Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ырааххын, оо, ырааххын сэгээр
Ырааххын, оо, ырааххын, сэгээр,
Субу баар да буолларгын ырааххын,
Истэбин тартаран тураммын
Минньигэс эн саҥан дорҕоонун.
Ырааххын даҕаны, көмүһуөм,
Биир тылы өйдөөбөт буолаҥҥын,
Эн тэйэн кынтайа хаамаҕын,
Тэһииргии соҥуйа көрөҥҥүн.
Көрөҥҥүн сүөргүлүүр курдук
Уйан санаа суох, ол онно
Элэккэй тыллары тумнан
Тугу мин атыны туойдум.
Судургу, көнө сүрэххэ,
Оҕотук ыраас дууһаҕа
Куһаҕан санаа хоммотор,
Атын өйдөбүл иҥмэтэр.
Эппиппин толуйан ылар
Ханнык тыл үтүөтүн булабын,
Эн дууһаҥ мичээрэн ылар,
Ханнык тыл кэрэтин этэбин?..
|
|