара эмньик кулун курдук чиччигиниир» (10—174).

Тэҥнээһиннэргэ сылгы хараҕа үгүстүк туттуллар. Үрүҥ Уолан «аллаах ат курдук, алам-дьалам көрөр» (39—234), Күн Туналыҥса «улаан убаһа хараҕын курдук уу хараҕынаҥ.. утары көрөр» (10—198). Саамай чугас, арахсыспат, күндү доҕоттору ат икки бараа хараҕар эмиэ тэҥнииллэр; «аллаах атым хараҕын курдук ханыылаһан иитиллибит хаарыаннаахай доҕотторум» (35-7).

Сылгы сиэлэ, кутуруга образка бэрт үгүстүк киирэр. «Күрэҥ сылгы сиэллээх кутуругун күөйэ туппут курдук көлкү нуолур суһуохтаах күн-күбэй хатын ийэм!... Ат сылгы сиэллээх кутуругун арыйа туппут курдук аас маҥан чынчалаах... аар тойон аҕам!» (10—75). Айыы бухатыыра кыыһырбыт омунугар «саннын байаатыгар диэри түспүт хара көмүс курдук куударалаах аһа төбөтүн оройугар кулун кутуругун курдук өрө эриллэн тахсар». Оттон кини айанын түргэнигэр таҥныбыт таҥаһа эмиэ «кулун кутуругун курдук өрө эриллэр» (22—176, 200). Охсуһууга кыайтаран эрэр бухатыыр хаана сылгы кылын биитэр кутуругун сыыйа таппыт курдук тохтор — Күн Тэгиэримэн «тымыр тымырдарын быыһыттан тыһы кыл курдук сырдык хааннар сыыйылла тыккырыыллар» (10—183). Ньургун Боотур Уот Уһуму «халыҥ тириитин хайыта охсон хара хаанын сылгы сиэлин курдук сыыйылла тэптэрэр» (41—93). Бухатыыр бэл силлиир силэ «сыдьаан сылгы сиэлин сыыйа туппуттан» атыннык көстүбэт (10—174).

Айылҕа көстүүлэрэ сиэлгэ, кутурукка үгүстүк холуллаллар. «Тураҕастай атыыр сылгы кутуругун, сиэлин туруорута туппут курдук догдоон хара тыа» (49—92); «эттээх ат кутуругун экчи быһа баттаабыт курдук эргэнэ хара тыа» (52—46); «соноҕос ат кутуругун субуйа бырахпыт курдук сулу дьылга мастар» (31 —10); «күрэҥ сылгы сиэллээх кутуругун күөйэ туппут курдук күөх маҕан былыт»; «үүт кэрэ сылгы сиэллээх кутуругун үллэрэ туппут курдук... үс үөстээх үүт үрэх»; «кэрэ сылгы сиэллээх кутуругун тэнитэ туппут курдук сиибиктэ от кырыстаах, сибэкки от ардайдаах дьэҥкэ хонуу» (10—479, 21, 20); «толомон маҥан күн уота соноҕос ат нуоҕайдаах сиэлин субуруччу туппут курдук таҥнары тоҕуоруйар» (49—26); Үрүҥ Аар Тойоҥҥо «сиэр сылгы сиэлин, кутуругун силэйэ туппут курдук сиэги дьаҕыл аартык» устун тахсаллар (22—160).

Сиэл, кутурук ити үөһэ этиллибиттэн атыннык эмиэ туттуллар. Эгэлгэлээн, силигин ситэрэн этэр кыаҕым суох диэри, «сиэллээн-кутуруктаан этэрим суох» диэччилэр. Кубулҕаттаах уһун түүн диир кэриэтэ буоллаҕа буолуо — «сиэлиттэн-кутуругуттан туттарбатах эҥсилгэниээх, сиэр күрэҥ түүн ийэ бараан хотун» (36—46) диэн эмиэ этэллэр.

Сылгы көҕүлэ, киһи баттаҕар холонорун таһынан («көҕүлүм аһа күрэҥсийэн», 52—220), абстрактнай өйдөбүлү дьүһүннүүргэ туттуллар. Үөрүү, көр-нар бөҕө буолбут диир оннугар «көр бөҕөнү көҕүлүттэн туппуттар» дэнэр.

Сылгы тириитэ маннык образтарга, тэҥнээһиннэргэ киирэр: «тоҕустаах ат сылгы ньуурун тириитин субуйа таппыт курдук, локуора күөх от кырыстаах» хонуу; «аҕыстаах ат сылгы харчымын тириитин тэнитэ таппыт курдук алаан-дьалаан алаастар» (10—22, 24); «тыстаах баттахтаах маҥан сылгы тириитин тиэрз таппыт кур-дук, түөлбэ маҥан былыт» (41 — 134); Аал-Луук мас «үрүҥ сылгы тириитин өрө анньан кэбиспит курдук, үс хос үскүөбүллээх күндүл көмүс хатырыктаах» (49—14); «көҕөччөр сылгы көхсүн тириитин тиирэ таппыт курдук, күрэҥ бараан урсуннаах күһүн хотун» (52—212); олоҥхо бухатыыра «тиҥэһэ сылгы тириитин тиэрэ уурбут курдук ньэлээрбэ-хотоолбо тэлэкэччийэ тэбэн кэлэр тэриэккэлэрдээх» (39—151).

Сылгы баһа (чөмчөкөтө) элбэх тэҥнэбиллэргэ киирэр. Аал Луук мас «үс үүт маҥан биэни баһын быһа сыспыт курдук... «үрүҥ илгэлээх», оттон «арыыта-сыата аҕыс байтаһын биэни баһын быһа сыспыт курдук өрө үллэҥнээн тахсар» (49—16, 17). Сылгы баһыгар тэҥнэнэллэр: хатат, күлүүс — «соноҕос ат хоолдьуктаах баһын саҕа алтаннаах болуо хатат» (52—56), «атыыр сылгы баһын саҕа алтан дьаакыр күлүүс» (31—43). Олоҥхоҕо бухатыырдар, охсуһан, күүстэрэ быстан, «истэрин түгэҕиттэн аллаах ат баһын саҕа үрүҥ күүгэн өрө үллэн тахсар» (68—42).

Маны таһынан, сылгы атаҕа, туйаҕа, уҥуохтара, быара, хаһата, хартата уо. д. а. араас уус-уран тэҥнэ-биллэргэ киирсэллэр. Биир тылынан эттэххэ, сылгыт-тан образка туттуллубаты булар уустук. Айыы бухатыыра «аллаах ат харытын таҥнары туппут курдук субуллаҕас муруннаах» (22—102), айыы дьахтара «эскэл тый силиитин сыыйа тарпыт курдук, сырыылаах муруннаах» (52—322), «улаан сылгы уу хаһатын ойо баттаан утары уурбут курдук обугуркаан уостаах» (10—49); «кээчэрэлиир сылгыкайым кэлиниктиир бэрбээкэйин кэккэлэппит курдук, кэрэ-билэ дьоннор» (43—58); «ханчааһын тый быарын курдук хатан тэбиэр эстэриик» (49—183); айыы дьонун сирэ-дойдута барыта баайдык-тоттук, сыа-сым курдук ойууланар — «харта халдьаайылардаах..., үргүнньэх үрүйэлэрдээх..., сыа сыһыылардаах..., чоҕочу толооннордоох» (31 — 14, 15) диэн буолар. «Ат саалын курдук уһун кырдал» дииллэр. Олоҥхо бухатыырын хататын кыата «атыыр сылгы өтөҕөтүн саҕа» (22—94).

Туох эмэ кээмэйин, өлгөмун атынан, ат миэстэтинэн образтаан этэллэр. «Курдаҥ хаҥыл сылгы хомурҕанынан бадахтаах хомурах хаар» (10—25), «кытыт биэни кыыс бэрбээкэйинэн кыраһа хаар» (39—236); «дьоруо ат тобугунан охсуллар нуолур солко от» (43—258); «кытыт сылгы саҕа кымньыы балык» (10—28), «аллаах ат бадараанныыр арыылаах кымыһа» (31—45), «эмньик кулун өрүкүйэр көҕүлүн саҕа үрүҥ кыа» (52—56), абааһы уола хараҥаҕа үчүгэйдик көрөр, оттон «сырдыкка, сылгы саҕаны сыыһа көрө сылдьар» (31 —110). Олус киэҥ балаҕаны «ат эккирзтэр балаҕан» диибит.

Биһиэхэ эҕэрдэ, алгыс, дьол, албан аат, айыы-буруй уо. д. а. абстрактнай өйдөбүллэр үгүстүк атынан дьүһүннэнэллэр. «Аан дайдыбар, бар-дьоммор эдэр сылгы кэдэлдьийэр сиһэ уйарынан кэһиилээх курдук тиэргэҥҥиттэн тэлэһийдим» (52—266); «Эдьэн Иэйэхсит эдьиийбит эскэл тый саҕа эҕэрдэ хаанынан эркиннии эрчийдин» (43—194); «суон дохсун сурахтара үөһэ чуураадыйар тоҕус биискэ, туора туоһахталаах хоҥор кугас сылгы курдук буолан, тырылаччы-дьырылаччы кистээбит» (10—19); «уҥа өттүгүтүгэр тоҕус сааһын туруору туолбут тураҕас дьүһүннээх соноҕос атыыр курдук дьол-соргу улаатта» (75—70); «орто дойду олоҕо тупсуо... бар атыыр дьэ кистиэ» (52—280); «ат таппатынан аньыы баҕадьы ааҥнаабыт» (43—111).

Ат дьүһүнэ эмиэ образка туттуллар эбит. Холобур, «кэрэ дьаҕыл дайды» биитэр «орто курбуу-дьаҕыл дайды» (43—103, 151), «эбир дьаҕыл былыт», «хара дьаҕыл хотой» (137—770) уо.д. а.

Ат тэрилэ (ыҥыыр, үүн, тэһиин, бото, сөрүө уо. д. а.) образтаан, тэгилитэн этиигэ элбэхтик туттуллар. Баар-суох хаарыан көрдөһүүбүн ылын диир оннугар «үүннээх-ыҥыырдаах үтүө тылбын ылын» (39—187), «ыҥыырдаах-кычымнаах ытык дуоһун тылбын ылын» (49—177) дииллэр. «Тор тэһиинин таттарда» (22—288) диэн кыаҕын ылларда диир кэриэтэ этии; «тэһиин тутан көрсүөхтэрэ» (31—123) диэн үчүгэйдик чиэстээн көрсүөхтэрэ диэн өйдөнөр. Айыы бухатыыра «эрэдэһиннээх үүн тиэрбэһин курдук эрилкэй харахтаах» (22— 102), «Айыы Умсуур удаҕан, үс үөстээх ат өргөнүн курдук, хараҕын уота абааһы уолун икки чараас саннын хараҕынан дьөлө көрөр» (22—150).

Туох баар тулалаан турары билии, өйдөөһүн, философскай санаалар, өс хоһоонноро, таабырыннар, тыл араас дэгэттэрэ бэрт үгүстүк сылгынан доҕуһуоллаан этиллэллэр. «Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах»; «уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар», «ат соноҕоһугар ахсым, киһи эдэригэр дохсун»; «үтүө ат мөҥүүк буолар»; «көҕүлүн илбийэр, кэтэҕин кэрдэр» (бэрт буола сылдьан, куһаҕаны оҥорор); «аан дойду атыыра кистиир» — этиҥ этиитэ; «маҥан биэ барбыт, сиэр биэ сиэлбит, кэрэ биэ кэлбит» — хаар хараарыыта, саас кэлэн ааһыыта, сайын кэлиитэ; «ийэтэ иҥэрсийэ хаалбыт, оҕото ойон хаалбыт» — саа эстэрэ; «икки маҥан атыыр өлөрсөн эрэллэрин кугас биэ быыһыыр» — үөһээ, аллараа тиистэр уонна тыл.