Иһинээҕитигэр көс

Тахсабын соҕотох айаҥҥа турунан (Лермонтов; Оһуохай Уола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Тахсабын соҕотох айаҥҥа турунан
Хоһооннор
Михаил Лермонтов
Оһуохай Уола тылбааһа («Выхожу я на дорогу»)


Тахсабын соҕотох айаҥҥа турунан


Тахсабын соҕотох айаҥҥа турунан.
Тумаҥҥа суол көстөр тыргылла кылбайан,
Чуумпу түүн. Алааһым Айыылыын сипсиһэр,
Чуор сулус сулустуун сэлэһэ кэпсэтэр...

Халлааным үөрбүтүөн, дьэргэлгэн дьүһүйэ...
Суһумҥа бигэнэн утуйар сир ийэ...
Хом санаа бу тоҕо, ньүөлүттэ дууһабын?
Суоҕу мин күүтэммин, кэмсинэ саныыбын???

Олохтон тугу да эрэйэ күүппэппин,
Ааспыты аһыйан аймана иэйбэппин,
Көрдүүбүн көҥүлү, уоскулаҥ иэйиини!
Олоччу умнаммын утуйуох түгэни!

Ол эрэн өлүөхпүн баҕарбат курдукпун...
Быраман дьылларга утуйуох эбиппин,
Түөспүнэн олоххо баҕабын имэҥнии,
Тыыннаҕым аайытын төлүтэ түллэҥнии:

Түүннэри-күннэри кулгаахпын сымната
Тапталы хоһуйуон күөрэгэй ырыата,
Үрдүбэр аар хатыҥ оргууйдук суугунаан
Үйэлээх ууларбын бигиэҕин, харыстаан.