Чаҕылхай сарсыарда санаа (Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Чаҕылхай сайыҥҥы сарсыарда
Күн уота «Сыырдаах» күөл иэнигэр
Көмүс аалыы уотун ыhара,
Күлүмнүү умсаахтыы устара.

Мин аҕам оҕонньор тыытынан
Киирбитэ ол үөскэ эрдинэн,
Суола суох чаҕылга куустаран,
Сүппүтэ, күн суhум тырымар.

Баранна үгүс сыл ол күтэн,
Мин аҕам суох буолта ыраатта,
Санаан кэлэбин арай, ардыгар,
Чаҕылхай сарсыарда күөл иэнин…

Оччоҕо дьэ эмиэ мин аҕам,
Нэс дьалыс тыытыгар олорон,
Мин санам муоратын устун,
Күндэлэс күннээххэ айанныыр.