Иһинээҕитигэр көс

Чабырҕах (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Чабырҕах
Хоһооннор
Өксөкүлээх Өлөксөй


Чабырҕах


Оллур-боллур,
экир-букур,
эдьэҥ-ходьоҥ
үҥкүүлээхтээн,
эри-буру
тайбаахайдаан,
холбоон-илбээн
хоһоонноохтоон,
аалай-чаалай
таҥнаахыйдаан,
киҥкир-хаҥкыр
саҥараахтаан
ичиэхэйиҥ
эрэ,доҕоор.
Тойон-торҕон,
үтүө-мөкү,
аһыы-ньулуун,
айыы-кэйии
буоллар буоллун,
итии-тымныы,
илин-арҕаа
синэ биирдэр,
Муустаах муора
буолаахтаатын,
олох-дьаһах
оҥостуохпут
эрэ курдук!
Барыы-кэлии,
түҥкүл-таҥкыл,
үөдэн-таһаан
буолтун иһин,
мичил-кэскил,
туску-уйгу,
үөрүү-көтүү,
уруй-айхал
буолан истин!