Иһинээҕитигэр көс

Тураах хара дьүһүннэммитэ

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Тураах хара дьүһүннэммитэ
Саха остуоруйата


Бэрт былыр тураах көтөр муус маҥан дьүһүннээҕэ үһү. Кини ханнык да көтөр кынаттаахтан күһүн саамай хойуут барар буолан баран, ким хайа иннинэ тиийэрэ үһү. Оттон саас буоллаххына, соҕуруу дойдуга ханнык да кэнниттэн хаалан баран, бу дойдуга хаар хайдыан иннинэ, ханнык да көтөр иннинэ кэлэр эбит.

Ол ааһан иһэн, киһиргээһин киһиргэс, көтөр биистэрин суустуу испит: "Хайа бу эрэ иһэбит дуу? Бытааҥҥыт тугун сүрэй! Миигин инсэлээх диигит да, хатас бэйэҕит иҥсэрэн онно-манна ускул-тэскил сырыттыгыт эни" - дии-дии, ааһа турбут.

Ити кэлэн, саас көтөр кынаттаах кэлиитэ ийэ тиит төргүү мутугар олорон эрэн:

- Дорооболоруҥ, көтөр кынаттаах биистэрэ. Бу тоҕо бытаараахтаатыгыт? Икки атах уурбут кэһиитин мин сиэтим, эһиги маттыгыт. Дойдум барахсан быйыл миигин ордук үчүгэйдик көрүстэ, уойдум-тоттум, - диэбит. Дьэ атын көтөрдөр кыһыйыы бөҕөнү кыһыйбыттар. Тугу барытын манньалыах буолан, хайдах кимиэн-хайаттан хойутаан баран, түргэтиир биричиинэтин ыйыта сатаабыттар да, олох эппэтэх, мантан аккаастаан кэбиспит.

Онтон мунньустан дьүүллэһэн баран, турааҕа тутан ылбыттар. Уонна:

- Дьэ эн хайдах түргэнник тиийэргин кэпсээ. Кэпсээбэт буоллаххына, эйигин хайдах баҕарар накаастыахпыт, син биир этиттэриэхпит, - диэбиттэр.

Тураах моонньоох баһын суруммут:

- Олох этиэм суоҕа, ол кэриэтэ, эрэйдээбэккэ эрэ, манан быһан кэбиһиҥ, - диэбит. Көтөрдөр турааҕы кутааҕа бырахпыттар да, маҥан түүтүн уот сиэн хараардан кэбиспит. Уонна эмиэ ыйыппыттар да, тураахтара олох аккаастаан кэбиспит.

Дьэ, көтөрдөр тураах иннин кыайан ылбатахтар, хайдах быһыылаахтык түргэнник көтөрүн чааһынан тугу да истибэтэхтэр. Оттон тураах дьүһүнд эрэ кубулуйан харааран хаалбыт, уонна туох да буолбатах. Син биир уруккутун курдук күһын хойутаан, саас эрдэлээн, көтөр кынаттааҕы суустуу сылдьыбыт.


Бу айымньы ааптар быраабынан көмүскэммэт, тоҕо диэтэххэ бу айымньы — норуот үгэһэ.

Өссө маны көрүн: Ааптар бырааба