*** ЫРААХХЫН, ОО, ЫРААХХЫН СЭГЭЭР(Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ырааххын, оо, ырааххын, сэгээр,
Субу баар да буолларгын ырааххын,
Истэбин тартаран тураммын
Минньигэс эн саңан дорҕоонун.

Ырааххын даҕаны, көмүhуөм,
Биир тылы өйдөөбөт буолаңңын,
Эн тэйэн кынтайа хаамаҕын,
Тэhииргии соңуйа көрөңңүн.

Көрөңңүн сүөргүлүүр курдук
Уйан санаа суох, ол онно
Элэккэй тыллары тумнан
Тугу мин атыны туойдум.

Судургу, көнө сүрэххэ,
Оҕотук ыраас дууhаҕа
Куhаҕан санаа хоммотор,
Атын өйдөбүл иңмэтэр.

Эппиппин толуйан ылар
Ханнык тыл үтүөтүн булабын,
Эн дууhаң мичээрэн ылар,
Ханнык тыл кэрэтин этэбин?..