Иһинээҕитигэр көс

Эйигинэ суох олох отой (Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Эйигинэ суох олох отой
Хоһооннор
Алексей Суола


Эйигинэ суох олох отой


Эйигинэ суох олох отой
Олоҕу олох диэҕим суох.
Эн эрэ, эн миэхэҕэ,
Yрүҥ күнүм чаҕыла эбиккин.

Эйиэхэ, эйиэхэ эрэ анаан
Бу хоhоон тылларын талабын,
Ис дууhам иэйэр тылларынан,
Таптал таҥаратын симиибин.

Эйигинэн эрэ биллим дии
Сирим, олоҕум кэрэкэтин,
Ыра сырдыгар тардыhыыны,
Таптал эрэйин - өрөгөйүн.