Иһинээҕитигэр көс

Өтөх саҕата (Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Өтөх саҕата
Хоһооннор
Алексей Суола


Өтөх саҕата


Өтөх саҕата…
Өйөнөн турдум тиит маска…
Санньыйа, куруйа көрөбүн;
Оҕо сааhым – дьоллоох сааһым
Сандаарыйар баҕаналарын…
Өтөх саҕата….
 Өрүү да кууран-хатан турдаргын
Өйдөтө туруо буоллаҕа
Өбүгэбит омоон суолларын.
Олох олорон ааспыттарын…
Ол кэннэ хойутун хойут
Турдуннар дуу манна кэлэннэр
Оҕолорум оҕолоро…