Чабыр5ах

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Олллур-боллур,
экир-букур,
эдьэң-ходьоң
үңкүүлээхтээн,
эри-буру
тайбаахайдаан,
холбоон-илбээн
хоһоонноохтоон,
аалай-чаалай
таңнаахыйдаан,
киңкир-хаңкыр
саңараахтаан
ичиэхэйиң
эрэ,дођоор.
Тойон-торђон,
үтүө-мөкү,
аһыы-ньулуун,
айыы-кэйии
буоллар буоллун,
итии-тымныы,
илин-арђаа
синэ биирдэр,
Мустаах муора
буолаахтаатын,
олох-дьаһах
оңостуохпут
эрэ курдук!
Барыы-кэлии,
түңкүл-таңкыл,
үөдэн-таһаан
буолтун иҺин,
мичил-кэскил,
туску-уйгу,
үөрүү-көтүү,
уруй-айхал
буолан истин!