Ырыа ыһыаҕа (Алексей Суола)
Тас көрүҥэ
(Мантан: Ырыа ыҺыа5а(Алексей Суола) көстө)
Ыччатым ыһыаҕар сырыттым,
Ырыаны, хоһоону иһиттим.
Дэгэрэҥ үөрүүнү битийэн,
Көрүгэр-нарыгар кыттыстым.
Элэккэй мичээрдээх сирэйдэр,
Ыпсыбат уостаахтар – эдэрдэр
Оһуокай бэрдигэр тэйэллэр,
Оонньулар, дьиэрэтэ ыллыыллар.
О, саха ырыата барахсан
Истиэххэ нарыҥҥын даҕаны,
Сахабыт сирин киэҥ дуолун
Көрөргө дылыбын эйиэхэ.
Ол ырыа ыҺыаҕар сылдьаммын,
Көрүгэр-нарыгар кыттаммын,
Үгүстэн үөрдүм мин, дьэгдьийдим,
Тапталга, сырдыкка таластым.