Иһинээҕитигэр көс

Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. Таас. Хайа (Копырин Н.З.)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Уот Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Иккис глава)
Копырин Николай Захарович
Былыт.


Таас. Хайа. Таас эпитет быһыытынан кытаанаҕы, тымныыны-тыйыһы дьүһүннүүргэ туттуллар. «Таас санаа» — аһыммат, манньыйбат санаа: «таас санааҕытын сымнатан,... ыллаан-туойан кэбиһиэм» (52—231).

«Таас орой» өйдөбүлэ «чой орой» диэҥҥэ чугас буолуохтаах. «Таас уллуҥах» диэн Дыгын биир бөҕөс уолун аата. «Таас дьүлэй»— кулгааҕынан тугу да истибэт буолбут киһи. «Таас ытыс»—кэччэгэй киһи. Олоҥхоҕо, мифологияҕа абааһы аймахтара «туолбат ньыгылы таас куртахтаахтар» (10—241), «сыһааҕырбат сымара таас быардаахтар» (43—91).

Фольклор араас образтааһыннарыгар хайа (таас хайа) элбэхтик киирэр. Хайа — хахха, дурда. «Хайаны тыал курдарбат» (52—127). Сорук Боллур уол күн дьо-нун көмүскүүргэ ананан үөскээбит Ньургун Боотурга кэлэн илдьити этэригэр маннык тыллар бааллар: «халыҥ хайа курдук хахха буолуоҥ үһү» (62—239).

Олоҥхоҕо айыы бухатыырын улахана «хайа саҕа». Бухатыырдар, охсуһаннар, «икки хайа ыпса түһэрин курдук, «хап» гына түсүһэллэр» (22—130).

Аат-суол улуута, улахана хайаҕа тэҥнэнэр. Эрбэхтэй Бэргэн «орто буорга туруук таас хайа курдук сураҕыран үөскээбит» (49—25). Норуот айымньытыгар абстрактнай өйдөбүллэр үк сүгэр ханнык эрэ дьиҥ баар предмет көстүүтүнэн бэ-риллэллэр. Холобур, үөрүү, дьол, үтүө, мөкү санаа уо. д. а. кээмэйдэрэ хайанан, булгунньаҕынан холобур-даналлар: «үрдүк маҥан хайа саҕа өрөгөй-талаан үрдээтэ» (52—307); «хайа cаҕа хара санаатааҕар түөн саҕа сырдык санаа ордук» (50—76).

Уопсайынан саха үрдүккэ талаһар, кини идеала — үөһээҥи. Бары айыылар үөһэ бааллар, оттон адьарайдар, абааһылар — аллараалар. Ол иһин үөскээбит маннык этии: «таҥара ©һөөбүтэ аппаҕа, киһи өһөөбүтэ томторго» (50—60). «Томторго соргулуубун» (43—155), — диэн үтүөҕэ, үчүгэйгэ баҕаран, алҕаан этэллэр.