Иһинээҕитигэр көс

Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата

Сахалыы Бикитиэкэттэн — аһаҕас бибилитиэкэттэн
Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата

Ылыллыбыт сирэ: sakha.gov.ru

117Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата


Сахам сирэ дьоллоох тускуга
Саһарҕалыы Ыҥыра ыллыыр.
Илинтэн арҕаа ол кустуга
Алмаас таас курдук сандаара сырдыыр.

Хос ырыата:
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута
Модун Россия киэн туттуута
Өркөн өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!

Үллэр үөстээх Өлүөнэ
Эбэ Өлбөт-мэҥэ угупуур уулаах.
Элбэх омукка эрчим эбэр,
Или-эйэни олохтуур уохтаах.

Хос ырыата.

Ааспыт кэммит айхаллаах суола
Арчылыыр аар алгыһын биэрдэ.
Сахабыт сирэ дьоһун, дуолан
Сайдыы аартыгар түөрэҕэ түстэ.

Хос ырыата.