Иһинээҕитигэр көс

Таһыттан санаатахха... (Алампа)

Сахалыы Бикитиэкэттэн — аһаҕас бибилитиэкэттэн
Таһыттан санаатахха…
 Алампа
Хоһооннор
1088Таһыттан санаатахха… — ХоһооннорАлампа

* * *

Таһыттан санаатахха
Нарын таһаалаахтарын,
Намылыйбыт быһыылаахтарын,
Күлбүт-салбыт
Күөгэлдьигэс көрүҥнээхтэрин,
Имигэс тыллаахтарын иһин,
Истэрин иһигэр
Иирбэ санааны
Иҥэрэн сылдьар,
Дьалайан таайдахха
Дьахтар аймах баар.
Барыны баһыйар,
Барыга тиэрдэр,
Баһы аймыыр,
Бараммат балыыр
Баттахтаах аймах баар.

14/III—1926