Иһинээҕитигэр көс

Туох барыта икки өрүттээх (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

И.И.Каженкин - Хааһах Уйбаан

“ТУОХ БАРЫТА ИККИ ӨРҮТТЭЭХ” ҮРҮҤ ААР ТОЙОН ТАҤАРА ҮӨРЭҔЭ

Дьокуускай 2024

АННОТАЦИЯ

Айылҕаҕа күнүс уонна түүн, сайын уонна кыһын хардары-таары солбуйсан биэрэн иһэллэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” буолуутун үөскэтэн иһэллэр. Итини тэҥэ, бу икки өрүттэр кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан биэрэллэрэ уларыйыы тохтоон хаалбакка салгыы кэлэн иһэрин үөскэтэр. Киһи оҥорор быһыылара үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсаллара эмиэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр. Ол иһин сахалар айыы диэн тыллара икки өрүттээх өйдөбүллээх. Киһи оҥорор быһыылара икки аҥы арахсан, икки өрүттэнэн, үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын биллэрэр тутаах суолталаах. Бары ааҕааччыларга ананар.

Народ саха с давних времен имеет свои учения о природе и о психологии человека.

© Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан. 2024.

ААН ТЫЛ

Айылҕаҕа күнүс уонна түүн, сайын уонна кыһын хардары-таары солбуйсан биэрэн иһэллэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” буолан иһэрин үөскэтэллэр. Итини тэҥэ, бу икки өрүттэр кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан биэрэллэрэ уларыйыы, тупсуу хамсааһына үөскээн олоххо киирэн иһэригэр тириэрдэр.

Дьон “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһан олох-торун олордохторуна уонна бу уратыны туһанан оҥорор быһыыларын таба салайдахтарына эрэ айылҕаны кытта атааннаһыыны үөскэппэттэрэ ситиһиллэр кыахтанар.

Күн сандаарыччы тыган тахсыыта киһиэхэ үчүгэйи; сырдыгы, сылааһы аҕалар. Айылҕаттан киһи хараҕа сырдык кэмҥэ үчүгэйдик көрөрө тиийэн кэлэрэ үчүгэй диэн өйдөбүлэ сырдыктан кэлэрин биллэрбит. Ол иһин сырдык, ыраас, үрүҥ дьүһүн үчүгэйи бэлиэтиир өйдөбүлэ дьон өйүгэр-санаатыгар иҥэн олоххо киирбит.

Сайын үчүгэй кэминэн ааҕыллар. Бу кэмҥэ сырдык, сылаас киһиэхэ үчүгэйинэн дьайаллар. Бу дьайыылар киһиэхэ үтүө, үчүгэй санаалары үөскэтэллэрэ, үлэҕэ ситиһиини оҥороллоро үчүгэй диэн өйдөбүлү олоххо киллэрбит.

Киһиэхэ куһаҕан, ыарахан диэн өйдөбүлү хараҥа, тымныы түүн уонна кырыалаах кыһын үөскэтэллэр. Бу ыараханнары, куһаҕаннары тулуйан этэҥҥэ аһарыы киһи тулуурун улаатыннаран ханнык эрэ ситиһиилэри оҥороругар кыах биэрэр.

Саха дьоно айылҕа бу тутаах тутулугун тутуһа сылдьалларын икки өрүттээх тыллар бааллара уонна айыы диэн киһи оҥорор саҥаны айыыта икки өрүттэнэн, үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларын быһаарарын туһаналлара биллэрэр.

Киһи оҥорор быһыылара үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсаллара “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр. Ол иһин сахалар айыы диэн тыллара үчүгэй уонна куһаҕан өйдөбүлүн холбуу иҥэринэн сылдьар. Киһи оҥорор быһыылара хаһан даҕаны аҥардастыы үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан хаалбаттарын, бу тыл икки өрүттээх өйдөбүллээҕэ быһаарар.

Эдэр омуктар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн сахалар этиилэрин кыччатан, суолтатын намтатан туһаналлар. Ол курдук, бу этиини нууччалыы “Палка с двумя концами”, “Медаль с двумя сторонами” диэн кыра, намыһах суолталаах этиилэргэ кубулутаннар айылҕаттан улахан тутулуктаахтарын симэлитэн кэбиһэн сылдьаллар.

Православнай таҥара үөрэҕэ үчүгэйи “хорошо”, онтон куһаҕаны, “грех” диэн тус-туспа тылларынан этиини олоххо киллэрэн киһи оҥорор быһыылара хайдах буолан тахсаллара, бэйэтэ хайдах оҥороруттан улахан тутулуктаахтарын суох оҥорон кэбиспиттэр.

Икки өрүттэр утарыта туруулара аһара баран “Үрүҥү хара диир” диэн букатын сөбүлэспэт буолууга тиийэн хаалыылара улаатыыта сэриилэһиигэ тириэрдэн кэбиһиэн сөп. Ол иһин сайдыыны ситиспит дьон туохха барытыгар бу икки өрүттэр тэҥнэһиилэрин үөскэтэн тутуһа сылдьалларыгар сахалыы таҥара үөрэҕэ ыҥырар.

Киһи үчүгэй дии саныырын оҥоро сылдьыан баҕарар эрээри, биир эмэ сыыһа, аһара туттунуута куһаҕаны оҥорон кэбиһэригэр тириэрдэрэ тиийэн кэлэр. Ону тэҥэ, араас буолар-буолбат саҥаны айыыны оҥоро сатыыра табыллыбакка, сатаммакка хааланнар куһаҕаны өссө элбэтэллэр. Бу икки өрүттэри быһааран олоххо тутуһа сылдьыы киһи сыыһа-халты туттунарын аҕыйатан туһаны оҥорор.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии киһи айылҕаттан төрүт тутулугун, кэмэ кэллэҕинэ олоҕор уларыйыылары киллэрэн иһэрэ туһалааҕын биллэрэр. Хайа эрэ өрүт атынын улаханнык баһыйан аһара баран хаалыыта үөскээтэҕинэ, ол диэки халыйан барыы үөскээн тахсан икки өрүттэр солбуйсан биэриилэрэ тиийэн кэлэрэ айылҕа сайдыыны ситиһэрин тутаах тутулуга буолар.

Икки өрүт саамай биллэр уратыларынан кэмэ кэллэҕинэ, бу икки өрүттэр солбуйсан, уларыйан биэрэллэрэ буолар. Дьон олоҕор икки өрүт солбуйсан биэриилэрэ “үчүгэй” диэн ааттанааччы атынын, куһаҕаны аһара баран хаалыытыттан элбэхтик буолара бэлиэтэнэр.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэх киһи бэйэтин өйүн-санаатын сайыннаран, үчүгэйи уонна куһаҕаны билэн, таба арааран олоҕор туһанарын үөскэтэр, ол иһин Үрүҥ Аар тойон таҥара үөрэҕэр киирсэр.

Икки өрүт сөбүлэһэн бииргэ олорууларыттан үһүс өрүт үөскээн тахсарын сахалар быһааран “Туох барыта үһүстээх” диэн этиини оҥорон олохторугар туһаналлар. Бу үһүс өрүт үөскээһинэ дьоҥҥо сайдыыны аҕалар аналлааҕын атын үлэбэр ырыттым.

Каженкин И.И - Хааһах Уйбаан атын бэчээккэ тахсыбыт үлэлэрин Национальнай библиотекаттан, библиотека сайтыттан, Сахалыы Бикипиэдийэттэн уонна ол иһигэр баар Бикитиэкэ диэн библио-текаттан булан ылан туһаныахха сөп.

Автор бу үлэтин бэчээттээн таһаарыыга кыахтара баарынан көмөлөспүт биир санаалаахтарыгар истиҥ махталын тириэрдэр.

АЙЫЛҔА ИККИ ӨРҮТЭ

Айылҕа икки өрүттээх тутулуктааҕа Күн уонна Сир бииргэ тутуллан сылдьалларыттан үөскээн тахсарыттан дьайыыта туохха барытыгар тиийэр. Күнүс кэнниттэн түүн, сайын кэнниттэн кыһын тиийэн кэлэн иһэллэрэ хаһан да уларыйбаттар. Бу айылҕа икки өрүттээх буолуута киһи өйүн-санаатын уонна оҥорор быһыыларын икки өрүттээҕин үөскэтэн сайыннарбыт.

Сахалар айылҕа бу тутаах, уларыйан биэрэр тутулугун үөрэтэн билэннэр “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини, аналлаах үөрэҕи оҥорон олохторугар туһана сылдьаллар. Бу икки өрүттэр хардары-таары сайдыыны ситиһэн иһэллэрэ уонна кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан биэрэллэрэ айылҕа уонна тыынар-тыыннаахтар сайдан, уларыйан, тупсан иһэллэрин үөскэтэр сүрүн тутулук буолар.

Айылҕаҕа үөскүүр тыынар-тыыннаахтар, ол иһигэр киһи эмиэ атын, хантан да көмөтө суох, бэйэлэрин икки өрүттэрин хардары-таары солбуйсан биэрэр хамсааһыннарыттан сайдан, тупсан иһэллэр. Бу быһаарыы ханнык эрэ таҥара үөрэҕин салайааччылара сири-дойдуну, киһини таҥара айбыта диэн этиилэрэ таһы-быһа сымыйатын, албынын дакаастабыла буолар. Күнүс уонна сайын киһиэхэ үчүгэйи, сылааһы, сырдыгы биэрэр буоллахтарына, түүн уонна кыһын ыараханы, куһаҕаны үөскэтэннэр тулуурдаах буоларын улаатыннараллар. Бу икки өрүттэр хардары-таары кэлэн иһиилэрин киһи табан туһаныыта олоҕор табыллыыны үөскэтэрин туһана сылдьара ирдэнэр көрдөбүлгэ киирсэр.

Сырдык уонна хараҥа солбуйсан биэрэллэрэ киһи өйө-санаата икки өрүттэнэн тахсарын үөскэтэннэр үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоҕор туһанарыгар тириэрдэллэр. Ол аата киһи өйө-санаата үчүгэйи уонна куһаҕаны араараллара айылҕаттан тутулуктанан үөскээн баран киһини бэйэтин салайара табыллар.

Сылаас уонна тымныы хардары-таары киһи этигэр-сиинигэр дьайыылара этэ-сиинэ уонна өйө-санаата бөҕөргүүрүн үөскэтэн үлэни кыайарын тэҥэ, уһун үйэни ситиһэригэр көмөлөһөллөр.

Киһи бэйэтин икки өрүттэрэ манныктар:

1. Этэ-сиинэ, тутаах чааһа.

2. Өйө-санаата; үс куттара уонна сүрэ.

Бу икки өрүттэр хардары-таары сайдыыны, тупсууну ситиһиини оҥорон иһэллэрэ киһи бэйэтэ, атын туохтан да тутулуга суох сайдыыны ситиһэрин үөскэтэллэр. Ол аата, икки өрүттээх буолуу кэмигэр кэлэн иһэр хамсааһыны үөскэтэн айылҕаҕа тыынар-тыыннаахтар сайдыылара, тупсан иһиилэрэ атын сиртэн көмөтө суох салҕанан иһэр кыахтанарыгар тириэрдэр.

Айылҕа бу икки өрүттэрин кэмэ кэллэҕинэ уларыйан иһэр, хардары-таары солбуйсан биэрэр дьайыылара киһи өйө-санаата уонна тугу оҥороро барыта икки өрүттэнэн тахсалларын үөскэтэр.

Айылҕаҕа үөскүүр аҕыйах да кээмэйдээх гаастар уонна эттиктэр Айылҕа уларыйыытыгар олус улахан дьайыыны оҥороллор. Чаҕыл-ҕан чаҕылыйыытыттан үөскүүр озон сири үөһээнэн саба бүрүйэн күн уотун тыынар-тыннаахтарга буортулаах уонна айылҕаҕа итийиини үөскэтэр сардаҥаларыттан харыстыыр аналлаах.

Айылҕаҕа озон аҕыйааһына хотугу уонна соҕуруу полюстар үрдүлэринэн озон бүрүөһүнэ чарааһаан иһиитин үөскэтэн онно мунньуллар муустар ириилэрин таһааран кураанах сир үгүс өттө ууга барыыларыгар тириэрдиэн сөбө айылҕа бэйэтэ ууну элбэтэн ыраастанарын үөскэтэр.

Аан дойдуга, айылҕаҕа туох баар барыта икки өттүттэн тутулуктанан, ол тутулуктар икки ардыларыгар сайдыыны ситиһэр. Бу тутулугу күн систиэмэтигэр таһааран көрдөхпүтүнэ күнү тула эргийэ сылдьар планеталар, ол иһигэр сир эмиэ иккилии өттүлэриттэн халбаҥнаабат тутулуктаахтар.

1. Улахан ыйааһыннаах күн бэйэтин диэки тарда сылдьар күүһэ барыларын ыраах ыыппакка тута, тарда сатыыр.

2. Планеталар уонна сир эмиэ тас диэки быраҕар күүс дьайыы-тыттан күнтэн тэйэ, ыраата сатыыллар.

Бу икки утарыта дьайар күүстэр тэҥнэһиилэрин түмүгэр планеталар, сир эмиэ күнтэн ыраатан хаалбакка биир тэҥник эргийэ сылдьаллар. Айылҕа бу тулхадыйбат тутулуктарыттан хайалара эмэ баһыйан барыыта улахан алдьархайдар үөскээһиннэригэр тириэр-дэрин ким да саарбахтаабат.

2006 сылга киириигэ кэнники 13 сыллар усталарыгар мун-ньуллубут сир эргиирин бытаарыыта 1 сөкүүндэ буолбутун быһааран олус туочунай атомнай чаһыыларга эбэн биэриини оҥордулар. Олус кыра да буоллар бу бытаарыылар мөлүйүөнүнэн сылларга эбиллэн иһэллэриттэн сир төрүт тутулуга сыыйа-баайа хамсаан биэрэн, күнтэн тэйэн иһэрин биллэрэллэр.

Кэмэ кэллэҕинэ күн иһиттэн саҥа планета быһа ыстанан тахсан планеталар эбиллэн иһэллэрин үөскэтэр. Ол аата сир күнтэн тэйэн иһиитэ айылҕа космос тымныытыгар хаарыттаран эстиитигэр тириэртэҕинэ дьон саҥа планетаҕа Венераҕа көһөн биэриилэрэ табыллыан сөп. Ол курдук, дьон өйдөрө-санаалара сайдыылара, олохторугар ситиһиилэри оҥоруулара киһи ракетанан атын планетаҕа көтөн тиийэригэр тириэрдэр кыахтаахтара быһаарыллан сылдьар.

“Эт киһи элэйэр, сыа киһи сылайар” диэн өс хоһооно киһи этэ-сиинэ төһө эрэ кэминэн мөлтүүрүн, салгыы сайдар кыаҕа кыччыырын биллэрэр. Бу быһаарыыны улахан салайааччылар династиялара кэмэ кэллэҕинэ эстиилэрэ, атыҥҥа уларыйыылара чуолкайдык дакаастыыр. Ону тэҥэ, Россияны 305 сыллар усталарыгар салайбыт Романовтар династиялара эстэригэр кэлэр көлүөнэлэрэ эмтэммэт гемофилия диэн ыарыыга ылларбыта быһаарар. Бу уларыйыыны аймахтарга эттэрэ-сииннэрэ мөлтөөһүнэ, сылайыыта оҥорор.

Мин быһаарыыбынан биир династия үйэтин уһуна ортотунан 300 сыл курдук кэми ылар. Бу быһаарыы чуолкай дакаастабылынан Романовтар династиялара мөлтөөн эстиитэ буолар. Ону тэҥэ, Турция султаннарын династията эстиитэ эмиэ маарынныыр. Уһуннук олорбут улахан династиялар биир хааннаах аймах дьон эттэрэ-сииннэрэ мөлтөөһүнүттэн эстэллэр. Омуктар үйэлэрин уһунун быһаарыы кэнниттэн Сиргэ дьон үйэлэрин уһунун быһаара сатыахха сөп. Айылҕаҕа икки өрүт солбуйсан биэриилэрэ хайалара эрэ атынын баһыйан барыытыттан саҕаланар. Биир өрүт атынын аһара баһыйыыта эргийэн, солбуйсан биэриини үөскэтэн баһыттарбыт бастаан кэлэригэр тириэрдэрэ уларыйыыны оҥорор, сайдыы хамсааһынын таһаарар.

Икки өрүт үөскээн тахсарыгар биир өрүтэ биллэр, көстө сылдьар буоллаҕына, иккис өрүтү киһи бэйэтин өйүн-санаатын күүһүнэн арыйан олоҕор таба туһанара ирдэнэр. “Медаль имеет две стороны” диэн өс хоһооно икки өрүт баарын биллэрэрин таһынан, биир өрүтэ көстө сылдьарын, онтон атына көстүбэтин биллэрэр суолталаах. Ол курдук, көннөрү көрүүгэ биллибэт атын өрүтү киһи бэйэтэ, өйүн-санаатын күүһүнэн арыйара, булан таба туһанара эрэйиллэр.

Ити курдук сахалар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиилэрэ Аан дойду сүрүн тутулуктарын барыларын арыйар олус дириҥ уонна киэҥ өйдөбүллээх. Маннык дириҥ, киэҥ өйдөбүллээх этиини нууччалыы тупсаран “Палка с двумя концами” диэн кылгас, бытархай дьиэ таһынааҕы өйдөбүлгэ кубулутуу улахан сыыһа.

Онон дьон өйдөрө-санаалара сайдарынан олоххо үөскээн тахсар эбэтэр тиийэн кэлэр икки өрүттэри арааран билэн таба туһаналлара эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

КҮН уонна ЫЙ

Айылҕаҕа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн тутулук хаһан баҕарар туттуллар. Күн таҕыстаҕына халлаан сырдыыр, сылаас буолар, ол иһин дьоҥҥо үчүгэй буолуу кэлэр, онтон хараҥа, тымныы куһаҕан, ыарахан кэмҥэ киирсэллэр.

Киһи өйө-санаата сайдыыта күнтэн уонна ыйтан улахан тутулуктаахтар. Ол курдук, күн тахсан сырдык буолуута киһи хараҕа көрөрүн тупсаран үчүгэй кэмэ кэлэрин үөскэтэр. Киһи айылҕаттан сырдык кэмҥэ сылдьар, үлэлиир аналлааҕа хараҕа көрөрүттэн тутулуктанар уонна үрүҥ дьүһүнү үчүгэйгэ кубулуппут.

Киэһэ буолан халлаан хараҥарыыта киһи көрөрүн мөлтөтөн, сылдьар ыырын кыччатан куһаҕан, эрэйдээх кэмэ кэлэрин биллэрэр. Ол иһин хараҥа, хара киһиэхэ куһаҕан өйдөбүллэнэн сылдьара хаһан да уларыйбат. Олус былыргы кэмнэргэ хараҥаҕа дьон саһан сынньана сыталлара хара дьүһүнү куһаҕаҥҥа кубулуппут.

Киһи үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран олоҕор туһанара сырдык уонна хараҥа хардары-таары уларыйар дьайыыларыттан үөскээн олоххо туттулла сылдьар.

Даремскай университет специалистара ааҕан таһаарыыларынан күн төһө уһаан иһэрэ ааҕыллар кыахтаммыт. Кинилэр бу үлэлэригэр Вавилоҥҥа, Египеткэ, Былыргы Грецияҕэ, Былыргы Китайга уонна орто үйэлэрдээҕи Европаҕа күн уонна ый өлүүлэрин суруйбуттарын булан туһаммыттар. Былыргылар күн уонна ый өлүүлэрин кэмин суруйан хаалларбыттара чуолкай быһаарыыны оҥорорго көмөлөспүт.

Сир бэйэтин киинин тула тохтообокко эргийэрэ 100 сыл устата 1,8 мс бытааран иһэр эбит. 6,7 мөл. сылынан суукка уһуна 1 мүнүүтэнэн уһаан биэриэҕэ диэбиттэр. Суукка уһуна 25 чааска тэҥнэһэрэ 200 мөл. сылынан кэлиэн сөп диэн быһаарбыттар.

Ыйтан тэйэр күн уота түүн халлааны сырдатан айылҕа иһийэн хаалбатын биллэрэр, түүн даҕаны олох тохтоон хаалбакка салҕанан баран иһэр. Сиргэ түүн сылдьар, хараҥаҕа эмиэ көрөр аналлаах тыынар-тыыннаахтар бааллар.

Түүн халлааны ый уота сырдатар. Ый туолбут кэмигэр, ыйга үс хонукка халлаан биллэрдик сырдыыр, киһи таһырдьа сылдьар кыахтанар. Күнтэн кэлэр эньиэргийэ кыра да буоллар ыйтан тэйэн кэлэн сырдатан туһалыыр.

Ый көстүүтэ күн аайы уларыйан иһэрэ киһи өйө-санаата сайдыытын үөскэппит. Хас күн аайы ый уларыйан иһэр көрүҥүн дьон кэтээн көрүүлэриттэн өйдөрө-санаалара сайдыбыт уонна сахаларга ый, ыйар диэн өйү-санааны, хайысханы быһаарар тыллар үөскээн туттулла сылдьаллар.

Сахалар олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит омуктарын халлаан ыйын ый диэн ааттыыллара биллэрэр. Ый диэн тыл көрдөрөн, ыйан биэр диэн суолталаах. Олус былыргы кэмнэргэ дьон ый уларыйан биэрэриттэн тутулуктаах халандаары туһана сылдьыбыттар. Билигин да Азия омуктара, бу халандаары туһаналлар.

Олус былыргы кэмнээҕи үөрэхтэр сорохторо аныгы, тупсубут үйэҕэ хаалан туттуллубат буолан иһэллэр. Холобурга, ыйтан тутулуктаах халандаары ылыахпытын сөп. Урукку кэмҥэ дьон бары ыйы көрөн, онон салайтаран күнү-дьылы ааҕар эбит буоллахтарына, билигин бары кэриэтэ халандаарга күн уларыйарын туһаналлар. Бу халандаар улахан табатынан уонна туһанарга судургутунан баһыйан үгүс дойдуларга олоххо киирэн сылдьар.

Түүн хараҥаҕа киһи утуйар, бу кэмҥэ этэ-сиинэ сынньанар, онтон өйө-санаата дьаарыстанар, оннун булунар, туһата суохтара умнуллан хаалыахтарын сөп. Ону тэҥэ, бу кэмҥэ киһи араас түүллэри көрүөн сөп. Үгэс буолбут өй-санаа түүлгэ илэ курдук көстөрө үгүс дьону интэриэһиргэтэр. Сахалар өй-санаа, Кут-сүр үөрэхтэрин түүлү көрөн үөскэппиттэрэ элбэх сөп түбэһэр быһаарыылаахтар. (1,26).

Түүллэри көрүү өй-санаа туругуттан тутулуктаахтар. Биир эмэ түүлгэ инникини билгэлээн көрүү баар буолуон сөп. Ол барыта киһи санаата инники баран иһэрин биллэрэр. Эт-сиин үчүгэйинэн сылаас, сымнаҕас уонна сынньалаҥ, ол аата тото аһаан баран сытыы, утуйуу буолар. Бу баҕа санаа үчүгэйгэ тириэрдибэтин сахалар билэллэрин уонна тылларыгар киллэрбит-тэрин сыт диэн тыл туттуллара быһаарар. Уһуннук сыттахха сыт, сытыйыы үөскээн тахсара биллэр.

Сэтинньи 8 күнүгэр 2022 сыллаахха ый өлүүтэ Россия үрдүнэн көһүннэ. Ый барыта кытаран хаалла. Маннык көстүүнү нууччалыы “Крововая Луна” диэн ааттаатылар.

Бу олус улахан куһаҕан быһыылар үөскүүллэригэр көстөр бэлиэ диэн ааҕаллар эбит. Россияҕа улахан хаан тохтуулара кэлэригэр көстүбүт буолуон сөп диэн этэллэр.

Күн уонна ый киһи өйө-санаата сайдарыгар ылар оруоллара көстөллөрүнээҕэр быдан элбэҕэ быһаарыллар. Биһиги үгүс үлэлэр-битигэр үрүҥ уонна хара диэн үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран туһаныыга сахалар туттар ньымаларын туһунан суруйбуппут. Ол иһин, бу үлэбитигэр ити тыллар киһи өйүн-санаатын икки утарыта быһаарыыларын туһана сылдьалларын ырытыахпыт.

Үрүҥ уонна хара диэн тыллар киһи өйүн-санаатын уларыйыытын икки өрүтүн бэлиэтиир тыллар буолаллар:

1. Үрүҥ. Үчүгэйи үрүҥ диэн ааттааһын олоҕурбут.

2. Хара. Куһаҕаны хара диэн туоратан, намтатан ааттыыллар.

Киһи олоҕор көрсүһэр саамай уустук боппуруостара үчүгэйи уонна куһаҕаны таба араара сатааһынтан үөскээн тахсаллар. Сахалар үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһаныыга “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн аналлаах үөрэҕи туһаналлар.

Бу икки өрүттэри арыыйда дириҥник ырытыахпыт:

1. Дьоҥҥо тус-туспа, утарыта хайысхалаах быһаарыылары таба арааралларыгар айылҕа бэйэтэ көмөлөһөрүн сахалар туһана сылдьаллар. Киһиэхэ айылҕа оҥорор дьайыыта хаһан да уларыйбат уонна хараҕа хайдах көрөрүттэн тутулуктанан уларыйан биэрэр өйдөбүллэри үөскэтэрин туһаныы табыллар.

Киһиэхэ үчүгэй буолуута халлаан сырдаан хараҕын көрөрө тупсарыттан быһаччы тутулуктанар. Ол иһин сырдыгы бэлиэтиир аналлаах үрүҥ дьүһүн үчүгэйи биллэрэр эбиискэ өйдөбүллэммит.

2. Хараҥа буолуута киһи хараҕа көрөрүн мөлтөтөрүттэн, ырааҕы кыайан көрбөтө кэлэриттэн хара дьүһүн куһаҕан өйдөбүлү иҥэринэн сылдьар. Ону тэҥэ, дьон куһаҕаны оҥороллоро аҕыйыырын туһугар хара диэн түһэрэн, намтатан, хараардан ааттааһын ордук табыллар.

Өй-санаа икки өрүккэ арахсыыта, киһи үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарыыта айылҕа киһиэхэ дьайыытыттан үөскээн тахсан олоххо киирбит. Дьон өйө-санаата аҥар өрүт диэки аһара баран халыйыыта “Үрүҥү хара диир” диэн этиигэ тириэрдиэн сөп. Утарыта турар, эйэлэспэт өйдөөх-санаалаах киһи итинник этиини туһана сатыыр. Бу арахсыы үөскээбэтин туһугар сахалар сиэри олохтоон туһаналлар.

Ону тэҥэ, бу уустук боппуруоска таба эппиэти сахалыы Кут-сүр үөрэҕэ эрэ биэрэр кыахтаах. Оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр төрөппүттэрэ иҥэрэн биэрбит үчүгэй үгэстэрэ кини үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанарын үөскэтэллэр.

Уһун кэмнэргэ үөскээбит үгэс, өй-санаа ылары кытта уларыйа охсубат. Киһи өйүгэр-санаатыгар уруккуттан үөскээн үгэс буолан сылдьар өйдөбүллэрин уларыттахха, саҥа үгэһинэн солбуйдахха эрэ кыаллар уустук дьыала буолар.

Онон үчүгэйи, үрүҥү уонна куһаҕаны, хараны таба арааран олоххо туһаныы киһи олоҕор таба суолу тутуһарын үөскэтэринэн төрөп-пүттэр оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмин аһаран кэбис-пэккэ үчүгэй үгэстэргэ үөрэтэллэрэ эрэйиллэр.

КИҺИ уонна СҮӨҺҮ

Сахалар сүөһү диэн улахан кыыллары ааттыыллар уонна өйдөрө-санаалара киһиэхэ тиийбэтин куруук биллэрэллэр. Ол курдук, “Сүөһү курдук буолума” диэн этии киһи сүөһү курдук буолбата табылларын, өйө-санаата сайдарын, тупсарын тэҥэ, аһара барара тохтуурун, оҥорор быһыылара тупсаннар киһилии быһыылары оҥороро ирдэнэр көрдөбүл буоларын биллэрэллэр.

Оҕо улаатан иһэн өйө-санаата сайдан киһи буолууну ситиһиитэ диэн оҥорор быһыылара киһилии быһыыларга тэҥнэһэллэрин, сөп түбэһэллэрин, үчүгэйи уонна куһаҕаны билэн, таба арааран олоҕор туһанарын биллэрэр тутаах суолталаах этии буолар.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии айылҕаттан тутулук-тааҕынан тыынар-тыыннаахтарга барыларыгар уонна киһиэхэ эмиэ дьайыыта тиийэр. Айылҕаҕа үөскүүр улахан тыынар-тыыннаахтар бу этиигэ сөп түбэһэннэр тас көрүҥнэрэ уонна өйдөрө-санаалара икки өрүккэ арахсаллар:

1. Кыыллар, сүөһүлэр.

2. Киһи.

Бу икки өрүттэри арыыйда кэҥэтэн ырытыахпыт:

1. Кыыллар сир үрдүгэр мөлүйүөнүнэн сылларга уларыйбакка эрэ олус бытааннык сайдаллар. Сахалар кыыллары, көтөрдөрү өйдөрө-санаалара киһиэхэ улаханнык тиийбэтин, салгын куттара сайдыбатын билэннэр малга-салга тэҥнииллэр, ол, бу, туох диэн ыҥыраллар уонна идэһэ оҥостон кэбиһэллэр.

Олус былыргы кэмнэргэ киһи курдук көрүҥнээх эрээри, өйдөрө-санаалара киһиэхэ улаханнык тиийбэт араас кыыллар сиргэ баар буола сылдьыбыттарын “Киһи буолбатах” диэн этии уонна сүөһү диэн аналлаах тыл баара биллэрэллэр. Сүөһү диэн киһиэхэ өйдөрө-санаалара тиийбэт улахан кыыллары холбоон ааттыыллар.

2. Айылҕаҕа араас кыыллартан сайдан, тупсан киһи курдук көрүҥнээх кыыллар үөскээн баар буолбуттар. Маннык ураты кыыллар баар буола сылдьыбыттара былыргы кэпсээннэргэ, остуоруйаларга ахтыллаллар. Араас кынаттаах аттар, киһи төбөлөөх хахайдар ойуулара көстөн биллэллэр. Киһи курдук көрүҥнээх эрээри, “Киһи буолбатах” кыыллартан уһун үйэлэргэ киһи өйө-санаата сайдан, тупсан киһи буолууну ситиһэн, киһилии быһыылары оҥорор киһи үөскээн сиргэ-дойдуга тарҕаммыт.

Киһи өйө-санаата сайдан, тупсан киһи буолуу өйүн-санаатын ситиһэн уонна оҥорор быһыылара киһилии быһыыларга сөп түбэһэн тэҥнэстэхтэринэ эрэ киһи диэн ааты иҥэрии табыллар. Ол иһин киһи диэн тыл үөскээн олоххо киирбитэ быһаарыллар. (2,51).

Дьон өйдөрө-санаалара сайдан киһи буолууну ситиһэллэрэ олус уһун кэмнэри ылбыт. Ол курдук, киһи таҥаралар үөскээн олоххо киириилэрэ киһи буолуу ситиһиллибит кэминэн ааҕыллара сөп. Будда таҥара 2 аҥар тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр улахан киһи буолуу өйө-санаата дьоҥҥо сайдыбытыттан үөскээн олоххо киирбитэ биллэр, онтон сахалар Үрүҥ Аар тойон таҥаралара өссө тыһыынча сыллар иннилэригэр буолуон сөп.

Икки өрүттээх буолуу сүрүн уратытынан, бу икки өрүттэр кэмэ кэллэҕинэ хардары-таары уларыйан, солбуйсан биэрэллэрэ сайдыыны ситиһии хамсааһынын үөскэтэн иһэр. Дьон өйдөрө-санаалара сайдан, тупсан киһи буолууну ситиһэн уонна киһилии быһыыланан олоҕу олорор буолбуттара бастакы киһи таҥара, ол аата Үрүҥ Аар тойон таҥара үөскээбит кэмиттэн саҕаланар.

Айылҕаҕа икки өрүттээх буолуу үөскээһинэ күнтэн уонна сиртэн тутулуктааҕынан бу икки өрүттэр хаһан эрэ солбуйсан биэрэллэрэ тиийэн кэлиэн сөп. Кэнники үйэҕэ дьон өйө-санаата уларыйыыта бу солбуйсан биэрии кэлэн иһэрин биллэрэр буолла.

Сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн киһи үс куттаах, онтон кыыллар, сүөһүлэр икки эрэ куттаахтар. Араас оттор, мастар биир куттаахтар, ол аата хамнааһыны эрэ кыайан оҥороллор.

Киһиэхэ өйө-санаата, салгын кута сайдарыттан үөрэҕи-билиини түргэнник ылынан, араас элбэх саҥаны айыылары оҥорон олоҕун тупсаран иһэри ситиһэр. Арай киһи бэйэтигэр эрэ “үчүгэйи” баҕарара улаханыттан дьоҥҥо өй-санаа сайдыыта тэҥнэһэрэ олус ыраах быһыылаах. Ол курдук, инники түспүттэр, бастаабыттар хаһан да иннилэрин биэрбэттэриттэн хаалбыттар куруук хаалан иһэллэрэ уларыйара улахан уустуктары үөскэтэр.

Киһи кыыллартан, сүөһүлэртэн биллэр уратытынан үһүс кута, салгын кута сайдара, үөрэҕи-билиини түргэнник ылынан өйө-санаата эбиллэн, элбэх саҥаны айыылары оҥорон олоҕун тупсаран, көннөрөн иһэрэ буолар. Манна кэлэн саҥаны айыыны оҥоруу киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыыта икки өрүттэнэн тахсар уратыларын билэн олус сэрэхтээхтик сыһыаннаһыы эрэйиллэр.

Кыылларга, сүөһүлэргэ салгын куттара сайдыбатыттан ийэ куттарынан, ол аата олохсуйбут үгэстэринэн салаллан сылдьаллар. Ол иһин олохторугар уларыйыыны киллэрбэттэриттэн үйэлэрин уһуна мөлүйүөнүнэн сылга тиийэр. Бу быһаарыы дьон үйэлэрэ кылгааһына саҥаны айыыны оҥороллоруттан быһаччы тутулуктааҕын биллэрэр.

Дьон олоҕор бу икки өрүттэр солбуйсан биэрэллэрэ кэлэн иһэрэ маннык бэлиэлэринэн биллэр буолла:

1. Дьон экономикаҕа сайдыыны ситиһэннэр олус улахан атомнай буомбалары оҥостон, мунньунан олорор сирдэрин тоҕо тэптэрэр кыахтанан сылдьаллар. Бу кыахтара аһара улааппыта сэрэхтэрин төһө да улаатыннарбытын иһин, киһи сыыһа-халты туттунара хаһан да суох буолан хаалбатыттан куттала суох буолара кыаллыбат. Ону тэҥэ, ким эрэ аан бастаан тоҕо тэптэрэн саҕалыырын кэтэһэ сылдьаллара сыыһа туттунары үөскэтиэн сөбө улаатан иһэр.

2. Айылҕа тосту уларыйан халлаан сылыйан иһэриттэн хотугу уонна соҕуруу полюстарга мунньуллубут муустар түргэнник уулланнар уу аһара эбиллиититтэн хонуу сирдэри үгүстүк ылан, үгүс дьону үрдүк сирдэргэ, хайаларга көһөргө күһэйиитэ өйдөрүн-санааларын туруга суох оҥорор. Дьоҥҥо “Барар сир баҕана үүтэ, кэлэр сир кэлии үүтэ” буола кыараатаҕына сыыһа туттуналлара киирэн кэлиэн сөп.

3. Дьон байыыны ситиһэннэр олохторо көнөн оҕолорун атаахтык, көҥүллэринэн ыытан иитэллэриттэн туруга суох өйдөөх-санаалаах эдэрдэр элбээннэр бэртэрин, “үчүгэйдэрин” былдьаһар санаалара аһара улаатарыттан олорор сирдэрин былдьаһыытын үөскэтэн, улахан сэриини саҕалыахтарын сөп.

4. Элбэх эмтэри, наркотиктары туһаныы аһара баран туруга суох өйдөөх-санаалаах эдэрдэр элбээһиннэрэ утарыта турсууну аһара улаатыннаран, “Үрүҥү, хара диир” диэн этиигэ тириэртэхтэринэ сэриилэһии саҕаланар кыахтанар. Ону тэҥэ, наркотик дьайыытыттан өйө-санаата, тулуура мөлтөөбүт киһи тугу барытын оҥоруон сөбө кыра да кутталы өссө улаатыннаран кэбиһэр.

5. Омуктар уһун олохторугар сайдыыны ситиһэллэрэ уонна мөлтүүр кэмнэрэ тэҥэ суохтук кэлэн иһэр, ол иһин икки ардыларыгар хамсааһыннар үөскүүллэр. Хайа эрэ мөлтөөһүн кэмигэр киирбит омук бэйэтин күүһүрдүнэр, атыттартан сир былдьаһар санаата аһара улаатарыттан, сайдан, тупсан иһээччилэри кытта тапсыбатыттан сэриини саҕалыан сөп. 6. Айылҕаҕа араас кыыллар эстэн, симэлийэн иһэллэрэ дьон харыстыыр, көмүскүүр санааларын аһара улаатыннаран бэйэлэрин кыыллар курдук сананыыларын үөскэтиэн сөп. Бу уларыйыы кэлэригэр сорох омуктар бэйэлэрин кыылларга тэҥнээн “кто”, кому” диэн холбоон бииргэ ааттаналлара быһаарар оруолу ылар.

7. Космостан кэлэн сиргэ түһүөхтэрин сөптөөх көтө сылдьар улахан таастар чугаһаан кэлиилэрэ өйдөрө-санаалара мөлтөөбүт, ыгыллан ыксаабыт дьоҥҥо “Бэстилиэнэй тыһыынча” кэллэ диэн өйдөбүлү киллэрэн кэбиһиэн сөп.

Төһө да кэлиэҕэр баҕарбатахпыт иһин икки өрүттэр солбуйсан биэриилэрэ айылҕаттан тутулуктаах буолан тиийэн кэлиэн сөп. Дьон арай саҥаны айыыны оҥороллорун тохтотон эбэтэр аҕыйатан биэрдэхтэринэ олоххо үөскүүр тэҥнэһиини оннугар түһэриэхтэрин, икки өрүттэр солбуйсан биэриилэрин уталыта түһүөхтэрин сөп.

Сайдыыны ситиһии дьон өйдөрө-санаалара утарыта турууларын, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууларын улаатыннаран биэрэрэ олоххо уустуктары үөскэтэн иһэр. Дьон оҥорор саҥаны айыыларыттан биир эмэ табыллан, сатанан туһаны аҕалар. Онтон атыттара барылара табыллыбакка, сыыһа-халты буолан хаалан куһаҕаны элбэтэллэр. Ол иһин саҥаны айыыны оҥорууга сахалар “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэхтэрин туһана сылдьыы хаһан баҕарар ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Онон киһи уонна сүөһү диэн икки аҥы арахсыы айылҕаттан тутулуктанар уонна өй-санаа сайдан иһиитэ киһи этин-сиинин уларытара, тупсарара тиийэн кэлэрин биллэрэргэ анаан туттуллар.

ДЬОН ИККИ ӨРҮТТЭРЭ

Дьон “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугар сөп түбэһэннэр бэйэлэрэ икки өрүккэ арахсаллар:

1. Дьахтар.

2. Эр киһи.

Дьон бу икки өрүттэрэ айылҕаҕа үөскээн баар буолууларын сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ быһаарарынан дьахтар сиргэ, айылҕаҕа үөскүүр, онтон эр дьон халлаантан, Үөһээ дойдуттан түһэн оҕо оҥорбуттар. Ол иһин дьон икки өрүттэрэ үөскээн тарҕаммыттар. Мин бу быһаарыыны сиргэ өйдөөх-санаалаах, салгын куттара сайдар кэлии дьон баар буолбуттарын чуолкайдаан биэриигэ туһанабын.

Сахалар олохторугар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун куруук туһана сылдьалларыттан дьахталлары баттыыр, туоратар быһыылары, туспатык ааттыыры, былаат бааннарары туһамматтар.

“Дьахтар санаата аһынааҕар кылгас” диэн өс хоһооно дьахтар ырааҕы ырытан быһаарар санаата оҕо төрөтөр кэмигэр аҕыйаҕын биллэрэр. Ол барыта кыыс этэ-сиинэ ситтэр эрэ оҕо төрөтөр санаата атын бары санааларын баһыйарыттан тутулуктанар. Олоххо субу кэмҥэ туһалыыр үлэ туһунан уонна ыраах тиийэр суолталаах быһаарыылары ылыныыга, оннук быһыылары оҥорууга дьахтар өйө хойутаан тиийэрин бу өс хоһооно быһаарар.

Санаа маннык кылгааһына дьахтар этин-сиинин уратыларыттан уонна оҕо төрөтөр анала бастаан иһэриттэн тутулуктанар. Кыыс оҕо сааһыран истэҕинэ этэ-сиинэ уонна өйө-санаата уларыйыыта саха тылынан этиллэн сылдьаллар:

1. Кыыс оҕо.

2. Сиппит кыыс.

3. Дьахтар.

4. Эмэн дьахтар.

5. Эмээхсин.

Кыыс оҕо улаатан истэҕинэ этэ-сиинэ уларыйыыта өйүгэр-санаатыгар улахан дьайыыны оҥорор. Бу уларыйыылары арыыйда кэҥэтэн ырытыахпыт:

1. Кыыс улаатан этэ-сиинэ уларыйан барыар диэри уол оҕоттон биллэр уратыта суох өйө-санаата сайдан иһиэн сөп. Кыыс оҕолор кыра эрдэхтэриттэн харыстанар санаалара уолаттардааҕар улахан. Ол иһин тугу барытын сэрэхтээхтик оҥороллоро элбиир уонна сыыһа-халты туттуналлара аҕыйах буолар.

2. Кыыс улаатан истэҕинэ этигэр-сиинигэр уларыйыылар киирэллэр. Эмиийэ улаатар, эмэһэтэ топпойор, хамсаныыта сымныыр, бытаарар, ис уорганнара сайдыбыттара хаан тахсарыттан биллэр. Бу уларыйыы өйүгэр-санаатыгар дьайарыттан уол оҕолору көрүтэлиирэ, тала сатыыра эбиллэн кэлэр. Ол аата айылҕата кыыска сайдыылаах оҕону төрөтөр кэмэ кэлбитин биллэрэр. Аныгы кыыс оҕолор 12 саастарыттан ситэллэр, үгүс дойдулар 16 саастарыттан эргэ тахсалларын көҥүллүүллэр.

3. Кыыс эр киһини биллэҕинэ, сылдьыстаҕына дьахтар буолар. Бу уларыйыы кыыс оҕо чараас бүрүөһүнэ алдьанарыгар тириэрдэн, кыра ыарыыны үөскэтэн олус улахан саҥаны айыы буолан өйүгэр-санаатыгар ууруллан, иҥэн хаалар. Бу ураты быһыыны дьахтар барыта өйдүү-саныы сылдьар.

Бу кэмтэн ыла кыыс оҕо дьахтар диэн ааттанар уонна оҕо төрөтөр санаата кычыгыланара элбиириттэн аһара улаатар. “Кус түспэтэх уута суох” диэн өс хоһооно дьахтар баҕа санаата улаатарыттан бары оҥорор быһыыларыгар эр киһини тала сатыыра улаатарын биллэрэр.

Оҕо төрөтөр баҕа санаата бу кэмҥэ дьахтар бары атын санааларын барыларын баһыйарыттан үөрэххэ, үлэҕэ сыһыанын барытын сабырыйар. Ол иһин эр дьону көрүтэлии, тэҥнии, тала сатыы сылдьар санаата улаатар. Кыыс бу кэмҥэ оҕолонноҕуна оҕото доруобай буолара элбиирин тэҥэ, сайдыылаах буор куттаах эр киһини утумнуур оҕону төрөтөр кыахтанар.

4. Дьахтар 35 сааһыттан оҕо төрөтөр кыаҕа аҕыйыыр, онтон суох буолар. Оҕо төрөтүү диэн ыарахан үлэ буоларын, эдэр дьахтар эрэ кыайарын, доруобай оҕону төрөтөрүн айылҕа билэриттэн ити хааччах үөскээбит. Сааһырбыт дьахтар оҕо төрөтөрө ыараханын аныгы медицинэ эрэ кыайар, кыччатар, ол иһин ыарыһах оҕолор төрүүллэрэ элбээн сылдьар. Эдэр кэргэннээх эмэн дьахтар бу кэмин өссө уһатан биэрэн, эдэр курдук санана сылдьа түһүөн сөп. Бу кэмҥэ дьахтар этэ-сиинэ уонна өйө-санаата эр киһини кытта тэҥнэһэ сыһар, ханнык баҕарар үөрэҕи, ыарахан да үлэни кыайа-хото үлэлиир кыахтанар.

5. Оҕо төрөппөт уонна бэйэтэ мөлтөөбүт кэмигэр киирдэҕинэ дьахтар аата уларыйан эмээхсин диэн ааттанар. Эмээхсин сиэннэрин көрөр-истэр уонна иитэр, үөрэтэр аналланар. Бэйэтин элбэх билиилэриттэн сиэннэригэр бэристэҕинэ улахан туһаны оҥорор.

Кыыс оҕо сааһыран истэҕинэ этэ-сиинэ уларыйыыларын кытта тэҥҥэ өйө-санаата уларыйан биэриитэ саха тылынан этиллэн сылдьар. Бу уларыйыылары тутуһа сырыттаҕына олоҕо табыллар.

Сахалар ыал буолуу үгэстэрин тутуһан кыыс сааһа ситтэр эрэ сайдыылаах буор куттаах эр киһини талан ылан эргэ тахсан оҕо төрөтөрө аймахтар, аҕа уустара сайдан иһэллэригэр тириэрдэрин туһана сылдьыы буолар:

- Ыраас кыыс оҕо эр киһи сайдыылаах буор кутун оҕолоругар тириэрдэр кыаҕа улаатар.

- Бу кэмҥэ кыыс оҕо баҕа санаата улаханыттан уонна талымаһа аҕыйаҕыттан төрөппүттэрин олоххо туһалаах этиилэрин истэн толорор кыахтанар. - Оҕо төрөтүүтэ улахан эрэйдээх. Эдэр дьахтар төрөтөр оҕолоро этэҥҥэ төрүүр кыахтара улаатар.

- “Дьахтар үйэтэ кылгас” диэн этии оҕо төрөтөр кыахтаах дьахтары быһаарар уонна оҕо төрөтөр кэм кылгаһын биллэрэн өй киллэрэ сатыыр. Бу кэми аһаран кэбиһии кыайан көммөт улахан хомолтоҕо тириэрдиэн сөп.

Ыалы кыыс оҕо тэрийэр. Ол иһин аймахтар, омук ахсааннара эбиллэн иһиитэ кыыс оҕо сайдыылаах буор куттаах эр киһини таба талан ыларыттан тутулуктанар. Элбэх сайдыылаах буор куттаах оҕолор омук сайдан, үлэни кыайан иһэрин үөскэтэллэр.

Эр киһи айылҕатыттан үлэлиир, булар-талар аналлаах. Улаатан иһэн үлэлии үөрэнэн өбүгэлэриттэн ылынан иһэр буор кутун сайыннаран биэрэрэ эрэйиллэр. Эр киһи буор кута үйэтин тухары үлэлиириттэн эбиллэн, сайдан иһэр. Бу сайдан иһэр буор кутун эдэр, төрүүр кыахтаах иккис ойоҕун ыллаҕына салгыыр кыахтанар.

Ыал буолууга уол киллэрэр халыыма кыыс энньэтигэр тэҥнээх буолара ыал олоҕо табылларыгар тириэрдэр. Бу быһаарыы тутуһулла сылдьара оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ биир тылы булунууга уонна ыал буолааччылар тэҥнээх сыһыаннара үөскүүрүгэр туһалыыр.

Эр киһи уонна дьахтар диэн дьон икки өрүттэрэ биир тылы булунан, сөбүлэһэн ыал буолан тэҥнэһиини тутустахтарына оҕо төрөтөн, ол аата үһүс киһини үөскэтэн аймахтары, аҕа уустарын тэҥэ, омуктарын сайыннараллар.

Онон дьон икки өрүттэрин икки ардыларыгар сөбүлэһии, ыал буолууну үөскэтии омугу сайыннарар уонна ахсааннарын элбэтэр.

ЫЛЫЫ уонна БИЭРИИ

Айылҕа киһи этигэр-сиинигэр улахан дьайыыны оҥорор. Киһи тыынар салгынын уонна аһыыр аһылыгын айылҕаттан ылан туһанар, ону тэҥэ, хааны сиир үөннэр халбаҥнаабат тутулугу үөскэтэллэр.

Сырдык уонна хараҥа солбуйса сылдьан дьайыылара киһи өйүн-санаатын сайыннараллар, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоҕор туһанарыгар тириэрдэллэр. Онтон сылаас уонна тымныы хардары-таары дьайыылара киһи этин-сиинин уонна өйүн-санаатын эрчийэн, дьарыктаан тулуурдаах, туттунар күүстээх буолара үөс-күүрүгэр туһалыыллар.

Киһи өйүгэр-санаатыгар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйа сылдьар тутулуга куруук утарыта хайысхалаах икки өрүтү, өйү-санааны уонна оҥорор быһыыны үөскэтэн иһэллэр:

1. Ылыы.

2. Биэрии.

Өй-санаа уонна оҥорор быһыы бу икки өрүттэрин арыыйда кэҥэтэн ырыттахпытына суолталара арыллар:

1. Ылыы диэн киһи бэйэтигэр туһалааҕы ылыныыта, эбиниитэ, булунуута ааттанар. Киһи бэйэтигэр туһалааҕы оҥостуута санаатын тупсарар, олоҕун көннөрөр, ол иһин үчүгэйинэн ааҕыллар быһыы буолар. Дьон бары үчүгэйи эккирэтэ, ылына, булуна, эбинэ сатыыл-лара ити быһаарыыттан тутулуктанар.

Дьахтар эр киһиттэн ылан оҕо төрөтөрүттэн күүстээҕи, кыахтааҕы талан ыла сатыыр санаата хаһан баҕарар элбиир. Төрүүр оҕо этэ-сиинэ уонна өйө-санаата эр киһиттэн кэлэр буор кутуттан быһаччы тутулуктаахтарын аныгы дьахталлар биллэхтэринэ эрэ табыллыа, оҕолоро күүстээх, кыахтаах буолан төрүө этилэр.

Ылыы киһиэхэ бэйэмсэх буолууну үөскэтэн улаатыннарар. Дьахтар бэйэмсэх санаата эр киһиттэн ыларыттан тутулуктанар уонна улаатан иһэр баҕа санааны үөскэтэн өйүн-санаатын уларытар.

Баайы-малы мунньунуу ылыы элбииригэр тириэрдэрин сахалар быһааран өс хоһооно оҥорон туһана сылдьаллар.

2. Биэрии диэн атын дьоҥҥо үчүгэйи оҥоруу, бэйэттэн көҕүрэтии ааттанар. Киһи бэйэтиттэн тугу эмэ арааран атын киһиэхэ биэрэрэ өйө-санаата сайдан, тупсан иһиититтэн, киһилии быһыыны ситис-пититтэн үөскээбит уонна кыыллартан туспа арахсыыга тириэрдибит туһалаах өй-санаа буолар.

Тугу эмэ биэрии уустук, эбиискэ үлэттэн тахсар уонна өйгө-санааҕа эрэйи, кураанахсыйыыны үөскэтэр. Оҕо киһи буолуу өйүн-санаатын ситистэҕинэ эрэ тугу эмэ атыттарга биэрэри кыайан оҥорор кыахтанар. Ол курдук, кыыллар, көтөрдөр оҕолоругар тугу эмэ сиири биэрэллэриттэн ураты атыны биэрбэттэр уонна бэйэлэрэ хайдах оҥороллоругар үтүгүннэрэн үөрэтэллэр.

Эр киһи дьахтарга биэрэн иһэриттэн өйө-санаата атыттарга туһаны, үчүгэйи оҥоруу диэки хайысхалаах. Айылҕаттан эр киһи биэрэр, ону-маны оҥорор, тутар аналлаах. Оҕо оҥоруута диэн кэлэр көлүөнэни биэрии буолар. Ол иһин сайдыылаах буор куттаах эр киһини таба талан ылыы ыал буолуу үгэстэригэр киирэн туттуллар уонна таптал диэн тылы үөскэппит.

Эт-сиин атыҥҥа баҕарар санаата имэҥ диэн буолар. Таптал имэҥ буолбатах, өй-санаа быһаарыыта, таба талан ылыыта ааттанар. Аныгы дьахталлар имэҥнэрэ аһара барбытын кистээн таптал диэн тылы сыыһа туһанан саптына сылдьаллар.

Биэрии диэн быһыы киһи өйүгэр-санаатыгар оҥорор уратытыттан сайдан тахсан киһилии быһыы үөскээбит. Биэрии диэни кыыллар оҥорботторуттан киһи эрэ оҥороруттан киһи буолуу өйө-санаата тугу эрэ биэрэртэн үөскээн сайдан, кыыллартан туспа арахсыбыт.

Киһи өйүгэр-санаатыгар ылыы уонна биэрии утарыта суолталаах икки өрүтү үөскэтэллэр. Икки өрүттэр бу уратылара баайга-малга сыһыантан ордук чуолкайдан тахсар. Баай мунньуллан, эбиллэн иһиитэ киһи өйүн-санаатын уларытан ылыыны үгүстүк туһаныыга тириэрдэр. Ол курдук, ылан иһииттэн баай эбиллэрэ киһи ылар баҕа санаатын улаатыннаран кэбиһиэн сөп. Биэриини оҥоруу баайтан көҕүрэтэн, аҕыйатан иһэрэ атын киһиэхэ ураты көмөлөһөр баҕа санаа баар буоллаҕына эрэ табыллар.

“Аҕал” диэтэххэ, антах хайыһар, “ыл” диэтэххэ, ымах гынар, “кулу” диэтэххэ, курус гынар, “мэ” диэтэххэ, мичик гынар” диэн өс хоһооно ылыы уонна биэрии киһи өйүгэр-санаатыгар оҥорор уратыларын толору арыйар. (3,56).

Бу икки өрүттэр бэйэ-бэйэлэрин аһара баран хаалбатахтарына, киһилии быһыыны тутуһа сырыттахтарына киһи олоҕо табыллар, туруктаахтык сайдар кыахтанар.

Онон ылыы уонна биэрии киһи этиттэн-сииниттэн тутулуктааҕа уонна өйө-санаата икки өрүттэнэн тахсалларын үөскэтэрэ айылҕа киһини салайарын биллэрэр.

“ТУОХ БАРЫТА ИККИ ӨРҮТТЭЭХ”

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии айылҕа кэмэ кэллэҕинэ уларыйан, солбуйсан биэрэр уратытын быһаарар аналлаах. Айылҕа уустуктара бу икки өрүттэри булан ылыыга саһан сылдьаллар. Киһи өйө-санаата сайдарынан туохха барытыгар иккис өрүтүн булан баран быһаарыыны ылыннаҕына таба буолара ситиһиллэр.

Нууччалар “Медаль имеет другую сторону” диэн өс хоһоонноро икки өрүттэртэн биирэ биллэ-көстө сылдьар буоллаҕына, атына көстүбэккэ саһан сылдьарын быһаарар. Ону тэҥэ, айылҕа тутаах тутулугун быһаарар “Туох барыта икки өрүттээх”, диэн сахалар этиилэрин ханнык эрэ мэтээлгэ тэҥнээн, кыччатан кэбиһэллэр.

Бу этии олус дириҥ, киэҥ өйдөбүллээҕин ситэ арыйбакка сылдьабыт. Ол курдук, бу этии хас биирдии киһи тугу саныырыттан, тугу оҥороруттан саҕалаан Аан дойдуну барытын хабарын таһынан күн уонна планеталар тутулуктарын кытары быһаарар.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини таба быһааран олоххо туһаныыга туох барыта икки өттүттэн халбаҥнаабат гына тутулуктаах диэн өйдөөтөххө табыллар. Ол аата Сир үрдүгэр олох бу икки тутулуктар икки ардыларынан, хайа да диэки халыйбакка эрэ сайдан иһэрэ табыллар. Аҥардастыы биир өттүн диэки барыы халыйыы диэн ааттанар уонна үчүгэйгэ тириэрдибэт, аһара бардаҕына икки өрүттэр солбуйсан биэриилэрин түргэнник үөскэтэн төннүү диэки өттүгэр хамсааһыны таһаарара куһаҕаҥҥа тириэрдэр.

Туох барыта икки өрүттээҕэ олоҕу ордук таттарыылаах, туох быһыы күүтэн турарын иннэ-кэннэ биллибэт оҥорор. Кэлэр үйэлэргэ туох буолара, олох ханнык хайысханан сайдан, үүнэн барара ситэ биллибэтэ олоҕу олорорго интэриэһи үөскэтэр. Биир тэҥник иннин, “коммунизм” диэки баран иһэр олох уһаабатын Сэбиэскэй Сойуус кыайан сайдыбат буола муомуруута уонна үрэллиитэ бары дьоҥҥо дакаастаата. Былыргы сахалар этэллэрин курдук олох суола долгуннардаах, өрүтэ мөхсөн ылар кэмнэрдээх, ол иһин атааннаах-мөҕүөннээх диэн ааттанара олоҥхоттон биллэр. Олоххо үөскээн тахсар бу хамсааһыннар тустарынан биһиги “Олох суолун долгуннара” диэн үлэбититтэн булуохха сөп.

Биһиги бары үлэлэрбитинэн киһини санаата салайарын дакаастыыбыт. Төрөппүттэрэ оҕолоругар кыра эрдэҕиттэн ханнык санаалары үгэс оҥорон ийэ кутугар иҥэрэн биэрбиттэриттэн тутулуктанан олоҕун оҥостон олорор, ханнык тыллары саҥара үөрэппиттэриттэн хайа омук буоларын ылынан өйө-санаата сайдар.

Хас биирдии киһи санаата, тугу оҥороро барыта иккилии өрүттээхтэр, үчүгэй уонна куһаҕан диэннэргэ арахсаллар. Хас киһи барыта үчүгэй санаалара элбээтэхтэринэ – үчүгэйи, онтон куһаҕан санаалара баһыйдахтарына – куһаҕаны оҥоруон сөп, оҥорор кыахтаах даҕаны. Киһи оҥорор быһыыларын үчүгэй уонна куһаҕан диэн арааран быһаарара барыта бэйэтэ, бу быһыыны хайдах диэн саныырыттан, өйдүүрүттэн уонна атыттар туох диэн саныылларын сабыдыалыттан тутулуктанар.

Киһи өйө-санаата икки өрүттээх, икки аҥы арахсар. Ол аата киһи оҥорор дьыалалара, быһыылара барылара үчүгэйи оҥоруу эбэтэр куһаҕаны оҥоруу диэннэргэ арахсаллар. Үчүгэй саҥаны айыыны оҥоруу - үрүҥ айыыны оҥоруу буолар, онтон куһаҕан саҥаны айыыны оҥоруу - хара айыыны оҥоруу диэн сахалыы ааттанар уонна умнуллар, хаалан иһэр аналланар. Ити курдук киһи оҥорор туох баар быһыылара барылара эмиэ санааларын курдук иккилии өрүттээхтэр. Үгүс киһи өйүгэр-санаатыгар сөп түбэһэр өйдөбүл, кинилэр сөбүлүүр быһыылара – үчүгэй диэн буолар, онтон ханнык эрэ өйдөбүл эбэтэр быһыы дьон үгүстэрин санааларыгар сөп түбэспэтэҕинэ куһаҕанынан ааҕыллар.

Саха тыла олус былыргы тыл. Ол иһин өйү-санааны быһаарар тыла икки эрэ дорҕоонноох, биир сүһүөхтээх. “Ай” диэн тыл. Быһаарыылаах кылгас тылдьыкка сурулларынан “Өйгүттэн саҥаны булан, оҥорон таһаар; кими, тугу эмэ баар гын, олохтоо” диэн киэҥ өйдөбүллээх. Бу “Ай” диэн тыл киһи өйө-санаата саҥаны айыыны оҥорор үлэтэ айар диэн тылынан этиллэрин, онтон бу айа сатаабытын илэтигэр оҥорон таһаардаҕына уларыйан, быһыыга кубулуйан айыы, ол эбэтэр саҥаны айыы үөскээн чочуллан тахсарын чуолкайдык быһаарар. Айыы диэн тыл икки, утарыта турар өйдөбүллэрин куруук бииргэ илдьэ сылдьар. Ол аата бу тыл үчүгэйи оҥорууну тэҥэ, куһаҕаны оҥорууну эмиэ бэлиэтиир. Тоҕо диэтэххэ, ханнык баҕарар саҥаны айыы дьоҥҥо үчүгэйи дуу эбэтэр куһаҕаны дуу оҥороро аан маҥнай биллибэт, кыайан быһаарыллыбат уратылаах. Ол курдук, В.И.Ленин салайан ыыппыт Улуу Октябрьскай революцията дьон олоҕор туһаны аҕалыаҕынааҕар төттөрү охсууну, хаалыыны оҥорбута 74 сыллар кэннилэриттэн арыллан 1991 сыллаахха сэбиэскэй былаас эстибитэ.

Киһи өйүн-санаатын быһаарар икки утарыта өйдөбүллээх тылы аҥардастыы биир өйдөбүлүнэн, үчүгэйи эрэ бэлиэтииргэ анаан туттуллуутун холбурдарын “Айыы санаалаах”, “Айыы дьоно”, “Айыы бухатыыра” диэн этиилэргэ буолуохха сөп. Бу олус былыргы, олоҥхо кэмнэригэр үөскээбит этиилэр дьон өйө-санаата өссө ситэ сайда, үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны киһи бэйэтэ оҥорон кэбиһэрэ быһаарылла илигинэ үөскээбиттэр. Ол кэмҥэ айыыны оҥорууну аҥардастыы “үчүгэй” эрэ курдук ылынан туһаныы баар буола сылдьыбыт.

Олус былыргы, олоҥхо кэмигэр дьон өйдөрө-санаалара ситэ сайда илигинэ айыы дьоно диэн бэйэлэрин ааттана сылдьыбыттара баар эбит. Ол былыргы кэмнэргэ киһи бэйэтэ үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрэ быһаарыллан олоххо киирэ илигинэ бэйэлэрин, саҥаны айыыны оҥорооччуларынан, сайдыыны ситиһээччилэринэн айыы дьонунан ааттана сылдьыбыттар эбит.

Киһи бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥороро быһаарыллан олоххо киирбитин бэлиэтээн Христос таҥара үөрэҕэ олоххо киирбитэ икки тыһыынча сыллартан ордон эрэр. Өй-санаа үөрэҕэр бу киирбит туһалаах уларыйыыны хас киһи барыта билэрэ эрэйиллэр эрээри, сэбиэскэй былаас таҥара үөрэхтэрин суох оҥорбутуттан атеист буолан хаалбыт үөрэхтээхтэрэ, бу кэмҥэ да билбэккэ сылдьаллар.

Икки тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр киһи бэйэтэ үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрэ быһаарыллан үчүгэй киһи таҥара Христос үөскээн олоххо киирбититтэн айыы диэн киһи оҥорор ураты быһыыта, саҥаны айыыта икки өрүттэнэн, үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсара арыллан олоххо киирбит. Ол аата киһи оҥорор быһыыта хаһан баҕарар икки өрүттэнэрэ, үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсара быһаарыллыбыт. Өй-санаа үөрэҕэр ол кэмҥэ киирбит улахан уларыйыыны тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар билигин да билэ иликтэрэ хомолтолоох.

Айыы диэн тылы “үчүгэй” эрэ өрүтүнэн туһанан сэбиэскэй былаас тобохторо “айыы үөрэҕэ” диэн сымыйа, өйтөн була сатаан оҥоруллубут сектаны айаннар саха дьонун барыларын албынныы сылдьаллар. Ол курдук, киһи куһаҕан саҥаны айыыны оҥорон кэбиһэрэ хаһан да суох буолан хаалбат.

“Айыыта киирбит” диэн этии киһи үчүгэй майгына киирбитин бэлиэтиир эрээри, бу майгы биирдэ эмэтэ эрэ киирэрин биллэрэр. Биир эмэ талааннаах киһи оҥорор саҥаны айыыта табыллан, сатанан олоххо туһаны оҥороруттан айыы диэн тыл биирдэ эмэтэ туттуллар.

Айыы диэн тыл куһаҕаны көрдөрөргө аҥардастыы туттуллара эмиэ биллэр. “Айыыта таайар” диэн этии киһи тугу эмэни куһаҕаны оҥорбуттаах, дьон иннигэр буруйдаах буолан онуоха баттатарын быһаарар. Бу киһи ол буруйун иэстэбилигэр түбэһиэн сөп. “Айыылаах айыыта таайар” диэн ону этэллэр. Элбэх айыыны оҥорбут киһи сэккэ түбэһэр. (4,63). Хас да өйдөбүллээх айыы диэн тылы туһаныыга үксүгэр холбуу этиллэр тылларынан быһааран биэрии туттуллар. Холобур, айыы-сиэр диэн холбуу этии айыы эмиэ сиэри тутуһар, сиэри таһынан барбата туһалааҕын быһаарар. Айыы сиэргэ бас бэриниэхтээх, сиэр иһинэн буоллаҕына эрэ куһаҕаҥҥа кубулуйан хаалбат.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини быһаарар уустук. Бу этии ордук “Мэтээл икки өрүттээх” диэн маарынныыр этиинэн өссө чуолкайданар уонна биир, сирэй өттө көстө, биллэ сылдьар буоллаҕына, анараа өттө көстүбэтинэн, биллибэтинэн, кэтэх өттө буолан табан быһаарыллыбатынан уратыланар. Мэтээл аҥар өттө эрэ көстө сылдьарын курдук, туох баар барыта биир өттө дьоҥҥо биллэр, көстө сылдьар, онтон атына баара соччо биллибэт, ол иһин үгүстүк табан быһаардахха эрэ булуллара уустуктары үөскэтэр.

Киһи өйө-санаата сайыннаҕына, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран биллэҕинэ өй-санаа ити уратытын таба быһааран туһанар кыахтанар. Иккис өрүт көстүбэт, биллибэт уратытын кыайан таба быһааран өйдөөбөккөлөр сорохтор айыы диэн тылы “үчүгэйи” эрэ бэлиэтээн туһана сатыыллара улахан сыыһа буолар.

Холобур, билигин дьон үксэ өй үлэтинэн, үөрэҕинэн дьарыктаныы үчүгэй диэн өйдөбүлгэ киирэн сылдьаллар. Бу үлэ кырдьык үчүгэй, үгүстүк сылаас сиргэ сынньалаҥнык, олорон эрэ үлэлэнэр, өссө салайар үлэһит буоллахха, хамнаһа да ботуччу курдук. Ол эрээри үөрэх, бу кэмҥэ ситэ сыаналана илик олус куһаҕан өрүттэрдээх. Куруук сылааска олорор, дьиэҕэ кэллэҕинэ сытар киһи доруобуйата, этэ-сиинэ мөлтүүр, үйэтэ кылгыыр. Кинини көрө-көрө оҕолоро өссө мөлтөх үлэһит буола улааталлар. Бу үөрэхтэммит аймах дьон үһүс көлүөнэлэриттэн эстэр, быстар кутталланаллар.

“Үчүгэй эмиэ куһаҕаннаах” диэн этиини быһаарыыга дьон барыта билэр холобурдарын туһаныахха сөп. Ол курдук, олус минньигэс, сыалаах, арыылаах астары аһыы сылдьар киһи сотору олус уойан, доруобуйата мөлтөөн барыан сөп эбэтэр куруук арыгыны элбэҕи иһэр киһи арыгыһыт буолан хаалыыта үчүгэй олус элбээтэҕинэ киһиэхэ буортулааҕын быһаараллар. Өссө бу этиини быһаарыыга куруук сылааска сылдьарга үөрэнэн хаалбыт киһи доруобуйата мөлтөөн, тымныйан ыалдьан иһэрэ элбиирэ олук буолар.

Ханнык баҕарар киһи оҥорор быһыыта аһара баран хааллаҕына төттөрү өттүгэр кубулуйан, уларыйан хаалар. “Хотели как лучше, а получилось как всегда” диэн этии үчүгэйи оҥороору санаммыттара кыаллыбакка, табыллыбакка куһаҕан өттүгэр халыйан хаалбытын бэлиэтиир. Бу В.Черномырдин этиитэ мөлтөөбүт омук дьоно тугу оҥорбуттара барыта туһата суохха эбэтэр куһаҕаҥҥа кубулуйалларын биллэрэрэ ордук суолталаах.

“Kуһаҕан эмиэ үчүгэйдээх” диэн этии киһи үчүгэйтэн да, куһаҕантан да кыайан арахсан быыһамматын быһаарар. Үгүс дьон куһаҕан диэн ааттыыллара аҕыйах киһиэхэ үчүгэй буолан тахсыан эмиэ сөп. Ол иһин үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарыыга, оҕону үөрэтиигэ кимиэхэ үчүгэй буоларын таба быһаарыы эрэйиллэр. Ол курдук, олус баай киһи күн аайы тутта үөрэммитин үчүгэй диирэ үлэһит киһиэхэ хаһан да ситиһиллибэт ыра санаа буолан хаалара элбиир. Баай уонна дьадаҥы дьон тугу үчүгэй, тугу куһаҕан диэн быһаараллара элбэх сөп түбэспэт, утарыта барар өрүттэрдээхтэр.

Дьон тугу үчүгэй, тугу куһаҕан диэн тус-туспа араараллара аан бастаан бэйэлэрин олохторуттан уонна үлэлэриттэн тутулуктанан үөскүүр. Ол курдук, баайдар өйдөрө-санаалара үлэһиттэртэн туспа уратыланан тахсалларын өс хоһоонноро биллэрэллэр:

“Сордооххо сото уҥуоҕа түбэһэригэр дылы” диэн өс хоһооно киһи туох эмэ барыстааҕы оҥороругар өйө-санаата тиийбэтэҕинэ оҥорор быһыыта табыллыбакка, сатаммакка туохха эмэ тииһинэрэ эмиэ кыччыырын биллэрэр.

“Баай хараҕа иинин буоругар да туолбат” диэн өс хоһооно киһи баҕа санаата баайа эбиллэн истэҕин аайы аһара барара улаатарыттан бэйэтин кыаҕын таһынан барарын үөскэтэрин быһаарар. (3,56).

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии олоххо үөскээн тахсар икки өрүттэр кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан биэрэллэрин биллэрэр уонна биир өрүт баар буоллаҕына ханна эрэ иккис өрүтэ сылдьарын быһаарар. “Мэтээл икки өрүттээх”, “Yчүгэй уонна куһаҕан аргыс-таһан сылдьаллар”, “Палка с двумя концами” диэн этиилэр икки өрүт хаһан да арахсыбакка бииргэ сылдьалларын быһаараллар. Арай иккис көстүбэт, биллибэт өрүтү булан, таба быһаарыы, табан туһаныы үөрэхтэммит дьонтон ирдэнэр тутаах көрдөбүл буолар.

Бу этиилэр барылара киһи оҥорор быһыылара, үчүгэй уонна куһаҕан диэҥҥэ арахсалларын уонна куруук бииргэ сылдьалларын, хаһан да арахсыспаттарын быһаараллар.

“Ытыыр уонна күлэр аҕас балыстыылар” диэн этии куһаҕан кэнниттэн үчүгэй эмиэ кэлэрин бигэргэтэн биэрэр. Эбэтэр аһара үөрүү кэнниттэн хомолто, ытааһын кэлэрин, бу этии биллэрэр.

“Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх” диэн этии быһаарыытын киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата сөп түбэспэттэриттэн булуохха сөп. Ол курдук, куруук тымныы уунан куттуу эрэйдээх, куһаҕан, ол эрээри маннык эрчиллииттэн киһи этэ-сиинэ бөҕөргөөн кыра ыарыыларга ыалдьа сылдьыбата, доруобуйата тупсара үчүгэйгэ тириэрдэр. Сайын айылҕа хааны сиир үөннэригэр элбэхтик сиэтии ыарыылааҕын, эрэйдээҕин иһин киһи өйө-санаата бөҕөргөөн тулуура эбиллэригэр тириэрдэрэ элбэх кыайыыны ситиһэр кыаҕын улаатыннарар.

“Аһара үөрдэххэ сотору хомолто кэлиэҕэ”, “Наһаа алларастаама, аны ытыырын кэлиэҕэ” диэн сахалар этиилэрэ икки өрүт ордук өйгө-санааҕа сыһыаннаахтарын быһаараллар уонна хардары-таары сол-буйсан биэрэн иһэллэрин чуолкайдыыллар.

Киһи оҥорор саҥаны айыылара хаһан баҕарар икки өрүттэнэн тахсалларын үлэһит сахалар таба быһаарбыттара ырааппыта айыы диэн тылы икки өрүттээҕинэн туһаналларыттан биллэр. Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар була сатаан оҥорбут “айыы үөрэҕэ” диэн секталарыгар айыыны оҥорууну “үчүгэй” эрэ курдук этэллэрэ сымыйатын элбэх өс хоһоонноро биллэрэллэр.

Онон “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии киһи өйүн-санаатын уонна оҥорор быһыытын барытын холбуу ылан быһаарар.

САНАА ИККИ ӨРҮТЭ

Сахалар олохторугар “Киһини санаата салайар” диэн этиини тутуһаннар киһи санаатын тупсаран биэрэн оҥорор быһыыларын үчүгэй өттүгэр салайаллар. Ол иһин сахалыы таҥара үөрэҕэ киһини “Үчүгэй санаалардаах буол” диэн этэн үөрэтэр.

Санаа хайдаҕын быһаарыы киһиэхэ улахан уустуктары үөскэтэр. Ол курдук, киһи араас санаалары барыларын саныы сылдьыан сөп. Баһын иһигэр сылдьар санаалара үчүгэйдэрэ эбэтэр куһаҕаннара кыайан араарыллыбакка эрэ бииргэ сылдьаллар уонна таһыттан дьайан бобууну, хаайыыны оҥорууну ситиһии кыалла илик.

Киһи олоҕор үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран таба туһаныыта улахан уустуктары үөскэтэр. Бу уустуктары киһи санаата түргэнэ, туохтан да иҥнибэтэ, хааттарбата уонна уларыйа охсон хаалара үөскэтэн таһааран иһэр.

Санааны сатаан салайар буолууга оҕо улаатан өйө-санаата сайдан үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран таба туһанар буоллаҕына эрэ үөрэнэр уустук үлэтэ буолар. Ол курдук, санаа хайдаҕын, тугун, үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын кыайан быһаарыллыбат, арай бу санаа киһи оҥорор быһыытыгар кубулуйдаҕына эрэ таба быһаарыллар кыахтанарын дьон туһаналлар.

Сахалар үөрэхтэринэн санаа Анараа эбэтэр Ол дойдуга сылдьар. Ону быһаарар бэлиэнэн санаа аһара түргэнэ, санаатар эрэ сонно, ханна баҕарар тиийэ охсоро буолар. Ону тэҥэ, санаа туохтан да иҥнибэт, хааттарбат, тугунан да кыайан тутуллубат. Бу чуолкай бэлиэлэр санаа атын, туспа дойдуга сылдьарын быһаараллар.

Ай диэн тыл санааны биллэрэр. Ол иһин үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана кыайан быһаарыллыбат. Киһи тугу барытын, арааһы саныы сылдьара бобуллар, хаайыллар кыаҕа суох.

Айар диэн тыл санаабыт санааны ырытары, хайдаҕын быһаа-рыыны оҥорору биллэрэр. Ай уонна ар диэн тыллартан үөскээбит айар диэн тыл киһи саҥаны айа сатыыр санаатын атыттартан харыстыырын, кистиирин биллэрэр, атыттары тэйитэр, чугаһаппат суолталаах. Дьон тугу саныы, айа сатыы сылдьалларын атыттарга ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыбаттара ону бигэргэтэр.

Айымньы диэн тыл суруйааччы саҥаны айар үлэтин быһаарар аналлаах суолталаах. Ымньанар курдук кыра саҥаны айа сатааһын, бу үлэҕэ баар буоларын биллэрэр.

Саныыр санаа киһи оҥорор быһыытыгар кубулуйарыгар Анараа эбэтэр Ол дойдуттан Бу эбэтэр Орто дойдуга кэллэҕинэ эрэ табыллар, олус улахан уларыйыыны барара быһаарыллар. Бу улахан уларыйыы үөскээһинин айыы диэн тыл биллэрэр.

Айыы диэн тыл санааны буолбакка киһи оҥорор быһыытын быһаарар суолталаах. Киһи саҥаны айыыны, уратыны, дьон билбэт буолан оҥорботторун оҥорорун, бу тыл быһаарар. Киһи оҥорор саҥаны айыыта үчүгэй буолара аҕыйаҕын, үгүстүк куһаҕан буолан тахсарын, бу тыл “ыы” диэн ытааһын сыһыарыылааҕа чуолкайдык быһааран сахалыы билэр дьоҥҥо тириэрдэр.

Саҥаны айыы диэн дьон өссө билбэт, ол иһин оҥорбот ураты быһыыларын аан бастаан оҥоруу ааттанар. Саҥаны айыыны оҥоро сатааһын үгүстүк табыллыбакка, сатаммакка хаалан куһаҕаны элбэтэрин үлэһиттэр билэллэр. Ону тэҥэ, биир сыыһа туттунуу бу оҥоро сатыыр саҥаны айыыны куһаҕаҥҥа кубулутан кэбиһэрин билэн улаханнык сэрэнэллэр.

Аан маҥнай оҥоруох иннинэ саҥаны айыы хайдаҕа; үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана кыайан быһаарыллыбат, ол аата киһи хайдах оҥороруттан улаханнык тутулуктанан тахсар. Арай дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоруу буоларыттан үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана хаһан быһаарыллыар диэри айыы диэн тылынан ааттана сылдьыан сөп.

Төһө эрэ кэминэн саҥаны айыы үчүгэйэ быһаарыллан дьоҥҥо туһаны аҕаллаҕына үрүҥ айыы диэн ааттанар, оҕолору үөрэтиигэ туттуллар кыахтанар. Онтон туһаны аҕалбатаҕына таах хаалар эбэтэр куһаҕан буолан хаалан хара айыыга кубулуйар. Куһаҕан саҥаны айыыны хара айыы диэн ааттааһын дьон өйүттэн-санаатыттан түргэнник умнуллан куһаҕан сабыдыала суох буоларыгар аналланар.

Үрүҥ айыыны дьон олохторугар туһаналлар. Үрүҥ Аар тойон таҥара диэн аат, бу улахан салайааччы киһи оҥорбут элбэх араас быһыыларыттан үчүгэйин, үрүҥүн эрэ талан ылан оҕолору үөрэтиигэ туһанары быһаарар. Ол аата былыргылар билиилэриттэн аныгы олоххо туһалааҕы, үчүгэйи аҕалары эрэ талан ылан оҕолорго үөрэттэххэ өйдөрө-санаалара үчүгэй диэки тардыһыылаах буолара үөскүүрүн туһана сылдьары биллэрэр.

Киһи оҥорор быһыыта хаһан баҕарар үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсан иһэллэр. Ол иһин айыы диэн тыл икки өрүттээх; үчүгэй уонна куһаҕан өрүттэрин холбуу иҥэринэн сылдьар.

Сахалар айыы диэн тыллара икки өрүттээх өйдөбүллээҕэ киһи оҥорор быһыылара үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсалларыттан тутулуктаах. Ол иһин айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүлэ хаһан да суох буолбат. Бу быһаарыы тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар сахалары албынныы сатыылларын чуолкайдаан биэрэр. Киһи үчүгэй саҥаны айыыны оҥорорун тэҥэ, куһаҕан саҥаны айыыны эмиэ оҥорон кэбиһэрэ хаһан да уларыйбат.

“Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһооно субу кэмҥэ үчүгэй диэн ааттана сылдьыбыт кэмэ кэллэҕинэ куһаҕан диэҥҥэ уларыйан хааларын биллэрэр. Киһи “үчүгэй буолуо” диэн быстах санаатыттан оҥорон кэбиспит саҥаны айыыта куһаҕан буолан тахсан хомоторо элбэхтик бэлиэтэнэр. Ол курдук, үөрэ-көтө арыгыны элбэхтик иһэн, саҥаны айыыны оҥорон, итирэн хаалыы куһаҕан быһыыны оҥорорууга тириэрдэрэ, ити уларыйыыны быһаарар.

Сахалар оҕону үөрэтэргэ аан бастаан дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын билэрин туһаналлар, “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэтэллэр. Оҕо бу куһаҕаннары билэр, оҥорбот буоллаҕына, туттунар күүһэ, тулуура улаатарын тэҥэ, үчүгэй быһыылары оҥороро элбиир. “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн аналлаах үөрэҕи туһанан улаатан эрэр оҕолору үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэлэрэ таба арааран туһаналларын үөскэтэллэр.

Оҕо өйө-санаата сайдыыта икки өрүттээх:

1. Аан маҥнай ийэ кута сайдар. Ийэтин таба көрөр кэмиттэн ыла өйө-санаата сайдан үгэстэргэ үөрэнэн барар. Оҥорор быһыыларыттан өйө-санаата үөскээн олохсуйар. Оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр үчүгэй быһыылары оҥорон үчүгэй үгэстэннэҕинэ үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатара кыаллар. Ол аата оҕо өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар аан бастаан үчүгэй үгэстэр иҥэн, ууруллан хаалаллара ситиһиллэр. Бу үчүгэй үгэстэр дьайыыларыттан оҕо үчүгэй, киһилии быһыылары оҥороро элбиир кыахтанар.

2. Оҕо салгын кута 5 эбэтэр 6 сааһыттан сайдан барар. Бу кэмтэн ыла оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэтэ тус-туспа арааран билэн таба туһанар буолууга үөрэнэрэ эрэйиллэр. Бу кэмҥэ сахалыы таҥара үөрэҕэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэҕэ туттуллан аҕыйах ахсааннаах дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын оҕо билэрэ, олору оҥорбот буолара үөскээтэҕинэ үчүгэй быһыылары оҥороро элбиир.

Оҕо бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран туһанарын “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн үөрэх үөскэтэр. Ол аата сырдык буолуута киһиэхэ үчүгэйи үөскэтэрэ, онтон хараҥа, хара куһаҕан буолара араарыллан үөрэтиллэр.

Өй-санаа сайдыытын бу икки өрүттэрин таба быһааран туһана сырыттахха эрэ оҕо улаатан иһэн киһи буолууну, киһилии быһыыланары ситиһэр кыахтанар.

Санаа үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана биллибэтиттэн хос быһаарыыны туһаныы табыллыбат. Ол курдук, санаа киһи оҥорор быһыытыгар кубулуйдаҕына эрэ үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана быһаарыллар кыахтанар. Тыл үөрэхтээхтэрэ була сатаан “айыы санаа” диэн этиини туһана сатыыллара өй-санаа үөрэҕэр сөп түбэспэтин тэҥэ, букатын сыыһа, сахалыы өй-санаа үөрэҕин билбэттэрин биллэрэр. Санаа бэйэтэ ханнык да быһыыны оҥорбот, ол иһин үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана кыайан быһаарыллыбакка эрэ сылдьарыгар тиийэр.

Айыы диэн киһи оҥорор быһыыта ааттанар. Киһи эрэ, салгын кута сайдарыттан саҥаны айыыны оҥорон олоҕор уларытыылары киллэрэрин арааран билии дьонтон барыларыттан эрэйиллэр.

Санаа үчүгэй уонна куһаҕан диэн икки өрүттэргэ арахсыыта киһиэхэ биллибэккэ эрэ сылдьыан сөп. Араас куһаҕан да санаалардаах киһи олорун кимиэхэ да биллэрбэккэ үөрэ-көтө сылдьара кыаллар. “Ынах эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр” диэн өс хоһооно ити уратыны быһаарар. Арай киһи тугу оҥороруттан эрэ быһааран үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн арааран ааттыахха сөп.

Онон киһи оҥорор быһыыта хайдаҕыттан үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана биллэн тахсар, ол иһин киһи аан маҥнай оҥорор быһыыларын тупсарара ирдэнэр көрдөбүл буолар.

САНАА уонна ОҤОРОР БЫҺЫЫ

Сиргэ араас элбэх тыынар-тыыннаахтар үөскүүллэр. Бары атын тыынар-тыыннаахтартан киһи саамай биллэр уратытынан санаата баарын, салайарын билинэрэ уонна олору тупсарарга дьарыктанара буолар. Сахалар “Киһини санаата салайар” диэн этэн санаа бастаан иһэрин билинэллэр уонна үчүгэй өттүн диэки салайан биэрэн олохторугар туһана сылдьаллар. Ону “Үчүгэй санаалардаах буол” диэн аналлаах үөрэх таҥара үөрэҕэр туттуллара биллэрэр.

Айылҕа киһиэхэ оҥорор араас дьайыыларыттан барыларыттан уонна киһи хамсаныылары оҥороруттан этигэр-сиинигэр санаалар үөскээн иһэллэр. Сахалар бу санаалары олус дириҥник үөрэппиттэрин бэлиэтинэн Кут-сүр үөрэҕин оҥорон туһана сылдьаллара буолар.

Киһи хас биирдии быччыҥа хайдах эрэ хамсаатаҕына онно өй-санаа үөскээн иҥэн, мунньуллан иһэр. Ол аата быччыҥ хайдах хамсаабытын өйдөөн хаалан иһэриттэн онно өй-санаа үөскээн төһө элбэхтик хатыланарыттан тутулуктанан мунньуллан сылдьар.

Санааны элбэхтик хос-хос саныы сырыттахха уларыйан, күүһүрэн, умнуллубат буолууга тиийэр. Бу умнуллубат турукка тиийбит санаалар билиини үөскэтэллэр уонна ол санаалары киһи өссө элбэхтик хос-хос хатылаан саныы сылдьара өссө уларыйыыга, үгэс үөскээһинигэр тириэрдэн оҥорор быһыыларга кубулутар кыахтанар.

Киһи араас элбэх умнуллубат буолбут, билиигэ кубулуйбут санаалара олору оҥорор, толорор кыаҕыттан тутулуктанан икки өрүккэ арахсан тахсаллар:

1. Ыра санаалар.

2. Баҕа санаалар.

Ыра санаа диэн киһи бэйэтин үлэтинэн, кыаҕынан кыайан оҥорон олоххо киллэрбэт, аралдьытына эрэ сылдьар санаалара ааттаналлар. Ыра санаатын киһи бэйэтин кыаҕынан толорор буоллаҕына баҕа санааҕа кубулуйуон сөп. Санаалар бу икки өрүттэрин биллэр уратыларын ырытыахпыт:

1. Санаа барыта аан маҥнай ыра санааҕа кубулуйар. Ол курдук, киһи араас элбэх баһын иһигэр сылдьар санааларын бэйэтин кыаҕынан кыайан толорбот, бу санаатын илэтигэр оҥорон таһаарбат, ол иһин ыра, албын санаа буолан ону-маны ыралана саныырыгар эрэ туһалыы сылдьаллар.

Бу араас элбэх ыра санаалар киһини албыҥҥа киллэрэн кэбиһиэхтэрин сөп. Ол курдук, киһи бэйэтин кыаҕынан кыайан толорбот, олоххо киллэрбэт санаалара киһини туһата суоҕу элбэхтик саныы сылдьарга, олору оҥоро сатааһыҥҥа уонна сыыһа-халты туттунууга тириэрдиэхтэрин сөп.

Ыра санаа диэн баара киһи санаата аһара түргэниттэн, туохтан да иҥнибэтиттэн, хааттарбатыттан тутулуктанан үөскээбит. Ол аата киһи тугу барытын, ол-буну, буолары-буолбаты барытын саныы сылдьыан сөбө ыра санааны үөскэтэр. Киһи бэйэтин аралдьытынар араас сымыйа санаалара ыра санаалар буолаллар. Бу санааларын аһара элбэхтик санаан, аны үгэскэ кубулутан кэбистэҕинэ, чахчы баалларын курдук итэҕэйэн албыҥҥа, сымыйаҕа киирэн хаалыан сөп.

Туох да баайа суох дьадаҥы киһи араас элбэх ыра санааларга ыллара сылдьара элбэҕин “Дьадаҥы киһи остуоруйаһыт” диэн өс хоһооно баара биллэрэр. Атын дьоҥҥо суоҕу булан, уратыны оҥоро сатааһын үгүстүк кыаллыбата, сатаммата биллэр.

Киһи олоҕор элбэхтик ыра санааларга ыллара сырыттаҕына дьиҥнээҕэр тугу эмэ туһалааҕы оҥорон олоххо киллэрэрэ аҕыйаан хааларын “Санаатыгар аралдьыйар” диэн этии быһааран биһиэхэ тириэрдэр. Ону-маны, буолары-буолбаты үгүстүк саныы сылдьыы элбэх бириэмэни таах ыытыыга тириэрдэн киһи туһалааҕы оҥорорун улаханнык аҕыйатан кэбиһиэн сөп.

Киһи быһыылаах киһи санааларын аһара ыыппакка хааччахтаан, дьаарыстаан, киһилии быһыылары оҥорууга киллэрэн биэрэ сылдьара, баҕа санааҕа кубулутара ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ол аата киһи хаһан баҕарар бэйэтин күүһүн, кыаҕын билинэ сылдьара эрэйиллэр көрдөбүлгэ киирсэр.

Христианскай, мусульманскай, православнай таҥара үөрэхтэрэ Ырай диэн киһи хаһан да туолбат ыра санааларын дойдутун үөскэтэн итэҕэйэр дьону барыларын албынныы сылдьаллар. Дьон үөрэҕи-билиини баһылаан, өйдөрө-санаалара сайдан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа кэмэ кэллэҕинэ уларыйан иһэр тутулугун тутуһаннар, бу албынтан босхолоннохторуна улахан таҥара үөрэх-тэрин диктатураларын билэн, туоратар кыахтаныахтара.

2. Баҕа санаа диэн киһи бэйэтин күүһүнэн, кыаҕынан илэ оҥорон таһааран, быһыыга кубулутан олоххо киллэрэр санаата ааттанар. Бу быһаарыы киһи санаата бэйэтин олоҕуттан аһара ыраах баран хааларын, ыра санааҕа уларыйарын тохтоторго туттуллар уонна киһи буолууну ситиһиигэ тириэрдэр.

Сахалар санаа атын, Анараа эбэтэр Ол дойдуга сылдьарын билэллэриттэн туох эмэ Бу эбэтэр Орто дойдуга баарын чуолкай-дыырга анаан илэ диэн тылы үөскэтэн туһаналлар. Туох барыта илэ көстөр, сылдьар буоллаҕына, Бу эбэтэр Орто дойдуга баара быһаа-рыллан, биллэн тахсар.

Санаа уонна оҥорор быһыы уратыларын быһаарыыга илэ диэн тыл туттулуннаҕына эрэ табыллар. Ол курдук, санаа Анараа, көстүбэттэр дойдуларыттан Бу дойдуга кэлэн киһи оҥорор быһыы-тыгар кубулуйарын анаан-минээн биллэрдэххэ, бэлиэтээн биэрдэххэ сатанарыттан илэ диэн тыл тутуллар.

Илэ диэн тыл Бу эбэтэр Орто дойдуга сылдьары быһаарарынан санаа атын дойдуга сылдьарын чуолкайдаан биэрэр. Бу тылы эбиискэ быһааран биэриигэ анаан дьиҥ, дьиҥнээх диэн тыллар туттулла сылдьаллар. Ол аата санаа уларыйан, Ол эбэтэр Анараа дойдуттан кэлэн киһи оҥорор быһыытыгар кубулуйбута бэлиэтэнэр.

Баҕа санааны киһи бэйэтин кыаҕынан оҥорон таһаарарынан тугу оҥорбута илэ көстүүгэ тиийэр, дьиҥнээхтик баар буолар кыахтанар.

Абааһылар Анараа эбэтэр Ол дойдуга сылдьалларынан киһи илэ өйүнэн сылдьан кыайан көрбөт. Балары көрүүнү киһи түһээтэҕинэ эбэтэр ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар киирэн хааллаҕына оҥоруон сөп.

Киһи өйө-санаата хайа дойдуга сылдьарыгар буккуллан ылар кэмнэрдээх. Ол курдук, түүлгэ адьас илэ курдук көстүүнү көрүөххэ сөп. Өй-санаа хайа дойдуга сылдьара биллибэт кэмэ кэлэн хааллаҕына киһи көм этин кымаахтаан көрөрүгэр этэллэр. Ыарыы биллэр буоллаҕына, Бу эбэтэр Орто дойдуга сылдьыы быһаарыллан тахсар. Ол барыта киһи эттээх-сииннээх буолан Бу эбэтэр Орто дойдуга сылдьарынан чуолкайданар.

Киһи үгэскэ кубулуйбут санааларын түүлүгэр көрөр. Ол иһин түүлү тойоннуурга онно көстөр үгэстэри булан үөрэтии, туох өйдөбүл иҥэн сылдьарын быһаарыы туһалыыр.

Оҕо ийэ кута кыра эрдэҕинэ ийэтин көмөтүнэн иҥэринэн иһэр үгэстэриттэн, ол өйдөбүллэриттэн хомуллан үөскүүр. Туох эмэ уратыны, саҥаны билбитэ, оҥорбута сонно үгэһи үөскэтэн ийэ кутугар ууруллан иһэр. Ол иһин оҕо ол-бу, араас саҥаны ийэ кута иитиллэр кэмигэр билэрэ улахан сэрэхтээх. Бу кэмҥэ биир куһаҕан быһыыны оҥорбута өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалыан, куһаҕан үгэһи үөскэтэн кэбиһиэн сөп.

Оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр төрөппүттэрэ үчүгэй диир быһыыларын оҥотторо үөрэттэхтэринэ үчүгэй үгэстэрдээх буола иитиллэр кыахтанар. Оҕону иитии диэн биллэр, киһи бэйэтэ үчүгэй диэн ааттыыр туһалаах быһыыларын оҥотторон үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэриитэ буолар.

Ийэ кута үчүгэй үгэстэринэн иитиллибит, туһа киһитэ буолууга үөрэммит оҕо үчүгэй быһыылаах оҕо диэн ааттанар уонна олоҕун киһи быһыылаахтык олорорун таһынан үлэһит буолар кыахтанар.

Онон киһи өйө-санаата сайдарынан санаа уонна оҥорор быһыы уратыларын билэн олоҕор туһана үөрэнэрэ эрэйиллэр.

ИККИ ӨРҮТТЭР САЙДАН ИҺИИЛЭРЭ

Өй-санаа үөрэҕэ олох үөрэҕинэн сымыйата, албына ыраастанан, хаалан кырдьыга, туһалааҕа сыыйа-баайа дакаастанан дьон үгүстэрэ билиннэхтэринэ эрэ олоххо киирэр. Ол курдук, быстар дьадаҥылар, үлэлииргэ баҕа санаата суохтар дойдуну салайар былааһы былдьаан ылбыттарын куһаҕана 74 сыллар кэннилэриттэн биллэн тахсан сэбиэскэй былаас эйэлээхтик эстибитэ уонна олоххо сөп түбэһэр атын, ырыынак үөрэҕин туһанар былааһынан солбуллубута.

Киһи саҥаны айыыта аан маҥнай санааттан, ыра санааланыыттан саҕаланар. Санаа атын дойдуга сылдьарынан үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана, ол аата туһалааҕа эбэтэр туһата суоҕа биллибэт уратылаах. Ол курдук, киһи араас; үчүгэй да, куһаҕан да санаалары саныы сылдьара кыайан бобуллубат, хааччахтаммат.

Ыра санааны киһи бэйэтин күүһүнэн, кыаҕынан кыайан оҥорон олоххо киллэрбэт. Араас ыра санааларын кыаҕа тиийэн оҥорбокко хаалларан, умнан иһэр эбэтэр аптаах остуоруйаларга кубулутан саатыырга, аралдьыйарга туһанар. Ол аата ыра санаа диэн албын санаа буолара быһаарыллар.

Киһи албын, ыра санааттан босхолонноҕуна эрэ туох эмэ олоххо туһалааҕы оҥорон таһаарар кыахтанар уонна олох уопутун биллэҕинэ эрэ тугу эмэ оҥорбута табыллара ситиһиллэр. Олох уопутун туһаныы диэн киһи бэйэтэ тугу санаабытын оҥорор кыахтанан олоххо киллэрдэҕинэ эрэ үөскээн тахсар быһыы буолар.

Ыра санаа иккис өрүтэ диэн баҕа санаа буолар. Баҕа санаа диэн киһи бэйэтин күүһүнэн, кыаҕынан оҥорон, тутан олоххо киллэрэр санаата ааттанар уонна эмиэ икки өрүттэнэр. Киһи кыыллыы баҕа санаатын хаалларан киһилии санааланнаҕына эрэ оҥорор быһыыта киһилии быһыыны үөскэтэн киһи быһыытын тутуһар кыахтанар.

Киһи өйө-санаата аан маҥнай сайдыытыгар айылҕаҕа үөскүүр икки өрүттэр хардары-таары солбуйсан биэрэр дьайыылара хамсааһыны, уларыйыыны үөскэтэллэрэ туһалаабыт. Өй-санаа куруук икки өрүтү тутуһан сайдан иһэллэрин быһаарыылара былыргы кэмнэртэн саха тылыгар киирэн иҥэн сылдьаллар:

1. Үрүҥ уонна хара.

Олус былыргы кэмнэргэ дьон үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран билиилэрэ өйдөрүгэр-санааларыгар айылҕаттан тутулуктаах уларыйыылары киллэрэн сырдыгы бэлиэтиир үрүҥ дьүһүн үчүгэй, онтон хараҥаны биллэрэр хара дьүһүн куһаҕан өйдөбүллэммиттэр.

Айылҕаҕа саамай кылгас кэмнээх икки өрүттээх буолуу күнүс уонна түүн солбуйсан биэрэн иһэллэриттэн үөскээн тахсан дьоҥҥо биллэр. Айылҕа бу уларыйан биэрэн иһэр тутулуга киһиэхэ үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорон, бу икки өрүттэри тус-туспа арааран өйдүүрүн үөскэтэн олоххо киллэрбит.

Күнүс уонна түүн солбуйсан биэрэллэрэ сырдык уонна хараҥа солбуйсан биэриилэрин үөскэтэн дьон өйө-санаата сайдыытыгар, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран билэригэр үөрэппиттэр.

Күн тахсан халлаан сырдааһына киһи хараҕа көрөрүн тупсаран уонна ыраатыннаран биэрэн киһиэхэ үчүгэй кэмэ кэлэрин, кыаҕа улаатарын үөскэтэн дьон өйдөрүгэр-санааларыгар күнү таҥараҕа кубулуппут. Сырдык үчүгэй буолуута үрүҥ дьүһүн үчүгэй диэн ааттанарын үөскэтэн олоххо киллэрбит.

Хара, хараҥа буолуута киһи хараҕа көрөрүн мөлтөтөн, ыырын кыччатан куһаҕан өйдөбүллэммит. Хараҥа буоллаҕына киһи этэ-сиинэ сынньанарга баҕата улаатар.

Өй-санаа бу икки өрүккэ арахсыыта сырдыгы, сылааһы биэрэр Күнү таҥараҕа кубулуппут. Ол аата дьон үчүгэйгэ баҕарар санаалара Күнтэн туоларыттан Күн таҥараны үөскэтэн олоххо киллэрбиттэр.

2. Үтүө уонна мөкү.

Дьон өйө-санаата салгыы сайдыыта киһи тас көрүҥү арааран билиитин үөскэппитин үрүҥ уонна хара диэн араарыы ситэ чуолкайдаан быһаарбатыттан, тас көрүҥү тус-туспа араарыыны олоххо киллэриигэ үтүө уонна мөкү диэн икки өрүтү үөскэтэн, саҥа тылларынан бэлиэтээбиттэр.

Үчүгэй көрүҥү үтүө диэн быһаарыы киэҥ суолталанан туох үчүгэйи барытын бэлиэтээн этэргэ холбуу туттулла сылдьыбыт.

Мөкү диэн куһаҕан көрүҥ, киһи сирэр, сөбүлээбэт көрүҥэ ааттанар. Бу тыл аан бастаан дьон көрүҥнэрэ тупсан иһиитин бэлиэтииргэ анаан олоххо киирэн билигин да туттуллар. Дьон өйдөрө-санаалара сыыйа, саҥаттан-саҥа үрдэллэргэ өрө тахсан сайдыыны ситиһэн испиттэрин биир өйдөбүллээх хас да тыллар бааллара биллэрэр. Киһи аан маҥнай тас көрүҥэ тупсан киһитийиини ситиспитин бэлиэтиир тыллар үөскээбиттэр.

Бу тыллар суолталарын арыыйда дириҥэтэн ырытыахпыт:

- Үтүө диэн киһи көрүҥэ аан маҥнай быһаарыллар. Кэлин бу тыл киһи туга табыллыбытын, тупсубутун быһаарар суолталаммыт. Ол аата тас көрүҥ тупсан иһиитэ аан бастаан бэлиэтэнэн үтүө диэн тыл үөскээн туттуллар буолбут. Аһы үтэн сиир кэмтэн саҕаламмыт.

- “Мө” диэн сөбүлээбэти биллэрэр суолталаах тыл. Мөкү диэн тас көрүҥ мөлтөҕүн, киһи сөбүлээбэтин биллэрэр. Туох барыта көрүҥэ мөлтөөтөҕүнэ мөкү диэн ааттаныан сөп. Өй-санаа өссө сайдыыта уонна киһи оҥорор быһыыта тупсуута үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрин быһаарыыта саҥаны айыыны оҥорууну бэлиэтиир айыы диэн тыл икки өрүттэнэн туттуллар буолуутун үөскэппит. Ол курдук, киһи үчүгэй айыыны оҥордоҕуна – үрүҥ айыы, онтон куһаҕан айыыны оҥоруу – хара айыы диэн ааттанар кэмэ сайдыыны ситиһииттэн үөскээн тахсыбыт.

3. Үчүгэй уонна куһаҕан.

Киһи оҥорор быһыылара майгынын уратыларыттан улахан тутулуктааҕын быһааран үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэр үөскээн дьон олоҕор киирбиттэр.

Киһи оҥорор быһыыта икки өрүттэнэн үчүгэй уонна куһаҕан буолан тахсара быһаарыллан олоххо киирбит. Ол аата сахалар киһи оҥорор быһыылара икки аҥы арахсан тахсалларын былыр үйэҕэ быһааран билэн айыы диэн тыллара икки өрүттэнэн, эбии быһаа-рыылаах туһаналлара үөскээн олоххо киирбитэ ырааппыт.

Киһи өйө-санаата үчүгэй уонна куһаҕан диэн арахсыыларын тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар билигин да билэ иликтэрэ улахан хомолтолоох. Бу быһаарыы ол-бу араас олоххо туһалара аҕыйах үөрэхтэр киһи өйө-санаата сайдыытыгар ылар оруоллара кыратын биллэрэллэр.

Сэбиэскэй былаас кэмиттэн бу өйдөрө-санаалара сайдыылаах дии саныыр дьоммут олоххо сыһыаннаах билиилэри билбэттэрэ үөскээбит. Өйдөрө-санаалара олоҥхо кэмин таһымынан хаалан иһэрэ айыы диэн тылы “үчүгэй” эрэ курдук сыыһа саныылларын үөскэтэн сылдьар. Ону тэҥэ, бу айыы диэн тылы икки аҥы араара, тус-туспа тыллары туһана сатыыллара улахан таҥара үөрэхтэрэ диктатураҕа кубулуйбут өйдөрүн-санааларын үтүктэ сатыылларын быһаарар.

Дьоҥҥо хаһан баҕарар икки өрүттэри тус-туспа арааран туһаныыга арахсыы баарын “Үрүҥү, хараны араарбат” диэн өс хоһооно биллэрэр. Олох үөрэҕэ өй-санаа үөрэҕэр үөскээн тахсан иһэр халыйыылары көннөрөн олоххо киллэрэн истэҕинэ табыллар. Ол курдук, ханнык баҕарар саҥаны айыыны оҥоро сатааһын аан маҥнай сымыйаҕа, киһи санаатыгар эрэ олоҕурара сыыһа буолан хааларын элбэтэн кэбиһэр.

Саха тылыгар үчүгэй кэнниттэн, аһара бардаҕына тиийэн кэлэр кэрэ диэн тас көрүҥ үчүгэйин биллэрэр тыл баар. Бу тыл иккис, кистэлэҥ өрүтүн булуу дьон салгыы сайдан иһиилэрэ хайдах барарын быһаарыыга туһалыан сөп.

4. Кэрэ уонна кэрэх.

Кэрэ буолуу диэн тас көрүҥ үчүгэйтэн аһара баран тупсуута ааттанар. Кэрэ көстүү аһара баран уларыйбат турукка тиийэн хаалыыта кэрэх буоларыгар тириэрдэрэ иккис өрүтү булларар. Кэрэх диэн саха тыла дьон көрө сылдьар уларыйбат көрүҥнэрин, бэлиэлэрин быһаарар. Кэрэ буолуу көстүүлэрэ кырдьыбыт омукка билигин элбээн, тупсан араас пааматынньыктар буолан тураллар. Ону тэҥэ, кэрэ буолуу киһи майгынын тосту уларытан, аһара ыытан кэрээнтэн тахсыыга тириэрдэрэ сахаларга биллэр.

Кэрээнтэн тахсыы диэн кэрэ киһи атыттарга, куһаҕаннарга кэрэтин биллэрээри олус куһаҕан, ким да оҥорбот ыар быһыыларын, саҥаны айыылары оҥоруута ааттанар. 20-с үйэҕэ немец фашистара араас саҥаны айыылары оҥорон элбэх дьону өлөртөөбүттэрэ.

Кэрэдэх диэн кэрэ буолбут киһи майгынын уратыта атыттартан аһара “үчүгэй” курдук сананара аһара баран, куһаҕаннары суох оҥоро сатыырын үөскэтиэн сөбүн биллэрэр. Киһи өйө-санаата сайдан, тупсан иһиитин итинник быһаарыы дьон олоҕо тупсан, көнөн истэҕинэ эттэрэ-сииннэрэ мөлтөөн барыыта үөскээн өйдөрө-санаалара тосту уларыйан куһаҕан өттүгэр халыйан хааларын биллэрэр.

Олоххо дьон өйүгэр-санаатыгар улахан уларыйыыны үчүгэй кэнниттэн кэлэр кэрэ буолуу оҥорор. Үчүгэй аһара барыыта кэрэ диэҥҥэ тириэртэҕинэ солбуйсан биэрии кэлэн эрэрэ бэлиэтэнэр.

Онон киһи өйө-санаата үйэлэргэ сайдан, тупсан иһиитэ саҥа тыллары, өйдөбүллэри үөскэтэн олоххо киллэрэн иһэрин тэҥэ, олоххо үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэрин үөскэтэр.

КИҺИ ИККИ ӨРҮТЭ

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан, солбуйсан биэрэр тутулугар бары тыынар-тыыннаахтар сөп түбэһэллэр. Киһи айылҕаҕа үөскүүр тыыннаах улахан харамай буоларынан бэйэтэ икки өрүттээх тутулуктанар:

1. Этэ-сиинэ. Сүрүн чааһа.

2. Өйө-санаата. Үс куттара уонна сүрэ.

Киһи бу икки өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн ураты тутулуктаахтык сайдаллар. Этэ-сиинэ айылҕаттан тутулуктаах, сүрүн чааһа буолар. Ол курдук, оҕо өйө-санаата букатын сайдыбатаҕына, кыайан киһи буолууну ситиспэтэҕинэ даҕаны, киһи курдук көрүҥнээх буола улаатан хаалар кыахтанар.

Киһи курдук көрүҥнээх диэн өйө улаханнык тиийиммэт киһини быһаарар аналлаах этии баара олус былыргы кэмнэргэ оннук көрүҥнээх кыыллар баар эбиттэрин уонна олору сахалар билэллэрин, сүөһү диэн ааттаабыттара биллэрэр. Дьоҥҥо биллэр киһи курдук кыылынан чучунаа буолара элбэхтик сурукка киирбит.

Эккэ-сииҥҥэ өй-санаа, буор кут үөскээн мунньуллар. Ол аата эт-сиин хайдах хамсаныыны оҥорбутуттан; ууммутуттан, кылгаабы-тыттан онно өй-санаа үөскээн мунньуллан иһэр. Улахан да киһи саҥа хамсаныылары олус эрэйдээхтик оҥорор, элбэхтэ хатылаатаҕына таба оҥорорго үөрэнэр. Хамсаныыны төһө элбэхтик хатылаан оҥоруллар даҕаны тупсан, оҥоруу түргэтээн иһэр кыахтанара киһиэхэ өйө-санаата үгэстэн үөрүйэххэ кубулуйан иһэрин биллэрэр.

Хамсаныыны өссө элбэхтик хатылаан оҥоруу үгэһи аһара баран үөрүйэххэ кубулуйарыгар тириэрдэр. Хамсаныыны оҥоруу үөрүйэххэ кубулуйбутун бэлиэтинэн киһи бэйэтин санаатынан, бу быччыҥын хамсатар кыахтанара, санаатын хоту салайара буолар. Оҕо улаатан иһэн кыбыытын кыана үөрэнэрэ өй-санаа, буор кут хайдах үөскүүрүн уонна үөрүйэххэ кубулуйан быччыҥы хайдах хамсатарын быһаа-рыыга туттуллар тутаах холобур буолар.

Киһи этэ-сиинэ араас хамсаныылары оҥороро уонна айылҕа икки өрүттэрэ; итиинэн, тымныынан, сырдыгынан, хараҥанан хардары-таары дьайыыны оҥоруулара, араас тыастара-уустара өйүн-санаатын үөскэтэн, салгыы сайыннаран иһэллэр.

Киһи өллөҕүнэ этэ-сиинэ өлөр, кыайан тыыммат буолар, сүрэҕэ тохтуур. Өйө-санаата этиттэн-сииниттэн эньиэргийэ ылара уурайан туспа баран, айыы буолан өр кэмҥэ сылдьыан сөп. Киһи өйө-санаата атыттарга маарыннаабатынан, уратытынан туспа айыы буолар.

Киһи бу икки өрүттэрэ; этэ-сиинэ уонна өйө-санаата хардары-таары солбуйсан биэрэн иһэллэриттэн этэ-сиинэ тупсан уонна өйө-санаата уларыйан сайдыыны ситиһэн иһэллэр. Эт-сиин диэн киһи тутаах чааһа уонна өйүн-санаатын үөскэтэн сайдыыны ситиһэригэр кыах биэрэр. Ол курдук, өй-санаа эккэ-сииҥҥэ үөскээн баран үөрүйэхтэри үөскэтэринэн киһини бэйэтин салайыыга кыттыыны ылар кыахтанар. Үөрүйэх буолбут өй-санаа киһи буор кутун үөскэтэр уонна сайдыыны ситиһэригэр араас хамсаныылары оҥорор кыаҕы биэрэн быһаччы көмөлөһөр. Эт-сиин өйү-санааны үөскэтэн, дьарыктаан киһи сайдыыны ситиһэрин үөскэтэр.

Сахалар олохторугар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһалларыттан киһи этин-сиинин уонна өйүн-санаатын уратыларын туһаналлар. Ыал буолууга күтүөтү талан ылыыга буор кута төһө сайдыылааҕар, үлэни кыайарыгар улахан оруолу биэрэллэр. Ол аата кэлэр көлүөнэлэрэ сайдыылаах буор куттаах буоларын эр киһини таба талан ылан ситиһэллэр.

“Өй уонна сүрэх мөккүөрэ” диэн сахалар эт-сиин уонна өй-санаа тус-туспаларын уонна мөккүөр кэнниттэн биир тылы булуналларын быһааран этэллэр. Сүрэх диэн киһи этин-сиинин бэлиэтиир буолла-ҕына, өй эккэ-сииҥҥэ үөскээн баран киһини бэйэтин салайыыга тиийэрэ улахан суолталаах.

Өй-санаа эккэ-сииҥҥэ үөскүүрүн уонна кэлин күүһүрэн киһини бэйэтин салайыыга тиийэрин кыра оҕо кыбыытын кыанарга үөрэнэриттэн булуу ордук табыллар. Оҕо өр кэмҥэ, икки сааһыгар диэри элбэхтик эрэйдэнэн, таҥас бөҕөтүн ньамайдаан кыбыытын кыанарга үөрэнэр. Этин-сиинин быччыҥнара санаатын күүһүнэн таба хамсыырга үөрүйэх буоллахтарына кыбыытын кыанар кэмэ кэлэр.

Быччыҥ ыга тутар хамсаныыта үөрүйэххэ кубулуйан буор куту үөскэттэҕинэ оҕо бэйэтин санаатынан кыбыытын кыанар кыахтанар. Киһи бары быччыҥнара ити курдук үлэлээн санаанан салаллыыны ситиһэллэр. Ол аата өй-санаа эккэ-сииҥҥэ үөскүүр уонна үгэс, үөрүйэх буолууга диэри сайдан киһини бэйэтин салайар кыахтанар.

Киһи хас биирдии быччыҥар ити курдук хамсаныыны салайар өй-санаа, буор кут үөскээн иҥэн сылдьар. Кыайан хамсаныыны оҥорбот буолуу аан бастаан ити буор куттан тутулуктанар. Кыахтаах ойууннар атын тыынар-тыыннааҕы туһанан ыалдьыбыт буор куту уларытан биэрэллэрэ кэпсээннэргэ киирбиттэр.

Киһи бу икки өрүттэрэ биир тылы булуналлара олус уустук. Оҕо улаатан иһэн тугу эмэ оҥороругар өйө, билиитэ тиийбэккэ сыыһа-халты туттунара элбээн хаалар. Ону тэҥэ, хамсаныылары оҥоро үөрүйэҕэ суоҕуттан, сатаан-табан хамсаммакка сыыһа-халты туттунан куһаҕаны элбэтэн кэбиһэрэ биллэр.

Сааһырбыт киһи өйө, сэрэҕэ улаатан хааларыттан оҥоруон да сөптөөҕүн кыайан оҥорбот кэмэ кэлэр. Сааһыран истэххэ өй-санаа эбиллэн, күүһүрэн иһэриттэн киһи сэрэхтээх буолара улаатар. Сахалар бу туһалаах үөрэҕи олохторугар туһана сылдьалларын кырдьаҕастары ытыктыыллара биллэрэр.

Эт-сиин араас баҕа санааларын сахалар аһара ыыппаттар, быстах санаалар диэн туспа арааран хааччахтыы сылдьаллар. Бу санаалар аһара баран хааллахтарына киһи үлэни, киһилии быһыыны быраҕан кыыл өйүгэр-санаатыгар төннөн хаалыан сөбүн быһаарбыттара ыраатан “Сүөһү курдук буолума” диэн этэн тохтото сатыыллар.

Аһылык диэн эт-сиин биир тутаах баҕа санаата буолар. Үчүгэй аһылыгы тото аһыаҕын киһи барыта баҕарар. Ол да буоллар бу баҕа санаа хааччахтана сырыттаҕына эрэ киһи олоҕо табылларын аһара уойан хаалбыт дьон элбэхтэрэ биллэрэр.

Эт-сиин сытыан, сынньаныан баҕарара элбэх. Сытарга баҕа санаа үчүгэйгэ тириэрдибэтин сыт диэн тыл биллэрэр. Ол курдук, элбэхтик сытыы буоллаҕына, сытыйыы үөскээн кэлэн сыт тахсара киһини турарыгар, тугу эмэ туһалааҕы оҥороругар тириэрдэрэ олус былыргы кэмнэртэн саха тылыгар киирэн туттулла сылдьар.

Сахалар киһини санаата салайарын билэннэр, үчүгэй санаалардаах буол диэн этэн үөрэтэллэр уонна таҥара үөрэҕин туһанан аһара бара сатыыр санааларын хааччахтаан оҥорор быһыыларын барытын киһи быһыытыгар киллэрэн биэриини ситиһэллэр.

Киһи санаата хаһан баҕарар аһара барара элбээн хааларыттан сахалыы таҥара үөрэҕин сиэр диэн өй-санаа хааччаҕын туһана сылдьыы хас биирдии киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Киһи этэ-сиинэ күүстээх, ол иһин араас быһыылары оҥоруута кыаллар. Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһи быһыыта диэн хааччаҕы тутуһуннаран уонна үчүгэйи оҥорор киһини үтүгүннэрэн үөрэтэн киһи быһыылаах буолууну үөскэтэр.

Онон киһи икки өрүттэрэ; этэ-сиинэ уонна өйө-санаата биир тылы булунан, аһара барбакка, бэйэ-бэйэлэрин кытта тэҥнэһиини тутуһан сырыттахтарына киһи олоҕо табыллар.

ӨЙ-САНАА ИККИ ӨРҮТЭ

Киһи өйө-санаата былыргы дьыллар мындааларын быдан иннинэ улахан кыыл, сүөһү өйүттэн-санаатыттан сайдан, тупсан киһи буолууну ситиспитин кэнниттэн, билигин даҕаны икки өрүттэнии туохха барытыгар үөскээн тахсарын тутуһа сылдьара эрэйиллэр. Ол курдук, биир сыыһа туттунуу киһини кыыл оҥорор быһыытын оҥорууга тириэрдэн кэбиһэрэ киһи быһыылаах буолуу бэрт кыраттан тутуллан сылдьарын биллэрэрэ онно олук буолар.

Дьон аан бастаан киһи оҥорор быһыылара хайдахтарын ырытан өйүн-санаатын үөрэппиттэр. Олус былыргы кэмнэргэ сахалар киһи өйүн-санаатын оҥорор быһыытыттан саҕалаан үөрэппиттэрин, ол кэмнэргэ “дьа” диэн тылы тутта сылдьыбыттара биллэрэр. Ол былыргы кэмнэргэ дьа диэн тыл киһи өйүн-санаатын үлэтин тэҥэ, оҥорор быһыытын эмиэ быһаарар суолталаах эбит.

Киһи оҥорор быһыытын олус былыргы кэмнэргэ “дьа” диэн тылынан ааттыы сылдьыбыттар. Дьа диэн тыл үгүс өйү-санааны быһаарар тыллары үөскэппитэ уонна оҥорор быһыыны бэлиэтиирэ, ону биллэрэр. Дьай, дьайыы, дьаабы, дьарык, дьаабылаабыт диэн киһи оҥорор быһыытын биллэрэр тыллар ол кэмҥэ туттуллар эбиттэр.

Дьай уонна дьайыы диэн тыллар киһи санаатын уонна санаа оҥорор дьайыытын быһаараллар. Онтон дьаабы, дьарык диэн тыллар киһи оҥорор быһыытын быһаарар суолталаахтар. Ол былыргы кэмнэргэ киһи өйө уонна оҥорор быһыыта “дьа” диэн биир тылынан холбуу быһаарылла, этиллэ сылдьыбыттар.

Дьон өйө-санаата сайдан истэҕинэ киһи оҥорор быһыылара уонна санаа тус-туспалара арыллан улахан уларыйыы тахсыбыт. Ол иһин санаа диэн туспа, саҥа тыл үөскээн “дьа” диэни сорох өттүлэринэн солбуйан биэрбит. Бу тыл киһи санаата туспатын, инники бастаан иһэрин уонна оҥорор быһыыны салайарын быһааран олоххо киирбит.

Билигин сахалыы өй-санаа үөрэҕэ киһи өйүгэр-санаатыгар сөп түбэһэр буолан турар. “Ай” диэн тыл киһи санаатын биллэрэр, онтон айыы диэн тыл киһи оҥорор быһыытын быһаарар уонна “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллэн куһаҕана элбээн тахсарын биллэрэр.

Киһи санаата элбэхтик хатыланнаҕына сайдан, мунньуллан иһиитэ үгэстэри үөскэтэр уонна тус-туспа арахсан куттарга мунньуллан, ууруллан иһэллэрэ быһаарыллар: 1. Санаа. Санаа салгын куту үөскэтэр.

2. Өй. Өй үгэстэртэн үөскүүр уонна ийэ кукка мунньуллан иһэр.

Санаа сайдан, күүһүрэн иһиитэ бу икки куттары үөскэтэрин төһө кыайарбытынан дириҥник ырытан көрүөхпүт:

1. Санаа. Санаа олус чэпчэки, туохтан да иҥнибэт, хааттарбат уонна аһара түргэн, саныыры кытта ханна баҕарар сонно тиийэн иһэр. Ол иһин сахалар санаа сылдьар сирин Ол дойду диэн туспа арааран ааттыыллар. Санаа уларыйан хаалара түргэнин иһин, мунньуллар сирэ салгын кут диэн ааттанар. Бу кут киһини салайыыга кыттыһар уонна сүрүн уратытынан киһиттэн көтөн, баран хаалара буолар.

2. Өй. Үгэскэ кубулуйбут санаа өйү үөскэтэр. Санаа аан бастаан элбэхтэ хос-хос хатыланан баҕа санааны үөскэтэр, онтон салгыы умнуллубат буолууга – билиигэ кубулуйар. Киһи билиитин өссө хатылаан оҥорор кыахтанан үгэһи үөскэтинэр. Ол аата санаа киһи быччыҥнарын хамсатар кыахтанар, үгэскэ кубулуйар уонна өй диэн ааттанар буолар. Өйдөөх диэн элбэх үгэскэ кубулуйбут санаалардаах диэн этиллэр. Дьон үгүстүк баҕа санааларынан салаллан сылдьыылара элбэхтик сыыһа-халты туттуналларын үөскэтэр. Кыыллар уонна көтөрдөр олохсуйбут үгэстэринэн салаллан сылдьалларыттан үйэлэрин уһуна мөлүйүөнүнэн сылларга тиийэр.

Санаа сайдан иһиитэ диэн элбэхтэ хатыланан үгэскэ кубулуйуута буолар. Үгэскэ кубулуйбут санаа өйү үөскэтэр уонна киһи ийэ кутугар мунньуллан ууруллар. Киһи ийэ кута үгэстэртэн хомуллар. Ол иһин сахалар оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун үчүгэй быһыылары оҥотторон, үчүгэй үгэстэри иитэн, үөрэтэн биэриини туһананнар төрүт өйүн-санаатын үөскэтэн биэрэллэр.

Ханнык баҕарар тыынар-тыыннаахтар оҕолоро кыра эрдэҕинэ – оҕо диэн ааттанар, онтон улаатан истэхтэринэ хайаларын оҕото буолара быһаарыллан этиллэр. Бу биирдик ааттааһын оҕолор өйдөрө-санаалара, ийэ куттара хайдах иитиллэриттэн тутулуктанан тус-туспа уларыйан тахсарын быһаарар.

Киһи оҕото кыра эрдэҕинэ ийэ кута киһилии быһыыларга иитилиннэҕинэ эрэ киһи буолууну ситиһэрин арааран билии ирдэнэр. Сахалар бу өй-санаа сайдыытын уратытын быһааран оҕо ийэ кутун иитиигэ улахан суолтаны биэрэннэр ийэтин таба көрөр кэмиттэн саҕалаан үчүгэй быһыылары оҥотторон иҥэрэн иһэллэр.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугар сөп түбэһэн оҕо ийэ кутун иитии икки өрүттэнэн тахсар:

1. Атаах оҕо.

2. Көйгө оҕо.

Оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии бу икки өрүттэрин арыыйда кэҥэтэн ырытар кыах баар буолла:

1. Оҕо бары араас баҕа санааларын төрөппүттэрэ толоро охсон биэрэн иһиилэрэ өйүн-санаатын атаахтык иитии өттүгэр халытар. Ол курдук оҕо бары баҕата барыта туола охсон иһэрэ бэйэмсэх санаатын улаатыннаран кэбиһэн, бэлэмҥэ үөрэнэригэр тириэрдэр.

Оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитиигэ баай-мал ылар оруола олус улаатан, элбээн хааллаҕына атаахтатыы, бэлэмҥэ үөрэтии өйө-санаата улаатан тахсарыгар тириэрдэр. Аһара көрөн-истэн мааны-лааһын атаахтатыыны үөскэтэрэ оҕо тулуура, туттунар күүһэ аҕыйыырыттан өйө-санаата кыыл өйүн-санаатын диэки төннөрүгэр тириэрдэн сыыһа-халты туттунарын элбэтиэн сөп.

2. Көйгө оҕо диэн кыра эрдэҕиттэн үлэлии үөрэммит оҕо ааттанар. Үлэни үлэлээһин оҕо тулуурун уонна туттунар күүһүн үөскэтэн, улаатыннаран киһи буолууну эрдэлээн ситиһэригэр тириэрдэр. Киһи буолууну ситиспит оҕо олоҕун салгыытын киһи быһыылаахтык олорор кыахтанар.

Тулуур, туттунар күүс оҕо киһи буолууну ситиһэригэр, киһилии быһыыланарыгар тириэрдэрэ “Үлэ киһини айбыта” диэн этии сүрүн өйдөбүлүн быһаарар.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорбуттара дьайыытыттан киһиэхэ өйө-санаата үөскээһинин буккуйуу олоххо киирбитэ. Бу буккуйуу түмүгэр оҕо төрөөтөр эрэ киһи буолар диэн сыыһа өйү-санааны үөскэппиттэрэ. Өй-санаа үөрэҕин билбэт дьадаҥы дьон, ол кэмҥэ салайар былааһы ыланнар атеистар сыыһа үөрэхтэрин киэҥник тарҕаппыттара.

Ону тэҥэ, бу сыыһа үөрэх дьайыытыттан дьадаҥы дьон үлэлээбэт буолуулара аһара барбытыттан сэбиэскэй былаас эстибитэ. Оҕо өйө-санаата атаахтааһын диэки халыйыыта үлэ хаалыытыгар тириэрдэрэ аан маҥнай аймахтар, онтон омук эстиитин, симэлийиитин, атыттарга баһыттарыытын үөскэтиэн сөбүттэн харыстаннахха табыллар.

Онон “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан иһэр тутулуга хас биирдии оҕо иитиитигэр биллэн тахсарыттан оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун үчүгэй үгэстэринэн иитии улахан суолталаах.

ТАҤАРА уонна АЙЫЫ

Дьон олохторугар былыргыттан үөскээбит өй-санаа үөрэхтэрин, итэҕэллэрин туһаналлар. Итэҕэл олох үөрэҕиттэн үөскээн тахсан мунньуллан иһэриттэн сыыһата-халтыта ыраастанан, хаалан омукка туһалаахтара эрэ ордоннор уһун кэмҥэ туттуллаллар. Итини тэҥэ, таҥара үөрэхтэрин уһуннук олорор салайааччылар бас билиилэригэр ыланнар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугун билиммэт буолан улахан халыйыыны үөскэтэн сылдьаллар.

Дьон сайдыыны ситиһэллэрэ айылҕаҕа үөскээн тахсар икки өрүттэр хардары-таары дьайыыларыттан тутулуктанарын тутуһа сырыттахха эрэ омук уһун үйэни ситиһэрэ кыаллар. Итэҕэл диэн өй-санаа үөрэҕэ эмиэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки аҥы өрүккэ арахсар:

1. Таҥара үөрэҕэ.

2. Үрүҥ айыы итэҕэлэ.

Итэҕэл бу икки өрүттэрин арыыйда киэҥник, төһө кыайар-бытынан дириҥник ырытан быһаарыахпыт:

1. Таҥара үөрэҕэ. Оҕо сайдан иһэр өйүн-санаатын киһи буолуу суолунан сайыннарыы, ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэтии, өйө-санаата аһара барарын сиэри тутуһуннаран хааччахтааһын аналлаах өй-санаа, таҥара үөрэҕинэн ситиһиллэр. Yтүө, үчүгэй киһи оҥорор быһыыларын үтүктэн, ол курдук оҥоруу кини курдук өйдөөх-санаалаах буола улаатыыга тириэрдэрэ таҥара үөрэҕэ бастаан иһэрин быһаарар. Оҕо саҥа сайдан, үүнэн, улаатан иһэр баҕа санаатын киһи буолуу, киһилии быһыыланыы суолунан салайан биэрэн олоҕун олороругар таҥара үөрэҕэ көмөлөһөр.

Таҥара үөрэҕэ сайдан иһэр өйү-санааны үөрэтэр, ол аата улаатан иһэр оҕолору, кэлэр көлүөнэлэри иитэр-үөрэтэр аналлаах. Олоххо сайдыыны, саҥаны айыыны киллэрэр аналааҕыттан оҕо өйө-санаата аһара барарын хааччахтыыр, сиэри, киһи быһыытын тутуһуннарар. Саҥаны айыылар туһалаах уонна туһата суохтар, буортулаахтар диэн икки аҥы арахсалларыттан туһалаахтарын талан ылыыны туһанан, бу уларыйыылары олоххо киллэрэр. Ол иһин итэҕэл үрүҥ өттө, сайдар өттө таҥара итэҕэлэ буолар. Yтүө санааҕа үөрэнии итэҕэл үтүө, үрүҥ өттө, үрүҥ итэҕэл диэн ааттанар.

Таҥара үөрэҕэ диэн субу кэмҥэ тыыннаах сылдьар дьон өйдөрүн-санааларын үөрэҕэ ааттанар. Бу үөрэх биллэр уратытынан тыыннаах сылдьар киһи өйүн-санаатын бэйэтэ уларытан, тупсаран биэрэр кыахтааҕын туһаныыта буолар.

2. Yрүҥ айыы итэҕэлэ. Урукку кэмҥэ олорон ааспыт көлүөнэлэр үчүгэйгэ үөрэтэр туһалаах билиилэрин арааран ылан иҥэринии, кинилэр үөрэхтэрин олоххо тутуһуу, үрүҥ айыылартан билиини ылыныы үрүҥ айыы итэҕэлэ диэн ааттанар.

Итэҕэл диэн тугу эмэ итэҕэйии, ону үгэс оҥостунуу уонна олоххо туһаныы буолар. Итэҕэйэр буоллахха итэҕэл үөскүүр.

Үрүҥ айыылартан ылынар билиибитигэр омукпут тыла, былыр-былыргыттан иҥэриммит олохпут үгэстэрэ, сиэрдэрэ-туомнара холбуу киирсэ сылдьаллара туох барыта икки өрүттээҕин таба өйдөөн, сыаналаан, тэҥнээн саҥаны, урукку өттүгэр суоҕу ылынарбытыгар сэрэхтээх буоларбытын ирдиир.

Итэҕэл бу икки өрүттэрэ олох араас кэмнэригэр бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн толорсон биэрэллэр. Хас эмэ үйэлэр усталарыгар саха дьонун өйдөрүттэн-санааларыттан былыргы итэҕэллэрин туората, умуннара сатаабыттара. Билигин олору оннугар түһэрэр сыалтан саха итэҕэлин үрүҥ айыылартан кэлэр билиилэрэ ордук элбээбит курдуктар. Олоҥхоттон ылыллар билиилэр үчүгэй, аныгы сайдыылаах дьоҥҥо туһалаах өрүттэрин туспа арааран ылан дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдии аата үрүҥ айыылартан кэлэр билиилэри туһаныы диэн буолаллар. Онтон былыргы остуоруйалартан, олоҥхолортон кэлэр өлөрүү, алдьатыы туһунан хара, куһаҕан билиилэр хара айыылар диэн ааттанан умнуллан, хаалан иһиэхтээхтэр, кэлэр көлүөнэлэри үөрэ-тиигэ туттуллубатахтарына эйэлээх буолууга тириэрдэллэр.

Бу быһаарыыны тутуһууга сахалар “Барбыт төннүбэт” диэн этиини туһаналлар уонна этэҥҥэ ааспыт куһаҕаны, ыараханы умнуу, хаалларан кэбиһии кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара эйэлэһиини үөскэтэрин туһаналлар.

Айыылар, иччилэр, былыргы өбүгэлэр өйдөрүттэн-санааларыттан үөскүүр итэҕэл билиҥҥи дьоҥҥо туһалаах өттө үрүҥ айыы итэҕэлэ диэн ааттанар, кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ-үөрэтиигэ туттуллар, онтон туһата суох, куһаҕаны кэпсиир, үөрэтэр өттө хара айыы буолан умнуллууга аналланыахтаах. Куһаҕан быһыылар умнуллан, хаалан иһиилэрэ үчүгэй быһыылар элбииллэрин үөскэтэр.

Былыргылар, урукку олорон ааспыт көлүөнэлэр өйдөрүн-санааларын олус күүскэ тутуһуу олоххо саҥаны, сайдыыны, уларыйыылары киллэриини атахтыыр, сарбыйар, былыргылыы, хаалынньаҥ олоҕунан олорууга ыҥырар. Ол иһин итэҕэл аҥар, айыылартан тутулуктаах өттүн; хара, хараҥа, түҥкэтэх, сайдыыны ылыммат өттө диэн туспа араараллар.

Үрүҥ айыы итэҕэлэ диэн урукку олорон ааспыт көлүөнэлэр, өлбүттэр өйдөрүн-санааларын, аныгы олоххо туһалыыр үөрэхтэрин тутуһуу ааттанар. Бу билиилэр сүрүн уратыларынан субу кэмҥэ кыайан уларыйбаттара, тупсубаттара буолар. Ол курдук, өлбүт киһи айыы буолбут өйө-санаата аны уларыйбат турукка киирэн хаалара былыргы диэки тардыыны оҥоро сылдьар.

Yөрэх-билии, өй-санаа күүскэ сайдан иһэр. Хас көлүөнэлэр уларыйан истэхтэрин аайы киһи билиитэ-көрүүтэ кэҥээн, өйө-санаата эбии сайдан, бэрээдэгэ тупсан, аныгы демократия төрүттэрэ киирэн иһэллэр. Саҥа үөскүүр көлүөнэлэр эһэлэр, эбэлэр, аҕалар, ийэлэр билиилэринээҕэр саҥаны, урукку олоххо суоҕу элбэҕи билэллэр, олохторугар туһаналлар.

Холобурга, ааспыт, 70-с сыллардаахха олорон ааспыт көлүөнэ дьон компьютер диэн тугун букатын да билбэттэр этэ. Ол иһин былыргы кэмҥэ өлбүт дьон, бары айыылар өйдөрүттэн-санааларыттан билиҥҥи олоххо туһалаах, үчүгэй өттүн талан ылан, үрүҥ айыыга кубулутан эрэ баран туһаннахха табыллар. Былыргылар элбэх билиилэриттэн аныгы олоххо туһалааҕын, үчүгэйин талан ылыы үрүҥ диэн үчүгэйин биллэрэр тылы эбэн биэриинэн туттуллар.

Итэҕэл бу икки өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктарын сүтэр-бэккэ, тутуһа сырыттахтарына омук өйө-санаата толорутук, олох бары кэмнэригэр туруктаахтык сайдар. Өй-санаа икки өттүттэн тутулук-таахтык сайдыыта туруктаах өйү-санааны үөскэтэрин итэҕэли үөрэтээччилэр билэллэрэ уонна кытаанахтык тутуһаллара эрэйиллэр. Итэҕэл үөрэҕэр хайа да өттүгэр аһара барыы, халыйыы диэн суох буолара, бу икки өрүттэр икки ардыларынан, ортотун диэки өттүн тутуһа сылдьыы табыллар.

Итэҕэл саҥа, таҥара диэн өттө аһара баһыйдаҕына саҥа итэҕэл үөскүүрүн тэҥэ, атын буккуллубут тыллаах саҥа омук үөскээн тахсар кыаҕа улаатар. Олоххо сайдыы, уларыйыы киирэн иһэриттэн дьон сайдыылаах, үөрэхтээх өттүлэрэ итэҕэл таҥара диэн ааттаах, сайдан иһэр өйү-санааны үөрэтэр өрүтүн ордук диэн сыаналыыллар, олох-торугар элбэхтик туһаналлар уонна оҕолорун үөрэтэллэр. (5,28).

Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар сэбиэскэй былаас тобохторо, атеистар диэки халыйаннар өй-санаа бу икки өрүтүн кыайан таба араарбаттар. “Аньыы” диэн сахаларга суох тылы булан куһаҕаны бэлиэтээн айыы диэн тыл икки өрүттээҕин суох оҥоро сатыыллара сахалар өй-санаа үөрэхтэригэр сөп түбэспэт. Ону тэҥэ, “айыы үөрэҕэ” диэн сымыйа, албын сектаны була сатаан айан оҥорон саха дьонун барыларын албынныы сылдьаллар. Мин бары үлэлэрбинэн ол албыннара ханна баарын чуолкайдык арыйан дьон билиитигэр таһаарабын.

Киһи оҥорор саҥаны айыыта хаһан баҕарар үчүгэйэ, үрүҥэ эбэтэр куһаҕана, харата быһаарыллан, чуолкайданан баран итэҕэл үөрэҕэр туттуллара табыллар. Ол иһин айыы диэн тыл үрүҥ эбэтэр хара диэн эбиискэ быһаарыылаах туттуллара эрэйиллэр.

Айыыны үрүҥ эбэтэр хара диэн тус-туспа араарыы, бу саҥаны айыы кэлэр көлүөнэлэргэ туттулларын эбэтэр хааларын, быраҕыл-ларын быһаарар тутаах суолталаах.

Онон итэҕэл үөрэҕэ икки өрүтүн тутуһан хайаларын да диэки аһара баран, халыйан хаалбакка сайдан истэҕинэ омук дьонун өйдөрө-санаалара туруктаахтык сайдарыттан уларыйан хаалбакка уһун үйэни ситиһэр кыахтаналлар.

ӨЙ уонна КҮҮС

Айылҕа бары тыынар-тыыннаахтара “Туох барыта икки өрүттээх” диэн тутулугу тутуһан сайдан иһэллэр. Бу тутулук икки өрүттэр бэйэ-бэйэлэрин хардары-таары солбуйсан биэрэн иһэллэрин үөскэтэн сайдыыны ситиһэллэригэр тириэрдэр.

Саха дьонун олохторун үөрэҕэ олох бары кэрдиис кэмнэрин, сайдан иһиитин таһымнарын барыларын хабар. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии икки өрүттэр олоххо сайдыыны аҕалар уратыларын, өй уонна күүс икки аҥы арахсыыларын, хардары-таары дьайыыларын таба быһаарыыга улаханнык туһалыыр. Ол курдук, эт-сиин күүһэ-уоҕа өй-санаа табан салайбатаҕына, тугу эмэ туһалааҕы оҥорорунааҕар, алдьатара эбиллэн хаалыан сөбүттэн дьон сэрэниэ, күүһү мээрэйдээн, кэмнээн туһанан, аһара ыытыа суоҕа этилэр.

Сайдыыны ситиһиини үөскэтэр икки өрүттэр манныктар:

1. Өй. Салайыыны, ыйан биэриини оҥорор.

2. Күүс. Өй-санаа ыйыытын олоххо киллэрэр.

Бу икки өрүттэр хардары-таары дьайыылаахтар эрээри, бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктарын сүтэрбэтэхтэринэ эрэ табыллар. Ол курдук, өй туох да күүһэ суоҕуттан ханнык да биллэр хамсааһыны оҥорбот. Ол да буоллар өй инники баран иһэриттэн күүһү салайан, сирдээн биэрдэҕинэ, таба суолу буллардаҕына эрэ күүс ханнык эрэ туһалаах, сөп түбэһэр хамсааһыны оҥорон сайдыыны ситиһэри үөскэтэр кыахтанар.

Уһун үйэлэргэ, дьон-аймах олохторо күүс уонна өй илин былдьаһан, хардары-таары, солбуйса сылдьан баһылаан салайал-ларыттан тутулуктанан сайдан, олоххо уларыйыылары киллэрии кыаллыбыт. Олох ханнык эрэ кэмнэригэр дьиикэй күүс өйү-санааны баһыйан, сабырыйан ыла сылдьыбыт кэмнэрэ бааллар эрээри, кэлин тиһэҕэр өй-санаа баһылаан салайар кэмэ син-биир эргийэн кэлэрэ олох үөрэҕинэн дакаастанар.

Дьон олоҕун урукку кэмнэригэр күүс аҥардастыы баһылаан салайар эбитэ дойдулары араас хааннар, короллар, саардар, султаннар баһылаан салайа сылдьыбыттарыттан биллэр. Өй уонна күүс утарыта турар өйдөбүллэрэ элбэхтэр. Мин бу үлэбэр олох сайдан истэҕинэ өй уонна күүс дьон бөлөҕүн баһылаан салайыылара хардары-таары солбуйсан биэрэллэрин быһаарабын. Билигин дьон бөлөхтөрүн, элбэх дойдулары өй аһара баран, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһан баһылаан салайара сылтан сыл аайы эбиллэн иһэрэ олох туруктаах буоларын үөскэтэр. Онтон күүс салайыыны ылбыта аһара барара кэллэҕинэ диктатураны үөскэтэн утарыта туруулар сэриигэ тириэрдиэхтэрин сөп. Бу аһара барыы кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара туруга суох буолан иһэриттэн биллэн тахсар.

Дьон олоҕор күүс уонна өй баһылаан салайаллара кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан биэрэллэрин ситиһиини өй-санаа сайдыытын ситиспит дьон оҥоруо этилэр. Ол курдук, күүс баһылаан салайыыта тоталитар-най, онтон өй-санаа салайыыта демократичнай диэн тус-туспа араарыллан ааттаналларыттан кэмэ кэллэҕинэ хардары-таары солбуйсан биэрэллэрэ кэлэрин таба туһана сылдьыы эрэйиллэр.

Өй-санаа мөлтөх, ханнык да күүһэ суох, ол да буоллар күүһү баһылаан салайдаҕына олох сайдара, тупсара ситиһиллэр. Өй-санаа үөрэҕин, билиитин олоххо киллэриигэ, субу кэмҥэ туһаҕа таһаарыыга күүс эрэ туһалыыра табыллар. Ол курдук, оҕо улаатан иһэн үчүгэй үгэстэри ийэ кутугар иҥэриниэр диэри күүс кыра да буоллар дьайыыта туһаны оҥорор. Оҕо куһаҕан быһыыны оҥороро сонно тутатыгар тохтотуллара, атыҥҥа, үчүгэйгэ аралдьытыллара эрэ куһаҕан үгэс үөскүүрүн суох оҥороруттан, күүс кэмнээн да буоллар туттуллара ордугун хас биирдии иитээччи билэр суола.

Аһара барар майгылаах оҕо эбэтэр эрдэттэн куһаҕан үгэс үөскээбит оҕото куһаҕан быһыыны оҥорорун тохтотууга, ол аата улахан киһи этэрин истибэт буоллаҕына, сорох ардыгар күүс туһата улаатан биэриэн сөп. Ол курдук, минньигэс аһылыктаах прилавоктан “Кэл” диэн этэри истибэккэ, арахсан кэлбэт оҕону табыталыттан тардан ылыыны, ол аата күүһү туһаныыны оҕолорун кыайар эрдэхтэринэ бары төрөппүттэр оҥордохторуна, соннук үгэс үөскүүрүттэн оҕо куһаҕаны оҥороро тохтотуллан иитиитэ табыллар.

Былыргы кэмнэргэ дьон олоҕун күүс баһылаан салайара. Ким кыахтаах, күүстээх сэриилээх атыттары, мөлтөхтөрү сэриилээн, кыайан-хотон барыларын баһылыыра. “Ким күүстээх, ол кырдьык”, “Кыайбыт көҥүлэ” диэн күүс баһылыырын биллэрэр этиилэр оччотооҕу кэмҥэ үөскээбиттэрэ, ону бигэргэтэллэр.

Күүс дьайыыта уһуннук барбатын, сотору кэминэн уларыйарын “Күүстээххэ күүстээх көрсүөҕэ” диэн этии быһааран биэрэр. Ол аата атын күүстээх көстөн кэлэн салайыы, баһылык уларыйарын, кыаттарбыт, мөлтөөбүт туораан биэрэрэ кэлэрин биллэрэр.

Олоххо аҥардастыы күүс баһылааһына олоҕу сайдыыга тириэр-дибэт, өй-санаа халыйыытын, най барыытын үөскэтэн, олоххо саҥаны киллэрии аҕыйыырыгар тириэрдэрин, сэбиэскэй былаас кыайан сайдыбакка эстиитэ, “застой” кэмэ кэлиитэ бары дьоҥҥо дакаастаабыта. Ол иһин бу кэмҥэ дьон бары өй-санаа баһылаан салайара ордук эбит диэн санааҕа киирэннэр өйү-санааны сайыннараары демократия үөрэҕин диэки тардыһа сатыыллар.

Уһун үйэлээх сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ аҥардастыы өй-санаа баһылыыра эмиэ сыыһатын, халыйыыны, аһара барыыны үөскэтэрин ыра санааҕа кубулуйара элбииринэн дакаастыыр уонна олоххо аҥардастыы ыра санаа туһата аҕыйаҕын, аҥар, албын диэки өттүгэр халыйыыны үөскэтэрин дьоҥҥо тириэрдэр.

Өй-санаа уһун кэмҥэ дьон олоҕун аҥардастыы баһылаан салайар кыаҕа суоҕун сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарар. Ол курдук, өй-санаа уонна күүс хардары-таары, солбуйсан баһылаатахтарына өйгө-санааҕа уларыйыы киирэн, олох иннин диэки сыҕарыйар кыахта-нарын ситиһии табыллар кыахтанар.

Аҥардастыы өй-санаа баһылааһына дьахталлары көҥүл ыытыыны күөртээн, сайыннаран биир эмэ оҕону иитиигэ маанылааһын, атаах-татыы олоҕуран барарыттан кэлэр көлүөнэлэр өйдөрүн-санааларын аһара бара сылдьыыга тириэрдэн, быстах быһыыны оҥорооччулары, сыыһа-халты туттунааччылары элбэтэн эйэлээх буолууга төттөрү охсууну оҥорорун тэҥэ, омук эстиитигэр, уларыйыытыгар тириэрдэр суол буолар.

Оҕо улаатан, бэйэтин төрөппүттэригэр тэҥнээн сыаналанара үөскээһинэ өй-санаа, демократия үөрэҕэ салайар кэмэ кэлбитин биллэрэр. Ыал буолуу үгэстэрин тутуһуу күүс салайар кэмигэр ордук табыллар. Ол курдук, эр киһини таба талан ылыыга кыыс оҕо өйө-санаата элбэхтик сыыстаран кэбиһэрин төрөппүттэр көмөлөрө, ыйан биэриилэрэ эрэ оннугар түһэрэн биэрэр.

Дойдуну салайыыга күүс баһылыыр кэмин биһиги ыраахтааҕы уонна сэбиэскэй былаас салайан олорбут кэмнэриттэн билэбит. Биир партия аҥардастыы баһылыыра, араас көрүҥнээх репрессиялэри туһаныы, хаайыылаахтар элбээһиннэрэ, бу кэмҥэ күүс аһара баран баһылыыр эбитин дакаастыыр.

Өй бастаан иһэри ситиһэн, олох сайдыытыгар, тупсуутугар сөп түбэһэр уларыйыылары киллэрэн истэҕинэ, бастаан иһэр оруола уларыйбакка өр кэмҥэ баһылыа, салайыа этэ. Өй сайдыбакка хаалыыны үөскэттэҕинэ, күүс өйгө бас бэриммэт, билиммэт кэмэ тиийэн кэлиэн сөп. Араас революциялар, өрө туруулар, “перестрой-калар”, уулууссаҕа тахсыылар күүс салайыыны, өй-санаа дьайыытын сөбүлээбэтиттэн үөскээн сайдаллар.

Кыралаан да буоллар олоххо киирэн иһэр демократия үөрэҕэ дойдуну салайыыга кыттыһара, биһиэхэ эмиэ өй-санаа сайдан, баһылыыр оруолга тахсан эрэрин биллэрэр. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн өй-санаа уонна күүс бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктарын сүтэрбэтэхтэринэ сайдыыны, тупсууну ситиһии табыллар кыахтанар. Өй-санаа сайдыыта күүс хаалан хаалыытын үөскэппэтэҕинэ олоххо туһаны аҕалар, сөптөөх уларыйыылары киллэрэр кыахтанар. Оҕо улаатан иһэн бу үөрэҕи баһылааһына киһи буолууну ситиһиигэ тириэрдэрин туһана сылдьыы эрэйиллэр.

Онон оҕо улаатан өйө-санаата сайдан истэҕинэ туох барыта икки өрүттээх тутулуктааҕын арааран билэн, үөрэтэн олоххо таба туһанара үөскээтэҕинэ киһи буолууну ситиһэрэ кыаллар.

ТАБА уонна СЫЫҺА

Киһи үлэни табан, табатык оҥорорго уһун үйэлэр усталарыгар эрэйдэнэн үөрэммитин аналлаах таба таҥара үөскээбитэ биллэрэр. Ол курдук, таба кыыл бэйэтэ дьоҥҥо көлө, ас-таҥас буолан улаханнык туһалаабытын таһынан, киһиэхэ тугу барытын табатык оҥорууга баҕа санааны үөскэтиитэ элбэх дьоҥҥо тарҕаныыта таба таҥара туһата өссө улаатан олоххо киирэригэр көмөлөспүттэр.

Таба диэн сахалыы тыл буоларынан таба таҥараны сахалар үөскэтэн олоххо киллэрбиттэр. Бу таба таҥара тарҕаныытыгар үлэни таба, табатык оҥоруу үөскээбитэ улахан оруолу ылбыт. Ол курдук, үлэни табатык оҥоруу уһун кэмҥэ үөскээн дьону сайдыыны ситиһиигэ тириэрдибитэ биллэр.

Таба таҥараны сахалыы өйдөөх-санаалаах элбэх норуоттар киэҥ сирдэргэ уонна араас дойдуларга тарҕаппыттар. Олус былыргы кэмнэргэ арийдар диэн үлэни сайыннарбыт омуктар тарҕаммыт сирдэригэр таба таҥара туттулла сылдьыбыт.

Киһи оҥорор быһыыта, үлэтэ икки өрүттэнэн тахсан иһэр:

1. Тугу барытын таба оҥоруу.

2. Сыыһа оҥоруу.

Бу киһи оҥорор быһыыларын икки өрүттэрин төһө кыайар-бытынан дириҥник ырытыахпыт:

1. Тугу барытын табатык оҥордоххо эрэ туох эмэ туһалаах оҥоруллан тахсан тупсууну, сайдыыны, инники диэки барыыны аҕалар. Кыратык да оҥорор быһыы табыллыбатар, сатамматар эрэ таах хаалар эбэтэр куһаҕаны элбэтэр уратылаах. Ол иһин киһи тугу барытын табатык оҥоро сатыыр баҕа санаата үөскээн таба таҥараны үөскэтэн олоххо киллэрбит.

2. “Сыы” диэн тыаһы үтүктэр тылтан сыыһа диэн быһаарыы үөскээбит уонна табыллыбатах, сатамматах үлэни бэлиэтииргэ туттуллар буолбут. Ол курдук, “сыы” диэн тыл түргэн, кыра тыаһы биллэрэрэ киһи тиэтэйдэҕинэ, ыксаатаҕына сыыһа-халты туттунара элбээн хааларыттан тутулуктанан үөскээбит.

Киһи хаһан баҕарар сыыһа-халты туттунан кэбиһэрэ баар буола турарыттан тулуурун, туттунар күүһүн дьарыктаан уонна аһара барар өйүн-санаатын сиэри, киһи быһыытын тутуһан хааччахтаан эрэ тугу барытын табатык оҥорору ситиһэр кыахтанар.

Өй-санаа аһара бардаҕына, ол-бу айыыны оҥоро сатааһын диэки халыйдаҕына куһаҕаны оҥоруу элбиирин сахалар былыргы үйэҕэ быһааран “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи таҥара-ларын үөрэҕэр киллэрэн оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһаналлар. Дьон оҥоро сатыыр элбэх саҥаны айыыларыттан биирэ эмэтэ эрэ табыллан, сатанан олоххо киллэриллэн туһаны оҥорууга тириэрдэрин бары билиэхтэрэ этэ.

Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар киһи өйө-санаата сайдыытын уратыларын билбэттэриттэн айыы диэн тылы аҥардастыы “үчүгэй” диэн этэллэрэ улахан сыыһа буолар. Ол курдук, киһи оҥорор саҥаны айыылара оҥорбутун кэнниттэн үчүгэйдэрэ эбэтэр куһаҕаннара быһаарыллан тахсар уратылаах. Үчүгэй буолуо диэн быстах санааттан оҥоро охсуллубут саҥаны айыы куһаҕан буолан хаалан хомоторо элбиир.

Дьон бары саҥаны айыыны оҥоро сатыылларыттан табыллыбатах, сатамматах саҥаны айыылар куһаҕаны элбэтэн кэбиһэллэр. Ону тэҥэ, саҥаны айыыны оҥоруу уратытынан дьон тиэтэйэллэрэ, ыксыыллара, урут түһэ сатыыллара киирэн кэлэн аһара барарыттан син табыллыан да сөптөөҕү куһаҕаҥҥа кубулуталлара үксээн хаалар.

Саҥаны айыылары оҥорууттан куһаҕан быһыылар элбииллэрэ итинник чуолкайдык быһаарыллар. Биир эмэ талааннаах киһи оҥорбут саҥаны айыыта эрэ табыллан, сатанан дьоҥҥо туһаны аҕалар.

Дьону барыларын “айыы үчүгэй” диэн албыннаан саҥаны айыыны оҥороллорун үксэтэ сатааһын куһаҕаны элбэтиигэ тириэрдэр. Бу куһаҕаннар эбиллэн тахсаннар букатын алдьатыыны оҥорууга тириэрдиэхтэрин сөп. Бу быһаарыылар “айыы үөрэҕэ” диэн секта дьон өйүгэр-санаатыгар сөп түбэспэтин, сыыһатын биллэрэллэр.

Күүс аһара барыыта сыыһа-халты туттунууну үөскэтэн алдьа-тыыны оҥорорун киһи нэми билэрэ, тутуһара эрэ аҕыйатар уонна үлэни туһалаахха кубулутарга тириэрдэр.

Үлэни оҥоруу табылыннаҕына эрэ туһаны оҥорон, туһалаах үлэнэн ааҕыллар, онтон сатаннаҕына атыттар батыһар, үтүктэр үлэлэригэр кубулуйар. Ол иһин сатабыллаахтык оҥоруллар үлэ барыһы киллэрэн омук сайдыытын, ахсаана эбиллиитин үөскэтэрин быһааран “Сатабыллаах саһыл саҕалаах” диэн өс хоһооно оҥорбуттар.

Халы-мааргытык оҥоруллубут, табыллыбатах, сыыһа-халты буолан хаалбыт үлэ куһаҕаны элбэтэн кэбиһэр. “Хоро салаҥ”, “хоро таһар” диэн үлэни кыайбаттарын, сатаабаттарын иһин сирэн хос ааттаммыт хоролор үлэһит сахаларга баһыттаран, холбоһоннор симэлийэн хаалбыттар.

Табатык оҥоруу диэн олус былыргы кэмнэргэ таба таҥара буолар кэмигэр сайдан тугу барытын табатык, ол аата сөп түбэһэр гына оҥорор дьон баар буолууларын үөскэппит. Оҕо тугу оҥорорун барытын табатык оҥорор буолууга олус өр кэмҥэ үөрэнэр. Ол иһин оҕо өйө-санаата сайдара, оҥорор быһыыта тупсара уһун кэми ылар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмиттэн туһа киһитэ буолан үлэлииргэ үгэстэри иҥэриммитэ үлэлииргэ баҕа санаатын үөскэтэн элбэхтик хамсаныылары оҥоро үөрэнэн үлэһит буоларыгар тириэрдэр. Бары уустук хамсаныылары оҥорууга, бу кэмҥэ үөрэнэрэ ордук табыллар уонна түргэтиир.

Көрсүө, сэмэй киһи оҥорор хамсаныылара наҕыллык оҥоруллар хамсаныылары үөскэтэллэр. Наҕыллык, ыксаабакка, тиэтэйбэккэ эрэ оҥоруллар хамсаныылар таба буолан тахсаллара элбэҕиттэн үлэһит сахалар көрсүө, сэмэй буолууну ордук сөбүлээннэр оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэтэллэр.

“Илии анныттан илдьиркэй, атах анныттан алдьархай” диэн өс хоһооно киһи оҥорор быһыылара табыллыбакка хааллахтарына куһаҕаны, алдьатыыны үөскэтэллэрин биллэрэр. Хамсаныы табылыннаҕына эрэ киһи туох эмэ туһалааҕы оҥороро кыаллар.

Хамсаныы сыыһа-халты буолан хаалыыта куһаҕаны үөскэтэрэ олус элбэх. Быһаҕынан сатаан туттуна үөрэнэ илик оҕо тарбаҕын дэҥниэн сөп. Киһи кэһэйииттэн үөрэҕи ылынара төһө да түргэнин иһин, оҕо аан маҥнай үөрэнэригэр саллан хаалыытын үөскэтэрэ үөрэнэрин бытаардыан сөп.

Сахалар туһалаах хамсаныылары оҥоруу ыараханнарын ырытан үөрэтэннэр киһи буор кута сайдыытын таһымнарын арыйаннар Кут-сүр үөрэҕэр киллэрэн туһаналлар.

Онон тугу барытын табатык оҥорор буолууну ситиһэр туһугар оҕо кыра эрдэҕиттэн үөрэннэҕинэ, хамсаныылары оҥорорун тупсаран үөрүйэхтэри үөскэтиннэҕинэ уонна тулуурун, туттунар күүһүн улаатыннардаҕына табыллар.

КЫРА уонна УЛАХАН

Айылҕаҕа туох барыта тэҥнэһиини үөскэтэн бэйэ-бэйэлэрин кытта тутулуктанан иһэллэр. Тэҥнэһии үөскүүрэ кыра уонна улахан диэн икки өрүттэр куруук баар буола туралларыттан ордук уустугурар. Киһи өйө-санаата сайдарынан, киһилии быһыыны тутуһарынан эрэ, бу икки уларыйан биэрэр өрүттэр икки ардыларыгар тэҥнэһиини үөскэтэн биэрэн иһэр кыахтанар.

Айылҕаҕа уонна киһи оҥорор быһыыларыттан үөскээн тахсар икки өрүттэри таба арааран билэр буолуу киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ону тэҥэ, бу икки өрүттэр икки ардыларыгар үөскээн тахсан иһэр тэҥнэһии балаһыанньатын тутуһа сылдьыы эрэйиллэр.

Киһи этин-сиинин уратылара икки өрүтү үөскэтэн иһэллэр:

1. Кыра.

2. Улахан.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулуга дьон уҥуохтара хайдаҕын быһаарыыга эмиэ туттуллар. Дьон уҥуохтара хайдаҕыттан, төһөтүттэн көрөн кыра уонна улахан диэн икки аҥы арахсаллар.

Кыра уонна улахан диэн икки өрүттэр киһи этин-сиинин уратыла-рын билинииттэн үөскээн тахсан баран өй-санаа уларыйыытын биллэрэр суолталаахтар.

Бу икки өрүттэри арыыйда кэҥэтэн ырытыахпыт:

1. Оҕо кыраттан улаатан тахсара өйүгэр-санаатыгар уларыйыыны киллэрэр, аан бастакы баҕа санаатынан улаатыы буолар. Атаҕар туран хаампыт оҕо үөрүүтэ олус улаатар, улахан киһи курдук буолбут курдук сананара үөскүүр.

Оҕоҕо “Улаатан ис” диэн баҕа санааны үөскэтэн үгэс оҥорон иҥэрэн биэрии түргэнник киһи буолууну ситиһэригэр, өйө-санаата сайдарыгар тириэрдэр уонна үлэлии үөрэнэригэр кыах биэрэр.

Улаатан иһэр оҕону төрөппүттэрэ куруук кыранан, кыамматынан ааттыы сырыттахтарына улахан киһи өйө-санаата киирэрэ хойутаан хаалыа диэн сахалар үөрэхтэрэ этэр. Ол иһин оҕону улаатан истэҕинэ куруук кыра, таптал аатынан ааттыы сылдьыы өйө-санаата сайдыытыгар муомурууну киллэрэрэ биллэр. Ону тэҥэ, оҕоҕо “Улаатан иһэҕин” диэн этэн улаатарга баҕа санааны иҥэрэн биэрэннэр оҕо олоххо ситиһэ сатыыр сыалын үөскэтэн биэрэллэр.

2. Оҕо баар-суох биир баҕа санаатынан улаатыы буолар. Улахан оҕо диэн ааттаммыт оҕо өйө-санаата сайдыыта, киһи буолууну ситиһиитэ түргэтээн биэрэр. Ол курдук, хас да оҕолоох ыаллар улахан диэн ааттаммыт оҕолоро өйө-санаата сайдыыта түргэтиир, кыраларга көмөлөһөр санаата улаатарын тэҥэ, кыра эрдэҕиттэн көмө киһитэ буолан үлэҕэ үөрэнэрэ ситиһиллэр.

Киһи баҕа санаата үчүгэй уонна улахан диэки тардыһыылаах сайдан иһэрин тэҥэ, икки өрүттэнэн тахсарын ситиһиини оҥорууга ыҥырыылар; уруй уонна айхал диэн тыллар бааллара биллэрэр:

1. Сахалар сайдыыны ситиһиигэ ыҥырар уруй диэн тыллара эр дьон баҕа санааларын биллэрэр суолталаах. Ол курдук, ур диэн тылынан эр киһи бэлиэтэ ааттанар буоллаҕына, уй диэн тыл улахан диэн өйдөбүлү биэрэр. “Ур улааттын” диэн эр дьон баҕа санаалара уруй диэн ыҥырыыга аналлаах тылынан этиллэн кыайыыга, ситиһиигэ сирдиир, санаатын туһаайар суолталаах.

2. Айхал диэн тыл дьахталлары ыҥырар суолтата улахан. Ай уонна хат диэн тыллартан үөскээбит айхал диэн тыл дьахталлар олоххо аналларын, саҥаны айыыны оҥорон оҕону төрөтөллөрүн быһаарар уонна ону толорорго ыҥырар.

Кыра уҥуохтаах дьон улахан уҥуохтаахтарга баһыттарар, сабырыттарар курдуктара кыра эрдэхтэриттэн өйдөрүгэр-санаа-ларыгар улахан уларыйыылары киллэрэр. Оҕо уҥуоҕа намыһаҕыттан үөскээн тахсар баттана сылдьар курдук санаата улаханнары кытта күрэхтэһэ, күөнтэһэ сылдьарын үөскэтэр. Бу санаа дьайыытыттан биирдэ эмэ итирэн, өйө көтөн хааллаҕына улаханнары кытта тапсыбата биллэн хаалыан сөп.

Улаханнар бэйэлэрин билинэр санаалара төһө эрэ кэминэн улаатан аһара барыыта улахамсыйыы санаатын үөскэтэр уонна кыралары кытта тапсары уустугурдар, тэҥэ суох оҥорор. Эр дьон айылҕа тугу биэрбитинэн сылдьар буоллахтарына, дьахталлар “Улахантан улаханы” көрдүүллэрэ эбиллэн иһэрэ кэҥээн, дьаллайан иһэр баарыттан уонна хаһан баҕарар бэлэмнэриттэн тутулуктанан баһыйар санааларын үөскэтэн кэбиһэр.

Дьоҥҥо улаханнык сананыы улаатан хаалбыта өр сылларга кыайан көммөккө эрэйдэри үөскэтиэн сөп. Улахамсыйыы аһара баран улуу-тумсуйуу диэҥҥэ тиийдэҕинэ омукка национализм, атыттартан үрдүктүк сананыы сайдыбыта быһаарыллар.

Былыргы кэмнэргэ кыра омуктары сэриилээн кыайыы “Кыа-йыыттан төбө эргийэр” диэн этиигэ сөп түбэһэн улаханнык сананыыны аһара ыытан, национализмҥа тириэрдэн кэбиһэр этэ. Ол аата улахан омук кыра омугу баттыыр, туоратар, симэлитэ сатыыр санаата улаатыыта национализмы үөскэтэн олоххо киллэрэр.

Сэриигэ кыайбыттар “Кыайбыт көҥүлэ” диэн өйүнэн-санаанан салайтаралларыттан, кыайтарбыттары сайдыыта суох, кыра, мөлтөх курдук саныыллара улаатарыттан бэйэлэрин улаханнык сананаллара аһара баран хаалара үөскүүр.

Кыайбыттар уһун үйэлэргэ атын, кыра омуктары баһылаан салайдахтарына бэйэлэрин улаханнык сананаллара, кыралары анны-ларынан саныыллара аһара барыан сөп. Омукка улахамсыйыы өйө-санаата сайдан аһара бардаҕына, атыттары сэнээһин үөскээн тахсан сэриини саҕалыылларыгар төрүөт буолуон сөп.

Омуктар икки ардыларыгар кыра уонна улахан баарын курдук, тэҥэ суох буолуу хаһан баҕарар баар буола турар. Ол курдук, сорохтор, улаханнар капитализмы тутан сайыннара сылдьар кэм-нэригэр атыттар, кыралар колониализмтан, сайдыылаахтар баттал-ларыттан саҥа босхолоно сатыы сылдьыахтарын сөп.

Омуктар саҥалыы үөскээһиннэрэ, сайдыыны ситиһиилэрэ уонна мөлтөөһүннэрэ, эстиилэрэ тохтообокко кэлэн иһэринэн дьон олохторугар хамсааһыннар үөскээн тахсан иһэллэр. Дьон өйө-санаата өссө сайыннаҕына, биир тылы булуналлара үөскээтэҕинэ, ити уустуктар кэлиилэрин таба быһаарар кыахтаныахтарын сөп.

Олус былыргы кэмнэргэ сиргэ улахан уҥуохтаах дьон олоро сылдьыбыттара археологтар булан ылыыларынан бигэргэтиллэр. 2 миэтэрэттэн тахса үрдүк уҥуохтаах дьону хаһан таһаараллара биллэр. Тыынар-тыыннаахтар уҥуохтара улаатыыта радиация уһун кэмнээх дьайыытыттан тутулуктааҕа билигин быһаарылла сылдьар.

Онон кыра уонна улахан диэн икки өрүттэр үөскээн тахсыылара айылҕаттан тутулуктаах уонна дьон эбэтэр омуктар икки арды-ларыгар үөскүүр уустук сыһыаны быһаараллар.

КҮЛҮҮ уонна ЫТААҺЫН

Майгы киһи өйүн-санаатын уларыйыыларын үөскэтэрин уонна икки өрүккэ арахсан сылдьалларын сахалар үөрэтэн билэн тыл-ларыгар киллэрэн туһаналлар. Бу икки өрүттэр аһара баран хаалба-тахтарына киһи өйө-санаата туруктаахтык сайдара ситиһиллэр.

Киһи өйө-санаата сайдан иһиитэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутаах тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэри үөскэтэн иһэр. Өй-санаа киһиэхэ дьайыыта улаатан хааллаҕына этигэр-сиинигэр биллэр уларыйыылары киллэрэн майгынын икки утарыта өрүттэрин арааран билиигэ тириэрдэр:

1. Күлүү.

2. Ытааһын.

Өй-санаа үөскэтэр майгынын бу икки тус-туспа өрүттэрин төһө кыайарбытынан дириҥник ырытан көрүөхпүт:

1. Күлүү диэн үөрүү аһара барбытын биллэрэр. Үөрүү диэн киһи санаата туолбутун, астыммытын биллэрэр аналлаах хамсаныылара, саҥа таһаарыылара ааттанар, ону тэҥэ, сирэйин көрүҥэ уларыйан ону атыттарга биллэрэр аналлаах.

Үөрүү диэн майгы уратыта киһи сирэйигэр биллэн кэлиитэ ымайыы, мичээр, күлүү диэн уратылары үөскэтэллэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэтэ үөрбүт сирэйин көрдөрөн биэрдэҕинэ, үтүктэн үөрэргэ түргэнник үөрэнэр. Үөрэргэ үөрэммит оҕо майгына сымнаҕас буолар.

Киһи олоҕор улахан үөрүү тиийэн кэллэҕинэ күлүү диэн үөрбүтү атын дьоҥҥо биллэрии, ураты саҥаны таһаарыы үөскээн кэлэр. Үөрүүнү биллэрии элбэх араастарыттан аһара барара кэллэҕинэ күлүү үөскээн тахсар.

Үөрүү төһө улаханыттан тутулуктан күлүү уларыйар:

- Сэмэйдик күлүү.

- Алларастаан күлүү.

Алларастаан күлүү диэн улаханнык саҥа таһааран үөрбүтү биллэрии ааттанар уонна күлүү киһи быһыытын аһара барбытын биллэрэр. Икки өрүт тутаах уратыларынан хайалара эрэ аһара баран хааллаҕына, атына эргийэн, уларыйан, солбуйсан биэрэрэ тиийэн кэлэрэ биллэн тахсар. Ол аата улаханнык алларастаан күлүү кэнниттэн ытааһын тиийэн кэлиэн сөп. Икки өрүттэр икки ардыларыгар уларыйыы, эргийэн, солбуйсан биэрии тиийэн кэлэрин “Аһара күлэн алларастаама, сотору ытыырыҥ кэлээрэй” диэн өс хоһооно баара биллэрэр.

2. Ытааһын. Оҕо кыра эрдэҕинэ аччыктаатар эбэтэр туга эмэ табыллыбатар эрэ ытаан бэбээрэн биллэрэн иһэр. Суутун уларыта охсон биэрдэххэ уонна тото аһаттахха утуйан буккуратан хаалар уонна утуйа сытан улаатар.

“Оҕо ытаан-ытаан улаатар” диэн өс хоһооно оҕо ытыыра бэйэтигэр туһаны оҥорорун биллэрэр. Аһара барбатах ытааһын оҕо туга эмэ тиийбэтин, табыллыбатын биллэрэрин таһынан күөмэйин эрчийэргэ, дьарыктыырга туһалыыр.

Улахан киһи ытааһына диэн куһаҕан, ыарахан мунньуллан хаалбытыттан өйү-санааны ыраастаныы ааттанар. Мунньустубут куһаҕан өй-санаа ыараханнара харах уутун кытта тахсан хаалыылара ытааһын киһиэхэ оҥорор туһатын быһаарар. Сөбүгэр, аһара барбатах ытааһын киһи өйүн-санаатын ыраастаан дьэгдьийиини аҕалар. Ону бэлиэтээн “Ытаатахха киһи чэпчиир” диэн этэллэр.

Ытааһын аһара барыыта сарылыы-сарылыы ытааһыҥҥа тириэрдэн ыраастаныы, өй-санаа уларыйыыта түргэтиирин үөскэтэрин тэҥэ, киһи сыыһа-халты туттунарыгар тириэрдиэн сөп. Түүлгэ аһара баран күүскэ ытаатахха туохтан эрэ үөрүү кэлиэн сөп. Бу икки өрүттэр уларыйан, солбуйсан биэриилэрэ үөскээн көстүүтэ туох эмэ аһара баран атынын улаханнык баһыйыыта, эргийэн биэрии тиийэн кэлэрин биллэрэр.

Икки өрүттээх буолуу дьоҥҥо уларыйан биэрэр дьайыыта күлэр уонна ытыыр солбуйсан биэрэллэриттэн чуолкайданан биллэр. Күлүү аһара бардаҕына сотору үөрүү бүтэрин, онтон аны иккис өрүтэ, ытааһын тиийэн кэлэрин биллэрэр.

“Күлэр уонна ытыыр аҕас-балыстыылар” диэн өс хоһооно киһи өйө-санаата “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугуттан улаханнык тутулларын, кэмэ кэлэҕинэ солбуйсан, уларыйан биэрэрин быһаарар.

Киһи майгынын уратылара, икки өрүттэрэ түргэнник уларыйан иһэллэрэ өйүгэр-санаатыгар тосту уларыйыылар киирэллэриттэн тутулуктанар. Бу икки өрүттэр солбуйсан биэрэллэрин сахалар олус былыргы кэмнэргэ үөрэтэн билэннэр олохторугар туһана сылдьаллар.

Күлэр уонна ытыыр икки өрүтү үөскэтэллэр уонна солбуйсан биэрэллэрэ тиийэн кэлэрэ киһиэхэ икки өрүт кэмэ кэллэҕинэ уларыйан биэрэллэрин өйүгэр-санаатыгар тириэрдэллэр. “Барыта кыраттан саҕаланар” диэн этии туох барыта аһара барбакка кэми, мээрэйи тутуһан сылдьалларын бэлиэтиир. Ол иһин сахалар туох барыта кэминэн буоларын сөбүлүүллэр. Айылҕаҕа “Туох барыта икки өрүттээх” буолуута хамсааһыны үөскэтэн иһэриттэн олоххо сайдыыны ситиһии кэлэр кыахтанар. Икки өрүттэр хардары-таары сайдыыны ситиһэллэриттэн кэмэ кэллэҕинэ үөскээн тахсар солбуйсуу хамсааһына олоххо уларыйыылары, тупсуулары киллэрэн иһэр.

Онон өй-санаа икки өрүтэ уларыйан, солбуйсан биэрэллэрэ тиийэн кэлэрин быһааран олоххо туһаныыга күлүү уонна ытааһын солбуйсан биэрэллэрэ тиийэн кэлэрэ туһалыыр.

ҮЧҮГЭЙ уонна КУҺАҔАН

Айылҕа дьон өйө-санаата сайдыытыгар улахан сабыдыалы оҥороро үрүҥ уонна хара диэн икки аҥы арахсыы, икки өрүт баарыттан биллэр. Халлаан сырдаан күн тахсан бары-барыта чуолкайдык көстөр буолуута киһиэхэ үчүгэй, ырааҕы көрөр кэмин аҕалар. Бу сырдыктан кэлэр үчүгэй буолуу уонна баҕа санаа туолуута үрүҥ диэн ааттанан олоххо киирэн үчүгэйи бэлиэтииргэ анаан туттулла сылдьар.

Халлаан хараҥаран туох барыта көстөрө куһаҕаҥҥа кубулуйуута киһиэхэ куһаҕан кэми аҕалар. Ол иһин хараҥа, хара куһаҕан өйдөбүллэнэн дьон өйүгэр-санаатыгар киирэн иҥмит. Барыны-бары; тугу сирбиттэрин, сөбүлээбэтэхтэрин хара, куһаҕан диэн ааттааһын кэнниттэн умнуллан хаалара түргэнник үөскүүрэ киһи өйө-санаата куһаҕантан ыраастанарыгар туһалыыр.

Дьон өйө-санаата сайдан, киһи быһыыта тупсан истэҕинэ икки өрүттэргэ арахсыы эмиэ уларыйан, саҥа өйдөбүллэринэн эбиллэн иһэрин тэҥэ, сымнаан, ол аата утарыта туруу кыччаан биэрэн иһэр. Олус былыргы кэмнэргэ дьон икки өрүттэрин арахсыылара айыы уонна абааһы диэн ааттанар кэмнэригэр улахан өстөһүүгэ, сэриигэ тириэрдэрэ элбэх этэ. Бу кэмҥэ абааһынан ааттаммыттары имири эһии, күдэҥҥэ көтүтүү улахан кыайыынан ааҕыллан хайҕанара, арбанара. Бары илэ сылдьар абааһылары суох оҥорбуттарын кэнниттэн, арай көстүбэттэр эрэ, кыаттарбат буолан ордон хаалбыттара биллэллэр.

Айыы дьоно уонна абааһылар диэн арахсыы былыргы олоҥхо кэмин саҕана баара бэлиэтэнэр. Бу кэмҥэ бу икки өрүттэр бэйэ-бэйэлэрин кытта сэриилэһэн, өлөрсөн иһэллэриттэн абааһыларынан ааттаммыттар быста эстэннэр симэлийэ быһыытыйбыттар.

Дьон өйө-санаата сайдан истэҕинэ биир киһи үчүгэй эбэтэр куһаҕан быһыыны, айыыны оҥорон кэбиһэрэ быһаарыллан олоххо киирбитин кэнниттэн айыы диэн тыл икки өрүттэнэн; үчүгэй уонна куһаҕан өйдөбүллэнэн тахсыбыт. Дьон оҥорор быһыыларын ураты-ларыттан көрөн икки өрүккэ арахсыылара үөскээбит. Билигин дьон өйүн-санаатын икки өрүттэрэ маннык арахсаллар:

1. Үчүгэй дьон.

2. Куһаҕан дьон.

Өй-санаа бу икки аҥы арахсыыларын, икки өрүттэрин төһө кыайарбытынан дириҥник ырытан көрүөхпүт:

1. Киһиэхэ үчүгэйэ кэлэрин халлаан сырдааһына, Күн тахсыыта үөскэтэриттэн үрүҥ дьүһүн билигин даҕаны үчүгэйи бэлиэтииргэ анаан туттулла сылдьар. Үрүҥ дьүһүн үчүгэйи бэлиэтииргэ аналламмыта айылҕаттан тутулуктааҕынан хаһан да уларыйбат. Ол курдук, киһи хараҕа сырдыкка үчүгэйдик, чуолкайдык көрөрө үрүҥ дьүһүн үчүгэйи бэлиэтиирин үөскэппит.

Киһи бэйэтигэр үчүгэйи оҥороро куруук бастаан иһэр. Бэйэтигэр үчүгэйи аҕалары, туһаны оҥорору барыларын үчүгэйинэн ааттыыр. Ону тэҥэ, киһи бэйэтэ тугу оҥорбутун барытын кэриэтэ үчүгэйинэн ааттаан кэбиһэрэ быдан элбэхтик бэлиэтэнэр. Ол аата киһи оҥорор быһыыта эмиэ бэйэтигэр үчүгэйи оҥоруу диэки хайысхалааҕыттан үчүгэй эбиллэн иһэрэ тохтообот уонна аһара барыыга тиийиэн сөп.

Икки тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр үчүгэй киһи Христос таҥара үөрэҕэ киэҥник тарҕанан дьон үчүгэй буола, үчүгэйи ситиһэ сатыыллара элбээбититтэн, билигин үчүгэй киһи буолууну үгүстэр ситиһэн сылдьаллар.

2. Дьон тугу сирбиттэрин, сөбүлээбэтэхтэрин куһаҕан диэн ааттыыллар, туораталлара аһара бардаҕына суох оҥоро, симэлитэ сатыахтарын сөп. Сириллэр, туоратыллар куруук элбэҕиттэн куһаҕан хаһан баҕарар баар буола турар.

Куһаҕаны эрдэттэн билэн, тупсаран, көннөрөн үчүгэй оҥорон биэрдэххэ куһаҕан аҕыйыырын сахалыы таҥара үөрэҕэ туһанар. Ол иһин таҥара үөрэҕэ аан бастаан дьон оҥорор аҕыйах ахсааннаах куһаҕаннарын билэргэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн этэн оҕолору иитэр, үөрэтэр. Бу үөрэх оҕо куһаҕан диэни аан бастаан биллэҕинэ олору оҥорбот кыаҕын үөскэтэрэ, үчүгэйи, туһалааҕы оҥорорун элбэтэрин тэҥэ, сыыһа-халты туттунарын аҕыйатар.

Үчүгэй уонна куһаҕан диэн арахсыы уустук, эрэйдээх боппуруоһу эйэлээхтик быһаарсыы кэлэригэр улахан мэһэйи үөскэппэт, өй-санаа икки өрүттэрин арахсыылара сайдыыны ситиһииттэн сымнаабыт, киһитийбит көрүҥнэрэ буолар.

Ол да буоллар үчүгэй уонна куһаҕан диэн икки өрүттэр икки аҥы арахсыылара сэриигэ, өлөрсүүгэ тириэрдэн кэбиһиэн сөп. Ол курдук, 20-c үйэҕэ бэйэлэрин аһара “үчүгэйинэн” ааҕыммыт немец фашистара куһаҕаннары суох оҥоро сатаан сэриини саҕалаабыттара.

Үчүгэй аһара барыыта үчүгэйтэн үчүгэй диэн кэнниттэн кэлэр кэрэ буолууга тиийиитэ куһаҕаннары абааһы көрүү аһара барыытын үөскэтиэн, улаатыннаран кэбиһиэн сөбүттэн өйдөөх-санаалаах дьон эрдэттэн сэрэниэхтэрэ, харыстаныахтара этэ.

Омук мөлтөөһүн кэмигэр киирдэҕинэ олох бары өрүттэригэр “үчүгэйдэрин” былдьатан, улуу омук буолаллара кыаллыбат кэмигэр кэлэн хаалыылара кэрээннэриттэн тахсан хаалыыларын үөскэтэн кэбиһэрэ үгүстэр сэриини сөбүлүүллэригэр тириэрдиэн сөп.

Икки өрүттэр кэмэ кэллэҕинэ уларыйан, солбуйсан биэрэллэрэ өс хоһоонноругар киирэн этиллэн сылдьаллар:

- “Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар” диэн өс хоһооно куһаҕан үчүгэйгэ уларыйан, солбуйсан биэрэрин сахалар олохторугар туһаналларын биллэрэр. (3,61).

- “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһооно икки өрүттэр кэмэ кэллэҕинэ уларыйан, солбуйсан биэрэллэрэ тиийэн кэлэрин быһаарар. Биһиги көлүөнэ дьон өй-санаа бу уларыйан биэрэрин чахчы билэн сылдьабыт. Сэбиэскэй былаас саҕана дьадаҥылар “үчүгэй” диэн ааттаналлара, бары улахан салайааччылар быстар дьадаҥы төрүттэринэн киэн тутталлара, арбаналлара.

1991 сыллаахха Россия дьоно үлэни кыайбаттарыттан сэбиэскэй былаас эйэлээхтик эстибитэ. Дьон ырыынак олоҕун сөбүлээн талан ылбыттара. Аны баайдар үчүгэй аатырбыттара, бары байа-тайа сатыыр баҕа санаалара туолан үлэ сайдар кыахтаммыта.

Икки өрүттэр солбуйсан биэриилэрэ тиийэн кэлэригэр хайа эрэ өрүт атынын аһара баһыйан барыыта уонна суох оҥоро сатааһына тириэрдэр. Дьон олоҕор куруук кэриэтэ үчүгэй аһара барыыта бэлиэтэнэр. Ол курдук, киһи барыта бэйэтигэр үчүгэйи оҥосто сатыыр баҕа санаатыттан үчүгэйи элбэтэн кэбиһэллэрэ салҕанан иһэр.

Үчүгэй аһара баран үчүгэйтэн үчүгэй диэни ааһа бардаҕына саха тылыгар кэрэ буолуу диэн тиийэн кэлэр. Кэрэ буолуу диэн тас көрүҥү тупсарыы, атыттарга көрдөрө сатааһын буолар уонна киэргэниини аһара ыытан кэбиһэр. Ол иһин кэрэ буолууга тиийбит киһи үлэни үлэлээбэт, кэрэтин эрэ көрдөрө сылдьыыга тиийэр. Бу киһи өйүгэр-санаатыгар кэрэ буола сатааһынтан үөскүүр уларыйыы саха тылынан кэрэх буолууга тиийии диэн ааттанар. (6,114).

Икки өрүттэри таба арааран билэн хайаларын да аһара ыыппакка, тэҥнэһиини тутуһан сайдан иһэллэрин ситиһиини дьон өйдөрө-санаалара сайдыбытынан туһанан кыайыахтара этэ.

Онон үчүгэй уонна куһаҕан диэн өй-санаа икки өрүккэ арахсыыта хаһан баҕарар баар буолар уонна аһара барбатахтарына дьону сайдыыны ситиһэллэригэр тириэрдэр хамсааһыны үөскэтэллэр.

САЛАЙЫЫ ИККИ ӨРҮТЭ

Дьон ахсааннара элбээн истэҕинэ ханнык эрэ салайыы көрүҥэр наадыйар кэмнэрэ тиийэн кэлэр. Олус былыргы кэмнэргэ дьон бөлөхтөрүн чахчы күүстээх, кыанар уонна барыларын өйүнэн-санаатынан баһыйар киһи салайара олоххо киирэн сылдьыбыта.

Салайыы маннык көрүҥэ олус былыргы кэмнэртэн сайдан баран дьон өйө-санаата сайдыытын аһара барар уратытынан кэлин тоталитарнай, диктаторскай диэн көрүҥҥэ кубулуйан хаалара биллибититтэн аныгы үйэҕэ туоратыллыыга киирэн сылдьар.

Кэлин өй-санаа сайдан иһиитэ эбиллэн аҥардастыы күүстээх киһи элбэх дьону салайар кыаҕа аҕыйаҕын быһаарбыта. “Дагдайбытын аанньа даар акаары” диэн өс хоһооно улахан күүстээх киһи өйө-санаата сөбүгэр буолан хааларын биллэрэн өйдөрө-санаалара сайдыбыттар салайар былааһы, бу кэмҥэ ылан сылдьаллар.

Дьону салайыы икки өрүтэ үөскээһинэ өй-санаа сайдан, тупсан иһиититтэн тутулуктанар. Ол курдук, аҥардастыы күүс баһылаан салайара үрдүкү салайааччылар былааска аһара уһуннук олорон хаалыыларын үөскэтэн бэйэ дьонун элбэтэрэ сайдыы киириитин бытаардан кэбиһэрэ быһаарыллан, кэмэ кэллэҕинэ уларыйан биэрэн иһэр саҥа салайыы көрүҥэ, демократия үөрэҕэ олоххо киирбитэ үс үйэ буолан сылдьар.

Салайыы икки өрүттэрэ маннык арахсаллар:

1. Тоталитарнай салайыы.

2. Демократическай салайыы.

Салайыы бу икки өрүттэрэ кэмэ кэллэҕинэ уларыйан, солбуйсан биэрэллэрин арааран билэн олоххо туһана сылдьыы эрэйиллэр. Бу икки өрүттэри арыыйда дириҥэтэн ырытыахпыт:

1. Күүстээхтэр баһыйан салайыылара тоталитарнай салайыы көрүҥүн үөскэтэр. Салайар былаас күүһүрүүтэ, биир киһи салайар былааһыгар кубулуйуута маннык салайыныыга тириэрдэр. “Сначало было слово” диэн арҕааҥҥы дойдулар тутуһар таҥараларын үөрэҕин этиитэ тоталитарнай салайыыга тириэрдэр. Ол аата ким эрэ эппитин толоро сылдьыы ыйан, этэн биэриини толорууга тириэрдэн бас бэриниини үөскэтэн, салайааччылар былаастарын олохтуур.

Оҕо кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрин этэрин истэн, олору толорон улаатара тоталитарнай салайыы көрүҥэ буолар. Бу кэмҥэ төрөппүт оҕотугар бэйэтин өйүн-санаатын иҥэрэр, үчүгэй диэн сыаналыыр быһыыларын оҥотторон ийэ кутун иитэн биэрэр кыаҕа улаханын туһанар кэмэ буолар.

Хас биирдии төрөппүт оҕото кини курдук өйдөөх-санаалаах буола улаатыан баҕарар. Салайыы бу көрүҥүн оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитиигэ туһаннахха өйө-санаата төрөппүттэрин курдук буоларын үөскэтии табыллар кыахтанар.

Улааппыт оҕо улахан дьону кытта тэҥнэһэн кинилэр курдук бэйэтэ быһаарынан киһи быһыылаахтык сылдьар буолуутугар тиийдэҕинэ төрөппүттэр баһылыыллара тохтуура, салайар былаас тэҥнэһиини үөскэтэр демократия үөрэҕин өттүгэр уларыйдаҕына табыллар.

Ыал буолуу оҕо өйө-санаата өссө сайдан, тупсан киһи буолууну ситиһэн демократия үөрэҕэр тиийбитин биллэрэр. Ол курдук, саҥа, үһүс киһи үөскээн улаатыыта демократия тэҥнэһиини тутуһар олоҕун ирдиир кэмэ тиийэн кэлэр.

Ыал эр киһи сайдыылаах буор кутун кэлэр көлүөнэлэргэ биэрэн иһэргэ аналлаах тэриллэр. Ыалы эр киһи – аҕа баһылык салайара оҕолор тулуурдара, туттунар күүстэрэ улаатарыгар тириэрдэр. Ыал сайдан, оҕолор ахсааннара эбиллэн иһиитэ аҕа ууһун үөскэтэр. Оҕолор бары эр киһиттэн сайдыылаах буор кутун ылынан төрүүл-лэриттэн аҕа ууһа диэн аат үөскээн олоххо киирэн туттуллар.

Оҕо улаатан өйө-санаата сайдан үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоҕор туһанар буоллаҕына, киһи буолууну ситиһэр. Бу кэмҥэ кини өйө-санаата төрөппүттэрин этэллэрин истэн сайыннаҕына кинилэр курдук буолар кыахтанар. Оҕо төрөппүттэрин курдук буолара тоталитарнай салайыынан ситиһиллэрэ ордук табыллар. Ол курдук, “Мин курдук оҥор” диэн этии бэйэни үтүгүннэрэн үөрэтиини олоххо киллэрэн оҕо төрөппүтүгэр маарынныырын үөскэтэр.

Дьадаҥылар, сүрэҕэ суохтар, бэлэмҥэ үөрэммиттэр салайар былааһы ыллахтарына тоталитарнай, диктаторскай салайыы диэки халыйан хаалаллар. Бу уларыйыы биир киһи салайар былааһа “үчүгэй” диэн этиигэ тириэрдэринэн бэйэлэрэ өйдөрө-санаалара тиийбэт, бэлэмҥэ үөрэнэн уонна атеист буолан хаалбыт дьон салайыы бу көрүҥүн олоххо киллэрэн кэбиһэллэр.

Үлэлиэхтэрин баҕарбаттар салайааччы буоллахтарына бэйэлэрин оннуларыгар элбэх солбуйааччылары булан иһэллэрэ ахсааннара эбиллэн иһэрин үөскэтэр. Салайааччылар элбээһиннэрэ үлэни бытаардан, атахтаан кэбиһэрэ улаатан олоххо хаалыы үөскээн барара салайар былаас уларыйарыгар тириэрдэр.

2. Дьон өйдөрө-санаалара сайдан иһиитэ билигин тэҥнээхтэр биир тылы булунан салайыыларын үөскэппитэ олоххо киирбитэ уонна демократическай диэн ааттанар. Бу салайыы көрүҥэ быыбары туһанарынан бары кыттыгастаахтар тэҥнээхтик сыһыаннаһалларын үөскэтэн чахчы өйдөөхтөр, кыахтаахтар, сатабыллаахтар талыллан дьону салайыыларын олоххо киллэрэр.

Аныгы сайдыбыт олоххо урукку хаалбыт өйү-санааны тутуһа сылдьыы олохтон улаханнык хаалыыга, атыттарга баһыттарыыга тириэрдэн омук симэлийэрин үөскэтиэн сөп. Демократия тутулуктаах дойдулар хас быыбар кэллэҕин аайы салайааччылары уларытан иһэллэриттэн олохторугар туһалаах уларыйыыны кэмигэр киллэрэн сайдыыны ситиһэллэрэ түргэтиирин туһана сылдьаллар.

Олоххо уларыйыылар киирдэхтэринэ эрэ сайдыыны, тупсууну ситиһии кыаллар кыахтанар. Тоталитарнай салайыныылаах дойдулар биир салайааччыны үйэтин тухары салайар былааска олордоннор бары салайар үлэһиттэр түргэнник бэйэ дьонугар кубулуйууларыгар тириэрдэллэр уонна уларыйыылар киириилэрин бытаарданнар түргэнник киирэн иһэр сайдыыттан хаалан хаалыыларын үөскэтэллэр.

Оҕо улаатан ыал буоларыгар төрөппүттэрин кытта өйө-санаата тэҥнэһэр, ол иһин бу кэмҥэ ыалга демократичнай салайыы көрүҥүн туһаныы эрэйиллэр кэмэ кэлэр.

Олох салҕанан истэҕинэ дьону салайыы икки өрүттэрэ хардары-таары солбуйсан, уларыйан биэриилэрин тутуһа сырыттахха эрэ сайдыыны ситиһии кэмигэр кыаллар кыахтанар.

Онон дьону салайыы икки өрүттэрэ кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан биэрэллэрин олоххо туһана сылдьыы эрэйиллэр.

ҮЛЭ уонна ҮӨРЭХ

Үлэ уонна үөрэх киһи сайдыыны ситиһиитин икки өрүтүн үөскэтэллэр. Олус былыргы кэмнэртэн үлэ киһи этин-сиинин сайыннаран, тупсаран киһитийиини, ол аата киһи курдук көрүҥнээх буолууну ситиһии кыаллыбыт. Кэлин өй-санаа сайдыыта бастаан үөрэх баһылаан иһэрин курдук өйдөбүлү үөскэтэн сылдьар.

Киһи сайдыыны ситиһэригэр этэ-сиинэ уонна өйө-санаата туох уратыны киллэрэллэрин быһаарыы өйдөөх-санаалаах дьонтон эрэйиллэр. Үөрэҕи ситиһии өйү-санааны түргэнник сайыннаран олоххо тупсууну киллэрбитин иһин, олорон эрэ үлэлиири үөскэ-тэриттэн, хамсаныылары оҥорууну аҕыйатан эти-сиини мөлтөтөрө киһиэхэ уонна кэлэр көлүөнэлэригэр биллэр куһаҕаны оҥорор.

Киһи олоҕун устата оҥорор туһалаах, сайдыыны, ситиһиини аҕалар быһыылара этин-сиинин сайыннаралларыттан, тупсарал-ларыттан тутулуктанан икки аҥы өрүттэргэ арахсаллар:

1. Үлэ.

2. Үөрэх.

Сайдыыны ситиһии киһи этин-сиинин сайыннарар, тупсарар буоллаҕына туһаны аҕалар, онтон этигэр-сиинигэр буортуну, куһаҕаны оҥордоҕуна үйэтин кылгатан кэбиһиэн сөп. Бу икки өрүттэри төһө кыайарбытынан ырытан көрүөхпүт:

1. “Үлэ киһини айбыта” диэн этии сайдыыны ситиһии хантан кэлэрин биллэрэр. Үлэни оҥоруу эти-сиини эрчийэр, дьарыктыыр, элбэх нэмин билэр хамсаныылары оҥордоххо эрэ табылларын, туһаны аҕаларын сахалар билэллэр.

Хамсаныылары оҥоруу киһи буор кутун сайыннаран үөрүйэхтэри үөскэтэн туруктаах өйү-санааны киһиэхэ иҥэрэр. Бу үөрүйэхтэр эккэ-сииҥҥэ иҥэн сылдьалларыттан уонна киһи оҕолоругар утумнаан бэриллэн иһэллэриттэн кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара түргэнник сайдыыны ситиһэрин үөскэтэллэр.

Эт-сиин хамсаныылары оҥоро сырыттаҕына эрэ табыллар. “Хамсаныы олох төрүтэ” диэн этии эт-сиин куруук хамсана сылдьарын быһаарар. Сыт диэн тылга “ыы” диэн ытааһын дорҕооно эбилиннэҕинэ сытыы диэн буолар. Элбэхтик сытыы эти-сиини сытыйыыга тириэрдэрин сахалар былыр үйэҕэ быһааран тылларыгар киллэрэн туһаналлар.

Эт-сиин эрчиллэриттэн, хамсаныылары оҥороруттан киһи олоҕун уһуна быһаччы тутулуктанар, айылҕаттан бөҕө эттээх-сииннээх киһи олоҕун уһуннук олорор кыахтанар. Куруук үлэлии сылдьар дьон уһун үйэни бэйэлэрин кыахтарынан ситиһэллэр.

2. Үөрэх өйү-санааны сайыннарар. Киһи салгын кута үөрэҕи билииттэн эбиллэн, сайдан иһэр. Бу салгын кут диэн киһи саамай кэбирэх, төбөнү кыратык доргуттахха, арыгыны аһара истэххэ эбэтэр наркотигы туһаннахха көтөн, баран хаалар өйө-санаата буолар.

Үөрэх салгын куту үөскэтэр. Салгын кут өйө-санаата билиилэртэн үөскүүрүнэн киһи өллөҕүнэ үс хонугунан ыһыллар, үрэллэр, ол иһин кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллибэккэ таах хаалар.

Үөрэхтэн кэлэр салгын кут өйө-санаата биир киһи, үөрэҕи ылыннаҕына үөскээн тыыннааҕын тухары бэйэтигэр туһалаан баран өллөҕүнэ көтөн, үһүс күнүгэр ыһыллан хаалар. Бу быһаарыы дакаастабылынан үс хонук иһинэн өйдөнөн кэлбит киһи урукку чөлүгэр түһүөн сөп, онтон хойутаатаҕына улаханнык уустугурар.

Үөрэх биир, үөрэҕи ылыммыт эрэ киһиэхэ туһаны аҕалар, хамнаһа элбиэн, үлэтэ чэпчиэн, баҕатын хоту сынньалаҥнык сылдьыан сөп. Оҕо аҕыйахтык хамсанар, үгүстүк олорор төрөппүтүн көрөн, үтүктэн хамсаныылары оҥороро аҕыйыыра этин-сиинин мөлтөтөн кэбиһэрэ, үөрэх кэлэр көлүөнэлэргэ куһаҕан дьайыылааҕын биллэрэр.

Эт-сиин сайдыыта дуу, өй-санаа сайдара дуу киһиэхэ төһө туһалаахтарын бу үлэҕэ быһааран биэриэхпит.

Олоххо хаһан баҕарар икки өрүт үөскээн тахсан иһэллэриттэн киһи өйө-санаата сайдыбытынан туһанан, бу икки өрүттэр икки ардыларынан түбэһэр быһаарыыны ылынан оҥорор быһыытын таба салайара эрэйиллэр. Ол курдук, бу икки өрүттэр хаһан баҕарар солбуйсар, уларыйар кэмнэрэ кэлэн иһэрин эрдэттэн билэн киһи өйүн-санаатын уларытан биэрэрэ ирдэнэр.

Аныгы үйэҕэ үөрэх аһара баран тарҕаныыта, хайҕаныыта, арбаныыта “үчүгэйин” курдук өйдөбүлү үөскэтэн сылдьар. Үөрэх бу аһара барыытын туһанан сэбиэскэй былаас быстар дьадаҥы дьону барыларын үөрэхтээн кэбиспитэ халыйыыны үөскэтэн, дьон чэпчэки үлэни көрдүү сатыыллара билигин аһара баран сылдьар.

Россияҕа ырыынак сыһыаннара киирбиттэрэ 30-тан тахса сыллар буоллулар эрээри, элбэх күүскэ үлэлиир дьон баар буола иликтэр. Ол барыта сайдыыта суох буор куттаах, үлэлиэхтэрин баҕарбат дьадаҥылартан өссө мөлтөөбүт буор куттаах оҕолор төрүүллэрэ билигин даҕаны салҕанан иһэриттэн тутулуктанар.

Сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорбутуттан дьон атеист буолан хааланнар олоххо туһалаах үгэстэрин хаалларан сылдьаллар. Былыргы кэмнэргэ сахалар ыал буолууга дьадаҥы дьону чугаһаппаттар этэ. Ол барыта дьадаҥы буор куттаах киһи үлэһит буор кутун буккуйарыттан, сүрэҕэ суох оҥороруттан тутулуктанара.

Ырыынак олоҕун кэмигэр дьон байыыны ситиһэ сатыыр санаалара улаатарыттан үлэни эрэ кыайа-хото үлэлээтэхтэринэ баайы-малы мунньунан олохторун тупсаралларын билэн эрэллэр.

Үлэ киһи этин-сиинин сайыннаран, хамсаныылары оҥорорун тупсаран уһун үйэни ситиһэрин үөскэтэрэ чуолкайдык быһаарыллан дьон дьарыктана, эрчиллэ, үлэлии сылдьаллара элбээн иһэр.

Ханнык баҕарар үлэни оҥорууга онно сөп түбэһэр үөрэҕи баһылааһын, билиини кэҥэтэн биэрэн иһии эрэйиллэр. Ол аата киһи ханнык үлэни үлэлиириттэн тутулуктанан эбиискэ үөрэҕи баһылаан истэҕинэ үлэтэ табыллан иһэрэ ситиһиллэр.

Кыра, уустуга суох үлэҕэ кылгас үөрэх сөп буолар. Үлэ араас көрүҥнэрэ элбэхтэриттэн уустуга суох үлэлэр элбэх өттүн ылаллар. Ол аата үгүс дьоҥҥо элбэх үөрэх мэһэй эрэ буолара быһаарыллар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр элбэх үрдүк үөрэхтэри баһылаабыт дьон ырыынак кэмигэр үлэлэрин уларыппыттара ону дакаастыыр.

Үлэ төһө уустугуттан тутулуктанан эппиэтинэһэ улаатан истэҕинэ аналлаах үрдүк үөрэҕи баһылаабыт дьон эрэ кыайан, табан үлэлиир кыахтаналлар. Маннык үлэлэр аҕыйахтарыттан үрдүк үөрэхтээх буолуу тарҕаныыта хааччахтаннаҕына эрэ табыллар. Ол эбэтэр чахчы кыахтаахтар эрэ ылсыһыахтара этэ.

Дьон айылҕалара тардарынан олох чэпчэки өттүн диэки талаһа сатыыллар. “Балык дириҥҥэ талаһар” диэн өс хоһооно ону биллэрэр. Үөрэх чэпчэки үлэҕэ киирсэринэн уонна үөрэхтээх буолуу элбэх хамнаһы ылыахха сөбүн үөскэтэринэн чэпчэкини эккирэтэ сатаан үөрэҕи батыһыы элбээн сылдьар.

Сахалар олохторугар киһи айылҕаттан тутулугун билэн тутуһа сылдьаллар. Ол курдук, кыыс этэ-сиинэ уолтан эрдэлээн ситэрин тутуһаллар уонна кыыс оҕо маҥнай эргэ тахсан сайдыылаах буор куттаах оҕолору төрөтөн, улаатыннаран баран үөрэҕинэн, үлэнэн дьарыктанарын туһаналлар. Ол иһин кыыс оҕолору саастарын ситтэхтэринэ эргэ биэрэллэр уонна төрөөн бүттэхтэринэ ыал хаһаайыстыбатын үлэтинэн, оҕолорун, сиэннэрин иитиинэн, үөрэ-тиинэн дьарыктанан байыыны ситиһэллэрин тутуһаллар.

Ыаллар сааһыран оҕолоро элбээтэхтэринэ бэйэлэрэ кыахтаах биригээдэ буолуохтарын сөп. Сахалар бу уларыйыы кэлэрин билэн ыал аҕатын уонна ийэтин тойон уонна хотун диэн ааттыыллар. Ол аата элбэх оҕолорун, сиэннэрин үөрэтэр, салайар, үлэни тэрийэн сөптөөх хайысханы булларар кыахтаналлар.

Үлэ уонна үөрэх дьон эттэрэ-сииннэрэ уонна өйдөрө-санаалара сайдарын үөскэтэллэриттэн хайа эрэ өттүгэр аһара баран халыйан хаалаллара олоххо хаалыыны үөскэтэн атыттар баһыйалларын, солбуйалларын таһаарыахтарын сөбүттэн кэмэ кэллэҕинэ тэҥнээн биэрэ сылдьыыны эрэйэллэр.

Онон дьон өйдөрө-санаалара сайдыбытынан, үөрэх-билии этэринэн туһанан үлэни үлэлээн, эттэрин-сииннэрин эрчийэн, дьарык-таан уһун үйэни ситиһэр кыахтара улаатар.

БААЙ уонна ДЬАДАҤЫ

Дьон өйдөрүн-санааларын сайдыыта тэҥэ суоҕа хайалара эрэ атыттары, мөлтөхтөрү баһыйан салайарын үөскэтэр. Бу икки аҥы арахсан икки өрүтү үөскэтии үлэлээн оҥорон таһаарбыты хайдах туһанартан быһаччы тутулуктанар.

Дьон үлэни үлэлээн, тугу эрэ оҥорон таһаарбыттарын хайдах туһаналларыттан, туох барыһы ылалларыттан көрөн икки өрүккэ арахсаллар:

1. Баайдар.

2. Дьадаҥылар.

Үлэлээн тугу оҥорон таһаарарыттан тутулуктанан киһи баайа эбиллэн барар. Бу эбиллибит баайы хайдах туһаныыттан үөскээн тахсар дьон икки өрүттэрин ырытан көрүөхпүт: 1. Баайдар үлэни оҥорон таһаарыыны баһылаатахтарына байыыны түргэнник ситиһиэхтэрин сөп. Ону тэҥэ, киһи барыта олорор олоҕун тупсара, байыыны ситиһэ сатыыр санаата улахана, үлэни сайыннаран иһэрэ баайдарга улаханнык көмөлөһөр.

Сахалар олус былыргы кэмнэртэн үлэни оҥоруу уратыларын дириҥник үөрэппиттэр. “Сатабыллаах саһыл саҕалаах” диэн өс хоһооно үлэни сатабыллаахтык оҥорор киһи, бу үлэтэ оҥорон таһаарар барыһын сатаан, табан туһаннаҕына барыһы киллэрэн байыыны ситиһэрин биллэрэр.

Үлэни булан атыттарга биэрээччи киһи үлэ оҥорон таһаарыытын бэйэтин туһугар туһаннаҕына баайа эбиллэн иһэрин үөскэтэр.

2. Дьадаҥы диэн этэ-сиинэ мөлтөх, хамсаныылары кыайан оҥорбот киһи ааттанарын тэҥэ, үлэлииргэ баҕа санаата суоҕа быһаарыллар. Ол аата даҥ курдук таах сытар баҕа санаалаах киһи дьадаҥы буоларын сахалар былыр үйэҕэ быһааран тылларыгар киллэрэн анаан бэлиэтээбиттэр.

Дьадаҥы өйдөөх-санаалаах киһи атын ким эрэ этэн биэрэрин истэ, толоро сатыыра элбээн хааларыттан атыттар баһылааһыннарыгар киирэн биэрэн иһэр. Ыраахтааҕы баһылааһыныттан босхоломмут дьадаҥылар сэбиэскэй былаас салайааччыларын этэн, ыйан биэрии-лэрин толоро сатаан колхозтарга киирбиттэрэ уонна салайар былаас диктатуратын үөскэппиттэрэ.

Ыгыы-хаайыы көмөтүнэн кыра хамнаска маҥнайгы омуннарыгар үлэлии сатаабыттара, бастакы пятилетка былааннарын син толорон испиттэрэ. Кэлин биир эмэ бэйэлэрин кыанар колхозтар эрэ хаалбыттара, атыттара бары дойдуттан элбэх көмөнү ылар совхозтарга уларыйбыттара. Элбэх көмө дьайыытыттан сыллар ааһан истэхтэринэ мөлтөөн, оҥорон таһаарыылара быста аҕыйаан барбыта. Ол барыта сэбиэскэй былаас баар дьону барыларын үлэлэтэ сатыырыттан тутулуктанан үөскээбитэ уонна үгүстэр мөлтөх, дьадаҥы өйдөөх-санаалаах үлэлиэхтэрин баҕарбат үлэһиттэри үтүктэллэрэ үксээбитинэн, улааппытынан быһаарыллар.

Дьон үлэлиир үлэлэриттэн тутулуктанан икки өрүккэ арахсыылара хаһан баҕарар үөскээн иһэр. Ыраахтааҕы былааһын кэмигэр икки аҥы арахсыылара баай уонна дьадаҥы диэн буолара. Ол кэмҥэ, баайдар салайар былааһы ылан олорор эрдэхтэринэ, дьадаҥылар баайдары утары тураллар этэ.

Сэбиэскэй былаас дьону барыларын тэҥнэр диэн быһаарарынан бу кэмҥэ дьон икки аҥы арахсыылара салайааччылар уонна үлэһиттэр диэҥҥэ уларыйбыта. Бу былаас салайааччылара бары дьадаҥы төрүттээхтэриттэн үлэни үлэлээһин мөлтөөн, чэпчэкитэ эрэ хаалан, үөрэхтээх буолуу баһыйан барбыта.

Төрдүттэн дьадаҥы киһи улахан салайааччы буолан үлэ тэрилтэлэрин салайбытын уратытын А.Б.Чубайс олоҕун устата үлэтиттэн булан ылыахха сөп.

А.Чубайс бэс ыйын 16 күнүгэр 1955 сыллаахха Белоруссия Борисов диэн куоратыгар төрөөбүт. Эһэтэ байыаннай, аҕата армияҕа политүлэһитинэн сылдьыбыт, кэлин марксизм-ленинизм туһунан лекция аахпыт. Ол кэмҥэ армияҕа аан бастаан бары дьадаҥылар сулууспалыыллара. Ол аата А.Чубайс аҕатынан дьадаҥы буор куттаах киһи буолар. Ол иһин дьадаҥы төрүттээх киһи үйэтин устата туох туһалааҕы оҥорон олоххо киллэрбитин ааҕан көрүөххэ сөп:

- 2011 сыллаахха диэри араас улахан салайар үлэлэргэ табыллан үлэлээбитэ, үрдүкү салайааччылар этиилэрин толоро сылдьыбыта.

- 2011 сыллаахтан “Роснано” диэн экономикаҕа улахан сайдыыны аҕалыахтаах компанияны тэрийэн үлэлэппитэ. Элбэх көмөнү ылан уонна сайдыылаах омуктартан технологияларын туһанан үлэни тэрийбитэ эрээри, сатабыллаахтык оҥорботторуттан атын омуктар оҥорууларыгар баһыттаран, ырыынактан туоратыллан хаалбыттара.

Бу үлэни оҥоруулар түмүктэриттэн А.Чубайс саамай “непо-пулярнай” салайааччы буолара биллибитэ. Үлэни оҥорон таһаарыы быһаччы оҥорооччулартан улаханнык тутуллар. Ол аата үлэ табыл-лыбатыгар, сатамматыгар дьадаҥы үлэһиттэри буруйдуохха сөп.

Дьадаҥы буор куттаах дьон улахан дойдуну баһылаан салайан олоруулара туох түмүккэ тириэрдибитин сэбиэскэй былаас эстиитэ дьоҥҥо барыларыгар биллэрэн сылдьар. Дьон үлэни кыайбат, кыайан сатабыллаахтык оҥорбот уонна салайбат буолууларыттан ас-таҥас тиийбэтэ үөскээн сэбиэскэй былаас эстибитэ сахалар үлэ уонна буор кут туһунан билиилэрэ табатын дакаастабыла буолар.

Хас да көлүөнэлэр усталарыгар кыайа-хото үлэлээн буор куттарын сайыннаран дьадаҥылар байыыны ситиһии диэки сыҕарыйан иһиэхтэрин сөп. Ол аата туораан биэрбит баайдар оннуларыгар өрө тахсан иһиини ситиһэллэр. Үлэҕэ тупсууну ситиһиигэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ буор куттара сайдан, тупсан иһиитэ туһалыыр.

Киһи бэйэтэ икки өрүттээҕиттэн кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэн иһэрэ эмиэ икки өрүттэнэр:

1. Эт-сиин бэриллэн иһиитэ удьуордааһын диэн ааттанар.

2. Өй-санаа бэриллэрэ утумнааһын диэн буолар.

Утумнааһын диэн төрөппүтүттэн оҕотугар буор кута, хамсаныылары оҥорор кыаҕа уонна атын, үөрүйэх буолбут өйө-санаата бэриллиитэ ааттанар. Буор кут диэн киһи хамсаныылары оҥорор өйө-санаата, кыаҕа буоларынан уонна хас биирдии быччыҥҥа иҥэн сылдьарынан кэлэр көлүөнэлэр сайдан, тупсан иһиилэрин быһаарар тутаах суолталаах. Быччыҥҥа иҥэн сылдьар өй-санаа, бу быччыҥы санаа хоту кыратык эбэтэр күүскэ хамсатара буор кутуттан, кыаҕыттан тутулуктанар.

Кыаҕа аҕыйах киһи хамсаныылары оҥороро бытаан, сыылба да буолуон уонна сатаан, табан хамсанымыан сөп. Дьа диэн өй-санаа этиллэр, онтон даҥ диэн дьиэ үрдүгэр таах сытар буор ааттанар. Ол иһин сайдыыта суох буор куттаах киһини дьадаҥы диэн этэллэр.

Кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр сайдыылаах буор кут аймахтар, омук сайдан иһэрин үөскэтэринэн олус күүскэ харыстаныахтааҕын быһааран ыал буолуу үгэстэрин туһана сылдьыы ирдэнэр.

Буор кут “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ эмиэ сөп түбэһэн хамсаныылары хайдах оҥороруттан тутулуктанан икки өрүттэнэн сайдыыны ситиһиини эбэтэр хаалыыны үөскэтэр:

1. Сайдыылаах, уустук, күүстээх хамсаныылары оҥорор кыахтаах буор кут аймах, омук сайдан иһиитин үөскэтэр.

2. Дьадаҥы, хамсаныылары сатаан, табан оҥорбот, сүрэҕэ суох, элбэхтик кыайан хамсаммат буор кут эмиэ кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэриттэн омук мөлтүүр, эстэр кэмэ тиийэн кэлиэн сөп.

Буор кут хас да көлүөнэлэр усталарыгар сайдар. Ол иһин утуму харыстааһын аймахтар, аҕа уустара сайдыыларыгар ордук улахан суолталаах. Күүс диэн эт-сиин күүһэ, онтон кыах диэн өй-санаа, буор кут уратыта, хамсаныылары оҥорууга дьоҕура ааттанар. Ол аата буор кут эти-сиини хамсаныылары хайдах оҥорорго тириэрдэрэ кыаҕыттан улаханнык тутулуктанар.

Олус былыргы кэмнэртэн сайдыылаах буор куттаах аймахтар, аҕа уустара сахалар ыал буолуу үгэстэрин туһанан буор куттарын харыстаатахтарына уонна кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэн истэхтэринэ эрэ сайдыы ситиһиллэр кыахтанар.

Онон дьон өйдөрө-санаалара сайдыыта үлэлээн оҥорон таһааран баран, ол оҥоруллубуту туһаныыга икки өрүттэнэн тахсара баайдары уонна дьадаҥылары үөскэтэн иһэр.

ЫАЛ БУОЛУУ ҮГЭСТЭРЭ

Айылҕа сүрүн тутулуга “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өттүттэн тутулуктааҕа хаһан да уларыйбат. Ол курдук, Сир Күҥҥэ чугаһаан хааллаҕына сир-дойду уотунан умайыан, онтон Сир Күнтэн ыраатан, тэйэн биэрдэҕинэ космос тымныыта сабардыан сөп. Ол иһин Сир Күнтэн биир тэҥ соҕус ырааҕынан, ити икки өрүттэр икки ардыларынан, тэҥнэһии үөскээн тахсар миэстэтинэн көтө сырыттаҕына, итии уонна тымныы, сырдык уонна хараҥа алтыһара тыыннаах айылҕаны үөскэтэр, ол иһин Сиргэ олох баар буолар кэмигэр билигин олоробут.

Ыал буолуу “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттээх тутулуктаннаҕына бөҕө, туруктаах буолар. Ыал буолуу икки өрүттэрэ диэн кыыс уонна уол сөбүлэһиилэрэ уонна баайдарын-малларын; энньэни, халыымы тэҥнээн холбооһуннара буолар.

Эр киһи уонна дьахтар дьон икки өрүттэрин үөскэтэллэрэ ыал буолууга уустуктары аҕалаллар. Ол иһин кинилэр биир тылы булан сөбүлэһэн, холбоһон олоҕу олорууларыттан ыал буолуу үөскүүр уонна бу ыаллар оҕолорун хайдах иитэллэриттэн, үөрэтэллэриттэн тутулуктанан аймахтар, омук сайдан иһиитэ ситиһиллэр.

Омуктар сайдан иһиилэрэ биирдиилээн ыаллар олохторуттан быһаччы тутулуктаах. Ыал кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэр уонна иитэр, үөрэтэр аналлааҕыттан омуктар сайдыыларын төрүттүүр. Кэлэр көлүөнэлэр киһи быһыылаах, көрсүө, сэмэй, үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлиир кыахтанан улааттахтарына омук ахсаана эбиллэр уонна үлэни кыайан сайдыыны ситиһэр кыахтанар.

Сахалар оҕо өйө-санаата сайдыытын, улаатан киһи буолууну ситиһиитин биир тутаах бэлиэтинэн ыал буоларын ааҕаллар. Оҕо улаатан этэ-сиинэ уонна өйө-санаата ситтэҕинэ, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанар кэмэ кэллэҕинэ, киһи буолуу өйүн-санаатын баһылаатаҕына, ситистэҕинэ бэйэтэ төрөппүттэриттэн туспа баран саҥа ыалы олохтуур кэмэ кэлэр.

Ыал буолуу “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ эмиэ сөп түбэстэҕинэ табыллар. Ол курдук, ыал буолуу бастакы өрүтүнэн таптал, бэйэ-бэйэни сөбүлэһии ааҕыллар, иккис өрүтүнэн баай-мал; энньэ уонна халыым көмө тирэҕи үөскэтэллэр. Аныгы, ырыынак, байыы-тайыы үйэтэ баайа суох киһи диэни суох оҥорор. Былыргы кэмҥэ сахалар энньэни уонна халыымы туһананнар, ыал буо-лааччылар баайдара-маллара тэҥнэһиитин үөскэтэннэр бөҕө туруктаах ыалы тэрийэллэр этэ.

Былыргы кэмнэргэ дьон табатык эбэтэр табата суох оҥорууну тус-туспа араарарга сөп уонна сыыһа диэн тыллары туһанарга киллэрбиттэр. Бу тыллар киһи оҥорор быһыыларын быһаарыыга эмиэ туһанылла сылдьыбыттар. Сөбүгэр диэн сөп түбэһиини биллэрэр тылбыт баара, сөп түбэһии, кыайан үчүгэйгэ тиийбэтин быһаарар.

Дьон өйө-санаата өссө сайдан истэҕинэ оҥорор быһыыларын уратыларынан арахсыылара үчүгэй уонна куһаҕан диэн тыллар үөскүүллэригэр тириэрдибит. Бу тыллар туттуллууга киирбиттэрин кэннэ сөп уонна сыыһа диэн тыллар суолталара арыычча кыччаан, кыра, быстах дьыалалары быһаарар кыахтанан сылдьаллар.

Оҕо улаатан киһи буолууну ситиһиитэ ойох ыллаҕына эбэтэр эргэ таҕыстаҕына, ол аата саҥа ыалы үөскэттэҕинэ туолар диэн ааҕыллар. Бу киһи өйө-санаата тосту уларыйар кэмэ ыал буолан урууну оҥоруунан бэлиэтэнэр. Хомойуох иһин киһи олоҕо бүтэр, муҥурданар кэмэ тиийэн кэлэринэн эдэрдэр саҥа ыалы үөскэтиилэрэ кэлэр көлүөнэлэри төрөтөн, киһи быһыылаахтык иитэн, үөрэтэн аймахтары, омук ахсаанын элбэтэн, сайыннаран иһиигэ аналланар.

Ыал буолууну сахалар тэрийиилэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар сөп түбэһэн икки өрүттэнэр:

1. Эт-сиин баҕа санаатын дьайыыта киһиэхэ улахан. Оҕо улаатан сааһын ситиитигэр баҕа санаата өссө улаатар. Ыал буолуу уол уонна кыыс эттэрин-сииннэрин баҕа санаатын ханнарыыга, толорууга уонна кэлэр көлүөнэлэри үөскэтиигэ аналланарыттан олох тутаах сыалынан ааҕыллар уонна бэйэ-бэйэлэрин сөбүлээһиннэринэн олоххо киирэр.

2. Сахалар үөрэхтэрэ ыал буолууга энньэни уонна халыымы эбии киллэрэн биэрэн үлэттэн үөскүүр өй-санаа көрдөбүллэрин, киһилии быһыыны, өйү-санааны тутуһууну эбэн биэрэн ыал олоҕо туруктаах буоларын үөскэтэр.

Үлэ оҥорон таһаарыытыттан тутулуктаах энньэ уонна халыым ыал баайа-мала эбиллиитин үөскэтэннэр, эбиискэ тутулук буолан имэҥ умсулҕана аастаҕына, аҕыйаатаҕына ыал арахсан, ыһыллан хаалыан сөбүн тохтоторго туһалыыллар.

Ыал буолуу сүрүн сыалынан оҕо төрөтүүтэ, кэлэр көлүөнэлэри үөскэтии буолар. Төрүүр оҕо бары хаачыстыбатын, этин-сиинин, буор кутун тупсарыыга ыал буолуу былыргы үгэстэрэ киһи икки өрүтүн таба тутуһан улахан туһаны оҥороллор:

1. Оҕо этин-сиинин тупсуутун, доруобуйата бөҕөргүүрүн ситиһиигэ анаан ыал буолуу үгэстэрэ төрүччү үөрэҕин туһананнар төрөппүттэри аан бастаан талан ылыыны киллэрэллэр. 2. Оҕо өйүн-санаатын; буор, ийэ, салгын куттарын уонна сүрүн сайыннарыыга, киһи буолууну ситиһэригэр Кут-сүр, сахалыы таҥара үөрэҕин туһаналлар.

Оҕо этэ-сиинэ тупсан төрүүрэ атын аймахтары, омуктары кытта холбоһууттан үөскүүрүн сахалар былыргыттан үөрэтэн билэн “Хаан тупсарыыта” диэн аналлаах үөрэҕи олохтоон туһаналлар.

Былыргы сахалар оҕо ыал буоларыгар улахан суолтаны биэрэн аналлаах үгэстэри үөскэппиттэр. Бу үгэстэр аан маҥнай ыал төрүүр оҕото төрөппүттэрин эттэрин-сииннэрин удьуордуулларын уонна өйдөрүн-санааларын утумнуулларын ситиһиигэ аналлаахтар.

Удьуордааһын диэн кэлэр көлүөнэлэргэ төрөппүттэрин эттэрин-сииннэрин уратылара, онтон утумнааһын диэн хамсаныылары оҥорууга дьоҕурдара, буор куттара уонна өй-санаа атын үөрүйэхтэрэ бэриллэн иһиилэрэ ааттаналлар. Төрөппүттэртэн оҕолоругар эттэрэ-сииннэрэ, буор куттара уонна үчүгэй үөрүйэхтэрэ бэриллэн иһэллэрин салгыырга ыал буолуу үгэстэрэ туһалыыллар.

Олус былыргы кэмнэртэн сахалар ыал буолууга тутуһар үгэстэрэ өс хоһоонноро буолан сылдьаллар:

- “Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй” диэн өс хоһооно киһи ыраах сиртэн ойох ыларын эбэтэр эргэ тахсарын ситиһиигэ аналланан ыаллар оҕолоро доруобай буолан төрүүрүн хааччыйар.

- Ыал буолууга аналлаах “Хаан тупсарыыта” диэн үгэһи туһаналлара сахалар атын омуктары кытта холбоһууларын сайыннаран иһэриттэн эт-сиин тупсарын, бөҕөргүүрүн уонна үйэлэрэ уһуурун ситиһэр кыахтаналлар.

Хаан тупсарыыта эти-сиини тупсаран омук уһун үйэни ситиһэригэр туһалыыр. Тупсарыллыбыт хааннаах бааһынайдар эттэрэ-сииннэрэ, тас көрүҥнэрэ тупсан, уҥуохтара көнөн, улаатан иһэрин сааһырбыт дьон көрөн да билэллэр.

Ыал буолууга эт-сиин ылар оруола улаханынан бөҕө, доруобай эттээх-сииннээх дьон элбэх оҕону төрөтөр кыахтаахтарын туһаныы эрэйиллэр. Былыргы төрүппүт Эллэй Боотур бөҕө доруобуйалаах, көйгө, үлэһит кыыһы талан, ойох ылан сахалары элбэппитин эр дьон бары туһана сылдьыахтара этэ.

- “Тэҥнээҕи булунуу” диэн үөрэх тэҥнээхтэр ыал буолуулара төрөппүт оҕолорун өйө-санаата туруктаах буола улаатарын төрүт-түүрүн сахалар тутуһаллар.

Удьуор диэн оҕо төрөппүттэрин, өбүгэлэрин этин-сиинин уратыларын иҥэринэн төрүүрэ ааттанар. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн удьуордааһын эмиэ икки өрүттээх:

1. Төрөппүттэр үчүгэй, туһалаах хаачыстыбаларын удьуордааһын.

2. Олоххо буортуну оҥорор хаачыстыбалар, араас бодоҥнор, ыарыылар кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһиилэрин тохтотууга ыал буолуу үгэстэрин уонна төрүччү үөрэҕин тутуһуу туһалыыр.

Күүс диэн эт-сиин уратытын, үлэни оҥорор кыаҕын быһаарыы ааттанар. Күүстээх эттээх-сииннээх киһи оҕото удьуордаатаҕына кини курдук көрүҥнээх, күүстээх буолара быһаарыллар.

Сайдыыта суох буор куттаах дьону туспа арааран ыалы тэрийиэх инниттэн туоратыыны сахалар “Тэҥнээҕи булунуу” диэн былыргы үгэстэрэ оҥорор. Ол курдук, үлэһит дьон оҕолоро үлэһиттэри кытта ыал буоллахтарына, үлэһит, сайдыылаах буор куттара кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн өссө сайдар кыахтанарын ситиһэллэр.

Ыал буолуу былыргы үгэстэрэ эр киһи удьуорун, утумун харыстыылларыттан омук үйэтэ уһуурун үөскэтэллэр. Эр киһи эдэр ойохтоох буоллаҕына, саастара үллэстэн тэҥнэһэн хаалалларын тэҥэ, оҕолоро эр киһиттэн ылыммыт сайдыылаах буор куттаах буолан төрүүрэ ситиһиллэр.

Эдэрдэр бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһиилэрин кэнниттэн төрөппүттэр төрүччү үөрэҕинэн дьарыктаналлар, энньэ уонна халыым туһунан салгыы кэпсэтэллэр. Ыалы тэрийиигэ икки өрүтү; сөбүлэһиини уонна баай-мал тэҥнэһиитин холбоон туһаныы ыал бөҕө тирэхтээх буоларын уонна арахса охсуу уустугурарын үөскэтэрин билигин ырыынак, баай-мал баһылыыр кэмигэр туһаныы эрэйиллэр.

“Тэҥнээҕи булунуу” диэн этии кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара туруктаныытыгар ананар. Ол курдук, бэйэлэрин тэҥнээхтик сананар ийэ уонна аҕа оҕолоругар туруорар көрдөбүллэрэ тэҥнэһэринэн оҕо өйө-санаата туруктаах буола улаатарын үөскэтэллэр. (7,68).

Кыргыттар бары баай киһиэхэ эргэ тахсыахтарын баҕалара баһаам. Кинилэр бэлэмҥэ, мааныга, бары-барыта баарыгар көҥүл күүлэйдии сылдьар, сынньана сытар санаалара элбэх. Кыра оҕону көрүү элбэх бириэмэни ылара онно эмиэ олук буолар. Ол иһин ырыынак кэмигэр баай киһи кыргыттары талан ылар кыахтанарын туһанар кэм тиийэн кэллэ.

Баай киһи ойоҕо буолуу төһө да үчүгэйин, бэлэми туһаныы элбээбитин да иһин “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ эмиэ сөп түбэһэр уратылаах. Ол курдук, баай киһи баҕа санаата элбэҕин курдук атыттары сөбүлээн иһэрэ эмиэ элбиэн сөп. Баай киһи көрсүүлэннэҕинэ эбэтэр иккис кэргэнин ылан кэбистэҕинэ эр киһини үллэстии ыган кэлиэн сөп.

Уол оҕону иитиигэ аҕа оруола үрдүгэ, бастаан иһэрэ ордук. Оҕо улаатан иһэн өйө-санаата туруктаахтык, ол аата “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһан сайдарын туһугар төрөппүттэрэ; эр киһи уонна дьахтар иккиэн тэҥҥэ кыттыһаллара ирдэнэр.

“Ыал ийэтинэн” диэн этии дьахтар төрөппүт оҕолоро хайдах дьон буолан тахсалларынан сыаналанарын биллэрэр. Ону тэҥэ, оҕо ийэтэ кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитэн биэрэрэ өйө-санаата ийэтиттэн улахан тутулуктааҕын үөскэтэр. (8,70).

Онон аныгы сайдыылаах диир үйэбитигэр ыал буолуу үгэстэрин икки өрүттэрин олоххо киллэрэн туһаныы ирдэнэр буолла.

ЭЙЭ уонна СЭРИИ

Олох салҕанан баран истэҕинэ дьон өйдөрө-санаалара сайдыы, тупсуу киирэриттэн, саҥа өйдөбүллэр үөскүүллэриттэн уларыйан иһэллэр. Ону тэҥэ, кэмэ кэллэҕинэ олохтоохтор сыһыаннарыгар улахан уларыйыыны икки кырдьаҕас омуктар икки ардыларыгар үөскээн тахсар саҥа омуктар ахсааннара эбиллэн күүһүрэн, атыттары баһыйан, олохтоох сирдэриттэн үтүрүйэн иһэллэрэ үөскэтэр.

Саҥа омук үөскүүрүгэр “Хаан тупсарыыта” диэн үгэс туһалыы-рынан ахсааннара биллэрдик эбиллэн уонна эттэрэ-сииннэрэ тупсан иһэр эдэрдэр кырдьаҕас омуктары икки аҥы үтүрүйэн, олорор сирдэриттэн сыҕарытан бараллара сайдыы хамсааһынын таһаарар.

Омуктар икки ардыларыгар маннык балаһыанньа үөскээтэҕинэ уонна өйдөспөт буолуулара аһара баран “Үрүҥү хара диир” диэн этиигэ тиийдэҕинэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун тутуһуу эрэйиллэр, ол аата солбуйсан биэрии кэмэ кэлбитэ биллэр.

Омуктар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара эмиэ икки өрүккэ арахсар:

1. Эйэлээх кэм.

2. Сэрии буолуута.

Бу омуктар икки ардыларыгар хардары-таары үөскээн тахсар сыһыаннар саҥа омук сайдан, күүһүрэн иһэриттэн уонна мөлтөөбүтү туоратан, үтүрүйэн барарыттан кэмэ кэллэҕинэ саҕаланан бараллар. Ону тэҥэ, үйэлэргэ биир сиргэ олорбут омуктар бу сири төрөөбүт сирдэринэн ааҕынан кэбиһэллэрэ атын сиргэ көһөллөрүн олус ыарахан оҥорор. “Барар сир баҕана үүтэ, кэлэр сир кэлии үүтэ” диэн өс хоһооно ити кэм кэлиитин быһаарыыттан үөскээбит.

Омуктар икки ардыларыгар үөскүүр сыһыан бу икки солбуйсан биэрэр өрүттэрин арыыйда кэҥэтэн ырытыахпыт:

1. Эйэлээх олох кэмигэр омуктар сайдыыны, олохторо көнөрүн, ахсааннара эбиллэрин ситиһэллэр. Олох тупсан истэҕинэ дьон эйэлээх олоҕу сөбүлүүллэрэ эбиллэн иһэр. Бу кэмҥэ дьон сайдыыны, тупсууну, байыыны ситиһэллэрэ түргэтээн элбэх туһалаах үлэни оҥороллор уонна олохторо тупсарын ситиһэллэр.

Байыыны ситиһии элбэх саҥаны айыылары оҥорууну көҕүлүүр. Дьон саҥаны айыыны аан маҥнай сэрии сэбин оҥостууга, тупсарыыга туһаналлара өссө да кыайан уларыйа илик. Саҥа сэрии сэптэрин оҥостуу сайдыыта сэриигэ бэлэмнэниини улаатыннарара дьон өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэн, үгэс буолан хаалбыта олоххо, бу икки өрүттэр солбуйсан биэриилэрин үөскэтэргэ туһалыыр.

Олохторо тупсубут, байбыт дьон оҕолорун атаахтатан иитэллэрэ элбиириттэн үгүс бас-баттах быһыылаах, маргинал оҕолору иитэн улаатыннараллар. Бу оҕолор туруга суох өйдөөх-санаалаах буола улаатан араас хамсааһыннары саҕалыыр кыахтанан хааланнар олох оҥкулун уларытыахтарын, сэриини саҕалыахтарын сөп.

2. Сэрии саҕаланыыта. Бииргэ олорор омуктартан хайалара эрэ мөлтөөһүн кэмигэр киирэн, ахсааннара аҕыйаан бардаҕына, атын сайдан, эбиллэн иһээччилэр туоратан, олорор сирдэриттэн үтүрүйэн, сыҕарытан барыылара кэлэр.

Уруккута улахан, сайдыыны ситиһэ сылдьыбыт омук мөлтүүрэ, үрэллиитэ кэлэригэр маннык кэм үөскээн тахсара остуоруйа үөрэҕэр “Импиэрийэ эстиитэ” диэн этиинэн биллэр. Өссө бу омук улахан, атомнай сэрии сэптэрин баһылыыр буоллаҕына, сэрии атыттарга кутталы үөскэтэрэ аһара улаатыан сөп.

Бииргэ олорор икки омуктар икки ардыларыгар үөскүүр сэриини гражданскай диэн ааттыыллар. Бу сэрии уһаан, кырыктанан барда-ҕына кыайыы кэлэрэ улаханнык уустугуруон сөп. Маннык сэриилэр сахалар олоҥхолоругар элбэхтик кэпсэнэллэр. Олус уһуннук уонна кырыктаахтык барар сэриигэ бэйэ-бэйэлэрин абааһыларынан ааттаан, араастаан үөхсэн бараннар сэриилэрин сэбэ алдьанан бүтүөр, онтон бэйэлэрэ эстиэхтэригэр диэри кыргыһаллар.

Дьон өйдөрө-санаалара сайдыбытынан, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун тутуһалларыттан маннык уустук кэм үөскээтэҕинэ таба, сөп түбэһэр быһаарыыны булунуохтарын сөп этэ.

Аныгы да кэмҥэ салайар, баһылыыр омук мөлтөөн барыыта эйэлээхтик быһаарыллан түмүктэнэрэ олоххо киирэ илик. Сайдыыны ситиһии кэмигэр киирбит омук урукку батталтан, туоратыыттан босхолонор санаата улаатара сэрии саҕаланарыгар төрүөт буолар.

Сэриини саҕалааһын диэн Аан дойдуга хаһан да буола илик ураты быһыыны, саҥаны айыыны оҥоруу буолан тахсар. Бу саҥаны айыы хайдах; үчүгэй дуу, куһаҕан дуу буолан тахсара саҕалыыр саҕана биллибэтинэн уһаан, тэнийэн бардаҕына үгүс дьон олохторугар улахан уустуктары оҥоруон сөп.

Быстах диэн ааттаммыт сэриигэ мөлтөөн иһээччи кыайыыны ситистэҕинэ, бу кыайыыттан төбөлөрө эргийэрэ үөскүүрүттэн национализмнара аһара барарыгар тириэрдиэн сөп. Онтон нацио-нализм аһара баран нацизмҥа кубулуйдаҕына улахан сэрии эрэ көннөрөр, тупсарар кыахтааҕын дьон ааспыт үйэтээҕи улахан сэриилэр холобурдарын үөрэтэн билэллэр.

Салайар былаас биир киһи илиитигэр киирэн уһуннук уларыйбат буоллаҕына дьон өйө-санаата халыйыыта, бу былааһы “үчүгэй” диэн этэн арбааһын, хайҕааһын аһара халыйан барыыта үөскүүр. Омуктар өйдөрө-санаалара салайар былаастан улахан тутулуктанан хаалара итинник халыйыыга тириэрдиэн сөп. Уһуннук салайар былааска биир киһи олороро бэйэтин өйө-санаата “үчүгэй” диэки халыйарын үөскэтэрин тэҥэ, бас бэринэр дьонун өйүн-санаатын улуутумсуйуу диэки уларыйыыга тириэрдиэн сөп.

Кэмэ кэллэҕинэ омуктар икки ардыларыгар үөскээн тахсар маннык утарыта турууну олох уопутунан туһанан таба быһаарыы холобура дьоҥҥо билигин баар. Демократия үөрэҕин тутуһар АХШ дойдута элбэх тус-туспа омуктары бииргэ холбоон сайыннарыыга холобур буолан туһалыыр кыахтаах.

Европа сайдыылаах омуктара биир дойдуга холбоһон олоруулара, бииргэ үлэлээһиннэрэ саҥа, улахан кыахтаах омук эйэлээхтик үөскээн тахсарыгар тириэрдиэн сөп. Бу дойду сайдыыны ситиһиитэ демократия үөрэҕэ дьон олоҕор ордук табылларын дакаастабыла буолан туһалыан сөп.

Дьон омуктарынан тус-туспа арахсыылара кэмэ кэллэҕинэ, бу икки омуктар икки ардыларыгар саҥа омук үөскээн тахсарыгар, төрөөбүт диэн ааттанар сири былдьаһыы үөскүүрүгэр тириэрдиэн сөбүн саҥарар тылларын хардары-таары билэллэрэ тохтотор. Омуктар икки аҥы арахсыылара аһара улааппатын туһугар кырата икки омук тылын билии туһалыыр кыаҕа улаатар.

Олус былыргы кэмнэргэ дьон үлэни оҥорууну баһылаа-һыннарыттан тус-туспа арахсаннар туспа омуктары үөскэппиттэр. Сайдыыны ситиһии диэн үлэ бары көрүҥнэрин дьон баһылааһыннара тарҕаныыта омуктарынан арахсыыны аҕыйатан иһиэн сөп. Ол курдук, биир үлэни үлэлиир дьон биир санааны булунар кыахтара улаатарын тэҥэ, саҥарар тыллара биир буолара ситиһиллиэн сөп.

Онон дьон олоҕор уустук, быһаарылла охсубат боппуруостар үөскээн кэлэн иһэллэрин өй-санаа сайдыбытынан туһанан эйэлээхтик быһаарар кыах баар.

КҮҮСТЭЭҔИ ТАЛЫЫ

Айылҕаҕа тыынар-тыыннаахтар күүстээҕи, кыахтааҕы таба талан ылыыны куруук туһана сылдьаллар. Атыыр кыыллар тыһыны былдьаһан харсыһаллара кыахтаах, күүстээх атыыр кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэн, сайыннаран иһэрин олоххо туһана сылдьыыга тириэрдэр. Ол иһин кыыллар мөлүйүөнүнэн сылларга эттэрэ-сииннэрэ мөлтөөбөккө эрэ сайдан, күүһүрэн иһэллэр.

Күүстээхтэн күүстээх, кыахтаахтан кыахтаах төрүүрэ айылҕа айбыта, сокуона буолар. Дьон сайдыыны, тупсууну ситиспиттэрин бэлиэтинэн үөрэҕи өрө тутаннар өй-санаа сайдыытын аһара ыытаннар, айылҕаҕа киһи этэ-сиинэ бастаан иһэрин суох оҥорон халыйыыны үөскэтэн сылдьаллар.

Үөрэх биир киһи үйэтигэр эрэ туһалыыр, онтон оҕолоругар эттэрин-сииннэрин ситэ хамсаппаттарын үөскэтэн куһаҕаны, буортуну оҥорор. Элбэхтик олорор, сытар төрөппүтүн оҕо көрөн үтүктэн өссө үгүстүк олороро, сытара үөскээн тахсара этин-сиинин мөлтөтөн кэбиһэригэр тириэрдэр.

Айылҕаҕа күүстээҕи талан ылыы хаһан баҕарар баар. Кыыс оҕолор күүстээх эр дьону сөбүлүүллэр. Хас да уолу кытта биир кэмҥэ билсиһэн баран хайалара күүстээҕин быһаара сатыыллар. Бу быһаара сатааһын уолаттары элбэхтик охсуһууга тириэрдэр.

Күүстээҕи быһаарсыы охсуһуунан быһаарыллара ордук табыллар. Охсуһуу эр киһи күүһүн, кыаҕын быһаарарыттан уолаттар икки ардыларыгар сутуругунан охсуһуу күүстээҕи талан ылыыга туһалыыр былыргыттан туттуллар судургу ньыма буолар.

Ыал буолууга күүстээх, кыахтаах эр киһини талан ылыы аймахтар сайдан, ахсааннара эбиллэн иһэрин үөскэтэргэ аналланарын туһана сылдьыы ирдэнэр кэмэ кэллэ. Аныгы үйэҕэ күүстээҕи, кыахтааҕы талыыга үлэни сатабыллаахтык оҥорууну туһаныы ырыынак олоҕо кэлбитинэн ордук табыллар.

Билигин күүстээх, кыахтаах эр киһини таба талан ылыы “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр:

1. Чахчы күүстээх, кыахтаах эр киһини талыы. Дьахталлар күүстээх эттээх-сииннээх киһини сөбүлүүллэр эрээри, үөрэх “үчүгэй” диэн этиигэ баһыттаран уонна сынньалаҥнык сылдьалларын ордорон үөрэхтээҕи эрэ эккирэтэ сатыыллара улаатан хаалла. Бу быһаарыы тарҕаныыта үөрэҕи баһылаабыт киһи хамнаһа улаатарыттан тутулуктаах уонна чэпчэки үлэни үлэлииринэн быһаарыллара “үчүгэйин” өссө улаатыннаран кэбиһэн сылдьар.

Кыыс оҕо эр киһиттэн харысхалы, көмүскэли, оҕо көрөр кэмигэр барынан-бары хааччыйыыны эрэйэр. Күүстээх, үчүгэй көрүҥнээх уолаттары аан бастаан талаллар. Оскуолаҕа уолаттары кытта бииргэ үөрэнэр сиппит кыргыттар охсуһуннаран быһааран күүстээҕи талан ыла сатыыллара бэрээдэги тутуһууга сөп түбэспэт быһыытын да иһин, айылҕа айбыт талан ылыытын туһана сатааһын буолар.

Дьахтарга эр киһи күүстээҕэ, кыахтааҕа, дьиэтин-уотун атыт-тартан харыстыыра, көмүскүүрэ уонна үлэни кыайара, табатык, сатабыллаахтык оҥороро ордук сыаналанар. Араас элбэх күрэхтэһиилэри туһанан күүстээҕи уонна өйдөөҕү талан ылыыны сахалар былыргыттан туһаналлар. Тустууктар, сүүрүктэр уонна атах оонньууларынан дьарыктанааччылар ордук сыаналанар этилэр. Билигин мас тардыһыыта биллэрдик уларыйан, хамсаныы эбиискэ киирэн биэрбитинэн, бу күрэхтэһии киэҥник тарҕанар кыаҕа улаатта.

2. Күүстээҕи талан ылыыга өй-санаа көрдөбүллэрэ уонна үөрэхтээх буолуу эбии киирэллэрэ уустуктары үөскэтэллэрин таһынан, аһара баран халыйыыны таһаараллар. Үөрэх киэҥник тарҕаныыта аныгы олоххо туруору күүс туһата аҕыйах буоларын үөскэтэн, иккис өрүтү тутуһары эрэйэрэ мөлтөөн эрэр омуктар тустуу күрэхтэһиитин туората сатыылларыгар тириэртэ.

Аныгы сайдыылаах үйэҕэ күүһү үөрэх баһыйара эбиллэн дьон күүстэрэ мөлтөөн иһэр. “Дагдайбытын аанньа далай акаары” диэн өс хоһооно улахан киһини быһаарара онно олук буолар.

Сахаларга уһун кыһын кэмигэр элбэхтик дьиэҕэ олорорго күһэллии араас элбэх остуол оонньууларын сайыннаран тарҕаппыт. Түргэн уонна сымса хамсаныылары эрэйэр хаамыска оонньуута эдэрдэргэ ордук табыллар.

Өйдөөҕү быһаарыыга дуобат оонньуута сахаларга тарҕаммыт. Маҕан уонна хара тириилэртэн аттаран тигиллибит саахымат ойуулаах кыра көбүөргэ оонньонор дуобаты олус былыргы кэмнэргэ сахалар айбыттар уонна туһана сылдьаллар. Бу оонньууга сатыы сэрииһиттэр ньыкыы диэн ааттаналлар уонна нөҥүө кытыыга тиийдэхтэринэ аттаах буола уларыйаллар.

Сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ эр киһини талан ылыыга сайдыылаах буор куттааҕы булан ылыы туһалааҕын быһаарар. Ол иһин төрүччү үөрэҕин туһанан үлэни кыайар аймахтары ыал буолууга талан ылаллар. Буор кут диэн өй-санаа буолар уонна аҥардас күүһү баһыйарынан сайдыыны ситиһиигэ улахан оруолу ылар. Ол курдук, буор кут кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрэ аймахтар хас да көлүөнэлэр усталарыгар сайдан иһэллэрин үөскэтэрэ олоххо ордук туһалаах суолталаах.

Үөрэх элбэхтэ хос-хос хатыланан үгэһи үөскэттэҕинэ киһи оҥорор быһыытын салайар, киһи бэйэтэ санаабыт быһыытын оҥорор кыахтанар. Онтон салгыы эти-сиини үөрэттэҕинэ, уһун кэмҥэ дьарыктаатаҕына үөрүйэххэ кубулуйуон сөп. Үөрүйэххэ кубулуйбут өй-санаа буор куту үөскэтэр уонна кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн сайдыыны ситиһиини түргэтэтэр кыахтанар.

Үөрэх биир киһи үйэтигэр эрэ туһаны, барыһы аҕалар. Киһи бу үөрэҕинэн туһанан этин-сиинин дьарыктаан, эрчийэн үөрүйэххэ, онтон буор кукка уларытар уонна кэлэр көлүөнэлэригэр тириэрдэр аналлаах. Ол курдук, буор кукка тиийэ сайдыбатах, үөрүйэҕи үөскэппэтэх, эти-сиини уларыппатах үөрэх таах хаалар, үөрэхтээх киһи өллөҕүнэ үрэллэн ыһыллан хаалар.

Аныгы сайдыбыт диэн ааттаах олоххо киһи өйө-санаата сайдыытын таба сыаналаабаттан үөрэх ылар оруола биллэрдик үрдээбитэ талан ылыыга баһылыыр оруолу ыларын үөскэтэн сылдьар. Онно эбии үөрэҕи аһара арбааһын, хайҕааһын сэбиэскэй былаас кэмигэр үөскээбитэ өссө да хаала илигэ онно олук буолар.

Ырыынак кэмигэр үлэ оҥорон таһаарыыта улааттаҕына үлэһит киһи сыаната үрдээн биэрэрэ кэлэр. Арҕааҥҥы омуктар үчүгэй үлэһит хамнаһын улаатыннаран байыыны ситиһэригэр тириэрдэн баай уонна дьадаҥы диэн икки өрүттэр утарыта турууларын үһүс өрүтү үөскэтэн биэрэн кыччаталлар. Ол аата үлэһит киһи этэ-сиинэ бөҕөтө, ыараханнары кыайара, үлэни сатабыллаахтык оҥороро саҥалыы сыаналанар кэмэ кэллэ.

Онон күүстээҕи талан ылыыга икки өрүттээх көрдөбүл эрэйиллэрин билэн туһана сылдьыы табыллар.

АҺААҺЫН ИККИ ӨРҮТЭ

Айылҕаҕа туох барыта икки өттүлэриттэн тутулуктаахтык сайдаллар уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэллэр. Киһи аһылыгы аһыыра икки өрүттэнэн тахсара саха тылынан этиллэр:

1. Сиир. Айылҕаттан ылан сиэһин.

2. Аһыыр. Анаан бэлэмнэммит аһы аһааһын.

Бу икки өрүттэри арыыйда кэҥэтэн ырытыахпыт:

1. Сиэһин диэн аһааһын олус былыргы көрүҥэ буолар. Киһи былыргы дьыллар мындааларыгар тыаҕа соҕотоҕун сылдьар эрдэҕинэ туох сиэниэххэ айылааҕы булбутун барытын сонно сиэн кэбиһэриттэн үөскээбит олус былыргы тыл буолар.

Билигин даҕаны тугу айылҕаттан ылбыппытын сиэн кэбиһэрбит өссө да хаала илик. Отоннору, араас үүнээйилэри үргүү сылдьан кыралаан сии сылдьыахха сөп.

2. Дьон өйдөрө-санаалара сайдыбытын, тупсубутун бэлиэтээн ас диэн тыл туттуллар буолбут. Ол аата дьон аһыыр аһылыктарын эрдэттэн бэлэмнээн туһаналлара аһааһын диэн тылы үөскэппит. Сайдыы киирэн эти уокка үтэн буһарартан ас диэн тыл үөскээн сиир диэн тыл иккис өрүтэ буолан дьон туһанар буолбуттар.

Дьон өйө-санаата сайдан, тупсан истэҕинэ араас аһылыктары буһаран, хайаан эрдэттэн бэлэмнээн иһэллэрэ эбиллэн иһэр. Араас астары булкуйан, саҥаны айыыны оҥорон саҥа, ураты астары бэлэмнээн дьону аһаталлар. Аһы бэлэмнээһин, булкуйуу судургу соҕуһунан, оҥорорго дөбөҥүнэн дьон саҥаны айыыны элбэхтик оҥоро, араас астары бэлэмнии сатыылларын үөскэтэр.

Араас астары боруобалаан иһии киһи солумсах буоларыттан ордук улаатар. Солумсах буолуу аһара бардаҕына киһи быһыытыгар сөп түбэспэт уларыйыылар үөскээн тахсаллар. Тыл үөрэхтээхтэрэ солун диэн солумсах буолууну үөскэтэр тылы “сонун” диэн саҥа, сахаларга суох тылы булан солбуйа сатаан онно-манна суруйаллара элбээн сылдьар. Бу сахалыы өйү-санааны билбэт дьоҥҥо солун диэн солумсах буолууну үөскэтэр тылы суох оҥорон кэбиһэннэр аһара солуну билэ сатааннар бары солумсахтара улаатта.

Аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ дьон араас элбэх саҥаны айыылары оҥорон ол-бу аһылыктары амтаннарыттан талан холбуу булкуйан туһана сатыыллар. Тус-туспа көрүҥнээх аһылыктары маннык холбуу булкуйан кэбиһии киһи куртаҕа соччо үчүгэйдик буһарбатын үөскэтэрин үөрэхтээх дьон билиэхтэрэ этэ.

Сахалар киһи куртаҕа аһы буһарар кыаҕын таба сыаналаан араас элбэх аһылыктары холбуу булкуйан сиэһин туһата аҕыйаҕын арыйан олохторугар туһаналларын аһылыгы наардаан аһааһын диэн үөрэҕи туһана сылдьаллара биллэрэр.

Олус улахан тымныыны тулуйарга киһи сыалаах, арыылаах аһы аһыыра эрэйиллэр. Тымныы дойдуга олорор дьон эти, сыаны элбэҕи сиэтэхтэринэ тымныыны тулуйаллара улаатарын билэллэр. Уһун тымныылаах уонна куйаас сайыннаах дойдуга аҥардастыы биир ас көрүҥүн аһыы сылдьыы киһи этигэр-сиинигэр киртийиини үөскэтэр. Ол иһин, кэмиттэн кэмигэр киһи аһыыр аһылыгын уларытан этин-сиинин ыраастыы сылдьара эрэйиллэр.

Аһы аһааһын икки өрүттээҕин сыл устата туһаныы холобурунан эти сиэһин уратыта буолар. Кыһыҥҥы кэмҥэ элбэх эти, сыаны сиэн араас кирдэри мунньуммут киһи сайын устата эти сиэбэккэ сылдьан этин-сиинин ыраастанарын сахалар тутуһа сылдьаллар. Бу үйэлээх билиилэрэ сайыҥҥы кэмҥэ эти хара диэн түһэрэн, намтатан ааттыылларыттан уонна биирдэ эмэтэ сииллэриттэн биллэр.

Сайыҥҥы сылаас кэмҥэ балыгы уонна үрүҥ аһы элбэхтик аһыыллар. Бу кэмҥэ эти сиэбэккэ сырыттахха кыһын устата мунньуллубут кирдэри, сыалары көҕүрэтэн ыраастаныы ситиһиллэр. Ыраахтааҕы кэмин саҕана сахалар сүөһүлэрин улаатыннара сатааннар сайын эти сиэбэттэрэ уһун үйэни ситиһэллэригэр тириэрдэрин сурукка киллэрбиттэрэ дакаастабылынан буолар.

Ол былыргы кэмнэргэ сахалар аһылык уларыйан биэрэрин күн аайы туһаналларын аһааһын икки өрүтэ баара биллэрэр:

1. Дьоро киэһэ.

2. Ньыха киэһэ.

Бу икки өрүттэри арыыйда кэҥэтэн ырытыахпыт:

1. Эт, балык астары тото сиэһин киэһэтэ дьоро киэһэ диэн ааттанар уонна дьон аһылыктарын саппааһа төһө элбэҕиттэн тутулуктанан күнү көтө-көтө кэлэрэ биллэр. Бу аһылыкка эти, балыгы атын аһылыктары кытта булкуйбакка эрэ тотуохха диэри сииллэр.

Ас биир көрүҥэ куртахха үчүгэйдик буһан иҥэмтэтэ элбиирин туһаныыны аһылыгы наардаан аһааһын диэн үөрэх олоххо киллэрэн туттулла сылдьар. Биһиги кыра эрдэхпитинэ Лөкүө эбэбит элбэх куурусса сымыытын хас да хонукка мунньан баран биир аһылыкка тото сиэтэрэ уонна туһата элбиир диэн быһаарара.

2. Араас суол хааһылары, бурдук астары аһааһын киэһэтэ ньыха киэһэ диэн ааттанар. Эт, балык астар аҕыйах буоллахтарына куруук кэриэтэ ньыха киэһэлэр буолар эбиттэр.

Сахалар аһылыктарын үөрэҕинэн араас көрүҥнээх аһылыктары бэйэ-бэйэлэрин кытта булкуйбакка эрэ биир аһылыкка аһааһын туһалааҕа дакаастанар. Биир аһылыкка биир көрүҥнээх аһылыгы аһаатахха куртахха үчүгэйдик буһан элбэх эньиэргийэни биэрэрэ быһаарыллар. Ол курдук, киһи куртаҕа тус-туспа аһылыктары буһарарыгар атын-атын ферменнэри туһанар эбит. Ол иһин аһара хааһыланан, үлтү булкуллан хаалбыт аһылык ситэтэ суох буһан баран туһата суох таһаарыллара быһаарыллар. (9,27).

Эти, балыгы уонна араас хааһылары, бурдук аһылыктары кытта холбуу булкуйан биир аһылыкка сиэһин куртахха иҥэмтэлээхтик буһалларын суох оҥорорун иһин, тус-туспа сиэннэхтэринэ туһалара улаатар. Доруоһалаах килиэп бэйэтэ туспа аһылык буолар. Бурдук, хааһы аһылыктар арыылаах сиэнэллэрэ буһарыгар ордук табылларын “Арыылаах алаадьы” диэн этии биллэрэр.

Уһун үйэлээх дьон аһыыр аһылыктара боростуой уонна аҕыйах көрүҥнээх эбиттэрин билэр дьон кэпсииллэр. Киһи биир көрүҥнээх аһылыгы аһыы сылдьара иҥэмтэтин улаатыннаран ордук туһалаах буоларын туһана сылдьыахха сөп.

Онон аһааһын икки өрүттэрин туһана сылдьыы хаһан да уларыйбат уонна эбиллии өттүгэр аһара баран хаалбаттарын өйдөрө-санаалара сайдыбыт дьон тутуһа сылдьаллара эрэйиллэр.

ТАҤАРА уонна САТАНА

Дьон туох эрэ саҥаны айыыны оҥорбуттарыгар сөп түбэһэр, аналлаах аатын үөскэтэн биэрэллэр. Бу аналлаах ааттар саҥа тылы үөскэтэн олоххо киллэрэллэр. Дьон саҥаны айыыны оҥорон олоххо киллэрэн иһэллэриттэн саҥа тыллар үөскээн тахсаллара улахан тутулуктаахтарын биллэрэр.

Вертолету айан, оҥорон көтүппүт кэнниттэн вертолет диэн тылы үөскэтэн аат биэрэн иҥэрбиттэр. Ол курдук, олохтон, саҥаны айыыны оҥорууттан тутулуга суох араас була сатаан оҥоруллубут тыллар мааты үөскэтэллэр уонна хаалан, умнуллан иһэллэр.

Дьон өйө-санаата сайдан, тупсан иһиитэ үчүгэйи уонна куһаҕаны бэлиэтиир тыллар уларыйалларын, саҥа үөскүүр тылларынан солбуллан иһэллэригэр тириэрдэр. Ону тэҥэ, өй-санаа саҥа тыллары үөскэтэн иһэрин таһынан эргэ, туттуллубат былыргы тыллары саҥа өйдөбүллээн туһаныыга эмиэ киирэллэр. Туох саҥа, ураты барыта аналлаах ааттаах буоллахтарына табыллар.

Сахалар киһи таҥараларын үөрэҕин хууннар саҥа эрэ саҕаланыытыгар Европаҕа тириэрдэн тарҕаппыттар уонна өй-санаа үөрэҕэр бэйэлэрин “Туох барыта икки өрүттээх” диэн билиилэрин олоххо киллэрбиттэрэ саҥа тыллары, өйдөбүллэри үөскэппиттэр:

1. Христос таҥараны үчүгэй диэн ааттаабыттар уонна киһи бары үчүгэйин барытын анаабыттар. Үчүгэй киһи мөссүөнүн уруһуйдаан, үчүгэй киһи курдук көрдөрбүттэр. Киһи үчүгэйи оҥорор баҕа санаата элбэҕин арыйан өй-санаа үөрэҕэр киллэрбиттэр уонна үчүгэй киһи таҥараны үтүктэн, батыһан дьон үчүгэйи оҥороллорун элбэппиттэр. Бу таҥара үөрэҕэр еврейдэр Иисус диэн ааттаах биллэр киһилэрин олоҕун холобурун туһаммыттара ордук табыллыбыт.

Христос таҥара үчүгэй диэн ааттаммытын кэннэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһан өйгө-санааҕа куһаҕаны оҥо-рооччу аатын булуу соруга тирээн кэлбит.

2. Сатана диэн үчүгэй өйдөбүлэ суох тылы булан бары куһаҕаннары холбуу ааттааһыны олоххо киллэрбиттэр. Сахалар киһи оҥорор быһыыта табыллыбатаҕына, куһаҕан буоллаҕына туһанар сатана диэн тылларын ылан куһаҕан киһини бэлиэтииргэ анаан туһаммыттар. Бу тыл сахалыы өйдөбүлүн билбэттэриттэн бары куһаҕаны барыларын холбуу сыбаабыттар уонна дьявол, шайтан, иблис диэн эбиискэ ааттары биэрэн иҥэрбиттэр.

Дьявол диэн сахалыы дьаабы диэн тыл буолар уонна куһаҕаны туспа арааран бэлиэтииргэ олус былыргыттан тутуллар. Дьа диэн өй-санаа буоллаҕына, аба диэн абааһы ааттанар. Үлэни оҥоруу уратыларын үөрэтии сатана диэн саха тыла буоларын арыйарын тэҥэ, куһаҕан суолтата биллэр кыратын быһаарар кыаҕы биэрэр. Ол курдук, үлэ табыллыбыт эбэтэр сатаммыт диэн ааттанар буолуута хайдах оҥорулларыттан уонна онтон туох туһа, барыс оҥоруллан тахсарыттан быһаччы тутулуктанарын, бу сатана диэн тыл биллэрэр.

Сатана диэн саха тыла. Бу тыл үөскээбит төрүтэ туох эмэ үлэ табыллыбата, сатаммата үөскээн тахсарын бэлиэтиирэ буолар. “Сатана баара” диэн этии үлэ чахчы табыллыбатаҕын, барыһы биэрбэтин бэлиэтиир суолталаах.

Сахалар киһи бэйэтэ үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрин чуолкайдык билэллэриттэн өй-санаа таҥара үөрэҕин тарҕатааччы үчүгэйи оҥорбутун атыттарга биллэрээри үрүҥ диэн бэлиэтээн ааттыыллар. Өлбүт киһи хара, куһаҕан быһыылары оҥорбутун тута хааллараллар, ахтыы кэмигэр умнан кэбиһэллэр. Ол аата киһи үчүгэйи эрэ оҥорбутун ахтаннар үчүгэй элбээн иһэрин үөскэтэллэр.

Бастакы киһи таҥара аата Үрүҥ Аар тойон диэн ааттанар. Ол аата бу биллэр киһи үйэтин тухары оҥорбут араас элбэх быһыыларыттан үчүгэйин, аныгы олоххо туһалааҕын талан ылан туһаныыны бэлиэтээн үрүҥ диэн тылы туһаныллар. Онтон хара, куһаҕан айыылары оҥорбутун умналлар, хааллараллар. Ол иһин олоххо үчүгэй, үрүҥ быһыылар элбииллэрэ үөскээн итэҕэйээччилэргэ тарҕанар.

Үлэни оҥоруу табылыннаҕына эрэ туох эмэ туһалааҕы оҥорууга тириэрдэр, ол аата туох эмэ туһалаах оҥоруллан тахсарын дьон үрүҥ диэн бэлиэтээн ааттыыллар уонна салгыы олохторугар, кэлэр көлүөнэлэрин үөрэтиигэ туһаналлар. Үлэ табыллыбытын кэнниттэн атыттар ылан туһанар буоллахтарына сатаммыт диэн ааҕыллар.

Үлэ туһалаах буолан баран өссө сатаннаҕына үлэни оҥорбут киһиэхэ биллэр барыһы киллэрэн туһата улаатыан сөп. Онтон үлэ туһалаах буолан баран барыһы биэрбэтэҕинэ “Сатана баҕайы” буолан итэҕэстэнэн хаалар эбит.

Оҥоруллубут үлэ туһалаах буолан баран барыһы биэриитэ кыаллыбакка хааллаҕына сатаммата диэн этиллэр. Үлэ сатаммакка хаалыытыгар элбэх биричиинэлэр тириэрдэллэр:

1. Атыттар интэриэстэрин тардара кыаллыбатыттан сатаммыта биллибэккэ хаалыыта.

2. Үлэ оҥорууга уустуга уонна эрэйдээҕэ бэрдиттэн оҥоруллар ороскуотун саппата буолар.

3. Барыһы кыайан биэрбэтэ эбэтэр олус кырата ааҕыллар.

Сахалар үлэһит сатабыллаах буоларын сөбүлүүллэр, үлэ табыллан баран өссө сатанарын ирдииллэр, ол аата оҥоруллубут үлэ ханнык эрэ барыһы оҥорооччуга биэрэр буолара табыллар. Сатабыллаах буор куттаах киһи диэн оҥорбут үлэтэ табыллан, сатанан барыһы биэрэр буоллаҕына этэллэр.

“Сатабыллаах саһыл саҕалаах” диэн өс хоһооно үлэни сатабыл-лаахтык оҥорор киһи ол үлэтиттэн биллэр барыһы ылан туһаны таһаарынарын биллэрэр.

“Сата таас” диэн таҥараҕа тэҥнэнэр таас баар буола сылдьыбыта киһи үлэни сатабыллаахтык оҥорор буолууга олус өр кэмнэргэ, таҥара үөскүөр диэри уһун кэмҥэ үлэлээн, эрэйдэнэн үөрэммитин, этин-сиинин элбэхтик хамсатан, эрчийэн үөрүйэх оҥорон буор кутун үөскэтиммитин уонна сайыннарбытын быһаарар.

“Сатаабат сата баһын тардар” диэн өс хоһооно сатаабат киһи сыыһа-халты туттунарыттан, үлэни табан оҥорботуттан улахан куһаҕаны оҥорон кэбиһэрин биллэрэр.

Ситэ оҥоруллубакка, бииргэ холбоммокко сылдьар бытархайдар сатаҕайы үөскэтэллэр. Бүппэтэх, ыһыллаҕас үлэ сатаҕай диэн ааттанар. (10,391).

Сатаан диэн тыл атыыга-эргиэҥҥэ ордук табыллан сөп түбэһэр. Ол курдук, табаары булан, сатаан атыылааһын байыыны үөскэтиэн сөп. Үлэ син табыллан, сөп түбэһэр буолан баран оҥоруллубут мал атыыга кыайан барбакка хаалыыта сатаммата диэн этиллэр.

Арҕааҥҥы омуктар саха тылын сүрүн өйдөбүлүн билбэттэриттэн сатана диэн тылы олус куһаҕан курдук санааҕа киирэн сылдьаллар. Сахалар туох эмэ табыллыбатаҕына, сатамматаҕына “Сатана баара” диэн этиини улаханнык эстибэккэ-быстыбакка эрэ туһаналлар.

Өй-санаа икки аҥы арахсыыта хаһан баҕарар үөскээн тахсан иһэр. Тугу эмэ “үчүгэй” диэн быһаардахха, ханнык эрэ куһаҕан баар буолара табыллар. Христос таҥараны үчүгэй диэн быһаарыы утары өттүгэр ханнык эрэ куһаҕаны булууга тириэрдэр. Арҕааҥҥы таҥара үөрэхтээхтэрэ саха тылын билбэттэриттэн сатана диэн тылы ылан куһаҕаны бэлиэтииргэ сыыһа тутта сылдьаллар.

Онон сахаларга сатана диэн тыл туох да куһаҕан өйдөбүлэ суох, барыһы эрэ биэрбэтэ диэн хом санааны биллэрэр суолталаах.

ИККИ ТЫЛЫ БАҺЫЛААҺЫН

Дьоҥҥо сайдыыны ситиһии саҥарар тылы үөрэтииттэн киирэн, эбиллэн иһэр. Төрөөбүт тылтан ураты, атын омук тылын билии, ол омук олоҕун үөрэҕин, билиитин эбиискэ баһылааһын буолар.

Икки тылы баһылааһын диэн киһи икки омук тылын билэн холбуу туһанара ааттанар. Ол аата икки омук олоҕун үөрэҕин, билиитин холбоон туһанара өйө-санаата сайдыыта икки төгүл эбиллэрин үөскэтэн сайдыыны, тупсууну ситиһэрэ улаатар, түргэтиир.

Тус-туспа тыллаах омуктар биир сиргэ мунньустан бииргэ олорууларын импиэрийэ үөскэтэн таһааран иһэр. Олус былыргы кэмнэртэн күүстээх, элбэх ахсааннаах омук сайдыыта суохтары, мөлтөхтөрү, аҕыйахтары сэриилээн ылан баһылыыра уонна бэйэтэ саҥарар тылын, итэҕэлин соҥнуура биллэр.

Хас да үйэлэргэ омуктар маннык олордохторуна баһылыыр омук тылын бары үөрэтэн билэннэр сайдыыны ситиһиилэрэ, билиилэрэ тэҥнэһэн хаалар. Бу тэҥнэһии үөскүүрүгэр аҕыйах ахсааннаахтар бэйэлэрин төрөөбүт тылларын тэҥэ, баһылыыр омук тылын үөрэтэллэрэ өйдөрүн-санааларын күүскэ сайыннаран билиилэрин кэҥэтэрэ биллэр оруолу ылар. Бу кэмҥэ баһылыыр омук дьоно бэйэлэрин улаханнык, улуутук сананаллара төттөрү тардарыттан төрөөбүт эрэ тылларын үөрэтэ сылдьыылара өйдөрө-санаалара салгыы сайдарын, саҥа тылларынан байарын тохтотон кэбиһэр.

Тыл диэн билиини, үгэстэри иҥэринии буолар. Ол аата умнуллубат турукка киирбит билии хос-хос хатыланан оҥоруллар кыаҕа улаатар. Олус элбэхтик туттулуннаҕына үгэскэ кубулуйан киһини хамсатар кыахтанар. Тур, бар, тут диэн үгэс буолбут тыллар киһини салайыыны үөскэтэннэр тугу эмэ оҥорууга тириэрдэллэр.

Киһи мэйиитигэр төһө элбэх өй-санаа киирэн мунньуллар даҕаны толкуйдуур, ырытар, быһаарар дьоҕура эбиллэн биэрэр уратылаах. Ол иһин икки омук тылын билии, өйдөрүн-санааларын баһылааһын киһи бэйэтин өйө-санаата сайдарын, билиитэ эбиллэрин үөскэтэр.

Тылы киһи хаһан үөрэппититтэн тутулуктанан дьайыыта тиийэн оҥорор быһыытын уларытара икки өрүккэ арахсар:

1. Омук төрөөбүт тыла.

2. Сайдыыны, тупсууну аҕалар атын омук тыла.

Тыл бу икки өрүттэрин арыыйда кэҥэтэн ырытыахпыт:

1. Дьон бары саҥарар тылларынан уратыланан тус-туспа омуктарга арахсаллар. Оҕо төрөппүттэрин тылларынан кыра эрдэҕиттэн саҥара үөрэнэрэ, кыра эрдэҕинэ үгэс оҥосторо төрөөбүт тылын үөскэтэр.

Саҥа омук үөскээн тахсан бэйэтин билинэригэр төрөөбүт тылын саҥалыы үөскэтинэр. Бу саҥара үөрэнэр тылын үгүс өттүн үөскээбит кырдьаҕас омуктарыттан ылан кыратык уларытар уонна бэйэтэ саҥа үөскэппит тылларыттан хомуйан туһанар.

Хайа эрэ төрүт омугуттан элбэх тыллары ылан туһаннаҕына ол омугу салҕаан иһээччи буолан тахсыан сөп. Ол курдук, саха төрүт тылларын туһана сылдьааччы саҥа омуктар элбэхтэр. Сахалыы ахсаан ааҕыытын түүр омуктара бары туһана сылдьаллар.

Оҕо өйө-санаата тылы билэриттэн сайдан иһэр. Саҥарар тылыттан өйө-санаата үөскээн олохсуйар. Тыл диэн бэлэм билии буолар. Ол курдук, бу тылы истэн баран суолтатын, иҥэн сылдьар өйдөбүлүн толордоххо, ханнык эрэ быһыыны оҥоруу үөскээн тахсара тыл дьайыытын биллэрэр.

Оҕо бастакы туһалаах хамсаныыны оҥоруута тугу эрэ, оонньууру тутан ылара буолар. Тут диэн ийэтэ этэрин истэн илиитин хамсатарга, оонньууру тутан ыларга үөрэнэр уонна сахалыы билэрэ саҕаланар.

Омук өйө-санаата, билиитэ барыта саҥарар тылыгар киирэн иҥэр. Уһун үйэлээх омук тылыгар олус былыргы кэмнээҕи билиилэр иҥэн сылдьаллар. Олоо диэн тыл эрдэттэн көрөн бэлэмнэн диэн эмиэ өйдөбүллээх. Олоҥхо диэн саха тыла хаһан үөскээбитэ биллибэт былыргы кэм. Бу олоҥхо кэмигэр оҥоруллар быһыылар билигин, аныгы үйэҕэ, сөп түбэспэттэрэ элбэх. Ол курдук, оччотооҕу кэмҥэ дьон бэйэ-бэйэлэрин сиэһэллэрэ олоҥхолорго кэпсэнэ сылдьар. Ол иһин олоҥхоттон тугу эмэ билэн туһанарга үрүҥ айыытын, ол аата аныгы олоххо сөп түбэһэрин, туһалааҕын эрэ талан ылан туһаныы ирдэнэр көрдөбүл буолар.

2. Дьон оҥорор саҥаны айыылара саҥа тыллары үөскэтэн иһэллэр. Атом диэн тыл кэнниттэн атомнай буомба диэн баар буолбута.

Олус былыргы кэмнэргэ мөлтөөбүт, аҕыйах ахсааннаах омуктары күүстээхтэр, сайдыылаахтар сэриилээн ылан баһылаан салайаллара. Бу кэмҥэ хаалыылаах омук сайдыылаах омугу кытта кыттыһан сайдыыны ситиһэрэ төһө эрэ кэминэн өйдөрө-санаалара тэҥнэһиитин үөскэтэн импиэрийэлэр эстэн хаалаллара.

Сайдыылаах омук тылыгар сайдыыны ситиспит туһалаах тыллара иҥэн, мунньуллан сылдьаллар. Бу тылы эбии үөрэтэн баһылааһын уонна туһаныы өйү-санааны сайдыыны ситиһиигэ кыттыһыннаран аҕыйах ахсааннаахтарга улахан туһаны оҥорор. Ол аата сайдыыны түргэнник ситиһиигэ тылы үөрэтэн кыттыһыы үөскээн тахсар.

Икки тылы үөрэтэн билииттэн төһө эрэ кэминэн аҕыйах ахсааннаахтар билиилэрэ баһылыыр омук дьонун кытта тэҥнэһэн хааллаҕына, аны салгыы ким баһылыырын быһаарсыы үөскээн кэлиэн сөп. Бу быһаарсыы сайдыыны ситиһиигэ тириэрдэринэн биир омук тылын, төрөөбүт тылларын эрэ билэр баһылыыр омук дьоно хаалан хаалыахтарын, өй-санаа сайдыытыгар кыаттарыахтарын сөп.

Урукку кэмҥэ баһылыы сылдьыбыт омук дьоно иккис омук тылын үөрэтэн биллэхтэринэ, бу икки омуктар сайдыылара тэҥнэһэн, бииргэ олоруулара уһуон сөп.

“Тоҕус үйэнэн омук саҥарар тыла уларыйар” диэн этии омук сайдыыны ситиһэн иһэрин бэлиэтиир суолталаах. Омук тыла уларыйан иһиитигэр дьон “үчүгэйи” эккирэтэ, үтүктэ сатыыллара аһара барыыта аҕалар. Ол курдук, “үчүгэйдэрин” биллэрээри араастаан минньитэн, ньаамырҕаан саҥарыыттан омук төрүт тылын уларытан иһиитэ саҕаланар. Ийэ диэн төрүт саха тылын тыл үөрэхтээхтэрэ ньаамырҕаан саҥаран “иньэ” диэн тылга уларыта сатыыллара ити быһаарыы дакаастабыла буолар уонна салҕанан бардаҕына сахалары симэлийиигэ тириэрдиэн сөп.

Туспа омук буолууга тыл дьайыыта бастакы оруолу ылар. Уһуннук бииргэ олорбут омуктар икки тылы баһылаан туһана сылдьыбыттара хайалара эрэ баһыйар, аһара барар санаата улаатарыттан табыллыбат кэмэ тиийэн кэлэр. Ол аата икки өрүттэр арахсар, хайалара баһылыырын быһаарсар кэмнэрэ кэлбитэ бэлиэтэнэр.

Омуктар арахсыылара саҥарар тыллара тус-туспаларыттан улахан тутулуктаах. Манна улахан оруолу биир омук сайдан, күүһүрэн иһэрэ уонна атына мөлтөөн барыыта сөбүлэспэт буолууну улаатыннаран арахсыыны үөскэтэр кыахтанар.

Аҕыйах ахсааннаах омук дьоно сайдыыны аҕалар атын омук тылын тылбаастаан, саҥа тылы үөскэтэн туһаныылара түргэнник киирэр сайдыыттан хаалан хаалыыга тириэрдэр. Ол курдук, саҥа тыл үөскээн дьон өйдөрүгэр-санааларыгар тиийэн билиигэ, онтон үгэскэ кубулуйара уһун кэми ыларынан өй-санаа атыттартан, сайдыыны аҕалар тылы бэйэтинэн, кыратык уларытан туһанааччыттан хаалыытыгар тириэрдэн кэбиһэрин саҥа тыллары оҥоро сатааччы тыл үөрэхтээхтэрэ билиэхтэрэ этэ.

Сайдыыны аҕалар омук тылын бэйэтинэн эбэтэр бүтүүтүн кыратык уларытан туһаныы саҥаны билии дьоҥҥо түргэнник киирэрин үөскэтэр. (11,46).

Онон сайдыыны ситиһии икки омук тылын баһылааһынтан кэлэн саҕаланан барар уонна тэҥнэһиини тутуһан, аһара барбатаҕына омук уларыйан хааларыгар тириэрдибэт.

ИККИ ӨРҮТТЭР СОЛБУЙСУУЛАРА

Айылҕаҕа тохтоон хаалыы диэн суох, куруук үөскээн иһэр икки өрүттэрэ кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан биэрэннэр хамсааһыны үөскэтэн иһэллэр. Ол курдук, күнүс кэнниттэн түүн тиийэн кэлэр, сайын бүттэҕинэ кыһын кэлэрин туох да тохтоппот. Айылҕа кэмнэрэ уларыйыыларын сахалар үөрэтэн “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһооно оҥорон туһана сылдьалларын тэҥэ, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн аналлаах үөрэҕи олохтообуттар.

Олоххо аҥардастыы биир өрүтү тутуһан аһара уһуннук олоруу кыаллыбат, сайдыы тохтоон атын өрүттэн хаалыы үөскүүрэ тиийэн кэлэр. Ол курдук, айылҕаҕа туох барыта кэмин-кэрдиитин тутуһан сайдар. Кэмэ кэллэҕинэ биир өрүт атынынан солбуйсан биэрэрэ кэлэн сайдыыны, уларыйыыны аҕалан иһэр.

Дьон бары бэйэлэригэр үчүгэйи оҥосто сатыылларыттан үчүгэй аһара эбиллэн иһэрэ тиийэн кэлэр. Бу кэмҥэ “үчүгэй” диэн ааттаммыт кэмэ кэллэҕинэ куһаҕаҥҥа уларыйан хаалара олохсуйбут курдук өй-санаа тосту уларыйарыгар тириэрдэр. Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥы буолуу “үчүгэй” диэн ааттанара, бары улахан салайааччылар дьадаҥы төрүттэринэн өҥнөллөрө, арбаналлара. Дьон бары ыал буолан киэҥник тарҕананнар дьадаҥылар сүрэҕэ суох, үлэни абааһы көрөр өйдөрүнэн-санааларынан, буор куттарынан сутуллубуттара.

1991 сыллаахха Россияҕа ырыынак олоҕо киириитэ өйгө-санааҕа тосту уларыйыыны, халыйан сылдьыбытын көннөрөн биэриини киллэрэн, аны дьадаҥылар куһаҕаҥҥа кубулуйбуттара, онтон баайдар үчүгэйдэрэ биллибитэ. Байыыны ситиһии дьон баҕа санааларыгар сөп түбэһэринэн үлэ сайдыыта саҕаламмыта.

Үлэни оҥоруу киһи оҥорор быһыытын туһунан дириҥник билэрин үөскэтэр. Ол курдук, үлэни оҥорууга биир сыыһа туттунуу оҥоро сатыыр үлэни куһаҕаҥҥа кубулутан кэбиһэрэ киһи оҥорор быһыытыгар улахан сэрэхтээхтик туттунарыгар, бу быһыыттан туох содул үөскээн тахсыан сөбүн эрдэттэн быһаарарыгар тириэрдэр.

Ханнык эрэ саҥаны айыыны оҥорон олоххо киллэрдэххэ эрэ үлэҕэ сайдыыны ситиһии кыалларын иһин, дьон бары айыыны оҥоро сатыыллара элбээн хаалара өйгө-санааҕа халыйыыны үөскэтэрин биллэххэ табыллар. Ол курдук, аһара элбэх арыгыны иһэн кэбиһии саҥаны айыыны оҥоруу буоларыттан үгүстүк иһэ сылдьыы арыгыһыт буолууга тириэрдэн кэбиһэрин бары билэллэр.

Саҥаны айыыны оҥоруу икки өрүттэнэн тахсар:

1. Олоххо туһалааҕы, үрүҥ айыыны оҥоруу.

2. Туһата суоҕу, буортулааҕы, куһаҕан айыыны оҥоруу.

Биир эмэ талааннаах киһи саҥаны айыыны оҥоруута табыллан, сатанан, туһалааҕы оҥорууга тириэрдэр. Сахалар ону билэн айыыны оҥорууга “Кэс тыл” диэн этиини туһаналлар. Ол аата, олоххо улахан уопуттаах кырдьаҕас киһи айыыны маннык оҥоруохха сөп диэн этэн, ыйан биэриитин тутуһан оҥоруллар саҥаны айыы табыллан, туһаны оҥорор кыахтанарын бу этии биллэрэр.

Киһи бэйэтэ тиэтэйэн, ыксаан оҥоро охсубут айыыта табыллы-бакка хаалан куһаҕаны элбэтэрин үлэһит дьон билэн “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этиилэри туһаналлар. Ол курдук, үлэлии сылдьан араас уларытыылары, саҥаны айыылары киллэрэ сатааһын үгүстүк табыллыбакка хаалан куһаҕаны элбэтэллэрэ биллэллэр.

“Айыы этиитэ” диэн сахалыы үөрэх киһи бэйэтэ оҥорбут айыытын, сыыһатын-халтытын, куһаҕанын билиниитэ ааттанар. Сахалар “Киһини санаата салайар” диэн этиини тутуһан санаа бастаан иһэрин билинэллэр. Ол аата, киһи аан маҥнай куһаҕан, сыыһа санаатын көннөрөрө, тупсарара эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

“Бу куһаҕан” диэн билинии, “Айыы этиитэ” киһи куһаҕаны оҥорбутун билинэрин, санаатын уларытарын үөскэтэр. Киһи хаһан даҕаны бэйэтигэр куһаҕаны оҥорбото сыыһаны оҥорбутун көннөрө-рүн уустугурдан киһи бэйэтэ уонна атыттар диэн икки өрүтү үөскэтэн таһаарар. Ону тэҥэ, киһи тугу оҥорбутун “үчүгэй” диэн ааттаан кэбиһэрэ элбэҕиттэн сыыһаны оҥорбутун билинэрэ уустугурар.

Аан маҥнай сымыйа, албын санааҕа киирэн хааллаҕына, киһи ол санаатын көннөрөрө, тупсарара ыараан тахсар. Бу үөскүүр ыараханы тулуйан санаатын уларытарын туһугар “Айыы этиитэ” диэн үөрэҕи туһанара эрэйиллэр. Ол аата, бу быһыы куһаҕан эбит диэн билинии киһи оҥорор быһыытын тупсарарыгар тириэрдэр күүс буолар.

Киһи олоҕун устата бэйэтигэр үчүгэйи, туһалааҕы оҥоро сатыыр санаата бастаан иһэр. Олоххо үчүгэй диэн быһаарыы уларыйыыта атын, утары өрүт сайдан тахсарын үөскэтэр. Ол иһин киһи үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэтэ арааран билэрэ икки өрүт уларыйыытын, солбуйсуутун үөскэтэригэр кыах биэрэр.

Киһиэхэ үчүгэйэ хантан кэлэрин билэрэ туһалаах:

- Төрөөбүт тылынан саҥарара, үгэстэри тутуһара.

- Сөптөөх, санаатын көтөҕөр үлэни үлэлиирэ.

- Үлэни оҥорбутугар хамнас ылара.

- Аһа-таҥаһа, дьиэтэ-уота бэйэтигэр сөп түбэһэрэ.

- Оҕолорун иитэр, үөрэтэр кыахтааҕа.

Бу сүрүн үчүгэйдэр баар буоллахтарына киһи олоҕо табыллар, ыал сайдыыны ситиһэр кыахтанар. Атын хос санаата суох үлэни-хамнаһы сайыннарар туһугар кыһанара улаатар.

Дойдута киһиттэн бу үчүгэйдэрин былдьаатаҕына киһи баҕа санаата тосту уларыйан олоҕо табыллыбат кэмэ кэлэр:

- Төрөөбүт тылы туттууну хааччахтааһын.

- Эр дьону ханна эрэ буолар сэриигэ күүстэринэн эбэтэр тугунан эмэ албыннаан илдьэ барыылара.

Киһи оҥорор быһыылара аҥар өттүн диэки; үчүгэй эбэтэр куһаҕан өттүгэр аһара халыйан барыылара, бу икки өрүттэр солбуйсан биэрии-лэрин үөскэтэн таһаарар.

Икки өрүттэр солбуйсан биэриилэрэ кэлэн эрэрин икки өрүттээх тыллар бааллара биллэрэр. Ынырык диэн үгүстүк аһара куһаҕаны бэлиэтиир тылы сороҕор ынырык үчүгэй диэн этэн, бу үчүгэйбит аһара барбытын биллэрэн этэбит. Ол аата, бу үчүгэйбит аһара баран солбуйсан биэрэрэ, куһаҕаҥҥа кубулуйара кэлэн эрэрин тылбыт урутаан өйбүтүгэр-санаабытыгар киирэн биллэрэр эбит.

Айыы диэн икки өрүттээх; үчүгэй уонна куһаҕан өйдөбүллээх киһи оҥорор быһыытын биллэрэр тыл буолар. Бу айыы диэн тыл киһи оҥорор быһыыта үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсарын биллэрэрэ ордук улахан сэрэтэр суолталаах. Ол курдук, үчүгэй буолуо диэн быстах санааттан оҥорулла охсубут саҥаны айыы табыллыбакка, сатаммакка хаалан куһаҕан буолан тахсара элбиирин биллэрэрэ ордук улахан сэрэтэр аналлаах.

Сахалар “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһоонноро киһи өйүн-санаатын дириҥник билииттэн үөскээбит. Ол курдук, үчүгэй аһара баран үчүгэйтэн үчүгэй буолууну таһынан баран кэрэ буолан хааллаҕына солбуйсан биэрии кэлэн эрэрэ быһаарыллар.

Онон киһи өйө-санаата сайдарынан икки өрүт солбуйсан биэрии-лэрэ кэлэн эрэрин билэн эрдэттэн бэлэмнэнэ сылдьара, “Туох барыта үһүстээх” диэн этиини тутуһара эрэйиллэр.

ИККИ ӨРҮТТЭР УТАРЫТА ТУРУУЛАРА

Айылҕаҕа туохха барытыгар икки өрүт үөскээн тахсан иһэр. Бу икки өрүттэр дьоҥҥо дьайыылара эмиэ икки өрүттэнэр уонна хайалара эрэ аһара баран хаалбаттарын туһугар өйдөрө-санаалара сайдыбыт дьон кыһаннахтарына, тэҥнэһиини олохтуу сырыттах-тарына эрэ табыллар.

Дьон икки ардыларыгар үөскээн тахсар икки өрүттэр сөбүлэспэт, биир тылга киирбэт буолуулара аһара барыыта сахалар өй-санаа үөрэхтэригэр “Үрүҥү хара диир” диэн өс хоһоонунан бэриллэр. Ол аата биир өрүт тугу этэрин атын өрүтэ букатын истибэт, толорбот буолуута уонна атыны, утарыны булан этиитэ ааттанар.

Дьон өйө-санаата утарыта туруулара үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран олоххо хайдах туһаналларыттан үөскээн, улаатан тахсар өйдөбүл буолар. Бу икки аҥы арахсыы улаатан эрэрин эрдэттэн билэн сөбүлэһиини, эйэлэһиини олохтооһун эрэйиллэр. Ол иһин биир өрүт эппитин атын өрүтэ тосту утаран, төттөрүтүн этэрин тохтотуу, көрдөбүлү аҕыйатан биэрии табылыннаҕына эрэ утарыта турууну кыччатар кыах баар буолуон сөп.

Икки өрүттэр утарыта турууларын, тус-туспа көрдөбүллэнэн хаалыыларын сорох, уһуннук олоруохтарын баҕара саныыр салайааччылар таба салайан, өссө улаатыннаран кэбиһиэхтэрин, бэйэлэрин тустарыгар туһаныахтарын сөп. Салайар былааһы бука бары быыбардаан талан ылар кэмнэригэр, бу утарыта турууну күүркэтэн биэрии уһуннук олоро сатыыр салайааччыга улаханнык туһалыыр кыахтанар.

Кырдьан, мөлтөөн иһэр омук дьонун күүһүрдэр санааттан дьоҥҥо үөскээн кэлэр “Улуутумсуйуу” өйүн-санаатын туһанан бары бүттүүн быыбарга кыайыыны А.Гитлер ааспыт, 20-с үйэҕэ таба туһанан салайар былааһы ылбыта уонна атыттары туоратыыга туһаммыта.

Немецтэргэ “Улуутумсуйуу” санаатын аһара ыытыы былааһы ылбыттарын кэнниттэн өссө улаатан, барыларын кэриэтэ хабан бүтүн Аан дойдуну баһылыы сатааһыҥҥа кубулуйан улахан сэриигэ, алдьатыыны оҥорууга тириэрдибитэ.

21-с үйэҕэ быста мөлтөөбүт, ахсааннара аҕыйаан иһэр Россия дьонун санааларын күүһүрдэ сатааһыны уһуннук олоро сатыыр салайааччылар туһана сатыыллара ааспыт үйэтээҕи куһаҕан быһыы хатыланарын үөскэтиэн сөп.

Мөлтөөһүн кэмигэр киирэн сылдьар омук улуутумсуйар санаатын сэриигэ кыаттарыы эрэ оннугар түһэрэрин остуоруйа үөрэҕэ дакаастыыр. Ол курдук, 18-с үйэҕэ шведтэр, 19-с үйэҕэ французтар, 20-с үйэҕэ немецтэр улуутумсуйар санаалара аһара баран Аан дойдуну баһылыы сатаабыттарын улахан сэриилэргэ кыаттарыылара эрэ атыттары кытта эйэлээх буолууларын үөскэппитэ.

Манна кыаттарыы дьайыыта салайар былааһы уларытара, тупсарара эрэ туһалыыр. Ол курдук, кыаттарыыттан сылтаан салайар былаас уларыйбатаҕына араас националистар өссө түмсэннэр, саҥа сэриини саҕалыыр кыахтанан хаалыахтарын сөп. 20-с үйэҕэ ньиэмэстэр 1918 сыллаахха сэриигэ кыаттаран баран саҥалыы күүһүрэн 1933 сыллаахха салайар былааһы ылан улахан сэриини өссө саҕалаабыттара.

Кыра да кыайыылартан улуутумсуйуу санаата аһара барара үөскээн тахсыан сөп. Сахалар “Кыайыыттан төбө эргийэр” диэн өс хоһоонноро улахан салайааччыга кыайыыны ситиһии аһара барар өйүн-санаатын улаатыннаран кэбиһэрэ сэриини саҕалыырыгар тириэрдиэн сөбүн быһаарар.

Киһи саамай кэбирэх сирэ өйө-санаата буолар. Өй тиийбэтэ эбэтэр аһара барара улахан кутталлары үөскэтэрин таһынан көтөн хаалла-ҕына киһини букатын сүөһү таһымыгар түһэриэн сөп.

Өй көтүүгэ тиийэрэ элбэх тутулуктардаах:

1. Араас доргуйуулартан өй көтүөн сөп.

2. Аһара ыгыллыыттан, улаханнык соһуйууттан, киһиргээһинтэн өй эмиэ көтөрө биллэр.

3. Арыгыны аһара иһииттэн, араас эмтэри, наркотиктары туһа-ныыттан өй көтөн хаалар.

Политика диэн икки өрүттэр сыһыаннарын эйэлээхтик быһаара сатааһын ааттанар. Утарыта туруу аһара баран “Үрүҥү хара диир” диэн өс хоһоонугар сөп түбэстэҕинэ эйэлээхтик быһаарыллыбат кыахтанан хаалыыта сэриигэ тириэрдэр кыахтанарын политиктар, дипломаттар тохтотуохтарын сөп.

Уһуннук олорбут сир дьоҥҥо төрөөбүт дойдуга кубулуйара онно олорор омуктарга бу сирдэрин харыстыыр, көмүскүүр санааларын аһара улаатыннарар. Ол иһин, бииргэ олорор дьоҥҥо төрөөбүт сир үллэһиллибэт буолуутун үөскэтии эйэни үөскэтэр кыахтанар.

Дьон өйдөрө-санаалара сайдыбытынан икки өрүттэри дириҥник үөрэтэн билэн, туохтан сылтанан утарыта туруу үөскээбитин таба быһааран, ону туоратар кыахтаныахтарын сөп.

Онон дьон икки ардыларыгар үөскээн тахсар икки өрүттэр аһара баран “Үрүҥү хара диир” диэн этиигэ тиийэн хааллахтарына утарыта туруу билигин даҕаны сэриигэ тиийэн хаалыан сөп.

АҺАРА БАРЫМА

Айылҕаҕа икки өрүттэр үөскээн тахсан иһэллэрин сахалар былыр үйэҕэ быһааран, үөрэтэн, бу өрүттэр икки ардыларыгар, ортолоругар сөп түбэһии, сөбүлэһии, үһүс өрүтэ үөскүүрүн быһааран “Туох даҕаны ортотунан тоҕоостоох” диэн өс хоһооно оҥорон туһаналлар. (12,203). Бу этии салгыы сайдыыта “Туох барыта үһүстээх” диэн этиини үөскэппитэ киэҥник тарҕаммыт.

Дьон өйдөрө-санаалара сайдан, тупсан иһэриттэн олоххо үөскээн тахсан иһэр икки өрүттэр бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктанан, хайалара да аһара барбакка, тэҥнэһиини тутуһан сайдалларын ситиһэ сырыттахтарына эрэ олохторо табылларын билэллэр.

Киһи өйө-санаата сайдыытын быһаарар үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэр сахаларга олус былыргы кэмнэргэ үөскээбиттэр. Былыргы үһүйээннэргэ ахтыллар Үчүгэй Үөдүйээн уонна Куһаҕан Хоочугур ааттара үөскээбитэ ону дакаастыыр.

Дьон бары бэйэлэригэр үчүгэйи баҕара саныылларыттан уонна элбэхтик үчүгэй диэбиттэрин оҥороллоруттан үчүгэй эбиллэн иһэриттэн уонна салгыы баран үчүгэйтэн үчүгэй диэн быһаарыы кэнниттэн кэрэ буолуу диэн тиийэн кэлэрэ куһаҕаны кытта солбуйсан биэрии чугаһаабытын биллэрэр.

Дьон үчүгэйгэ баҕарар санаалара муҥура суох салҕанан баран иһэрэ аһара бардаҕына кэрэ диэҥҥэ тиийэн хаалыыта үөскээн тахсан икки өрүт солбуйсан биэриилэрин үөскэтэрэ тохтотон, тэҥнэһиини олохтоон иһэр. Ол аата аһара үчүгэйгэ кубулуйбут сотору кэминэн аһара куһаҕаҥҥа уларыйара тиийэн кэлэрин биллэххэ эрэ олоххо таба суолу тутуһуу кыаллар.

Үчүгэйтэн үчүгэй өссө сайдыыта, тупсуута кэрэ диэҥҥэ тиийиэн сөп. Дьон үчүгэйтэн үчүгэйи ситиһиилэрин кэнниттэн өссө тупсууну оҥорон кэрэ буола сатааһыҥҥа дьулуһаллар. Кэрэ диэн тыл туох эмэ тас көрүҥүн аан бастаан биллэрэринэн кэрэ киһи кэрэтин эрэ көрдөрө сылдьара сайдан тахсар.

Кэрэ киһи үлэлээбэт, кэрэтин эрэ көрдөрүүнэн дьарыктанар. Ону тэҥэ, кэрэ киһи атыттары, куһаҕаннары абааһы көрөрө үөскээн кэрээниттэн тахсыыга тиийэн хаалыан сөп.

Кэрээнтэн тахсыы диэн бэйэлэрин кэрэ курдук санаммыт дьон атыттары, куһаҕаннары суох оҥоро сатааһыҥҥа тиийэн хаалыылара ааттанар. 20-с үйэҕэ немец фашистара кэрэ буолууну ситиһэннэр атын омук элбэх дьонун суох оҥоро сатаабыттара. Араас куһаҕан, хара саҥаны айыылары; дьааттары, гаастары оҥорон туһанан элбэх дьону өлөртөөбүттэрэ, крематорийдарга уматан суох оҥорбуттара.

Үчүгэй аһара баран кэрэ диэҥҥэ тиийиитэ, бу үчүгэй эргийэн биэрэрэ, аһара куһаҕаҥҥа кубулуйара кэлбитин биллэрэр. Кэрэ буолуу кэнниттэн кэрээнтэн тахсыы тиийэн кэлэрэ өйдөөх-санаалаах дьону сэрэннэриэ этэ.

Хайа эрэ өрүт аһара барыыта, атынын ыраах хаалларан кэбиһиитэ “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһоонун дьайыыта тиийэн кэлэригэр тириэрдэр.

“Уол бүгүн ат өрөҕөтүгэр буоллаҕына, сарсын ат уорҕатыгар буолар” диэн өс хоһооно икки утарыта өрүттэр солбуйсан биэрэллэрин биллэрэр. Ол курдук, куһаҕан үчүгэйгэ уларыйара, тупсара, бу өс хоһоонунан этиллэн бэриллэр.

Киһи барыта бэйэтигэр үчүгэйи баҕара, оҥосто сатыырыттан үчүгэй хаһан баҕарар аһара барара үөскээн тахсар. Ол курдук, үчүгэй үчүгэйтэн үчүгэй диэни аһара бардаҕына кэрэ диэн кэлэрэ саха тылынан этиллэ сылдьар. Ол эрээри, кэрэ буолуу диэҥҥэ тиийбит киһи үлэни сирэн үлэлээбэтиттэн, бу үчүгэйэ куһаҕанынан солбул-лара, уларыйара тиийэн кэлэр.

Ону тэҥэ, кэрэ буолууга тиийбит киһи өйө-санаата аһара баран атыттары, куһаҕаннары суох оҥоро сатыыра үөскээн тахсарын кэрээнтэн тахсыы диэн баара биллэрэр. Ол аата кэрээнтэн тахсыбыт киһи олус ыар, ынырык быһыылары оҥорор кыахтанан хааларын, бу өй-санаа уларыйыыта быһаарар.

Киһи кыратык да аһара туттунуута, киһи быһыытын таһынан барыыта оҥорор быһыытын куһаҕаҥҥа кубулутан кэбиһэр. Харандааһы уһуктуурга быһаҕынан олус сэрэнэн туттуу эрэйиллэр. Кыра да аһара хамсаныы харандаас графитовай сүнньүн тоһутан кэбиһэн үлэтин таах хаалларан кэбиһиэн сөп.

Массыына кыра гайкатын кытаанахтык эрийээри резьбатын быһа тардан кэбистэххэ эбиискэ, хос үлэни оҥоруу үөскээн тахсыан сөп. Ол иһин үлэни үлэлииргэ сахалар “Нэми билэн туттунуу” диэн үөрэҕи туһанан күүһү аһара ыыппакка үөрэтэллэр.

Нэми билии диэн туохха барытыгар сөптөөх күүһү булан туһаныы ааттанар уонна күүс аһара баран хааларын тохтотор аналланар.

“Аһара барыма” диэн үөрэх киһи быһыытын үөскэппит. Ол аата киһи саҥа оҥорор быһыылара урут оҥоруллубуттан аһара барбат буоллахтарына табыллар. Киһи быһыыта диэн киһи оҥорор туһалаах, үчүгэйи аҕалар быһыылара ааттаналлар. Киһи оҥорор быһыыларын барыларын киһи оҥоро сылдьар буоллаҕына, оҥорор быһыылара киһи быһыытын тутуһар, аһара барбат буолан тахсаллар.

“Үчүгэй уонна куһаҕан сэргэстэһэн сылдьаллар” диэн өс хоһооно үчүгэй аһара бардаҕына, кэрэ диэҥҥэ тиийдэҕинэ куһаҕаҥҥа уларыйан хаалара тиийэн кэлэрин биллэрэр.

“Аһара күлэн алларастаама, аны ытыырыҥ кэлээрэй” диэн этии аҥар өрүт аһара барыыта, атын утары өрүтэ тахсан кэлэригэр тириэрдэрэ өрүттэр солбуйсан биэриилэрин үөскэтэр. Икки өрүттэр бэйэ-бэйэлэрин аһара барбакка, тэҥнэһиини тутуһан сайдан, уларыйан истэхтэринэ туруктаах сайдыыны ситиһэллэр. Киһи санаата хаһан баҕарар аһара бара сылдьарыттан аналлаах хааччах иһигэр сайыннаҕына эрэ туох эмэ туһалааҕы оҥоруу кыаллар. Ол курдук, ыра санаа диэн киһи бэйэтин кыаҕынан кыайан оҥорон олоххо киллэрбэт санаалара хаһан баҕарар мэһэйдии сылдьаллар уонна санаа хаһан баҕарар аһара бара сатыыра элбэҕин биллэрэллэр.

Сахалар сиэр диэн өй-санаа хааччаҕын оҥорон аһара бара сатыыр өйү-санааны хааччахтаан киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэллэр. Сиэри аһара, таһынан барыы саҥаны айыы буолан тахсар уонна куһаҕаны элбэтэн кэбиһэрин сахалар билэн “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи оҕону иитэргэ, үөрэтэргэ туһаналлар.

Онон киһи тулуура, туттунар күүһэ улааттаҕына бары оҥорор быһыыларын киһи быһыытыгар киллэрэн биэрэн аһара баралларын суох оҥордоҕуна эрэ олоҕо табыллар.

ИККИ ӨРҮТТЭРИ ОЛОХХО ТУҺАНЫЫ

Yгүс дьон бурдугу, хортуоппуйу үүннэрэллэр, араас элбэх собуоттар арыгыны оҥороллор, элбэх барыһы киллэрэллэр. Бу элбэх барыстан биһиги дойдубут эмиэ тииһинэр. Арыгыттан барыс киллэринээччилэр төһө да элбэх киһи арыгыһыт буолан эрэйдэн-нэхтэринэ син биир арыгыны аһара иһимэ диэн эппэттэр.

Хас бырааһынньык кэллэҕин аайы толору астаах, араас бытыылкалардаах остуоллары бары дьахталлар үөрэ-көтө тарданнар мааны ыалдьыттары аһаталлар, күндүлүүллэр. Арыгы үчүгэй, күндүгэ-мааныга туттуллар ас буолбута ыраатта. Кэмнээн, төһөнү иһэрин билэр киһини бэйэтин билинэн аһы ас курдук аһыыр киһи диэн этиэххэ уонна тулуурун, туттунар күүһэ улаханын бэлиэтээн хайҕаан биэрии барыларыгар тарҕанарыгар тириэрдиэ этэ.

Аһара иһэн кэбиһэр, эбэтэр кыайан арыгыны киһи быһыылаахтык испэт киһини куһаҕан киһи диэххэ сөп. Дьоно барылара эрэйи көрөллөр. Аһара испэтин диэн бобууну-хаайыыны туһанан арыгыны иһэрин хааччахтыы, суох оҥоро сатыыллар. Бу дьон арыгы суох буоларыгар кырдьык, ис сүрэхтэриттэн баҕараллар. Тулуурдара, туттунар күүстэрэ аҕыйаҕыттан аһара иһэн кэбиһэр дьон өссө да элбэхтэриттэн арыгы куһаҕан диэн этээччилэр эмиэ үгүстэр.

Аһара көрүү-истии, атаахтатыы, киһини бэйэтин мөлтөтөр, атыттар көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ диэн санааҕа киллэрэн кэбиһэр. Бу санаа олохсуйан, үгэс буоллаҕына куһаҕаны, бэлэмҥэ үөрэниини үөскэтиэн, сыыһа-халты туттунууга тириэрдиэн сөп. Кыра эрдэҕинэ атаахтык улааппыт, көрүүгэ-истиигэ үөрэммит оҕо улааттаҕына арыгыны аһара иһэн кэбиһэрэ хаһан да аҕыйаабат, хаалбат, хас истэҕин аайы сыыһа туттунара киирэн иһиэн сөп.

Арыгыны суох оҥорон дьон арыгыны испэттэрин үөскэтии киһи быраабын кэһии буолар. Бырааһынньыктар сотору-сотору син-биир кэлэн иһэллэр. Киһи санаатын көтөҕөөрү, үөрүүгэ кыттыһаары биирдэ-эмэтэ да буоллар кыратык иһиэн баҕарара баар буоллаҕа дии. Ону хааччахтааһын, бу киһини хаайбыкка, көҥүлүн быспыкка тэҥнэнэр куһаҕан быһыы буолан тахсар.

“Арыгыны утары охсуһуу” диэн дьон бэйэлэрин өйдөрүн-санааларын сайыннаран, тулуурдарын элбэтэн, туттунар күүстэрин улаатыннаран арыгыны аһара испэттэригэр тириэрдии буоларын салайааччылар билигин даҕаны билинэ иликтэр. Кинилэр бэйэлэрин атыттартан “үчүгэй” курдук сананыылара үөскээн түргэнник бобо-хаайа сатааһын диэки халыйан сылдьаллар.

Арыгы биир өттүнэн элбэх барыһы киллэрэр, сөбүгэр истэххэ киһи санаатын көтөҕөр, ол иһин бобон кэбиһии кыаллыбат. Онтон аҥар өттүнэн арыгыны аһара истэххэ киһи өйүн-санаатын, этин-сиинин буорту оҥорорун тэҥэ, өйө көтүүтүн үөскэтэн сыыһа-халты туттунарын элбэтэрэ куһаҕаҥҥа тириэрдэн кэбиһэр.

Бу арыгы үөскэтэн таһаарар икки өрүттээх боппуруоһун быһаарыыга арыгы баарын утарбакка эрэ дьон өйүн-санаатын сайыннаран, күүһүрдэн, тулуурдарын, туттунар күүстэрин элбэтэн арыгыны аһара испэттэрин ситиһии буолара табыллар.

Олоххо төһө эрэ кэминэн икки өрүттээх буолуу уларыйар кэмэ тиийэн кэлиитэ хамсааһыны үөскэтэр. Маннык кэм кэлиитигэр “Туох барыта икки өрүттээх” буолуута уларыйан сөптөөх, таба быһаарыыны булуу кэмэ тиийэн кэлэр. Киһи өйө-санаата сайдыбытынан бу үөскээн кэлэр үһүс өрүтү таба булан туһанара эрэйиллэр. Үһүс өрүт диэн ханна эрэ икки өрүттэр икки ардыларынан түбэһэн, ортолоругар үөскүүрүн туһаныы табыллыыга тириэрдэр аналлаах.

“Истина как всегда где-то на середине” диэн этии баара ханнык баҕарар быһыылартан табалара, кырдьыктаахтара ортотунан буолуохтааҕын быһаарар. Бу быһаарыы сахалар Орто дойду диэн өйдөбүллэригэр сөп түбэһэр. Былыргы дьон кырдьыктаах олоҕу тутуһан олорбуттарын Орто дойду диэн олорор сирдэрин ааттаабыттара эмиэ быһаарар. Бу өйдөбүл дьон олохторо хаһан баҕарар икки өрүттэр икки ардыларынан, ортотунан эрэ баран иһиэхтээҕин чуолкайдыыр. Дьон оҥорор быһыылара хайа да диэки, үчүгэй да, куһаҕан да өттүн диэки халыйан барыыта аһара барыы, сыыһа суолу тутуһуу буолар. Ол иһин олох суола, бу икки өрүттэр икки ардыларынан, ортотунан баран иһэрэ табыллар.

Сахалар Орто дойдуну быһаарыылара дьон өйдөрө-санаалара сайдан иһиитин, олоххо таба суолу булан туһанарын чуолкайдыыр. Дьон-аймах ханнык баҕарар быһыылартан, икки өрүттэн ортотун талан ылыахтаахтарын биллэрэр.

Ити курдук дьон бары туттар “Истина где-то на середине” диэн этиилэрэ таба, сөптөөх быһаарыы икки өрүттэн ханан эрэ ортоло-рунан, икки ардыларынан баран иһэрин быһаарар. Бу быһаарыылар бары сахалар билэр Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдулар диэн этиилэрэ өйгө-санааҕа сыһыаннаахтарын уонна дьон олорор, үлэлиир, сайдар сирдэрэ Орто эрэ дойду буоларын чуолкайдыыр. Ол аата дьон оҥорор быһыылара хайаан даҕаны икки өрүт, үчүгэй уонна куһаҕан диэки баран, халыйан хаалбакка икки ардыларынан бардаҕына таба буоларын, туһаны аҕаларын быһаарар.

Дьон өйдөрө-санаалара сайдыыта аҥардастыы биир өттүн диэки барар кыаҕа суох. Аҥардастыы биир өттүн диэки барыы кэлтэйдии сайдыыны, халыйан хаалыыны таһаарар. Ол иһин дьон бары куһаҕаны эбэтэр үчүгэйи эрэ оҥороллоро хайдах да табыллыбат буолуон сөп. Үгүс киһи элбэх араас санаалаахтар. Kиһи барыта биир буолбатах, бары биир санааны тутуһар кыахтара суох, ол иһин бары куһаҕаны эбэтэр үчүгэйи эрэ оҥороллоро кыаллыбат.

Ханнык баҕарар быһыы үчүгэй өттүн диэки аһара бардаҕына солбуйсан биэрии үөскээн кэлэн аҥар, куһаҕан өттүгэр уларыйан хааларын киһи түүллэрэ чуолкайдаан көрдөрөллөр. Ол курдук, түүлгэ аһара баран күүскэ ытаатахха соһуччу үөрүү буолуон, онтон аһара үөрдэххэ, күллэххэ – хомойуу, ытааһын тиийэн кэлиэн сөп.

Сахалар киһилии иитиитэ суох киһини: “Yчүгэйи, куһаҕаны араарбат”,- диэн этэллэр. Ол аата, бу киһи тугу оҥорорун соччо быһааран билбэтэ биллэн тахсар. Тугу барытын оҥоруон сөп. Ол иһин киһи барыта тугу оҥордоххо атын дьоҥҥо, айылҕаҕа туох сабыдыаллааҕын, үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын арааран билэр буола улаатан иһэн үөрэниэхтээх уонна олоҕун устата сайыннаран тупсаран биэрэн иһиэхтээх. Сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар киһи буолуу үөрэҕэ тугу барытын дьон оҥорорун курдук оҥорорго улаатан иһэр оҕону үөрэтэр үөрэх буолар.

Оҕо улаатан иһэн үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэтэ арааран билэригэр уонна олоҕор туһанарыгар сахалыы таҥара үөрэҕэ иитэр, үөрэтэр. “Үрүҥү, хараны араарыы” диэн айылҕаттан тутулуктаах үөрэҕи таҥара үөрэҕэ туһанар. Ол иһин оҕо аан бастаан дьон оҥорор аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыыларын билэрин “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэх саҕалыыр. Ол курдук, дьон оҥорор үчүгэй диэн ааттаах быһыылара олус элбээннэр букатын даҕаны ааҕан ситиллибэт буолбуттар, онтон куһаҕан быһыылары үгүстэр сөбүлээбэттэриттэн оҥороллоро отой аҕыйах.

Оҕо аан бастаан аҕыйах ахсааннаах куһаҕан диэни арааран биллэҕинэ, ол куһаҕаны оҥорбот кыахтанара үчүгэйи оҥорорун элбэтиигэ туһалыыр. Ол курдук, тарбаҕын өтүйэнэн охсон ыарыыны билбит оҕо сэрэнэн туттунарга үөрэнэрэ түргэтиир.

Сахалар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа уларыйан биэрэр тутулугун олохторугар туһана сылдьалларын айыы диэн киһи оҥорор быһыытын быһаарар тыл икки өрүттээх өйдөбүллээҕэ биллэрэр. Тыл үөрэхтээхтэрэ сахалыы өй-санаа үөрэҕин букатын билбэттэрин бэлиэтинэн, бу тыл былыргы кэмнэргэ үөскээбит икки өрүттээх өйдөбүлүн суох оҥорон аҥардастыы “үчүгэйин” эрэ хааллара сатыыллара буолар.

Ону баара киһи оҥорор быһыыта, саҥаны айыыта хаһан баҕарар икки өрүттэнэн; үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолан тахсаллара хаһан да уларыйбат.”Үчүгэй буолуо” диэн быстах санааттан киһи оҥорон кэбиспит быһыыта куһаҕан буолан тахсара элбэхтик бэлиэтэнэр. Киһи үөрбүт, чэпчээбит санаатыгар арыгы иһиитэ “үчүгэй” курдук буолара биллэр. Аһара элбэҕи испит киһи итирэн, өйө көтөн хааллаҕына арыгы дьайыытын куһаҕана биллэн тахсар.

Бүгүн куһаҕан аатыра сылдьыбыт сарсын үчүгэй буолан хаалара эмиэ биллэр. Ол иһин тыл үөрэхтээхтэрэ “аньыы” диэн сахаларга суох тылы оҥорон куһаҕаны арааран бэлиэтии сатыыллара олус улахан сыыһа, сахалыы өй-санаа үөрэҕин билбэттэрин биллэрэр. “Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр” диэн өс хоһооно бу солбуйсуу хаһан баҕарар кэлэрин дакаастабыла буолар.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥылар “үчүгэй” аатыран сылдьы-быттара, бары улахан салайааччылар быстар дьадаҥы төрүттэринэн киэн тутталлара, арбаналлара. Билигин олох уларыйан үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэриилэрэ олоххо киирэн, аны баайдар үчүгэй буоллулар. Дьон бары байыыны ситиһэр санаалара улаатан үлэни кыайан үлэлииллэрэ сайынна. Улуу Өктөөп өрө туруутун кэнниттэн саха дьоно салайар былааһы дьадаҥылар ылбыттарын сөбүлээбэк-кэлэр бары бүттүүн өрө туран сэриилэһэ сатаан баран кыаттаран, бу былааска бэриммиттэрэ.

Туох барыта икки өрүттээҕин курдук дьон эмиэ икки өрүккэ: дьахтар уонна эр киһи диэн икки аҥы арахсаллар. Кэргэнэ суох киһи “Аҥардас киһи” диэн ааттанар, ол аата киһи аҥара эрэ буолара быһаарыллар. Бу икки өрүттэр биир тылы булунан холбостохторуна эрэ бүтүн киһи үөскүүр, саҥа киһи кэлэн олох сайдар кыахтанар.

Өй-санаа үөрэҕин төрүтэ итэҕэл буолар. Өй-санаа барыта икки өрүттээҕин курдук, итэҕэл эмиэ икки өрүттээх. Бу икки өрүттэр айыылаах уонна таҥаралаах диэн араарыллан ааттаналлар. Итэҕэл бу икки өрүттэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктарын араарбакка, хайалара да аһара барбакка тэҥнэһиини тутуһа сырыттахтарына омук өйө-санаата туруктаах буолан уһун үйэни ситиһэр кыахтанар.

Айылҕаҕа туох барыта итинник иккилии өрүттээхтэр. Бу икки өрүттэр бииргэ холбостохторуна, биир санааланнахтарына олох иннин диэки сайдан иһэр кыахтанар. Ол иһин олох кэлимник, икки өрүттээхтик сайдар диэн этэллэр.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии ордук чуолкайдык айылҕа тутулуктарынан дакаастанар. Айылҕаҕа уу эргиирэ икки өрүттээхтик дьайар. Сорох дойдуларга уһуннук курааннаан уу тиийбэккэ улахан баһаардар туран эрэйдээтэхтэринэ, атыттарга уу дэлэйэн, аны ууга барыы куттала үөскүүр. Уһун кэм устата Сир полюстарыгар муустар мунньуллуулара Айылҕа сылыйан барыытын тэҥнээн, оннугар түһэрэн биэриигэ аналлаахтар. (13,52).

Демократия үөрэҕин тутаах тутулугунан бары бүттүүн кыттыһан салайааччылары талыы буолар. Сахалар үчүгэйи элбэтэр туһугар куһаҕан ханна баарын билэн ону тупсарар, үчүгэйгэ тириэрдэр санааларыгар салайааччыны талар быыбарга кыттыһан салайар былааһы тупсара, уларыта сатыыллар. Россия президенин талар быыбарга кандидатынан туруоруммут Грудиниҥҥа элбэх куолаһы биэрбиттэрэ ону биллэрэр.

Арҕааттан нуучча казактара тиийэн кэлиилэрэ уонна сэриилээн кыайыылара сахаларга “Туох барыта икки өрүттээх” диэн олохторун үөрэҕин тутуһалларыгар тириэрдибитэ: 1. Уһуннук, кырыктаахтык сэриилэһэ сатаабатахтара. Кылгастык сэриилэһэ түһэн кыахтарын быһаарсыбыттара.

2. Кыайыылаах сэрииһиттэргэ бэринэн дьаһаах төлөөбүттэрэ.

Олоххо үөскээн тахсыбыт бу икки өрүттэртэн биирдэрин талан ылыыны оччотооҕу салайааччылар табатык быһаарбыттара билигин кэлэн биллэр буолла. Сэриигэ бэринии диэн төһө да эрэйдээҕин, ыараханын иһин сайдыылаах, үөрэҕи баһылаабыт нууччалардыын кыттыһа охсон киэҥ сирдэри бас билбиттэрэ, үөрэхтэрин ситис-питтэрэ. Бу бэринии табыллыбытын бэлиэтинэн ыраахтааҕы былааһын кэмигэр сахалар ахсааннара 5 төгүлтэн ордук эбиллибитэ, кыахтаах ыаллар байыыны ситиһэн испиттэрэ.

Онон киһи өйө-санаата сайдарынан айылҕаҕа үөскээн тахсар икки өрүттэри таба арааран олоҕор туһанара уонна икки өрүттэргэ тэҥнэһиини үөскэтэ сылдьара эрэйиллэр.

ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА

1. Түүлү тойоннооһун. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 112 с.

2. Каженкин И.И. Киһи буолуу. – Дьокуускай: Издательский дом “Якутия”, 2005. – 80 с.

3. Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара / хомуйан оҥордо И.К.Попов. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 112 с.

4. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 128 с.

5. Каженкин И.И. Киһи таҥара. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2009. – 112 с.

6. Каженкин И.И. Күн таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2016. – 148 с.

7. Каженкин И.И. Ыал буолуу үгэстэрэ. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2022. – 136 с.

8. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Үс кут. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2016. – 156 с.

9. Каженкин И.И. Аһылык уратылара. – Дьокуускай: РИМЦ, 2007. – 84 с.

10. Афанасьев П.С. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – 680 с.

11. Каженкин И.И. Тыл санааны салайар. – Дьокуускай: Триада, 2003. – 76 с.

12. Саха өһүн хоһоонноро=Якутские пословицы и поговорки. – Якутск: Бичик, 2017. – 256 с.

13. Каженкин И.И. Айылҕа бэйэтин ыраастанар. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2008. – 78 с.

ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 3

Айылҕа икки өрүтэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 5

Күн уонна ый . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 8

Киһи уонна сүөһү . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 11

Дьон икки өрүттэрэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 15

Ылыы уонна биэрии . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 18

“Туох барыта икки өрүттээх” . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 20

Санаа икки өрүтэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 25

Санаа уонна оҥорор быһыы . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 29

Икки өрүттэр сайдан иһиилэрэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . 32

Киһи икки өрүтэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 36

Өй-санаа икки өрүтэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 39

Таҥара уонна айыы . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 42

Өй уонна күүс . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 46

Таба уонна сыыһа . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . .. 49

Кыра уонна улахан . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 52

Күлүү уонна ытааһын . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 55

Үчүгэй уонна куһаҕан . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 57

Салайыы икки өрүтэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 60

Үлэ уонна үөрэх . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 63

Баай уонна дьадаҥы . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 66

Ыал буолуу үгэстэрэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 70

Эйэ уонна сэрии . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 74

Күүстээҕи талыы . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 77

Аһааһын икки өрүтэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 80

Таҥара уонна сатана . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 83

Икки тылы баһылааһын . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . .86

Икки өрүттэр солбуйсуулара . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . .89

Икки өрүттэр утарыта туруулара . . . . . . . . . . . . . . . . . . 92

Аһара барыма . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . .94

Икки өрүттэри олоххо туһаныы . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 97

Туһаныллыбыт литература . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 102

Иһинээҕитэ . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . . 103