Иһинээҕитигэр көс

Суолталаах докумуон (Попов Г.В., Павлов А.Н.-Дабыл)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт


Попов Г.В., Павлов А.Н.-Дабыл. "Суолталаах докумуон: Революция иннинээҕи либеральнай реформа итэҕэлгэ сыһыана".

[уларыт]

Дьокуускай, «Саха сирэ» хаһыат. 1998 с. - Атырдьах ыйын 27 к. - С. 8.

[уларыт]

Ыраахтааҕылаах Россия историятыгар судаарыстыба ыытар политиката норуот дьиҥ менталитетыгар тирэммит холобура аҕыйаҕа суох. Үксүгэр ити судаарыстыбаны үүннүүр-тэһиинниир дьоһун салайааччыттан тутулуктааҕа. Оннук биир чаҕылхай киһинэн нуучча государстыеннай деятелэ М.М. Сперанскай (1772- 1839) этэ. Михаил Михайлович Сперанскай — бэйэтин кэмигэр Император Александр I чугас сүбэһитин быһыытынан, XIX үйэ бастакы чиэппэрин эргин, Россияҕa либеральнай реформаны көҕүлээбитэ. Ол курдук Государство сүбэтин, Сибииргэ административнай реформаны тэрийии авторынан буолбута.

Кини Сибиирдээҕи реформатыттан саха дьонугар “Устав об управлении инородцев" диэн правительственнай актата сүҥкэн суолталаммыта. Aктаҕа туспа салаанан итэҕэл туһа онгоһуллубута. Онно “Богослужение” диэн бас 286-с параграбар Сибиир норуоттарын итэҕэллэригэр аналлаах ыйыы көрүллүбүтэ: “Инородцы, не исповедующие христианскую веру, имеют свободу отправлять Богослужение по их закону и обрядам". Оттон 288-с параграфка: "Земское начальство обязано не допускать стеснения инородцев под предлогом обращения в Христианскую веру", — диэн эбии тоһоҕолоон бэриллибитэ.

Бу улахан реформа саҕаланыытыгар Саха сирин уобаластааҕы начальнигынан статскай советник Дмитрий Яковлевич Рудаков үлэлээн олорбута. Секретарынан Алексей Васильевич Тарабукин этэ. Кинилэр Россия императора Александр I 1822 сыллаахха от ыйын 22 күнүгэр бигэргэппит “Устав об управлении инородцев” правительственнай актатын быһаччы толорууну саҕалаабыттара. Саха сирин төрүт олохтоохторун угэстэрин, сиэрдэрин, бэйэни салайынар ньымаларын туһунан докумуон оҥорор сорук турбута. Улуустар, волостар баһылыктарыгар ити соругу сүктэрбиттэрэ. Өлүөхүмэ, Үөһээ Дьааҥы, киин улуустар ортолоругар бу үлэ тэтимнээхтик ыытыллыбыта.

1823 сыллаахха атырдьах ыйын 24 күнүгэр биэс улуус уонна икки волость баһылыктара Иван Козлов (Хаҥалас), Григорий Старостин (Боотур улууһа), Иван Мигалкин (Бopoҕон), Константин Попов (Мэҥэ), Иван Винокуров (Нам), Андрей Сыромятников (Бaйaҕaнтaй волоһа), Петр Васильев (Дүпсүн волоһа) “Объяснение якутов Якутской области о законах и обычаях их” диэн докумуоҥҥа илии баттаабыттара. Докумуону нөҥүө күнүгэр Саха уобаластааҕы правлениетыгар туттарбыттара. Маныаха, чуолаан, сахалар Үрүҥ Айыы диэн үрдүк үҥэр таҥаралаахтарын, Үрүҥ Аар диэн Үрүҥ Айыы таҥара уола буоларын чопчулаан быһааран суруйбуттара. Ыһыаҕы итэҕэл бырааһынньыгын курдук бигэргэппиттэрэ.

Эһиилигэр, ол аата 1824 сыллаахха бэс ыйыгар Иркутскайга саха депутаттара Иван Мигалкин, Савва Кириллин, Николай Рыкунов “О законах и обыкновений издревле существуемых у якутов Якутской области и округа” диэн ааттаан ити докумуону илдьибиттэрэ. Докумуону губерния оһуобай бириэмэннэй комитетыгар туттарбыттара. Ону Илин Сибиир генерал-губернатора А. Лавинскай балаҕан ыйын 30 күнүгэр 1824 сыллаахха Сибиирдээҕи Комитекка тиксэрбитэ. Бу комитет састаабыгар дипломат, кинээс В.П. Кочубей, генерал граф А.А. Аракчеев, үөрэх уонна духовнай дьыала министрэ А.А. Голицын, М.М. Сперанскай, Д.А. Гурьев, Б. Кампенгаузен бааллара. Ъомуллубут матырыйаал Михаил Мийлович Сперанскай дьаһалынан советник Величко илиитигэр киирбитэ. Величко "“инородецтар сокуоннарын уонна үгэстэрин-сиэрдэрин хомуурунньугун” бырайыактааһыны салайара. 1840 сыллаахха бырайыак хомуурунньуга бэчээттэммитэ. Онно сахалар докумуоннара кытта холбоммута. Бу сүүс сэттэ уон биэс сыллааҕыта ыраахтааҕы канцеляриятыгар анаммыт улахан суолталаах докумуон автордара кимнээх этилэрий? Ол оччотооҕу биэс улуус уонна икки буолас кулубалара — төрүт уус баай, ытыктанар дьон.

Кинилэртэн сорохторун, холобур быһыытынан, төрүттэрин-уустарын, кимнэрин-туохтарын кылгастык суруйдахха маннык. Мигалкин Иван Емельянович (1767-1832, 9/I) — Бороҕон улууһун кулубата (убайын Степан Емельянович кэнниттэн кулубалаабыт), 1827-30 сылларга Саха сиригэр Степной дума бастакы аҕа баһылыга (главный родоначальник), суүрбэ сэттэ сыл уста тыгар Лөгөй нэһилиэгин кинээһэ. 1823-24 сылларга И.Е.Мигалкин Николай Рыкунову уонна Савва Кириллини кытта (иккиэн Хаҥаластар, Хаҥалас улууһугар кулубалыы сылдьыбыт дьон) Иркутскайга "Записки о законах" оҥорорго делегатынан сылдьар. 1826-27 с.с. Степной думаны тэрийиигэ үпэлиир 1827 с. балаҕан ыйыгар В.Колесов, И.Бурнашев Вензель састааптаах экспедицияны Охотскайга, Тауйскайга, Үккэ сир көрдөрө ыытар. Ити сыл Охотскайдааҕы муора управлениета И.Е.Мигалкин тоҥустарга сокуоннайа суох эргиэни тэрийдэ диэн суукка биэрэр. 1830 сыл тохсунньу 28 күнүгэр Мигалкины Охотскайга сууттууллар. Буруйдуур бириигэбэр тахсар. Ити сыл И.Е.Мигалкин Охотскай суутун бириигэбэригэр “Отзыв” диэн суруйан Сенакка ыытар. И.Е.Мигалкин 1832 сыл тохсунньу 9 күнүгэр өлбүт. 1834 сыл кулун тутар 13 күнүгэр Сенат И.Е.Мигалкин дьыалатын көрөр уонна кинини буруйа суох эбит диэн быһаарыы таһаарар. И.Е. Мигалкин, докумуоннарынан быһаччы бигэргэтиллэр, төрдө Лөгөй Тойон (докумуоннарга Логуй Амуканов) — саха XVII үйэтээҕи биир саамай биллэр-көстөр тойоно, Тыгын Дарханы кытта тэҥҥэ сыһа тардыһар киһи, 1825 сыллаахха тохсунньу 1 күнүгэр "Роспись княжескому поколению Борогонского управления в Легойском роду старосты и нынешнего головы Ивана Мигалкина, учинена устных преданий старожилов генваря 1 дня 1825 с. диэн докумуоҥҥа И.Е.Мигалкин төрдө Лөгөйтөн саҕалаан маннык суруллубут “Первый князь Легей, Легойов сын Нокто, Нохтов сын Кядей, Кедяков сын Матыка, Матыков сын Емельян, у него 4 сына: Степан, Гавриил, Иван, Дмитрий, “Саха бүттүүн сэһэнинэн, Лөгөй Эллэй Боотур быһаччы удьуора. Онон, И.Е. Мигалкин Эллэйтэн аахтахха уон биирис көлүөнэ киһи.

Иккис киһи Түөнүкү күлуба (Константин Алексеевич Попов) (1753-1824 с.с.) — бэйэтин нэһилиэгэр (Алтаҥҥа) 45 сыл устата тохтобула суох кинээс, Мэҥэ улууһугар 11 сыл устата кулуба. 1788 сыллаахха И.И.Биллингс кистэлэҥ географическай уонна астрономическай экспедициятыгар таһаҕас таһыытыгар көмөлөспүт. Бэрт элбэхтик сиэртибэ биэрэр эбит. Ол курдук 1812 с. Россияҕа Наполеон саба түһэн хаһаайыстыба эмсэбэлээбитигэр 500 солк. 1813 с. французтар Москваны умаппыттарын чөлүгэр түһэриигэ 50 солк., 1819 сыллаахха Үт (Удский край) дьоно сутаабыттарыгар 2400 солкуобайга турар сүөһүнү (оччоҕо улахан ынах сыаната 5 солк.), 1822 с. Дьокуускай балыыһатыгар эмиэ бөдөҥ сиэртибэни биэрбит. Онон бэйэтин бириэмэтигэр бөдөҥ меценат курдук көрүллүөн сөп.

Түөнүкү Көстөкүүн (Попов К.А.) үрүҥ уонна кыһыл көмүс мэтээллэринэн, үрүҥ көмүс саабыланан, үрүҥ көмүс киэргэтиилээх куортугунан, кыһыл көмус тигиилээх хаптаанынан наҕараадаламмыт. 1817-1823 с.с. Алтан, Моорук, Тараҕай нэһилиэктэрин дьонуттан сиэртибэ хомуйан Бүтэйдээххэ Мэҥэ улууһугар бастакы таҥара дьиэтин туттарбыта. Бу таҥара дьиэтэ билигин да, тутуллан бүппүтэ 175 сыл буолан баран, үрүк-түрүк турар.

Попов К.А. — Түөнүкү Көстөкүүн, сэһэн быһыытынан, эмиэ Эллэй Боотурга тиийэр төрүттээх-уустаах, саха биллэр-көстөр баайдарыгар киирсэр аймах киһитэ. Ити туһунан эссе С.И.Боло бэйэтин кинигэтигэр бэлиэтээн суруйан турар. Нууччалар Саха сиригэр кэлиилэригэр Түөнүкү Көстөкүүн сурукка киирбит төрүттэрэ Орулаа Талгый (Орло Кинтеев) уонна Алтан Харах (Алтан Орлов). Эллэй Боотуртан аахтахха, Түөнүкү Көстөкүүн уон иккис киһи.

Үһүс киһи Григорий Иванович Старостин — Уот Ыстаарыһын (1780-1831) — Чакыр нэһилиэгин кинээһэ, Боотуруускай улуус кулубата, Степной дума бастакы састаабын чилиэнэ. 1830 - с. сэттэ улуус мунньаҕар Санкт-Петербурга барар депутатынан талыллар. Ааттаах-суоллаах, суостаах-суодаллаах, таһыырдаах тойон. Ол иһин кинини норуот Уот Ыстаарыһын диэн ааттаабыт. Уот Ыстаарыһын төрдө- ууһа эмиэ Эллэй Боотурга тиийэр. Кини төрдүн-ууһун, удьуордарын тустарынан С.И. Боло, Ф.Ф. Захаров суруйбуттара. Ол архыыпка сытар уонна Ф.Ф. Захаров "Боотуруускай улуус төрүт уустара” диэн кинигэтигэр бэчээттэммиттэрэ. Уот Ыстаарыһын, Эллэй Боогуртан аахтахха, уон биирис киһи.

Төрдүс киһи Байаҕантай буолаһын кулубата Андрей Сыромятников. Эмиэ төрүт уус баай киһи. Билиҥҥинэн Томпо улууһун Мэҥэ-Алдан нэһилиэгин киһитэ. Мэҥэ-Алданнар төрүттэрэ Мэҥэ улууһун Бахсытыттан барбыт ааттаах-суоллаах Бэрт Бээчээн. Андрей Сыромятников (хос аата Бэчиэт) 1834 сыллаахха өлбүт. Онно кини баайын-дуолун толору уопуһун оҥорбуттар: Бу уопуһу Г.П. Башарин “История аграрных отношений в Якутии (60-е годы XVII — середина XIX в.) кинигэтигэр толору бэчээттэппитэ. Онтон көрдөххө, А.Сыромятников Бэчиэт өлөрүгэр 600 сүөһүлээх, 20 кэрэмэс саһыллаах, 2 кырымахтаах хара саһыллаах, 260 кыһыл саһыллаах. Нэһилиэнньиктэригэр 5 тыһыынча солкуобай харчы, 1 тыһ. дьоҥҥо иэс бэриллибит харчы хаалбыт. Кыстыгар 2 6aлаҕан, 3 ампаар баар эбит. Үс сайылыктаах. Бииригэр: икки туос ураһа, балаҕан ампаар дьиэлэр, үс ампаар, биэс титиик; иккиһигэр: ампаар дьиэ, булуустаах ампаар, титиик; үсүһүгэр: ампаар дьиэ, булуустаах ампаар, икки титиик бааллар эбит. Итини таһынан туттар сэбэ-сэбиргэлэ, иһитэ-хомуоһа ньуоскатыгар, тэриэлкэтигэр тиийэ суруллубут. Ол иһигэр: 40 саха хотуура, 10 улахан сүгэ, о.д а., 30 көлүллэр ат, ол толору тэриирэ, кыл муҥха, о.д.а. Онон, Андрей Сыромятников-Бэчиэт бэйэтин кэмин биир бөдөҥ баайа эбит.

Бэрт кылгастык бу дьон удьуордарын туһунан түөрт ини-бии Мигалкиннартан үһэ Бороҕон улууһугар кулубалыыр. Кинилэртэн халыҥ аймах Мигалкиннар ууһууллар. Революция иннигэр байан-тайан: “һат-һат!” — диэн олорбуттар. Билигин Мигалкиннар удьуордарыттан норуокка биллэр-көстөр дьон бааллар. Түөнүкү Көстөкүүн (Попов К.А.) уола Эккэй Ылдьаа, сиэнэ Сүрдээх Сүөдэр, хос сиэнэ Өлөксөй хос-хос сиэнэ Илья Алексеевич Попов Мэҥэ улууһугар кулубалыы сылдьыбыттара. Илья Алексеевич Попов Дьокуускайдааҕы уолаттар прогримназияларын бүтэрбитэ. 1896 сыллаахха Николай II коронациятыгар саха делегациятын састаабыгар киирсэн Санкт-Петербурга бара сылдьыбыта. 1898 сыллаахха бэйэтин үбүгэр Бүтэйдээххэ дьиэ туттаран оскуола астарбыта. 1906 сыллаахха В.В.Никифоровы кытта “Сахалар союзтарын" тэрийсибитэ уонна “Сахалар союзтарын" Киин кэмитиэтин чилиэнинэн талыллыбыта. Сэбиэскэй кэмҥэ Поповтар быста сыһан баран ыччаттанан, ол ыччаттара үөрэхтэнэн, үлэһит буолан эрэллэр.

Уот Ыстаарыһын удьуордара революция иннинэ байан-тайан тойон-хотун буолан олорбуттар. Сэбиэскэй кэмҥэ Уот Ыстаарыһын быһаччы удьуора Семен Константинович Старостин репрессияланан, Соловецкай лааҕырга түбэһэр. Бу аатырбыт лааҕыртан С. К. Старостин М.Ф. Корниловы, Е.Е. Старостины кытта Финляндияҕа күрээн тиийэр. Онно тиийэн үөрэҕэ суох С.К.Старостин хас да омук тылынан кэпсэтэр, aaҕap, суруйар буолар. Финляндия учуонайа Г.И. Рамстедка уонна Щвеция учуонайа Б. Раллиндерга саха тылын үөрэтэллэригэр көмөлөһөөччү буолар.

Андрей Сыромятников — Бэчиэт уола Бардыкы Байбал Байаҕантай улууһугар кулубалыы сылдьыбыт. Хаҥалас кулубата Иван Козлов, Нам кулубата Иван Винокуров, Дүпсүн кулубата Петр Васильев тустарынан биһиэхэ сөптөөх сибидиэнньэ суох. Түмүктээн эттэххэ, Александр I император саҕана Россияҕа үөскээн испит либеральнай хамсааһыҥҥа тоҕооһуннаран, саха дьоно бэйэтин олоҕун-дьаһаҕын, өйүн-санаатын чөлүгэр түһэрэ сатаабыт үтүө холобура биһиги историябыт биир бэлиэ страницата буолар. Докумуон дьыалата кэлин бу курдук түмүктэммитэ. Сибиирдээҕи Комитет үрэллибитэ. Бырайыагы оҥорооччулар Үрдүк сололоох тус Канцеляриятыгар үлэҕэ анаммыттара. Михаил Михайлович Сперанскай 1826 сылтан ыла Россия империятын төрүт государственнай сокуоннарын Кодификациялааһынынан дьарыктаммыта. Кини 1830 сыллаахха "Полное собрание законов Российской империи”, 1832-1839 сс, "О законах Российской империи” бэлэмнээн таһаартарбыта. Баларга “Устав об управлении инородцев” юридическай докумуон быһыытынан киирбитэ.

Оттон сахалар докумуоннарын Үрдүк сололоох тус Канцелярия- тын үлэһитэ, сенатор Р.М.Губе нуучча быраабын историятыгар профессорга, Юстиция министерствотын архивын управляющайыгар Д.Я.Самоквасовка биэрбитэ. Дмитрий Яковлевич Самоквасов 1876 сыллаахха Варшава университетыгар үлэлии сылдьан, “Сборник обычного права сибирских инородцев" диэн хомуурунньугу бэчээттэппитэ'. Хомуурунньукка “О степных законах и обычаях якутов" аатынан сахалар бэлэмнээбит докумуоннарын биир вариана туһаныллыбытын туһунан юридиция наукатын доктора М.М. Федоров "Памятники права саха” суруйан турар.

Гаврил ПОПОВ, Саха Республикатын Наукаҕа Академиятын, Гуманитарнай чинчийиигэ институтун быһаарыылаах тылдьыкка уонна терминологияҕа салаатын ыстаарсай научнай үлэһитэ, филология наукатын кандидата.

Анатолий ПАВЛОВ-Дабыл, “Кут-сүр" кыһа.