Иһинээҕитигэр көс

Хара банаар харахтаах... (Сайа)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Манчаары (Сайа) Аата суох сибэкки
Хара банаар харахтаах...
Сайа
Дом... (Сайа)


* * *

Манчаары...
Тоҕо бу эн аатыҥ
Долгутар бар дьоҥҥун,
Үйэттэн үйэҕэ
Үрдэтэр эн дьиҥҥин?

Хара банаар харахтаах
Хабыр халлаан харгыһа
Маҥан былыт баарыстаах
Эн ыраҕын ыспатах.

Хара буруй хаймыылаах
Хатан дьылҕа ыйааҕа
Маҥан акка баҕалаах
Хаҥыл куккун хаайбатах.

Хара баттал балыырдаах
Халыан олох дьалкыыра
Көҥүл тыынар мөккүөрдээх
Түгэннэргин күөйбэтэх.

Ол да иһин сүүрбэһис
Сүтүктэрдээх үйэҕэ
Эн ааккыттан эрдийбит
Эр дьоннордоох этибит.

Кырдьык уонна Көҥүл бииргэ
Туругурбут олоҕун
Туруулаһан охтубут
Туруу дьонноох этибит.

Барҕарыынан таһымныыр
Бардам тылы кетөхпүт,
Батыйаны килбэппит
Бастыҥ дьонноох этибит...

...Хара маска таһыллар,
Хара хаана халыйар
Кырдьык эмиэ Көҥүлүн —
Манчаарытын ыҥырар,

Харах уута оһуордаах
Хаппыт маска холоонноох
Тойон сэргэ доҕорун —
Маҥан атын кэтэһэр...