Иһинээҕитигэр көс

Саха чаҕылхай уолаттара (Ылдьаа Колосов)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Азаров Михаил Дмитриевич

[уларыт]

(1877- биллибэт)

М.Д. Азаров 1877 с. Нам улууһун 2 Хомустаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьокуускай куорат икки кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ. 1901 сылтан учуутал стажтааҕа. М.Д. Азаров 1904 с. Мэҥэ улууһун «Соло» диэн сиргэ Ф.Г. Сивцев – Сүөдэр Аҕабыты уонна кини кэргэнин А.И. Сивцеваны кытта бииргэ учууталлаабыттарын туһунан «Школьный листок за 1904 год» диэн отчуот-докумуоҥҥа үчүгэйдик ахтыллар. М.Д. Азаров Мэҥэ улууһун 1907 с. тэриллибит Төҥүлү оскуолатын саамай маҥнайгы учуутала. Кини элбэх сыл араас оскуолаларга учууталлаабыт. Элбэх бэлиэ, үчүгэй дьону иитэн-үөрэтэн таһаарбыт үтүөлээх-өҥөлөөх. М.Д. Азаров 1921-22 сылларга повстанчествоҕа салайар үлэҕэ активнай кыттыыны ылбыта. Ону омнуолуохха сатаммат. ВЯОНУ чилиэнинэн буолбута. Ол аата повстанчество правительствотыгар – саамай үрдүкү салалтаҕа үлэлээбитэ. Кэлиҥҥи дьылҕата биллибэт. М.Д. Азаров аата-суола төрөөбүт Сахатын сирин историятыгар киирбитэ, дьэ, итинник.


Алексеев Николай Иванович – Үүттүүр Уола

[уларыт]

(олоҕун сыллара биллибэт)

Н.И. Алексеев – Үүттүүр Уола I Амма улууһун II Чакыр нэһилиэгиттэн төрүттээҕэ биллэр. Кини үрүҥ повстанчество иннинэ тугунан дьарыгырбыта биллибэт. 1921-22 сс. үрүҥ повстанчество уонна 1922-23 сс. пепеляевщина активнай кыттыылааҕа. Кини бу событиеларга олус киэҥ сырыылары сылдьыбыт. Илин эҥэринэн, үрүҥнэр Соҕурууҥҥу Бөлөхтөрүн сэриилэһиилэринэн сылдьыбыт. 1922 с. от-атырдьах ыйдарыгар Өлүөхүмэҕэ командировкаҕа сылдьыбыт. Онно кини этэрээт тэринэн Өлүөхүмэ куоратын, Өлүөхүмэ дэриэбинэлэрин ылыахтааҕын кыайан толорбокко кэлбит. 1922-23 сылларга пепеляевщинаҕа Үүттүүр Уола Маралах туһаайыытынан, бэйэтэ кэпсииринэн, 200 саллааттаах С.М. Михайлов экспедиционнай этэрээтин утары уонна Амма Солобуодатын көмүскээһиҥҥэ сылдьыбыт. Сорох сэһэнинэн Үүттүүр Уола 1924-25 сс. «Тоҥустар восстаниеларын» кэмигэр Верхоянскай куораты штурмалааһыҥҥа кыттан баран хотторуу түмүгүнэн Табалаах нэһилиэгэр Тумуһах диэн сиргэ 40-ча буолан сайылаабыт, онтон илин диэки барбыт эбиттэр. Кэлиҥҥи дьылҕата биллибэт. Сорох сэһэнинэн хотугу улуустартан биирдэстэригэр саһан олорон кырдьан өлбүтэ үһү диэн эмиэ баар эбит.

Артемьев Михаил Константинович

[уларыт]

(1888-1928)

М.К. Артемьев 1888 сыллаахха Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Реальнай училищены бүтэрэн нэһилиэгэр, онтон улууһугар письмоводителинэн, учууталынан үлэлээбитэ. Бэйэтин кэмин биир саамай сайдыылаах, үөрэхтээх, билиилээх дьонуттан биирдэстэрэ. 1920 сыллаахха төрөөбүт I Амматын улууһугар Советскай былааһы аан маҥнай олохтообут киһинэн буолар. Волревком председателэ буолан олордоҕуна баайдары көмүскээтэ диэн уураппыттара. Алтан нэһилиэгэр учууталлыы олорон Дьокуускайга киирбитэ. Губревкомҥа үлэлээбитэ. 1922 сыл сайын төрөөбүт улууһугар тахсыбытын үрүҥнэр тутан ылан информатор оҥорбуттара. Ол иһин 1922 сыл сайын тыаҕа саһа сылдьыбыта. Пепеляев генерал киирбитигэр киниэхэ холбоһон бастыҥ комнадирынан буолбута. 80-100 байыастаах, трехлинейка бинтиэпкэлэринэн сэбилэммит күүстээх этэрээт комнадирынан буолбута. Саллааттара сахалар уонна тоҥустар этэ. 1924-25 сылларга «Тоҥустар восстаниеларын» саҕана кинилэргэ кини штаб начальнига буолбута. Бастаанньалааччылары Саха сиригэр аҕалан Саха АССР салалтатын кытта тиксиһиннэрэн тупсуу буоларын ситиһиннэрбитэ. Кылгас кэмҥэ Охотскай волревкомун салайбыта. 1927-28 сылларга П.В. Ксенофонтов хамсааһыныгар холбоһон суорума суолламмыта. 1999 сыллаахха реабилитацияланан үтүө аата төрөөбүт норуотугар тиллибитэ.

Афанасьев Георгий (Егор) Васильевич – Суон Кинээс Сиэнэ

[уларыт]

(1899-1928)

Г.В. Афанасьев Арҕаа Хаҥалас дуу, Илин Хаҥалас дуу киһитэ. Баай ыалтан төрүттээҕэ аатыттан да биллэр. Кини туһунан билигин Покровскай музейын архивыгар баар Н. Гордеев ахтыыта бэрт кылгастык бэлиэтээн аһарар. Г.В. Афанасьев үрүҥ повстанчествоҕа холбоспут төрүөтүнэн 1922 с. кулун тутар саҥатыгар, Н.А. Каландарашвили тоһуурга түбэһэн өлүөн аҕай иннинэ, Покровскайтан П.М. Крылов диэн командир II Дьөппөн нэһилиэгэр баран 20-чэ туох да буруйа суох дьону «образцовый карательный рейдэтэ» буолбута. Онно Крылов этэрээтин дьоно мас эрбии турар дьону, өйбөҥҥө сүөһү уулата турар оҕонньору, оскуола учууталын, таҥара дьиэтигэр үлэлиир аҕабыты, офицер уолун кытары уо.д.а. барыта 20-чэ буруйа суох дьону кыргыбыттара. Нөҥүө күнүгэр бу ынырык дьулаан быһыы улууһу биир гына тарҕаммыт, иһиллибит. Бэрт түргэнник олохтоох нэһилиэнньэттэн үрүҥ этэрээттэрэ тэриллэн киирэн бараллар. Ол курдук, үрүҥ этэрээттэрин хамандыырдарынан Н.ф. Дмитриев – Кэлэҕэй Дмитриев, С.И. Михайлов – Кырсаан Уола, Е.Е. Старостин – Урдус кулуба Уола, И.Г. Кириллов (16 саастааҕар), с.А. Широких, Г.В. Афанасьев – Суон Кинээс Сиэнэ. Бу туһунан Н. Гордеев ахтыытыгар суруллубут. Г.В. Афанасьев этэрээтэ үрүҥнэр Соҕурууҥҥу бөлөхтөрүгэр сылдьыбыт. Н.Ф. Дмитриевы – Кэлэҕэй Дмитриевы бэйэтин саллааттара өлөрбүттэрин кэнниттэн кини этэрээтин Г.В. Афанасьев салайбыт. Устунан тупсууга киирэн амнистияламмыттар. Г.В. Афанасьев олоҕо, охсуһуута биллибэт. Анаан үөрэтиэххэ наада. П.В. Ксенофонтов хамсааһыныгар кытта суорума суолламмыт. 1999 сыллаахха реабилитацияланан үтүө аата тиллэн норуотугар төннүбүтэ.


Баишев Гаврил Васильевич - Алтан Сарын

[уларыт]

(1898-1931)

Мэҥэ улууһун Дьабыыл нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Төҥүлү оскуолатын, онтон Дьокуускайга реальнай училищены бүтэрбитэ. Революция иннинэ аҕай Дьокуускайга почтовай-телеграфнай хонтуораҕа ученигынан киирбитэ. 1918-21 сс. Аллараа Амма (Чычымах) дэриэбинэтигэр сибээс надсмотрщигынан үлэлээбитэ. 1921-22 сс. үрүҥ повстанчествоҕа кыттыыны ылбыта. ОГПУ үлэһиттэрэ үүнэ-тэһиинэ суох барыыларын сөбүлээбэтэҕэ онно төрүөт буолбута. Киллэм уонна Никольскай сэриилэригэр кыттыыны ылбытын 1929 сыл сэтинньи 6 күнүгэр ЯОООГПУ уполномоченнайа Луферовка анкета-доппуруоска аһаҕастык бигэргэппит эбит. (Алтан Сарын "Тоҕус этиҥ тойуга". Дьокуускай, Бичик, с.11. 1998).

Повстанчество кэнниттэн тупсууга киирэн амнистияланан Дьокуускайга "Саха омук", "Саха кэскилэ" тэрилтэлэргэ үлэлээбитэ. 1924-28 сс. Ленинградка үрдүк үөрэххэ үөрэммитэ, лингвист-турколог идэтин ылбыта. Соҕуруу сылдьан Э. Пекарскай тылдьытын үлэтигэр эмиэ көмөлөһө сылдьыбыта. Төрөөбүт республикатыгар кэлэн саха саҥа алфавитын комитетыгар ученай-секретарынан, онтон Наркомзем секретарынан үлэлээбитэ.

1929 с. сэтинньи 5 күнүгэр ОГПУ органнара тутан хаайбыттара. Репрессиялаан үс сылга концлагерга ыыппыттара. Алтан Сарын онтон төннүбэтэҕэ. 1991 с. бэс ыйын 11 күнүгэр реабилитацияланан үтүө аата бар дьонугар төннүбүтэ.

Г.В. Баишев – Алтан Сарын сахалыы терминнэргэ үлэлээбитэ олус улахан суолталаах. Төрөөбүт норуотун дьиҥнээх патриота Алтан Сарын аата үйэлэргэ умнуллуо суоҕа!

Белолюбскай Иннокентий Лонгинович

[уларыт]

(1898-1928)

Арҕаа Хаҥалас улууһун III Маалтааны нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1921-22 сылларга повстанчествоҕа сылдьыбыт. Атын ханнык событиеларга сылдьыбыта биллибэт. 1927-28 сс. П.В. Ксенофонтов хамсааһыныгар сылдьыбыт. Ол иһин 1928 с. кулун тутар 27 күнүгэр ытыллыбыт. Кини Ксенофонтов хамсааһынын иннинэ биир үчүгэйэ суох быһыыны оҥорбут: 1927 с. балаҕан ыйыгар Главсуут бэрэссэдээтэлэ Кузьмиҥҥа: «сэрэн, эйиэхэ дьон саба түһээри сылдьаллар – дьиэҕэр олор, ханна да барыма», - диэн. Ол кимнээх Кузьмиҥҥа саба түһээри сылдьалларын С.М. Михайлов – Чемаикинскай, Е.Е. Старостин – Урдус Кулуба Уола, К.А. Стручков – Илиитэ Суох Көстүүн уо.д.а. повстанчествоҕа урут сылдьыбыт дьоннору ааттаталаабыт. Кузьмин барытын ОГПУ-га этэн биэрдэҕэ дии. Сорохторун хаайан кэбиспиттэр. Сорохторо куотан биэрбиттэр. Сыыйа П.В. Ксенофонтов хамсааһынын активнай кыттыылаахтарынан буолбуттар. И.Л. Белолюбскай эмиэ хамсааһын кыттыылааҕа буолбут. Баҕа өттүнэн барбыта да, сорудаҕынан барбыта да биллибэт. Кэлин тутан баран ыйыппыттарыгар: «Хантан Кузьмиҥҥа ити дьон саба түһэн өлөрөөрү гыммыттарын билбиккиний?» - диэҥҥэ И.Л. Белолюбскай: «арыгылыы сылдьан истибитим»,- диэбит. Бүттэҕэ ол. (М.С. Иванов – Багдарыын Сүлбэ. Олох долгуна. Бичик. Дьокууускай, 1992). Белолюбскай ол Кузьмины олус ытыктыыр, аһыйар киһитэ буолан харыстаан тыллаабыт буолуон сөп. Ол эрээри кини ити тыллааһына олус ыарахан содулланан тахсыбыт.

Бондалетов Павел Антонович

[уларыт]

(олоҕун сыллара биллибэт)

П.А. Бондалетов ханна төрөөбүтэ, революция иннинэ тугу гыммыта, олоҕо-дьаһаҕа биллибэт. 1918 сыл балаҕан ыйыгар Колчаковскай комиссияҕа (Якутский архив, №2, 2004 г., Е.П. Антонов ыстатыйата, с.101-110). Отчуотугар 19 сыл сулууспалаатым диэбит. Кадровай байыаннай уонна саастаах соҕус киһи эбит быһыылаах. Эсер партиятын чилиэнэ. Бириэмэннэй правительство кэмигэр Дьокуускай гарнизонун начальнига эбит. Капитан званиелаах. Областной Совет саҕана 1918 сыллаахха, кини Комитет Обороны председателэ, Областной Совет сэриилэрин командующайа. Соҕурууттан кэлбит А.С. Рыдзинскай этэрээтин утары Областной Совет сэриилэрэ П.А. Бондалетов салалтатынан сэриилэһэн тулуспакка Бүлүү аартыгынан Кэҥкэмэ үрэҕэр баар базаларыгар куоппуттара. Бондалетов мөлтөх командующай буолан сэриилэрин сатаан туруортаабатаҕа, этэрээттэр икки ардыларыгар сибээһи олохтооботоҕо, командирдар ортолоругар авторитета суоҕа дакаастаммыта. Ол түмүгэр постка турбут часовойдары да устубакка куоппуттар. Часовойдар – Саха саллааттара постарын бырахпакка бүтэһик ботуруоннарыгар диэри ытыалаһан өлбүттэрэ. Сорох ааҕыынан 40-ча, сорох ааҕыынан 70-ча киһи. Мантан ыла: «Сахалар бирисээгэни, бирикээһи үчүгэйдик толороллор», - диэн, анны ааспыт ХХ үйэ устатын тухары армияҕа сулууспалатан, сэриилэргэ кытыннаран барбыттара кырдьык. Часовойдар ытыалаһыыларын нөҥүө күнүгэр Кэҥкэмэҕэ Бондалетовтааҕы тутууну, туту кэмигэр Бондалетов телохранителэ утарсаары гыммытын ытан кэбиһиини кэлин К.М. Катрус ахтыытыгар үчүгэйдик суруйбута. Ол ахтыы билигин ЯНЦ архивыгар баар. П.А. Бондалетов кэлин даҕаны биһиги республикабыт байыаннай-политическай олоҕор кыттыыны ылбыта. Ол курдук 1922 сыл бастакы аҥарыгар Саха сирин кыһыл сэриилэрин кылаабынай штабыгар начальник этэ. Маҥнай П.Ф. Савлукка, онтон К.К. Байкаловка. Туох үтүөтүнэн анаммыта биллибэт.


Варгасов Михаил Иванович

[уларыт]

(1895 – биллибэт)

М.И. Варгасов 1924 сыллаахха Читаҕа 5-с Армия трибуналыгар сууттанарыгар 29 саастааҕа. Подполковник. Ыраахтааҕы армиятыгар подпоручик, Үрүҥ Армияҕа – подполковник. 1895 сыллаахха Акмолинскай уобалас (Казахстан) Петропавловскай куоратыгар төрөөбүт. Кэргэннээх эбит. Рабочайдартан төрүттээх. Подполковник М.И. Варгасов 1922-23 сылларга Пепеляев генерал дружинатыгар холбоһон Саха сиригэр кэлбитэ. Амма Солобуодатын ылан баран Пепеляев Варгасовы Амма уонна Чурапчы икки ардыларынан ыыппыта. Варгасов сахалар кыра партизанскай этэрээттэрин хомуйан 110 саллааттаах батальон тэрийбитэ. Варгасов этэрээтин сыала диэн Чурапчытааҕы Курашов этэрээтэ Ракитин уонна Пепеляев этэрээттэригэр кэтэхтэриттэн саба түспэтин хааччыйыы этэ. Варгасов этэрээтэ төһө да сотору кэминэн ыһыллан хааллар бу сорудаҕы маҥнай утаа үчүгэйдик толорбута. Пепеляев Аяҥҥа чугуйбутун кэннэ Варгасов эмиэ чугуйбута. Вострецов этэрээтэ Пепеляевы бэриннэрэригэр Варгасов посредник буолбута. Ол аата Варгасов Вострецовка көмөлөспүтэ. Ол үтүөтэ аахсыллыбыт буолуон сөп. Варгасов подполковник кэлиҥҥи дьылҕата биллибэт. (Борьба за установление и упрочение Советской власти в Якутии. Документы и материалы. Часть 2, книга 2, с. 300-315, Якутск, 1962).


Вишневскай Е.К.

[уларыт]

(олоҕун сыллара биллибэт)

Генерал-майор Е.К. Вишневскай артиллерийскай генерал этэ диэн суруйоллара. Колчак сэриилэригэр Сибирскэй армияҕа штаб начальнигынан сылдьыбыт. 1922-23 сылларга генерал-лейтенант А.Н. Пепеляев дружинатыгар киирэн Саха сиригэр сэриинэн киирбиттэрэ. Дружинаҕа элбэх полковниктары уонна подполковниктары кытары үс генерал баара – Пепеляев, Ракитин уонна Вишневскай. Генерал-майор Вишневскай сэриилэрэ Саһыл Сыһыы, Абаҕа, Билиистээх эҥэрдэригэр сылдьыбыттара, сэриилэспиттэрэ. Пепеляевщина хотторбутун кэнниттэн генерал Вишневскай Харбиҥҥа этэҥҥэ төннүбүтэ. Эмиграцияҕа олорон 1922-23 сылларга Саха сиригэр табыллыбатах походтарын туһунан 1933 сыллаахха «Аргонавты белой мечты» диэн интэриэһинэй кинигэни суруйбута. А.Н. Пепеляев улахан уола В.А. Пепеляев ол сылларга Вишневскайга ыалдьыттыы кэлэ сылдьан бу кинигэни бэлэх ылбыта. Бу кинигэ ахтыылар быһыытынан «Полярная звезда» сурунаал 1996 с 4-5 №-гэр бэчээттэммиттэрэ. («Илин» сурунаал, 6 №-рэ, 2005 с., 46-59 стр.).

Галибаров Юсуп Гайнуллинович

[уларыт]

(олоҕун сыллара биллибэт)

Галибаров Ю.Г. кимтэн-хантан төрүттээҕэ, хаһан төрөөбүтэ биллибэт. В.И. Пестерев «Амга в вихре гражданской» кинигэтигэр суруллубутунан кини 1904 сыллаахха ыраахтааҕы армиятыгар сулууспалаан баран эргиэнинэн-атыынан дьарыгырбыт. Алдан – Маайа улууһугар эргиммит, онно олорор нэһилиэнньэҕэ олус улахан сабыдыалламмыт. Байбыт-кыаҕырбыт. 1921 сыл атырдьах ыйыгар Дьокуускайтан күрээбит военспец-офицердар кинини бэйэлэрин диэки тардыбыттар. Инньэ гынан Ю.Г. Галибаров үрүҥ повстанчествоны Саха сиригэр тэрийбит дьонтон биирдэстэринэн буолан тахсыбыта. Повстанчество кэнниттэн пепеляевщина да кинини тумнубатаҕа сэрэйиллэр. Ю.Г. Галибаров омугунан татар этэ. Сахатыйбыт татар эбит буолуохтаах. Ааспыт ХХ үйэҕэ, 1982 сыллаахха Амматтан сылдьар биир 60-ча саастаах киһи сэһэнинэн Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии иннинэ Галибаровы биир Бэс Татаар диэн киһи арыгылаан баран кыыһырсан быһаҕынан анньан өлөрбүт. Ол Бэс Татаар уруккута кыһыл партизан эбит. Ол иһин буруйу-сэмэни ылбатах. Бу сэһэн кырдьык буоллаҕына, оччолорго урут сэбиэскэйи утарса сылдьыбыт дьоҥҥо сыһыан олус хаҕыс уонна кырыктаах эбит дииргэ сөптөөх. Ю.Г. Галибаров олоҕун туһунан сиһилии сэһэн суох. Ол эрээри кини бэйэтин кэмигэр киэҥник биллэ-көстө сылдьыбыт киһи эбит.


Геллерт Болеслав

[уларыт]

(биллибэт – 1919 сыл бүтүүтэ)

Ханна төрөөбүтэ биллибэт. Омугунан поляк диэн суруйаллара. Политсыльнай. Эсердэр партияларыгар сылдьыбыт. Областной Совет сэриилэригэр дружинаны, этэрээти хамаандалаабыт. Колчак былааһын эһиигэ кыттыыны ылбыт. Г.В. Никифоров – Манньыаттаах Уолун атаһа эбит. Аверинскай атыыһыт дьиэтэ умайбыт кэмигэр Манньыаттаах Уолугар ыалдьыттыы олорбут. Элбэх дьон мустан, аалыҥнаһан иһэллэрин Манньыаттаах Уола муодарҕаабытыгар Геллерт: «Гаврил Васильевич! Ити эйигин тутаары, өлөрөөрү иһэллэр! Куот!» - диэбит. Дьэ, онуоха Манньыаттаах Уола куоппут (С.П. Колосов оччолордооҕу событиелары көрбүт дьон кэпсээнин ахтыытыттан). Колчак былааһын суулларыы кэнниттэн сэбиэскэй былааһы олохтооһун буолан эрдэҕинэ Геллерт Саха сирин Кыһыл Армиятын командующайа буолбут. Сотору кимнээх эрэ Геллери кыыллыы өлөрөн кэбиспиттэр. Ол туһунан бэркэ аһыйан: «Хаарыаннаах кыһыл командиры өлөрбүттэр!»- диэн хаһыакка суруйбуттара эбитэ үһү. Оччолордооҕу ынырык быһыыны истибит, онтон бэркиһээбит-кэлэйбит Колосов С.П. маннык сэһэргиирэ: «Геллерт олус күүстээх киһи эбитэ үһү. Кыайыахпыт суоҕа диэн албыннаан соҕотох кэлбитин хаһыа да буолан өлөрөн баран икки хараҕын оннугар ынах муостарын батары анньан баран Эт Баһаарын иннигэр илин диэки хайыһыннаран олордон кэбиспиттэрэ олус ыныгыра дииллэрэ. Ама да Геллерт буолбутун иһин!» - диэн. Оччолордооҕу кэм дьоно олус да хабыр, кырыктаах эбиттэрэ мантан көстөр. Б. Геллерт туһунан сэбиэскэй кэмҥэ үчүгэйи тугу да суруйбатахтара. Арыгы, самогон оҥорооччу, бандьыыт аҥардаах киһи этэ диэн.

Гнездилов Сергей

[уларыт]

(аҕатын аата уонна олорбут сыллара биллибэт) Колосов Семен Петрович ахтыытынан

С. Гнездилов Пепеляев генерал дружинатын враһа эбит. Олус үчүгэй врач уонна киһитинэн да үчүгэй киһи эбит. Ол иһин 1914 сыл саҥатын диэки Читаҕа буолбут 5-с Армия трибунал суутугар кини сууттамматах, аата да суох. Сергей Гнездилов идэтэ да саамай гуманнай идэ буоллаҕа. Пепеляев генерал дружинатыгар олус үчүгэй враһы анаан ыллаҕа. Пепеляевщина хотторбутун кэнниттэн С. Гнездилов Саха сиригэр хаалбыта. Доруобуйа харыстабылын наркомунан, бастакы наркомунан Маралаахха турбут С.М. Михайлов командирдаах Якнарревдот экспедиционнай этэрээтин враһа, 1922 сыл кулун тутар 2 күнүнээҕи Амма Солобудатын штурмалаан ылыыга холобур буолар хорсун быһыыны оҥорбут, уруккута ыраахтааҕы армиятын байыаннай враһа, Нөмүгү нэһилиэгин ыччата, Саха киһитэ И.К. Скрябин (1890-1925) үлэлиирэ. Бу иики үтүөкэн врачтар – сахалаах нуучча бастыҥ дьоно үчүгэйдик билсибит буолуохтаахтар. Уонна оччолорго Т.Е. Сосин эмиэ киэҥник биллэр киһи этэ. С. Гнездилов 20-с уонна 30-с сыллар ыпсыыларыгар Бүтэйдээх балыыһатыгар враһынан үлэлээбитэ. Историк-краевед, 20-с сылларга биллибит дьону сырдатааччы, бу строкалары суруйбут киһи Колосов И.С. аҕатын ол кэмҥэ сэллик ыарыыга хаптарбытын, үөрэнээччини, ааттаспытын-көрдөспүтүн иһин Сергей Гнездилов кымыһынан эмтээн үтүөрдүбүт. Ол аата сэллиги кымыһынан эмтээһини Саха сиригэр Сергей Гнездилов саҕалаабыт эбит. 30-с сыллар саҥаларыгар кини Бүтэйдээххэ, балыыһаҕа үлэлиир нуучча дьахтарын кэргэн ылбыт уонна соҕуруу барбыт. Хос быһаарыы: Краевед К.К. Родионов этэринэн Гнездилов Сергей Константинович диэн эбит.


Дегтярев Василий Петрович

[уларыт]

(1898-1986)

Бороҕон улууһугар төрөөбүтэ. Кыра үөрэхтээх. Сэбиэскэй былаас маҥнайгы тэриллиитигэр ревкомҥа үлэлээбит. Онтон ыалдьан уурайбыт. 1921-22 сс. үрүҥ повстанчествоҕа салалталарын күһэйиитинэн милиция начальнигынан үлэлээбит. Ол эрээри хабыр быһыыны оҥорботох. Харабыллааһыҥҥа, бэрээдэги көрүүгэ-истиигэ сылдьыбыт.

1922-23 сс. пепеляевщинаҕа күһэйии-ыҥырыы күүһүнэн кылгас кэмҥэ этэрээтин былырыыҥҥы байыастарын хомуйан оҥорбут. Ол кэмҥэ Г.Д. Нога командирдаах этэрээт кэлэн куоппуттар. Онтон кылгас кэмҥэ К. Неустроев – Саҕынньах Уолун уонна А.А. Рязанскай этэрээттэригэр сыстан сылдьан баран тарҕаспыттар. В.П. Дегтярев повстанчествоҕа уонна пепеляевщинаҕа кылгас кэмҥэ сылдьыталаабыта олоҕун устатын тухары эрэйгэ-муҥҥа тиэрдибитэ. В.П. Дегтяревы репрессия сылларыгар хаайан, Эһэ-Хайа лааҕырыгар эрэйи-муҥу көрдөрбүттэрэ. Чахчы даҕаны эрдээх хорсун санаалаах киһи буолан онтон ордубута. Саамай үчүгэйэ диэн бэйэтин кэнниттэн «Санаам сыыһатын була иликпин» диэн бэртээхэй ахтыытын хаалларбыта «Илин» сурунаал 2000 с 1№-гэр тахсыбыта. В.П. Дегтярев элбэх ыччаттары хаалларбыта. Онон, кинини саха чаҕылхай дьонноруттан биирдэстэринэн ааҕыахха сөптөөх.

Дитерихс Михаил Константинович

[уларыт]

(1874-1937)

Генерал А.Н. Пепеляев уонна Саха сирин үрүҥ повстанческай хамсааһынын лидердэрэ 1922 сыллаахха элбэхтик үҥпүт-сүгүрүйбүт киһилэрэ. М.К. Дитерихс Россияҕа биллибит байыаннай династияттан төрүттээҕэ. Генерал-лейтенант. Нуучча-япон 1904-05 сс. сэриитин уонна бастакы аан дойду сэриитин кыттыылааҕа. Бастакы аан дойду 1914-18 сс. сэриитигэр Соҕуруулуу-Арҕааҥы фронт генерал-квартирмейстерэ. Дивизия хамандыыра буола сылдьан, Македонияҕа Салоникскай фроҥҥа 1917 сыл бэс ыйыгар диэри сылдьыбыта. Онтон Ставкаҕа Корниловка уонна Духониҥҥа эмиэ генерал-квартирмейстер буола сылдьыбыта. 1918 сыллаахха Чехословацкай мятежка кыттан чех генерала Я. Сыровойга штаб начальнигынан буолбута. Онтон атын чех генерала Гайда (Гейдль) армиятыгар сылдьыбыта, Гайда армиятыттан уурайан баран Колчак Сибирскэй армиятын хамаандалаабыта. Илиҥҥи фронт командующайын эбээһинэһин толоро сылдьыбыта. I Сибирскэй армияны хамаандалааһыны генерал-лейтенант А.Н. Пепеляевка биэрбитэ. 1919 сыл тохсунньу 17 күнүгэр Колчак Николай II ыраахтааҕыны большевиктар өлөрүүлэрин сэлиэстийэлээһини генерал Дитерихскэ сүктэрбитэ. Дитерихс туруорсуутунан сэлиэстийэни опыттаах следователь Н.А. Соколовка сүктэрбиттэрэ. Соколов «Убийство царской семьи» диэн кинигэни суруйбута кини эмиграцияҕа олорон 1924 сыллаахха өлбүтүн нөҥүө сылыгар бэчээттэммитэ. Следователь бу кинигэтин матырыйааллара М.К. Дитерихс большевик лидердэрин преступлениеларын туһунан суруйбут икки кинигэлэригэр эмиэ киирбиттэрэ. Генерал-лейтенант М.К. Дитерихс 1922 сыл атырдьах ыйыгар «Единоначальный правитель и воевода земской рати» диэн сололоммута. ДВР диэн буфернай республики салайааччыларын дуоһунастарын салҕааччы буолбута. Сотору советскай сэриилэр бу буфернай государство курдук республиканы сэриилээн ылбыттара. Дитерихс үрүҥ Приморье сэриилэрэ үлтүрүтүллүбүттэрин кэнниттэн Китайга эмиграциялаабыта. Кини эмиграцияҕа олорон 1937 сыл алтынньы 8 күнүгэр Шанхайга өлбүтэ.

(«Илин» сурунаал, 6 №-рэ, 2005 сыл, 59 с.)

Ефимов Георгий Семенович

[уларыт]

(1892-1960 с кэнниттэн)

Г.С. Ефимов 1892 с. Верхоянскай улууһун I Дьуһаал (билиҥҥинэн Дулҕалаах) нэһилиэгэр баай ыалга төрөөбүтэ. Реальнай училищены Дьокуускайга, Томскай университет юридическай факультетын 1916 сыллаахха бүтэрбитэ. Революция иннинэ үрдүк үөрэҕи бүтэрбит аҕыйах сахалартан биирдэстэрэ. Революция кэнниттэн сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар диэри Саха сирин общественнай-политическай олоҕор активнай кыттыыны ылбыта. В.В. Никифоров-Күлүмнүүрү, Г.В. Ксенофонтовы, Р.И. Оросины, А.Д. Широкиҕы, В.И. Новгородовы уо.д.а. кытта биир кэккэҕэ сылдьыбыта. П.А. Ойуунускай салайбыт бастакы советскай правительствотыгар үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын холбоһуктаах отделын (наркоматын, министерствотын) салайбыта. М.К. Аммосовы, И.Н. Бараховы, С.М. Аржаковы уо.д.а. кытта бииргэ эҥэрдэһэн үлэлээбитэ. 1921 сыл алтынньыттан автономияны ылыы комиссиятын биир саамай эппиэттээх чилиэнинэн үлэлээбитэ. Ол элбэх архив матырыйаалларыгар ахтыллар. Автономияны туруорсууга соҕуруу барса сылдьыбыта. Онно элбэҕи биллэҕэ-көрдөҕө, иһиттэҕэ. Төннөн иһэн тоҕо эрэ үрүҥ повстанчество салалтата баар сиригэр Чурапчыга барбыта. Тоҕо оннук гыммыта баччааҥҥа диэри таабырын. ОГПУ анал сорудаҕынан, повстанчество салалтатын ыһар-тоҕор сыаллаах барбыт буолуон сөп дииргэ оруннаах. Дьыала табыллыбатаҕар ОГПУ Ефимов дьылҕатыгар сапсыйан кэбиспит буолуон сөп. Хаһан да үспүйүөн, диверсант, резидент дьылҕата оннук. 1922 сыл саас Чурапчыга Г.С. Ефимовы ВЯОНУ председателинэн быыбардаан кэбиһэллэр. 1922 сыл муус устарга Г.С. Ефимов уонна В.А. Коробейников Охотскайдаан хаалаллар. Г.С. Ефимов Саха народнай поэта М.Д. Ефимов абаҕата. Кини сэһэнинэн Г.С. Ефимов 1960 сыллаахха диэри тыыннааҕа, нуучча дьахтара ойохтооҕо, 2 кыыс оҕолооҕо үһү.

Ефимов Афанасий Спиридонович – Ыбырыан Уола

[уларыт]

(1901-1980)

А.С. Ефимов 1901 сыллаахха Элгэс улууһун (билиҥҥитэ Абый улууһа) Арыылаах нэһилиэгэр биллэр атыыһыт С.Ефимов – Ыбырыан Атыыһыт кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кини ийэтэ Верхоянскай улууһугар биллэр интеллигент Новгородовтартан төрүттээҕэ. Верхоянскай оскуолатын бүтэрэн баран Дьокуускайга реальнай училищены бүтэрбитэ. Бииргэ төрөөбүт хаһыалар да этилэр, ол иһигэр үс бырааттыылар этэ. Убайа – кыһыл партизан, советскай хаһаайы стыбаннай үлэһит Иннокентий Спиридонович 1938 сыллаахха репрессияламмыта. Быраата Владимир Спиридонович – биллиилээх чекист этэ. Булуҥҥа 1930 сыллаахха үрүҥнэр тобохторун эһиспитэ. Бүлүүгэ эмиэ ОГПУ линиятынан кытаанах дьаһаллары толорбута биллэр. Афанасий Спиридонович 22 саастааҕар 1923 сыллаахха Пепеляев генерал Хотугу улуустарга боломуочунайынан сылдьыбыта. 1923 сыл кыһын Верхоянскай куораты осадалаан олорбут үрүҥнэри салайбыта. Онно убайа уонна ийэлээх аҕата куорат иһигэр кыһыллары кытта бииргэ хаайтаран олорбуттара. Оттон быраата Дьокуускайга баар эбит. Пепеляевщина хотторбутун кэннэ Советскай былааска киирэн тупсууга амнистияламмыта. Сотору кини Россияҕа көспүтэ, кэргэннэммитэ. Инньэ гынан 1927-28 сылларга П.В. Ксенофонтов хамсааһыныгар хабыллан репрессияламмакка тыыннаах хаалбыта. Крымҥа Симферополь куорат олохтооҕо буолбута. Кыыстаах уол оҕоломмуттара. Төрөөбүт улууһун чиэстээн, ахтар буолан уолун Эльгест диэн ааттаабыта. Экономист идэтин баһылаабыта. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар подпольщик буолан Ийэ дойдутун көмүскээбитэ. Афанасий Спиридонович биир, көнө сүрүннээх, төрөөбүт сахатын норуотун дьиҥнээх патриота этэ. Өксөкүлээх Өлөксөйгө олус ытыктабыллаахтыкт сыһыаннаһарын оччолордооҕу саха ыччата кумирдарыгар олус да бэриниилээх эбит диэн сыаналыахха сөп. А.С. Ефимов 1980 сыллаахха Симферополь куоракка олорон өлбүтэ. Саха норуотун биир бастыҥ патриот уола олоҕун төрөөбүт дойдутуттан ыраах түмүктээбитэ.

Жарников Михаил

[уларыт]

(олоҕун сыллара биллибэт)

Саха сиригэр 1921-22 сс. үрүҥ повстанчество өрө күөдьүйэн тахсан гражданскай сэрии буолбута. Манна төрүөтүнэн саҥа олохтоммут сэбиэскэй былаас аатыттан үрдүкү былаас органнарыгар олорбут И.П. Редников, Г.И. Шергин, Г.И. Лебедев, А.В. Агеев, А.Г. Козлов уо.д.а. олохтоох нэһилиэнньэҕэ хабыр-кырыктаах сыһыаннара – тарбахтан эмэн таһаарыллыбыт араас «саагыбардар», продразверстка, чекистэр үүнэ-тэһиинэ суох барыыларын босхо ыытыылара уо.д.а. буолбуттара. 1921 сыл атырдьах ыйын 19 күнүгэр Дьокуускайтан 9 урукку военспецофицердар бултуу бардыбыт диэн ааттаан илин диэки күрээбиттэрэ. Кинилэри корнет В.А. Коробейников салайбыта. Бу офицердар Дьокуускай куорат гарнизонугар, губвоенкомакка уо.д.а. үлэлииллэрэ. Кинилэр туох биричиинэнэн күрээбиттэрэ күн бүгүнүгэр диэри биллибэт. Офицердары кытта Дьокуускай гарнизонуттан биир красноармеец М. Жарников күрэспит. Михаил Жарников оччолордооҕу кыһыл саллааттарын курдук, олох эдэр киһи эбитэ буолуохтаах, бука 1898-1901 сыллар диэки төрүөх буолуон сөп. Дезертир-красноармеец М. Жарников үрүҥнэргэ улахан дьоҕурдаах-талааннаах командир буолан Г.О. Каратаев этэрээтин Чурапчы-Төҥүлү-Дьаартаҥ биэрэгэ туһаайыытынан үтүрүйэн аҕалбыта. Г.О. Каратаев дойдутугар – соҕуруу балтараа сыл кэриҥэ үрүҥ армияҕа саллаатынан сылдьыбыт эбит. Онон урукку үрүҥ саллаатын урукку кыһыл саллаата баһыйан тахсыбыт. Сорох даннайынан М. Жарников дьаһалынан 1922 с. Үнүгэттигэ Н. Попову – Иирбит Ньукууһу тыыннаахтыы уоттаабыттар эбит. М. Жарников, баҕар үрүҥнэргэ барбытын улаханнык кэмсинэ сырыттаҕына, Н. Попов – Иирбит Ньукуус улаханнык кыыһырдыбыт буолуон эмиэ сөп. М. Жарников кэнники дьылҕата биллибэт.

Земфиров Николай Владимирович

[уларыт]

(1893 – биллибэт)

Н.В. Земфиров (Занфиров) Владикавказ куорат дворяннарыттан төрүттээҕэ. 1924 с. 31 саастааҕа. Орто үөрэхтээҕэ. Ыраахтааҕы армиятыгар капитан, үрүҥ армияҕа – капитан званиелааҕа. Кэлин, 1920 с. эргин Советскай былааска – Кыһыл Армияҕа военспец буолбута. Дьокуускай куоракка территориальнай батальоҥҥа делопроизводителинэн үлэлии сылдьан, атын даннайынан Дьокуускайдааҕы театрга үлэлии сылдьан В.А. Коробейниковтааҕы кытта 1921 сыл атырдьах ыйын 19 күнүгэр илин диэки бултуу бардыбыт диэн төрүөтүнэн күрээбиттэрэ, үрүҥ повстанческай хамсааһыны төрүттээбиттэрэ. (Борьба за установление и упрочение советской власти в Якутии. Часть 2. Книга 2, с. 301 и 315, Якутск, 1962). Н.В. Земфиров Коробейников командующайдаах саха повстанческай армиятыгар 1921-22 сылларга штаб начальнигынан сулууспалаабыта. Сүрүннээн Чурапчыга олорон штабтарын үлэлэппиттэрэ. Н.В. Земфиров 1922 сыл кулун тутарга ВЯОНУ тэриллэригэр эмиэ кыттыыны ылбыта уонна Пепеляевка холбоһон команднай дуоһунастарга сылдьан кини Саха сиригэр походугар кыттыыны ылбыта диэн оччолордооҕу УК 60 ст. буруйдаабыттара. Кэлиҥҥи дьылҕата биллибэт. Аата ахтыллыбат. К.К. Байкалов өлүөн иннинэ суруйбут, билигин ЯНЦ архивыгар баар ахтыытыгар Н.В. Земфиров Каландарашвили этэрээтин тоһууругар билиэн түбэспит икки дьахталлартан биирдэстэрин ойох ылбыта диэн бэлиэтээн аһарбыт. Ол дьахтар биллиилээх кыһыл командир И.Л. Карпель буолуон сөп курдук. Бу дьахталлар тустарынан сэһэн элбэх – сурукка да, норуот сэһэнигэр да. Н.В. Земфиров уустук дьылҕалаах, туһугар бэлиэ личность эбит.

Канин Илья Филиппович

[уларыт]

(1896-1928)

И.Ф. Канин Мэҥэ улууһун Тулагы нэһилиэгин киһитэ. Сахатыйбыт нуучча киһитэ. Бастакы аан дойду сэриитин кыттыылааҕа. Унтер-офицер эбит быһыылаах. 1921 с. атырдьах ыйын саҕана Дьокуускайтан военспец офицердар күрүүллэригэр Уус-Маайаҕа, Петропавловскайга баар эбит. Онон, үрүҥ повстанчество саҕаланыаҕыттан активнай кыттыыны ылбыт. Пепеляевщинаҕа кыттыыны ылбыта биллибэт. 1924-25 сс. «Тоҥустар восстаниеларыгар» кыттыыны актвнайдык ылбыт. Кыра этэрээти хамаандалаабыт. 1925 с. сааһыары Строд этэрээтин кытта ытыалаһыыга хотторон билиэн бэриммит. Кыра этэрээтин кытта. Ол кэмҥэ кини этэрээтин уонна Кыһыл Армия командирын уонна байыастарын кытта бииргэ былааһан-булкуһан сылдьан түспүт хаартыскалара баар. Илья Канин Семен диэн убайа эмиэ үрүҥ повстанчество командира. Семен Канин Марха туһаайыытынан, Бүлүүнэн, Верхоянскайынан, атын да хотугу улуустарынан сылдьыбыт биллэр командир. Кэлин Америкаҕа эмиграциялаабыт. Илья Канин 1927-28 сс. П.В. Ксенофонтов хамсааһыныгар кыттыыны ылбыта биллибэт. Ол гынан баран 1928 с. кинини «Ксенофонтовщинаны» хам баттаатылар диэн репрессиялаан өлөрбүттэр эбит.


Канин Семен

[уларыт]

(олоҕун сыллара биллибэт)

С. Канин хаһан, ханна төрөөбүтэ биллибэт. Сорох даннайынан Канин Илья диэн эмиэ биллэр үрүҥ командирын убайа, Тулагы-Киллэм олохтооҕо, нуучча. Ыраахтааҕы армиятыгар сулууспалаабыт. Саха сиригэр 1921-22 сс. повстанчество бүтүүтүгэр штабс-капитан дуу, штабс-ротмистр дуу буолбут, Охотскайга олорбут Бочкарев атамаантан ылбыт курдук сорохтор ахталлара (М. Холмогоров). С. Канин 1921-22 сс. үрүҥ повстанчествоҕа олус киэҥник сылдьыбыт. Маҥнай Марха, Тулагы-Киллэм, Нам эргин сылдьыбыт. Онтон 1922 сыл кулун тутар-муус устар ыпсыыларын эргин В.А. Коробейников дьаһалынан С. Канин, К. Никифоров, Суздалов уонна бырааттыы Сметаниннар этэрээттэрэ Кэбээйи нөҥүө Бүлүүгэ барбыттара. Барыларын С. Канин түмэн салайбыт. Барыта холбоон 300-400 үрүҥ повстанецтар Бүлүү куоратын осадалаабыттара. Сайын борокуотунан Строд экспедиционнай этэрээтэ кэлэн Бүлүү куоратын босхолообутун кэнниттэн үрүҥнэр ыһылланнар, Канин аны Верхоянскай улууһугар куоппута. Верхоянскайга С.Т. Новгородов этэрээтин кытта холбоһон бараннар сотору улаханнык иирсэн арахсыбыттара. С. Канин илин диэки куоппута. Абый, Муома, Халыма эргин сылдьан баран, сотору Америкаҕа куоппута, эмиграциялаабыта. Кэлиҥҥи дьылҕата биллибэт.


Коробейников Василий Андреевич (Алексеевич)

[уларыт]

(1893-биллибэт)

В.А. Коробейников 1893 с. Качуг (Киренскай) сэлиэнньэтигэр төрөөбүт. Сыылкаҕа кэлбит дьон ыччаттара бу туһунан билигин Красноярскай архивыгар (КГБ) Семенов Г.Л. ахтыытын сүнньүнэн Винокуров П.П. билиһиннэрбитэ. Вяткаттан төрүттээх мещаннартан – аҕабыт уо.д.а. сыдьааннаах. Г.Л. Семенов Коробейниковы: «исключительно честный человек» диэбит, кылгастык. Кэргэнэ суох, Дьокуускайга бэргэһэлэммэтэх ойохтооҕо үһү. Пепеляев дружинатыгар Осведомительнай отделга Сибирскэй Областной Думаттан сылдьыбыт Г. Грачев маннык ахтыытыгар суруйбут: «…Здесь же находились партизаны Якутской области со своим командующим, корнетом Коробейниковым, - производящим впечатление отчаянного мальчика. Всего партизан было человек 150, преимущественно якуты…» («Илин», 2005, №6, с. 51). Историческай наука доктора, профессор Г.Г. Макаров «Северо-Восток России в 1921-1922 гг.» диэн Дьокуускайга 1996 с. тахсыбыт кинигэтигэр 26-27 страницаларга маннык суруйбут: «В.А. Коробейников – выходец из вятских мещан, родился в 1893 г., окончил 6 классов Сарапульского реального училища и прослушал пять семестров ветеринарной школы. В сентябре 1912 был призван на военную службу на правах вольноопределяющегося I разряда и зачислен в 15-й драгунский переяславский полк. В 1913 г. окончил курс полковой учебной команды и произведен в младшие унтер-офицеры. С июля 1914 г. мобилизован в армию. Служил взводным унтер-офицером, вахмистром эскадрона. Награжден Георгиевскими крестами четырех степеней, орденом святой Анны с надписью «За храбрость». В 1917 г. окончил Николаевское военное кавалерийское училище. С начала гражданской войны, с 1918 г. – активный белогрвардеец, в январе 1920 г. под Нижнеудинском был взят красными в плен. Провел несколько месяцев в тюрьме в Иркутске и амнистированный вышел из тюрьмы, принят на работу в Иркутском военкомате. В мае 1920 г. его как военного специалиста командировали в Якутск. Работал ветеринарным фельдшером Якутского гарнизона в качестве делопроизводителя в мобилизационном отделе губвоенкомата, участвовал в комиссии по борьбе с дезертирством в красных частях и комиссии по закупке лошадей для Красной Армии». Мантан көстөрүнэн, В.А. Коробейников бэлиэ личность эбит. Үрдүкү званиелаах офицердары баһыйан кыайа-хото туппут, саха интеллигеннэрин кытта ыкса чугаһаспыт. ВЯОНУ тэриллэригэр үлэлэспит. Алын чыыннаах офицер диэтэххэ тэрийэр улахан дьоҕурдаах, хорсун-хоодуот киһи эбит. Кэлиҥҥи дьылҕата биллибэт. Аймахтара өтөрдөөҥҥө диэри бааллара үһү.


Кириллов Иван Геннадиевич

[уларыт]

(1906-1928)

И.Г. Кириллов 1906 с. Арҕаа Хаҥалас улууһугар баай ыалга төрөөбүтэ. Аҕата Геннадий Иванович Кириллов Арҕаа Хаҥалас улууһун бүтэһик кулубата этэ. Г.И. Кириллов Ксенофонтов В.Н. кэргэнин быраата этэ. И.Г. Кириллов үөрэхтээх, сыты-хотуу эдэр киһи 20-с сыллар биллэр событиеларыгар кыттан испитэ. Ол курдук, 1922 с. кулун тутар саҥатыгар П.М. Крылов диэн кыһыл командир Покровскайтан II Дьөппөҥҥө баран оҥорбут «Образцовай карательнай рейлэтин» кэнниттэн Арҕаа уонна Илин Хаҥаластарга тэриллибит хас да үрүҥ повстанческай этэрээттэртэн биирдэстэрин командирынан буолбута, кини оччолорго 16 саастааҕа. Ханнык сэриилэргэ кыттыбыта 1922 с. бэй ыйын 9-10 күннэригэр буолбут Арҕаа Хаҥалас Төхтүрүн сэрииттэн атыннарын билбэппит. Амнистияҕа киирэн бэриммит. Пепеляевщинаҕа кыттыбатах. 1927-28 сылларга буолбут П.В. Ксенофонтов хамсааһынын тэрийсибит активнай кыттыылааҕа. Өктөм интернатын аһын илдьэ баран Павел Васильевичтан мөҕүллэн салалтаттан ууратыллыбытын туһунан кэлиҥҥи сылларга суруйбуттара. Иван Геннадиевич Кириллов Семен Михайлович Михайлов – Чемаикинскайы Ксенофонтов хамсааһыныгар агитациялаан киллэрбит киһинэн буолуон сөп быһыылаах. Хамсааһын иннинэ аҕай М.К. Амосов дьаһалынан Владивостоктан көмүс хостуур массыына саппаас чааһын булан аҕалбыттарын туһунан 1999 с. историк-краевед Е.Е. Скрябин Хаҥалас улууһун хаһыатыгар суруйбута. И.Г. Кирилловы «ксенофонтовщина» дьыалатынан ОГПУ ытан өлөрбүтэ. 1999 сыллаахха реабилитацияламмыта, аата ыраастаммыта.

Корнилов Михаил Федорович

[уларыт]

(1888-1942)

М.Ф. Корнилов саха аар-саарга аатырбыт күүстээх дьонуттан биирдэстэрэ. Кини 1888 с. Өлүөхүмэҕэ төрөөбүтэ. Дьадаҥы дьон оҕолорун баай дьон иитэн оҕо гыммыттар эбит. Ол дьон кинини үөрэттэрбиттэр, атыыга-эргиэҥҥэ сыһыарбыттар. Россияҕа, Кииҥҥэ курдук силовой гимнастиканан, атлетизмынан дьарыгырбыт. Кини Россияҕа эбитэ буоллар Клеменц Буль курдук бөҕөс тахсыаҕа хаалбыт быһыылаах. Ол гынан баран М.Ф. Корнилов греко-римскэй тустууга буолбакка, төрөөбүт Сахатын сиригэр уонна Сибииргэ курдаһан тустууга аатырбыт. Кимиэхэ да хотторботох. Иркутскай диэкиттэн кинини кыайаары аат ааттаан кэлэн нуучча, татаар уо.д.а. омук ааттаахтара кэлэн хотторон бараллар эбит. Өссө эрдэ туохха эрэ түбэһэн Иркутскайга хаайыыга сытан олус улахан, күүстээх кытай бухарыыра Сибииртэн талыллыбыт бөҕөстөрү тулуппакка Москваҕа, Питергэ тиийэ барар сыаллаах сылдьарын хотон бүтүн Россияны спортивнай чиэһин өрүһүйбүтэ диэн сэһэн хаалбыт. М.Ф. Корнилов повстанчествоҕа уонна пепеляевщинаҕа кыттыбатаҕа. Кинини 1927-28 сс. сымыйанан уорбалаан хаайан ГУЛАГ лааҕырыгар ыыппыттара. Онтон кини Е.Е. Старостины, С.К. Старостины кытта 1931 с. Финляндияҕа күрээн быыһаммыта. 1939-40 сс. «Кыһыҥҥы сэриигэ» уонна 1941 с. кинини доҕотторун кытта, сааһырбыт, 50-тан лапа тахсыбыт киһини Финляндия армиятыгар саллаатынан ылбыттара. Онно кини 1942 с. Лапландияҕа Ивало дэриэбинэҕэ өлбүтэ. Саха бухатыыра Финляндия көҥүлүн көмүскэһэ сылдьан итинник охтубута.


Кырелов Афанасий Саввич

[уларыт]

(1891-1970)

Билиҥҥинэн Сунтаар улууһун II Дьаархан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Норуот эмчитэ, улуу булчут, оһуокайдьыт, уус тыллаах бастыҥа, былыргыны билээччи үтүөтэ киһи эбитэ үһү. Саха биллиилээх дьонугар В.В. Никифоров – Күлүмнүүргэ 20-с сыллар саҕана, М.С. Иванов – Багдарыын Сүлбэҕэ 60-а сыллар бүтүүлэригэр информатор буолан историяҕа киирэр кыра-кыра сэһэн-кэпсээннэри этэн суруйтарбыта. Маннык түбэлтэ фольклору хомуйуу историятыгар олох сэдэх буолуо. А.С. Кырелов 1921-22 сс. повстанчествоҕа сылдьыбыта. Ону сорох сэһэнинэн П.Т. Павлов этэрээттэрин аһатарга булчутунан сылдьыбыт диэн эбит. А.С. Кырелов ааттаах күүстээх киһи эбит. Аарыма эһэ саба түспүтүн быһаҕынан кыайбыт, көмүскэнэн куйахатын саба тардан кэбиспитин илиитинэн имэринэн көннөрбүт. Ааттаах ытааччы эбитэ үһү. А.С. Кырелов тоталитарнай режимҥэ тостубатах, кырдьыгы куттаммакка этэр идэлээх эбит. Быыбар кэмигэр, кырдьан баран, 60-с сыллар саҕана үҥкүү тыла эппитэ сэһэҥҥэ сылдьар: «Хомуньуустар хойдоннор Хобдох олох буолла, дьэ, Бассабыыктар баһылааннар Бардам олох буолла, дьэ!» - диэн. Онон кинини улахан хорсун киһи эбит диэххэ наада. Майгыта-сигилитэ мааны этэ диэн билэр-истэр дьон этэллэрэ баар суол. Кини повстанчествоҕа сылдьыбытын быһыытынан сэбиэскэй кэмҥэ сээн диэбэтэхтэр. Ону ол диэбэккэ Афанасий саввич олох олорон ааспыт.


Куликовскай Петр Александрович

[уларыт]

(1871-1923)

Ханна төрөөбүтэ биллибэт. Уҥа эсер. Санкт-Петербурдааҕы городской училищеҕа учууталлыы сылдьыбыта. 1903 сыллаахха революционнай үлэтин иһин Саха сиригэр Уус-Маайа селотугар сыылкаҕа ыытыллыбыта. 1904 сыллаахха сайын онтон күрээн Каляев-Моисеенко-Савинков эсердэр партияларын боевой тэрилтэлэригэр киирбитэ. Боевик Каляев 1904 сыл олунньу 2 күнүгэр дэлбит тэптэрэн өлөрбүт улуу кинээстэрин Сергей Александровиһы кэтээн көрөөччү буолбутун иһин ыйаан өлөрөргө бириигэбэрдэммитэ. Онтон тутуллууттан куотан Москваҕа градоначальник граф Шуваловы кабинетыгар өлөрбүтэ. Ол иһин эмиэ ыйаан өлөрөргө бириигэбэрдэммитэ. Ыраахтааҕыттан көрдөспүтүн иһин 15 сыл хаатыргаҕа ууруллубута. 1911 сыллаахха Саха сиригэр Сунтаарга көскө кэлбитэ. Ойоҕо, икки оҕото Санкт-Петербурга эрэйи-кыһалҕаны көрөн олорбуттара. Куликовскай Громовтар торговай фирмаларыгар үлэлээбитэ. Якутскайга олрон спектакллары туруоруунан дьарыгырбыта, олохтоох ыччат ортотугар авторитет ылбыта. Н.Г. Чернышевскайга памятник туруоруутугар инициатор буолбута. Сахалары кытта Томскайга Сибирь областниктарын Съеһигэр кыттыыны ылан кэлбитэ. 1920 сыллаахха Областной продовольственнай комитет боломуочунайа буолбута. 1921 сыллаахха күһүн повстанчествоҕа холбоспута. 1922 сыллаахха күһүн С.П. Попову кытта Харбиҥҥа генерал Пепеляевы Саха сиригэр ыҥырбыта. Пепеляевтан «Управляющий Якутской области» диэн дуоһунаһы ылбыта эрээри улахан үлэни ыыппатаҕа. 1922 сыл кулун тутар 2 күнүгэр Байкалов маневреннай бөлөҕө Амма Солобуодатын штурмалаан ылбыта. Куликовскай билиэн тутуллан баран морфийы иһэн өлбүтэ. Урукку террорист-революционер олоҕо итинник түмүктэммитэ. («Илин» сурунаал, 2005 сыл 6 №-рэ, 59 с.).


Клингоф Диодор Федорович

[уларыт]

(олоҕун сыллара биллибэт)

Д.Ф. (Филиппович) Клингоф ханна төрөөбүтэ, олоҕун сорох түгэннэрэ биллибэт. Эсер. Областной Совет уонна Колчак былааһын саҕана Дьокуускай куорат милициятын начальнига. П.А. Бондалетов командующайдаах Областной Совет сэриилэрэ Рыдзинскай этэрээтин кытта сэриилэһиилэригэр Клингоф эмиэ кыттыыны ылбыта, кинилэрдиин куоппута. Колчак былааһыгар милиция начальнига буолан олорон Ойуунускайы, Амосовы, Бараховы, Аржаковы уо.д.а. тутан хаайыыга угууга уонна соҕуруу сыылкаҕа ыытыыга Клингоф эмиэ кылааты киллэрбитэ. Уопсайынан, Д.Ф. Клингоф диэн олус имигэс сүрүннээх субъект эбит. 1920 сыллаахха анны бу Д.Ф. Клингоф сэбиэскэй былааска, губчекаҕа сотруднигынан киирэр. Туох үтүөтүн иһин, кимнээх кинини бу маннык ыарахан содуллаах буолуохтаах эппиэтинэстээх үлэҕэ ылбыттара биллибэт. Областник, колчаковец, чекист Д.Ф. Клингоф 1920 сыллаахха «Оросин саагыбарын» арыйар. Бу атырдьах ыйыгар этэ. Саха бастыҥ интеллигеннэрэ, национальнай интеллигенциябыт лидердэрэ В.В. Никифоров-Күлүмнүүр, Р.И. Оросин, Г.В. Ксенофонтов, В.И. Новгородов-Чинэкэ курдук бастыҥ дьоммут ытылларга ууруллан баран ону бигэргэтиллэ Иркутскайга ыытыллаллар. Ону анарааҥҥылар «революция үс сыла туолбутунан» амнистиялаан кэбиһэллэр. Өссө олус улахан үлэлэргэ үлэлэтэллэр. Бу кэнники санаан көрдөххө иһэ истээх, ыраахтан ыллыктаах дьыала эбит быһыылаах. Онон, Д.Ф. Клингоф курдук икки атахтаахтар оҥорбут оҥоһуулара, хомойуох иһин, элбэх. Клингоф кэлиҥҥи дьылҕата биллибэт.

Лукин Василий Осипович – Бааска Луукун

[уларыт]

(1901-1981, эбэтэр 1983)

Лукин В.О. 1901 сыллаахха Мэҥэ улууһугар Бүтэйдээххэ төрөөбүтэ. Аҕата баай киһи. Бииргэ төрөөбүт убайа – Кузьма Осипович Гаврилов 1918 сыллаахха «Холбос» потребобществоны тэрийбитэ. Бүтэйдээх оскуолатын бүтэрбитэ. Өр сылларга учууталлаабыта. Билиини биэрэр, үчүгэй учуутал этэ диэн оччолорго киниэхэ үөрэммит дьон ахталлар эбит. Үчүгэй ырыаһыт эбитэ үһү: «Мы молодая гвардия, рабочих и крестьян» диэн ырыаны олус үчүгэйдик ыллыыра, куйуһутан ырыаһыт киһи этэ», - диэн Колосов С.П. ахтан аһарбыта. 1921-22 сс. повстанчество кыттыылааҕа. Бүтэйдээх штабыгар олорон үлэлээбит. Повстанчество хотторон автономиянан тупсуу буолбутугар амнистияланан учууталлыы олордоҕуна Пепеляев генера иһэрэ иһиллибит. Кэлин 1973 сыллаахха суруйбут ахтыытыгар ахтан аһарбытынан киниэхэ – урукку повстанец диэн биир Самуил Баишев диэн Пепеляев агитацияҕа ыыппыт киһитэ иһитиннэрбит уонна: «Холбос!», - диэбит. В.О. Лукин бэрт кистэлэҥинэн уонна ыксалынан Дьокуускайга куотан ону тыллаабыт. Якнарревдокка киирэн С.М. Михайлов экспедотрядыгар разведка начальнигын солбуйааччы буолан пепеляевщинаны үлтүрүтүспүтэ. Ол туһунан олус үчүгэй ахтыыны суруйан хаалларбыта билигин ЯНЦ архивыгар баар. Онон, улахан махталлаах дьыаланы оҥорбута. Ол кэнниттэн 1930 сыллаахха Боссоойкону эһиигэ сылдьыбыт. Аҥаар хараҕын доруобунньугунан тэһэ ыттарбыт. В.О. Лукин кэлин советскай былааска уһуннук, таһаарыылаахтык үлэлээбит-ииппит.


Поручик Масюков

[уларыт]

(олоҕун сыллара биллибэт)

Охотскайга дугуйданан олорбут Бочкарев атаман офицера поручик Масюков (Мосяков эмиэ диэн суруйаллара) 1922 сыл олунньуга үрүҥ этэрээтин хамаандалаан Верхоянскай куораты ылсыбыта. Бочкаревтар монархистар буолан Саха сирин түүлээҕин халыыр-талыыр эрэ баҕалаахтара. Ол иһин боломуочунай офицердарын Саха сирин хотугулуу илин улуустарыгар хото ыыппыттара. Чурапчыга ВЯОНУҕа чилиэнинэн кинилэртэн суолтатыгар эрэ Сентяпов диэн уҥа эсер бара. Монархист-бочкаревтарга Саха сирин көҥүлэ наадата суоҕа. 1922 сыл ыам ыйыгар Бочкарев киһитэ капитан Хапилин кэлбитэ. Кэлээт Верхоянскайга Бочкаревтан ыытыллыбыт муҥур тойон буоларын биллэрбитэ. Түүлээҕи Бочкаревка ыытар сыаллааҕын-соруктааҕын билиһиннэрбитэ. Бочкарев дьоно иккиэ буолбуттара. Маны Верхоянскай олохтооҕо, үрүҥ этэрээтин саха командирдарыттан биирдэстэрэ С.Т. Новгородов олох сөбүлээбэтэҕэ. Кини монархистары өлөрдүү абааһы көрөрө, ВЯОНУҕа биллэрэ барбыта. Онтон 1922 сыл атырдьах ыйыгар төннүбүтэ. Кэлээт Ыыстаах диэн сиргэ Масюков поручик түүлээҕи Бочкаревка ыытаары олорорун истэн онно барбыта. Түүнү быһа Мосякову түүлээҕи ыыппатыгар ылыннара сатаабытын биирдэрэ олох ылымматаҕа. Сарсыарда С.Т. Новгородов Мосякову ытан кэбиспитэ. Түүлээх Бочкаревка барбатаҕа. ВЯОНУ киэнэ диэн буолбута. Биллэрин курдук 1922 сыллаахха үрүҥ командирдарын, войсковой старшина (подполковник) Кадыкову Чурапчыга, Н.Ф. Дмитриевы Арҕаа Хаҥаласка, К.Х. Никифоровы Кэбээйигэ бэйэлэрин дьоно өлөртөөбүттэрэ. Манна өссө Мосякову Верхоянскайга өлөрбүттэрин эбэн биэриэххэ наада.

Михайлов Семен Михайлович – Чыамайыкинский

[уларыт]

(1898-1928)

С.М. Михайлов 1898 с. Илин Хаҥалас улууһун Чыамайыкы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кыра сааһыгар тулаайах хаалан баай абаҕатыгар эдьиийинээн Балбааралыын иитиллибиттэрэ. 1920 с. Чыамайыкы насревкомун чилиэнэ буолбута. Чекист Караванов Ф.И. нэһилиэгин дьонун кырыктаахтык тутаары-хабаары гыммытыгар ытыалаһыыга кинини өлөрөннөр үрүҥ повстанчествоҕа холбоспута. Кылгас кэм иһигэр үрүҥнэр бастыҥ бойобуой командирдарынан буолбута. Ол гынан баран эйэлээх нэһилиэнньэҕэ, билиэннэйдэргэ кыыллыы сыһыаннаспатаҕа, оннук быһыыны таһаарбыта биллибэт. 1922 с. атырдьах ыйыгар автономиянан сибээстээн этэрээтин киллэрэн сааларын-сэптэрин уран биэрбиттэрэ, амнистияламмыттара. Пепеляев генералы утары Якнарревдотка бастакынан сурутан рота командира буолбута. 1922 с. тохсунньу-олунньу ыйдарга Маралах диэн сиргэ 150-ча байыастаах Якнарревдот экспедиционнай этэрээтин хамаандалаан Пепеляев генерал Иркутскайга быһа барарын бүөлээн олорбута. Олунньу бүтүүтэ Бүтэйдээххэ Байкалов маневреннай бөлөҕөр кэлэн холбоһон Пепеляев сэриилэрин үүрүүгэ активнай кыттыыны ылбыта. Сорох сэһэнинэн С.М. Михайлов Билиистээх алааһыгар Дед Курашов маневреннай бөлөҕүн Пепеляев тоһууруттан өрүһүйбүтэ биллэр. Пепеляевщинаны үлтүрүтүү иһин ЯЦИК үрүҥ көмүс знагынан наҕараадаламмыта. Бойобуой Кыһыл Знамя ордеҥҥа түһэрбиттэрин куһаҕан санаалаах үҥсүүк дьон бэрдэрбэтэхтэрэ биллэр. 1924-25 сс. «Тоҥустар восстаниеларын» тупсуһуннарыыга-тохтотууга эмиэ сылдьыбыта. 1923-27 сс. Алдаҥҥа кыһыл көмүһү хостооһуҥҥа күүскэ үлэлээбит. «Труд» диэн сахалар старательскай артыалларын үлэлэппит. 1927-28 сс. П.В. Ксенофонтов хамсааһынагар кыттыыны ылан суорума суолламмыта. 1999 с. реабилитацияланан үтүө аата тиллибитэ.

Михайлов Семен Ильич – Кырсаан Уола

[уларыт]

(1894-1928)

Кини 1894 сыллаахха Арҕаа Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгэр төрөөбүт. Үөрэхтээх, билиилээх киһи эбит. Убайа – Власий Ильич Михайлов диэн киэҥник биллибит учуутал, 20-с уонна 30-с сыллар ыпсыыларыгар Мэҥэ улууһун Бүтэйдээҕэр учууталлаабыт. Семен Ильич 1921-22 сс. үрүҥ повстанчество кыттыылааҕа, кыра этэрээти хамаандалаабыт. Кини онно холбоспут төрүөтүнэн 1922 с. кулун тутар саҥатыгар – Н.А. Каландарашвили тоһуурга түбэһэн өлүөн иннинэ аҕай П.М. Крылов (кэлин – 1922 с. бэс ыйын 9 күнүгэр Төхтүр сэриитигэр өлбүтэ) диэн кыһыл командир Покровскайтан II Дьөппөн нэһилиэгэр баран 20-чэ туох да буруйа суох дьону «образцовый карательный рейд» диэн ааттаан харса суох кыргыыта буолбут. Онно Крылов этэрээтин дьоно мас эрбии турар дьону, өйбөҥҥө сүөһү уулата турар оҕонньору, оскуола учууталын, таҥара дьиэтигэр үлэлиир аҕабыты, офицер уолун кытары уо.д.а. өлөртөөбүттэрэ нөҥүө күнүгэр бүтүн улус үрдүнэн иһиллэн дьону аймаабыт. Бу түбэлтэ үргүлдьү Н.Ф. Дмитриев – Кэлэҕэй Дмитриев, Г.А. Афанасьев – Суон Кинээс Сиэнэ, Е.Е. Старостин – Тоҕорууса (1931 с. ГУЛАГ лааҕырыттан үһүө буолан Финляндияҕа күрээбиттэрэ), И.Г. Кириллов, С.И. Михайлов – Кырсаан Уола үрүҥ этэрээттэри тэрийэллэригэр уонна кыһыллары утары туруналларыгар төрүөт буолбута. Манны барытын Покровскай куорат музейын архивыгар Н. Гордеев ахтыытыттан буолуохха сөп. С.И. Михайлов нөҥүө сылыгар Пепеляев генералы утары Якнарревдот кыһыл этэрээтин биир бастыҥ командирынан буолбута. С.М. Михайлов – Чемаикинскайы кытта бииргэ сылдьыбыта. С.И. Михайлов – Кырсаан Уола 1927-28 сс. П.В. Ксенофонтов хамсааһыныгар активнай кыттыыны ылбыта, өлбүтэ. 1999 с. реабилитацияламмыта.

Никифоров Гаврил Васильевич – Манньыаттаах Уола

[уларыт]

(1871- биллибэт)

Илин Хаҥалас улууһугар Тыыллыма нэһилиэгэр баай кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Эдэр сааһыттан атыынан-эргиэнинэн дьарыктанан ХХ үйэ саҥатыгар, революция иннигэр, Саха сирин саамай баай дьонноруттан биирдэстэринэн буолбута. Атыыһыттыырын тэҥинэн киэҥ далааһыннаах общественнай үлэлэн, меценатствонан дьырыгырбыта. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн баһылыга этэ. Сэбиэскэй былааһы хайҕаан, уруйдуу көрсүбэтэҕэ. 1917 сыллаах Олунньутааҕы ревоюцияны да үөрэ-көтө көрсүбүтэ биллибэт. 1919 сыл ахсынньыга (оннооҕор Иркутскай киинэ) Дьокуускайга Колчак былааһа суулларыллыбыта. Сэһэн быһыытынан, переворот саҕаланыыта Аверинскай атыыһыт дьиэлэриттэн биирдэстэригэр түүнүн баһаар буолбут. Онно элбэх киһи мустубут. Сыыйа ол мусту улаатан миитинтэн переворокка кубулуйбут. Областной Совет саҕана Д.Ф. Клингор солбуйааччыта (милиция солбуйааччы начальнига) эсер Б. Геллерт Манньыаттаах Уолугар ыалдьыттыы олорбут. Дьиэлээх хаһаайка уулуссаҕа уот умайар сырдыгар элбэх дьон мустан кинилэр диэки иһэллэрин түннүгүнэн көрөн: «Туох буолла?»,- диэн ыйыппыт. Онуоха Геллерт: «Революция буолла! Эйигин тутан өлөрөөрү иһэллэр! Гаврил Васильевич, куота оҕус»! – диэбит. Манньыаттаах Уола бэрт ыксалынан, түргэнник куоппут (С.П. Колосов оччолордооҕу событиелары билэр дьон сэһэнинэн ахтан аһарбытынан). Г.В. Никифоров омук сиригэр эмиграциялаабыта. Дойдутуттан тэйэн олорон 1922-23 сылларга пепеляевщинаны өйөөбүтэ. Ол иһин сэбиэскэй былаас кинини кыр өстөөҕүнэн ааҕан, уһун сылларга үтүө тылынан аҕыннарбатаҕа. Манньыаттаах Уола омук сиригэр олорон өлбүтэ. Олоҕун эмиграцияҕа ааспыт кэрдиис кэмнэрэ биллибэт.


Никифоров Конон Христофорович

[уларыт]

(1890-1922)

Үрүҥ повстанчествоҕа биир киэҥник биллибит командир К.Х. Никифоров 1890 с. Уус-Маайаҕа төрөөбүтэ. Аҕата Уус Маайа, ийэтэ – I Амма улууһун Дьоҥку нэлиэгин дьоно эбитэ үһү. К. Никифоров түөрт оҕолоох, булдунан дьарыктанар, сахалыы олохтоох киһи эбит. Абаҕата алта оҕолоох, насревком председателэ эбит. Үрүҥ повстанчество саҕаланыытыгар үрүҥнэр абаҕатын тутан хаайан кэбиспиттэр. Өлөрөөрү олордохторуна быраата Куонаан Никифоров кэлэр. Элэ-была тылын этэн көрдөспүтүн: «Биһиэхэ холбоһон саллаата буолар буоллаххына абаҕаҕын ыппаппыт. Холбоспот буоллаххына – ытабыт! Өрөпкүөм өлүөхтээх!», - диэбиттэр. Абаҕатын өлөртөрүмээри Куонаан үрүҥнэргэ холбоһор. Дьиҥинэн, сөбүлээбэт эрээри: «Абаҕабын быыһаабаккабын санаа кулута буолан үйэм тухары кэмсинэ сылдьыахпын баҕарбаккабын холбоһобун!», - диэбитэ үһү. К. Никифоров 1922 с. кыһын-саас Нам, Марха туһаайыыларынан сэриилэспит. Чурапчыга ВЯОНУ арыйбыт унтер-офицерскай оскуолаларын кылгас болдьоххо үөрэнэн бүтэрбит курдук. Куонаан Никифоров саамай санаата алдьаммыт, кыһылларга өстөммүт төрүөтүнэн 1922 с. кулун тутарга Д.Е. Пшенников диэн кыһыл командир Харыйалаах (Ельник) диэн сиргэ 10 саха ыалын олоччу кыргыбытын көрбүтэ буолар диэн сэһэн хаалбыт. Гражданскай сэрпии диэн оннук кырыктаах, аһыныгаһа суох буолууну көбүтэр сэрии буоллаҕа. Онтон сотору К. Никифоровы уонна С.Ф. Канины үрүҥ повстанчество салалтата Бүлүүгэ ыытар. Онно К. Никифоров үрүҥнэр биир саамай кытаанах командирдарынан биллэр. К Никифоровы 1922 с. сайын бэйэтин саллаттара өлөрбүттэрэ. Онон кини бастаанньаҕа кыттыа да суохтаах киһи кыттыбыт эбит.

Николаев Степан Иванович – Сордоҥ Тоҥус

[уларыт]

(олоҕун сыллара биллибэт)

С.И. Николаев – Сордоҥ Тоҥус Алдан-Маайыскай улууһун киһитэ. Омугунан эбэҥки. Аатырбыт-сураҕырбыт бэргэн ытааччы. Сордоҥ Тоҥус диэн ааты кини, арааһа, оҕо эрдэҕиттэн булду бэргэнник ытарынан, туттара-хаптара хапсаҕайынан ылбыт буолуон сөп. С.Н. Николаев 1921-22 сс. үрүҥ повстанчество, 1922-23 сс. Пепеляевщина активнай кыттыылааҕынан биллэрэ. Кини повстанчествоҕа Майскай этэрээт кэккэтигэр сылдьыбыт. 1922 с. саас Илин эҥэринэн, Арҕаа эҥэринэр, үрүҥнэр Соҕурууҥҥу Бөлөхтөрүгэр Ленскэй авангарднай этэрээтинэн сылдьыбыт чинчилээх. Ханнык кыргыһыыларга хайдах сылдьыбыта, ханна-хайдах уһулуччу биргэн ытыылары оҥорон аатырбыта биллибэт. 1922 с. бэй ыйын бүтүүтэ Мэҥэ улууһун II Мөҥүрүөн нэһилиэгин Биэ Өлбүт сайылыгар 500-600 үрүҥ саллааттара Николаев – Киэҥ Ыстаан салалтатынан тохтоон-түмүллэн ааспыттарыгар Сордоҥ Тоҥус баар биллэр. Кини үрүҥ повстанчествоҕа боростуой саллаат эбит, быһыыта. Аатырбыт ытааччынан киэҥник биллибит-сураҕырбыт. Нөҥүө сылыгар Пепеляев генералга холбоһон 50-60 саха, тоҥус саллааттардаах этэрээти хамаандалаабыт. Маралах туһаайыытынан С.М. Михайлов экспедиционнай кыһыл этэрээтин утары сылдьыбыт. Ол сылдьан Сордоҥ Тоҥус С.М. Михайловтаахха билиэн тутулла сылдьыбыт. Кэнники дьылҕата биллибэт. 1924-25 сс. «Тоҥустар восстаниеларыгар» уонна 1927-28 сс. П.В. Ксенофонтов хамсааһыныгар кини аата ханна да ахтыллыбат.

Николаев – Киэҥ Ыстаан

[уларыт]

(олоҕун сыллара биллибэт)

Кини Саха сиригэр төрөөбүт нуучча дуу, татаар дуу киһитэ. Кини оннооҕор аата чуолкай биллибэт – ардыгар М.В. Николаев, П.А. Николаев, Муратов диэн ахтыллар. Николаев – Киэҥ Ыстаан идэтинэн сибээс үлэһитэ эбит. 1921-22 сс. үрүҥ повстанчествоҕа урукку ыраахтааҕы дуу, Колчак дуу офицера буолан үрүҥнэр күүстээх, улахан этэрээттэрин салайбыт. Байыаннай талааннаах, дьоҕурдаах хамандыыр буоларын дакаастаан көрдөрбүт. Киэҥ Ыстаан 1922 с. кыһын Манньыаттаах Уолун олоҕор үрүҥнэр улахан штабтарын салайбыт. Ол сылдьан саамай улаханнык биллиитэ – 1922 с. кулун тутар 6 күнүгэр Н.А. Каландарашвили штабын тоһуурга кыдыйыыны салайыыта буолар. Ол кэнниттэн үргүлдьү Тиит Арыыга тохтообут И.П. Мизин хамандыырдаах ГПУ дивизиона элбэх сааны-сэби, ботуруону илдьэ иһэригэр сибээс надсмотрщига буолан кубулунан тиийбит. Көмөлөһүннэрэ диэн биэс красноармееһы ылбыт. Олортон иккилэрэ эрэ төннүбүттэр. 1922 с. бэс ыйын бүтүүтэ 500-600 үрүҥ повстанеһы салайан Майанан, Биэ Өлбүтүнэн, Бүтэйдээҕинэн Аммаҕа чугуйбут. Кэлиҥҥи дьылҕата биллибэт. 1921-22 сыллар ыпсыыларыгар кини Охотскайга буолбут бассабыыктары утары охсуһар күүстэр улахан мунньахтарыгар А.А. Рязанскай уонна кини кыттыыны ылбыттар эбит. Ол мунньах боротокуолун 1965 с. Өймөкөөҥҥө булбуттарын краевед С. Егоров бэчээккэ таһаарбыта.


Новгородов Василий Иннокентьевич – Чинэкэ

[уларыт]

(1897-1941)

Саха норуотун чаҕылхай уолаттарыттан биирдэстэрэ В.И. Новгородов – Чинэкэ 1897 сыллаахха Верхоянскай улууһугар үөрэхтээх интеллигент дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Верхоянскай куорат оскуолатын бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы реальнай училищены бүтэрбитэ. Олох эдэр эрдэҕиттэн төрөөбүт сахатын норуотун дьиҥнээх патриота буола иитиллэн тахсыбыта. Олунньутааҕы революцияны, норуоттар олохторугар сырдык ыра сана туолуутун күнэ тахсыбытын курдук үөрэн-көтөн көрсүбүтэ. 1920 сыллаахха кини «Саха аймах» культурнай-сырдатар общесвтоҕа үлэлии сылдьыбыта. Уруккута Областной Совет, онтон Колчак милициятын начальнигынан Дьокуускайга үлэлээбит киһи 1920 сыл атырдьах ыйыгар «Оросинскай саагыбар» диэни арыйбыт аатырар. «Саха аймаҕы» сабаллар. Саха оччотооҕу интеллигенциятын лидердэрин В.В. Никифоровы, Г.В. Ксенофонтовы, Р.И. Оросины, В.И. Новгородовы тутан ытарга уураллар уонна ону бигэргэттэрэ Иркутскайга ыыталлар. Ону анарааҥылар революция үс сыла туолбутунан амнистиялыыллар уонна олус улахан үлэлэргэ үлэлэтэллэр. В.И. Новгородов онно сылдьан учуутал үөрэҕин бүтэрэр. 1926-27 үөрэх дьылыгар Чыамайыкы нэһилиэгэр кэргэннэнэн олус үчүгэйдик, олохтоохтор өйдөрүгэр-санааларыгар хаалар гына учууталлыыллар. Кэргэнэ Анна Ивановна Павлова Арҕаа Хаҥалас Нөмүгүтүттэн төрүттээҕэ. Биир кыыс оҕолоохторо. В.И. Новгородов Ксенофонтов хамсааһыныгар кыттыбатаҕа. Кинилэр соҕуруу Крымҥа көһөн олохсуйбуттара. Сэрии иннинэ дуу, саҕаланыытыгар дуу В.И. Новгородовы НКВД үлэһиттэрэ тутан хаайыыга ыыппыттара. Василий Иннокентьевич ГУЛАГ лааҕырыгар масс кэрдиитигэр сылдьан 1941 сыл эргин өлбүтэ. В.И. Новгородовы тутууларыгар кэлин Венгрия Народнай Республикатын компартиятын генеральнай секретарын Матиас Ракоши ойоҕо Ф.Ф. Корнилова-Ракоши быһаччы сыһыаннаах дииллэрэ оруннаах. Сорохтор көмүскээһиннэрин үрдүнэн.

Новгородов Павел Трофимович – Баабал Ноҕуруодап

[уларыт]

(олоҕун сыллара биллибэт)

Верхоянскай улууһугар төрөөбүтэ. Кини Семен Трофимович Новгородов бииргэ төрөөбүт убайа. Павел уонна Семен Новгородовтар Верхоянскай улууһугар киэҥник биллибит, нэһилиэнньэ ытыктабылын ылбыт Новгородовтартан төрүттээхтэр. Иккиэн бэйэлэрин кэмнэрин ирдэбилигэр толору эппиэттиир үөрэхтээх-билиилээх дьон. Павел Трофимович 1921-22 сылларга үрүҥ повстанчествоҕа уонна 1922-23 сылларга пепеляевщинаҕа активнай кыттыыны ылбыта, обургу үрүҥ этэрээтин хамаандалаабыта. Кини этэрээтигэр дьон саамай күүстээҕин-кыахтааҕын, сырыыны-айаны кыайааччытын хомуйбута. П.Т. Новгородов 1924-25 сылларга «Тоҥустар восстаниеларын» саҕана Верхоянскай куораты сэриилээн ыларга холоммут этэрээти хамаандалаабыта. Онтон сотору Сэбиэскэй былааһынан автономиянан сибээстээн амнистияламмыта. 1927-28 сылларга П.В. Ксенофонтов хамсааһынын иннинэ аҕай кинини уонна быраатын С.П. Новгородовы кистэлэҥинэн өлөртөөбүттэрэ. Ол улаханнык биллибэккэ хаалбыта. Оччолорго сэбиэскэй былааһы утары улаханнык уонна уһуннук утарса сылдьыбыт дьону улаханнык сөбүлээбэттэрэ, итэҕэйбэттэрэ.


Новгородов Семен Трофимович – Сиэҥкэ Ноҕуруодап

[уларыт]

(олоҕун сыллара биллибэт)

Верхоянскай улууһугар сэниэ ыал кэргэнигэр төрөөбүтэ. Бэйэтин кэмин үөрэхтээх, киэҥ билиилээх-көрүүлээх дьонуттан биирдэстэрэ этэ. Норуокка Сиэҥкэ Ноҕуруодап диэн аатынан биллэрэ. Эсер эбитэ үһү. Олунньутааҕы революция кэнниттэн Верхоянскайдааҕы КОБ (Комитет общественной безопасности) солбуйааччы председателинэн үлэлээбитэ. 1921 сылга продовольственнай комитет комиссара эбит. 1921-22 сылларга үрүҥ повстанчествоҕа уонна 1922-23 сылларга пепеляевщинаҕа үрүҥ этэрээтин командирынан сылдьыбыта. С.Т. Новгородов 1922 сыллаахха сайын Верхоянскай улууһун түүлээҕин хомуйан бараары гыммыт офицер Масюковы өлөрбүтэ. Тупсуу кэнниттэн советскай былааска үлэлии сылдьыбыт быһыылаах. Кини ВЯОНУ диэки санаалааҕа. 1927-28 сылларга П.В. Ксенофонтов хамсааһынын иннинэ аҕай кинини уонна убайын анаан тэрээһиннээхтик өлөртөөн кэбиспиттэрэ. Убайа – П.Т. Новгородов эмиэ уруккута үрүҥ командира этэ. Онон бырааттыы Семен уонна Павел Новгородовтары өлөртөөһүҥҥэ кинилэр чугас аймахтарын буруйдууллара оруннаах. Семен Трофимович Новгородов саха норуотун историятыгар киирбит биир биллэр коллективнай хаартыскаҕа үйэтитиллэн турар. Ол 1912 сыл атырдьах-балаҕан ыйдарыгар Романовтар династияларын 300 сылыгар аналлаах сахалар съезтэригэр кыттыыны ылбыт дьон бөлөҕөр саамай инники эрээккэ С.Т. Новгородов хаҥастан иккис олорон хаартыскаҕа түһүспүт. Семен Трофимович Новгородовы төрөөбүт норуотун муҥура суох таптыыр патриот киһи эбит дииргэ оруннаах.


Павлов Петр Трофимович

[уларыт]

(1872-1930)

П.Т. Павлов быһа барыллааһынынан 1872 сыллаахха Хочо улууһун Мэйик нэһилиэгэр баай ыалга төрөөбүт. Кини аҕата – Трофим Васильевич Хочо улууһугар үөрэҕи тарҕаппыт дьонтон биирдэстэрэ. Убайа – Михаил Трофимович революция активнай кыттыылааҕа, меньшевик. Улахан өйдөөх киһи эбитэ үһү. Өссө сорох сэһэнинэн Петроградка большевиктар уонна меньшевиктэр мөккүөрдээх миитиннэригэр В.И. Ульянов-Ленин утарыта киирсиигэ кыайбыт курдук сэһэн баар эбит. П.Т. Павлов активнай общественник, баай, нэһилиэнньэ ортотугар улахан авторитеттаах киһи эбит. Кини Иркутскайдааҕы учуутал семинариятыгар үөрэммит, оччотооҕу кэм ирдэбилинэн улахан үөрэхтээх, киэҥ билиилээх киһи эбит. Дьадаҥы дьону улаханнык аһынар, өйүүр эбит. 1899 с. Хочо улууһун быыбарынай кулубата буолбут. 1921 с. Өлүөхүмэ уонна Бүлүү ОГПУ-тын боломуочунайдара, П.Т. Павлов, Т.В. Павлов, Л.Е. Крюков баайдарын бүтүннүү тутан ылаллар, чуумпурунан таһыйаллар. Л.Е. Крюков соҕотох уолун утарыласта диэн өлөрөллөр. Бу дьиикэй быһыы содулунан 1921-22 сылларга повстанчествоҕа П.Т. Павлов Хочо, Сунтаар улуустарыгар 5-6 50-чалыы киһилээх повстанческай этэрээттэри сомоҕолоон салайар командир буолар. Манна кини улахан тэрийэр уонна байыаннай дьоҕурун көрдөрөр. 1922 сыл сайын И.Я. Строд кэлэн П.Т. Павлов сэриилэрин үлтү сынньар кыаҕа суох буолан тупсууну – амнистияны тэрийэр. Бэл кини – Кыһыл Армия бастыҥ командира манна кэлэн повстанчествоны саа-сэп күүһүнэн буолбакка, дипломатия күүһүнэн тохтоторго күһэллибитэ. П.Т. Павлов улахан байыаннай талан эбитин көрдөрөр. П.Т. Павловы 1930 с. чекистэр, бултуу сылдьар киһини, саба түһэн өлөрбүттэрэ. Оннук ынырык кэм этэ. («Кыым», Н. Степанова, А. Борисова «Павлов бандьыыт этэ дуо?», 7-14.02.2008).

Пепеляев Анатолий Николаевич

[уларыт]

(1891-1938)

Генерал-лейтенант, 1891 сыллаахха Томскай куорат дворяннарын кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1908 сыллаахха Омскайдааҕы кадетскай корпуһу, 1910 сыллаахха Павловскай байыаннай училищены бүтэрбитэ. Кэргэннээҕэ, икки уол оҕолооҕо. 1914-18 сылларга бастакы аан дойду сэриитин кини маҥнай поручик званиелаах разведчиктар хамаандаларыгар начальнигынан саҕалаабыта. Ыраахтааҕы саҕана капитан, Керенскэй саҕана – подполковник буолбута. 1918 сыллаахха Томскайга А.Н. Пепеляев офицердары хомуйан-тэрийэн бастаанньалаабыт чехтэргэ «көмөлөһө» барбыта. Чехтэртэн 1-кы Среднесибирскэй корпус диэни тэрийэн Пермь куоракка салайбыта. Пермьҥэ «Бириэмэннэй Сибирскэй правительствоттан» уонна командующай Иванов-Рыковтан генерал-майор чыынын ылбыта. «Бириэмэннэй Сибирскэй правительствоны» эсердэр салайаллара. 1918 сыл атырдьах ыйыгар Пепеляев А.Н. корпуһа Франция, Англия, Америка уонна Япония представителлэрин көрсүбүтэ. «Бириэмэннэй Сибирскэй правительство» суулларыллыбыта. Былааһы Колчак 1918 сыл ахсынньы 18 күнүгэр ылбыта. Сыл бүтүүтүгэр Пепеляев Пермь куораты ылан албан аатырбыта. А.Н. Пепеляев Колчак былааһын саҕана генерал-майор буолбута. 1919 сыл бүтүүтүгэр кини сыпной тиибинэн ыалдьыбыта. Онтон сотору Колчак тутуллубута. Кинини кытта А.Н. Пепеляев убайа – Колчак правительствотын баһылыга бииргэ ытыллыбыттара. А.Н. Пепеляев Харбиҥҥа эмиграциялаабыта. Саха сириттэн киниэхэ Куликовскай уонна Попов кэлэн сэбиэскэй былааһы суулларарга ыҥырбыттарыгар 800-кэ доброволец офицердары уонна унтер-офицердары хомуйан дружина тэриммитэ уонна 1922-23 сылларга Саха сиригэр киирэн, улахан армия тэринэн Иркутскайга тиийэргэ уонна Сибииргэ сэбиэскэй былааһы суулларарга суоттаммыттара табыллыбатаҕа. 1924 сыллаахха Читаҕа 5-с Армия байыаннай трибунала кинини уонна ыкса соратниктарын ытарга ууран баран элбэх сыл хаайыынан солбуйбута. Генерал-лейтенант А.Н. Пепеляев 1938 сыллаахха ытыллыбыта. Ытыллыбытын кэнниттэн дьонун репрессияҕа түбэһиннэрбиттэрэ. (К.К. Байкалов. Статьи. Воспоминания, с. 139-215, Якутск, 1968).

Ракитин генерал-майор

[уларыт]

(олоҕун сыллара биллибэт)

Ханна, хаһан төрөөбүтэ, үөрэммитэ, сэриилэспитэ биллибэт. 1922-23 сылларга генерал-лейтенант Пепеляев сэриилэригэр баҕа өттүнэн киирэн Саха сиригэр кэлсибитэ. Пепеляев Ракитин генералы Охотскай – Өймөкөөн – Таатта – Чурапчы – Бороҕон – Дүпсүн – Төҥүлү эҥэрдэринэн дьайарга сорудахтаан ыыппыта. Ракитин соруга диэн сахалартан элбэх этэрээттэри вербовкалаан, Саха интеллигеннэрин тардан, ас-үөл хомуйан кыаллар буоллаҕына Чурапчыга кэлбит Е. Курашов улахан сэриилэрин үлтү сынньан, салгыы Дьокуускайга киирэргэ. В.В. Никифоров – Күлүмнүүр «Солнце светит всем» кинигэтигэр: «Пепеляев Ракитин байыаннай дьоҕуругар соччо эрэммэтэх, ол иһин киниэхэ көмөлөһүннэрэ Худояров полковнигы көмөҕө эбии ыыппыта. Бу кинилэр иккиэн ороспуойдуҥу хабааннаах дьон эбиттэр. Ракитин да, Худояров да Пепеляев эрэлин кыайан толорботохторо», - диэн суруйбут. Ракитиҥҥа саха тойотторуттан М.С. Шеломов саллаат вербовкалааһыҥҥа күүскэ көмөлөспүтэ. 1923 сыл олунньу 21 күнүгэр Ракитин генера Төҥүлү (оччолорго Мэҥэ дэриэбинэтэ диэн эбит) дэриэбинэтин ыларга холоммута табыллыбатаҕа. Пепеляевщина хотторон, саха интеллигеннэрэ өйөөбөккөлөр Ракитин сэриилэрэ ыһыллан хаалбыттара. 1923 сыл бэс ыйыгар Пепеляев Вострецов экспедиционнай этэрээтигэр бэринэригэр Ракитин билиэн бэринимээри бэйэтин дьаһаммытын туһунан биллэр. Онон, Ракитин сэбиэскэй сууттан куотан турар. Бу генералы тэҥинэн Пепеляевка Вишневскай диэн генерал-майор баар этэ.

Рахматуллин Гизатулла-эллэ Туллович – Боссоойко

[уларыт]

(1881-1930)

Рахматуллин Г.Т. – Боссоойко ханна төрөөбүтэ чопчу биллибэт. Сорохтор этэллэринэн (аймаҕа А.Ш. Рахматуллина) кини дьоно Мэҥэ улууһугар Сунтаартан кэлбиттэр. Боссоойко төрүт олоҕо – Мэҥэ улууһун I Мэлдьэхси нэһилиэгэ, Дьондоҕон (Дьондоҕор) алааһа эбитэ үһү. Кини кэргэннээҕэ, үс кыыс, икки уол оҕолооҕо, 1930 с. ОГПУ үлэһиттэрэ кинилэри барыларын кыыллыы өлөртөөбүттэрэ биир дойдулаахтарын өйдөрүгэр-санааларыгар хаһан да оспот бааһы хаалларбыта. Боссоойко туһунан перепись матырыйаалларын суруйааччы, бокуонньук В.В. Скрябин – Идэлги (1943-2007) булан, кини төрөөбүт сылын 1881 ааҕара сөп буолуохтаах. Оҕолорун, кэргэнин саастарын, ааттарын эмиэ чопчу билбит этэ. Г.Т. Рахматуллин – Боссоойко саха норуотун истоиятыгар бүтүн күүстээх киһи быһыытынан умнуллубаттык киирбитэ. Боссоойко бэйэтин кэмин чаҕылхай киһитэ этэ. Кини 1914-18 сс. империалистическай сэрии кыттыылааҕа. Биир дойдулаахтарын ахтыыларынан кини онтон майгыта-сигилитэ улаханнык алдьанан кэлбит. Боссоойко 1921-22 сс. үрүҥ повстанчествоҕа холбоспут төрүөтүнэн 1920-21 сс. Чыархаада бириискэтигэр Корякин диэн чекист олоҕо суох буруйдааһынынан хаайыыга уган сордообута-муҥнаабыта, атаҕастаабыта буолбут. Боссоойко пепеляевщинаҕа кыттыбатах. Ол оннугар 1924-25 сс. «Тоҥустар восстаниеларыгар» кыттыыны ылбыт уонна амнистияламмыт. 1927-28 сс. В.П. Ксенофонтов хамсааһыныгар Г.Т. Рахматуллин –Боссоойко активнай кыттыыны ылбыта. Онон, Боссоойко Саха Республикатын суверенитетын турууласпыт конфедералист. Стродтан көҥүллэтэн, тупсуу кэмигэр дьиэтигэр хас да хонон баран Дьокуускайга киирбитэ табаарыстарын хаайан кэбиспиттэрин билэн төттөрү төннөн тахсан тайҕаҕа саһан олордоҕуна икки сыл буолан баран булаллар. Чекистэр кинини дьонун, доҕотторун кытары суорута суоллабыттара. Боссоойко үтүө аата төннүөхтээх.

Эбии: Национальнай архив РС(Я) Поселенный список по 1-му Мельжахсинскому наслегу Мегинскому улусу. 1926-27 гг. Рахматуллин Гейзетулла глава 51 г Рахматуллина Латита жена 49 л Рахматуллин Курбакалий сын 16 л

                      невестка ?

Рахматуллина Алимадада дочь 20 л Рахматуллина Михадиза дочь 14 л Рахматуллина Езиппа дочь 12 л Рахматуллин Акиулла сын 9 л

Рейнгардт Август Яковлевич

[уларыт]

(1888 – биллибэт)

Рейнгардт А.Я. прибалтийскай немецтэртэн төрүттээҕэ. Лифляндскай губерния Юрьев куоратын мещаннарын кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кэргэннээҕэ, икки оҕолооҕо, орто үөрэхтээҕэ, партията суоҕа. Ыраахтааҕы армиятыгар капитан, үрүҥ армияҕа – полковник званиелааҕа. («Борьба за установление и упрочение советской власти в Якутии». Сборник документов и материалов. Часть 2, книга 2, с. 300, Якутск, 1962). Полковник Рейнгардт генерал-лейтенант Пепеляев дружинатыгар киирбитэ. Пепеляев дружинатын инники иһэр авангардын хамаандалаабыта. Үрүҥ Армияҕа кэлиэн иннинэ Кыһыл Армияҕа сулууспалыы сылдьыбыт курдук. Пепеляевка батальон командирынан Саха сиригэр кэлбитэ. Сэриилэһэ үөрүйэх, опыттаах командирдартан биирдэстэринэн биллибитэ. А.Я. Рейнгардт командирдаах Пепеляев инники иһэр авангарда 300-кэ байыастаах. 1923 сыл олунньу 2 күнүгэр Амма Солобуодатын штурмалаан ылбыта. Амма Солобуодатын гарнизона Сутарыхли уонна Баринов диэн кыһыллар биллэр командирдарын сатаҕай салалталарынан туох да улахан бэлэмэ суох олорбуттарын түмүгэр үлтү охсуллан куоппуттара. Рейнгардт полковник мантан кэлин Билиистээх сэриитигэр эрэ кыттыбыт буолуон сөп. Пепеляевы кытта бииргэ төттөрү чугуйбута. 1923 сыл бэс ыйыгар Кыһыл Армия чаастарыгар бэриммитэ. 1924 сыл тохсунньу-олунньу ыйдарга Чита куоратыгар 5-с армия трибуналын суутугар Пепеляевы уонна атыттары кытта сууттанан ытылларга ууруллубута. Ол бириигэбэри элбэх сылга хаайыыга ууруунан солбуйбуттара. Полковник А.Я. Рейнгардт кэлиҥҥи дьылҕата биллибэт.

Рязанскай Асклифеодот Афанасьевич – Аски Рязанскай

[уларыт]

(1898 – биллибэт)

А.А. Рязанскай 1898 с. Амма улууһун Соморсун нэһилиэгэр саха оччолордооҕу биир үөрэхтээх-билиилээх киһитин А.П. Рязанскай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата – А.П. Рязанскай 1 Амма улууһун бүтэһик кулубата. Аҕалыы-уоллуу оччолордооҕу кэминэн улахан үөрэхтээх дьон, бэйэлэрин икки ардыгар, Бэл, английскайдыы суруйсаллара үһү. А.А. Рязанскай фельдшерскай оскуоланы бүтэрбит. Идэтинэн төһө кэмҥэ үлэлээбитэ биллибэт. 1921-22 сыллар ыпсыыларыгар Охотскайга бассабыыктары утарар күүстэр улахан мунньахтарыгар кыттыыны ылбыта. Ол мунньах боротокуолун 1965 с. Өмөкөөҥҥө булбуттарын краевед С. Егоров аҕыйах сыллааҕыта бэчээккэ таһаарбыта. 1921-22 сс. үрүҥ повстанчествоҕа А.А. Рязанскай Лена эбэ сүнньүнээҕи үрүҥ этэрээтигэр штабка үлэлээбитэ. Ленскэй авангарднай этэрээккэ сылдьан байыастарыгар уонна хамандыырдарыгар биэрбит махталын бирикээскэ киллэрбитэ. Ол архивка баар. Алҕас ону ЧОН этэрээтин докумуоннарыгар киллэрэн кэбиспиттэрэ ордубут. Кыһыл этэрээтин штаба суруйбут бирикээһэ диэн. Буочара, суруга аккуратнайа сүрдээх эбит. 1922-23 сс. Пепеляевщинаҕа А.А. Рязанскай Ксенофонт Неустроев – Саҕынньах Уолун этэрээтигэр политругунан сылдьыбыт. Ол туһунан Уус-Алдантан В.П. Дегтярев ахтыытыгар «Илин» сурунаалга аҕыйах сыллааҕыта тахсыбыттааҕа. Ол аата үрүҥнэр эмиэ политруктаах эбиттэрэ көстөр. Пепеляевщина кэнниттэн А.А. Рязанскай омук сиригэр эмиграциялаабыта. Кэлин Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар олорбут. Кэргэннээх, уоллаах-кыыс оҕолоох эбит. Сорохтор суруйалларынан Өксөкүлээх «Ойуунун түүлүн» бастакынан английскайдыы тылбаастаабыт. Торсовай флот борокуотугар капитаннаабыт диэн эмиэ суруйбуттара. Саха сиринээҕи 20-с сыллар тустарынан ахтыы суруйбута АХШ ЦРУ архивыгар баар үһү диэн Винокуров Петр Петрович истибитин сэһэргээбитэ.


Семенов Гаврил Леонидович

[уларыт]

(1896-1972)

Г.Л. Семенов 1896 с. Тааттаҕа Баайаҕа сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Идэтинэн – учуутал. Ыраахтааҕы армиятыгар сулууспалаабыта, прапорщик. 1914-18 сс. бастакы аан дойду сэриитин кыттыылааҕа. Революцияны көмүскээбит. 1921-22 сс. үрүҥ повстанчество кыттыылааҕа. Үрүҥнэр улахан этэрээттэрин хамаандалаабыта. 1922 сыл кулун тутарга Эверстов заимкатын уонна бэс ыйыгар Никольскайга буолбут улахан сэриигэ, үрүҥнэр хотугу бөлөхтөрүн хотторуулаах сэриитигэр сылдьыбыта. Никольскайга бааһырбытын бастакы кэргэнэ – айылҕаттан айдарыылаах эмчит Л. Петрова быыһаабыта. 1922-23 ссылларга пепеляевщинаҕа П.И. Оросины уо.д.а. кытта бииргэ холбоһортон аккаастаан кэбиспиттэрэ. Г.Л. Семенов дьоҥҥо олус үчүгэй сыһыаннааҕын туһунан сэһэннэр бааллар. Өр сылларга таһаарыылаахтык учууталлаабыт. Ол иһигэр Баайаҕаҕа уонна Кириэс-Халдьаайыга оскуола директорынан үлэлээбит. 1938 сыллаахха репрессия кэмигэр тутан 10 сыл хаайыыга олордубуттара. Хаайыыттан тахсыбытын кэннэ Красноярскай кыраайга көскө ыыппыттара. Онно олорон 1972 сыллаахха өлбүтэ. Иккитэ хаста кэргэннэнэ сылдьыбыт. Кыыстаах уол оҕолорун атын ыаллар ииппиттэр. Оҕолорун ииппит дьоҥҥо ис сүрэҕиттэн махтанара үһү. (Д.В. Кустуров. Репрессия ыар тыына. Дьокуускай 1993). Саха сиригэр ааспыт үйэ 20-с сылларын событиеларын уонна биллэр личностарын олус үчүгэйдик билэр П.П. Винокуров истибитин-билбитин сэһэргээбитинэн Семенов Г.Л. ахтыылара Красноярскай куорат архивыгар, КГБ архивыгар баар үһү. Ахтыытыгар биллэр үрүҥ хамсааһын лидердарын, командирдарын олус интэриэһинэйдик суруйбут үһү.


Сметанин Дмитрий Семенович

[уларыт]

(1864-1931)

Д.С. Сметанин 1864 с. Орто Бүлүү улууһун Чачы нэһилиэгэр (билиҥҥитэ Кэбээйи улууһа) төрөөбүтэ. Кини убайа Дьөгүөр Сметанин нэһилиэнньэҕэ улахан авторитеттаах киһини кыһыллар тутан, хаайан эрэй бөҕөтүн көрдөрбүттэр. Д. Сметанин убайын кыһыллар атаҕастаабыттарын сөбүлээбэккэ үрүҥнэргэ холбоспут. К.Х. Никифоровка холбоспут. Д.С. Сметанин 1922 сыл саас Орто Бүлүүгэ Хампаҕа үрүҥнэр штабтарын начальнигынан олорбут. Сүрдээх сайаҕас, ыллам, ылыннарыылаах, ырыаһыт-тойуксут дьон киһитэ эбит. Майгы-сигили, чиэс-суобас диэни өрө туппут киһи эбитэ үһү. 1922 с. сайын К.Х. Никифоровтыын Сметанин кыһыллартан куотан Кэбээйигэ Сайылык диэн сиргэ олохсуйаллар. Этэрээт нэһилиэнньэҕэ куһаҕаннык сыһыаннаһан барбытын, дойдутун дьонун көмүскэһэн Д.С. Сметанин саллааттарын кытта К. Никифоровы өлөрөн кэбиһэллэр. Сметанин Никифоровтыын иирсиилэрин түмүгэр Никифоров өллөҕө. Д.С. Сметанин автономиянан сибээстээн этэрээтин саатын-сэбин уран биэрэн бары амнистияланаллар. 20-с сыллар бүтүүлэригэр Д. Сметанины сэбиэскэй былааһы утары тылласта диэн 5 сылга Хотугу Казахстаҥҥа ГУЛАГ лааҕырыгар ыыппыттара. Кини онно ис тиибигэр ыалдьан өлбүтэ. Кини Дмитрий диэн уолуттан, Кэтириинэ уонна Мотурууна диэн кыргыттарыттан билигин оҕо-уруу элбэх. Онон Д.С. Сметанин олоҕо төрөппүт оҕолорунан салҕанар. Кини повстанчество саҕана син сааһырбыт киһи эбит. («Кыым», 17.01.2008). Илья Колосов, Майа сэлиэнньэтэ.

Слепцов Михаил Петрович – Отоороп

[уларыт]

(1897-1967)

Саха биир чаҕылхай киһитэ М.П. Слепцов – Отоороп интэриэһинэй эрээри олус ыарахан олоҕу олорон ааспыт, кини олоҕо ХХ үйэ түһүүлээх-тахсыылаах уонна хабыр тутуулардаах-хабыылардаах кэмнэрин үксүн хабар. М.П. Слепцов 1897 с. 1 Игидэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Орто үөрэхтээх учуутал. Араас сылларга Саха АССР наркомпроһугар, совнаркомугар үлэлээбитэ кини бэйэтин кэмин биир саамай чаҕылхай киһитэ эбитин туоһулуур. М.П. Слепцов – Отооробу М.К. Аммосов олус ытыктыыра, сыаналыыра эбитэ үһү. Кини 1921-22 сс. үрүҥ повстанчество кыттыылааҕа, салайар үлэҕэ сылдьыбыт. Үрүҥ повстанчествоҕа салайар үлэҕэ барыта куһаҕан дьон талыллар буолбатах этилэр. Михаил Петрович даҕаны онно бар дьонум, норуотум туһа буолаарай диэн сырыттаҕа. ГПУ кинини 1927 уонна 1928 сыллардаахха тута сылдьыбыт. 1928 с. 10 сылга концлааҕырга бириигэбэрдээбит. Соловкига 1935 с диэри олорбут. 1958 с. реабилитацияламмыт. (Д.В. Кустуров. Репрессия ыар тына. С. 73-74, Дьокуускай, 1993). М.С. Иванов - Багдарыын Сүлбэ «Нөрүөн-нөргүй буолуохтун!» диэн кинигэтигэр Р.И. Цугель-Аммосова Саха сиригэр кэлэ сылдьан М.П. Слепцов – Отооропко персональнай пенсияны анатарга эппитин аккаастаан кэбиспитин суруйбута.


Слепцов Дмитрий Иванович – Баччыгыратар Уола

[уларыт]

(1868-1931)

Саха норуотун чулуу, бастыҥ уолаттарыттан биирдэстэрэ. 1868 с. III Мэлдьэхси (билиҥҥинэн Томтор) нэһилиэгэр Мэҥэ улууһугар төрөөбүтэ. Бэйэтин кэмин бастыҥ үөрэхтээх дьонуттан биирдэстэрэ. В.В. Никифоров – Күлүмнүүр биир саамай бастыҥ доҕоро, соратнига. 1906 с. В.В. Никифоров – Күлүмнүүрү кытта «Сахалар союзтарын» тэрийсибитэ, сүүрбүтэ-көппүтэ. Сууттамматаҕа, арааһа, доҕотторо соруйан куоттарбыт буолуохтарын сөп. Мэҥэ улууһугар письмоводителинэн, онтон кулубанан үлэлээбитэ. Элбэх саҥаны, үчүгэйи киллэрбитэ. Олортон биирдэстэринэн 1907 с. Төҥүлү оскуолатын астарбыта буоларын өйдүөхтээхпит. 1912 с. атырдьах-балаҕан ыйдарыгар сахалар съезтэригэр активнай кыттыыны ылбыта, коллективнай хаартыскаҕа түһүспүтэ билигин бэлиэ историческай докумуон. Бу сахалар съезтэрин быһаарыытынан В.В. Никифоров – Күлүмнүүр, П.Н. Сокольников уонна Д.И. Слепцов – Баччыгыратар Уола Романовтар династияларын ыраахтааҕылаабыта 300 сылыгар Москваҕа уонна Санкт-Петербурга делегациянан барбыттара. Делегацияҕа киирбит Күлүмнүүр онно аҕыйах сыллааҕыта сууттаныылаах буолан совещательнай эрэ куоластааҕа. Кини сүбэтинэн П.Н. Сокольников уонна Д.И. Слепцов араас министерстволарга, ведомстволарга сылдьан Саха сирин интэриэһин турууласпыттара, иэһи-күүһү сотторбуттара. Бу оччолорго олус улахан гражданскай хорсун быһыы этэ. Д.И. Слепцов ол да кэнниттэн революция иннинээҕи саха обществотыгар куруутун инники күөҥҥэ сылдьыбыта, үгүс үтүө дьаһаллары олоххо киллэрсибитэ. Д.И. Слепцов 1921-22 сс. повстанчествоҕа уонна 1922-23 сс. пепеляевщинаҕа кыттыыны ылбыта, тупсууга киирэн амнистияламмыта. 1923 с. П.И. Оросины, Г.Л. Семеновы уо.д.а. кытта сылдьан сахалар Ракитин уонна Пепеляев сэриилэригэр маассабайдык холбоспотторун курдук гына үлэлээбитэ. 1928 с. репрессияҕа түбэһэн 1931 с. ГУЛАГ лааҕырыгар сырдык тыына быстыбыта. Аата умнуллуо суоҕа.


Скрябин Илья Алексеевич – Буруус Ылдьаата

[уларыт]

(1897-1962 с. кэнниттэн)

И.А. Скрябин 1897 с. I Дьөппөн нэһилиэгэр Буруус Өлөксөй диэн төрүт уус киһи кэргэнигэр төрөөбүтэ. Сытыы-хотуу, бар-дьонун ытыктабылын ылбыт киһи эбит.

1921-22 сылларга повстанчество кыттыылааҕа. 1922 с. I Дьөппөҥҥө Дьаҕыл Кыстыга диэн сиргэ С.М. Михайлов - Чемаикинскай командирдаах этэрээт турбута. Бу этэрээт штабын начальнигынан С.М. Михайлов ийэтин бииргэ төрөөбүт быраата – И.А. Скрябин анаммыт эбит. Этэрээти олохтоох нэһилиэнньэ күүскэ өйөөбүт: “Бодойбо, бириискэ буор иһээччилэрэ, ороспуойдара кулугур кулгаахтыахтара, тараах иэнниэхтэрэ”, - диэн (Е. Скрябин М.Е. Марков диэн ытык кырдьаҕас сэһэнин улуус хаһыатыгар 1999 с. таһаартарбытынан). Повстанчество кыттыылаахтара 1922 сыл сайын – күһүн автономиянан тупсубуттарын, амнистияламмыттарын кэнниттэн И.А. Скрябин сэбиэскэй былааска күүскэ үлэлээбитэ. Айылҕаттан айдарыылаах тутуу маастара буолан Покровскай бөһүөлэгин саамай улахан, үчүгэй тутууларын салайан туттарбыта. И.А. Скрябин аллар атастарынан Г.В. Егоров – Партизан Егоров уонна Г.О. Петров – Халлааскы Уола эбиттэр. Бу икки киһи И.А. Скрябиҥҥа куораттан сынньана, ыалдьыттыы, арыгылыы кэлэллэрэ үһү. И.А. Скрябин сэрии сылларыгар төрөөбүт нэһилиэгин дьонун Нөмүгүгэ көһөрөн аҕалан хоргуйууттан, өлөртөн өрүһүйбүт. Улахан колхоз председателинэн үлэлээбит. 1962 сыллаахха диэри оройуоҥҥа тутуу салаатыгар активнайдык үлэлээбит, нэһилиэнньэ билиниитин-ытыктабылын ылбыт. (“Ахсым аты ыҥыырдаан” диэн Е.Е. Скрябин аҕатын Е.М. Скрябин туһунан суруйбут кинигэтиттэн).

Старостин Семен Константинович – Одьоо Ыстаарыһын

[уларыт]

(1900-1975)

С.К. Старостин Амма улууһун Чакыр нэһилиэгэр 1900 с. төрөөбүтэ. 1921-22 сылларга повстанчествоҕа кыттыбыта. Пепеляевщинаҕа кыттыбатах. 1927-28 сс. Ксенофонтов хамсааһынын кэнниттэн хаайыллар. Онтон 5 сылга Соловкига концлааҕырга ыытыллар. С.К. Старостин концлааҕырга сылдьан М.Ф. Корниловы (Өлүөхүмэ) уонна Е.Е. Старостины (Илин Хаҥалас) билсэн, 1931 с. бэс ыйыгар үһүөн Финляндияҕа күрүүллэр. Финляндияҕа олохсуйаллар. Дьон бэртэрэ буолан тыыннаах ордон, өссө бэйэлэрин кэнниттэн суол-иис хааллараллар. 1939-40 сылларга советскай-финскэй «Кыһыҥҥы сэриигэ» үһүөн Финляндия армиятын кэккэтигэр сылдьан ити дойду көҥүлүн туруулаһаллар. Оччолорго кинилэр үһүөн сааһырбыт дьон этилэр. 1941-44 сылларга эмиэ үһүөн Финляндия армиятын кэккэтигэр сылдьан сэриилэһэллэр. М.Ф. Корнилов 1942 с. Лапландияҕа, оттон Е.Е. Старостин 1944 с. Валкаасаари диэн арыыга сэриилэһэ сылдьан өлөллөр. Оттон С.К. Старостин тыыннаах ордор. Советскай Армия Финляндияны оккупациялаары гынна диэн С.К. Старостин Швецияҕа куотар. Кэргэннээҕэ, оҕолоро суох этилэр. С.К. Старостин 1952 с. Швецияттан Финляндияҕа буолбут ХV олимпийскай оонньууларга турист быһыытынан сылдьыбыт. Кини Саха сириттэн барарыгар үөрэҕэ суоҕа, илиитин тордоон илии баттыыра үһү. Ол бэйэтэ Финляндияҕа, Швецияҕа олорон үөрэхтээх киһи буолбут, улахан ученайдарга информатор буолбута. 1975 с. Швецияҕа олорон өлбүтэ. Дойдутун сүрдээҕин ахтар эбит. (Багдарыын Сүлбэ «Олох долгуна» кинигэтиттэн).


Старостин Егор Егорович – Тоҕурууса, Урдус Кулуба Уола

[уларыт]

(1898-1944)

Е.Е. Старостин Илин Хаҥалас улууһун II Нөөрүктээйи нэһилиэгэр баай ыал кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кыра үөрэхтээх эбит. 1921-22 сс. үрүҥ повстанчествоҕа уонна сорох дьон ахтыытынан пепеляевщинаҕа кыттыыны ылбыт эбит. Повстанчествоҕа кыра этэрээти хамаандалаабыт. 1924-25 сс. «Тоҥустар восстаниеларын» Саха АССР правительствотын кытта тупсуһуннарыыга – амнистияҕа активнай кыттыыны ылбыт. Партияҕа киирбит. ЯЦИК чилиэнэ буолбут. Саха АССР салалтатын итэҕэлин толору ылбыт. 1927 с. кинини: «харчыны итэҕэстээтэ» - диэн, онтон П.В. Ксенофонтов хамсааһыныгар кыттыан сөп диэн хаайыыга уган баран 1928 с. Соловкига элбэх сылга концлааҕырга ыыппыттара. Онно сылдьан М.Ф. Корниловы (Өлүөхүмэ), С.К. Старостины (Боотуруускай улууһа) кытта 1931 с. бэс ыйын бүтүүтэ холобура суох хорсуннук Финляндияҕа күрээбиттэрэ. Олус сатабыллаахтык уонна түргэнник Финляндияны булан, онно олохторун булан, өссө аан дойду биллиилээх тюрколог ученайын Рамстедты билсэн научнай информатор буолбуттарын билэбит. 1939-40 сс. советскай-финскэй «Кыһыҥҥы сэриигэ» үһүөн Финляндия армиятыгар ыҥырыллан хорсуннук сэриилэспиттэрэ. М.Ф. Корнилов ол кэмҥэ 51, С.К. Старостин – 39, Е.Е. Старостин – 41 саастаахтара. Е.Е. Старостин «Кыһыҥҥы сэриигэ» «Көҥүл» мэтээлинэн (медаль «Свободы») наҕараадаламмыта. «Көҥүл» мэтээл статуһа Советскай Союз Геройун Кыһыл Көмүс мэтээлигэр тэҥнээх. Онон, Е.Е. Старостин – Тоҕурууса Финляндия Геройа буолан тахсар эбит. Е.Е. Старостин 1944 сыл сайын Советскай Армия сэриилэрэ күргүөмүнэн кимэн киириилэригэр Валкесаари диэн арыыга сэриилэһэ сылдьан сураҕа суох сүппүт. Финляндияҕа олорон кэргэннэммит эрээри оҕолоро суох эбит.

Суров Владимир Александрович – полковник

[уларыт]

(олоҕун сыллара биллибэт)

Саха сиригэр 1922-23 сылларга Пепеляев генерал дружинатыгар биллэр-көстөр Суров полковник туһунан бэчээккэ элбэхтик ахтыллыбыта. Суров полковнигы П.А. Ойуунускай 1918-19 сылларга Томскай губернияҕа сыылкаҕа сылдьан билэр буолуон сөп эбит. Ойуунускай «Дьыллар-күннэр» автобиографическай ахтыытыгар Суров полковник карательнай этэрээти хамаандалыы сылдьан элбэх киһини ыттарбытын, кинини эмиэ ыттарыаҕын арыычча кыраттан ыттарбатаҕын ахтан аһарбыта баар. Биллэн турар, Колчак армията хотторбутугар Суров омук сиригэр эмиграциялаабыта. 1922 сыллаахха Пепеляев дружинатыгар киирбитэ. Саха Республикатын Киин Архивын хаартыскаларын фондугар хас да коллективнай түһүүлэргэ Суров эмиэ баар эбит. Суров полковник сүрдээх амбициялаах, тщеславиелаах эбитин гражданскай үлэһит Г. Грачев аҕыйах сыллаҕыта «Илин» сурунаалга тахсыбыт ахтыыта бигэргэтэр. Аманы ылыахтарын иннинэ Миль өрүс төрдүгэр Суров дьаһалымсыйбыта сатала суоҕун ахтар. В.А. Суров полковник пепеляевщина биир биллэр личноһа. Кини 1923 сыл тохсунньу-олунньу ыйдарга этэрээтин кытта Маралах туһаайыытынан Н.И. Алексеев – Үүттүүр Уолун, С.И. Николаев – Сордоҥ Тоҥус этэрээттэриниин С.М. Михайлов хамандыырдаах Якнарревдот экспедиционнай этэрээтин утары турбуттара. Байкалов маневреннай бөлөҕө Амма Солобуодатын 1923 сыл кулун тутар 2 күнүгэр штурмалаан ыларыгар Суров полковник билиэн түбэспитэ. Кинини оччолорго улаханнык ыалдьа сылдьара диэн пепеляевецтэр тустарынан ахтыыга баар. Ону маҥнай историк В.И. Пестерев булан бэчээккэ таһаарбыта. 1924 сыл саҥатыгар Иркутскайга пепеляевецтэри сууттааһыҥҥа Суров ахтыллыбат. Онон буоллаҕына эрдэ өлбүт быһыылаах.


Устинов Иван

[уларыт]

(олоҕун сыллара биллибэт)

Иван Устинов Арҕаа Хаҥалас улууһун Хара Арыы (атыннык Хатыҥ Арыы нэһилиэгэ) диэн сиргэ төрөөбүт. Үрүҥ повстанчество иннинэ тугунан дьарыктаммыта, хайдах олорбута биллибэт. Омугунан саха эбит. 1921-22 сс. үрүҥ повстанчество активнай кыттыылааҕа. Кини бастаанньа саҕаланыаҕыттан үрүҥнэргэ сылдьыбыт. И. Устинов сырыыта киэҥ эбит. Улахан дьоҕурдаах, талааннаах командирынан биллибит. Майгыта кытаанах киһи эбит. Кини ханнык сэриилэргэ чопчу сылдьыбыта үгүс өттө биллибэт. 1922 с. атырдьах ыйын 12 күнүгэр кини этэрээтэ Сиинэ дэриэбинэтигэр турбут, Лена эбэ сүнньүгэр карательнай функциялары толорор сыаллаах-соруктаах 7-с Сибиирдээҕи этэрээт Лобков диэн командирдаах ротатын үлтү сынньан турар эбит. Сотору Автономия ылыллыбытынан тупсууга киирэн амнистияламмыт. Нөҥүө сылыгар Иван Устинов Пепеляев генералы утары Якнарревдот кыһыл этэрээтигэр 80 байыастаах Маралах заставатыгар баран холбоспута. С.М. Михайловы, С.И. Михайловы, С.А. Широкиҕы уо.д.а. кытта Пепеляевы утары албан ааттаах сырыылары сылдьыбыта. Тиит Арыы дэриэбинэтин олохтоохторо быстах сэһэннэринэн Иван Устинов 20-с сыллар ортолоругар Алдаҥҥа Незаметнай бөһүөлэк (билиҥҥинэн – Алдан куората) сэбиэтин председателинэн үлэлии барбыт. Кэлиҥҥи дьылҕата биллибэт, репрессияҕа түбэһэн суорума суолламмыт быһыылаах.

Хапилин Николай Павлович

[уларыт]

(1897- биллибэт)

Н.П. Хапилин 1897 сыллаахха Семиреченскай уобалас Вернай (Алма-Ата) куоратыгар бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Орто үөрэхтээх. Ыраахтааҕы армиятыгар поручик, Үрүҥ Армиятыгар штабс-капитан званиелааҕа. Партията суоҕа. 1924 сыллаахха Читаҕа 5-с Армия трибуналыгар сууттанарыгар кэргэнэ суоҕа. 27 саастааҕа. 1921-22 сылларга Хапилин капитан Охотскай муора кытылыгар дугуйдаммыт Бочкарев атаман, бырааттыы Яныгиннар уо.д.а. дьаһалларыгар сылдьыбыта. Бочкарев дьоно бары монархистар этэ. Кинилэргэ Саха сирэ Автономия ылара наадата суоҕун ааһан абааһы көрөллөрө олох аһаҕас этэ. Кинилэргэ Саха сирин түүлээҕэ эрэ наада этэ. Ол иһин кинилэр сүрүн болҕомтолорун Саха сирин хотугулуу-илин улуустарыгар уурбуттара. Бу улуустарга кинилэр бэйэлэрин аатыттан боломуочунайдары ыыталлара: Масюков, Раков, Хапилин уо.д.а. Бу офицердар бары ВЯОНУ-ны билиммэт этилэр. Хапилин капитан Верхоянскай куоратыгар аан маҥнай 1922 сыл ыам ыйыгар кэлбитэ уонна кинини Бочкарев Верхоянскай байыаннай уокуругун начальнигынан анаабытын иһитиннэрбитэ. Туох баар түүлээҕи Бочкаревка ыытыллыахтааҕын биллэрбитэ. Сахалар үрүҥ этэрээттэрин хамандыыра С.Т. Новгородов манны сөбүлээбэтэҕэ, кини монархияны сөбүлээбэт уонна ВЯОНУ диэки санаалааҕа. Онон Чурапчыга, ВЯОНУ, манны иһитиннэрэ барбыта. (Г.Г. Макаров. Север-Восток Якутии в 1921-1922 гг., с. 296-298, Якутск, 1996). С.Т. Новгородов Чурапчыттан атырдьах ыйыгар төннүбүтэ. Төннөөт Ыыстаах диэн сиргэ Масюков поручик түүлээҕи Бочкаревка ыытаары олорорун көрсөн түүнү быһа ыытыма диэн тылыгар киллэрэ сатаабытын биирдэрэ ылымматаҕа. Сарсыарда С.Т. Новгородов Масюкову ытан кэбиспитэ. Сахалар доҕорун Масюкову өлөрбүттэригэр Хапилин Орто Халыма диэки куоппута. 1922-23 сылларга Пепеляев генерал дружинатыгар холбоспута. Кэлиҥҥи дьылҕата биллибэт.


Худояров полковник

[уларыт]

(олоҕун сыллара биллибэт)

Худояров полковник ханна төрөөбүтэ, туох киһитэ биллибэт. Кини 1922-23 сылларга Пепеляев генерал дружинатын бас-көс дьонноруттан биирдэстэрэ буолан Саха сиригэр кэлбитэ. Пепеляев кинини Ракитин генералга сыһыарбыта. В.В. Никифоров – Күлүмнүүр: «Пепеляев Ракитин генерал байыаннай дьоҕуругар соччо эрэммэт – итэҕэйбэт буолан киниэхэ Худояровы сыһыарбыта. Худояровы Ракитиннааҕар дьоҕурдаах-сатабыллаах диэн» («Солнце светит всем» И.С. Клиорина, Якутск, «Бичик», 2001). Худояров полковник Саха сиригэр Таатта, чурапчы, Байаҕантай эргин 1923 сыл саҥатыгар сылдьыбыта. Саха АССР правительствота уонна байыаннай командованиета Өймөкөөҥҥө олорбут П.И. Оросиннаахха делегация ыыппыта. Делегация састаабыгар А.И. Софронов – Алампа, Р.Ф. Кулаковскай, И.К. Некуиде-Жарных (Байкалов быраата), М.К. Байкалов (Байкалов уола) бааллара. Делегацияны полковник Худояров аараттан тутан ылан, тохтотон, Оросиннааҕы көрүһүннэрбэккэ төнүннэрбитэ. Бу кэнниттэн Худояров Чурапчыга Курашов этэрээтин манаабыта. Курашов маневреннай бөлөҕө Саһыл Сыһыыны туһаайан барбытын эккирэтэн ытыалаһыыга Худояров бааһырбыта. Онтон Охотскайга төннүбүтэ. Кэлиҥҥи дьылаҕата биллибэт. 1924 сыллаахха Пепеляевтааҕы кытары сууттамматах.

Шеломов Михаил Степанович – Солуомап Кулуба

[уларыт]

(1863-1931)

М.С. Шеломов – Боотуруускай улууһун кулубата. 1906-07 сылларга В.В. Никифоров – Күлүмнүүр «Сахаларын Союһун» утары күүстээх үлэни ыыппыта, «Истинно русские якуты» диэн черносотеннай тэрилтэ тэриммитэ. Сорох сэһэнинэн С. Шеломов – Ыстапааҥка Солуомап диэн сыылынай уола. С. Шеломов политическайа дуу, уголовнайа дуу биллибэт. М.С. Шеломов соҕурууттан Саха сиригэр уголовник-бэһиэччиктэри аҕалыыны утарбыт Никифоровтааҕы утары охсуспут – аҕаллыннар диэн. Ол аата – дьиҥнээх монархист. 1912 сыллаахха сахалар атырдьах-балаҕан ыйдарынааҕы съезтэригэр сылдьыбыт, хаартыскаҕа түһүспүт. Улахан уҥуохтаах, күүстээх киһи эбитэ үһү. П.А. Ойуунускай «Үрүҥ бандьыыт ырыата» хоһоонугар Шоломову киллэрибтэ. Ол эрээри повстанецтар Шеломовы Саха сирин ыраахтааҕыта оҥорого дьулуспуттара биллибэт. М.С. Шеломов 1922-23 сылларга пепеляевщинаны күүскэ өйөөбүтэ, генерал Ракитиҥҥа сахалартан саллаат хомуйан биэрбитэ биллэр. Ол саллааттартан хомуллубут этэрээт сэбиэскэй былааһы утары баҕаран туран сэриилэһэр кыаҕа суох буолан 1923 сыл олунньу 21 күнүгэр Төҥүлүнү кыайан сэриилээн ылбатаҕа (И.Н. Тарабукин «Хотун Төҥүлү тула» диэн кинигэтиттэн). М.С. Шеломов 1927-28 сылларга П.В. Ксенофонтов хамсааһынын кэнниттэн хаайыллан Соловкига утаарыллыбыта. Онно өлбүтэ.


Широких Савва Александрович

[уларыт]

(олоҕун сыллара биллибэт)

С.А. Широких Арҕаа Хаҥалас улууһун Хахсык нэһилиэгэр төрөөбүт. Үөрэхтээх-билиилээх саха бастыҥ дьоно Широкихтар ыччаттара буолан кини эмиэ бэлиэ киһи эбит. 1921-22 сс. үрүҥ повстанчество иннинэ С.А. Широких олоҕо-дьаһаҕа биллибэт. 1922 с. кулун тутар саҥатыгар П.М. Крылов этэрээтэ Покровскайтан II Дьөппөҥҥө «образцовый карательный рейд» оҥорон 20-чэ киһини эйэлээх нэһилиэнньэттэн өлөрбүтүн түмүгэр С.А. Широких үрүҥ повстанчествоҕа күһэллэн барбыт. Үрүҥ повстанчествоҕа кыра этэрээти хамаандалаабыт. Ханнык кыргыһыыларга кыттыыны ылбытыттан, арай, 1922 с. бэс ыйын 9 күнүгэр Төхтүр сэриитигэр, 1922 с. атырдьах ыйын 12 күнүгэр Сиинэ дэриэбинэтин ылыыга сылдьыбыта биллэр. Нөҥүө сылыгар Пепеляев генералы утары Якнарревдот сэриилэрин биир бастыҥ командирынан буолбута. С.М. Михайловы, С.И. Михайловы, И. Устиновы уо.д.а. кытары Пепеляев генерал сэриилэрин үлтүрүтүүгэ уонна Саха сириттэн үүрүүгэ албан ааттаах сырыылары сылдьыбыта. Саха биир ньургун уола С.А. Широких кэлиҥҥи дьылҕата биллибэт. Ыччаттара билигин бааллар, саха норуотун састаабыгар бастыҥ генофонданы биэрэн үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьалларын билэбит.